Дьиэ кэргэн уонна оскуола – о5ону иитиигэ
статья на тему
Бу улэлэр барыта о5ону иитиигэ суолтата улахана саарба5а суох. О5о иннигэр тереппуттэр, кырдьа5астар эппиэтинэстэрэ урдуур. Бу ытык иэс, утумнааьын, удьуордааьын, туйах хатарааччыны иитии. Оччо5уна эрэ о5олорбут бу угэстэри тутуьан сиэр-майгы еттунэн уйан, сайа5ас, чиэьинэй буолуохтара, билиини эттэригэр-хааннарыгар ицэринэн утуе улэьиттэр тахсыахтара. Ол буолуо уруу-аймах дьоло, омук быьыытынан сайдыыбыт чыпчаала. Итилэри ситиьэр наадаттан ыал педагогиката сайдыахтаах.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
die_kergen_uonna_oskuola_-_o5onu_iitiige.docx | 23.68 КБ |
Предварительный просмотр:
Дьиэ кэргэн уонна оскуола – о5ону иитиигэ
Тереппуттэр - сурун иитээччилэр
Саха норуота былыр-былыргыттан Ийэ5э сугуруйэр угэстээх. Тыйыс айыл5алаах, ирбэт тоцноох, уьулуччу ыарахан усулуобуйа5а о5о теретен, улаатыннаран, ус саханы уескэтэн, туерт саханы тэнитэн, норуоту норуот дэтэн, кун бугунугэр тиэрдибит Ийэлэр буоллахтара. Ийэ-эбээ сылаас тыына, истиц иэйиитэ кими ба5арар оло5ун устата арыаллыыр.
Ыал иллээх оло5ор ийэ оруола аьары улахан. О5о – ийэ ыйа-кунэ, кэлэр кэскилэ, инники эрэлэ. О5о ыал ымыыта. Ити барыта ийэ буолууну ере тутар, урдуккэ-сырдыкка дабатар, кэрэ5э, кэскилгэ тириэрдэр аналын санатар, соргутун чугаьатар. Ийэ уонна о5о биир утумнаахтар, биир тыыннаахтар. Оннук уустук, уран айыл5алаахтар. О5о чэгиэн айыл5ата ийэнэн бэриллэр. Ийэ тапталын этинэн-хаанынан билбит о5о оло5ун устатыгар угуттана сылдьыа5а, итии тыынынан имигэстик илгийиэ5э.
Ийэ а5аны ере тутар ейдебулэ олох олорон истэхтэрин аайы ытыктабыл урдук ейдебулугэр дабайан тахсар. Ыал а5аларыгар сыьыана – ийэ, а5а сыьыанын сиэркилэтэ. Бааллар а5аларын тумус туттааччылар, бас-кес гынааччылар, эрэл-тирэх оцостооччулар. Ийэ а5аны ере тутар буолла5ына дьиэ кэргэццэ хардарыта ейеьуу, ейдеьуу уескуур.
Былыр да5аны, аны да5аны ыал ийэтин быьыыта-майгыта урут ахтыллар. Мааны майгылаах ыал ийэтэ дьоццо-сэргэ5э урдук ейдебул, холобур буолар. Бэл, харыстаан, быьа-хото куускэ сацарбаттар. Дьэллэм илиилээх, ыалдьытымсах ыал ийэтин кэпсэл киэргэлэ оцостоллор. "Ол барахсан баарынан-суо5унан буолла5а", - дэьиэхтэрэ чугас ыаллара. Дьиэ иьигэр теье да элбэх киьи туран-олорон сырыттар, барыта орун-оннугар ууруллубут, ол аата "бу ыалга ийэлэрэ бэрээьиннээх, тэрээьиннээх" диэн буолар. Сып-сап туттуулаах, кутугунас ыал ийэтин "сурэхтээх-бэлэстээх диэннэр" кырдьа5астыын-эдэрдиин хайгыахтара. О5олор эмиэ ийэлэрин кыраларыттан ылынан олохторун устатыгар холобур оцосто сылдьыахтара.
Уол о5ону иитэр ебугэ утуе угэстэрэ, уеруйэхтэрэ, сатабыллара кини олоххо тапталы кэрэьэлиир уонна итилэр угус еруттэрэ биьиги кэммитигэр тиийэ кэлбиттэр. Ол иьин уол о5ону иитиигэ норуот педагогикатыгар хайдыьыы аныгы олох ирдэбилэ буолар. Бу угэстэр улахан ейебулу эрэйэллэр уонна уол о5ону иитиигэ-уерэтиигэ сурун хайысханы ылаллар.
