Амма Аччыгыйын ааҕабыт (Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа төрөөбүт күнүгэр анаммыт нэдиэлэҕэ аналлаах 5-7 кылаастарга ааҕыы уруоктарын тэрийии)
план-конспект урока (5 класс) на тему

Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатын сүгэр оскуола буоларбыт быһыытынан, суруйааччы төрөөбүт күнүгэр сөп түбэһиннэрэн 3 чиэппэргэ оскуола бүттүүнэ Амма Аччыгыйыгар аналлаах нэдиэлэни ыытар үтүө үгэстээхпит. Бу нэдиэлэҕэ саха тылын уонна литературатын, төрүт культуратын учууталларын методическай холбоһуга уопсай оскуола иитэр-үөрэтэр үлэтин сүрүннүүр.

Сылын ахсын салҕымтыата суох буоларын туһуттан, ыытыллар үлэни эрдэттэн былааннаан, үөрэнээччилэр интэриэстэрин тардар сыаллаах үлэ көрүҥнэрин уларытан, тэнитэн иһэр көдьүүстээх. Ол курдук, кылаас чаастарын, КТА, викториналары, радиоузелы үлэлэтиини, литературнай биэчэри, ааҕыы марафонун, кэпсээн, хоһоон айыытын, суруйааччы айымньыларынан инсценировка туруорууну, уруһуй, оҥоһук күрэстэрин, олоҕор уонна айар үлэтигэр аналлаах НПК, дьиэ кэргэн хаьыатын таһаарыыны, литературнай викторинаны уо.д.а.  тэрийэбит. Нэдиэлэҕэ биир күн бары ыытыллар предметтэр тиэмэлэрэ Амма Аччыгыйыгар сыһыара тутуллан үөрэтиллэллэр (погружение). Холобур, ахсаан уруоктарыгар суруйааччы айымньыларынан уонна олоҕор сыһыаннаах садааччалары толкуйдааһын, биология, география уруоктарыгар Амма Аччыгыйа төрөөбүт-үөскээбит сирин айылҕатын, отун-маһын чинчийээһин, физкультура уруоктарыгар Микиитэ түһүлгэтигэр сахалыы остуол оонньууларын киллэрии уо.д.а.

Быйылгы үөрэх дьылыгар   “Амма Аччыгыйын ааҕабыт” диэн суруйааччы айар үлэтин туһунан үөрэнээччилэр билиилэрин ситэрэр, дириҥэтэр, кэҥэтэр, чиҥэтэр сыалтан  оҕолорго аналлаах атын айымньыларын ааҕыы  уруоктарын тэрийдибит.

Бу уруоктар 5-7 кылаастарга «Саха суруйааччылара - оҕолорго» Амма Аччыгыйа диэн кинигэҕэ олоҕуран оҥоһулуннулар.

Ааҕыы уруоктарыгар аҥардас таска, доҕоонноохтук ааҕыынан муҥурдаммакка, ФГҮӨС ирдэбилинэн тус бэйэ, үөрэх сатабылын уонна түмүк ситиһиилэри сайыннарарга туһаайыллылан тэриллэллэрэ, ааҕыыга интэриэһи үөскэтэр:

-          Уус-уран айымньыны ураты дьоҕурдаах, талааннаах дьон айарын өйдөтүү

-          Бэйэтин төрөөбүт түөлбэтин суруйааччытын айымньыларын нөҥүө патриотическай өйү-санааны уһугуннарыы

-          Төрөөбүт дойдутун дьонунан-сэргэтинэн, айылҕатынан киэн туттар патриот киһини иитии

-          суруйааччы айымньыларын нөҥүө уус-уран нэһилиэстибэни, айар үлэни өйдүүр дьоҕуру сайыннарыы

-          Айымньылары ырытыы, тэҥнээһин, автор сыһыанын сөпкө өйдөөһүн

-          Айымньыны ааҕан, ырытан, бэйэ санаатын сатаан сааһылаан тириэрдиини ситиһии.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл pogruzhenie_amma_achchygyya.docx25.18 КБ

Предварительный просмотр:

Таатта улууһун Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Харбалаах орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата

Амма Аччыгыйын ааҕабыт

(Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа төрөөбүт күнүгэр анаммыт нэдиэлэҕэ аналлаах 5-7 кылаастарга ааҕыы уруоктарын  тэрийии)

Саха тылын уонна литературатын,

төрүт культура учууталлара:

Трофимова В.П.

