О5ону иитиигэ Николай лугинов айымньыларын көдьүүһэ (Доклад)
учебно-методический материал на тему
Роль произведений Николая Лугинова в воспитании учащихся
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
doklad_o5onu_iitiige_n_luginov_ayymnylaryn_koduue.docx | 76.7 КБ |
Предварительный просмотр:
СР ¥³рэ±ириитин Министерствота
«Кэбээйи улуу´а» МТ
Е.Е.Эверстов аатынан Кэбээйи орто уоспай µ³рэхтээ´ин оскуолата
«О5ону иитиигэ Николай Лугинов
айымньыларын кодьууьэ»
(дакылаат)
Толордулар: Терехова А.П.,
Павлова М.Е. саха тылын уонна
литературатын учууталлара.
Кэбээйи, 2013 с.
ИЬИНЭЭ5ИТЭ:
КИИРИИТЭ...............................................................................................................................3
СУРУН ЧААЬА.........................................................................................................................4
I. Николай Лугинов – народнай суруйааччы.........................................................................4
II. Суруйааччы айымньылара – уруокка, айар уонна чинчийэр улэ5э................................7
2.1. Н.Лугинов айымньыларын ааттара...................................................................................7
2.2. Уруоктар. Чинчийэр улэ...................................................................................................10
III. Кылаас таьынан улэ5э суруйааччы айар улэтин туьаныы....................................14
3.1. «Дьо5ур» эдкоррпост суруйааччы оло5ун, айар улэтин билиьиннэриигэ улэтин уоруйэ5э....................................................................................................................................14
3.2. «Тэгэлик» телестудия суруйааччы айар улэтин сырдатыыга улэтэ.........................18
ТУМУК......................................................................................................................................22
СЫЬЫАРЫЫ............................................................................................................................23
ТУЬАНЫЛЛЫБЫТ ЛИТЕРАТУРА........................................................................................24
КИИРИИТЭ
О±о ис кыа±ын эрдэттэн арыйарыгар талаанын, дьо±урун сайыннарарыгар тѳhµµ кµµhµнэн учуутал буолар. Υлэни табатык хайысхалаан са±алаатахха, о5ону бэйэ5э тардан интириэhиргэттэххэ, уруок таhынан эбии дьарыкка сайыннарар сыаллаах кылаас таhынан µлэни тэрийии суолтата олус кµµстээх, µтµѳ тµмµктэрдээх буолар.
Хас оскуола ахсын эдэр корреспонденнар тµмсµµлэрэ, араас куруьуоктар ситиhиилээхтик µлэлииллэр. Маннык тµмсµµлэр, куруhуоктар о±о талаанын арыйарыгар, инники идэтин таларыгар, туохха барытыгар айымньылаахтык сыhыаннаhарыгар тирэх буолаллар.
Е.Е. Эверстов аатынан Кэбээйи орто оскуолатыгар ыччат дьону идэ±э ту´аайар, сиэрдээх майгыга иитэр «Дьо5ур» эдэр корреспонденнар постара (1994с.) уонна «Тэгэлик» о±о телестудията (1995с.) µлэлииллэр.
Бу куру´уоктар олохтоох суруйааччылар олохторун, айар µлэлэрин били´иннэриигэ тирэх буолаллар. Биир дойдулаахпыт, саха народнай суруйааччыта, «Алжир на перекрестках культуры» аан дойдутааҕы литературнай бириэмийэ лауреата, «Алаш литературнай бириэмийэ лауреата, Саха Республикатын үтүөлээх деятеля, ССРС суруйааччылярын союһун чилиэнэ, Николай Алексеевич Лугинов айымньылара ыччакка т³р³³бµт дойдуга тапталы иитиигэ, ийэ тылга интэриэ´и к³бµтэргэ, олох ту´унан сиэрдээх билиини ыларга к³м³л³´³лл³р.
¥лэ сыала: Ыччаты иитиигэ Николай Лугинов айымньыларын к³дьµµ´µн сырдатыы.
Бу сыалы сити´эргэ маннык кэккэ сорук турар:
1. Суруйааччы айымньылара – уруокка, айар уонна чинчийэр улэ5э туьаныы;
2. Кылаас таьынан улэ5э суруйааччы айар улэтин туьаныы;
3. «Дьо5ур» эдкоррпост суруйааччы оло5ун, айар улэтин билиьиннэриигэ улэтин уоруйэ5ин сырдатыы;
4.«Тэгэлик» телестудия суруйааччы айар улэтин сырдатыыга улэтин били´иннэрии.
СУРУН ЧААЬА
- Николай Лугинов- народнай суруйааччы
Николай Алексеевич Лугинов — саха народнай суруйааччыта, «Алжир на перекрестках культуры» аан дойдутааҕы литературнай бириэмийэ лауреата, «Алаш литературнай бириэмийэ лауреата, Саха Республикатын үтүөлээх деятеля. 1979 сылтан ССРС суруйааччылярын союһун чилиэнэ.
1948 с. атырдьах ыйын 14 күнүгэр Кэбээйи улууһугар төрөөбутэ. 1972 сыллаахха Саха государственнай университет физико-математический факулътетын, онтон М.Горькай аатынан Үрдүкү литературнай институту бүтэрбитэ. Учууталынан улэлээбитэ, Кэлин Дьокуускайга ВЛКСМ уобаластааҕы комитетыгар инструктордабыга, билигин П.А. Ойуунускай аатынан литературнай музей директора, Россия суруйааччыларын союһун правлениятын секретара, Саха Республикатын суруйааччыларын союһун председателэ, Саха Республикатын духуобунас Академиятын вице-президенэ, Аан дойдутааҕы Тюркскай Академия чилиэнэ, Саха Республикатыгар Президент сэбиэтин чилиэнэ.
Айымньылара: «Сэргэлээххэ», «Нуоралдьыма чараҥар», *Мэндиэмэннэр», «Түһүлгэ», «Таас Тумус», «Сэбирдэх уута», «Үрдүк арыылар», *Халлаан хараҕата», «Чыҥыс Хаан ыйааҕына», «Кустук».
Аан бастакы «Са´ар±а» кэпсээнэ 1974 с. «Эдэр коммунист» ха´ыакка бэчээттэммитэ. Кµннµк Уурастыырап, Иван Гоголев, Семен, Софрон Даниловтар сэргии, алгыы к³рсµбµттэр, кини µлэтигэр тирэх буолбуттар. 1976 сылтан са±алаан, бииртэн биир майгыннаспат кэпсээн суруйталыыр.
