Саха литературатын уруоктарыгар уус-уран айымньыны ааҕыыны дьиэҕэ сорудах быhыытынан тэрийии
методическая разработка на тему

Матвеева Венера Борисовна

Билигин оскуолаҕа уус-уран литератураны үөрэтиигэ үөрэнээччилэр айымньыны биир халыыптаахтык, тэҥ таhымнаахтык ылыныыларыгар дьулуhууттан аккаастанан, оҕо хас биирдии айымньыны тус бэйэтэ иэйиитинэн ылыныытын хааччыйар сорук турар. Бу сорук ситиhиллэр эйгэтэ үөскээтэҕинэ эрэ, үөрэнээччи литература уруогар айымньылаахтык толкуйдуур,үлэлиир кыахтанар, кини өйө-санаата, иэйиилэрэ сайдар суолга киирэллэр.Уус-уран литератураны үөрэнээччилэр ылынар дьоҕурдарын сайыннарыы-ааҕыы культуратын иҥэрии буолар.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл saha_literaturatyn_uruoktarygar.docx28.31 КБ

Предварительный просмотр:

Муниципальнай бюджетнай үөрэхтээһин тэрилтэтэ

«А.И.Притузов аатынан Уулаах  Аан орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата»

Ханалас улууһа.

Саха литературатын уруоктарыгар

уус-уран айымньыны ааҕыыны

 дьиэҕэ сорудах быhыытынан  тэрийии

Суруйда: Матвеева Венера Борисовна,

А.И.Притузов аатынан Уулаах  Аан орто уопсай үөрэхтээһин оскуолатын саха тылын, литературатын учуутала

Уулаах – Аан, 2017 с.

Саха литературатын уруоктарыгар

уус-уран айымньыны ааҕыыны дьиэҕэ сорудах быhыытынан  тэрийии.

Билигин оскуолаҕа уус-уран литератураны үөрэтиигэ үөрэнээччилэр айымньыны биир халыыптаахтык, тэҥ таhымнаахтык ылыныыларыгар дьулуhууттан аккаастанан, оҕо хас биирдии айымньыны тус бэйэтэ иэйиитинэн ылыныытын хааччыйар сорук турар. Бу сорук ситиhиллэр эйгэтэ үөскээтэҕинэ эрэ, үөрэнээччи литература уруогар айымньылаахтык толкуйдуур,үлэлиир кыахтанар, кини өйө-санаата, иэйиилэрэ сайдар суолга киирэллэр.Уус-уран литератураны үөрэнээччилэр ылынар дьоҕурдарын сайыннарыы-ааҕыы культуратын иҥэрии буолар.

Литература уруоктарыгар биир улахан проблеманан оҕо уус-уран айымньыны дьиэтигэр ааҕыыта буолар. Билигин  оҕо сахалыы аахпат, бэриллибит сорудаҕы толорбот эбэтэр көтүмэхтик сыhыаннаhар буолла. Ол курдук олох хаамыытын батыhан аралдьыйар түгэннэрэ элбэҕэ бэрт: телевизор, компьютер, видео, интернет уо.д.а. олоххо киириитэ оҕо куннээҕи үлэтин тиhигин кэhиитигэр тириэрдэр. Ону тэҥэ бэриллэр сорудахтар интэриэhи тарпат, биир халыыптаах буолан үөрэнээччи дьиэҕэ бэриллэр ааҕыыны  толорбот буолуон сөп. Онтон сылтаан үөрэххэ интэриэhэ, сыhыана, үлэлиир, айар дьоҕурун сайдыыта биллэ- көстө уларыйар.

Дьиэҕэ үлэни үөрэнээччи толоруута  бэйэтиттэн эрэ буолбакка, төрөппүт хонтуруолуттан, ордук учууталтан олус тутулуктаах.

Уруок кэмигэр уус-уран айымньыны, үксүн улахан айымньылары ситэри-хотору барытын кыайан ааҕыллыбат. Онон оҕо дьиэтигэр  хайаан да ааҕара наада. Үөрэнээччи дьиэтигэр ааҕара уруок төhө айымньылаахтык , интэриэhинэйдик барбытыттан тутулуктаах. Уус-уран айымньыга оҕо интэриэhин көтөхпөтөххүнэ, оҕо айымньыны өйдөөбөт, ылыммат буоллаҕына, дьиэтигэр ааҕара саарбах. Онон оҕону интэриэhиргэтэн дьиэтигэр ааҕарын ситиhэр сыалтан учуутал араас ньыманы туттуон наада. Хайаатар да үөрэнээччилэр сайдыыларын,  билиилэрин таhымын, саастарынан уратыларын учуоттуур наада.