Седалищева Е.И.

Егасова Е.С.

Харбалаах-2016

Быһаарыы сурук

Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатын сүгэр оскуола буоларбыт быһыытынан, суруйааччы төрөөбүт күнүгэр сөп түбэһиннэрэн 3 чиэппэргэ оскуола бүттүүнэ Амма Аччыгыйыгар аналлаах нэдиэлэни ыытар үтүө үгэстээхпит. Бу нэдиэлэҕэ саха тылын уонна литературатын, төрүт культуратын учууталларын методическай холбоһуга уопсай оскуола иитэр-үөрэтэр үлэтин сүрүннүүр.

Сылын ахсын салҕымтыата суох буоларын туһуттан, ыытыллар үлэни эрдэттэн былааннаан, үөрэнээччилэр интэриэстэрин тардар сыаллаах үлэ көрүҥнэрин уларытан, тэнитэн иһэр көдьүүстээх. Ол курдук, кылаас чаастарын, КТА, викториналары, радиоузелы үлэлэтиини, литературнай биэчэри, ааҕыы марафонун, кэпсээн, хоһоон айыытын, суруйааччы айымньыларынан инсценировка туруорууну, уруһуй, оҥоһук күрэстэрин, олоҕор уонна айар үлэтигэр аналлаах НПК, дьиэ кэргэн хаьыатын таһаарыыны, литературнай викторинаны уо.д.а.  тэрийэбит. Нэдиэлэҕэ биир күн бары ыытыллар предметтэр тиэмэлэрэ Амма Аччыгыйыгар сыһыара тутуллан үөрэтиллэллэр (погружение). Холобур, ахсаан уруоктарыгар суруйааччы айымньыларынан уонна олоҕор сыһыаннаах садааччалары толкуйдааһын, биология, география уруоктарыгар Амма Аччыгыйа төрөөбүт-үөскээбит сирин айылҕатын, отун-маһын чинчийээһин, физкультура уруоктарыгар Микиитэ түһүлгэтигэр сахалыы остуол оонньууларын киллэрии уо.д.а.

Быйылгы үөрэх дьылыгар   “Амма Аччыгыйын ааҕабыт” диэн суруйааччы айар үлэтин туһунан үөрэнээччилэр билиилэрин ситэрэр, дириҥэтэр, кэҥэтэр, чиҥэтэр сыалтан  оҕолорго аналлаах атын айымньыларын ааҕыы  уруоктарын тэрийдибит.

Бу уруоктар 5-7 кылаастарга «Саха суруйааччылара - оҕолорго» Амма Аччыгыйа диэн кинигэҕэ олоҕуран оҥоһулуннулар.

Ааҕыы уруоктарыгар аҥардас таска, доҕоонноохтук ааҕыынан муҥурдаммакка, ФГҮӨС ирдэбилинэн тус бэйэ, үөрэх сатабылын уонна түмүк ситиһиилэри сайыннарарга туһаайыллылан тэриллэллэрэ, ааҕыыга интэриэһи үөскэтэр:

  • Уус-уран айымньыны ураты дьоҕурдаах, талааннаах дьон айарын өйдөтүү
  • Бэйэтин төрөөбүт түөлбэтин суруйааччытын айымньыларын нөҥүө патриотическай өйү-санааны уһугуннарыы
  • Төрөөбүт дойдутун дьонунан-сэргэтинэн, айылҕатынан киэн туттар патриот киһини иитии
  • суруйааччы айымньыларын нөҥүө уус-уран нэһилиэстибэни, айар үлэни өйдүүр дьоҕуру сайыннарыы
  • Айымньылары ырытыы, тэҥнээһин, автор сыһыанын сөпкө өйдөөһүн
  • Айымньыны ааҕан, ырытан, бэйэ санаатын сатаан сааһылаан тириэрдиини ситиһии.

5 кылааска “Маҥнайгы учууталбар” хоһоону, 6 кылааска “Ийэ” хоһоону, 7 кылааска “Бигэ тыл” кэпсээни ааҕыы уруоктарын торумнара

Үөрэххэ-билиигэ уһуйааччы- учуутал

(Амма Аччыгыйын “Маҥнайгы учууталбар ” хоһоонунан)

 5 кылаас- Трофимова В.П

Туттуллар матырыйаал:   проектор, Амма Аччыгыйын портрета, А.Бурнашев видеоклибэ, «Саха суруйааччылара - оҕолорго» Амма Аччыгыйа кинигэ, презентация “Амма Аччыгыйын учууталлара”.