50 саа´ыгар дылы 16 сахалыы, нууччалыы сэ´энэ, романа тахсар, Саха театрын сценатын хаста да оонньоммут «Алампа, Алампа» уонна «Бырастыы» диэн драмалардаах. Библия тылын о±о±о анаан тылбаастаабыт. Драмалара, ааттара да этэринэн, саха дьонун оло±ун бы´аарыылаах кирбиитигэр дьи²нээхтик олорон, ³р³г³йд³н³н ааспыт суруйааччы А.И.Софронов, деятель М.К. Аммосов тустарынан т³´³ да ааспытын и´ин, айымньыны билигин буола турар, бµгµ²²µ олох санаатынан аа±ыллыбыт буолан оонньооччуну да умсугутар, к³р³³ччµнµ да кэрэхсэтэр театральнай искусство сайдарыгар бэлиэ суолу аспытын сыаналаан Николай Алексеевичка Саха Республикатын искусствотын µтµ³лээх деятеля аатын и²эрбиттэрэ.
Николай Лугинов прозаик, ол аата кэпсээнньит, сэ´энньит бы´ыытынан тахсыылаахтык µлэлээбит. 1978 с. µгµс к³лµ³нэ ³йµгэр хатанан хаалбыт кµндµ би´игин, ньээкэ уйатын Сэргэлээ±и «Сэргэлээххэ» диэн сэ´энинэн µйэтиппитэ.
1978с. билигин 6-с кылаастарга µ³рэтиллэр «Нуоралдьыма чара²ар» диэн сэ´эн суруйбута. Манна суруйааччы эбээ эмээхсин тылынан кэлэр к³лµ³нэ ыччакка дойду к³хс³ киэ², хана ба±арар олоруохха с³п, арай т³р³³бµт сиргин Нуоралдьыманы эрэ умнума диэн иитиллибит ийэ алааска таптал тыынын и²эрэр. Оттон ааспыт сэрии алдьархайын билэр дьо²²о алаас сордоох сэргэтэ туолбатах ыра туо´ута буолан, алаас аайы тураллар, кинилэр анны маннык алдьархай буолбатын ту´угар туруула´арга дылы.
Автор «Мэндиэмэннэр» диэн 1980 с. улугуруу кэмин уонна били²²и да кэм²э сорох талааннаах µ³рэхтээх ки´илии сиэрдээх ыччаттар. Айдаар Быстахов курдук кыайан к³мµскэммэккэ, кырдьыктарын та´аарыммакка, кынаттара сарбыллыбыттарын ту´унан суруллубут.
1981 с. тахсыбыт «Тµ´µлгэ» кинигэтэ республика±а тустуу спордун олимпийскай та´ым²а та´аарбыт Дмитрий Петрович Коркин уонна кини иитиллээччилэрэ уус-уран айымньы тылынан ойууламмыт.
Оттон «Таас Тумус» диэн сэ´энэ Николай Лугинов биир у´улуччулаах сэ´энэ нууччалыы, английскайдыы, французкайдыы тылбаастаммыта. Бу кинигэнэн Алжир норуотун конкурсугар кыттан Алжир куорат муниципалитетын Бочуоттаах грамотатынан на±араадаламмыт. Бу сэ´э²²э Кэбээйи дьоно ха´ан эрэ ааспыт олохпутун, билэр дьоммутун сирбитин-уоппутун илэ к³р³р курдукпут.
Николай Лугинов «Чы²ыс Хаан ыйаа±ынан» романыгар 12 µйэтээ±и бы´ыыны-майгыны бµгµ²²µ 21 µйэ боруогар олох утарсыыларыттан та´ааран ки´и с³±³р-махтайар гына суруйбут. Тута нууччалыы тылбаастанан араас омук бэрки´ээтэ. Бу айымньы ³бµгэбит ааспыт оло±уттан са±алаан, били²²и олохпутугар бэрт улахан суолталаах.
Бу курдук Н.А. Лугинов бары айымньыларыгар бэрт судургу, боростуой тылынан сµрдээх мындыр санаа±а, муудараай тµмµккэ тиэрдэн кэби´эр олоххо ураты к³рµµлээх, киэ² киэлилээх суруйааччы.
Холобур, «Суор» диэн кэпсээн кырдьа±ас суора уол о±о т³рµµрµн кэтэ´эн олорорун этэн баран: олох олоруу диэн кэтэ´ии: ³рµµ са²аны, сонуну, µчµгэйи, суо±у – диэн философия±а тиэрдэн кэби´эр. Эбэтэр «Кустук» диэн кэпсээ²²э иччитин сµтэрбит ыт му²наах бэйэтин ту´унан санаабакка иччитин эрэ булар санаалаах сур б³р³л³рг³ тµбэ´эн ³л³р. Манна итэ±эл сµппэтин, итэ±эл ки´и ти´эх кµµ´µгэр диэри баарын к³рд³р³р.
Николай Лугинов аа±ааччы да, критик да µтµ³ сыанабылын ылан, кµµ´µгэр кµµс, ³йµгэр ³й эбиллэн, ³сс³ да а´ыллан, холлоохтук µлэлиэ, айыа.
II. Айымньыны – уруокка, айар уонна чинчийэр улэ5э.
2.1 Н.Лугинов айымньыларын ааттара.
Ян Парандовскай этэринэн, аат айымньыны атын айымньылартан чорботор символическай бэлиэ буолар. Холобурга «Песнь о Роланде», «Сказки тысячи и одной ночи», «Робинзон Крузо» айымньылар ааттарын ким истибэтэх баарый? Бу айымньылар автордарын да аатын бүтүннүү баһыйан, «күлүк» эрэ хаалларбыттар. Саха литературатыгар Суорун Омоллоон «Күөх Көппө», «Ачаа», «Бэйэтэ эмтиэкэ» айымньыларын ааттара бүтүн норуот уос номоҕо буолбуттара даҕаны элбэҕи кэрэһилиир.Нуучча литературатыгар Н.Гоголь «Мертвые души», Н.Островскай «Как закалялась сталь», И.Тургенев «Дым», М.Горькай «Дело Артамоновых», Ф.Гладков «Цемент», А.Серафимович «Железный поток», о.д.а. символ ааттаах айымньылар үгүстэр.