«Үөрэнээччи дьиэтигэр ааҕарын хайдах ситиhиэххэ?” диэн ыйытыыга элбэх учуутал үгүс толкуйун уурар буолуохтаах. Литература уруоктарыгар  дьиэҕэ ааҕар сорудах хайаатар да бэриллиэхтээх дии саныыбын. Ол эрээри, олус элбэҕи, ыарахан сорудахтаан биэрэн оҕо өйүн-санаатын баттыыр сатаммат. Кини толкуйугар, дьоҕуругар, кыаҕар сөп түбэhиннэрэн аахтарар, үлэлэтэр сиэрдээх, үтүө түмүктээх буолар.

Урут да, билигин да дьиэҕэ үлэни толоруу- уруокка барбыты чиҥэтии, барыллыахтаах темаҕа күлүүс буолар сорудахтары толоруу. Өскөтө оҕо дьиэҕэ ааҕарга бэриллибит айымньыны аахпат, сорудаҕы толорбот буоллаҕына, бу оҕо ааҕыыта мөлтөх, билиитэ намыhах буолар, тыла-өhө тутахсыйар, толкуйа, дьоҕура ситэ сайдыбат. Ол иhин дьиэҕэ үлэни хайаан да ирдэниллиэхтээх. Ирдээбэтэххэ үөрэтиллэр айымньы өйдөммөт, ситэ арыйыллыбат.

Онон дьиэҕэ үлэҕэ  уус-уран айымньыны ааҕыыны тэрийии оҕону үөрэтиигэ, иитиигэ биир суолталаах, чинчийиини эрэйэр проблема буолар. Мин кылгастык бэйэм үлэбиттэн санаабын үллэстиэхпин баҕарабын.

Оскуолаҕа уус-уран айымньыны ааҕыыны кыра кылааска, күүскэ орто сүhүөххэ ирдиэххэ наада. Орто саастаах оҕолор ааҕыыны кэрэхсээhиннэрэ кыра кылаастарга олоҕурбут буоллаҕына, кини уус-уран айымньыны интэриэhиргээн ааҕар. Методист З.Я.Рез суруйарын курдук, улааппыт оҕолор автор этэр санаатыгар, иэйиитигэр чэпчэкитик оҕустараллар, кини ойуулуур хартыыналарын өйдөрүгэр тургэнник оҥорон көрөр кыахтаахтар, уус-уран, поэтическай тылы ылынымтыалар. Бу кэмҥэ уус-уран образ көмөтүнэн оҕоҕо дьайыы кини өйө-санаата тобуллуутугар, иэйиитэ, кута-сүрэ сайдыытыгар, ону сэргэ быhыыта-майгыта уларыйыытыгар тиэрдиэн сөп. Орто кылаастарга айымньыны сүнньүнэн бириэмэни сүүйэ сатаан  уруокка учуутал ааҕар эбэтэр үчүгэйдик ааҕар оҕоҕо аахтараллар. Дьиэҕэ үксүгэр ааҕыллыбыт айымньыны иккистээн хатылаан ааҕалларыгар сорудахтанар. Айымньыны анардас истэн ылыныы таhыма, төhө да учуутал уонна үөрэнээччи үчүгэйдик аахпыттарын иhин, көтүмэх буолар. Ол бастакы истиилэрин ылыныыларыгар тирэҕирэн, оҕолор уус-уран айымньыны бэйэлэрэ дьиэлэригэр сиhилии ааҕалларын учуутал ситиhиэхтээх. “Дьиэҕитигэр ааҕан кэлээриҥ” эбэтэр “Ситэрэн ааҕаарыҥ”,- диэн курдук быhаччы сорудахтар  туhалара кыра.Үөрэнээччилэр үөрэтиллэр айымньыга интэриэстэрин саҥалыы күөдьүтүллүөхтээх. Ону көҕүлүүргэ, ирдииргэ дьиэҕэ ааҕары ситиhэргэ сорудах арааhын толкуйдаан биэриэххэ наада.