Уруок сыала: Саха норуодунай суруйааччыта, сээркээн сэһэнньитэ Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа “Маҥнайгы учууталбар” хоһоонун ааҕарга умсугутуу,   учуутал үрдүк аатыгар сүгүрүйүүнү иҥэрии, учуутал киһи олоҕор оруолун өйдөтүү.

Уруок соруга:

  • Хоһоону ааҕыы, ырытыы
  • Маҥнайгы учууталларын туһунан кэпсэтиһии
  • Хас биирдии киһи олоҕор учуутал сүҥкэн оруоллааҕынан, учууталга махтал, эҕэрдэ суругун суруйарга холонуу

Тэрээһин: үлэҕэ көҕүлээһин, интэриэһи тардыы.

  1. Уруок саҕаланыыта саха эстрадатын ырыаһыта Анатолий Бурнашев “Маҥнайгы учууталбар” видеоклибин көрдөрөн темаҕа тахсыы
  • Ким ыллыырый? Туох туһунан ыллаата? Бүгүҥҥү уруокпутугар туох туһунан кэпсэтиэхпитий ?

Түмүк: Бу ырыа тылларын биһиги биир дойдулаахпыт саха норуотун сээркээн сэһэнньитэ Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа суруйбута.

  1. - Алын сүһүөх кылаастарга эһигини ким үөрэппитэй? кини туһунан кэпсээҥ (оҕолор эппиэттэрин истии)
  • Оччоҕо учуутал киһи олоҕор оруола тугуй? (уруок сыалыгар тахсыы)
  1. Аны билигин улуу суруйааччы учууталын туһунан туох диэн суруйбутун ааҕыаххайыҥ (хоһоону ааҕыы)
  2. Хоһоону ырытар кэмҥэ куплеттарынан дорҕоонноохтук аахтарыы,айымньыттан наадалаах тыллары булларыы, тылы кытта үлэни тылдьыт көмөтүнэн тэрийии о.д.а киириэн сөп 

- Банаардаах сырдыкка диэни хайдах өйдүүгүт? банаара суох хайдах буоларый? (ол аата билии-үөрэх сырдык тэҥэ эбит- нуучча өһүн хоһооно: ученье- свет, неученье-тьма, сахалыы: үөрэх баар- бараммат баай)

- “далаһа кэбиһэн таһырдьа таһааркар, айхаллаан кырдьык айанын суолугар атаарбыккар” диэн тылларынан тугу эппитэ буолуой?

- Автор тоҕо “эрэйи чэпчэтэр эҕэрдэ ыытабын” диэбитий?

Түмүк: учуутал идэтэ ыарахан идэ, ол эрээри учуутал үгүс үөрэппит оҕолоруттан истиҥ тыллаах махталы, эҕэрдэни тутара – бу дьол, үрдүк наҕараада

  1. Онтон эһиги бу ырыа тылларын Амма Аччыгыйа кимиэхэ анаабытын билиэххитин баҕараҕыт дуо?
  2. Презентацияны көрүү
  • Амма Аччыгыйын учууталлара кимнээх эбиттэрий?
  • Бу хоһоонун кимиэхэ анаабытый?
  1. Сорудах: Маҥнайгы учууталларыгар эҕэрдэ, махтал тылларын суруйарга холонуу

Дуоскаҕа туттуллар тыллар: сыралаах үлэ, учуутал туйгуна, айаммыт аартыгар арыаллыыр, үтүө сүбэһит, А-тан Я-ҕа диэри биллэрбит, иҥэрбит билииҥ, ийэ тэҥэ киһи...

  1. Оҕолор үлэлэрин истии
  2. Бэйэни сыаналаныы:
  • хайдах үлэлээтибит дии сананныгыт, хайа бөлөх ордук табатык үлэлээтэ?
  • Туруоруммут сыалгытын ситистибит дии саныыгыт дуо?
  • Уруок эһиэхэ туох санааны үөскэттэ?
  • Туох табыллыбата? Тоҕо?
  • Тугу ордук сөбүлээтигит? Тоҕо?