Суруйааччылар айымньыларын ааттара символ суолталаналлара – саамай үгүс көстүү. Итиннэ уус-уран айымньы уратыта көстөр. Маннык ааттарга, сүнньүнэн, айымньы идеята бэриллэр, ис хоһооно түмүллэр, тугула чочуллар. С.П. Залыгин «айымньы аата реклама буолбатах, айымньы бэйэтэ буолар. Суруйааччы айымньытыгар арыйыахтаах сүрүн санаатын уот хара ааныттан аатынан биллэрэн кэбиһэр эмиэ наадата суох. Аат айымньы сюжетын сайдыытын кытта тэбис-тэҥҥэ суолтатын, өйдөбүлүн кэҥэтэн иһиэхтээх, түмүгэр ааҕааччыга дириҥ, муударай суолтаны арыйыахтаах, оччоҕосудургу да аат дириҥ ис хоһоонноох буолуо», диэбитэ Символ суолталаах аат литератураҕа баһылыыр-көһүлүүр миэстэҕэ тахсар, суруйааччы санаатын, айымньы идеятын өссө күүһүрдэр. Кини уратыта диэн –айымньыны ааҕан истэҕин аайы бу аат суолтата күүһүрэр, саҥалыы арыллан иһэр уонна айымньы идеятын, ис хоһоонүн өдүүргэ күлүүс буолар. Ол аата символ аат - бэйэтэ эмиэ кистэлэҥнээх, таайыллар таабырын.
Айымньы композициятын чинчийээччилэр үгүстэр. Л.И. Тимофеев композицияны «уус-уран айымньы уустук тутула», -диэн быһаарар,, оттон Г.Л. Абрамович «композиция диэн, айымньы кэрчиктэрин биир бутүн гына холбоон, суруйааччы олоҕу көрүүтүн уонна сыаналааһынын уобарастаан көрдөрүүтүгэр сабыдыаллыыр уус-уран айымньы тутула», - диэн бэлиэтээбитэ. Г.Н. Поспелов «Комнозиция –айымньы кэрчикгэрин уонна элеменнэрин сөпкө таҥыы, дьүөрэлээһин, кини тутула», -диир.
Көстөрүн курдук, уус-уран айымньы композицията диэн – кини тутула буоларыгар бары чинчийээччилэр тохтууллар. Ол эрэн, Г.К. Боескоров бэлиэтээбитинии, биирдиилээн айымньылары ырытыыга композицияҕа сыһыан араас буолар.
Оттон аат айымньы композициятыгар туох сыһыаннааҕый уонна туох суолталааҕый?Айымньы аата олус дьикти. Аатыгар болҕомтону уурбакка айымньыны ааҕар табыгаһа, интэриэһинэйэ суох. Омос көрдөххө, аат барыта судургу акыйах тыл холбонуутун курдук. Ол эрэн, сыныйан көрдөххө, ааҕааччыны эрдэттэн бэлэмниир, болҕомтотун тардар, айымньы түмүгүн туһунан ааҕааччыга эрдэттэн «мэҥиэ быраҕар».
Аат айымньы композиционнай таныллыытыгар улахан суолтаны ылар. Тоҕо диэтэххэ, аан бастатан туран, айымньы аата – текст сорҕото, быстыспат ситимэ. Онуоха аат суолтата айымньы ис хоһоонугар киирэн, тутулун иһинэн ханан баҕарар быһаарыллыан сөп. Ааҕааччы айымньы ис хоһоонугар ойууланар түбэлтэлэри ылбычча өйдөөбөт түгэннэрэ баар буолаллар – герой дьиҥ олоҕо, уруккутун санааһына, түүлэ, ыра санаалара о.д.а. – бары айымньы сүүрээнигэр киирэн холбоһоллор.Айымньы аата композицията сыһыанын чопчулаан көрүөххэ. Бастатан туран, аат айымньы саҕаланыытын быһыытынан аан аһыан сөп. Ол курдук айымньы ис хоһоонугар киирии быһыытынан көрүллэн композиция биир чааһа буолар. Онуоха айымньы аатыттан көрөн маннык наардааһыны оноруохха сөп:
- Аат айымньыга ойууланар түбэлтэ буолар сирин ыйар. Маннык ааттар таайтарыылаах, ааҕааччы интэриэһин күөттүүр айылгылаах буолаллар. Ааҕааччы бэйэтэ да билбэтинэн «ол онно туох буолбутай?», - диэн санаанан сирдэтэн айымньы ис хоһоонун билэ охсорго тиэтэйэр. Тоҕо диэтэххэ, айымньы аатыгар сир-дойду, событие буолар миэстэтэ эрэ ыйыллар, онтон онно туох буолбутун ааҕааччы айымньы ис хоһоонуттан билэр.
Холобура, Софр. Данилов «От үрэххэ» кэпсээнин аа5аччы болҕомтотугар түбэлтэ сирин-дойдутун ыйар. Тоҕо? Оттон Н. Заболоцкай «Алааска» кэпсээнин трагедиятын алаас тулатынааҕы хара тыа төгүрүччү бүөлээн кэбиспит. Ааҕааччы ол алааска бэйэтэ эрэ «киирдэҕинэ» барытын билиэҕэ. Итиннэ эбии В. Яковлев «Кэрэхтээххэ», Н. Лугинов «Сэргэлээххэ», «Нуоралдьыма чараҥар», Н. Борисов «Өймөкөөн тыатыгар» о.д.а. ааттаталыахха сөп.
Айымнъы аата ааҕааччыны буолан ааспыкка төнүннэрэр, ахтылҕаны көбүтэр, уруккуну кэпсиир айылгылаах буолар. Холобура, П. Аввакумов «Ол маннык этэ», Далан «Дьылҕам миэнэ», Софр. Данилов «Биһиги үһүө этибит», И. Бочкарев «Былатыан оҕо эрдэҕинээҕитэ», Н. Лугинов «Эйигин сөбүлүү көрөрүм», Н. Габышев «Былыттаах самыырдаах күн этэ», Ф. Захаров «Ол сайын» о.д.а. ааттар сэһэргээһин саҕаланыытын курдук ылыныллаллар.
Саха прозаиктара даҕаны бу ньыманы сөбүлээн үгүстүк тутталлар. П.А.Ойуунускай «Сүрэх», Н.Неустроев «Ыйдаҥа», Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм», И.Гоголев «Хара кыталык», Болот Боотур «Сааскы дьыбардар», «Уһуктуу», И.Федосеев «Холорук», Е.Неймохов «Хаһыы», Г.Колесов «Кэскил», Н.Лугинов «Үрдук арыылар», В.Гаврильева «Дьөлүһүөн уга», «Суол» о.д.а. барылара, ис иһигэр киирдэххэ, дьикти ис хоһоонноохтор.
