П.А. Ойуунускай айымньылара билинни кэмнэ суолталара
статья по теме
Плато́н Ойу́нский (Плато́н Алексеевич Слепцо́в; 30 октября 1893, Ойун-Усовский наслег, Таттинский улус, Якутская область — 31 октября 1939, Якутск) — якутский советский писатель, учёный-филолог и общественный деятель, основоположник якутской советской литературы. В статье рассуждается об актуальности произведений П.А. Ойунского в наше время.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
Произведения Ойунского | 43.06 КБ |
Предварительный просмотр:
П. Ойуунускай кэпсээннэрэ билиҥҥи кэмҥэ суолталара
Киириитэ
Платон Ойуунускай- саха норуотун чулуу уола
Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүт норуотун туһугар олоҕун толук уурбут норуот чулуу уола. Кини поэт, прозаик, драматург, чинчийээччи, ученай, революционер общественнай деятель. Чаҕылыс гынаат умуллубут кылгас олоҕор Платон Алексеевич олус элбэҕи үлэлээбитэ, айан- суруйан хаалларбыта, сахатын норуотугар сырдык суолу ыйан барбыта.
Ойуунускай Таата улууһугар үһүс Дьохсоҕон нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Төрөппуттэрэ төһө да үөрэҕэ суох, элбэх оҕолоох, кыһалҕалаахтык олорбуттарын иһин, киһилии үтүө сиэрдэрин сүтэрбэтэхтэрэ. Оҕолорун төһө кыалларынан үөрэхтии, билиигэ уһуйа, үтүөҕэ үөрэтэ сатаабыттар. Былатыан кыра эрдэҕиттэн ийэтин биир дойдулаахтарыттан аатырбыт олоҥхоһуттартан үгүс олоҥхону истибитэ, тыл алыбыгар уһуйуллубута[1].
Үөрэххэ дьоҕурдаах буолан туйгуннук үөрэммитэ. Түмэр, салайар дьоҕурдааҕа. Николай Неустроевтыын училищеҕа үөрэнэ сылдьан илиинэн суруллар сурунаал тэрийбиттэрэ, айар талааннаах оҕолору түмэннэр куруһуок үлэлэппиттэрэ.
Бастакы саха советскай айымньытын “Көҥүл ырыата” хоһоону суруйан саха советскай литературатын алгыстаах аартыгын арыйбыта.
Ойуунускай олорон ааспыт кэмэ элбэх эриирдээх, үгүс үтүрүһүүлээх, олох уларыйар утарсыылаах кэмэ этэ. 30- сылларга репрессия үгэннээн турара, буруйа суох дьон сымыйа балыырга түбэһэн үтүө ааттара хараарара, суорума суолланаллара. «Кырдьыгы эппит кырыыһа» буолар кытаанах кэмнэрэ этилэр. “Ойуунускай айымньылара ханнык баҕарар кэмҥэ иитэр, сэрэтэр, өйдөтөр суолталарын сүтэрбэттэр” диэн суруйар литературовед В.Н. Протодьяконов.[2] Итинник айымньылартан үүнэр көлүөнэ история кэрдиис кэмнэрин, олох чахчытын билиэхтээх, сиэр- майгы өттүнэн иитиллэригэр түмүк оҥостуохтаах.
Сүрүн чааһа
Ойуунускай кэпсээннэрин билиҥҥи кэмҥэ суолталара.
- «Улуу Кудаҥса” кэпсээн туһунан.
Мин Ойуунускай “Улуу Куданса” , “Алексаандыр Македуонускай”, “Өйдөөх оҕо” диэн айымньыларын ааҕан баран, кырдык да бу айымньылары билиҥҥи олоххо сыһыары тутан көрдөххө, үөрэтэр, сэрэтэр ис хоһоонноро сүдү эбит диэн санааҕа кэллим.
Улуу Кудаҥса айымньы 1929 сыллаахха суруллубут.Улуу Кулаҥса а5а ууһун баһылыга, модун санаалаах, дохсун майгылаах киһи. Кини үс улахан аньыыны оҥорор. Бастаан айымньы саҕаланыытыгар Улуу Кудаҥса аҕатын ууһа аҥардастыы аатыран, байан- тайан, кинилэр диэтэх дьоҥҥо ким да тэҥнэспэккэ үчүгэйдик олорбуттар. Кэпсээн бүтүүтүгэр уостан умуллан, аҕа ууһа ыһыллан, Улуу Кудаҥса соҕотох хаалан, үөн-көйүүр аһылыга буолан хаалар.Кини улахан хаһан да сууйуллубат алҕаһа айылҕаны утары барбыта буолар. Айылҕа киһи иннигэр хаһан да сөһүргэстиэ суоҕа. Оннук саныыр, уолҕамдьытык быһыыланар сэттээҕэ, киһи эрэйдээх санаата олус модунун да иһин, кыаҕа бэрт кырата көрдөрүллүбүт.