Ебугэлэрбит кырдьа5аьы ытыктыырга, сиэри-туому тутуьууга келуенэттэн-келуенэ5э бэриллэр утуе угэстэрдээхтэр. Ол курдук, уол оло5ор, кини тутулугар айыл5а, тулалыыр эйгэ сурун оруолу ылар. Саха уола айыл5а5а тапталы, киниэхэ сугуруйууну ийэ уутун кытта этигэр-хааныгар ицэринэр.
Уол о5о иитиитигэр ыал а5а баьылыга, о5о а5ата сурун оруолу ылара меккуерэ суох. О5о а5атын курдук буоларга талаьыыта, кинини урдуктук тутуута о5о тулалыыр эйгэни ылыныытыгар сабардыыр суолталаах. Ол иьин а5а уол о5о иитиитигэр бэйэтин иэйиитин тиэрдиитэ, санаатын ууруута, кинини о5отун эрэ курдук буолбакка, до5ор-атас оцостон, бииргэ илдьэ сылдьыыта, о5о а5атын убаастыыр, эрэллээх, эрчимнээх буола уунэригэр теьуу куус буолара биллэр.
Былыр-былыргыттан о5о улахан киьини ытыктыы уерэниитигэр улахан суолта уонна бол5омто ууруллара. О5ону олох кыра сааьыттан этигэр-хааныгар ицэрэн, улахан дьону убаастыыр, ытыктыыр гына иитэллэрэ. Ол кэнэ5эс, улахан киьи буолан олох суолугар уктэниитигэр, быьаарар суолталаах буолара. Ол курдук тэцнээхтэрин, аймахтарын, тереппуттэрин, туора да дьону убаастыы-ытыктыы уерэтии билигин хаьааццытаа5ар да куускэ туруоруллуох кэрицнээх. Киьини ытыктыы уерэммит о5о олоххо ойуччу бэлэмнээх, итэ5эллээх кэлэр, табаарыстарын, до5отторун, дьону кытта уопсай тылы тургэнник булар, кыьал5аларын таба ейдуур.
Дьон киьини ытыктыыр киьини убаастыыллар, харыстыыллар, куус-уох угаллар, субэлииллэр, уерэтэллэр, уеруунэн истицник кэпсэтэллэр. Ол эбэтэр, киьини ытыктыыр киьи элбэх истиц до5оттордоох буолар. Оннук о5о бэйэтиттэн кыралары ата5астаабат, кими ба5арар кытары эйэ5эстик дорооболоьор, сорох о5олор сыыьа-халты туттунууларын, быдьар тыллаьыыларын сэцээрбэт, утуктубэт, угус тубэлтэ5э буойааччы буолар. Улахан дьону, учууталларын кытары баайсыбат, тыл бырахсыбат буола улаатар. Итинник иитиллэн тахсыы угус тубэлтэ5э дьиэ кэргэццэ иитии тумугуттэн, тереппуттэр оруолларыттан тутулуктаах.
О5о оскуола иннинээ5и сааьыгар ей-санаа еттунэн ордук сайдар. Бу кэмцэ майгыта-сигилитэ, интэриэьэ, ирдэбилэ сайдарыгар иитиллэр эйгэтэ улаханнык сабыдыаллыыр. Ылынымтыа уонна утуктугэн кэмигэр аттыгар ким баара улахан оруоллаах.
О5о теруе5уттэн учугэйгэ эрэ тардыьар аналлаах. Онуоха бол5омтотун тардыахха, учугэйи, куьа5аны араарарыгар уерэтиэххэ наада. Сынньар, кууьунэн еттейен кутун-сурун баттыыр олох сыыьа. Киьи быьыытынан убаастаан, бол5ойон истэн экпсэтэр наада. Киьини улэ эрэ киьи оцорор диэн наука этэр, олох бигэргэтэр. Кыра сааьыттан са5алаан кууьэ кыайар улэтигэр иитии – ол буолар тереппуттэр сурун соруктара.
