Оскуолађа өйтөн суруйууну тэрийии методиката.
учебно-методический материал на тему

Саха оскуолатын орто үөрэђин бүтэрэр үөрэнээччи түмүк экзаменыгар саха тылыгар, литературатыгар билиитин  хонтуруоллуур суругунан үлэнэн өйтөн суруйуу буолар. Бэрилилбит темаҕа үөрэнээччи бэйэтин билиитин, бэлэмин, өйүн-санаатын уонна олоххо көрүүтүн көрдөрөр үлэтэ. Саха тылын программатыгар өйтөн суруйууга үөрэтии диэн анал чаас көрүллүбэт, онон  оҕо аађыллар айымньыны, тулалыыр эйгэни дириҥник ырытарыгар учууталтан айымньылаах сыһыан ирдэнэр. Үгүс үөрэнээччи өйтөн суруйууну ыарырђатар буолан, халыыпка киирбит бэлэм өйдөбүллэри уопсай тылынан суруйарынан муҥурданар. Онон алын, орто уонна үрдүкү кылаас учууталларын сүрүн соруктарыттан биирдэстэринэн ођо аахпыт айымньытын, олоххо сыһыанын дириҥник ырытан, бэйэтин санаатын чопчу сааһылаан хомоҕойдук тиэрдиигэ үөрэтии буолар.

           Үлэ сыала:

Ођо бэйэтин санаатын сааһылаан уонна уус-уран хомођой тылынан-өһүнэн этэригэр үөрэтии.

Үлэ соруктара:

- тылы сайыннарыыга өйтен суруйууну  биир сурүн керун быһыытынан туттуу

 - кыра кылаастарга өйтөн суруйууну тэрийии

- өйтен суруйуу  ньымаларыгар үөрэтии

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл oskuolaga_oyton_suruyuunu_teriyii_metodikata.docx49.57 КБ

Предварительный просмотр:

Амма улууhа

И.И.Константинов-Дэлэгээт Уйбаан аатынан

Сулђаччы орто уопсай үөрэхтээhин оскуолата

Оскуолађа өйтөн суруйууну тэрийии методиката.

ђо суруйар үөрүйэђин сайыннарыы)

Толордулар: Амма улууһун

И.И.Константинов-Дэлэгээт Уйбаан аатынан

                                         Сулђаччы  уопсай  орто үөрэхтээhин оскуолатын                                саха тылын, литературатын учууталлара

Данилова В.В., Слепцова И.С.

.

2015с.

 Иһинээђитэ.

Киириитэ……………………………………………………………………………...3с

     1баһа.  Өйтөн суруйуу -тылы сайыннарыы биир көрүңэ.

1.1.Кыра кылаастарга өйтөн суруйууну тэрийии………………………....5 с

      1.2.    Өйтөн суруйуу календарнай былаана………………………………

2 баһа. Өйтөн суруйууну тэрийии ньымалара………………….……………12с

       2.1. Саха тылын, литературатын  уруогар ођо суруйар үөрүйэђин сайыннарыы……………………………………………………………………………12с

       2.2. Өйтөн суруйууну тэрийии …………………………………………...14с

Түмүк………………………………………………………………………………....18с

Сыһыарыы…………………………………………………………………………...19с

Киириитэ

          Орто оскуоланы бүтэрэр ођо саха тылыгар бэйэтин билиитин-көрүүтүн тылынан уонна суругунан кэпсиир, ханнык бађарар түбэлтэђэ санаатын көҥүллүк сааһылаан этэ-суруйа үөрэниэхтээх. Үөрэнээччи төрөөбүт тылын үчүгэйдик билэрэ, бэйэтин санаатын  сатаан этэрэ, кини нуучча тылын, историяны, географияны, онтон да атын предметтэри баһылыырыгар кыађы биэрэр.

  Саха оскуолатын орто үөрэђин бүтэрэр үөрэнээччи түмүк экзаменыгар саха тылыгар, литературатыгар билиитин  хонтуруоллуур суругунан үлэнэн өйтөн суруйуу буолар. Бэрилилбит темаҕа үөрэнээччи бэйэтин билиитин, бэлэмин, өйүн-санаатын уонна олоххо көрүүтүн көрдөрөр үлэтэ. Саха тылын программатыгар өйтөн суруйууга үөрэтии диэн анал чаас көрүллүбэт, онон  оҕо аађыллар айымньыны, тулалыыр эйгэни дириҥник ырытарыгар учууталтан айымньылаах сыһыан ирдэнэр. Үгүс үөрэнээччи өйтөн суруйууну ыарырђатар буолан, халыыпка киирбит бэлэм өйдөбүллэри уопсай тылынан суруйарынан муҥурданар. Онон алын, орто уонна үрдүкү кылаас учууталларын сүрүн соруктарыттан биирдэстэринэн ођо аахпыт айымньытын, олоххо сыһыанын дириҥник ырытан, бэйэтин санаатын чопчу сааһылаан хомоҕойдук тиэрдиигэ үөрэтии буолар.

           Үлэ сыала:

Ођо бэйэтин санаатын сааһылаан уонна уус-уран хомођой тылынан-өһүнэн этэригэр үөрэтии.

Үлэ соруктара:

- тылы сайыннарыыга өйтен суруйууну  биир сурүн керун быһыытынан туттуу

 - кыра кылаастарга өйтөн суруйууну тэрийии

- өйтен суруйуу  ньымаларыгар үөрэтии

           Бу соругу ситиһэргэ ыытыллар үлэ биир көрүҥүнэн өйтөн суруйуу буолар. Өйтөн суруйуу суругунан үлэ саамай уустук көрүҥэ.

