"Синтаксис ситимэ" элективнай курс программата.
элективный курс (8 класс) на тему

Сивцева Екатерина Дмитриевна

"Синтаксис ситимэ" элективнай курс программата. 8 кылаас.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл sintaksis_sitime.docx20.93 КБ

Предварительный просмотр:

MБОУ “Уһун-Күөл сүрүн оскуолата”

Согласовано:                      Согласовано:                     Утверждаю:

Руководитель МО                Зам по УВР                      Директор

Сивцева Е.Д.                      Мартынова М.Е.                Стрекаловская М.А.

“____”________2012           “_____”_________2012       “____”________2012

СИНТАКСИС СИТИМЭ

Элективнай курс программата

8 кылаас

2012-2013 үө.дь.

Оҥордо: саха тылын уонна литературатын учуутала Сивцева Е.Д.

Быһаарыы сурук

       “Синтаксис ситимэ” - 8-с кылааска аналлаах элективнай курс. Курс программата 35 чаас аттарыллан ыытыллар. Оскуолаҕа үөрэтиллэр уус-уран айымньы тексыгар олоҕуран сүрүн материал таҥыллар, онон литератураны кытта тылы бииргэ тутан үөрэтиллэр. Эрчиллии, сорудах тиһигэ үөрэнээччи көрдүүр, чинчийэр, тэҥниир, ырыҥалыыр дьоҕурун сайыннарар.

           Программа тутула:

  • Теоретическай материал;
  • Практическай ыйытыылар уонна сорудахтар;
  • Толкуйдатар ыйытыылар уонна сорудахтар;

    Сыала: синтаксиһы дириҥэтэн үөрэтиигэ олоҕуран тылы байытыы, ааҕар дьоҕуру сайыннарыы.

    Эрчиллии уонна сорудах тиһигин суолтата:

  • Этии тутаах чилиэнин үөрэтиигэ – тексы түргэнник таба өйдүүргэ, ситимнээх тексы сатаан оҥорорго уонна көннөрөргө бэлэмнээһин.
  • Этии ойоҕос чилиэнин үөрэтиигэ – тыллар синтаксическай сыһыаннарын билии; тылы уонна тыл ситимин ситимнээх саҥаҕа өйдөөн туттуу; автор тылын көннөрөргө, тупсарарга.
  • Биир састааптаах этиини үөрэтиигэ – биир састааптаах уонна икки састааптаах этиини туттуу уратытын быһаарар; текст синонимын дэгэт суолтатын өйдүүр; араас стилгэ этиини туттуу суолтатын араарар; стилистическэй алҕаһы көннөрөр; биир састааптаах этии арааһын саҥарар саҥаҕа туттуу, автор стилин сатаан быһаарар.
  • Этии биир уустаах чилиэнин үөрэтиигэ – эмоциональнай-экспрессивнай кырааскатын күүһүрдүү; ситим тылы таба туттуу; этии биир уустаах чилиэнин пааралаан туттуу.
  • Туһулууну үөрэтиигэ – туһулуу араас көрүҥүн туттуу, туһулуу этэр киһи сыһыанын көрдөрөр дэгэтэ.
  • Араарыллыбыт ойоҕос чилиэни үөрэтиигэ – араарыллыбыт сиһилии этигэн кыаҕа, стилистическэй оруола.
  • Холбуу этии – этиини стилгэ сөп түбэһэр гына сатаан оҥоруу. Таба интонациялаан ааҕы. Этии ис хоһоонун таба өйдүүргэ үөрэнии. Саҥарар саҥаҕа холбуу этиини туттан тылы-өһү байытыы.

    Сорук:

  • Этии туһунан билиини  түмүү, сааһылааһын;
  • Таба интонациялаан ааҕыы, саҥарыы;
  • Суруйар кэпсиир дьоҕуру сайыннарыы;
  • Абстрактнай уонна логическай толкуйу сайыннарыы;
  • Уус-уран тексы таба өйдөөһүн.

      Эрчиллии ситимэ этиини араас стилгэ сатаан туттуу таһымын кэҥэтэр, билиини дириҥэтэр. Эрчилли сыыйа ыарыыр тутуллаах. Үөрэнээччи бэйэтэ сатаан үлэлиирин ситиһэр. Үөрэнээччи чинчийэр дьоҕурун сайыннарыыга, литератураны кытта үлэҕэ анал сорудах толоруллар.

