Национальнай оскуола проблемата билинни уорэхтээЬиннэ тэннээн.
статья по теме

Ефимова Евдокия Даниловна

 

Национальнай оскуола проблемата

 билинни уорэхтээЬиннэ тэннээн.

ааптар Ефимова Е.Д. саха тылын уонна литературатын учуутала.

Скачать:


Предварительный просмотр:

Муниципальное общеобразовательное учреждение

«Эбяхская средняя общеобразовательная школа»

Национальнай оскуола проблемата

 билинни уорэхтээЬиннэ тэннээн.

Чинчийэр улэ автора:

Ефимова Евдокия Даниловна,

Эбээх орто оскуолатын

саха тылын уонна

литературатын  учуутала

Эбээх боh.

2009 с.

Национальнай оскуола проблемата  билинни уорэхтээЬиннэ тэннээн.

Сыала:  Кэнчээри ыччаты киЬи гынар, иитэр-уорэтэр кыЬабыт – детсад уонна оскуола балаЬыанньатын таба сыаналаан, омук тыыннаах хаалар уонна салгыы сайдар суолун-ииЬин тобулар, чопчулуур дьоЬуннаах сорук туруоруу.

АктуальноЬа: Саха оскуолата, хотугу омуктар оскуолалара национальнай оскуола сурун уорэтэр методическай, теоретическай концепцияларга, методологическай боппуруостарга, научнай чинчийэр хайысхаларын ис суолталарын таЬааран, сана суол-кыах булунан, уорэх-иитии онкулларын соптоохтук, чопчулаан ылыныыларыгар интэриэЬи уоскэтии.

Тумугэ: Сахалыы ойунэн-санаанан ырытан, торообут тылынан быЬааран, дьонно-сэргэ5э тиэрдии. Омук быЬыытынан торообут тылын, торут культуратын араначчылыыр тыыннаах хааларын, сайда турарын, чэчирээн иЬэрин хааччыйар сана балаЬыанньаны киллэрии.

Национальнай оскуола5а уорэтии ис хоьоонун маннык ус методологическай торуккэ араарыахха соп.

  1. Норуот киьи туьунан угэс буолбут филосовскай ойдобуллэригэр тирэнии, киьи айыл5аны кытта алтыьан киьитийэр суолу тутуьуу. Саха норуотун былыр былыргыттан олохсуйбут ойдобулэ кут-сур. Бу ой-санаа аьара дирин коруутэ. Саха ойдобулугэр киьи ус куттаах: Буор кут, Ийэ кут, Салгын кут.

Буор кут

Ийэ кут

Салгын кут

Киьи киппэ тас хата.

Удьуор утума.

Ой-санаа, билии, иэйии эйгэтэ.

Эт-хаан чин туруга.

Киьи киьи буолбут тордо, са5аланыыта. Чол буолла5ына удьуор кууьэ-уо5а сал5анар.

Олох олорор ой-санаа, кэскил, идэни талы, тыл-ос.

Экология уларыйыыта салгын, уу киртийиитэ киьи буор кутун кэбирэтэр доруобуйа молтуур.

Сыыьа-халты быьыыт-тан аккыран ыччат уоскуур, удьуор эстэр.

Киьи ойо-санаата ыьыллар. Олох очуругар добоннук о5устарар.

 

Киьи оло5о, быьыыта-майгыта хайа кут ордук бэриллибититтэн наарданар.

   

Салгын кут

Ийэ кут

Буор кут

Поэт, суруйааччы, артыыс

Удьуор тэнитии, оло5у онорор тутар кыахтаахтар

Этэ-сиинэ доруобай, модьу-та5а

Салгын  кут

   +                                            =   Талааннаах, ойдоох, айанньыт, сананы    

                                                           арыйааччы,                                      

                                                                                 олоххо мээнэ будуруйбэт.

Салгын  кут

   +                                            =  Мындыр, булчут, рационализатор.

Ийэ  кут

  +                                            =  Улэьит, хаьаайыстыбанньык.

Ийэ  кут

  +                                           +                                            =  Киьи айыл5а      

                                                                                                                  бэлэ5э, олонхоьут,        

                                                                                                            уус,  болуьуок, сирдьит.

Саха омук уйэлэр тухары иитэйиэхтээн кэлбит бу торут ойдобуллэрэ, сатаан туьаннахха о5ону, ыччаты иитэр-уорэтэр улэ5э бигэ  тирэх, тоьуу буолуохтарын соп. Онон билинни оскуола5а иитии-уорэтии о5о этин-хаанын уйулгутун, ойун-санаатын барытын айбыт айыл5атыгар дьуорэлээн сайыннарар хайысханы тутуьуохтаахпыт.