Өйтөн суруйуу суругунан үлэ саамай уустук уонна мындыр үлэ.  Өйтөн суруйуу диэн тугуй? Маны билээри аан бастаан тылдьыт быһаарыытын көрүөђүҥ. «Сочинение-самое произведение, что сочинено. Сочинять – изобретать, вымышлять, придумывать, творить умственно, производить духом, силою воображения»,-диэн В.Даль тылдьытыгар этиллэр. Онтон «Краткий толковый словарь русского языка» ыйылларынан, «сочинение-художественное, научное и тому подобное произведение. Сочинять – создавать произведение».

    «Өйтөн суруйуу – үөрэнээччи айымньыны ылыныытын таһымын, уратытын кэрэһэлиирин таһынан, ођо бэйэтин санаатын сатаан итэђэтиилээхтик сааһылаан сурук тылын таба туттан суруйар дьођурун көрдөрөр өй –санаа, уйулђа үлэтэ»,- диэн суруйар филологическай наука доктора, профессор, методист Е.М.Поликарпова. Методист М.А.Попова этэринэн, «өйтөн суруйуу - өй-санаа-толкуй үлэтэ тобулан таһаарар эргимтэтэ». Онтон СВФУ  преподавателэ В.Б.Окорокова санаата маннык: «Өйтөн суруйууга уус-уран айымньыны билии, сатаан ырытыы, сөптөөх теоретическай өйдөбүллэри туһаныы халбаҥнаабат ирдэбиллэр буолаллар».

     Өйтөн суруйууга үөрэнээччи бэриллибит тема ис хоһоонун арыйар гына   аахпыт айымньытын, үөскээбит проблеманы ырытан суруйуохтаах. Ол иһин бу үлэђэ өй күүрүүтэ, санаа харсыһыыта, мэйии үлэтэ, иэйии үөскээһинэ, уйулђа хамсааһына, айар үлэ абылаҥа, чинчийии, ырыҥалааһын таһыма барыта киирэр. «Киһи бэйэтигэр тута сылдьар өйдөбүлүн, толкуйун, олох философиятын уус-уран айымньыга сыһыаран, ол айымньыны  ылынар, сыаналыыр, тойоннуур»,- диэн суруйар  методист М.Попова. Бу айымньылаах үлэни тобулан таһаарыы түмүгэр бэйэ өйтөн суруйуута тахсан кэлэр.  

Хомуурунньукка ейтен суруйууга уерэтиигэ субэлэр уонна уерэнээччилэр ейтен суруйууларын холобурдара киирдилэр.  Маны таьынан саха тылыгар, литературатыгар туттарсааччы о5олор улэлэрэ буолбакка, кеннеру орто таьымнаахтык уерэнэр уерэнээччилэр ейтен суруйуулара киирдилэр. Бу матырыйаал саха тылын, литературатын учууталларыгар уерэнээччини ейтен суруйууга уерэтиигэ кеме  быьыытынан туьаныллыан сеп.

1баһа:  Өйтен суруйуу -тылы сайыннарыы биир керүңэ

1.1.Кыра кылаастарга өйтөн суруйууну тэрийии

  Грамматиканы да, литератураны да үөрэтии биир сүрүн соругунан тылы сайыннарыы буолар.  Ситимнээх саҥаны сайыннарыы диэн оҕо кэпсиир уонна суруйар үөрүйэххэ үөрэниитэ буолар.Ситимнээх саҥаҕа үөрэтии сүрүн көрүҥнэринэн тылынан кэпсээһин, аахпыттан уонна өйтөн суруйуу буолар. Балартан өйтөн суруйуу  үөрэтэр-иитэр суолтата олус улахан. Өйтөн суруйуу туохха барытыгар болҕомтолоох буоларга, тулалыыр эйгэни кэтииргэ, истибити, аахпыты толкуйдаан, ис хоһоонун илдьиритэн сыаналыырга үөрэтэр.

   Ейтен суруйуу-айар улэ. О5о кыра эрдэ5иттэн айар толкуй дьо5уругар ылларыахтаах. Кыра о5о эрдэхтэн тыл баайын  сайыннарбатахха, ейтен айан суруйуу сыппах, тыла-еье сымсах буолуо, биир тэн халыыптаах этиилэр баьыйыахтара. Кыра кылаас уерэнээччитигэр ейтен суруйууга айыл5аны, тулалыыр эйгэни кэтээн керуу айар улэ тирэ5инэн буолар. Септеех усулуобуйа, улэ  тэрилиннэ5инэ, о5о бэйэ тугу билбитин-кербутун кэпсииргэ, санаабыт санаатын, иэйиитин тиэрдэргэ дьулуьуо. Бу тугэни муччу туппакка, айан ейтен суруйууга уьуйуохха наада. Өйтөн суруйуу тылыгар-өһүгэр, ис хоһоонугар, тема кэриҥин арыйыыга сүрүн болҕомто ууруллар.

     Кыра кылаастан саҕалаан үөрэнээччилэр хайдах быһыылаахтык өйтөн суруйуохтаахтарын туһунан аналлаах үлэ ыытыллар. Манна ойуулааһын, сэһэргээһин, тойоннооһун хайдах туттуллара үөрэтиллэр. Текст сүрүн санаатын, тематын, тылын-өһүн ырытыы ыытыллар. Алын суьуех кылаас уерэнээччитин ейтен суруйуутугар бу керуннэр булкуьа туттуллаллар. Бу сеп. Кыра кылаас о5отугар биир керуну тутуьан суруйтарыы, ирдээьин кыаллыбат.

       Сэьэргээьин керунэр туох тубэлтэ буолбутун ситимнээн суруйуу киирэр. Бу керуну кыра кылаас уерэнээччитэ себулээн туттар. Ол курдук «Мин сайыны хайдах атаардым», «Тыа5а сылдьан», «Сана дьыл киэһэтэ» диэн тема5а суруйуулар киирсэллэр.

       Ойуулааьынна предмет эбэтэр туох эмэ кестуу бэлиэтин ыйан суруйуу киирэр. Сурун сыала- предмет, кестуу туьунан толору уонна чуолкай ейдебулу биэрии. «Мин себулуур оонньуурум», «Таптыыр куоскам», «Куьунну сэбирдэх» тема5а суруйуулар киирэллэр.