Суруйааччы Н.Лугинов «Сэргэ» сэһэнин аата айымньы сүрүн идеятын символлаан арыйар. Автор сэргэҕэ толкуйдуур дьоҕуру, өйү-санааны иҥэрэн, кини ахтыыларын нөҥүө саха омук уруккутун, билиҥҥитин, көрдөрөр, инникитин эрэл санаанан угуттуур. Сэргэ, төһө да харааһыннар, дойдулаах, алаастаах, инникигэ эрэллээх турар. Киниэхэ утары тутуллан айымньыга сиккиэр тыал персонаж быһыытынан киирбит. «Кэрэттэн, айылҕаттан арахсан киһи дууһата туоххаһыйарын, кураанахсыйарын ойуулуур. Дууһата кураанахсыйбыт киһи биир сиргэ тохтообот, туох да туһалааҕы, үйэлээҕи айбат-тулпат ыраас санааламмат, дуоспуруннааҕы толкуйдаабат, туохха да эрэммэт, кэпсээнниин кэмчи, сонуннуун оттомо суох, сааскы уулуу устугас, сиккиэр тыаллыы симэлийимтиэ аналлаах». Онон суруйааччы сэргэнэн символлаан хас биирдии киһи төрөөбүт дойдутун сүрэҕэр-быарыгар чугас тутуохтааҕын, өбүгэ үгэһин харыстаан, сүтэрбэккэ, келүөнэттэн көлүөнэҕэ тириэрдэн иһиэхтээҕин, төрүт үгэстэриттэн тэйэн устугас тыалга кубулуйуо суохтааҕын туһунан этэр.
Н.Лугинов аат тыллары үгүстүк туттар: «Таас тумус», «Сэргэлээххэ», «Мэндиэмэннэр», «Суор», «Сэргэ», «Кустук» о.д.а
2.2. Уруоктар. Чинчийэр улэ.
¥³рэтэр программаҕа киирбит Н.А. Лугинов айымньылара:
5 кылаас – “Чыркымай”
6 кылаас – “нуоралдьыма чара²ар”
8 кылаас – “Айгылла”, “Суор”
11 кылаас – “Алампа, Алампа”
Оскуолаҕа программа иһинэн үөрэтиллэр Н.Лугинов айымньылара үксүн быһа тардыылар, тэттик кэпсээннэр. Айымньыны үөрэтиини түмүктээһиҥҥэ ырытыыны, араас санаа утахтарын түмэн, ситимнээн, уус-уран айыы ис номоҕуттан тахсар биир сомоҕо дьоһун санааларга уөрэнээччини тиэрдэргэ дьулуһуохха. Бу соругу ситэргэ түмүктүүр уруокка үөрэнээччилэр санааларын сааһылаан суруйар, чинчийэр сорук турар. Оччоҕуна эрэ уус-уран айымньы мунура суох дириҥин, санааттан санааны саҕар, толкуйу тобулар, өйү үрдэтэр, киһини айымньылаах үлэҕэ чинчийэр таһымҥа таһаарар кыахтаах.Кылаас таһынан айымньыны ааҕыыны тэрийэн ыытыы ньымаларын нуучча литературатын методистара Н.Н. Светловскан, Т.Д. Полозова, Л.С. Кудрявцева үлэлэригэр көрүөххэ сөп. Саха литературатын методикатыгар кылааһы таһынан ааҕыы ис хоһоонун, тиһигин, дьарыктанар корүҥнэрин Н.И. Филиппова анаан чинчийбитэ.
Чинчийэр үлэлэри орто сүһүөх кылаастарга, оҕо талан ылан толороругар кыаҕы биэрэн, туһаныахха сөп. Орто саастаах оскуола оҕотун сүрүн эт-хаан, өй-санаа өттунэн туруктарын, уратыларын туһунан биллэр психологтар чинчийбит үлэлэрэ үгүс. Чинчийиилэргэ уөрэтии психологическай өрүтүн ситэ учуоттаабаттан үлэҕэ үгµс итэҕэстэр, алҕастар тахсаллара бэлиэтэнэр.
Чинчийэр үлэ сүрүн соруктара;
- төрөөбүт литератураҕа интэриэһи көбүтүү, үгүс кэрэ өрүттэри арыйан
умсугутуу; - үөрэнээччилэр билэр-көрөр баҕаларын салгыы сайыннарыы, төрөөбүт
литератураны дириҥник үөрэтэргэ кө5улээьин;
- тылга дьоҕуру иҥэрии;
- араас өрүттээх иитэр-үөрэтэр үлэни тэрийии, сиэр-майгы муударастарын биллэрии.
Кылаас таьынан аа5ыы уруога.
(Терехова А.П. 8 кылаас)
Уруок темата: Николай Алексеевич Лугинов «Таас Тумус» сэһэнин сүрүн геройун прототиба.
Формата: Кылаас таһынан ааҕыы уруога.
Корүҥэ: Көрдүүр-чинчийэр үлэ.
Уруок сыала:
1.Николай Луганов «Таас Тумус» сэһэнин сүрүн геройун прототибын олоҕун билиһиннэрии.
2.Киһи олоххо ураты дьылҕалаах буоларын өйдөтуу.
Уруок соруга:
-Түмүктүүр уруокка бөлөҕүнэн толорууга бэриллибит дьиэтээҕи үлэни истии: 1 бөлөх — Николай Лугинов олоҕун, айар үлэтин туһунан матырыйаалы тумуу; 2 бөлөх — сэһэн ис хоһоонун ырытыы; 3 бөлох –сэһэн прототибын олоҕун туһунан ахтыы хомуйуу.
- Кылааска сүрүн геройу уонна прототип сэһэнинэн дьылҕаларын тэҥнээн көрүу.
- Үлэни түмэн хаьыат оноруу.(Компьютернай)
Уруок хаамыыта;
Бөлөҕүнэн толоруллубут дьиэтээҕи үлэни истии.
Iбөлөх дьиэтээҕи үлэтин түмүгэ: Лугинов Николай Алексеевич олоҕо, айар үлэтэ.
2 бөлөх дьиэтээҕи сорудаҕа: «Таас Тумус» сэһэн ис хоһооно.
Кэбээйи улууһун Китчэн учаастагар ураты дьылҕалаах киһи олорон ааспытын саха народнай суруйааччыта Николай Алексеевич Лугинов «Таас Тумус» сэһэнигар суруйбута. Сэһэҥҥэ сүрүн герой Тойбол олоҕун устата Таас Тумус кытыытыгар оонньуу сылдьан сүппүт оҕотун көрдүүр.Тойбол кэргэннээх. Кинилэр иккис оҕолорун күүтэллэр. Тойбол булчут буолан, ыраах бултуу барар. Ол кэмҥэ кэргэнэ Даайыс уу баһа сылдьан, халтарыйан охтон оҕоллонор. Кини улахан ыйдаах ыарахан. Хаан-билик буола сытар Даайыһы ааһан иһэр борохуот дьоно көрөн быыһыыллар. Даайыс кыыс оҕону т³рөтөөт өлөр. Оҕону борохуот капитана Михей илдьэ барар. Кинини Сардаана диэн ааттыыллар.Тойбол оҕо торөөбүтүн билбэт. Кини өрүс кытыытыгар хаалбыт үстээх кыыһын к³рдүүр. Өрүскэ оҕо өлүгүн булбаттар, арай, тыҥтын эрэ булаллар. Дьон бары оҕону өлбүт дииллэр, Тойбол санаатыгар оҕото тыыннаах. Таас Тумустан арахсыбакка оҕотун кэтэһэр, оҕотун барбыт-кэлбит дьонтон ыйыталаһар. Сэһэн түмүгэр, оҕонньор өлбүтүн кэннэ, Михей ииппит кыыһа Сардаана Таас Тумуска оҕотунаан калэр.