Былыргы бөлөһүөктэр көрүүлэниилэрин билиҥҥи ыччат саҥа истибит курдук соһуйар - өмүрэр. “Бэстилиэнэй тыһыынча буолар үһү, сир эстэр үһү” диэн күүркэтэн сэһэргиир эрээри, дьаархаммыта көстүбэт. Оонньуу –көр курдук ылынар. Ити өбүгэлэрбит ыччаттарыгар хаалларбыт илдьиттэрэ быһылаах. Сиргитин харыстаабатаххытына, айылҕаҕытын алдьаттаххытына, эстэр бүтэһик тыыһынчаҕа тиийэҕит диэн.
Киһи Улуу Кудаҥса санаатын күүһүн, дьоно- сэргэтэ кинини таҥара курдук саныырын төһө да сөхтөр-махтайдар айылҕа сокуонун, сир –халлаан уларыйбат ыйааҕын кэспитин аньыынан ааҕар. Аан дойду айыллыаҕыттан күлүмүрдүү турбут Чолбон сулуһу кэрдэн Кудаҥса аньыы хара суолугар үктэммитэ. Ону дьоммун -сэргэбин тоҥон өлөртөн быыһаабытым сэмэлэммэт ини диэн буруйга ааҕыммата. Айыы киһитэ хаһан да санамматах суолугар уоллаах кыыһын умса аста. Абааһылары кытта уруурҕаһан аньыытын өссө дириҥэттэ. Кырдьан, кыаммат да буолан баран норуотун саныы сытаахтаата. Өлөр хаалар күннэригэр өрүһүйээрэй диэн Кыдай Бахсы уустартан илбис кылыһын таһаартарда. Бу кылыс сир үрдүгэр иирээн сиэмэтэ буолан силис тардан өһү-сааһы, иирсээни үүннэрэ турар.
Бу айымньыга икки суолга тохтуохха сөп. Бастакытынан, төһө да буолтун иһин, Улуу Куданса дьоно- сэргэтэ кыһалҕата суох, эрэйи билбэккэ олороллорун туһугар туруулаһар патриотическай өй-санаа холобура диэн. Иккиһинэн, айылҕаны утары барыы олорор мутугу кэрдинии буолар.
- “Өйдөөх оҕо” кэпсээҥҥэ аҕа үөрэҕэ
Бэрт тэттик эрээри, дириҥ ис хоьоонноох кэпсээн “Өйдөөх оҕо” диэн. Бу кэпсээҥҥэ аҕата оҕотун бэрт мындырдык оҥорбут буруйун иһин накаастыыра, сөптөөх үөрэҕи биэрэрэ кэпсэнэр. Оҕотун тирии имитэригэр көмөлөһуннэрээри гыммыта уола наадабар таҕыстым диэн баран, куотан хаалбыт, киэһэ үлэ бүппүтүн кэннэ биирдэ кэлбит. Аҕата кыыһыра -тымта тоһуйбата, тута сөрөөн үлтү кулаан таһыйан барбата. Оҕото хойут кэлбитигэр үөрбүт курдук эйэҕэстик саҥарда:
- Оҕом өйдөөх оҕо билэр ээ- үлэ бүппүтүн кэннэ кэлэр. Тукаам, оҕом өйдөөх оҕо буоллаҕыҥ дии- бүгүн мин икки илиим тугу гыммыттара буолуой?
- Тирии имиппитэрэ буолуо.
- Ии, оокком итини билбэт буолуо дуо? Чэ кэл сискин имитэ түһүүм- диэн баран таһыйан сабырҕаппыт.[3]
Кыыһырбыта, кыынньыбыта көстүбэккэ:
-Ити тоҕо таһыйбытым буолуой- диэн ыйыппыт. Оҕото тоҕо таһыллыбытын эппитигэр:
-Уу, оҕом өйдөөх оҕо үөрэхпин өйдөөбут ээ, - диэн оҕотун хайҕаабыт.
Дьэ аҕа манна оҕотугар туох үөрэҕи биэрдэ? Мөҕөн- этэн, ыһытаан- хаһытаан оҕотун куттаабата, кэлэппэтэ.Оҕотун дэлби хайҕаата, тукаам диэн эйэҕэстик ыҥырда. Оҕо накаастанна, этэ ыалдьан ытаан бахсырыйда. Ол эрээри, тоҕо таһыллыбытын бэйэтэ быһааран биэрдэ, үлэттэн куотар куһаҕанын өйдөөтө. Аҕа сөптөөх үөрэҕи биэрбит дии санаатым.
- Алексааныр Македуонускай кырдьыга - кини кырыыһа
Биир олус дирин ис хоһоонноох кэпсээн «Алексаандыр Македуонускай» 1935 сыллаахха суруллубута. Бу өй, тыл, кырдьык, күүс, эйэ, сэрии тустарынан дириҥ философскай санаалар сааһыламмыт дьикти айымньы.
Бу быдан былыр үөскээн-төрөөн албан аатырбыт, «хааннаах болотунан дьоллонон» бар дьон кырыыһыгар барбыт улуу ыраахтааҕы туһунан номох биһиги бүгүҥҥү олохпутугар иитэр –үөрэтэр суолтата сүүнэ эбит.