      Тойоннооьун – бэйэ санаатыгар оло5уран холобурдаан, тэннээн, дакаастаан, толкуйдаан ситимнээх текси суруйуу киирэр. «Улааттахпына Ким буолуохпунуй?», «Арай мин аптаах буолуум», «Уерэх то5о нааданый?» тема5а суруйтарыахха сеп.

        Кыра кылаас оҕотугар тэттик (мини) өйтөн суруйуу ыытыллара ордук көдьүүстээх. Кыра оҕо бэйэтин билиитигэр олоҕуран айылҕаны, дьиэни-уоту, хамсыыр-харамайы, билэр  дьонун туһунан судургу  ойуулааһыны суруйуон сөп. Манна предмет киһи хараҕар хатанар сүрүн бэлиэлэрэ суруллаллар. Өйтөн суруйуох иннинэ бэлэмнэнии үлэ барар. Тема оҕоҕо чугас буолуохтаах. Холобур, айылҕаны ойуулуох иннинэ оҕону тыаҕа экскурсияҕа илдьэр тоҕоостоох.  Манна оҕо оту-маһы, үөнү-көйүүрү кэтээн, болҕойон, сыныйан көрөрүн ирдэниллиэхтээх. Учуутал үөрэнээччилэр суруйалларыгар холобур буолар айымньыны ааҕара, уус-уран быьаарыылары, ойуулуур-дьүһүннүүр тыллары биэрэн көмөлөһөрө ордук. Үөрэнээччи  бэйэтин айар үлэтигэр өс хоһоону, бэргэн тыллары, сонун уобарстары, тэҥнэбиллэри туттубута хайҕаныахтаах.  Оҕо өйтөн суруйууну ыарырҕатар буоллаҕына, киирии чааһыгар көмөлөһүллүөхтээх эбэтэр бары куолаан суруйбут кэрчиктэрин туһаныахтарын сөп. Суругунан үлэ оҕо опытыгар олоҕуруохтаах. Учуутал сорудаҕын, сүбэтин өйдөөн истиэхтээх. Үлэтин былаанныахтаах. Суруйууга туттуллар тыллары, тыл ситимин сааһылыахтаах. Кыра кылааска өйтөн суруйууну бастаан кэрчик тема, этюд курдук суруйаллара ордук Кылаастан кылааска таҕыстах аайы ойуулааһын өссө кэҥээн иһэр. Тылы сайыннарар үлэ саҥа чаастарын кытта ыкса сибээстээх буолар. Оҕо  тылын саппааһа байар. Холобур, даҕааьын аат үөрэтиллибитин кэннэ,  ойуулааһын тексин суруйтарар ордук. Кыра кылаас оҕотугар киэҥ тема бэриллэрэ сатаммат. Холобур «Саас», «Кыһын» диэн уопсай теманы суруйарын о5о ыарырҕатар, тема киэҥ буолан тыл-өс дьадайар. Үрдүттэн саба быраҕан суруйар. Онтон үөрэнээччи бэйэтэ кэтээн көрбүт, билэр темата буоллаҕына суруйарыгар ыарырҕаппат. Холобур, сетуелуур элгээним,тэллэйдии сылдьан, ыт-киьи до5оро,сааскы таммах, маҥнайгы хаар, дорообо.   

1.2. Өйтен суруйуу календарнай былаана.

         Алын суьуех кылаас о5отугар ейтен суруйуу ис хоьооно тематыгар этиллэ сылдьар. Айан суруйуу кэнниттэн ырытыы, кеннерер улэ хайаан да ыытыллара эрэйиллэр. Бэрэбиэркэлииргэ о5о айар, суруйар ба5атын кэ5иннэрбэт туьуттан кыьыл уеьунэн кеннерер сатаммат. Учугэй тылы, этиини, текси «+» , мелтех, чочуйуохха себу- «-» бэлиэтиир ордук. Сыыьаны поля5а бэлиэтээбэккэ, аннынан тардан уерэнээччи бэйэтэ кеннерунэригэр кыах биэриэххэ наада. Оччо5о о5о айар ба5ата уостубакка, салгыы суруйарыгар тирэх буолуон сеп

     Мантан аллара 1-4 кылаас уерэнээччилэригэр суруйтарыахха септеех темалары биэрэбит:

1.Самаан сайын кэллэ.

2.Сетуелуур элгээним.

3. Балыктыахха эрэ.

4.Мин бастын до5орум.

5.Амсат эрэ дьэдьэнниттэн.

6.Тэллэйдии сылдьан

7.Мин улааттахпына

8.Дьокуускайым барахсан.(Сайын куоракка)

9.Мин туьа киьитэбин.

10.Куьунну айыл5а кэрэтиэн!

11.Куьунну киьи кулбутунэн.

12.Саьарбыт сэбирдэх тугу кэпсиирий?

13.Куьун кэлбит бэлиэтэ.

14.Дорообо, маннайгы хаар

15.Кыс хаар тустэ

16.Кыьынны кун.

17.Кэрэтиэн, Сана дьыл киэьэтэ

18.Кыьынны ойуур олохтоохторо.

19.Саас илдьиттэрэ-туллуктар.

20.Мутукча сыта дыргыйда.

21.Мин айыл5а о5отобун.

22.Сардаана-Аммам кунду бэлэ5э.

23.Ньургуьун сибэкки тугу кэпсиирий?

24.Оскуола-биьиги иккис дьиэбит.

25.Ийэм бырааьынньыга.

26.Мин себулуур дьарыгым.

27.Кинигэ -билии терде.

28.Утуе сана диэн тугуй?

29.Сэрии диэн тугуй?

30.Кун уонна ийэм.

31.Киьи то5о олороруй?

32.Ыьыах-саха бырааьынньыга.