3 бөлөх дьиэтээҕи сорудаҕа: Прототип – Христофор Максимович Яковлев.Прототип диэн айымньы уобараһын айарга тирэх буолбут дъиҥнээх олоххо баар киһи. Бу туьунан ор сылларга библиотекарынан улэлээбит Левина Зинаида Ивановна( Куокуйтан торуттээх) ахтыытын туьаммыттар :Сэһэн прототиба Христофор Максимович Яковлев дьонун кытары Китчэн диэн бөһүөлэккэ олорбут. Кини 1904 сыллаахха төрөөбүт. Бииргэ төрөөбүттэрэ түөрт уол. Китчэн — уруккута аатырбыт саһыл фермата турбут бөһүөлэгэ этэ. Бастыҥ үлэлээх ферманан биллэрэ 1936-1937 сс. Бөһуөлэк быһыытынан олохсуйан барбыт. Бөһүалэккэ араас омук олорбут: саха, нуучча, эбээн. Уопсайа 200-чэкэ киһи олорбут.1969 с.эстибит.
Герой уонна прототип дьылҕаларын тэҥнээн коруу.
Тойбол дьылҕата | Христофор Максимович дьылҕата |
Таас Тумус терүт олохтооҕо | Китчэн олохтооҕо.кэрганнэнэн баран Таас Тумуска олохсүйар |
Булчут | Булчут |
Куокуйтан төрүтгээх кэргэннээх | Куокуйтан төрүттээх кэргэннээх |
Икки кыыс оҕолоох | Биир кыыстаах |
Таас Тумус борохуот тохтуур сирэ | Таас Тумус борохуат тохтуур. Сирэ |
Улахан кыыһа Даайа үс саастааҕар сүтэр | Соҕотох шыһа үс саастааҕар сутар |
Бастакы кыыһа сураҕа суох сүтэр, иккис кыыһа Сардаана аҕата өлбүтүн кэннэ, оҕотунаан дойдутугар төннөн кэлэр | Сүппүт оҕотун булбат |
Таас Тумуска к³мүллэр | Куокуйга квмүллэр |
Түмүк: Саха народнай суруйааччыта Николай Лугинов «Таас Тумус» сэһэнигэр прототип дьылҕатын толору суруйбут. Уус-уран айымньы буолан, сэһэҥҥэ оҕонньор утума салҕанар.
Үлэни тумэн хаьыат оҥоруу.
Хаьыат аата «Николай Лугинов «Таас Тумус сэһэнин сүрүн геройуи прототиба».
Тумук.
Чинчийэр улэни суруйааччы айымньыларын ырытыыга ыытыллар. Ол курдук улууска ыытыллар Сметанинскай аа5ыылартан са5алаан Лугиновскай аа5ыыга уонна «Кэскилгэ хардыы» НПК тиийэ чинчийэр улэлэри комускээтилэр.
Суруйааччы айымньыларын диринник хорутан ырытан, эдэр чинчийээччилэр «Олох олоруу-ки´и анала», «Н. Лугинов айымньытыгар айыл±а±а сы´ыан», «Н.Лугинов айымньыларыгар уол о±ону иитии», «Суруйааччы айымньыларыгар дойду ахтыл±ана», «Н. Лугинов сэ´эннэригэр дьµ´µннµµр туохтуурдар», «Н. Лугинов «Нуоралдьыма чаранар» сэьэнигэр эбээ муудараьа», «Мин Нуоралдьымам», «Торут буор тардыыта» о.д.а. темаларга улуьуйэн улэлииллэр.
III. Кылаас таьынан улэ5э суруйааччы айар улэтин туьаныы
Кылаас таһынан айымньыны ааҕыыны тэрийэн ыытыы ньымаларын нуучча литературатын методистара Н.Н. Светловскан, Т.Д. Полозова, Л.С. Кудрявцева үлэлэригэр көрүөххэ сөп. Саха литературатын методикатыгар кылааһы таһынан ааҕыы ис хоһоонун, тиһигин, дьарыктанар корүҥнэрин Н.И. Филиппова анаан чинчийбитэ.
3.1. «Дьо5ур» пост суруйааччы оло5ун, айар улэтин билиьиннэриигэ улэтин уоруйэ5э.
О±о ис кыа±ын эрдэттэн арыйарыгар талаанын, дьо±урун сайыннарарыгар тѳhµµ кµµhµнэн учуутал буолар. Υлэни табатык хайысхалаан са±алаатахха, о5ону бэйэ5э тардан интириэhиргэттэххэ, уруок таhынан эбии дьарыкка сайыннарар сыаллаах кылаас таhынан µлэни тэрийии суолтата олус кµµстээх, µтµѳ тµмµктэрдээх буолар.
Хас оскуола ахсын эдэр корреспонденнар тµмсµµлэрэ ситиhиилээхтик µлэлиир. Маннык тµмсµµлэр, куруhуоктар о±о талаанын арыйарыгар, инники идэтин таларыгар, туохха барытыгар айымньылаахтык сыhыаннаhарыгар тирэх буолар.
Куру´уок актуально´а обургу о±о айар дьо±урун, толкуйун, дьону кытта сы´ыанын, бэйэтин бы´ыытыгар-майгытыгар, тылыгар эппиэтинэстээх, олоххо к³хт³³х буолуутун кытары бы¤аччы сибээстээх. Бу хаачыстыба барыта о±о ки´и бы´ыытынан иитиллэн тахсарыгар улахан оруолу ылар. Куру´уок о±о дьо±урун эрэ сайыннарар буолбакка, оскуола общественнай оло±ор к³хт³³х буоларыгар сабыдыаллыыр кыахтаах. Ону тэ²э, о±о идэни таларыгар, айар µлэтин сайыннарарыгар, олохтоох киин пресса±а сатаан µлэлииригэр к³м³л³´³р.
Куру´уок сыала: о±о санаатын сааhылаан суруйар, чинчийэр, айымньылаахтык µлэлиир эйгэтин табыгыстаахтык µѳскэтэн, са²аттан са²аны са±ар, толкуйу тобулар, ѳйµ µрдэтэр, олоххо кѳхтѳѳх, сэргэх буоларын сити´ии.
