Эрилик Эристиин “Буура Дохсун” олоҥхотун оскуолаҕа үөрэтии
статья на тему
Семен Степанович Яковлев – Эрилик Эристиин - саха литературатын талааннаах прозаига. Эрилик Эристиини классик суруйааччы быһыытынан эрэ буолбакка, олоҥхоһут- суруйааччы быһыытынан үөрэтии олус наадалаах. Тоҕо диэтэххэ, Эрилик Эристиини олоҥхоһут- суруйааччы быһыытынан билэбит, онон кини олоҥхотун оскуолаҕа үөрэтэр тоҕоостоох буолуо этэ. Онон бу үлэ сыала: С.С. Яковлев – Эрилик Эристиин “Буура Дохсун” олоҥхотун оскуолаҕа үөрэтии суолтатын чинчийии.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
erilik_eristiin_buura_dohsun_olonghotun_oskuolaga_uoretii.docx | 18.56 КБ |
Предварительный просмотр:
Самсонова Т.П., саха тылын,
литературатын учуутала,
“И.А.Федоров аатынан сүрүн уопсай
үөрэхтээһин оскуолата”,
Хаҥалас улууһа,
Эрилик Эристиин “Буура Дохсун” олоҥхотун оскуолаҕа үөрэтии
Семен Степанович Яковлев – Эрилик Эристиин - саха литературатын талааннаах прозаига. Эрилик Эристиини классик суруйааччы быһыытынан эрэ буолбакка, олоҥхоһут- суруйааччы быһыытынан үөрэтии олус наадалаах. Тоҕо диэтэххэ, Эрилик Эристиини олоҥхоһут- суруйааччы быһыытынан билэбит, онон кини олоҥхотун оскуолаҕа үөрэтэр тоҕоостоох буолуо этэ. Онон бу үлэ сыала: С.С. Яковлев – Эрилик Эристиин “Буура Дохсун” олоҥхотун оскуолаҕа үөрэтии суолтатын чинчийии.
Үлэ соруктара: 1.Эрилик Эристиин “Буура Дохсун” олоҥхотун ааҕыы; 2. С.С.Яковлев – Эрилик Эристиин айар үлэтигэр, тус олоҕор сыһыаннаах литератураны үөрэтии; 3. “Буура Дохсун” олоҥхону чинчийии.
Федеральнай судаарыстыбаннай үөрэҕирии стандартын ирдэбилинэн 2015 с. саҥа оҥоһуллубут программанан үөрэх кинигэтигэр Эрилик Эристиин үөрэтиллибэккэ сылдьыбыт “Соһуччу үөрүү”, “Революция уолаттара”, “Кэриэс туолуута”, “Аймалҕан” айымньылара киирбиттэрэ бэрт кэрэхсэбиллээх. Маны таһынан бэйэ ааҕыытыгар, эбэтэр кылаас таһынан дьарыкка Эрилик Эристиин “Буура Дохсун” олоҥхотун үөрэтии тоҕоостоох. Олоҥхо норуот өйүн-санаатын чыпчаала буоларынан норуоту иитэр кыаҕа ураты күүстээх. Үгүс сыллар усталарыгар кини киһи дууһатын абылыыр модун күүһэ, киһи уйулҕатын аймыыр сүдү кыаҕа, олох араас көстүүлэриттэн тутулуктанан, норуокка, ыччакка тиийбэккэ, олохтон тэйиччи тутулла сылдьыбыта. Ол түмүгэр олоҥхо тылын сатаан ылыммат, аахпат, иһиттэҕинэ кыайан өйдөөбөт хас да көлүөнэ дьон үүнэн таҕыста. Олоҥхону оскуолаҕа үөрэтии ол иһин кэккэ ыарахаттардаах буолла. Олоҥхо киһи- аймах духуобунай култууратын нэһилиэстибэтин быһыытынан билиниллиэҕиттэн, олоҥхоҕо болҕомто, кэрэхсэбил улаханнык улаатта. Туох ханнык иннинэ Саха Республикатын Президенин уурааҕынан олоҥхоҕо тус сыаллаах программа ылыныллыбыта. Ол тускулунан олоҥхону чинчийиигэ, үөрэтиигэ, үйэтитиигэ, тарҕатыыга, сөргүтүүгэ үлэ ыытыллар буолла. Олоҥхону толорууга, чинчийиигэ, үөрэтиигэ оскуола оҕолорун ортотугар араас таһымнаах күрэхтэр, тэрээһиннэр ыытыллаллара олоҥхону пропагандалааһыҥҥа улахан кыах буолла.