33.Арай аптаах буолуум

34.Эьэм кэпсээнэ.

35.Сулустар тугу кэпсииллэрий?

36.Мин то5о уерэнэбиний?

37.Чэгиэн-чэбдик буолаары

38.Тереебут тыл туохха нааданый?

39.Чыычаах кэпсээнэ

40.Мин дьиэм сыаналаах мала

41.Ыт-киьи до5оро.

42.Мин себулуур суруйааччым.(айымньым, малым)

43.Аптаах остуоруйа (остуоруйа дойдута)

44.Мин еребул кунум

45.Биьиги тиэргэммит

46.Тереебут нэьилиэгим Сул5аччым

47.Мин дьиэ кэргэним

48.До5орбор сурук

49.Дьиннээх тубэлтэ

50.Куорат уонна дэриэбинэ уратыта

51.От улэтэ са5аланна

52.Куерчэх хантан кэлэрий?

53.Ынах, сылгы иитии-саха киьитин дьарыга

54.Ыьыах оонньуулара

55.А5ам кустуу барда.

56.Туранна туулуубун

57.Отоннуу сылдьан

58.Алдьаммыт кинигэ кэпсээнэ (тэтэрээт, дневник, паарта, аан, суумка, уруучука)

59.Ытыы турар хатын

60.Улэ киьини киэргэтэр

      Салгыы ейтен суруйуу темаларын кылааьынан аттаран биэриэххэ сеп.

1 кылаас.

Бала5ан ыйа

Алтынньы

Тыл ситимин суруйуу:

А) хартыынанан, ойуунан

Б) кэтээн керуу

В) о5олор ааттара, кыыллар

(нэдиэлэ5э 3-4 чаас)

Сэтинньи

Кыра кээмэйдээх этиилэри таныы (2-3 тыллаах)

А) ойуунан

Б) кэтээн керуу, тубэлтэ

В) аахпыт айымньыттан

(нэдиэлэ5э 3-4 чаас)

Ахсынньы

Тохсунньу

2-3 этиилээх тиэкиьи суруйуу

-хаар тустэ.

-оонньуу сылдьан

-сыыртан сырылыыбыт

-оскола5а баран иьэн

(нэдиэлэ5э 1-2, 10-30 мун)

Олунньу

О5о тереппутун кытта ейтен суруйар. (30-40 мун)

«Мин ытым»

Кулун тутар

Э5эрдэ сурук (ийэтигэр, эбэтигэр)

Ейтен суруйуу «Куобах, куобах, барахсан»

Муус устар

«Сааскы чалбах» ейтен суруйуу (айыл5аны кэтээн керен суруйуу, улэ былаана оноьуллар)

-«Мин дьоммор кемелеьебун».

-«Мин туьа киьитэбин» (кэпсээн суруйуу)

Ыам ыйа

«Мин тэтэрээтим» ойуулаан суруйуу

«Куулэйдии сылдьан» сэьэргээн суруйуу.

2 кылаас

Бала5ан ыйа

«Куьун бэлэхтэрэ» (о5уруот, сир аьа)

«Куех сайын быраьаай!»

Алтынньы

«Куьун кэлбит бэлиэтэ» тойонноон ейтен суруйуу

«Сайын уонна куьун уратылара» тэнээн ейтен суруйуу

Сэтинньи

«Куьунну кестуулэр»хартыынанан уруьуй

«Кыс хаар тустэ» ойуулаан ейтен суруйуу

Ахсынньы

«Кыьынны ойуур олохтоохторо»

«Кэрэтиэн Сана дьыл киэьэтэ»

Тохсунньу

«Танха киэьэлэрэ» эбэтэр «Сынньана сытан» (Кердеех каникул)

«Куьун, кыьын уратылара» тэннээн суруйуу

Олунньу

«Кыьынны кун» айыл5аны ойуулааьын

«Сэрии диэн тугуй?»,«Ийэ тылым», «А5ам дьарыга» талан суруйуу

Кулун тутар

«Ийэм бырааьынньыга»

«Саас илдьиттэрэ-туллуктар»

«Муус чопчулар»

Хартыынанан улэ (талан 2 ейтен суруйуу)

Муус устар

«Чыычаах кэпсээнэ» айар улэ

«Мин дьиэ кэргэним» сэьэргээн суруйуу.

Ыам ыйа

«Ньургуьун сибэкки тугу кэпсиирий»

«Кинигэ-билии терде»

3 кылаас

Бала5ан ыйа

«Сайын куоракка»

«Оскуола-биьиги иккис дьиэбит»

«Саьарбыт сэбирдэх тугу кэпсиирий?» айар улэ.

Алтынньы

«Куьунну киьи кулбутунэн»(тойоннооьун)

«Куьунну айыл5а кэрэтиэн!»

Сэтинньи

«Мин дьиэм сыаналаах мала» тойонноон ейтен суруйуу

«Утуе сана диэн тугуй?»

Ахсынньы

«Мин улааттахпына».

«Кыьынны ойуур».

Тохсунньу

«Остуоруйа дойдута»

«Мин себулуур суруйааччым».

Олунньу

«Мин тэлгэьэм» ойуулаан суруйуу.

«Мин улааттахпына»

Кулун тутар

«Тураах, тураах, дорообо!» эбэтэр А.Н Саврасов хартыынатынан ейтен суруйуу. (Грачи прилетели)

«Дьуегэбэр, до5орбор сурук» (сурук суруйуу, сонуну уллэстии, бэ5эрдэ)

Муус устар

«Алдьаммыт кинигэ кэпсээнэ» (фельетон)

«Арай аптаах буолуум» айар улэ.

Ыам ыйа

«Эьэм кэпсээнэ» истэн ейтен суруйуу (ыстатыйа, очерк, кэпсээн).

«Ыьыах-саха бырааьынньыга» сэьэргээн суруйуу

2 баһа. Өйтен суруйууну тэрийии ньымалара.

