Сахалыы садаачалар хомуурунньуктара
учебно-методический материал по математике (5 класс) на тему

Данилова Мария Михайловна

Садаачалар 5 кылаас программатыгар сөп түбэһэллэр.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл kebeeyi_uluuha.docx192.04 КБ

Предварительный просмотр:

“Кэбээйи улууһа (оройуона)” МХ

Ньидьили орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата

 C:\Users\Мария\Pictures\th22.jpg

Сахалыы садаачалар хомуурунньуктара

Хомуйда: Данилова М.М.

Чагда, 2015

Иһинээҕитэ

  1. Натуральнай чыыһылалар
  2. Айан, суол
  3. Доруобтар
  4. Бырыһыан
  5. Иэннэр, сабардамнар

C:\Users\Мария\Desktop\сайт\plat.gif

Натуральнай чыыһылалар

  1. Оскуолаҕа 150 оҕо үөрэнэр, онтон 16 үөрэнээччи оскуоланы бүтэрэн барбыт. Күһүн маҥнайгы кылааска 12 оҕо киирбит буоллаҕына, билигин оскуолаҕа төһө оҕо үөрэнэрий?
  2. АЗС-ка 6340 т бензин баар. Бастакы күн 834 т бензини, иккис күн бастакытааҕар икки төгүл аҕыйаҕы, үһүс күн иккистээҕэр 229 т-нан элбэҕи атыылаабыттар. АЗС-ка төһө тонна бензин ордубутуй?
  3. Кылааска 10 уол баар, ол кыргыттар ахсааннарынааҕар 2 төгүл элбэх. Кылааска барыта хас оҕо үөрэнэрий?
  4. Дьиэ маҥнайгы этээһиттэн үһүс этээһигэр диэри холбоон 15 квартира баар. Оччоҕо ити дьиэҕэ барыта хас квартира баарый, өскөтүн дьиэ сэттэ этээстээх буоллаҕына?
  5. Бэрдьигэстээхтэн Покровскайга диэри  суол устата 100-тэн 130 км иһинэн. Өскөтүн покровскайтан Дьокуускайга диэри 80 км буоллаҕына, Дьокуускайтан Бэрдьигэстээххэ диэри хас км иһинэн эбитий
  6. Таһаҕас таһыытыгар икки массыынаны биэрбиттэр. Бастакы массыына 5 тонна таһаҕаһы, иккис 1 тоннанан аҕыйах таһаҕаһы тиэйэр. Массыыналар үстүүтэ сылдьыбыт буоллахтарына, барыта төһө тонна таһаҕаһы тиэйбиттэрий?
  7. Лена өрүс саамай улахан салаата Бүлүү өрүс 2650 км уһуннаах, оттон Алдан өрүс 377 километрынан кылгас. Алдан өрүс уһунун бул.
  8. Ыскылаакка 3548 ц хортуоппуй баар. Намҥа 870 ц хортуоппуйу, Тулагыга 48 ц-нэн агыйах хортуоппуйу, Горнайга ити икки бөһүөлэккэ ыыпыттарынааҕар 180 ц-нэн аҕыйах хортуоска барбыт. Ыскылаакка төһө хортуоска хаалбытый?
  9. Биир кирээдэҕэ Хара кыталык моонньоҕон  24 угун, иккискэ m угу олордубуттар. Хаһыҥ түһэн 6 ук үлүйбүт. Этиллиитэ оҥорон, төһө моонньоҕон уга хаалбытын быһаар, өскөтүн m 20; 26 буоллаҕына.
  10.  Үс кылааска барыта 71 үөрэнээччи баар. Бэһис кылааска алтыс кылаастааҕар 4-нэн элбэх оҕо уонна сэттис кылаастааҕар 3-нэн аҕыйах оҕо баар. Кылаас аайы хастыы оҕо үөрэнэрий?