С.С.Яковлев – Эрилик Эристиин түөрт олоҥхону суруйан хаалларбыта биллэр. “Талыы-Талба бухатыыр”, “Хаалбат-сүппэт хараһыктаах хааннаах Харалаах Мохсоҕол”, “Айыы Дьүһүөл” уонна “Буура Дохсун”. Мантан көрдөххө, Эрилик Эристиин олоҥхонон дьаныһан туран дьарыктаммыт, олоҥхону улаханнык сыаналыыр эбит. Дэлэҕэ даҕаны кини “Кэриэс туолуута” айымньытыгар баар “дьүһүннүүн-бодолуун, таҥастыын-саптыын кэр-дьэбэр киһи”, Уулаах Уйбаан, “олоҥхолоон бардаҕына, оо, маннык кэрэ кэпсээннээх, маннык уус-уран тыллаах киһи өлөн хаалыах бэйэтэ буоллаҕа диэн, киһи аһыйар киһитэ” буолуо дуо. Сэһэҥҥэ кини икки төгүл олоҥхолуура ойууланар, онно иккиэннэригэр “Буура Дохсун” олоҥхону олоҥхолуур. Мантан көрдөххө, бу олоҥхону суруйааччы сөбүлүүр, бэйэтэ толорор олоҥхото буолуон сөп. Эрилик Эристиини билэр дьон ахталларынан, кини бэйэтэ олоҥхолуурун таптыыр, дьонугар-сэргэтигэр олоҥхолоон иһитиннэрэр үгэстээх эбит.
“Буура Дохсун” олоҥхо, үгүс олоҥхолор курдук, бухатыыр төрөөбүт-үөскээбит сирин ойуулааһынтан, орто дойдуга олохсуйбут айыы дьоно төрүттэрин-уустарын кэпсээһинтэн саҕаланар. Олоҥхо сүрүн геройа Буура Дохсун “Үрүҥ Аар тойон иккиһин төрөөбүт инитэ” Айыҥа Сиэр диэн аҕалаах, “Сүҥкэн Эрилик аҕалаах, Сүҥ Дьааһын ийэлээх, Уордаах Дьөһөгөй убайдаах” Айыы Нуораҕалдьын диэн ийэлээх. Айыҥа Сиэр Улуу Хаан убайын Үрүҥ Аар тойон үрдүк солотун былдьаспытын иһин тутан ылан Орто дойдуга олохтуурга уларыйбат уурааҕы уурбуттар эбит. Буура Дохсун “буутун этэ буһан” улаатарын саҕана “баай оҕото бардамнаан барбыт, тот оҕото дохсуннаан турбут”, “нэрилиир нэс үтүгэн түгэҕэр ниҥсиир быстан дибдигирээбит, ордуос дугуй халлааҥҥа ураҕас тутан ураатаабыт”. Ийэлээх-аҕата буойбуттарын истиминэ, онтон өһүргэнэн, хаһан да эргиллиэ суох буолан алаһа дьиэтиттэн арахсан баран хаалар.