2.1. Саха тылын, литературатын уруогар өйтөн айан суруйуу көрүңнэрин туттуу.

             Толкуй сурук. Орто эбэтэр улахан кылаастара  өйтөн суруйууга тирэх быһыытынан толкуй сурук тутуллара ордук эбит. Кэтээн көрүү түмүгүнэн, үгүс үөрэнээччи улахан кээмэйдээх өйтөн суруйуу оннугар, бэйэтин санаатын, иэйиитин көрдөрөр толкуй суругу сөбүлээн суруйар. Ол иһин ситимнээх саҥаҕа, быһа тардыллан аађыллар айымньы да кэнниттэн араас проблемнай тема толкуйдаан, ођођо толкуй сурук суруйтарар быдан көдьүүстээх. Бу кылгас кээмэйдээх тойоннооһун суруктары аађан, ырытан, илдьиритэн баран, бүтүн айымньыга өйтөн суруйууну тэрийдэххэ, ођо ыарырђаппат. Онон, биһиги санаабытыгар, толкуй сурук - өйтөн суруйууга бастакы хардыы, олук.

      Хоһоонунан суруйуу. Орто уонна улахан кылаас оҕолоругар өйтөн суруйууга хоһоонунан суруйууларын, поэзия тылынан суруйарга холонууларын биһириэххэ наада. Ол иһин суруйааччылартан холобур көрдөрүөххэ, аађан иһитиннэриэххэ наада. Υөрэнээччи уус-уран тылга боруобаланыыта учуутал сэңээриитин ылыахтаах. Ођолору интэриэһиргэтэр уонна хоһоонуну көђүлүүр наадађа, бэриллибит айымньылары аађан, ис хоһоонун кэпсэтэн, ырытыы оңоһуллар. Салгыы хоһоон өйтөн айан суруйарга сорудах бэриллэр.

         Мөккүөрдээх темађа суруйуу. Мөккүөрдээх боппуруоска эппиэт тезис буолар. Тезиһи олоххо баар биитэр буолбут чахчыларынан дакаастаныллар. Маннык суруйууга саамай сүрүнэ-интэриэһиргэтии уонна тута сатаан быһаарбат боппуруоска толкуйдаан суруйуу буолар. Бу өйтөн суруйуу тутула: тезис (сүрүн балаһыанньа), дакаастабыл, түмүк. Сорох түгэңңэ түмүк оңоһуллара ирдэниллибэт буолар. Ол курдук ыстатыйа, сыанабыл суруйарга толкуйдааһын өйтөн суруйуу туттууллар.

          Өйтөн айан кэпсээн суруйуу. Ођолор айар үөрүйэхтэрин сайыннарарга өйтөн айан кэпсээн суруйуу улахан көмөлөөх. Υгүс үөрэнээччи кэпсээн айан суруйарын сөбүлүүр, улгумнук үлэлиир.Маннык суруйууга сюжеттаах суруйуу барсар. Олоххо көрсөр түгэңңиттэн тупсаран суруйуохха сөп.

       Хаһыат ыстатыйата өйтөн суруйуу. Хаһыат аађар ођо ыстатыйа хайдах сурулларын билэр. Ыстатыйа суруйар тута кыаллыбат, бастаан темађын быһаарыы эрэйиллэр, онтон онно сыһыаннаах түбэлтэни, буолбут түгэни мунньан толкуйдаан суруйуллар. Тематын ођо үчүгэйдик билэрэ ирдэнэр. Онон ткиниэхэ чугас темађа суруйтарар табыгастаах.

          Истибиккэ олођуран суруйуу. Буолбут түбэлтэ туһунан истибитин, ођо айымньылаахтык суруйуон сөп. Биитэр ахтыы оңорон сиһилиэн син. Маннык ньыма кэпсээн иһигэр кэпсээн (обрамление) дэнэр.

          Өйтөн суруйууга матырыйаал хомуйуу. Ођођо бастатан туран, суруллуохтаах темађа матырыйаал наада буоларын быһаарыллар. . Өйтөн суруйууң туһунан үчүгэйдик билэр эрэ буоллаххына суруйуохха сөп диэн өйдөтүллэр. Онон өйтөн суруйууга бэлэмнэнии эрдэттэн барара ирдэниллэр. Υөрэнээччи билбэт, ыарырђатар тематыгар суруйарыгар хайдах бэлэмнэнэри ыйан, сүбэлээн, салайан биэрии наада. Ођо бастаан темађа сыһыаннаан тугу билэрин чуолкайдыыр, түмэр, бэлиэтэнэр. Салгыы теманы арыйарга, сырдатарга туох наадатын, хантан булуохха сөбүн толкуйдуур. Темађа сыһыаннаах матырыйаалы кинигэттэн, хаһыаттан, сурунаалтан булан бэлиэтэнэр, айымньыттан цитаталыыр, биллиилээх дьон этиитин, ох тыллары  туһанар. Матырыйаалы мунньан баран, бэрээдэктэнэр, наарданар: 1. Мунньуллубут матырыйаалтан теманы, сүрүн санааны  арыйарга сыһыаннаађын талан ылыллар. 2. Талан ылыллыбыт матырыйаалы былааннаан наарданар. 3. Туспа чаастарынан наардаммыт матырыйаалы сибээстээн, биир ситимнээх гына суруйары толкуйданар.  Тугу бастаан суруйары, ордук наадалаах түгэни ханан киллэрэри, өйтөн суруйуу бары чаастара ситимнээх буоларын курдук бэрээдэктэнэр. Ити курдук мунньан, хомуйан, сааһылаан харатын суруйууга бэлэмниир.

2.2. Өйтен суруйууну тэрийии.

Өйтен суруйуу керүңэ элбэх:

- проблеманы ырытыы.