Онон о5о инники дьыл5атыгар дьиэ кэргэн суолтатын, оруолун урдэтии сурун соругунан буолар. Чел туруктаах ыал – о5о ситэн-хотон, буьан-хатан тахсар бигэ эйгэтэ, дэгиттэрдик сайдар кыьата, олоххо оскуолата буолар.
Улэ опытыттан
Дьон сиэрин-майгытын тутуьан, ебугэ утуе угэстэриттэн туораабакка, оло5у кытары тэццэ сайдан, омуктар таьымнарыттан хаалсыбакка олук уурсан уктэьэн иьэр чэгиэн-чэбдик туруктаах, чел оло5у тутуьар, сылгы-ынах суеьуну тэнитэн, доруобай о5олонон-урууланан Саха удьуорун ууьатар кыахтаах ыччаты иитии – бу буолар норуот, омук тулхадыйбат баайа, хас биирдии ыал, тереппут сирдээ5и дьоло!
Онон, ханнык ба5арар омук утуе ейун-санаатын, культуратын, угэстэрин, материальнай баайын биьигэ – дьиэ кэргэн. Дьиэ кэргэн – о5ону иитии саамай са5аланар сирэ.
Кириэстээх орто оскуолата иитэр улэ5э ер сылларга мунньуммут опыта дьиэ-кэргэн – оскуола – общественность бииргэ улэлээьиннэрин ситиьиигэ, олорор сирдэринэн, араас саастаахтары тумуу, микрорайоннарынан, туелбэнэн, аймахтаьыынан улэлээьин куьа5ана суох тумуктэри биэрбитэ.
Утуе угэьи сайыннарыы – хас биирдиибит бу орто дойдуга киьи буолан тереен олорон ааьарыгар ытык иэьэ. Утуе угэс киьиэхэ ицэн, ыалга олохсуйар. Ыал утуе угэьэ о5олорунан аймахха тар5анар.
Эбэлэр, эьэлэр, убайдар, эдьиийдэр утуе холобурдарын утумнааьын кууьун сахалар ейдууллэр. Дьиэ кэргэццэ улахан о5олор хайдах иитиллиилээх буолаллар да, ону бырааттар, балыстар утуктэллэр
Биьиги оскуолабытыгар тереппуттэри оскуола оло5ор кытыннарар сыалтан араас хайысхалаах улэлэр ыытыллаллар. «Дьиэ кэргэн – о5о уунэр-сайдар биьигэ» диэн программа ылынан улэлээбиппит иккис сылыгар барда.
Улэбит сыала-соруга:
- Сахалыы сайдам санаалаах, кене майгылаах,ыраас дууьалаах киьини иитэн таьаарыы;
- Бэйэтин чугас дьонунан киэн туттарга уерэтии;
- Дьиэ кэргэццэ сылаас, эйэ5эс сыьыан уескуурун ситиьии (НБС);
- О5ону иитии опытын атастаьыы;
- Инники тус олохторугар туьалаах субэлэри биэрии;
- Дьиэ кэргэццэ истиц-иьирэх, эйэлээх сыьыаны ицэрии(уескэтии) (СТК)
- Дьиэ кэргэццэ а5а оруолун урдэтии;
- Эбээ, эьээ мындыр ейун, угус уеруйэ5ин, сатабылын туьаныы;
- Кинилэр утуе холобурдарыгар уьуйуу, иитии;
Бу программа5а улахан бол5омто о5ону дьиэ кэргэццэ иитии опытын тар5атыыга ууруллар.
Ыытыллар улэлэри маннык хайысхаларга араарабыт:
1. О5ону дьиэ кэргэццэ иитии опытын тар5атыы
Хас биирдии ыал иитии боппуруоьугар тус-туспа ньыманы, уерэтиини туттар. О5о хайдах киьи буолан улаатара дьиэ кэргэн культуратыттан тутулуктаах, кыра о5о сааьыттан дьиэ иьигэр, дьоццо-сэргэ5э, тулалыыр эйгэ5э хайдах сыьыан олохтоммута улахан сабыдыаллаах.