Александр Македонскай олус эдэригэр ыраахтааҕы буолбута. «Дьүһүннээх үчүгэйэ, өйдөөх үтүөтэ»[4] эбит. Хаанынан уһуннаран, күлүнэн көмөн үгүс судаарыстыбалары баһылаабыта. Үлүгэр элбэх киһини өлөрөн, сир ийэни хаанынан утахтаан, ибили кэһэн, өлбүттэр ытык эттэрин сиргэ- буорга тэпсэн улахан алдьархайы оҥорбут, аньыы-хара диэни умнубут. Ол иэстэбилэ суох таах хаалбатах. Тыыннаах киһиэхэ саамай ыар накаастабыл- дууһата моруу буолуута, бэйэттэн кэлэйии, бэйэни абааһы көрүү эбит. Алексаандыр сыыһатын кэлин өйдөөбүт. «Мин дьолум хааннаах болот дьоло - ол оннук дьол суолтата тугуй? Аан дойду судаарыстыбаларын урусхаллааммын, бар дьон хааннарын тоҕоммун, дьоллоох уйаларын умсараммын, хааннаах, кырыыстаах бэлиэ хааллардым- кырыыска этилинним» диэн санаарҕаан, сүрэҕэр оспот баастанан эдэр сааһыгар өлбүтэ.
«Алексаандыр Македуонускай» айымньыны кылаас таһынан ааҕыы уруоктарыгар кэпсэтэн баран, бу айымньыны бүгүҥҥү олохпутун кытта сэргэ тутан көрдүбүт.
Билигин о5олор оскуоланы бүтэрэн, үөрэххэ киирэн төрөөбүт тэлгэһэлэриттэн тэлэһийэллэр. Бука бары олоххо бэлэмнээх «төрөөбүт уйаларыттан куорсун анньынан көтөллөр» диэҕи саарбахтыыбын. Оҕо үлэттэн-хамнастан тэйдэ, ийэ, а5а бэлэмигэр тараҥнаһаллара үксээтэ, бэрээдэги кэһии, буруйу оҥоруу элбээтэ, ыарахаттартан түргэнник сынтарыйаллар, майгылара-сигилилэрэ мөлтөөтө диэн хаһыаттарга суруйаллар.Күн аайы киһи сатаан өйүгэр батарбат дьулаан быһыылара тахса тураллар. Буруйу оҥорооччулар, суорума суолланааччылар - барыта ыччаттар, эдэркээн оҕолор. Буруйу оҥорбут, бүдүрүйбүт, көнөр суолга турара ыарахаттардаах. Македонскай курдук «дьону харахтарын уутунан сууннараммын, хааннарын тоҕоммун, дьоллоох уйаларын түҥнэрэммин» биирдэ бэриллэр олохпун киһилии олорботум диэн кэмсиниэхтэрэ. Өстөһүү, сэриинэн иирии, өлөрсүү, үтүө сиэртэн туорааһын ыар содулларын, түҥнэри төлкөлүүллэрин бу айымньы ырылхайдык көрдөрөр.
Александр кыра эрдэҕиттэн туруоруммут соругун ситиһэр, хорсун -хоодуот майгылаах.
Бу айымньыны аа5ан баран, оҕолор бу курдук санааларын суруйдулар.[5] «Аан дойдуга киһи кэнниттэн хаалар көлүөнэҕэ бэйэтин туһунан туох эмэ өйдөбүлү хаалларыахтаах. Үчүгэйи, үтүөнү оҥорбут киһи уос номоҕо буолан кэпсэлгэ сылдьар. Оттон куһаҕаны оҥорбут киһиттэн кэлэйэн, кини курдук буолумаҥ диэн эмиэ кэпсииллэр. Холобур, Александр Македонскай аан дойдуну баһылыыр туһугар олорбут. Тугу да кэрэйбэтэх. Оҕону, кырдьаҕастары да өлөрөрүн улахаҥҥа уурбатах. Аан дойдуну аймаабыт киһи, киһини өлөрөн аатырбыт киһи. Кини туһунан норуот үчүгэйи ахтыбат.»
«Македонскай диэн киһини герой курдук көрдөрбүттэр. Оттон мин кинини герой курдук көрбөппүн. Киһини өлөрөн герой буолбаттар.Төһө да аан дойду кинини биллин, улуу киһи диэтиннэр, кини ыччакка туох да үчүгэй холобуру, санааны биэрбэт. Киһи бөҕөнү өлөрөн, куорат бөҕөнү алдьатан, государство бөҕөнү баһылаабыта, бэйэтин аатынан ааттаабыта.Ол дойдулар олохтоохторо киниэхэ кулут буолбуттара, эрэйи- муҥу көрбүттэрэ. Кинини кыраабыттара. Куһаҕан тылынан ахтыбыттара. Ити үлүгэр элбэх сири баһылаан баран тугу да туһамата5а. Эдэр сааһыгар өлөн хаалбыта. Баҕар дьон тыла, кырыыһа тиийбитэ буолуо. «Тыл - ох» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Саатар оҕото- уруута суох, тронугар биир да нэһилиэнньигэ олорбото. Государствота барыта ыһыллан хаалла. Атаҕастабыл, күүһүнэн өттөйүү иэстэбилэ суох хаалбата».