Ол курдук:

  • айымньыны кэрчиктэринэн үллэрэн аахтара биэрии,
  • толкуйдатар сорудахтаах ыйытыы биэрэн оҕо ааҕар интэриэhин тардыы,
  • рекламалаан, рекламалаа
  • билбэт тылларын суруйуу, быhаарыы
  • аахпыт кэрчигин тылыгар чугаhатан уруhуйдатыы,
  • аахпытыгар викторина ыйытыыларын толкуйдааһын,
  • кроссворд оноруу
  • тест сорудахтарын толкуйдааһын
  • фрактальнай ньыманан уруһуйдатыы (оҕо кырааска араас дьүһүнүн     дьүөрэлээн уобараһы арыйыыта)
  • бырайыак оҥотторуу уо.д.а.
  • Айымньыны кэрчиктэринэн үллэрэн биэрэргэ ис хоhоонун тиэкис тылыгар чугаhатан кэпсииргэ, билбэт тылларын быhаарарга сорудахтыахха сөп. Кылгас айымньы кэрчиктэрин хас да оҕоҕо араас сорудахтаан биэрдэххэ үлэ өссө интэриэhинэй буолар. Айымньыны кэрчиктэринэн үллэрэн ааҕар сорудаҕы биэрдэххэ оҕо сурэҕэлдьээбэт. Ким эмэ аахпакка кэллэҕинэ айымньыбыт ис хоhооно алдьанар, доҕотторун туhэн биэрэр, онон бэйэ –бэйэҕитин түhэн биэримэн диэн эттэххэ, оҕо эппиэтинэhэ үрдүүр. Онон оҕо доҕотторун түhэн биэримээри күhэллэн да ааҕар,  кэнники онто үөрүйэххэ кубулуйар.
  • Сорудахтаах, толкуйдуурга көҕүлүүр ыйытыылары биэриэххэ наада. Холобура, Суорун Омоллоон «Чүөчээски» сэһэнигэр Чүөчээски быһаҕы баран уурбут дуу, суох дуу? Эн бараҥ ууруоҥ этэ дуо? П.Н.Тобуруокап “Төкөлүк уонна Тэкэлик” сэhэнин 1 чааhын уруокка ааҕыы кэнниттэн дьиэҕэ үлэҕэ сиhилии ааҕалларын туhуттан маннык ыйытыыны туруоруохха сөп: “Төhө да төрөөбүт буордарыгар тыыннаах тиийэллэрэ биллибэтэр да, чыычаахтар тоҕо саас аайы төннөргө дьулуhалларый?”                                                                Үөрэнээччи сорудаҕы толороору,  оҥороору  ааҕар.
  • Айымньыны рекламалаан ааҕарга угуйуу. Холобур, “Ачаа” кэпсээни ааҕыаххыт, омсолоох геройу булуоххут. Сүрүн герой атааҕа ханнык түгэҥҥэ көстөрүй?  Ону  булуҥ, эһиги кини оннугар хайдах гыныа этигитий? Кини үтүө өрүтүн булан рекламалааҥ.
  • Үөрэнээччилэргэ уус-уран айымньыга уруhуй, ойуу оҥотторуу уруокка туhаныллар айымньылаах ньыманан буолар. Уруhуйга сыhыаннаах, дьоҕурдаах оҕолорго баҕаларынан көрөн, айымньы сүрүн санаата түмүллүбүт түгэнин дьиэлэригэр оҥороллоругар сорудахтанар. Уруhуйдуур сорудаҕы толорору 5-6 кылаас  оҕолоро олус сөбүлүүллэр. Уруhуйдуурга  айымньы айылҕатын, геройун, көрдөрөр кэмин,  ис хоhоонун айымньы тылыгар-өhүгэр болҕомтотун уурарыгар сорудахтанар.
  • Ааҕар айымньыларыгар викторина ыйытыыларын, кроссворд, тест сорудахтарын толкуйдуулларын оҕолор олус сөбүлүүллэр, хоруйдарын бэйэлэрэ сурунан кэлэллэр.Уруокка кэлэн оонньотоллорун астыналлар. Бу сорудаҕы айымньы ис хоhоонун үчүгэйдик билэр эрэ оҕо оҥоруон сөп. Онон айымньыны ааҕыыга эмиэ көҕүлүүр.
  • Бырайыак оҥоруу бу сүрдээх уустук, сыралаах, уһун кэмҥэ толоруллар  үлэ. Бу сорудаҕы улахан кылааска бэриллиэн сөп. Бырайыактарын оҥороору оҕолор айымньыны толору билиэхтээхтэр, ол иһин ааҕарга күһэллэллэр. Бу сорудаҕы бөлөхтөөн биэрдэххэ оҕолор бэйэ-бэйэлэрин кытары бодоруһаллар, бэйэ-бэйэлэрин иннигэр эппиэтинэстээх буолаллар, олохтоохтук толкуйдуур дьоҕурдара тобуллар.