  1. Детсадка уонна оскуола5а иитии-уорэтии ис хоьоонун омук уйул5атыгар оло5уран, улэ ордук кодьуустээх буоларын ситиьии. Сир урдугэр олорор араас омук барыта аан дойдуну тус-туспа хара5ынан корор, ойдуур. Билинни кэмнэ омук психологиятын научнайдык уорэтиигэ оло5уран, араас этностар уйул5алара уратылаа5ын билиннилэр. Холобур, Азия омуктара ойуулаан корор толкуйдуур уоруйэхтэрэ (наглядно-образное мышление)  тэгилийэн ойдуур (абстрактное мышление) кыахтарын кытта сэргэ тутан кордоххо Европа дьонун киэниттэн атыннаа5а чуолкай. Хоту дойду торут олохтоохторун омуктара барыны бары бэлиэтии корор, чинчилиир, ырытар дьо5урдарыгар, тоьо бол5омтолоох, тугу дьоло5ойдоругар тутар хайдах толкуйдаах дьон буолалларыгар тулалыыр айыл5а, сыыйа-баайа сайдыы, ор кэмнэ угэс буолбут олохторун эйгэтэ хайаан да суол хаалларара биллэр.

Онон сорох национальнай оскуола5а сыьыаран кордоххо, орто уорэхтээьин тутулун уонна ис хоьоонун, уорэтии ирдэбилин барытын биир халыыпка киллэриини соптоох диир табаллыбат. Ол аата, национальнай оскуола5а уорэтии ис хоьоонун санардыы, чуолаан уорэтэр матырыйаал кээмэйин уонна утумун, иитии-уорэтии тумугун быьаарыы дьиннээх торутун быьыытынан саха о5отун ураты уйулгутун аахсар дьоьуннаах сорук туруохтаах.

  1. Норуот педагогикатын угэстэрин эргитэн, национальнай оскуола5а иитии-уорэтии ис хоьоонугар бигэ тирэх оностуу. Национальнай оскуола норуот педагогикатыттан силис тардан, утуо угэстэрин салгыыр тускулаах, омук оло5ун бэйэтэ туспа диалектикалаах костуутэ буолар. Ол эрэррри Советскай кэмнэ туох ханнык иннинэ национальнай оскуола бары уратыта умнуллубута, ол тумугэр араас омуктар оскуолалара бары биир сирэйдээх тэрилтэ5э кубулуйбуттара.

Манна уорэтии ис хоьоонугар быьаччы сыьыаннаах икки хайысханы чорботуохха наада:

  1. О5ону эт-хаан оттунэн сайыннарыы.
  2. Улэ5э уьуйуу.

Саха былыр-былыргыттан о5о этэ-хаана, майгыта-сигилитэ уларыйарын сааьынан араарар кэрдиистээх буолара.

5-8 саас

«Уллуна5а хараарар»

О5о атах сыгынньах суурэн-котон, сиртэн-буортан энергия ылан, этэ-хаана сайдар сааьа.

8-14 саас

«эрдэ5эс о5о»

Бэйэни кыанар саас.

14-18 саастаах ыччат

«ботоьо киирэр»

Эр киьи киэбин ылынар сааьа.

Норуот о5ону ити сааьынан корон тус-туспа эрчийэр, буьарар-хатарар, кытыгырас, ньымса, сылбыр5а, бэргэн, хорсун, эр санаалаах гына иитэр элбэх араас ньымалаах, албастаах, анал оонньуулардаах этэ. О5о сыл устата айыл5а5а сылдьара, араас дьарыктаах буолара.

Саха омук ба5арар ба5ата – идеала – чэгиэн эттээх-сииннээх, Айыы сирин араначчылыыр, Кун сирин комускуур куустээх-уохтаах, утуо сурэхтээх эр бэрдэ, ыал а5а баьылыга, а5а ууьун, нэьилиэк-улуус сис киьитэ буолара.

О5о-ыччат уонтан тахса сыл устата о5о тэрилтэтигэр, оскуола5а сылдьар кэмигэр чэгиэн эттээх-сииннээх киьи уунэн тахсыахтаах. Ол туьугар норуот билигин умнуллан эрэр угэстэрин эргитэн, ыччаты эт-хиин оттунэн сайыннарар улэ ис хоьоонугар танан киллэрии омук доруобуйата тупсарыгар, олох олорор куустээх киьи буолан тахсарыгар туьаттан атыны а5албата чуолкай.