Кырыыска турбут киһи үйэтэ уһаабат, өлөрүөхсүт бүтэһик киһи буоларын бу курдук эппиттэр. «Александр бэйэтин кэмигэр улуу киһи, герой этэ. Оттон билигин санаан көрдөххө, киһи бөҕөнү өлөрбүт киһи герой буолбат, төттөрүтүн бүтэһик киһи буолар. Дьон абааһы көрөр. Киһини ити курдук үтэһэҕэ үөлэн, уокка быраҕан өлөрүү ынырык. Төһө да өстөөҕүҥ буоллар. Дьиҥинэн ити Мидия дьоно киниэхэ туох да куһаҕаны оҥорботохторо, өстөрө суоҕа. Ону аатын үрдэтээри, албан ааттанаары аан дойдуну барытын холбуу, бас билэ сатаабыта. Өстөөхтөрүн бэйэтэ булуммута. Оннооҕор аттыгар сылдьар дьоно кинини таҥнарбыттара. Дьаатынан өлөрөн кэбиспиттэрэ. Аһыммакка оҕотун, кэргэнин эмиэ дьааттаабыттара. Дьону кыргыбыта бэйэтигэр эргийэн кэлбит. Дьиэ кэргэнэ барыта эстибит.»
Норуот үтүө үгэстэрин, оннооҕор өстөөҕүҥ киэнин, ытыктыахтааххын. Александр ити үтүө быһыыны умнубутун оҕолор бэлиэтии көрбүттэр . «Өлбүт киһини уҥуох тутан харайыахтааххын.Киһи уҥуоҕа көмүллүбэтэҕинэ, үөр, абааһы буолар. Дууһата эрэйи көрөр. Ол иһин дьонноро киһи өллө да, үс күнүнэн көмөллөр. Бу кэпсээҥҥэ Мидия саарыстыбата урусхалланан уокка умайар. Биир үтүө дыбарыаска олорбут кырдьаҕас оҕонньору үҥүүнэн үөлэн баран, өссө хааннын саккыратан төттөрү- таары хачайдыыллар. Оҕолоро аҕаларын уҥуоҕун тутаары көрдөспүттэрин, ытаспыттарын бэйэлэрин өлөрдүлэр. Өлүктэрин сиргэ тэбистилэр, атахтарын иһэҕин сотуннулар. Өлбүт киһини күлүү- элэк оҥостуу, оонньуур гыныы улахан аньыы.»[6]
Александр учуутала - Аристотель. Кини норуоту «билиигэ, үөрэх үрдүк кыайыытыгар» сирдиир. Үөрэнээччитэ хаан суолун тутуспутуттан кэлэйэр, «хас өлбөт өйдөөҕү түҥнэрэн албан аатырарыттан» санаарҕыыр. Сахаҕа «кырдьаҕаһы хааһахха хаалыы сылдьан сүбэлэт» диэн өс хоһооно кэһиллибитин «Александр кырдьаҕас киһи сүбэтин өйдөөбөтөх, учууталын тылын истибэтэх» диэн суруйбуттар.
«Сири- дойдуну сэриилээн, баһылаан истэххэ, кыайбыкка убаастабыл уонна өстөһүү, ордук санаһыы элбиир. Былааска тахсыбыт киһини өлөрө сатыыллар. Киниэхэ ымсыыраллар, ордук саныыллар. Баайы, сири былдьаһан өстөһөллөр, сэриилэһэллэр. Александрга эмиэ элбэх киһи ымсыырара. Сирэйигэр «уруй-айхал» дииллэрэ, оттон кэнниттэн кини оннугар былааска тахсыахтарын баҕараллара. Сүбэлэһэн баран кинини өлөрөн кэбистилэр. Ким да аһыммыта көстүбэтэ. Хата, баайы былдьаһан бары ыһыллан хааллылар. Били улуу Македонскайтан туга да хаалбата. Оннооҕор оҕотун өлөрдүлэр. Солуон оҕонньор кэпсээбитэ дии, «биир да оҕоҥ эн торуоҥҥар олоруо суоҕа» диэн. Ол аата оҕоҥ урууҥ өлөн, эн удьуоруҥ быстар диэн. Оруобуна ол курдук буолла. Кэннигиттэн ким да хаалбата, олоххун салҕаабата диэн ынырык» диэн санааларын түмүктээбиттэр.