¥лэ сыалын сити´эргэ маннык кэккэ сорук турар:
- Айар дьо±уру сайыннарыы;
- Тыл культуратын µ³рэтии;
- Радио, телевидение, пресса µлэтин ту´унан ³йд³бµлµ биэрии;
- Оскуола, нэ´илиэк сонунун улуус, республика ха´ыаттарыгар сырдатыы;
- Ыйга иккитэ оскуола и´инэн ха´ыат та´аарыы;
- Нэдиэлэ ахсын оскуола радиоузелынан биэриилэри бэлэмнээ´ин;
- Уус-уран аа±ыыларга кыттыы.
Салайааччы соруга:
- О±о куру´уок дьарыгар айар µлэтинэн кыттарын сити´ии;
- СМИ µлэтин ту´унан ³йд³бµлµ биэрии;
- О±о±о журналистика сµрµн жанрдарын кытта били´иннэрии;
- О±ону оскуола ха´ыатын та´аарарыгар к³м³л³´µµ;
- О±о айар µлэтэ, толкуйа олоххо киирэригэр, бэчээттэнэригэр дьарыктаа´ын;
- Журналистика салаатыгар киирэр айар кµрэххэ наада буолар о±о публикацияларын бэлэмнээ´ин;
- Ха¤ыакка сурутууну к³хт³³хтµк ыытыы.
¥³рэх тµмµгэр µ³рэнээччи манныгы сатыахтаах:
- тиэкис истиилин бы´аарар, ал±астары булан к³нн³р³р, тупсаран биэрэр;
- ха´ыат ыстатыйатын ырытар, бэйэ санаатын сатаан толору этэр;
- араас жанрга барытыгар ³йт³н суруйар;
- оскуола ха´ыатын сатаан о²орон та´аарар;
- радио±а матырыйаал к³рд³³н булар, бэлэмниир;
- уус-ураннык аа±ар буолар;
- дьону кытта уопсай тылы тµргэнник булар.
Биhиги оскуолабыт улэтин, оло5ун отутус сыллартан аан бастаан республика5а билиhиннэрбит о5онон, кэлин буойун суруйаачы – поэт, прозаик, драматург Тимофей Егорович Сметанин буолар. Кини 30 – 40 сыллардаахха суруйбут заметкалара оскуола тугунан тыынан олорорун туhунан «Бэлэм буол» хаhыакка угустук тахсыбытын билэбит. Ити кэмтэн ылата о5олор биирдиилээн да, бѳлѳ5унэн да суруйбуттара угус. Оттон биhиги билинни оскуолабытыгар «Дьо5ур» диэн эдэр корреспонденнар куруьуоктара 1991сылтан улэлиир. 1994 сылтан «Бэргэн» о5о республикатаа5ы прессатыгар 55 нуѳмэринэн, кэлин 27 №-нэн (2009с.) регистрациаламмыта. Куру´уогу 1994 сылтан 2010 сылга дылы Павлова Роза Евсеевна салайбыта.
2010 сылтан «Дьо±ур» эдэр корреспонденнар куру´уоктарын о±о айма±ы ³й-санаа, дьо±ур-талаан ³ттµнэн сайыннарар сыаллаах саха тылын уонна литературатын учуутала Павлова Мария Егоровна салайан µлэлэтэр.
Сµрµн сыалынан о±о санаатын саа´ылаан суруйар, чинчийэр, айымньылаахтык µлэлиир эйгэтин табыгастаахтык µ³скэтии, са²аттан са²аны са±ар, толкуйуа тобулар, ³йµ µрдэтэр, олоххо к³хт³³х, сэргэх буолар, сонуннары кырдьыктаахтык сырдатар, олох кэрэтин сыаналыырга у´уйуллуу буолар. Манна 5-11 кылаастартан ба±алаах о±олор дьарыктаналлар.
Куру´уок 4 хайысханан µлэлиир:
-«Дьо5ур» диэн оскуола и´инэн хаhыаты таhаарыы;
- Оскуола радиоузелынан сонуннары биэрии;
- «Кэскил», «Юность севера» хаhыакка сурутуу, хаhыаттар ыытар араас кµрэстэригэр кыттыы;
- уус-уран аа±ыынан дьарыктаныы.
Ыйга иккитэ «Дьо±ур» диэн ха´ыаппыт маннык рубрикалардаах:
- Оскуола сонуннара
- Нэ´илиэк сонуннара
- Сиэр-туом
- Ч³л олох
- У´улуччулаах дьон оло±уттан
- Олохтоох суруйааччылар
- £бµгэ сиэрэ
- Уйул±а
- Санаа ситимэ
- Уоскула²
- Айар µлэ
Биир дойдулаахпыт, киэн туттар суруйааччыларбыт олохторо, айар µлэлэрэ “Дьо±ур” ха´ыат ти´игин быспакка сырдата турар.
Ол курдук, Дьо±ур 2010 сыллаа±ы 1 №- ригэр “Олохтоох суруйааччылар” диэн бала´а±а Николай Алексеевич Лугинов оло±о уонна айар µлэтэ сырдатыллыбыт.
2011 – “£бµгэ сиэрэ” бала´а±а “Эбээ µ³рэ±э” диэн Николай Лугинов о±о саа´ын ту´унан Максимова Таня ыстатыйата тахсыбыта.
2012 – “Айар муннук” бала´а±а о±олор Николай Лугиновка анабыл хо´оонноро тахсыбыттара.
2013 – Николай Алексеевич Лугинов 65 саа´ын к³рс³ анал ха´ыат та±ыста.
Онон, “Дьо±ур” эдкорпост ти´игин быспакка улууспут суруйааччыларын олохторун, айар µлэлэрин чинчийэр, ырытар, ха´ыакка сырдатар.
2 хайысха. Оскуола тэттик сонуннарын, бэлиэ даталар тустарынан радиоузелынан нэдиэлэ ахсын тахсар. Бу хайысха сµрµн сыала – о±о араас ³ттµнэн эргиччи сайдыыта. О±ону информацияны с³пк³ ³йд³³н дьо²²о тиэрдэригэр сибээ´ин бы´аарарыгар, холобурдары тэ²нээн к³р³рг³ µ³рэтии, бэйэтин µлэтин с³пт³³хтµк сыаналанарыгар кыах биэрии уонна оскуола о±отун информационнай эйгэ±э олох олороругар бэлэмнээ´ин.
¥бµлµ³йдээх суруйааччыларбыт саха литературата сайдарыгар туох оруоллаахтарын, о±олорго аналлаах айымньылар иитэр-µ³рэтэр суолталарын радио-узел н³²µ³ юнкордар сырдаталлар.
Быйыл ахсынньы 7 кµнµгэр Николай Алексеевич Лугинов 65 саа´ынан тэттик биэрии тахсыбыта.