Норуот педагогикатын биир сурун хайысхата о5ону кыра сааьыттан улэ5э уьуйуу этэ. Саха «туьа киьитэ» диэн тыллаа5а, онон о5о кыра эрдэ5иттэн туьаны а5алар туьунан ойдобулгэ иитиллэрэ. Уолу уол курдук, кыыьы кыыс курдук тус-туспа уорэтэн-такайан кыра сааьыттан олоххо бэлэмнээьин саха оло5ор диринник инмит угэс буолар. О5ону ийэтэ-а5ата, эбэтэ-эьэтэ батыьыннаран сылдьан, кордорон, ыйан-кэрдэн биэрэрэ, о5о бэйэтэ онорон-тутан уорэнэрэ. Саха ыала о5отун олус сэрэнэн харыстаан улэлэтэр угэстээ5э, о5о «эт быстыа», «сурэ5ин астарыа», «унуо5ар хаан туруо» диэн тыллаа5а. Бу угэс о5о биирдиилээн, арааран сыьыаны олохтуон наадатын туьунан билинни педагогика балаьыанньатын кытта дьуорэлэьэр.

Национальнай оскуола биир чопчу сыалынан: уунэр колуонэ ыччаты норуот угэс буолбут дьарыгын бары корунугэр суьуох-суьуох уьуйан утум быстыбатын хааччыйыы буолуохтаах. Билинни оскуола сахалыы аьы астааьын, танаьы тигии, булт-алт албаьын, ойуулаах оноьук, киэргэл-симэх, ойуу-дьар5аа кистэлэнин сутэрбэккэ, аныгы техниканы, технологияны туьанан, ырыынак уйэтигэр соп тубэьэр сайыннаран иьэр уус харахтаах, талааннаах тарбахтаах, мындыр ойдоох ыччаты иитэн-уорэтэн таьаарыахтаах. Бу барыта о5ону туьалаах дьарыкка сыьыаран, билинни кэм, аныгы ыччат угус ыарахан проблематын сиэрдээхтик быьаарарга кууьэ-комото улахан.

Ити курдук, омук угэс буолбут философията, уйулгутун уратыта, ыччатын иитэр уоруйэ5э национальнай  оскуоланы санардан сайыннарыы ус сурун тирэ5э буолуохтаах.

 

КиЬи

Ийэ кут

Буор кут

Салгын  кут

 кут

Буор кут

Буор кут

Салгын кут


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Дьиэ кэргэн уонна оскуола – о5ону иитиигэ

Бу улэлэр барыта о5ону иитиигэ суолтата улахана саарба5а суох. О5о иннигэр тереппуттэр, кырдьа5астар эппиэтинэстэрэ урдуур. Бу ытык иэс, утумнааьын, удьуордааьын, туйах хатарааччыны иитии. Оччо5уна эр...

Оскуолађа өйтөн суруйууну тэрийии методиката.

Саха оскуолатын орто үөрэђин бүтэрэр үөрэнээччи түмүк экзаменыгар саха тылыгар, литературатыгар билиитин  хонтуруоллуур суругунан үлэнэн өйтөн суруйуу буолар. Бэрилилбит темаҕа үөрэнээччи бэйэтин...

Мин сахалыы тыыннаах оскуолам

Барыл автора: Кутукова ВераБарыл төрүтэ:-Оскуолам ис-тас көстүүтэ, суруга-бичигэ үгүс өттө нууччалыы ааттаах;-оскуола оҕото бары үөрэх тээбиринин, малын-салын нууччалыы а...

П.А. Ойуунускай айымньылара билинни кэмнэ суолталара

Плато́н Ойу́нский (Плато́н Алексеевич Слепцо́в; 30 октября 1893, Ойун-Усовский наслег, Таттинский улус, Якутская область — 31 октября 1939, Якутск)...

Презентация "П.А.Ойуунускай кэпсээннэрин билинни олоххо суолталара"

Презентация на тему актуальности произведений П.А. Ойунского в современном мире.В слайдах рассмотрены такие произведения как: Улуу Куданса, Өйдөөх оҕо, Алексаандыр Македуонускай....

Эрилик Эристиин “Буура Дохсун” олоҥхотун оскуолаҕа үөрэтии

Семен Степанович Яковлев – Эрилик Эристиин - саха литературатын талааннаах прозаига. Эрилик Эристиини классик суруйааччы быһыытынан эрэ буолбакка, олоҥхоһут- суруйааччы быһыытынан үөрэтии олус н...

тереебут тылы уерэтии билинни туруга

Тѳрѳѳбүт тылы оскуолаҕа үѳрэтии билиҥҥи туругаСаха оҕото ийэ тылыттан тэйиитэ дириҥээтэр дириҥээн иһэрэ биһигини барыбытын дьиксиннэрэр. Оскуолаҕа төрөөбүт тылы үөрэтии оҕо тылын-өһүн, сахалыы өйүн-са...