Бу курдук “Буура Дохсун” олоҥхо саҕаланыыта атын олоҥхолортон уратылаах. Оскуолаҕа үөрэтиллэ сылдьар С.Васильев “Эрчимэн Бэргэн”, “Мөҕүрүүр Бөҕө”, “Айыы Дьураҕастай” олоҥхолоругар, К.Г.Оросин “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотугар даҕаны айыы бухатыыра ийэлээх-аҕатыгар утары туран дьиэтиттэн барыыта суох, айыы дьоно Үрдүк Айыылары утаран, соло былдьаһан көскө ыытыллыбыттара эмиэ суох. Онон бу олоҥхо ис хоһоонунан атын олоҥхолортон биллэр уратылаах, инньэ гынан ааҕааччыны сэргэхситэр, кэрэхсэбилин тардар күүстээх. Ис хоһоонун сайдыытын көрөр буоллахха, төрүөтүнэн абааһы бухатыыра Өһөх Дүксүүлэ Айыҥа Сиэр оҕонньор, Айыы Нуораҕалдьын эмээхсин кыыстарын үс былас суһуохтаах Үөкэйдээн Куону кэлэн күүс өттүнэн күтүөттээри күрэтэн илдьэ барыыта буолар. Манна олоҥхо ис хоһоонун үгэс буолбут матыыба ойууланар. Күн Эрбийэ балтын Үөкэйдээн Куону быыһыы барарыттан салҕанан олоҥхо ис хоһооно сыыйа-баайа сайдан, ааҕааччы олоҥхо алыптаах дойдутугар айанныыр. Буура Дохсун киһи буолар кэскилин тэринээри Кыыс Ньургуну кэргэн кэпсэтэр. Хомпоруун хотой буолан силлиэ-буурҕа аргыстаах кэлэн, “сиэллээх-ситиилээх сэргэлэрэ сиҥнэритэ бараллар, түүлээх төлкөлөөх түһүлгэлэрэ түҥнэритэ түһэллэр, үс үрдүк өһүөлэлэрэ үрэллэ-үрэллэ үрдүлэригэр түһэллэр”. Бу мантан улахан өһүргэнсии буолан Кыыс Ньургун Буура Дохсуну кытта дуолан охсуһуу тардаллар. Онуоха Айыы Уруйдаан удаҕанынан иккиэннэрин ортолоруттан оҕуурдатан таһааран Үрүҥ Аар тойон дьүүлгэ туруорар уонна арахсыбат гына абылатан төттөрү атаартыыр. Алаһа дьиэлэригэр тиийэн, Кыыс Ньургун ийэлээх-аҕатын Чыҥырыыр Чыҥыс тойон, Кыҥырыыр Кындыа хотун алгыстарын ылбыттарын кэннэ Буура Дохсуҥҥа убайын миинэр миҥэтэ Күөнэ Маҕан ат кэлэн Күн Эрбийэ балтын Үөкэйдээн Куону быыһыы баран баран иэдээҥҥэ түбэспитин кэпсиир. Ону истэн Буура Дохсун убайыгар көмөлөһө аттанар. Ол тиийэн маҥнай балтын Үөкэйдээн Куону булан, быыһаан ылар, атыгар олордон орто дойдуга атаарар. Бу кэннэ убайыгар көмөлөһөн, айыы аймахтарын араҥаччылаан, абааһы бухатыырдарын кытта охсуһуута, кыайан-хотон дьиэтигэр-уотугар төннүүтэ ойууланар. Буура Дохсун кэлин өй-санаа, майгы-сигили өттүнэн ситэн-хотон, төһө даҕаны дьонуттан өһүргэнэн барбытын иһин, ийэлээх-аҕатын кырдьар саастарыгар көрүөхтээхпин-истиэхтээхпин диэн, тиийэн эрдэ хомоппутун-хоргуппутун бырастыы гыннаран үҥэр-сүктэр. Ол эбэтэр бу олоҥхоҕо дьиэ кэргэн иһинээҕи истиҥ сыһыан, өлөр-охтор кэмҥэ өйөһүү-убаһыы, уруу-аймах иһинээҕи уустук сыһыан курдук сүрдээх суолталаах өйдөбүллэр өрө тутуллан ойууламмыттар. “Буура Дохсун” олоҥхо иитэр-үөрэтэр күүһэ манна сытар.
Олоҥхоҕо айыы дьонуттан төрөөбүт абааһы аҥардаах бухатыыр Түҥнэри Холорук “абааһытын тириитин араара тардан, уол оҕо олус бэрдэ, эр киһи эҥин дьиктитэ” буолан дьүһүн уларыйыыта олус кэрэхсэбиллээх. Маннык уобарас оскуолаҕа үөрэтиллэ сылдьар атын олоҥхолорго суох, онон оҕолорго ис хоһоон өттүнэн олус интэриэһинэй буолуо этэ.