- уобараьы ырытыы,

- уобарастары тэцнээн, тумэн керуу,

- биир тугэни ырытыы,

- айымньыны кэлимник ырытыы,

- айымньыны атын айымньыга тэцнээьин,

- историческай-литературнай проблема5а ейтен суруйуу.

          Проблемнай ейтен суруйуу айымньыны проблемнай ырытыыны кытта сибээстээх. Олох, киьи, сиэр-майгы курдук тутаах темаларга уус-уран айымньыга оло5уран, билиини-керууну тумэн, дирицник толкуйдаан ырытан суруйуу ирдэнэр.  Холобура,

Саха прозатыгар а5а уонна о5о дьыл5атын кердеруу.

А.Е.Кулаковскай «Ойуун туулэ» поэматын проблематиката.

Н.Якутскай «Кемустээх уруйэ» сэьэнигэр эбэнки норуотун дьыл5ата.

«Чуечээски» кэпсээн билинни хара5ынан.

Уобараьы ырытыы, уобарастары тэцнээн, тумэн кердеруу уус-уран айымньы биир геройун ырытан эбэтэр геройдар белехтерун тэцнээн, утарыта туруоран тумэн кердеруу буолар.  Холобура,

Олоцхо5о айыы бухатыырын уобараьа.

Манчаары – норуот номо5ор.

А.И.Софронов драмаларыгар киьи дьыл5ата.

Далан «Дьикти саас» сэьэнигэр сурун герой уобараьа.

Эрдэ хагдарыйбыт ньургуьун.

Ханнык ба5арар уус-уран айымньыттан тема арааьыттан

 Эпизоду (биир тугэни) ырытыахха сеп. Манна сурун тубэлтэ кыттыылаахтарын майгыларын еруттэрин бу тубэлтэ5э сыьыары тутан ырытыллар. Холобура,

Эрилик Эристиин «Кэриэс туолуута» сэьэнигэр сир уллэстиитэ.

«Сааскы кэм» романна сэриигэ ынырыллыы аймал5ана.

Киьи ейун-санаатын, сиэрин-майгытын кууьэ. (Н.Якутскай «Телке» романынан)

           Сорох ейтен суруйууга айымньыны толору ырытыы оцоьуллара эрэйиллэр. Бу уксун хоьоонунан айымньыларга буолуон сеп. Оччотугар айымньы тематыттан, сурун санаатыттан са5алаан, тылыгар-еьугэр тиийэ дирицник толору ырытыллар. Холобура,

Семен Данилов лириката.

Алампа драмаларыгар саха оло5ун кердеруу.

«Сааскы кэм» - саха норуотун энциклопедията.

Литература-олох сиэркилэтэ. Онон олоххо туох

буолбута литературнай айымньы нецуе тиэрдиллэр. Историческай быьыыга-майгыга ананан суруллубут айымньыны эбэтэр уус-уран айымньыга историческай тугэн кестерун кердеруу.

С.Данилов «От урэххэ» сэьэнигэр сэрии тематын арыйыы уратылара.

«Кукур Уус» драма5а былыргы уонна аныгы алтыьыылара.

Эргэ уонна сана уйэ охсуьуута (Ойуунускай «Кыьыл Ойуун» драматынан)

      Суругунан улэ хайдах суруллара киирии туьумэхтэн олус тутулуктаах. Ейтен суруйуу киириитин хайдах са5алаатын да, улэц оннук хайысханан салаллан барар. Ол иьин киирии тыл олус уолталаах. Ейтен суруйууга киирии туьумэх тематтан быьаччы тутулуктаах. Маннык киирии туьумэ5и оноруохха сеп:

- суруйааччы оло5ун, айар улэтин сырдатыы,

- айымньы хайдах быьыылаахтык суруллубутун арыйыы,

- историческай тугэни суруйуу,

- иэйии,

- соьуччу тугэни ахтыы.

Мантан аллараа ейтен суруйууга киириини хайдах са5алыахха себун о5олор суруйбут улэлэриттэн холобурдуубут.

* «Ытык киьи дьыл5ата»

             Алампа – саха норуотун бастакы дэгиттэр талааннаах, имигэс тыллаах-естеех айар улэ генийэ, общественнай деятель, ытык киьи. Кинини атын уьулуччу биллиилээх дьонтон «ус мутук урдук турар» киьинэн сыаналыыбын. Алампа Софронов олорбут оло5о олус уустуга: о5о сааьыгар тереппут а5атыттан тэйиччи сылдьан хара5а суох кырыымчык олохтоох дьоццо иитиллии, аччыктыыры-тоцору тулуйуу, уерэххэ-сырдыкка бэйэ ба5атынан тардыьыы, ииттинэр ба5аттан эрдэ улэьит буолуу, тапталлаах до5оро арахсан, тус оло5ор табыллымыы, сымыйа5а балыллан, репрессия5а тубэьии. Ол да буооллар талааннаах суруйааччы норуотугар елбет-суппэт айымньылары бэлэх уунна5а.

«Сэрии темата саха литературатыгар».

           Сэрии Угус аймал5аны, елууну-сутууну а5албыт А5а дойду Улуу сэриитэ 1941сыллаахха бэс ыйын 22 кунугэр эмискэ этиц эппитинии аацнаабыта. Саха сирин чулуу, быьый уолаттара, норуоппут инники кэскиллэрэ, саа саадах тутан сэриигэ ынырыллыбыттара. История ааспыт алдьархайын угус суруйааччы уус-уран айымньынан норуокка кэпсээбитэ. 

«Дьикти саастаахтар» кэмнэрэ.

Оскуолабыттан дьиэбэр баран иьэбин. Кун уотуттан хара5ым саатар, чэбдик салгын илгийэр, харалдьыктар тахсыталаабыттар. Тулабар туллуктар кетен «тир» гыналлар. Оо, саас, кэрэ саас! Саас диэн тылы кытта Далан «Дьикти саас» сэьэнин санаан кэллим.