  11.  Уолаттар сарсыарда эрдэ туран алааска оттуу киирбиттэр. Ньургун 7 чааска, Мичил киниттэн 13 мүнүүтэнэн эрдэ, Кэскил Мичилтэн 4 мүнүүтэнэн хойут, оттон Айсиэн Кэскилтэн 10 мүнүүтэнэн хойут барбыт.Уолаттар ханнык бэрээдэгинэн алааска киирбиттэрий?
  12.  Коля маҕаһыынтан 13 тэтэрээти атыыласпыта буоллар 2 солк ордуо этэ, оттон 15 тэтэрээккэ 10 солкуобай тиийбэт. Коля төһө харчылааҕый?
  13.  Маска хас да  тураах олорбут. Эбии 3 тураах көтөн кэлбитигэр, 5 тураах көтөн барбыт. Маска 2 тураах хаалбыт. Бастаан маска хас тураах олорбутуй ?
  14.  12 дьааһык банаан ыйааһына 9ц 12 кг, оттон 16 дьааһык груша ыйааһына 5 ц 44 кг. Биир дьааһык банаан ыйааһына биир дьааһык грушаттан төһөнөн ыараханый?
  15.  Оҕолору сайыҥҥы “Дьоҕур” лааҕырга ыытаары хас да автобуһу үлэспиттэр. 270 оҕону автобус аайы тэҥ ахсаанынан олрдубуттар. Ону таһынан автобус аайы иккилии салайааччы олорбут. Хас автобус баарый, өскөтүн автобус аайы 47-лии киһи олорбут буоллаҕына. ?
  16.  Мичил уонна Кэскил маарка хомуйаллар. Мичил альбома биирдиитигэр 24–түү мааркалаах 30 лиистээх, оттон Кэскил альбома 15 мааркалаах 35 лиистээх. Ханнык уол марката элбэҕий, төһөнөн?
  17.  Улахан кенгуру 13 миэтэрэҕэ тиийэ уһуну ойор, оттон кыра кенгуру 8 миэтэрэни ойор. Биир сиртэн 36- та ыстаннахтарына, икки ардылара төһө буолуоҕай?
  18.  Айыына дьиэтиттэн 7ч 55мүнүүтэҕэ тахсан баран оскуолаҕа  8ч32 мүнүүтэҕэ кэлбит. Туйаара суолугар 12 мүнүүтэнэн аҕыйах бириэмэни ыытар эрээри 8ч 45 мүнүүтэҕэ кэлбит. Туйаара дьиэтиттэн хаска тахсыбытый?
  19.  Сиидэстэн 18 былааччыйа уонна хас да куопта тикпиттэр. Биир былааччыйаҕа 3м, биир куоптаҕа 2 м таҥас наада буоллаҕына, 80 м сиидэстэн хас куоптаны тикпиттэрий?
  20.  Дьиэ кэргэн үс күн устата 198 бугулу туруорбут. Бастакы күн иккистээҕэр 12 бугулунан элбэҕи, ол гынан баран үһүс күннээҕэр 3 бугулунан аҕвйаҕы муспуттар. Дьиэ кэргэн күн аайы төһө бугулу туруорбут эбитий?
  21.  Кылыы күрэхтэһиитигэр 20 м устаҕа 2-лии м буола-буола туос уурбуттар. Барыта хас туоһу уурбуттарый?
  22.  Саламаат оҥорорго 2 өлүүтэ арыы, 1 өлүүтэ бурдук, 5 өлүүтэ уу буолуон наада. 400 г оҥорорго төһө арыы, бурдук, уу нааданый?
  23.  Ньургун маҕаһыынтан 40 солкуобайдаах икки килиэби, киилэтэ 50 солкуобайдаах 3,5 кг хаппыыстаны атыыласпыт буоллаҕына, 500 солкуобайтан төһө сдачаланарый?
  24.  Хааһы буһарарга 2 өлүүтэ курууппа, 3 өлүүтэ үүт, 1 өлүүтэ уу буолуон наада. 600 г хааһыны буһарарга төһө үүт, курууппа нааданый?