Мантан сиэттэрэн, нэьилиэккэ холобур буолар дьиэ кэргэн о5ону иитиигэ уеруйэхтэрин, сатабылларын атын тереппуттэргэ, эдэр ийэлэргэ субэ-ама биэрэллэрин бастатан туран оскуола улэьиттэрэ тэрийиэхтээхпит. Ол курдук эдэр ийэлэргэ дьиэ5э-уокка, о5о иитиитигэр сыьыаннаах туьалаах субэлэри биэрэр сыалтан "Туьалаах субэлэр" диэн тегурук остуол буолан ааспыта. Манна дьиэни-уоту хайдах оцостуохха себун, бырааьынньыктаа5ы остуолу тэрийии быраабылаларын, о5о бырааьынньыгын интэриэьинэйдик, бэьиэлэйдик тэрийэр туьунан билсиспиттэрэ. Ону таьынан о5уруот уунээйитин олордуу, керуу-харайыы, эргэ тацаьы туьа5а таьаарыы курдук олус туьалаах субэлэри эбээлэр биэрбиттэрэ.
"О5ону дьиэ кэргэццэ иитии" диэн темалаах тереппут уопсай мунньа5а буолбута. Манна 5 бастыц ийэ дьиэ кэргэннэригэр о5олорун иитэр ньымаларын, угэстэрин мустубут тереппуттэргэ кэпсээбиттэрэ.
А5аларга аналлаах "О5ону иитиигэ а5а оруола" диэн конференцияны а5алары оскуола5а тардар, кинилэр аптарытыаттарын урдэтэр сыалтан оцорбуппут. Угус а5а кыттыыны ылбыта, санааларын эппиттэрэ. Мунньах уураа5ынан 8 чилиэннээх А5алар сэбиэттэрэ тэриллибитэ. Председателинэн Игнатьев И.Н. талыллыбыта. Ити курдук о5ону иитиигэ опыт атастаьар, а5алары о5о иитиитигэр кытыннарар сыаллаах "А5а – дьиэ кэргэн туллар тутаа5а" диэн тема5а тегурук остуол урдук таьымнаахтык буолан ааспыта. Манна 5 а5а, эьээ бэсиэдэ аахпыта.
"Дьиэ кэргэн туьулгэтэ" диэн тереппут оскуолата ийэлэри, а5алары тумэн, о5ону иитиигэ бэйэлэрин керуулэрин, санааларын, опыттарын атастаьар сыаллаах маннык дакылааттары, бэсиэдэлэри (аахпыттара) истибиттэрэ:
- "А5абыт олох оскуолатыгар уерэппитэ" – Платонова И.С.
- "Кинигэ уонна о5о" – Коколова Г.Я.
- "Биьиги дьиэ кэргэццэ кинигэ суолтата" – Моякунова Х.З.
- "Дьиэ кэргэццэ о5о сынньалацын тэрийии" – Пайдютова Л.Н.
- "Со5отох о5ону иитии уратылара" – Потапова С.С.
- "Уол о5ону иитии уратылара" – Петрова В.Н.
- "Ебугэ угэьинэн о5ону дьиэ кэргэццэ иитии – Ксенофонтова С.А.
Маннык ис хоьоонноох интэриэьинэй дакылааттары истэн баран, тереппуттэр астыммыттарын уонна инникитин "Дьиэ кэргэн туьулгэтигэр" ессе тумсэргэ ба5аларын эппиттэрэ.
2. Дьиэ кэргэн сынньалацын тэрийии
Дьиэ кэргэн бииргэ тумсэн сынньалацын атаарар, биир боппуруоьу быьаарар, соруда5ы толорор, онно ийэ, а5а, о5о бары кыттыыны ылар буолла5ына бу дьиэ кэргэццэ ейдеьуу, ейеьуу уескуур, . Оскуола5а наар модьуйуу, сорудах буолбакка себун керен сынньалацы тэрийэн ыытар наада. Оччо5уна тереппуттэр оскуола улэтигэр кыттыылара урдуур, ба5алара улаатар.
Дьиэ кэргэн куннээ5и оло5ун, тубугун, уеруутун кердерер, кэпсиир хаартысканан дьуьуйуу быыстапката буолбута. Барыта 22 дьиэ кэргэн кыттыыны ылбыта. Дьиэ кэргэнтэн биирдии киьи хаартысканан дьуьуйуулэрин мустубут дьоццо кэпсээбиттэрэ, билиьиннэрбиттэрэ.
А5алар уонна оскуола уолаттара кулун тутарга «Ис сурэхтэн истиц э5эрдэ» диэн кэрэ ацардарга э5эрдэ концерт кердербуттэрэ. Бу саца, сонун тахсыы буолан, элбэх керееччу биьирэбилин ылбыта.