       Түмүк ситиһиилэр:

  • Уус-уран айымньыттан холобур булар;
  • Уус-уран литератураны кытта сатаан үлэлиир;
  • Тылы талан таба туттар;
  • Тылын-өһүн байытар, тыл уустарын айымньыларын ааҕан үөрэнэр;
  • Тексы стильгэ сөп түбэһиннэрэн сатаан көннөрөр;
  • Этии араас көрүҥүн таба оҥорор, саҥарар саҥатыгар туттар.

Тематическай былаан.

Тема

Чаас

Үөрэтии ньымата

Күнэ

I салаа.

Тыл уонна тыл ситимэ.

1

Киирии.

Синтаксис.

1

Практическай үлэ. Этии оҥоруу. Тылдьытынан үлэ.

2

Интонация. Логическай охсуу. Тохтобул. Тыл бэрээдэгэ.

1

Бэсиэдэ.

3

Тыл. Тыл ситимэ.

2

Үөрэнээччи иһитиннэриитэ. Проект.

II чалаа. Баьылатар ситим.

4

Сөпсөһүү

1

Үөрэнээччи иһитиннэриитэ. Ситим графическай бэлиэтэ. Практическай үлэ.

5

Салайыы

1

Үөрэнээччи иһитиннэриитэ. Ситим графическай бэлиэтэ. Практическай үлэ.

6

Сыстыы

1

Үөрэнээччи иһитиннэриитэ. Ситим графическай бэлиэтэ. Практическай үлэ.

7

Тардыы

1

Үөрэнээччи иһитиннэриитэ. Ситим графическай бэлиэтэ. Практическай үлэ.

8

Баьылыыр ситим

2

Семинар. Группанан үлэ.

III салаа. Судургу этии.

9

Этии тиибэ.

1

Таблица толоруу. Бэсиэдэ

10

Туһаан уонна кэпсиирэ.

2

Бэсиэдэ. Уус-уран айымньы тексынан үлэлээһин.

11

Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этии

1

Лекция. Бэсиэдэ. Саамай кылгас уонна үһүн этии. Уус-уран айымньы тексынан үлэлээһин.

12

Этии ойоҕос чилиэннэрэ

3

Уус-уран айымньы тексынан үлэлээһин.

13

Биир састааптаах этии

2

Уус-уран айымньы тексынан үлэлээһин.

14

Толорута суох этиини кэпсэтии тылыгар туттуу

1

Уус-уран тексынан үлэ. Түмүк оҥоруу.

15

Этии биир уустаах чилиэннэрэ

2

Бэсиэдэю уус-уран айымньыттан холобур булуу.

16

Араарыллыбыт ойоҕос чилиэн.

2

Группанан үлэ. Тылдьытынан үлэ.

17

Кыбытык кэрчиктэр.

2

Бэсиэдэ.

IV салаа. Холбуу этии

18

Холбуу этии арааһа.

2

Үөрэнээччи иһитиннэриитэ. Уус-уран айымньыттан холобур булуу.

19

Тэҥҥэ холбоммут холбуу этии

3

Бэсиэдэ. Лекция. Уус-уран айымньыттан холобур булуу.

20

Баһылатыылаах холбуу этии

4

Бэсиэдэ. Лекция. Уус-уран айымньыттан холобур булуу.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Авторский элективный курс по русскому языку "Всемогущий и занимательный синтаксис"

Программа элективного курса «Всемогущий и занимательный синтаксис» – новая модель современного школьного курса для учащихся 10–11 классов. Рассчитана на 34 часа. Она построена в основном на углу...

Образовательная программа элективного курса для 10-11 классов "Трудные вопросы синтаксиса и пунктуации"

   Специальный курс, посвящённый некоторым трудным вопросам синтаксиса, а также система занятий по пунктуации, построенная на основе теоретических знаний по синтаксису, будет сп...

Предложение. Систематизация материала по курсу синтаксиса.

Презентация, в которой в обобщенном виде  представлен материал по курсу синтаксиса....

Элективный курс "Синтаксис словосочетания и простого предложения"

Элективный курс  «Синтаксис словосочетания и простого предложения »  предназначен для учащихся 8 класса и рассчитан на 34 часа. Элективный курс  имеет практическую направленность ...

Программат

ПРОГРАММАТ...

Кылаас таьынан о5ону аа5арга уьуйар куруьуок программата

Кылаас  таьынан  о5ону  аа5арга  уьуйар  куруьуок  программата. 7 кылаастарга  ананан  он,оьулунна....