Олоҥхо биир уратытынан манна суруйааччы бэйэтин кэмин сабыдыала көстүбүтэ буолар. Ол курдук, Үрүҥ Аар тойон уобараһыгар баай баттыгаһын ойуулуур матыыптар бааллара ырылхайдык көстөр. Оттон Буура Дохсун уобараһыгар кыра-хара, баттаммыт норуот баайдары, тойоттору утары баран кырдьыгын көрдүүр геройдары санатар өрүттэр бааллар. Ол курдук, кини ”үллэ сытыйбыт” Үрүҥ Аар тойоҥҥо тиийэн урукку кэмҥэ атаҕастаабытын ирдэһэн таһыйара, “түүнүктээх дьөрбө бүөтүн төлө таттаран, төттөрүгэ төлкөлөммүт төһө эмэ киһини” хаайыыттан быыһаан таһаарара кэпсэнэр. Үрүҥ Аар тойон атын олоҥхолорго урааҥхай саха үҥэр-сүктэр үрдүкү айыытын быһыытынан эрэ ойууланарын бэлиэтээтэххэ, бу олоҥхону үөрэтиигэ эмиэ биир сонун көстүү буолуон сөп.
Олоҥхону оскуола оҕолоругар үөрэтиигэ биир суолталааҕынан олоҥхоҕо араас геройдар ойууланыылара буолар. Ол курдук, оҕолор олоҥхону толорууга куолас, матыып араастаан уларыйыытын олус сэргииллэр, сэҥээрэллэр. Ордук абааһы бухатыырын, абааһы кыыһын ырыалара оҕолор болҕомтолорун, истээччилэр сэҥээриилэрин ылаллар. Ол өттүнэн көрөр буоллахха, “Буура Дохсун” олоҥхоҕо олоҥхо геройдара бары толору бааллар. Бу олоҥхону толоро үөрэнэргэ айыылартан саҕалаан, абааһы бухатыырын, абааһы кыыһын, Симэхсин эмээхсин, удаҕан ырыатын, ат саҥатын барытын толорон көрүөххэ сөп. Онон “Буура Дохсун” олоҥхону үөрэтии олоҥхону үөрэтиигэ, тарҕатыыга, үүнэр көлүөнэ сэҥээриитин ыларга улахан суолталаах буолуон сөп. Арай оҕоҕо сөп түбэһэр, өйдөнөр гына тылын-өһүн судургутутан, кылгатан биэрии улахан күчүмэҕэйдэри, ыарахаттары көрсүөн сөп. Маны дьарыктанарга үөрэтэр киһиттэн улахан сыра-сылба ирдэнэр.
С.С.Яковлев – Эрилик Эристиин “Буура Дохсун” олоҥхотун ааҕан-үөрэтэн баран маннык түмүккэ кэллим:
1. “Буура Дохсун” олоҥхо ис хоһоонунан атын олоҥхолортон биллэр уратылаах, инньэ гынан ааҕааччыны сэргэхситэр, кэрэхсэбилин тардар күүстээх.
2. Бу олоҥхоҕо дьиэ кэргэн иһинээҕи истиҥ сыһыан, өлөр-охтор кэмҥэ өйөһүү-убаһыы, уруу-аймах иһинээҕи уустук сыһыан курдук сүрдээх суолталаах өйдөбүллэр өрө тутуллан ойууламмыттар. “Буура Дохсун” олоҥхо иитэр-үөрэтэр күүһэ манна сытар.
3. Олоҥхо биир уратытынан манна суруйааччы бэйэтин кэмин сабыдыала көстүбүтэ буолар. Ол курдук, Үрүҥ Аар тойон уобараһыгар баай баттыгаһын ойуулуур матыыптар бааллара ырылхайдык көстөр. Оттон Буура Дохсун уобараһыгар кыра-хара, баттаммыт норуот баайдары, тойоттору утары баран кырдьыгын көрдүүр геройдары санатар өрүттэр бааллар.