Ити суруйуулартан сиэттэрэн, туруоруммут сыалын толорор, булгуруйбат санаалаах киһи элбэҕи ситиһэр диэн Александр бу үтүө хаачыстыбатын бэлиэтиэххэ наада. Киһини атаҕастаабыт, күүһүнэн өттөйбүт хаһан эрэ күүстээх батаһыттан сууллар. Өстөһүү- алдьархай төрдө, өлүү- сүтүү быата буолар. Ордугурҕаһыы, ымсыы быһыы киһилии сигилини алдьатар. Сири- уоту урусхалыыр сэттээх, сир- дойду иччилээх, ол иэстэбиллээх. Кырдьаҕас тылын ытыктаабат буолуу кэскили быһар. Өркөн өй, элбэх билии хаһан да үрдүктүк сыаналанар. Норуот үгэстэрин тутуһуу сиэр- майгы сатарыйбатыгар тирэх буоларын бары өйдөөбүттэр диэн түмүккэ кэллим.
Киһини өлөрүү улахан аньыы, сидьиҥ быһыы, кырыыска этиллии. Оҕото, ыччата суох киһи олоҕо салҕаммат, удьуора быстар ыарахан ыйаахтаах. Бу өйдөбүллэргэ тирэҕирэн, дьону кэлэппит, дьонтон тэйбит киһи «хоруорбут төҥүргэс курдук» аҥардас дьылҕаланарын, уота умулларын, имэ сүтэрин Ойуунускай бу улуу айымньытынан сэрэппит, «кэхтибэт кэрэкэ кэриэһин» хаалларбыт эбит диэн оҕону иитиигэ, үтүө быһыыга сирдииргэ туһаныахха сөптөөх.
Түмүк
Кэриэһэ кэннигэр хаалара, кэхтибэт кэрэкэ тыллара
Суруйааччы норуот истэр кулгааҕа, көрөр хараҕа. Кинилэр айымньыларыттан үүнэр көлүөнэ история кэрдиис кэмнэрин, олох чахчытын билиэхтэрэ. Олох ханнык да түгэнигэр, хаһан да суолталарын сүтэрбэт, хата, кэм кэрдии аастаҕын аайы өссө сытыырхайан иһэр үйэлээх айымньылар айыллаллар. Ол айымньыны айбыт киһи кимиттэн, тугуттан эмиэ тутулуктаах. « Платон Ойуунускай үгүс киһиттэн чахчы ордуга, дьиҥнээх кэрэтэ- кини дьону кытта тэҥҥэ туттан сылдьан, үөрэтэрдии - дьулатардыы буолбатах, сүбэлиирдии, сэһэргиирдии кэпсиир, дакылааттыыр, суруйар киһи этэ. Ол ордук ылыннарыылаах, күүстээх,” - диэн суруйар Амма Аччыгыйа.[7] Ол буоллаҕа- хайа да кэмҥэ кини айымньыларын өлбөт –сүппэт суолтата. Мин өлүөм – дьүһүнүм сүтүөҕэ,[8]
Мин буорум отунан үүнүөҕэ...
Кэриэһим кэннибэр хааларым,
Кэхтибэт кэрэкэ тылларым... диэн норуот сүрэҕиттэн сүппэт кэрэ айымньытынан көлүөнэлэр ортолоругар бииргэ олорсо сылдьарыгар кытаанахтык эрэнэрэ. Ол эрэмньитэ туолла. Биһиги норуоппут үөрүүлээх күнүгэр кини ырыата ылланар, кини аата ааттанар.
Саха Республикатын Үөрэҕин Министерствота
Сунтаар улууһунаа5ы үөрэ5ирии салаата
МБОУ «И.Г.Спиридонов аатынан Кириэстээх орто оскуолата»
Платон Ойуунускай кэпсээнэрин билиҥҥи олоххо суолталара
Автор:
И.Г. Спиридонов аатынан
Кириэстээх орто оскуолатын
11 кылааһын үөрэнээччитэ
Ксенофонтов Алексей
Салайда :Ксенофонтова С.А.
Кириэстээх орто оскуолатын
саха тылын уонна литературатын
учуутала.
2013сыл
Үлэ сыала: П.Ойуунускай айымньыларын ааҕан баран билиҥҥи кэмнэ сыһыары тутан, иитэр- үөрэтэр суолталарын ырытыы.
Соруктар:
- П.А.Ойуунускай айымньыларын ааҕыы.
-Критиктэр сыанабылларын билии
-Бу айымньылары ааҕан баран оҕолор туох санаалаахтарын билии, биир туох биир санааҕа кэлбиттэрин түмүк оҥоруу.
Актуальноһа:
Ойуунускай айымньылара кэм кэрдии аастаҕын аайы иитэр, сүбэлиир суолталара өссө дириҥээн иһэр.Итинник айымньылартан үүнэр көлүөнэ история кэрдиис кэмнэрин, олох чахчытын билиэхтээх, сиэр- майгы өттүнэн иитиллэригэр түмүк оҥостуохтаах.
Иһинээҕитэ
Киириитэ
Платон Ойуунускай- саха норуотун чулуу уола
Сүрүн чааһа
Ойуунускай кэпсээннэрин билиҥҥи кэмҥэ суолталара.
1. «Улуу Кудаҥса” кэпсээн туһунан.
