Кылаас таьынан о5ону аа5арга уьуйар куруьуок программата
элективный курс (7 класс) на тему

Кылаас  таьынан  о5ону  аа5арга  уьуйар  куруьуок  программата. 7 кылаастарга  ананан  он,оьулунна.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл 7_kylaas_o5onu_aa5yyga_uuyuu_.docx32.88 КБ

Предварительный просмотр:

         

Муниципальнай  бюджетнай  уопсай уерэхтээьин тэрилтэтэ

“Эдьигээн орто оскуолата”

Бигэргэтилиннэ______

Оскуола научнай-методическай

Сэбиэтин  мунньа5ар

                                Уерэх таьынан ыытыллар улэ программата:

“О5ону аа5ыыга уьуйуу”

Толордо :Иванова  Мария Ивановна,

саха тылын уонна литературатын учуутала.

                                         Эдьигээн, 2017с.

Сан,ата  суох да сан,алаах,

Тыла суох  да тыллаах.

Кэрээбэт  кэрэ кэпсээннээх,

Буппэт угус сэһэннээх.

Леонид Попов.

         Тыл-омук баайа. Тыл  суттэ5инэ, омук эстэр. Онтон тыл хайдах туттулларыттан  омук  туруга көстөр. Саха норуотун баайа-дуола, сан,арар сан,атын сиэдэрэй симэ5э ийэ тылбытыгар тумуллэр. «Саха тыла  уруйэ уутунуу ыраас, сир  симэ5инии сиэдэрэй»,-диэн хоһуйбута саха улуу суруйааччыта, ийэ тыл маастара Амма Аччыгыйа.

      Билин,н,и уйэ5э ийэ тылбытынан кэпсэтэр тылбыт-өспут улам уларыйан, этигэн кэрэ сумэтин сутэрэн эрэрэ биһиги куннээ5и олохпутуттан көстөр. Эгэлгэлээн этиини, хомо5ойдук хоһуйууну туттубат буоллубут. Ол тумугэр кэпсэтии тыла ан,ардас «кэл»-«бар», «баар»-«суох» диэн судургу тылынан мун,урданар.

            Уөрэх, наука эйгэтэ балысханнык тэнийэн-сайдан, ирэ-хоро кэпсэтии тохтоото. О5ону сахалыы тыл сумэтигэр-суөгэйигэр уһуйуу-такайыы ан,ардас тыл уөрэхтээхтэригэр эрэ сигэммэккэ, аан бастаан дьиэ кэргэнтэн са5аланыахтаах. Төрөппут сахалыы тылынан  ыраастык  сан,арбат, сыыс тылы туттар биитэр «нууччатымсыйар» буолла5ына о5ото, биллэн турар, төрөөбут тылын ылыммат. О5ону сахалыы  тылынан  иитиигэ дьиэ  кэргэн, төрөппут  оруола улахан.

  Интернет ситимин , телевидение,, компьютер эйгэтигэр аралдьыйан, о5о уус-уран литератураны аа5ыы олус намтаата.бу кыһал5аны кыһарыйтаран,о5о айар ,ийэ тылынан толкуйдуур дьо5ура мөлтуурэ чуолкай.Бу итэ5эьи туоратыһар  сыаллаах „О5ону аа5ыыга уьуйуу “ диэн ааттаан 7 кылаастарга эбии дьарык программатын оңорон   үлэбин сађалаатым.

Киһи уонна бүтүн общество олођор дириң билиини, сиэри-майгыны, өйү-санааны байытар суолунан кинигэ аађыыта буолар.

           Уус-уран айымньыны аађыы – төрөөбүт тылы баһылааьын биир сүрүн суола.

          Уус-уран литература сиэрдээх киһи иитиллэн тахсарыгар олук уурар сүдү аналлаах. Литература ханнык да наукатаађар уруттаан, общество олођун араас көстүүлэрин бэйэтин ньыматынан быһаарар кыахтаађын үөрэнээччилэр литература уруоктарыттан билэллэр. Олох уонна уус-уран айымньы быстыспат ситимнээхтэрин туһунан дириң өйдөбүлү ылар кыах кылаас таһынан үлэђэ ситиһиллэр.

 Уруокка аађыллар айымньылар салгыы  кылаас таһынан аађыынан ситиһиллэллэр. Суруйааччы атын айымньыларын көмөлөрүнэн эйгэни үөскэтии ситиһиллэр, ыйытыылар, сорудахтар үөскээбит проблеманы атын суруйааччылар айымньыларыгар тирэђирэн, дириңэтэр суолу тобулуу үлэ ураты көхтөөхтүк барарын хааччыйар. Ођо бэйэтэ сөбүлээн аахпыт айымньыларыгар тирэђирэн, атын суруйааччылар айымньыларын кытта тэңнээн, ырытан көрөр айымньылаах үлэтэ аађааччы быһыытынан сайдыытын көрдөрөр. Түмүгэр тылын саппааһа байар, суруйар дьођура эмиэ сайдар.