Кинигэ тереппуккэ иитии боппуруоьугар бастыц кемелеьееччу буолар. Кинигэ – о5о уйул5атын хамсатар, дууьатын улэлэтэр, сайыннарар, кэрэ5э-утуе5э угуйар, уруцу-хараны, утуену-мекуну сатаан араарарга уерэтэр улуу куус. Онон кинигэни аа5ар дьиэ кэргэни пропагандалыыр сыаллаах «Аа5ар дьиэ кэргэн» - оонньуу-курэх ахсынньы ыйга ыытылынна. 5 тэц куустээх, билиилээх дьиэ кэргэн куен керсубутэ.
Сэтинньи ыйга «Дьиэ кэргэн дьарыгын эйгэтэ» диэн тематическай биэчэр буолан ааста.
Сыала-соруга:
- Интэриэьинэй дьарыктаах дьиэ кэргэни пропагандалааьын;
- Дьиэ кэргэццэ о5олору дьарыкка, сатабылга уерэтии.
Торума:
- Сахалар 2-с Конгресстарын кыттыылаа5а, норуот маастара Николаев И.М. бэсиэдэтэ;
- «Дьиэ кэргэн дьарыгын эйгэтэ» быыстапка;
- Талба талааннаахтар маастар-кылаастара;
- Ырыа-тойук, тумук
Маастар – кылаастар:
- Кылынан, сиэлинэн еруу;
- Хаартысканан дьуьуйуугэ цифровой технологияны туьаныы;
- Батта5ы керуу-харайыы, кырыйыы, прическа оцоруу;
- Кумаа5ынан кырыйыы – оригами.
Биэчэргэ элбэх ыалдьыт, керееччу муьунна. Маастар кылаастар урдук таьымнаахтык буолан аастылар.
3. Спортивнай курэхтэр (Эт-хаан еттунэн чэбдик дьиэ кэргэн)
Спортивнай курэхтэр оскуола5а тиьигин быспакка бэрт тэрээьиннээхтик, араас хайысалаахтык ыытыллаллар. Нэьилиэккэ спортивнай тыыннаах дьиэ кэргэн а5ыйа5а суох. Кинилэр араас оонньууларга уеруунэн кыттааччылар.
Сааскы еребуллэргэ дьиэ кэргэнинэн айыл5а5а араас оонньуулары тэрийэбит. Холобур: салаасканан сыыртан туьуу, хайыьарынан куоталаьыы, мууска хатыыскалааьын.
Ону таьынан «А5а курэ5э», «А5а о5отунаан» остуол оонньуутун курэ5э, «Уол а5атынаан», "Биьиги – спортивнай дьиэ кэргэн" диэн курэхтэр сыл ахсын ыытыллаллар,
2 сыл субуруччу «Куйуур курэ5э» ыытылынна. Улахан кылаас уолаттарын а5алар Хомустаах куелугэр илдьэн куйуурдааьын уеруйэхтэригэр уерэтэллэр, араас спортивнай оонньуулары тэрийэллэр.
4. О5олорго эбии уеруйэхтэри ицэрии керуцэ
Ураты талааннаах тереппуттэр о5олорго куруьуок ыыталлар. Кыргыттарга - туулээх тацаьы тигии, баайыы, Уолаттарга маьынан уьаныы сатабыллара, компьютер технологияларын баьылааьын, бултааьын ньымалара уо.д.а. Медик идэлээх тереппуттэр улахан кылаас о5олоругар араас темаларга бэсиэдэ аа5аллар.
5. Кыаммат ыалларга кеме
Оскуола5а 33 элбэх о5олоох, 26 кыаммат ыал ахсааныгар киирэр дьиэ кэргэнэ бааллар. Бу ыаллар о5олоругар оскуола5а аьыылларыгар, фонда харчытыгар чэпчэтии керуллэр. Ийэ, дьиэ кэргэн нэдиэлэлэригэр со5отох ийэлэргэ тимуровскай кеме оцоьуллар, элбэх о5олоох дьиэ кэргэттэргэ сыаналаах бириистэр туттарыллаллар.
