Мин сахалыы тыыннаах оскуолам
творческая работа учащихся (8 класс) на тему
Барыл автора: Кутукова Вера
Барыл төрүтэ:
-Оскуолам ис-тас көстүүтэ, суруга-бичигэ үгүс өттө нууччалыы ааттаах;
-оскуола оҕото бары үөрэх тээбиринин, малын-салын нууччалыы ааттыыллар;
-Сорох истиэндэ сахалыы ааттанар эбит;
-үөрэнэр оскуолам сахалыы тыына көстүбэт.
Барыл идеята: Оскуолам сахалыы тыыннаах буолуон баҕарабын
Барыл сыала: оскуола тиэргэниттэн саҕалаан суругун-бичигин сахалыы тыыннаах оҥоруу.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
min_sahalyy_tyynnaah_oskuolam.proekt_vera_kutukova.doc | 51.5 КБ |
Предварительный просмотр:
Барыл автора: Кутукова Вера
Барыл төрүтэ:
-Оскуолам ис-тас көстүүтэ, суруга-бичигэ үгүс өттө нууччалыы ааттаах;
-оскуола оҕото бары үөрэх тээбиринин, малын-салын нууччалыы ааттыыллар;
-Сорох истиэндэ сахалыы ааттанар эбит;
-үөрэнэр оскуолам сахалыы тыына көстүбэт.
Барыл идеята: Оскуолам сахалыы тыыннаах буолуон баҕарабын
Барыл сыала: оскуола тиэргэниттэн саҕалаан суругун-бичигин сахалыы тыыннаах оҥоруу.
Барыл чинчиллэр өрүтэ: Оскуола стендэлэрин, кабинеттарын, малын-салын ааттарын чинчийии
Соруктара:
- оскуола иһигэр баар стендэлэри сахалыы ааттааһын;
-үөрэххэ туттуллар тэриллэри сахалыы тылбаастаан көрүү;
-кабинет аатын сахалыы тылбаастырга холонуу.
Барыл методиката:
-оскуола стендэлэрин кэрийэн көрүү;
-тэтэрээккэ стендэ ааттарын сурунуу;
-мантан хаһа сахалыы ааттааҕын наардааһын;
-тылбаастыырбар анаан тылдьыттары ааҕыы, көрүү;
-ыарыҕатар тылбын чугас дьоммуттан ыйыталаһан сахалыы тылбаастатыы, саҥа тылы үөскэтии.
Барыл ыытыллар кэмэ:
1 этап: бэлэмнэнии. 2016 сыл тохсунньу, олунньу ый:
2 этап: проект былаанынан үлэни саҕалааһын. 2016 сыл кулун тутар-муус устар ый:
3 этап:түмүктүүр. 2016 сыл ыам ыйа
Үлэ хаамыыта:
Тохсунньу-олунньу ый:
-Эбиэттэн киэһээҥҥи «Айар аартык » литературнай дьарыкпар учууталым этиитинэн «Сахалыы тыыннаах оскуолам» диэн проекпын саҕалааһын.
-Оскуолам ис бараанын чинчийэн көрүү
-Стендэлэр ааттарын сурунуу, төһөтө сахалыы ааттааҕын наардааһын
Кулун тутар-муус устар:
-Оскуола нууччалыы ааттаах стендэлэрин сахалыы ааттааһын;
-тылдьытынан үлэ;
-Спортивнай зал, остолубуой, копьютернай кылаас, технология уонна атын кабинеттар тээбириннэрин нууччалыы ааттарын сахалыы тылбаастыырга холонуу
-Оскуола оҕотун таҥнар таҥаһын, туттар малын-салын сахалыы тылбаастааһын.
Ыам ыйа:
-Суруйбут, хомуйбут үлэбин түмүү
-Үлэбинэн проекка кыттыы
Барыл күүтүллэр түмүгэ:
- күннээҕи саҥарар саҥаҕа оскуолаҕа үөрэнээччи туттар малын-салын, тээбиринин сахалыы саҥарары көҕүлээһин;
-оскуола иһигэр баар стендэлэри, кабинеттар ааттарын сахалыы ааттыырга идея, санаа үөскэтии.