2. “Өйдөөх оҕо” кэпсээҥҥэ аҕа үөрэҕэ
3. Алексааныр Македуонускай кырдьыга - кини кырыыһа
Түмүк
Кэриэһэ кэннигэр хаалара, кэхтибэт кэрэкэ тыллара
Туһаныллыбыт литература:
1. Былатыан Ойуунускай Сэһэннэр, кэпсээннэр. Дьокуускай, Бичик, 2003.
2.Былатыан Ойуунускай Хоһооннор, тылбаастар, драмматическай поэмалар. Дьокуускай, Бичик 2005,
3.Амма Аччыгыйа Киһи уонна айымньы Якутскай, 1975,
4.Л.Г.Николаев хомуйбут Саха саарыннара – Дьокуускай, 1998
5. В.Н.Протодьяконов Айар тыл уоттаннын !!! Тыл илбиһэ төлөннөннүн!!! –Дьокуускай, Бичик, 2009.
Тезис
Үтүө күнүнэн дьүүлүүр сүбэ, конференция кыттыылахтара.
Мин аатым Ксенофонтов Алексей Иван Григорьевич Спиридонов аатынан Кириэстээх орто оскуолатын 11 кылааьын үөрэнээччитэбин.
Мин дакылаатым аата “Платон Ойуунускай кэпсээннэрэ билиҥҥи кэмҥэ суолталара”
Үлэм сыала П.Ойуунускай айымньыларын ааҕан баран билиҥҥи кэмнэ сыһыары тутан, иитэр- үөрэтэр суолталарын ырытыы.
Соруктар:
- П.А.Ойуунускай айымньыларын ааҕыы.
-Критиктэр сыанабылларын билии
-Бу айымньылары ааҕан баран оҕолор туох санаалаахтарын билии, туох биир санааҕа кэлбиттэрин түмүк оҥоруу
Актуальноһа:
Ойуунускай айымньылара кэм кэрдии аастаҕын аайы иитэр, сүбэлиир суолталара өссө дириҥээн иһэр.Итинник айымньылартан үүнэр көлүөнэ история кэрдиис кэмнэрин, олох чахчытын билиэхтээх, сиэр- майгы өттүнэн иитиллэригэр түмүк оҥостуохтаах.
Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүт норуотун туһугар олоҕун толук уурбут норуот чулуу уола. Кини поэт, прозаик, драматург, чинчийээччи, ученай, революционер общественнай деятель. Чаҕылыс гынаат умуллубут кылгас олоҕор Платон Алексеевич олус элбэҕи үлэлээбитэ, айан- суруйан хаалларбыта, сахатын норуотугар сырдык суолу ыйан барбыта.
Ойуунускай Таата улууһугар үһүс Дьохсоҕон нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Төрөппуттэрэ төһө да үөрэҕэ суох, элбэх оҕолоох, кыһалҕалаахтык олорбуттарын иһин, киһилии үтүө сиэрдэрин сүтэрбэтэхтэрэ. Оҕолорун төһө кыалларынан үөрэхтии, билиигэ уһуйа, үтүөҕэ үөрэтэ сатаабыттар
Бастакы саха советскай айымньытын “Көҥүл ырыата” хоһоону суруйан саха советскай литературатын алгыстаах аартыгын арыйбыта.
Ойуунускай олорон ааспыт кэмэ элбэх эриирдээх, үгүс үтүрүһүүлээх, олох уларыйар утарсыылаах кэмэ этэ. “Ойуунускай айымньылара ханнык баҕарар кэмҥэ иитэр, сэрэтэр, өйдөтөр суолталарын сүтэрбэттэр” диэн суруйар литературовед В.Н. Протодьяконов. Итинник айымньылартан үүнэр көлүөнэ история кэрдиис кэмнэрин, олох чахчытын билиэхтээх, сиэр- майгы өттүнэн иитиллэригэр түмүк оҥостуохтаах.
.
Мин Ойуунускай “Улуу Куданса” , “Алексаандыр Македуонускай”, “Өйдөөх оҕо” диэн айымньыларын ааҕан баран, кырдык да бу айымньылары билиҥҥи олоххо сыһыары тутан көрдөххө, үөрэтэр, сэрэтэр ис хоһоонноро сүдү эбит диэн санааҕа кэллим.
Улуу Кудаҥса айымньы 1929 сыллаахха суруллубут.Улуу Кулаҥса а5а ууһун баһылыга, модун санаалаах, дохсун майгылаах киһи. Кини үс улахан аньыыны оҥорор. Хаһан да сууйуллубат алҕаһа айылҕаны утары барбыта буолар. Айылҕа киһи иннигэр хаһан да сөһүргэстиэ суоҕа. Оннук саныыр, уолҕамдьытык быһыыланар сэттээҕэ, киһи эрэйдээх санаата олус модунун да иһин, кыаҕа бэрт кырата көрдөрүллүбүт.