4. Олоҥхону оскуола оҕолоругар үөрэтиигэ биир суолталааҕынан олоҥхоҕо араас геройдар ойууланыылара буолар. Ол өттүнэн көрөр буоллахха, “Буура Дохсун” олоҥхоҕо олоҥхо геройдара бары толору бааллар. Бу олоҥхону толоро үөрэнэргэ айыылартан саҕалаан, абааһы бухатыырын, абааһы кыыһын, Симэхсин эмээхсин, удаҕан ырыатын, ат саҥатын барытын толорон көрүөххэ сөп.
Онон “Буура Дохсун” олоҥхону үөрэтии олоҥхону үөрэтиигэ, тарҕатыыга, үүнэр көлүөнэ сэҥээриитин ыларга улахан суолталаах буолуон сөп. Арай оҕоҕо сөп түбэһэр, өйдөнөр гына тылын-өһүн судургутутан, кылгатан биэрии улахан күчүмэҕэйдэри, ыарахаттары көрсүөн сөп. Маны дьарыктанарга үөрэтэр киһиттэн улахан сыра-сылба ирдэнэр.
Туһаныллыбыт литэрэтиирэ:
- Илларионов В.В. Аан тыл. // Олоҥхо оҕону, ыччаты иитиигэ, сайыннарыыга суолтата: ыстатыйалар хомуурунньуктара. – Дьокуускай, 2010. – С. 5 – 8.
- Поликарпова Е.М. Төрөөбүт литература: үлэлиир бырагыраама. 5-9 кылаас. – Дьокуускай: Бичик, 2015
- Поликарпова Е.М. Төрөөбүт литература: учууталга көмө босуобуйа. 5-9 кылаас. – Дьокуускай: Бичик, 2016
- Сэмэн Тумат. Эрилик Эристиин // Чолбон. – 2012, 01 №. – С. 76-88
- Тобуруокап Н.Н. Бу кинигэ туһунан // Эрилик Эристиин туһунан ахтыылар. – Дьокуускай, 1992.. – С. 3
- Эрилик Эристиин. Буура Дохсун. – Дьокуускай, 1994
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Дьиэ кэргэн уонна оскуола – о5ону иитиигэ
Бу улэлэр барыта о5ону иитиигэ суолтата улахана саарба5а суох. О5о иннигэр тереппуттэр, кырдьа5астар эппиэтинэстэрэ урдуур. Бу ытык иэс, утумнааьын, удьуордааьын, туйах хатарааччыны иитии. Оччо5уна эр...
Национальнай оскуола проблемата билинни уорэхтээЬиннэ тэннээн.
Национальнай оскуола проблемата билинни уорэхтээЬиннэ тэннээн.ааптар Ефимова Е.Д. саха тылын уонна литературатын учуутала....
Өйтөн суруйууга үөрэтии.
Саха оскуолатын орто үөрэђин бүтэрэр үөрэнээччи түмүк экзаменыгар саха тылыгар, литературатыгар билиитин хонтуруоллуур суругунан үлэнэн өйтөн суруйуу буолар. Саха литературатын программатыгар өй...
что нам даёт посещение с/к Дохсун
Это спортивно-оздоровительный комплекс «Дохсун» является базой Международных спортивных игр «Дети Азии». Крытый футбольный манеж высотой в трехэтажный дом возвели на 1500 железобетонных сваях. Со...
Эрилик Эристиин
Урок по якутской литературе...
Оскуолађа өйтөн суруйууну тэрийии методиката.
Саха оскуолатын орто үөрэђин бүтэрэр үөрэнээччи түмүк экзаменыгар саха тылыгар, литературатыгар билиитин хонтуруоллуур суругунан үлэнэн өйтөн суруйуу буолар. Бэрилилбит темаҕа үөрэнээччи бэйэтин...
Дополнительная общеобразовательная общеразвивающая программа по боку "Дохсун"
Программа включает в себя здоровье сберегающие технологии, которые создают максимально возможные для сохранения, укрепления и развития эмоционального, интеллектуального и физического здоровья обучающи...