Түмүк: Н.Е.Мординов- Амма Аччыгыйа үөрэхтээх, киэҥ билиилээх-көрүүлээх, биллэр-көстөр суруйааччы буола үүммүтүгэр кэрэҕэ-сырдыкка уһуйбут учууталлара сүҥкэн оруоллаахтар эбит.

Дьиэҕэ үлэ: Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа «Маҥнайгы учууталбар» хоһоонун матыыбын төрөппүттэртэн үөрэтэн билэн кэлии.

Уруогу түмүктээһин. Оҕолорго махтаныы.

Приложение       презентация “Амма Аччыгыйын учууталлара”

Слайд 1

Амма Аччыгыйа учууталлары олус убаастыыра

Слайд 2

Николаев (Большев) Павел Афанасьевич

Слайд 3

Афанасьев Петр Васильевич

Слайд 4

Афанасьев Василий Демьянович

Слайд 5

Кулаковскай Алексей Елисеевич – Өксөкүлээъ Өлөксөй

Чиэһинэй тыл... Амма Аччыгыйа «Бигэ тыл» кэпсээнинэн

(7 кылаас)

Седалищева Евдокия Ивановна,

Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан

Харбалаах орто оскуолата, Таатта улууһа.

Уруок сыала: Саха норуодунай суруйааччыта, сээркээн сэһэнньитэ Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа “Бигэ тыл” кэпсээнин  аахтаран, сүрүн герой уобараһын айан таһаарарга холонуу, айымньыга умсугутуу.

Уруок соруга:

  • үөрэнээччилэр бөлөҕүнэн үлэлииллэригэр усулуобуйаны тэрийии
  • айымньыны ааҕан чиэһинэй киһи мадыалын оҥоруу
  • айымньынан аныгы кэм оҕолорун үтүөҕэ, кэрэҕэ, дьоһун киһи буоларга уһуйуу
  • айымньы сүрүн проблематыгар тирэҕирэн, олоххо көрсөр ыарахаттары уйарга, туоруурга уһуйуу.

Уруок хаамыыта

Тэрээһин: үлэҕэ көҕүлээһин, интэриэһи тардыы.

Проблеманы туруоруу. Учуутал дуоскаҕа уол оҕо уруһуйун сыһыарар:

  • Уол оҕо уруһуйун тоҕо көрдөрбүт буолуохпун сөбүй?
  • Уол оҕо туох үтүө хаачыстыбылардаах буолуохтааҕый?
  • Бигэ тыл диэн этии туох санааны этэрий?
  • Чиэһинэй киһи диэн кими ааттыыбытый, киһи барыта чиэһинэй тыллаах дуо?
  • Туох түмүгү оҥоруохха сөбүй?

Учуутал оҕолор этиилэрин уол оҕо уруһуйун тулатына суруйан иһэр.

Тиэмэҕэ киирии: үөрэтэр уруок тиэмэтин, сыалын таһаарыы.

Дуоскаҕа оҕолор этиилэринэн уол оҕо мадыала оҥоһуллан турар.

  • Мадыалы көрдөхпүтүнэ, уруок тиэмэтэ туох туһунан буолуон сөбүй?
  • Чиэһинэй тыл диэн этиини өссө атыннык хайдах этиэххэ сөбүй? (кырдьыксыт, бигэ тыл, андаҕар, мэктиэ тыл, халбаҥнаабат тыл, экчи тыл, эр киһи биир тыллаах, үтүө ат биир кымньыылаах...)

Проблематтан сыалы таһаарыы. Киһи барыта үтүө майгылаах, чиэһинэй, бигэ тыллаах буолуохтаах. Оттон бигэ тыл киһи олоҕор туох суолталаах буолуоҕай?

Бүгүҥҥү үлэбит сыала: Саха норуодунай суруйааччыта, сээркээн сэһэнньитэ, биир дойдулаахпыт Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа “Бигэ тыл” кэпсээнин  ааҕан, сүрүн герой уобараһын айан таһаарарга холонуохтаахпыт. Айымньы сүрүн проблематыгар тирэҕирэн, олоххо көрсөр ыарахаттары уйарга, туоруурга дьулуһуохтаахпыт.

«Бигэ тыл» кэпсээни ааҕыы. Учуутал кэпсээҥҥэ автор оруолун ааҕар, икки бөлөхтөн биирдии уол оҕону ылан оруолларынан ааҕаллар.

  • Айымньыга ханнык кэм ойууланарын билиэххэ сөп дуо?
  • Сүрүн геройдарбыт хайдах майгылаах дьон эбиттэрий?
  • Ленин туһунан тугу билэҕитий?