Туһаныллар литература
- Афанасьев П.С. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. Бичик.Дьоеуускай., 1994 с.
- Данилов В.Н. Русско-якутский тематический словарь. Якутск.,1988
- Данилов В.Н. Русско-якутский систематизированный словарь. Якутск.,1980
- Петрова Т.И. Краткий якутско-русский словарь. Бичик. Дьокуускай., 2006 с.
- Петрова Т.И. Ыраастык сахалыы саҥарыах. Дьокуускай., 1996 с
Сыһыарыы
Спортзал:
Спортзал – дьарыктанар сир
Волейбол – көтөр мээчик
Баскетбол – тэйэр мээчик
Круг – эргиир
Ленточка – субуйа
Теннис остуола – мээчик тэйитэр
Беговая дорожка – сүүрэр ыллык
Сотор мазь – хайыһар халтарытар
Футбольный мяч – атах мээчигэ
Столовая:
Столовая – эбиэттиир хос, аһыыр хос
Посуда – иһит- хомуос
Духовка – ас буһарар оһох
Электрическая плита –ас буһарар тэрил
Котёл – ас буһарар улахан иһит
Морозильник – ас хаһаанар тымныычай
Мясорубка – эт эрийэр
Сушилка – иһит куурдар
Титан – бэлэм уу оргутар
Умывальник – илии суунар
Остуол – сандалы
Оскуола үлэһиттэрэ:
Учуутал –үөрэтээччи
Социальный педагог – дьону кытта үлэлээччи
Психолог – уйулҕа үлэһитэ
Завуч – үөрэҕи дьаһайааччы
Директор – кыһа баһылыга
Организатор – тэрийээччи
Үөрэнээччи кэтэр таҥаһа:
Футболка – эрчиллиигэ кэтэр таҥас
Кроссовка – дьарык атаҕын таҥаһа
Наскы – атахха кэтэр тэрэпиискэ
Шорты – дьарыкка кэтэр кылгас ыстаан
Школьная форма – үөрэнээччи кэтэр таҥаһа
Технология:
Альбом – уруһуйдуур тэтэрээт
Кисточка – уруһунньук
Глина – туой
Гуашь – уруһуйдуур кырааска
Картон – халыҥ кумааҕы
Клей – сыһыарынньаҥ
Швейная машина – иистэнэр тэрил
Нитка – сап
Наперсток – сүүтүк
Ткань – иис таҥас
Иголка – иннэ
Утюг – көннөрөр тэрил
Сантиметровка – кээмэйдиир тэрил
Ножницы – кыптыый
Оскуола:
Оскуола – айыы кыһата
Муоста – үктээн
Окно – түннүк
Дверь – аан, халҕан
Добро пожаловать – Нөрүөн нөргүй
Звонок – чуораан
Перемена- быыһык
Коридор – тас субурга
Стеллаж – мал- сал уурар
Расписание – үөрэнии ыйынньыга
Диван – сымнаҕас олбохтоох сынньанар орон
Ыскаап – таҥас угар
Үөрэнээччи тэрилэ:
Парта – үөрэнэр остуол
Доска – суруйар истиэнэ
Кинигэ – ааҕымньы
Дневник – күннүк
Уруучука – суруйар бөрүө
Тэтэрээт – сурумньу
Ластик – сотор
Биэдэрэ-ыаҕас, солуур
Рюкзак – көхсүгэ кэтэр
Мел – суруйар маҥан
Стендэлэр:
Стендэ – эркин
Бөҕө Тоҥус стендэ – Бөҕө Тоҥус эркинэ
Глава Амгинского улууса – Амма улууһун баһылыга
Глава Республики Саха (Якутия) –Ил Дархан
Президент Российской Федерации – Арассыыйа баһылыга
Уголок пожарной безопасности – баһаартан сэрэхтээх буолуу муннуга
Никто не забыт ничто не забыто – Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат
Педагогическая династия Фоминых – Үөрэхтээх Фоминнар утумнара