Бу айымньыга икки суолга тохтуохха сөп. Бастакытынан, төһө да буолтун иһин, Улуу Куданса дьоно- сэргэтэ кыһалҕата суох, эрэйи билбэккэ олороллорун туһугар туруулаһар патриотическай өй-санаа холобура диэн. Иккиһинэн, айылҕаны утары барыы олорор мутугу кэрдинии буолар.
Өйдөөх оҕо
Бэрт тэттик эрээри, дириҥ ис хоьоонноох кэпсээн “Өйдөөх оҕо” диэн. Бу кэпсээҥҥэ аҕата оҕотун бэрт мындырдык оҥорбут буруйун иһин накаастыыра, сөптөөх үөрэҕи биэрэрэ кэпсэнэр. Оҕотун тирии имитэригэр көмөлөһуннэрээри гыммыта уола наадабар таҕыстым диэн баран, куотан хаалбыт, киэһэ үлэ бүппүтүн кэннэ биирдэ кэлбит.
Дьэ аҕа манна оҕотугар туох үөрэҕи биэрдэ? Мөҕөн- этэн, ыһытаан- хаһытаан оҕотун куттаабата, кэлэппэтэ.Оҕотун дэлби хайҕаата, тукаам диэн эйэҕэстик ыҥырда. Оҕо накаастанна, этэ ыалдьан ытаан бахсырыйда. Ол эрээри, тоҕо таһыллыбытын бэйэтэ быһааран биэрдэ, үлэттэн куотар куһаҕанын өйдөөтө. Аҕа сөптөөх үөрэҕи биэрбит дии санаатым.
«Алексаандыр Македуонускай» олус дирин ис хоһоонноох кэпсээн Бу өй, тыл, кырдьык, күүс, эйэ, сэрии тустарынан дириҥ философскай санаалар сааһыламмыт дьикти айымньы.
Бу быдан былыр үөскээн-төрөөн албан аатырбыт, «хааннаах болотунан дьоллонон» бар дьон кырыыһыгар барбыт улуу ыраахтааҕы туһунан номох биһиги бүгүҥҥү олохпутугар иитэр –үөрэтэр суолтата сүүнэ эбит.
Кини хаанынан уһуннаран, күлүнэн көмөн үгүс судаарыстыбалары баһылаабыта. Ол иэстэбилэ суох таах хаалбатах. Тыыннаах киһиэхэ саамай ыар накаастабыл- дууһата моруу буолуута, бэйэттэн кэлэйии, бэйэни абааһы көрүү эбит. Алексаандыр сыыһатын кэлин өйдөөбүт. «Мин дьолум хааннаах болот дьоло - ол оннук дьол суолтата тугуй? кырыыска этилинним» диэн санаарҕаан, сүрэҕэр оспот баастанан эдэр сааһыгар өлбүтэ.
«Алексаандыр Македуонускай» айымньыны кылаас таһынан ааҕыы уруоктарыгар кэпсэтэн баран, бу айымньыны бүгүҥҥү олохпутун кытта сэргэ тутан көрдүбүт.
Билигин оҕо үлэттэн-хамнастан тэйдэ, ийэ, а5а бэлэмигэр тараҥнаһаллара үксээтэ, бэрээдэги кэһии, буруйу оҥоруу элбээтэ, ыарахаттартан түргэнник сынтарыйаллар, майгылара-сигилилэрэ мөлтөөтө , суорума суолланааччылар - барыта ыччаттар, эдэркээн оҕолор. Буруйу оҥорбут, бүдүрүйбүт, көнөр суолга турара ыарахаттардаах. Македонскай курдук «дьону харахтарын уутунан сууннараммын, хааннарын тоҕоммун, дьоллоох уйаларын түҥнэрэммин» биирдэ бэриллэр олохпун киһилии олорботум диэн кэмсиниэхтэрэ. Өстөһүү, сэриинэн иирии, өлөрсүү, үтүө сиэртэн туорааһын ыар содулларын, түҥнэри төлкөлүүллэрин бу айымньы ырылхайдык көрдөрөр.
Бу айымньыны аа5ан баран, оҕолор бу курдук санааларын суруйдулар. “ Аан дойдуну аймаабыт киһи, киһини өлөрөн аатырбыт киһи. Кини туһунан норуот үчүгэйи ахтыбат.»
« Төһө да аан дойду кинини биллин, улуу киһи диэтиннэр, кини ыччакка туох да үчүгэй холобуру, санааны биэрбэт Атаҕастабыл, күүһүнэн өттөйүү иэстэбилэ суох хаалбата».
Александр учуутала - Аристотель. Үөрэнээччитэ хаан суолун тутуспутуттан кэлэйэр, «хас өлбөт өйдөөҕү түҥнэрэн албан аатырарыттан» санаарҕыыр. Александр кырдьаҕас киһи сүбэтин өйдөөбөтөх, учууталын тылын истибэтэх» диэн суруйбуттар.
Улуу Македонскайтан туга да хаалбата. Оннооҕор оҕотун өлөрдүлэр. Солуон оҕонньор кэпсээбитэ дии, «биир да оҕоҥ эн торуоҥҥар олоруо суоҕа» диэн. Ол аата оҕоҥ урууҥ өлөн, эн удьуоруҥ быстар диэн. Оруобуна ол курдук буолла. Кэннигиттэн ким да хаалбата, олоххун салҕаабата диэн ынырык» диэн санааларын түмүктээбиттэр.