Бөлөҕүнэн үлэ: кэпсээни бүтүннүү аахтыбыт, салгыы икки бөлөҕүнэн үлэлиэхпит: 1 бөлөх – прокурордар (буруйдааччы), 2 группа – адвокаттар (көмүскээччи), учуутал судьуйа. Сорудахтары болҕойон толороҕут, үлэҕит сыалын – соругун туруоруҥ, үлэни сөбүлэүэн баран, үллэстэн оҥоруоххутун, онтон түмүөххүтүн сөп; үлэҕитин кэпсиир, көмүскүүр оҕолору талаҕыт. Үчүгэй түмүктэ оҥоруҥ.

1 бөлөх – прокурордар (буруйдааччылар)

Сорудах: Петя хайдах майгылаах оҕонуй? Куһаҕан майгылаах, кэмэлдьилээх оҕо буоларын дакаастаа. Петя Коляны тоҕо хомотто? Петя Ленинныы чиэһинэй тылын Коляҕа биэрэн баран, тоҕо кычыгылатаары тарбахтарын саратта? Билиҥҥи кэмҥэ Петя курдук куһаҕан кэмэлдьилээх оҕолор бааллар дуо, дакаастаа.

 2 бөлөх – адвокаттар (көмүскээччилэр)

Сорудах: Коля өһөс майгылааҕын туһунан кэпсээ. Петя оҕо тэҥиҥэн мэниктээбит буолуон сөп дуо? Петя политическай өйдөөх-санаалаах, чиэһинэй оҕо буоларын дакаастаа. Коляны наивнай оҕо диэҥҥэ аргуменнарда аҕал. Билиҥҥи кэмҥэ Коля курдук майгылаах оҕолор бааллар дуо, дакаастаа.

Учуутал оҕолор үлэлэрин салайан, хонтуруоллаан биэрэр.

Бэйэни сыаналаныы:

  • хайдах үлэлээтибит дии сананныгыт, хайа бөлөх ордук табатык үлэлээтэ?
  • Туруоруммут сыалгытын ситистибит дии саныыгыт дуо?
  • Уруок эһиэхэ туох санааны үөскэттэ?
  • Туох табыллыбата? Тоҕо?
  • Тугу ордук сөбүлээтигит? Тоҕо?

Учуутал – судьуйа түмүгэ: Айымньыны ааҕан, бөлөҕүнэн үлэлээн, мөккүһэн чиэһинэй киһи мадыалын оҥордубут. Айымньы эһиги кэм оҕолорун үтүөҕэ, кэрэҕэ, дьоһун киһи буоларга уһуйарын биллибит, сыаналаатыбыт. Кэпсээн сүрүн проблематыгар тирэҕирэн, олоххо көрсөр ыарахаттары уйарга, туоруурга дьаныардаах, күүстээх санаалаах, чиэһинэй, бигэ тыллаах киһи буоларга дьулуһуохтаахпыт.

Дьиэҕэ үлэ: Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа «Бигэ тыл» кэпсээнигэр олоҕуран чиэһинэй тыл диэҥҥэ санаа ситимин суруйан кэлии.

Уруогу түмүктээһин. Оҕолорго махтаныы.

Ийэҕэ сүгүрүйүү

                           (6 кылаас)

                                                                        Егасова Екатерина Семеновна,

        Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан

Харбалаах орто оскуолата, Таатта улууһа.

   Уруок сыала: 

    1. Мординовтар олохторун холобурдарыгар дьиэ кэргэҥҥэ үтүө                                    сыһыаны иҥэрии,ийэ5э тапталы иитии.

             соруга:Бөлөҕүнэн үлэлиир,айар,саҥарар дьоҕуру сайыннарыы.

 Туһаныллар матырыйаал:

  1. Презентация көрдөрүү
  2. «Ытык мааны Амма Аччыгыйа» ахтыылар кинигэ
  3.  Ийэ туьунан ырыа

                                         Уруок хаамыыта

Тэрээһин чааһа

     Үтүө күнүнэн, күндү оҕолор

Проблема туруоруу: Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа ийэтэ Сөдүөччүйэ    обраһынан сирэйдээн саха дьахтарын ойуулааһын.