3.2.»Тэгэлик» телестудия суруйааччы айар улэтин сырдатыыга улэтэ
«Тэгэлик» оҕо телестудията 1995 сыллаахха тэриллибитэ. Бастакынан, тэгил дойду диэн баар, судургутук ойдоотоххо ыраах, чиэски сир диэн, иккиһинэн, ойон тэгэлийэн тахсар күн диэн этии эмиэ баар. Дьэ, буөйдөбүллэри холбоон, оҕолор ырааҕынан ыырдаах, сырыылаах-мэһиилээх, ол тэнэ киэнинэн энсиилээх кэпсээннээх, өрүү сырдыгы, сылааһы эрэ сьшьаайар дьон буоллуннар диэн биир идэлээҕим, Саха Республикатын утуолээх учуутала, Васильева Анна Николаевна алгыһын инэрэн ааттаабыта. Атын сирдэргэ оҕо телестудияларын үксүн кэриэтэ эбии үөрэхтээһин педагогтара үлэлэтэллэр. Онтон биһиги оскуолабытыгар саха тылын уонна литературатын учууталлара көҕүлээн ыытабыт.
Телестудияны 2001 сылтан мин салайабын.«Тэгэлик» оҕо телестудията бэйэтин-бэйэтэ салайынар көҥүл түмсүү буолар.
Сыала: оҕо уйулҕатын уһугуннаран сайдар кыаҕын арыйыы, дьоҕурун, талаанын сайыннарыы.
Соруктар:
Бииргэ үлэлииргэ оҕо интэриэһин көбүтүү, биир сомоҕо буоларга иитии.
Хас биирдии оҕо ураты сайдыытын учуоттаан, ис кыаҕын уһугуннарыы.
Студия девиһэ: Сайдары санаа, кэрэҕэ дьулус!
Студия тутуһар үөрэҕэ, үгэһэ:
-Бэйэҕэр эрэлгин сутэримэ.
-Үтүөнү үксэт!
-Мэлдьи саҥаны билэргэ, сайдарга дьулус!
Үлэбит сүрүн хайысхалара:
1.Уран тыл күүһүн инэрэн, телестудия үлэтигэр үөрэтии.
2.Айар, толкуйдуур дьоҕур тобулларыгар пресс-киин үлэтигэр кыттыы.
З.Оҕо талаанын арыйыыга «Мэник» сурунаалтан сиэттэрэн, киинэлэри туруора, уста үөрэтии.
Оҕо телестудиятын үлэтэ ураты үлэ буолар, бүтүн коллектив үлэтэ түмүллэн анал биэрии тахсар. Оҕолор кэпсиир текстэрин эфиргэ кэлэн суруллубуту эрэ ааҕан биэрээччи курдук буолбакка, бэйэ билбитин, дьоҥҥо тиэрдэр толкуйдаах туттан-хаптан кэпсииллэригэр Биэриилэри анал рубрикаларынан таһаарабыт. «Оскуолабыт сонуннара – аата да этэринии, оскуолабытыгар ыытыллар тэристэр туох өрүттээхтэрин ымпыктаан көрө-билэ, сыаналыы үөрэнэллэр, «Истинник саныыр тугэннэрим» рубрикаҕа үтуө дьон тустарынан анал биэриилэри таһаарабыт. «Инники кэскилгин умнума» рубрикаҕа доруобуйа – олох төрдө буоларын өйдөтөн элбэҕи кэпсиибит, «Биһиги чөл олох иһин» республиканскай видеоролик күрэҕэр кыттыбыппыт. «Ай уонна тобул» рубриканы айар дьоҕурдаах оҕолорго кыым кыбытар бадалаах киллэрбиппит.
Көрөөччүлэр бу балаһа тахсарын олус күүтэллэр» Дьиэттэн тахсар дьиктилэр» рубрикаҕа студиябыт иһинэн үлэлиир «Сыккыс» пресс-кииннэ дьарыктанар оҕолор маҥнайгы холонууларынан «Мэник» сурунаалы устан көрдөрөбүт. Билигин бу балаһаттан сиэттэрэн, оҕолор бэйэлэрэ сценарий суруйан, режиссердаан, оператордаан киинэлэри устарга холоноллор.
Билигин үөрэхтээһин эйгэтигэр оҕону олоххо бэлэмнээх буоларыгар бары оттµнэн сайыннарыы соруга турар. Ол иһигэр айар талааны арыйыы үөрэнээччи киһи быһыытынан иитиллэн тахсарыгар улахан оруолу ылара саарбахтаммат. Сылын аайы кэриэтэ суруйааччылар үбүлүөйдээх сылларыгар анаан оскуолаҕа, улууска араас литературнай мероприятиелар тэриллэллэр. Маннык кэрэ-бэлиэ түгэннэргэ тэгэликтэр учууталга бастын көмөлөһөөччу буолаллар. Научнай таһымнаах конференция ыытылларыгар дакылаат суруйан көмүскээн ситиһии көтөллөнөллөр.Бу сыллар тухары биир дойлулаахпыт Т.Е. Сметаниҥҥа сыһыаннаах араас хайысхалаах үлэ барда. Т.Е. Сметанин олоҕун олуктарын, айар үлэтин сиһилии билиһиннэриигэ «Тэгэлик» оҕо телестудиятын оруола улахан. Онуоха суруйааччы аймахтарын, үөлээннээхтэрин ахтыыларын туһаныы көдьуүстээх. Саамай улахан ситиһиибитинэн 2004 сыллаахха суруйааччы 85 сылын корсө «Син биир этиэҕим сирдээҕи дьолу билэбин диэн» документальнай киинэни устубуппут. Киинэҕэ нэһилиэкпит ытык кырдьаҕастара Сметанин Ф.П., Олесова (Сметанина) Ф.С., Сметанина А.А., Левина З.И., Гуляева З.И., Максимова Т.И. о.д.а. кыттыбытгара. Ону тэнэ суруйааччы олоҕун толору сырдатарга «Мэниккэ» оонньуур оҕолорбут үгүс түгэни, айымньылартан быһа тардан оонньоон көрдөрбүттэрин корөөччү ылыммыта, астыммыта. Саамай улахан сэнээриини кыраайы үорэтэр музейтан матырыйаалы туһаныы ылбыта.«Сыккыска» дьарыктанар оҕолортон Маша Федорова, Дуня Лугинова «Быһыйа Боотур» диэн олонхо-тойугу суруйбуттарын сэнээрэн, «Сардаана» детсад иитээччитэ Сыроватская Айта Моисеевна кырачааннарга туруорбута олохтоох биэриинэн хаста да тахсыбыта.«Улуу саха, улахан талаан» диэн анал таһаарыыбыт «Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр ханаал биэриитинэн тахсыбьгта.«Убайбытын утумнаан» диэн анал хомуурунньук таҕыста. Бу хомуурунньукка оҕолор Тимофей Сметанинна анаабыт хоһоонноро киирдилэр, ону тэҥэ араас сылга «Сметанинныы хоһуйдахха» күрэх кыайыылаахтарын үлэлэрэ түмүлүннэ. Ону танэ Маша Федорова «Ыраахха ынырар ыллык» уонна Маша Иванова «Сырдык садах сарданалара» кинигэлэригэр талааннаах суруйааччыга анаабыт хоһоонноро, кэпсээннэрэ таҥыллан киллэрилиннилэр.Тимофей Сметанин олоҕор сыһыаран Улуу Кыайыы 60 сылын көрсө «Олох ситимэ» диэн киинэни бэрт өр ылсыһан уһулбуппут. Киинэ сценарийын Туяра Левина, Маша Ноговицына суруйбуттара. Сүрүн оруолга Тимофей Сметанин аймаҕа, 94 саастаах Федор Прокопьевич Сметанин оонньообута. Оҕонньор сүппµлүөрүнэн саҥарара, оччолорго аппарат кэппэт этэ. Онон олус уһуннук үлэлээбиппит. Бу киинэбит төрөөбүт тыл декадатыгар кыттан, Үөрэх миниистирэ Феодосия Васильевна Габышева махтал суругунан бэлиэтэммитэ.