Өстөһүү- алдьархай төрдө, өлүү- сүтүү быата буолар. Ордугурҕаһыы, ымсыы быһыы киһилии сигилини алдьатар. Сири- уоту урусхалыыр сэттээх, сир- дойду иччилээх, ол иэстэбиллээх. Кырдьаҕас тылын ытыктаабат буолуу кэскили быһар. Өркөн өй, элбэх билии хаһан да үрдүктүк сыаналанар. Норуот үгэстэрин тутуһуу сиэр- майгы сатарыйбатыгар тирэх буоларын бары өйдөөбүттэр диэн түмүккэ кэллим.
.
Тумукпэр
Үүнэр көлүөнэ история кэрдиис кэмнэрин, олох чахчытын айымньылартан билэр. Олох ханнык да түгэнигэр, хаһан да суолталарын сүтэрбэт, хата, кэм кэрдии аастаҕын аайы өссө сытыырхайан иһэр үйэлээх айымньылар айыллаллар. Ол айымньыны айбыт киһи кимиттэн, тугуттан эмиэ тутулуктаах. « Платон Ойуунускай үгүс киһиттэн чахчы ордуга, дьиҥнээх кэрэтэ- кини дьону кытта тэҥҥэ туттан сылдьан, үөрэтэрдии - дьулатардыы буолбатах, сүбэлиирдии, сэһэргиирдии кэпсиир, дакылааттыыр, суруйар киһи этэ. Ол ордук ылыннарыылаах, күүстээх,” - диэн суруйар Амма Аччыгыйа. Онно сытта5а- хайа да кэмҥэ кини айымньыларын өлбөт –сүппэт суолтата.
Мин өлүөм – дьүһүнүм сүтүөҕэ,
Мин буорум отунан үүнүөҕэ...
Кэриэһим кэннибэр хааларым,
Кэхтибэт кэрэкэ тылларым... диэн норуот сүрэҕиттэн сүппэт кэрэ айымньытынан көлүөнэлэр ортолоругар бииргэ олорсо сылдьарыгар кытаанахтык эрэнэрэ. Ол эрэмньитэ туолла. Биһиги норуоппут үөрүүлээх күнүгэр кини ырыата ылланар, кини аата ааттанар.
[1] Л.Г.Николаев хомуйбут Саха саарыннара – Дьокуускай, 1998, 51-52 стр.
[2] В.Н.Протодьяконов Айар тыл уоттаннын !!! Тыл илбиһэ төлөннөннүн!!! – Дьокуускай, Бичик, 2009.
[3] Былатыан Ойуунускай Сэһэннэр, кэпсээннэр. Дьокуускай, Бичик, 2003. 111 с.
[4] Эмиэ онно 79 с.
[5] О5олор өйтөн суруйууларыттан
[6] Оҕолор өйтөн суруйууларыттан
[7] Амма Аччыгыйа Киһи уонна айымньы Якутскай, 1975, 31 с.
[8] Былатыан Ойуунускай Хоһооннор, тылбаастар, драмматическай поэмалар. Дьокуускай, Бичик 2005, 88 с.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Саха литературатуратын уруоктарыгар А5а дойду сэриитигэр аналлаах айымньылары уерэтии
А5а дойду Улуу сэриитигэр аналлаах айымньылар нецуе о5олорго а5а келуенэ5э дириц ытыктабылы, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууну иитиэххэ, айар дьо5урдарын ке5улуеххэ сеп....
Национальнай оскуола проблемата билинни уорэхтээЬиннэ тэннээн.
Национальнай оскуола проблемата билинни уорэхтээЬиннэ тэннээн.ааптар Ефимова Е.Д. саха тылын уонна литературатын учуутала....
П.А.Ойуунускай "Александр Македонскай" айымньыта
Платон Алексеевич Ойуунускай «Алексаандыр Македуонускай» диэн айымньытын 1935 сыллааха суруйбута. Бу өй, тыл, кырдьык, күүс, эйэ, сэрии тустарынан дириӊ философскай санаалар сааһыламмыт дьикти а...
Презентация "П.А.Ойуунускай кэпсээннэрин билинни олоххо суолталара"
Презентация на тему актуальности произведений П.А. Ойунского в современном мире.В слайдах рассмотрены такие произведения как: Улуу Куданса, Өйдөөх оҕо, Алексаандыр Македуонускай....
тереебут тылы уерэтии билинни туруга
Тѳрѳѳбүт тылы оскуолаҕа үѳрэтии билиҥҥи туругаСаха оҕото ийэ тылыттан тэйиитэ дириҥээтэр дириҥээн иһэрэ биһигини барыбытын дьиксиннэрэр. Оскуолаҕа төрөөбүт тылы үөрэтии оҕо тылын-өһүн, сахалыы өйүн-са...