Уус-уран айымньыны аа5ыыны дьиэ5э сорудах быhыытынан тэрийии.
статья по теме

Статья для учителей якутского языка и литературы.

 

 

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл o5onu_haydah_aahtarabyt_2.docx22.93 КБ

Предварительный просмотр:

Матвеева Венера Борисовна Уулаах-Аан орто оскуолатын

 саха тылын, литературатын учуутала  Ханалас улууhа.

Уус-уран айымньыны аа5ыыны дьиэ5э сорудах быhыытынан  тэрийии.

Билигин оскуола5а уус-уран литератураны уорэтиигэ уорэнээччилэр айымньыны биир халыыптаахтык, тэн таhымнаахтык ылыныыларыгар дьулуhууттан аккаастанан, о5о хас биирдии айымньыны тус бэйэтэ иэйиитинэн ылыныытын хааччыйар сорук турар. Бу сорук ситиhиллэр эйгэтэ уоскээтэ5инэ эрэ, уорэнээччи литература уруогар айымньылаахтык толкуйдуур,улэлиир кыахтанар, кини ойо-санаата, иэйиилэрэ сайдар суолга киирэллэр.Уус-уран литератураны уорэнээччилэр ылынар дьо5урдарын сайыннарыы-аа5ыы культуратын инэрии буолар.

Литература уруоктарыгар биир улахан проблеманан о5о уус-уран айымньыны дьиэтигэр аа5ыыта буолар. Билигин  о5о сахалыы аахпат, бэриллибит соруда5ы толорбот эбэтэр котумэхтик сыhыаннаhар буолла. Ол курдук олох хаамыытын батыhан аралдьыйар тугэннэрэ элбэ5э бэрт: телевизор, компьютер, видео, интернет уо.д.а. олоххо киириитэ о5о куннээ5и улэтин тиhигин кэhиитигэр тириэрдэр. Ону тэнэ бэриллэр сорудахтар интэриэhи тарпат, биир халыыптаах буолан уорэнээччи дьиэ5э бэриллэр аа5ыыны  толорбот буолуон соп. Онтон сылтаан уорэххэ интэриэhэ, сыhыана, улэлиир, айар дьо5урун сайдыыта биллэ- косто уларыйар.

Дьиэ5э улэни уорэнээччи толоруута  бэйэтиттэн эрэ буолбакка, тороппут хонтуруолуттан, ордук учууталтан олус тутулуктаах.

Уруок кэмигэр уус-уран айымньыны, уксун улахан айымньылары ситэри-хотору барытын кыайан аа5ыллыбат. Онон о5о дьиэтигэр  хайаан да аа5ара наада. Уорэнээччи дьиэтигэр аа5ара уруок тоhо айымньылаахтык , интэриэhинэйдик барбытыттан тутулуктаах. Уус-уран айымньыга о5о интэриэhин котохпотоххунэ, о5о айымньыны ойдообот, ылыммат буолла5ына, дьиэтигэр аа5ара саарбах. Онон о5ону интэриэhиргэтэн дьиэтигэр аа5арын ситиhэр сыалтан учуутал араас ньыманы туттуон наада. Хайаатар да уорэнээччилэр сайдыыларын,  билиилэрин таhымын, саастарынан уратыларын учуоттуур наада.

«Уорэнээччи дьиэтигэр аа5арын хайдах ситиhиэххэ?” диэн ыйытыыга элбэх учуутал угус толкуйун уурар буолуохтаах. Литература уруоктарыгар  дьиэ5э аа5ар сорудах хайаатар да бэриллиэхтээх дии саныыбын. Ол эрээри олус элбэ5и, ыарахан сорудахтаан биэрэн о5о ойун-санаатын баттыыр сатаммат. Кини толкуйугар, дьо5уругар, кыа5ар соп тубэhиннэрэн аахтарар, улэлэтэр сиэрдээх, утуо тумуктээх буолар.

Урут да, билигин да дьиэ5э улэни толоруу- уруокка барбыты чинэтии, барыллыахтаах тема5а кулуус буолар сорудахтары толоруу. Оското о5о дьиэ5э аа5арга бэриллибит айымньыны аахпат, соруда5ы толорбот буолла5ына, бу о5о аа5ыыта молтох, билиитэ намыhах буолар, тыла-оhо тутахсыйар, толкуйа, дьо5ура ситэ сайдыбат. Ол иhин дьиэ5э улэни хайаан да ирдэниллиэхтээх. Ирдээбэтэххэ уорэтиллэр айымньы ойдоммот, ситэ арыйыллыбат.

Онон дьиэ5э улэ5э  уус-уран айымньыны аа5ыыны тэрийии о5ону уорэтиигэ, иитиигэ биир суолталаах, чинчийиини эрэйэр проблема буолар. Мин кылгастык бэйэм улэбиттэн санаабын уллэстиэхпин ба5арабын.