Улуу Кыайыы 65 сылын көрсө ыытыллар республикатааҕы «Живые голоса ветеранов» күрэххэ кыттан «Сметаниннар Ийэ дойду көмускэлигэр» документальнай киинэни устубуппут. Бу документальнай киинэбитигэр улууспут ытык кырдьаҕаһа Федор Прокопьевич Сметанин, 98 саастаах кырдьаҕас, Олесова (Сметанина) Февронья Степановна, 90 саастаах үлэ, тыл ветерана, Сметанина Екатерина Егоровна – суруйааччы бииргэ төрөөбүт балта, сиэн быраата Саша Сметанин кыттыбыттара.
Т.Е.Сметанин 90 сааһын көрсө «Т.Е. Сметанин айымньыта — олох оскуолата» диэн бырайыагы оҥорбуппут. Ол бырайыак Т.Е. Сметанин айымньыларын оҕо ааҕар, өйдүүр кыаҕын үрдэтээри суруйааччы айымньыларынан уус-уран киинэни усталларыгар кыаҕы биэрэр, интэриэһи үөскэттэ. Онтон тэгэликтэр бэйэбит Аня Эверстова суруйуутунан, «Куһу ураҕаһынан бултуурбут» диэн киинэни дьон дьүүлүгэр таһаарбыппыт.
Онон оҕо личность быһыытынан ис туругун арыйарыгар, өйгө онорон көрөр кыаҕын уһугуннарарыгар суруйааччы олоҕун, айымньыларын үөрэтиигэ «Тэгэлик» телестудия тирэх буолар.
Олохтоох суруйааччылар тустарынан айар улэ курэ5эр кыттабыт.О5олор улуустаа5ы, республикатаа5ы курэхтэргэ ситиьиилэрэ элбэх.
Народнай суруйааччы, биир дойдулаахпыт Н.А.Лугинов оло5ун, айар улэтин билиьиннэрэргэ «Тэгэлик» телестудия кэккэ улэни ыытар. Ол курдук, Н.Лугинов бииргэ уорэммит уолээннээхтэрин, учууталларын ахтыыларын тумэр уонна эдэр аа5ааччылар айымньыттан ылбыт санааларын тумэн, анал биэриигэ туьанар. «Алаас ахтыл5аннаах алыба» диэн анал таьаарыыга суруйааччы Н.Лугинов туьунан ахтыылар, айымньыларыттан хоьоонноохтук аа5ыы уонна народнай суруйааччы 65 сааьыгар анаммыт Таас тумуска ыытыллыбыт тэрээьин туьунан аа5ааччылар санаалара тумулуннэ.
Т¥М¥К
Тµмµк кэриэтэ эттэххэ,
1. Суруйааччы айымньыларын уруокка, айар уонна чинчийэр улэ5э туьанан, о5ону айымньылаах улэ5э, чинчийэр таьымна таьаарар кыах баар;
2. Кылаас таьынан улэ5э суруйааччы айар улэтин туьаныыга оскуолабытыгар улэлиир «Дьо5ур» эдкорпост тиьиктээх улэни ыытарын улэтин уоруйэ5иттэн билистибит;
3. «Тэгэлик» телестудия Николай Лугинов айар улэтин сырдатыыга улэтин, о5ону ой-санаа оттунэн иитэргэ туьанарын быьаардыбыт.
4. Народнай суруйааччы Н. Лугинов айымньыларын аа±ыыны ырытыыны тэрийии - иитии биир хайысхатынан буоларын куруьуоктар улэлэрэ бигэргэтэр.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Норуот утуо угэстэригэр тирэ5ирэн о5ону иитии ньымалара.
Норуот утуо угэстэригэр тирэ5ирэн о5ону иитии ханнык да кэмнэ кодьууьэ улахан буолуо5а ....
Дьиэ кэргэн уонна оскуола – о5ону иитиигэ
Бу улэлэр барыта о5ону иитиигэ суолтата улахана саарба5а суох. О5о иннигэр тереппуттэр, кырдьа5астар эппиэтинэстэрэ урдуур. Бу ытык иэс, утумнааьын, удьуордааьын, туйах хатарааччыны иитии. Оччо5уна эр...
Доклад на тему "Н.А.Лугинов айымньыларыгар уол о5ону иитии"
Саха народнай суруйааччыта Н.А.Лугинов айымньыларыгар уол о5ону иитии үгэстэрэ...
А.Е.Кулаковскай “Саха интеллигенциятыгар” сүөһүнү иитиигэ көрүүлэрэ
А.Е.Кулаковскай "Саха интеллигенциятыгар" сүөһүнү иитиигэ көрүүлэрэ...
А.Е.Кулаковскай “Саха интеллигенциятыгар” сүөһүнү иитиигэ көрүүлэрэ
А.Е.Кулаковскай "Саха интеллигенциятыгар" сүөһүнү иитиигэ көрүүлэрэ...
Технологическая карта урока "Н. Лугинов "Айгылла" кэпсээнэ"
Технологическая карта урока по якутской литературе в 8 классе. На тему: "Н. Лугинов "Айгылла" кэпсээнэ"...
Доклад на тему: "Воспитание любви к Отечеству посредством художественного слова на основе произведений Николая Алексеевича Некрасова"
Доклад на районных Рождественских образовательных чтений «Традиции и новации: культура, общество, личность»...