Куурус сыала:

  1. Үөрэнээччини кинигэни аађарга уһуйуу, бэйэтин кыађар, дьођуругар эрэли үөскэтии, санаатын күүһүрдүү.
  2. Сахабыт литературатын суолтатын өссө үрдэтии.
  3. Аађыы культуратыгар дьулуһуу, аађааччыны иитии.
  4. Уус-уран айымньыны ођо тус суолталаахтык ылынар дьођурун сайыннарыы.
  5. Уус-уран айымньы тылыгар болђомтолоох , литература үөрэђэр дириң билиилээх буолууну ситиһии.
  6. Ођону олоңхо көмөтүнэн сахалыы тыыңңа иитии, олоңхођо интэриэһи үөскэтии.

Соруга:

  1. Ођону кэрэни кэрэхсииргэ, өйдүүргэ уһуйуу; Ођо эргиччи сайдарыгар, бэйэтин ураты киһи быһыытынан сананарыгар толору кыах биэрии.
  2. Төрөөбүт ийэ тыл баайын-кыађын баһылыырыгар, сахалыы толкуйу тобуларыгар, санаатын сайа этэригэр эйгэ тэрийии.
  3. Үөрэнээччигэ интэриэс үөскэтии.
  4. Ођону төрөөбүт тылынан аађарга, айымньы алыптаах эйгэтигэр сиэтэн киллэрэн, төрөөбүт литературатын таптыырын, умсугуйан туран аађарын ситиһии.
  5. Ођо өйө-санаата, тыла-өһө, майгыта-сигилитэ, билиитэ-көрүүтэ эргиччи сайдарыгар толору кыах биэрии.
  6. Ођо аађар, аахпытын анаарар, олођор таба туһанар сатабылын сайыннарыы.
  7. Ођо ыллыыр, сценађа оонньуур талаанын сайыннарыы; олонхону толорууга уһуйуу.
  8. Ођо айар дьођурун көђүлээһин, өйөөһүн;

Темам сонуна: уус-уран  айымньы алыбын, итэђэтэр, ылыннарар ураты күүһүн аађыы, ырытыыга холонуу буолар.

Үлэм актуальноһа: ођо уус-уран кинигэни аађыытын көђүлээһин, литература сылынан төрөөбүт тылбытын өссө сайыннарыы, үрдэтии. Билиңңи түргэнник уларыйар сайдыылаах олоххо бэйэбит культурабытын, фольклорбутун, тылбытын билэр эрэ буоллахпытына норуот быһыытынан симэлийбэккэ олоруохпутун сөп.

        Сүрүн  ирдэбиллэр:

  1. Тургутуу үлэђэ ођо айымньыны төһө болђомтолоохтук аахпытын, ис хоһоонун төһө билэрин быһаарыы.
  2. Суругунан үлэђэ тылы, этиини таба суруйуутугар, туттуутугар, тиэмэтин тилэри арыйыытыгар болђомто ууруу.
  3. Тылынан күрэххэ төрөөбүт ийэ тыл баайын-кыађын баһылааһыныгар, сахалыы толкуйу, санааны сайа этэр дьођуругар, тылыгар-өһүгэр болђомто ууруу.

Ылар билии, сатабыл:

1.Уус – уран тыл айымньыга суолтатын таба көрөн өйдүүр буолуу;

2.Тылы таба туттуу;

3.Икки эбэтэр хас да айымньы тылын сатаан тэңниир, уратыларын быһаарар

буолуу;

4.Бөлөх иһигэр алтыһыыга киирэ, санаа атастаһа үөрэнии;

5.Суруйааччы тылын чинчийэн, түмүк оңорор, иһитиннэрэр кыах;

Үлэ көрүңнэрэ:

- уус-уран аађыы конкурстара;

- айар үлэђэ уһуйуу;

- айар улэ5э холонуу,

- викториналар,

- литературнай курэхтэр.

 

 

                         Куурус   темаларын   былааннааһын.

Дьарык темата

Чааһа

Керун,э

Он,оһуллар улэ (Ис хоһооно)

1

Киирии уруок

Лекция

бэсиэдэ

2

Ньун,урмэк тулаайах кыыс (Эбэн,ки олон,хото)

уус-уран

аа5ыы

Тургутук ыйытыыларыгар эппиэттээһин

3

А.Д.Неустроева “О5онньордоох эмээхсин”

уус-уран аа5ыы

Кэпсээн ейдебулэ.

4

П.А.Ойуунускай “Омуннаах о5о”

уус-уран аа5ыы

Кэпсээн ейдебулэ. Жанр уратыта.Кэпсээн

геройа.Быһыыта-майгыта,олоххо,дьон,н,о, бэйэтигэр сыһыана кестер.Ойуулааһын,сэьэргээһин.