Оскуола5а уус-уран айымньыны аа5ыыны кыра кылааска, куускэ орто суhуоххэ ирдиэххэ наада. Орто саастаах о5олор аа5ыыны кэрэхсээhиннэрэ кыра кылаастарга оло5урбут буолла5ына, кини уус-уран айымньыны интэриэhиргээн аа5ар. Методист З.Я.Рез суруйарын курдук, улааппыт о5олор автор этэр санаатыгар, иэйиитигэр чэпчэкитик о5устараллар, кини ойуулуур хартыыналарын ойдоругэр тургэнник онорон корор кыахтаахтар, уус-уран, поэтическай тылы ылынымтыалар. Бу кэмнэ уус-уран образ комотунэн о5о5о дьайыы кини ойо-санаата тобуллуутугар, иэйиитэ, кута-сурэ сайдыытыгар, ону сэргэ быhыыта-майгыта уларыйыытыгар тиэрдиэн соп. Орто кылаастарга айымньыны сунньунэн бириэмэни сууйэ сатаан  уруокка учуутал эбэтэр учугэйдик аа5ар о5о5о аахтарыллар. Дьиэ5э уксугэр аа5ыллыбыт айымньыны иккистээн хатылаан аа5алларыгар сорудахтанар. Айымньыны анардас истэн ылыныы таhыма, тоhо да учуутал уонна уорэнээччи учугэйдик аахпыттарын иhин, котумэх буолар. Ол бастакы истиилэрин ылыныыларыгар тирэ5ирэн, о5олор уус-уран айымньыны бэйэлэрэ дьиэлэригэр сиhилии аа5алларын учуутал ситиhиэхтээх. “Дьиэ5итигэр аа5ан кэлээрин” эбэтэр “Ситэрэн аа5аарын”,- диэн курдук быhаччы сорудахтар  туhалара кыра.Уорэнээччилэр уорэтиллэр айымньыга интэриэстэрин саналыы куодьутуллуохтээх. Ону ко5улуургэ, ирдииргэ дьиэ5э аа5ары ситиhэргэ сорудах арааhын толкуйдаан биэриэххэ наада. Ол курдук, айымньыны кэрчиктэринэн уллэрэн аахтара биэрии, толкуйдатар сорудахтаах ыйытыы биэрэн о5о аа5ар интэриэhин тардыы, рекламалаан, аахпыт кэрчигин тылыгар чугаhатан уруhуйдатыы, аахпытыгар викторина ыйытыыларын толкуйдатыы, кроссворд онотторуу уо.д.а.

-Айымньыны кэрчиктэринэн уллэрэн биэрэргэ ис хоhоонун тиэкис тылыгар чугаhатан кэпсииргэ, билбэт тылларын быhаарарга сорудахтыахха соп. Кылгас айымньы кэрчиктэрин хас да о5о5о араас сорудахтаан биэрдэххэ улэ оссо интэриэhинэй буолар. Айымньыны кэрчиктэринэн уллэрэн аа5ар соруда5ы биэрдэххэ о5о сурэ5элдьээбэт. Ким эмэ аахпакка кэллэ5инэ айымньыбыт ис хоhооно алдьанар, до5отторун туhэн биэрэр, онон бэйэ –бэйэ5итин туhэн биэримэн диэн эттэххэ, о5о эппиэтинэhэ урдуур. Онон о5о до5отторун туhэн биэримээри куhэллэн да аа5ар,  кэнники онто уоруйэххэ кубулуйар.

-Сорудахтаах, толкуйдуурга ко5улуур ыйытыылары бэриэххэ наада. Холобура, П.Н.Тобуруокап “Токолук уонна Тэкэлик” сэhэнин 1 чааhын уруокка аа5ыы кэнниттэн дьиэ5э улэ5э сиhилии аа5алларын туhуттан маннык ыйытыыны туруоруохха соп: “Тоhо да торообут буордарыгар тыыннаах тиийэллэрэ биллибэтэр да, чыычаахтар то5о саас аайы тоннорго дьулуhалларый?”                                                                Уорэнээччи соруда5ы толороору,  онороору аа5ар.

-Айымньыны рекламалаан аа5арга угуйуу. Холобур, “Ачаа” кэпсээни аа5ыаххыт, омсолоох геройу булуоххут. Кинини булун, сыыhатын коннорун.

-Уорэнээччилэргэ уус-уран айымньыга уруhуй, ойуу онорторуу уруокка туhаныллар айымньылаах ньыманан буолар. Уруhуйга сыhыаннаах, дьо5урдаах о5олорго ба5аларынан корон, айымньы сурун санаата тумуллубут тугэнин дьиэлэригэр онороллоругар сорудахтанар. Уруhуйдуур соруда5ы толорору 5-6 кылаас  о5олоро олус собулууллэр. Уруhуйдуурга  айымньы айыл5атын, геройун, кордорор кэмин,  ис хоhоонун айымньы тылыгар-оhугэр бол5омтотун уурарыгар сорудахтанар.