                         

                           Күн сирин кердерен

           Көмүскээн харыһыйан ииппит,

           Күүһүрдэн- улаатыннаран

                           Көччөх гынан көтүппүт,

           Келеьуннээх дьуьуннээх,

           Кукур-икир тацастаах

           Кемус кунду кукуллэхпин-

           Кун ийэм эмээхсин эрэйдээ5и

           Ыраатан- тэлэьийэн сылдьаммын

           Эмиэ ейдеен тиийэн кэллим,

           Ейдеет,уеьэ тыынан ыллым...

                 

                     (Слайд Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа ийэтин хаартыската)

Суруйааччы “Ийэ”диэн бастакы айымньытын  1925 с. педтехникумҥа үөрэнэ сылдьан саамай ахтар,саныыр күндү киьитигэр ийэтигэр суруйбута.

      Бөлөҕүнэн үлэ: хоһоону аахтыбыт,салгыы үс бөлөҕүнэн үлэлиибит.Сорудахтары бөлөҕүнэн оҥорон баран көмүскүүр оҕолору талаҕыт.

1 бөлөх – Ийэ майгыта-сигилитэ

       Сорудах:Суруйааччы ийэтин майгыта-сигилитэ эһиги санааҕытыгар?

2 бөлөх –  Ийэ  үөрэҕэ

       Сорудах: Ийэ о5олорун туох үчүгэй хаачыстыбаларга үөрэппитэ   буолуой?    

3 бөлөх-     Ийэ обраһын хоһуйуу

        Сорудах:Ийэ обраһын хоһуйуу

        (Үлэ кэмигэр ийэ туьунан ырыа иһитиннэрии)

    оҕолор үлэлэрин салайан  биэрии.

 Бэйэни сыаналаныы:

  • Уруок эһиэхэ туох санааны үөскэттэ?
  •  хайа бөлөх ордук табатык үлэлээтэ?

                            Тымныыттан күрэтэн,

        Тырыттыбыт

        Ырбаахынан үллүйэрэ.

        Итииттэн саһыаран,

        Илбирийбит былаатынан бүрүйэрэ.

        Этэр тылын миннньигэһэ,

        Итии тыынын эйэҕэһэ

                           Эккирэтэ сылдьан баар,-

                           Экчи умнуо суохпун!...        

                           Ийэбин күн күбэй ийэбин,

                           Эмиэ өйдүүн тиийэн кэллим,

                           Өйдөөт, өрүкүйэ аҕынным...

        

                           Утуйан нухарыйан сыттахпына

         Оргууй,оргууй хаамара,

         Сылаас сылаас баҕайытык

         Сыллаан,уураан ааһара.

           (оҕолорго аахтарыы)

Түмүк: Ийэ!Хайдахтаах кэрэтик,нарыннык иьиллэр тылый?Ийэ баар буолан бу сиргэ тыыннаах барыта чэчирии сайдар,сирийэ уунэр.

«Ийэҕэ сүгүрүйүү” толкуй санаалары истэн түмүккэ кэлии. 


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Саха литературатуратын уруоктарыгар А5а дойду сэриитигэр аналлаах айымньылары уерэтии

А5а дойду Улуу сэриитигэр аналлаах  айымньылар нецуе о5олорго а5а келуенэ5э дириц ытыктабылы, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууну иитиэххэ, айар дьо5урдарын ке5улуеххэ сеп....

Ийэ кунугэр аналлаах кылаас чааhа

Ийэ кунугэр аналлаах кылаас чааhа...

5,7,8,10 кылаастарга олимпиада сорудахтара

Саха тылыгар олимпиада сорудахтара...

Күннүк Уурастыырап 110 сааһыгар аналлаах дьүһүйүү

ldquo;Күөх сааһы хайҕааммын, күн аннын таптааммын”(Саха народнай суруйааччыта Владимир Михайлович Новиков – Күннүк Уурастыырап 110 сааһынан)“Киэн туттабын ытык дьоммунан&rdquo...

Сценарий: Хоту кеьеруллуугэ сылдьыбыттарга аналлаах кутур5ан - кылаас чааьа.

Сценарий: Хоту кеьеруллуугэ сылдьыбыттарга аналлаах кутур5ан -  кылаас чааьа....

геройдар күннэригэр аналлаах мероприятие

геройдар күннэригэр аналлаах библиотечнай урок отчуота...

Саха тылын кунугэр аналлаах викторина

Саха тылын кунугэр аналлаах викторина...