Киьи олоххо анала

Олох Олох диэн тугуй? Олох киьиэхэ биирдэ эрэ бэриллэр. Ол бэриллибит оло5у туьалаахтык, бэйэ эрэ иннин керуммэккэ, дьонуц-сэргэц туьугар умнуллубаттык олоруохтааххын. Эн олорон ааспытын кэннэ, норуотуц учугэйдик саныырыц туьугар кыьаллыахтааххын. Ол эрэн, былыр ыарахан, батталлаах олоххо киьи теье да учугэйдик олоруон ба5арбытын иьин, ол кыаллыбат этэ. Киьи оло5о бэйэтиттэн эрэ тутулуктаммата.

Далан «Дьикти саас» сэьэнигэр сурун герой уобараьа.

  Киьи ейун-дууьатын уеьэ кетутэр, олох учугэй да еруттэрдээх буолар эбит диэн санаа5а тириэрдэр В.С.Яковлев-Далан «Дьикти саас» сэьэнэ. Далан айымньытын 1974 сыллаахха суруйбута. Сэьэнигэр 70-с сыллардаах ычча олоххо керуутун, тулалыыр эйгэни кытта сыьыанын суруйар. «Дьикти саас» - оскуола оло5ун туьунан айымньы.

      Ейтен суруйууга ирдэбил ыйынньык курдук оҕо мэлдьи көрөр сиригэр ыйанан турара ордук. Оччого үөрэнээччи суругунан үлэтигэр туох ирдэнэрин тутуһар, өйдүүр, болҕойор буолар.

ӨЙДӨӨң!

-ейтен суруйуу темата кавычката суох суруллар,

-эпиграф тема5а сеп тубэьиэхтээх,

-эпиграф баара ордук, ол эрээри хайаан да баар буолуохтаах диэн буолбатах,

-эпиграф кавычката суох суруллар, бутэьигэр автор инициала, араспаанньата скобката суох суруллар,

-цитата кавычка5а суруллар, онуоха автора септеех туохтуурунан ыйыллар (эппитэ, суруйуутунан, бэлиэтиир ), араспаанньата скобка5а ылыллыбат,

-хоьоонтон быьа тардыы кавычката суох суруллар,

- цитата5а кетутуу  бэлиэтэнэр,

БОЛ5ОЙУң!

Ейтен суруйуу маннык ирдэбилинэн сыаналанар:

-теманы сепке, толору арыйыы,

-матырыйаалы сепке таныы, туьаныы,

-суруйуу бэрээдэгэ утум-ситим, логичнай буолуохтаах,

-хатылааьын, логическай сыыьа, стилистическай ал5ас суох буолуохтаах,

-бэйэ санаатын киллэрии,

-ойуулуур –дьуьуннуур ньымалары, ес хоьооннору, бэргэн этиилэри табыгастаахтык туьаныы,

-таба суруйууга ал5аьынан: орфографическай, пунктуационнай, стилистическай, фактическай сыыьалар киирэллэр.

ТУТУЬУң!

-ейтен суруйуу-бэйэ толкуйдаан, чинчийэн, ырытан санааны суруйуу,

-улэ сыалын, былаанын тутуьуу,

- ейтен суруйуу керунун быьааран тутуьуу,

- логичнай сибээстээх буолуу,

-ыраас, сыыс тыла суох, литературнай нуорманы, тыл культуратын тутуьуу.

Түмүк.

     Өйтөн суруйуу суругунан үлэ саамай уустук көрүҥэ буолар.  Манна үөрэнээччи бэйэтин билиитин, уоппутун,  олоххо бэлэмин, өйүн-санаатын дириҥин  уонна киьиэхэ сыһыанын көрдөрөр. Υөрэнээччи төрөөбүт тылынан бэйэтин санаатын толору этэр-суруйар дьођура сайыннађына, кини наука атын предметтэрин баһылыыр кыахтанар. Онтон өйтөн суруйууга үөрэтэргэ  сөптөөх ньыманы таба тайаннахха, үлэ түмүктээх уонна таһаарыылаах  буолара эрэбил.  Ођођо ийэ тыл уус-уран күүһүн, кэрэтин, илбиһин иңэрэн,  суруйар үөрүйэђин сайыннарыахха, айымньылаахтык толкуйдуур, айар дьођура тобулларыгар суол аһыахха сөп.

          Үөрэнээччи бэйэтин  таьымынан  сайыннын диэн   хас биирдии о5о5о туьаайыылаах уерэх технологиятын (личностно-ориентированное обучение)  туьанан ейтен суруйууга үөрэтэбит. Билигин государственнай уерэх стандарта о5о уерэх дэгиттэр дьайыыларын инэриниэхтээх диэн соруга турар.  Өйтен суруйуу ньыматыгар уерэнэн, о5о  уерэх дэгиттэр уеруйэхтэрин (универсальные учебные умения) инэринэр. Ол курдук:

  • киьитийии сиэрин инэрэр  уеруйэхтэр (личностные УУД): суруйар тиэмэтин арыйар инниттэн, сыалын-соругун туруорунар, бу толкуйум, тус санаам туох суолталаа5ый диэннэ эппиэти була, быьаара, оло5у сыаналыы уерэнэр. Уерэнээччи тус оло5ун эйгэтиттэн таьааран, бэйэтигэр  ис суолталаах сиэрдээх, киьилии тускуну инэринэр, сыаналыыр уеруйэ5и баьылыыр.
  • бэйэни салайынар-дьаьанар уеруйэх  (регулятивные УУД): уерэнээччи ейтен суруйууга бэлэмнэнэн, араас матырыйаалы хасыьан булар, улэтин сатаан былаанныыр, тумугун сылыктыы уерэнэр. Тугу билэрин-билбэтин, тугу ситэри уерэтиэхтээ5ин арааран ейдуур. Улэ тиьигин быспакка былааннаан, толкуйдаан улэлиир, туох-ханнык тумуккэ кэлиэхтээ5ин быьа холоон билэр. Салгыы улэтин  уустаан-ураннаан суруйар. Манна бэйэтин хонтуруолланар-санаабыт санаатын ал5аьа суох, ситимнээн кэпсииргэ, суруйарга кыьаллар.  
  • билиини-керууну ыла уерэнэр уеруйэх (познавательные УУД):  о5о ейтен суруйуу тематын арыйар туьуттан билиини-керууну ханатар араас  матырыйаалы туьанар. Ол курдук  ыйынньыктартан, энциклопедиялартан, араас кинигэттэн туьааннаах информацияны, билиини  булар, наардыыр, бэлиэтэнэр, тумэр, ситимниир араас ньыманы табыгастаахтык туьанар. Маны таьынан сахалыы тахсар о5о5о-ыччакка аналлаах республика, улуус  хаьыаттарыттан, сурунаалларыттан («Кэскил», «Чуораанчык», «Чолбон», «Илин»,  «Саха сирэ», «Эдэр саас», «Кыым» , «Амма оло5о», «Уйэ» о.д.а.)  наадалаа5ын кердуур, чинчийэр, улэтигэр кедьуустээхтик туьанар. Сахалыы уерэ5и сайыннарар Интернет-сайтартан туьалаах, наадалаах информацияны булан, сепке наардаан туьанар;  толоруллубут улэни компьютерга  бэйэтэ  бэчээттиир. Эрдэ уерэтиллибит билиитигэр тирэ5ирэр. Атын предметтэргэ ылбыт билиитин сатаан ситимниир (интеграция знаний).
  •  бодоруьууну сайыннарар уеруйэх (коммуникативные УУД): саха тылын,литературатын уруоктарыгар ситимнээх сана быьаччы бодоруьуу култууратын инэрэр толору кыахтаах: учуутал-уерэнээччи; учуутал-суруйааччы-уерэнээччи; учуутал-суруйааччы-уус-уран айымньы-геройдар-уерэнээччи; уерэнээччи-уерэнээччи – бары ситимнэринэн дьайыылар оноьуллаллар.

         Ити курдук, өйтен суруйуу уеруйэ5ин  баьылаата5ына,   уерэнээччи  тус санаатын этэр, уустаан-ураннаан суруйар, айымньыны ырытар, тэнниир, оло5у ырыналыыр сатабыла  сайдар дии саныыбыт. Өйтөн суруйуу темата муҥура суох, онон былааннаах үлэ эрэ үчүгэй түмүктэри биэриэн сөп.

Туһаныллыбыт литература.

Бугаев Н.И. Саха оскуолатыгар уус-уран литератураны үөрэтии туһунан санаалар.Дь-2000.

Брызгалова С.М., Романова С.Р. Из опыта обучения написанию сочинений. Я.-2003

Залуцкая С.Ю.Разножанровые сочинения.  Я.-2002

Неустроев Н.Н., Поликарпова Е.М., Яковлева Т.И. 6 кылааска саха тылын, литературатын үөрэтии.Дь.-1993

Неустроев Н.Н., Ядрихинская А.Г. Ситимнээх саңаны сайыннарыы.Я.-1990

Попова М.А. Өйтөн суруйуу кистэлэңэ.

Поликарпова Е.М. Литература уруога-айар үлэ.Дь.-1997

Поликарпова Е.М.Суруйар дьођуру сайыннарыы. Дь.-1997


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Дьиэ кэргэн уонна оскуола – о5ону иитиигэ

Бу улэлэр барыта о5ону иитиигэ суолтата улахана саарба5а суох. О5о иннигэр тереппуттэр, кырдьа5астар эппиэтинэстэрэ урдуур. Бу ытык иэс, утумнааьын, удьуордааьын, туйах хатарааччыны иитии. Оччо5уна эр...

Национальнай оскуола проблемата билинни уорэхтээЬиннэ тэннээн.

Национальнай оскуола проблемата  билинни уорэхтээЬиннэ тэннээн.ааптар Ефимова Е.Д. саха тылын уонна литературатын учуутала....

Уус-уран айымньыны аа5ыыны дьиэ5э сорудах быhыытынан тэрийии.

Статья для учителей якутского языка и литературы.   ...

Амма Аччыгыйын ааҕабыт (Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа төрөөбүт күнүгэр анаммыт нэдиэлэҕэ аналлаах 5-7 кылаастарга ааҕыы уруоктарын тэрийии)

Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатын сүгэр оскуола буоларбыт быһыытынан, суруйааччы төрөөбүт күнүгэр сөп түбэһиннэрэн 3 чиэппэргэ оскуола бүттүүнэ Амма Аччыгыйыгар аналлаах нэдиэлэни ыытар үтүө үгэстээхпи...

Мин сахалыы тыыннаах оскуолам

Барыл автора: Кутукова ВераБарыл төрүтэ:-Оскуолам ис-тас көстүүтэ, суруга-бичигэ үгүс өттө нууччалыы ааттаах;-оскуола оҕото бары үөрэх тээбиринин, малын-салын нууччалыы а...

Саха литературатын уруоктарыгар уус-уран айымньыны ааҕыыны дьиэҕэ сорудах быhыытынан тэрийии

Билигин оскуолаҕа уус-уран литератураны үөрэтиигэ үөрэнээччилэр айымньыны биир халыыптаахтык, тэҥ таhымнаахтык ылыныыларыгар дьулуhууттан аккаастанан, оҕо хас биирдии айымньыны тус бэйэтэ иэйиитинэн ы...

Эрилик Эристиин “Буура Дохсун” олоҥхотун оскуолаҕа үөрэтии

Семен Степанович Яковлев – Эрилик Эристиин - саха литературатын талааннаах прозаига. Эрилик Эристиини классик суруйааччы быһыытынан эрэ буолбакка, олоҥхоһут- суруйааччы быһыытынан үөрэтии олус н...