-Аа5ар айымньыларыгар викторина ыйытыыларын, кроссворд сорудахтарын толкуйдуулларын о5олор олус собулууллэр, хоруйдарын бэйэлэрэ сурунан кэлэллэр.Уруокка кэлэн оонньотоллорун астыналлар. Бу соруда5ы айымньы ис хоhоонун учугэйдик билэр эрэ о5о оноруон соп. Онон айымньыны аа5ыыга эмиэ ко5улуур.

Уорэтиллэр  айымньыны о5олор бары аахтахтарына эрэ, уус-уран айымньыны ырытыы кодьуустээхтик барар.

-Аа5ааччы дневнигин  онотторон, хаhан, ханнык айымньыны аахпытын, бу айымньыттан тугу собулээбитин, тугу ойдообото5ун суруйтарар учугэй. О5олор бэйэ-бэйэлэрин дневниктэрин корсон курэхтэhэн аа5а сатыыллар. Орто кылаас о5ото  курэхтэhэр санаата олус куустээх, ону туhаныахха соп.

Улахан кылааска “Толко”, “Дьикти саас”, “Сурэх тэбэрин тухары” курдук уо.д.а.улахан айымньыны барытын о5о аа5ара сэдэх костуу буолар.Ол да буоллар, о5о интэриэhин кобуттэххэ сорохтор оскуола5а сылдьан, сорохтор оскуоланы бутэрэн да баран аа5ар тугэннэрэ баар буолар эбит. Ол курдук, хас да уорэппит о5ом “Тулаайах о5о”, “Толко”, “Ханидуо уонна Халерхаа”, “Дьикти саас”, “Дьыл5ам миэнэ” уо.д.а. айымньылары аа5ан бутэрбиттэрин, ол айымньылартан са5алаан сахалыы айымньылары аа5ар буолбуттарын туhунан тоhо5олоон бэлиэтээн этэн тураллар. Онтон мин учуутал киhи уоруум угус.

Хайа ба5арар учуутал аа5ыыны дьиэ5э сорудах биэрэригэр араас ньымалары бэйэтин улэтигэр утумнаахтык киллэрдэ5инэ, о5ону уорэтиигэ-иитиигэ ситиьиилэнэрэ саарбахтаммат. О5о аа5ар дьо5урун сайыннардаххына кини кэнники учугэйдик уорэнэригэр,  киьи быьыытынан сайдарыгар улахан тоьуу куус буолар.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Проект для девочек "Уран тарбах"

Технические приемы исполнения шитья и вышивальное искусство у якутов основывались на многовековых художественных традициях. Качество выполнения технических приемов ручной обработки, основанное на века...

План ПД "Уран тарбах"

-ознакомление учащихся с видами якутской национальной вышивки; -приобщение к народно-прикладному искусству; -развитие интереса к прикладному искусству; -развитие умений и навыков по национальному ш...

Усал - утпа, ырри çуран çÿрет (6-мěш класра литературăпа ирттермелли урок)

Урок тěсě: пěтěмлетÿ урокěУрок форми: литература эстафети.Сапăрлăх тěллевě:  1. Ушкăнпа ěçлеме тат пěр-пěрин шухăшне, калаçăвне итлеме хăнăхтарасси. 2. Тимлě пулма, туслăха хаклама,чыса упр...

Саха литературатын уруоктарыгар уус-уран айымньыны ааҕыыны дьиэҕэ сорудах быhыытынан тэрийии

Билигин оскуолаҕа уус-уран литератураны үөрэтиигэ үөрэнээччилэр айымньыны биир халыыптаахтык, тэҥ таhымнаахтык ылыныыларыгар дьулуhууттан аккаастанан, оҕо хас биирдии айымньыны тус бэйэтэ иэйиитинэн ы...

Уран дуута хэлэмни - Угайм далижаха һүлдэ (Мүнөө үеын буряад хэлэнэй болон уран зохеолой хэшээл)

Уран дуута хэлэмни -Угайм далижаха һүлдэ(Мүнөө үеын буряад хэлэнэй болон уран зохеолой хэшээл)...

айымньыны ейдеен аа5ыыга проблемнай ырытыыны туьаныы

     Билиҥҥи сайдыылаах олох ирдэбилинэн уус-уран литератураны оскуолаҕа үөрэтиигэ сыһыан уларыйда. Киһи ордук сиэр-майгы, өй-санаа өттүнэн сатарыйда уонна үөрэнээччи уус-уран ли...