5

Н.М.Заболоцкай-Чысхаан.”Болот Моһуогуруулара”

уус-уран аа5ыы

Кэпсээн ейдебулэ.Жанр уратыта.Кэпсээн геройа.Быһыыта-майгыта,олоххо,дьон,н,о,бэйэтигэр сыһыана.Монолог.Кэпсээн автора аа5ааччыны тардар куустээх.

6

Николай Максимович Заболоцкай-Чысхаан “Хоһууттар”

уус-уран аа5ыы

Пьеса.Биир оонньуулаах, икки хартыыналаах пьеса.Оруолларынан аа5ыы.

7

А.С.Сыромятникова “Хопто”

уус-уран аа5ыы

Кэпсээн ейдебулэ,сюжета,тутула.

8

В.А.Тарабукин “Куба”

уус-уран аа5ыы

Кэпсээн ейдебулэ,сюжета,тутула.

9

Н.Д.Неустроев “Омо5ой икки Эллэй икки”

уус-уран аа5ыы

Кэпсээн ейдебулэ,сюжета,тутула.

10

Н.И.Спиридонов-Тэки Одулок “Ойуун тыалы туһэрэр”

уус-уран аа5ыы

“Улахан Имтеургин оло5о” кэпсээнтэн быһа тардыы.

Кэпсээн ейдебулэ,сюжета,тутула.

11

Н.А.Лугинов “Иэстэспит”

уус-уран аа5ыы

Кэпсээн ейдебулэ,сюжета,тутула.

12

Н.М.Заболоцкай-Чысхаан “Маллар мунньахтара”

уус-уран аа5ыы

Бэйэ санаатын суруйуу

Кэпсээн ейдебулэ,сюжета,тутула.

13

Н.Р.Калитин “Булчут”

уус-уран аа5ыы

Кэпсээн ейдебулэ,сюжета,тутула.

14

А.Д.Неустроева “Тиргэһиттэр”

уус-уран аа5ыы

Кэпсээн ейдебулэ.О5олор бастакы кустарын уеруулэрэ-хомолтолорун ырытыы.

15

М.К.Обутова-Эверстова “Таба уонна биичээн” (сценка)

оруоллары

нан аа5ыы

Кылаас иһигэр сценка туруоран холонуу

17

В.А.Протодьяконов –Кулантай “А5атын туйа5ын хатарыыһы”

аа5ыы

Ейтен

суруйуу.

Кэпсээн ейдебулэ,сюжета,тутула.

Мин а5ам- олохпор оруола.

18

Сыллаа5ы хатылааһын.

Уерэппит  темалары чин,этии, ырытыы, хатылааһын.

           Тумуктээн    эттэххэ ,  кинигэни   аа5ыы  туохха  да   тэн,нэспэт    учугэй  дьарык. Кинигэни  аа5ыы  киьини  сайыннарар,  олоххо   утуө  тугэни  бэлэхтиир.  Айымньыны  аа5а  олорон кэпсээн, остуоруйа  геройунуун  алтыһа5ын, кэпсэтэ5ин , учугэйтэн  уөрэ5ин  куһа5антан хомойо5ун.  Уус-уран  айымньы   саха  фольклора: остуоруйа,  таабырын,  чабыр5ах,  олон,хо , оһуохай -  киһи  характера  сайдарыгар  хайа  эмэ   өттунэн  дьайаллар. Кинигэни аа5ыы бигэ турукка  бэлэмниир  дии саныыбын.

                         

                 


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Норуот утуо угэстэригэр тирэ5ирэн о5ону иитии ньымалара.

Норуот утуо угэстэригэр тирэ5ирэн о5ону иитии ханнык да кэмнэ кодьууьэ улахан буолуо5а ....

Дьиэ кэргэн уонна оскуола – о5ону иитиигэ

Бу улэлэр барыта о5ону иитиигэ суолтата улахана саарба5а суох. О5о иннигэр тереппуттэр, кырдьа5астар эппиэтинэстэрэ урдуур. Бу ытык иэс, утумнааьын, удьуордааьын, туйах хатарааччыны иитии. Оччо5уна эр...

Программат

ПРОГРАММАТ...

Доклад на тему "Н.А.Лугинов айымньыларыгар уол о5ону иитии"

Саха народнай суруйааччыта Н.А.Лугинов айымньыларыгар уол о5ону иитии үгэстэрэ...

О5ону иитиигэ Николай лугинов айымньыларын көдьүүһэ (Доклад)

Роль произведений Николая Лугинова в воспитании учащихся...

"Синтаксис ситимэ" элективнай курс программата.

"Синтаксис ситимэ" элективнай курс программата. 8 кылаас....