Маны таьынан дьиэ кэргэн сыл устата араас темаларга хаьыат таьаарар. Ыытыллыбыт мероприятие кэнниттэн дьиэ кэргэн кыттыыны ылбытын туоьулуур сертификаттары туталлар. Кылаастартан хас дьиэ кэргэн кыттыыны ылбыта барыта бэлиэтэнэр (учуоттанар). Мероприятиеларга бириистэри нэьилиэк олохтоохторо,чааьынай предпринимателлэр туруораллар.
Бу ыытыллар тэрээьиннэри, интэриэьинэй бэсиэдэлэри "Сэьэн то5ой" улуус хаьыатыгар бэчээттэтэбит. Дьиэ кэргэнинэн улэбит туьунан барыта 19 иьитиннэрии, 12 ыстатыйа та5ыста.
О5олорго, учууталларга норуот педагогикатыгар туьанарга аналлаах кинигэлэри мунньан библиотека улэлэтэбит.
Утуе угэстэрдээх, ситиьиилэрдээх бастыц дьиэ кэргэттэрбитигэр "Дьиэ кэргэн – о5о уунэр-сайдар биьигэ" диэн стендэлээхпит.
Тереппут оскуола5а кэлиитэ, иитэр-уерэтэр улэ5э кыттыыта, о5о туьугар, тереебут туелбэ дьыл5атыгар ба5а санааларынан, дууьаларынан ыалдьааччылар элбээн иьиилэрэ биьигини уердэр.
О5о биьиги инники кэскилбит эрэ буолбатах, о5о биьиги бугуццубут буоларын ейдеен бары бииргэ улэлээьиммит хайа хайабытыгар ситиьиилээх суол.
Ыытар улэбит ситиьиитэ:
- дьиэ кэргэни кытта бииргэ улэлээьин;
- нэьилиэнньэ бары арацатын хабыы;
- уруу-аймах ейдеьуутэ, хардарыта кемелесуьуу;
- ийэ, а5а, дьиэ кэргэн нэдиэлэлэрэ урдук таьымнаахтык барыылара.
Бу улэлэр барыта о5ону иитиигэ суолтата улахана саарба5а суох. О5о иннигэр тереппуттэр, кырдьа5астар эппиэтинэстэрэ урдуур. Бу ытык иэс, утумнааьын, удьуордааьын, туйах хатарааччыны иитии. Оччо5уна эрэ о5олорбут бу угэстэри тутуьан сиэр-майгы еттунэн уйан, сайа5ас, чиэьинэй буолуохтара, билиини эттэригэр-хааннарыгар ицэринэн утуе улэьиттэр тахсыахтара. Ол буолуо уруу-аймах дьоло, омук быьыытынан сайдыыбыт чыпчаала. Итилэри ситиьэр наадаттан ыал педагогиката сайдыахтаах.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Норуот утуо угэстэригэр тирэ5ирэн о5ону иитии ньымалара.
Норуот утуо угэстэригэр тирэ5ирэн о5ону иитии ханнык да кэмнэ кодьууьэ улахан буолуо5а ....
Национальнай оскуола проблемата билинни уорэхтээЬиннэ тэннээн.
Национальнай оскуола проблемата билинни уорэхтээЬиннэ тэннээн.ааптар Ефимова Е.Д. саха тылын уонна литературатын учуутала....
Доклад на тему "Н.А.Лугинов айымньыларыгар уол о5ону иитии"
Саха народнай суруйааччыта Н.А.Лугинов айымньыларыгар уол о5ону иитии үгэстэрэ...
О5ону иитиигэ Николай лугинов айымньыларын көдьүүһэ (Доклад)
Роль произведений Николая Лугинова в воспитании учащихся...
А.Е.Кулаковскай “Саха интеллигенциятыгар” сүөһүнү иитиигэ көрүүлэрэ
А.Е.Кулаковскай "Саха интеллигенциятыгар" сүөһүнү иитиигэ көрүүлэрэ...
А.Е.Кулаковскай “Саха интеллигенциятыгар” сүөһүнү иитиигэ көрүүлэрэ
А.Е.Кулаковскай "Саха интеллигенциятыгар" сүөһүнү иитиигэ көрүүлэрэ...
Дьиэ кэргэн таптала
Билиҥҥи өй-санаа, майгы – сигили түргэнник сатарыйар кэмигэр дьиэ кэргэн туруктаах эрэ буоллаҕына быыһанар кэмэ кэллэ. Улаатан иһэр оҕолорго, эдэр дьоҥҥо, саҥа ыал буолар дьоҥҥо элбэ...