Үөрэтиллэр  айымньыны оҕолор бары  аахтахтарына эрэ, уус-уран айымньыны ырытыы көдьүүстээхтик барар.

-Ааҕаар айымньыларын ис хоһоонунан тест ыйытыыларыгар эппиэтээһин.

-Ааҕааччы дневнигин  онотторон, хаhан, ханнык айымньыны аахпытын, бу айымньыттан тугу сөбүлээбитин, тугу өйдөөбөтөҕүн суруйтарар үчүгэй. Оҕолор бэйэ-бэйэлэрин дневниктэрин көрсөн күрэхтэhэн ааҕа сатыыллар. Орто кылаас оҕото  күрэхтэhэр санаата олус күүстээх, ону туhаныахха сөп.

Түмүк

Улахан кылааска “Төлкө”, “Дьикти саас”, “Сүрэх тэбэрин тухары” курдук уо.д.а. улахан айымньыны барытын оҕо ааҕара сэдэх көстүү буолар. Ол да буоллар, оҕо интэриэhин көбүттэххэ сорохтор оскуолаҕа сылдьан, сорохтор оскуоланы бүтэрэн да баран ааҕар түгэннэрэ баар буолар эбит. Ол курдук, хас да үөрэппит оҕом “Тулаайах оҕо”, “Төлкө”, “Ханидуо уонна Халерхаа”, “Дьикти саас”, “Дьылҕам миэнэ” уо.д.а. айымньылары ааҕан бүтэрбиттэрин, ол айымньылартан саҕалаан сахалыы айымньылары ааҕар буолбуттарын туhунан тоhоҕолоон бэлиэтээн этэн тураллар. Онтон мин учуутал киhи үөрүүм үгүс.

Хайа баҕарар учуутал ааҕыыны дьиэҕэ сорудах биэрэригэр араас ньымалары бэйэтин үлэтигэр утумнаахтык киллэрдэҕинэ, оҕону үөрэтиигэ-иитиигэ ситиһиилэнэрэ саарбахтаммат. Оҕо ааҕар дьоҕурун сайыннардаххына кини кэнники үчүгэйдик үөрэнэригэр,  киһи быһыытынан сайдарыгар улахан төһүү күүс буолар.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Саха литературатуратын уруоктарыгар А5а дойду сэриитигэр аналлаах айымньылары уерэтии

А5а дойду Улуу сэриитигэр аналлаах  айымньылар нецуе о5олорго а5а келуенэ5э дириц ытыктабылы, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууну иитиэххэ, айар дьо5урдарын ке5улуеххэ сеп....

Уус-уран айымньыны аа5ыыны дьиэ5э сорудах быhыытынан тэрийии.

Статья для учителей якутского языка и литературы.   ...

Воспитательное занятие Моя родина – Республика Саха (Якутия) Воспитательное занятие Моя родина – Республика Саха (Якутия)

1) формировать понятие о любви к родине как одной из главных нравственных ценностей;2) развивать мышление, коммуникативные качества личности;3) воспитывать патриотические чувства к родному краю....

Методический семинар “Саха тылын уонна литературатын үөрэтиигэ бөлөҕүнэн үлэ суолтата”

ldquo;Саха тылын уонна литературатын үөрэтиигэ бөлөҕүнэн үлэ суолтата&rdquo...

Уран дуута хэлэмни - Угайм далижаха һүлдэ (Мүнөө үеын буряад хэлэнэй болон уран зохеолой хэшээл)

Уран дуута хэлэмни -Угайм далижаха һүлдэ(Мүнөө үеын буряад хэлэнэй болон уран зохеолой хэшээл)...

Саха тылын уонна литературатын уруоктара. Учууталга көмө матырыйаал

Саха тылын уонна литературатын уруоктара 3,5,6,7 кылаастарга...