Подготовка к ЕГЭ ГИА – Тургутукка бэлэмнэнии
Расписание уроков и консультаций - Үөрэнии ыйынньыга уонна эбии дьарык
Расписание кружков и секций-эбии дьарык ыйынньыга
Приказы и объявления- уураах, биллэрии
Поздравления , новости-сонуннар, эҕэрдэлэр
Кабинеттар:
Кабинет – үөрэнэр хос
Кабинет химии и биологии – химия уонна биология хоһо
Кабинет начального класса – алын кылаас хоһо
Кабинет якутского языка и литературы – саха тылын хоһо
Директор – кыһа баһылыгын хоһо
Кабинет иностранного языка – омук тылын хоһо
Кабинет русского языка и литературы – нуучча тылын хоһо
Кабинет математики – ахсаан-суот хоһо
Кабинет физики – физика хоһо
Кабинет информатики – информатика хоһо
Мастерской- уһанар хос
Информатика хоһо:
Факс – ыраахха суругу ыытар
Принтер – тэрилтэ тэрилэ
Компьютер – өйдөөх массыына
Клавиатура – сурук- бичик сытар олоҕо
Электричество – эһээ Ленин уота
Интернет – көстүбэт сибээс ситимэ
Мышка – сурук -бичик кутуйахчаана
Сахалыы ааттаах стендэлэр:
Сырдык үрүччэ
Эргимтэ
Үрдэлтэн үрдэлгэ
Тыыннаахтар умнубат сыллара
Тускар туһан
И.И.Константинов –Дэлэгээт Уйбаан аатынан Сулҕаччы орто үөрэхтээһин оскуолата
Проектары көрүү күрэҕэ
Мин сахалыы тыыннаах оскуолам
Толордо: Сулҕаччы орто
үөрэхтээһин оскуолатын
7 кылааһын үөрэнээччитэ
Кутукова Вера
Салайааччы: Данилова В.В.
Сулҕаччы 2016
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Дьиэ кэргэн уонна оскуола – о5ону иитиигэ
Бу улэлэр барыта о5ону иитиигэ суолтата улахана саарба5а суох. О5о иннигэр тереппуттэр, кырдьа5астар эппиэтинэстэрэ урдуур. Бу ытык иэс, утумнааьын, удьуордааьын, туйах хатарааччыны иитии. Оччо5уна эр...
Национальнай оскуола проблемата билинни уорэхтээЬиннэ тэннээн.
Национальнай оскуола проблемата билинни уорэхтээЬиннэ тэннээн.ааптар Ефимова Е.Д. саха тылын уонна литературатын учуутала....
Урок якутского языка "Сахалыы уут астара. Якутская молочная пища"
Цель: Создать условия для восприятия и ознакомления с особенностями якутской пищи на якутском языке....
Оскуолађа өйтөн суруйууну тэрийии методиката.
Саха оскуолатын орто үөрэђин бүтэрэр үөрэнээччи түмүк экзаменыгар саха тылыгар, литературатыгар билиитин хонтуруоллуур суругунан үлэнэн өйтөн суруйуу буолар. Бэрилилбит темаҕа үөрэнээччи бэйэтин...
Сахалыы садаачалар хомуурунньуктара
Садаачалар 5 кылаас программатыгар сөп түбэһэллэр....
Эрилик Эристиин “Буура Дохсун” олоҥхотун оскуолаҕа үөрэтии
Семен Степанович Яковлев – Эрилик Эристиин - саха литературатын талааннаах прозаига. Эрилик Эристиини классик суруйааччы быһыытынан эрэ буолбакка, олоҥхоһут- суруйааччы быһыытынан үөрэтии олус н...