C:\Users\Мария\Desktop\сайт\images (6).jpg

Айан, суол садаачалара

  1.  “Икарус” автобус 120 км 3 чаас айанныыр буоллаҕына, автобус түргэнин бул.
  2.  Чагдаттан Кэбээйигэ диэри 70 км. Массыына 2 чаас айанныыр буоллаҕына, массыына түргэнин бул.
  3.  Массыына Дьокуускайтан Бороҕоҥҥо диэри 50 км/ч түргэннээх 3 ч айанныыр буоллаҕына, ырааҕы бул.
  4.  Геологтар болуотунан Өлүөнэ устун 5 чаас, онтон сатыы 4 км/ч түргэннээх 3 чаас айаннаан  барыта 32 км барбыттар. Сүүрүк түргэнин бул.
  5.  Оҕонньор оттуур сирэ дэриэбинэттэн 3 көстөөх сиргэ баар. Сарсыарда оҕонньор атынан, оттон уола матасыыкылынан оттуур сирдэригэр барбыттар. Ат түргэнэ 15 км/ч, матасыыкыл түргэнэ икки төгүл элбэх буоллаҕына, оҕонньор хас чаас хойутаан тиийбитий?
  6.  Ньургун 24 км билисипиэтинэн 4 чаас айаннаабыт, оттон Айаал сатыы икки төгүл уһуннук айаннаабыт. Айаал түргэнин бул.
  7.  Икки куорат икки ардыларын ырааҕа 345 км. Куораттартан тэбис тэҥҥэ икки массыына утарыта айаннаан 3 чааһынан көрсүспүттэр. Өскөтүн бастакы массыына иккистээҕэр  17 км/ч-нан түргэн буоллаҕына, массыыналар түргэннэрин бул.
  8.  Табаһыттар икки наартанан утарыта хайысханан бултуу барбыттар. Бастакы наарталаахтар түргэннэрэ 16 км/ч, иккис наарталаахтар 15 км/ч буоллаҕына, 2 чааһынан  икки ардылара төһө буолуоҕай?
  9.  Бырдах түргэнэ 150 см/с. Икки чаас устата төһө ырааҕы көтүөй?
  10.  Ньургун 200 м тэйиччи сырыттаҕына , аҕата сүүрэн саҕалаабыт. Аҕата уолун 5 мүнүүтэнэн ситиэ дуо, өскөтүн мүнүүтэҕэ 125 м, оттон уола 90 м сүүрэр буоллахтарына?
  11.  Аҕа, ийэ, уол стадиоҥҥа сүүрэллэр. Биир кругка 3, 4, 6 мүнүүтэни ыыталлар. Сүүрэллэрин тэҥҥэ саҕалаатахтарына, хас мүнүүтэнэн бары бииргэ көрсүөхтэрэй?
  12.  Массыына 225 км айаннаабыт. Хас литр бензин ороскуоттаммытый, өскөтүн 100 км аайы 12 литр бензин  ороскуоттанар буоллаҕына?
  13.  18 м уһуннаах электровоз остуолбаны 9 сөкүүндэнэн ааһар буоллаҕына, 36 м уһуннаах муостаны төһө өр ааһыаҕай?
  14.  Массыыналар икки куораттан тэбис-тэҥҥэ утарыта айаннааннар 6 чааһынан көрсүбүттэр. Бастакы массыына түргэнэ иккистээҕэр икки төгүл элбэх. Куораттар икки ардылара 630 км буоллаҕына, массыыналар түргэннэрин бул?
  15.  Поезд 380 км сири 4 ч айаннаабыт. Поезтан 35 км/ч –нан кыра түргэннээх массыына ити сири хас чаас айанныай?
  16.  Куораттан станцияҕа диэри 4 ч билисипиэтинэн 18 км/ч түргэннээх барбыттар. Төннөллөрүгэр 53 км/ч түргэннээх массыынанан хас чаас айанныахтарай?
  17.  Айанньыт 32 км сири 5 чаас барбыт. Айанньыт түргэнин бул.
  18.  Дьокуускайтан Покровскайга диэри суол устата 78 км. Автобус түргэнэ 60 км/ч буоллаҕына, төһө бириэмэнэн тиийиэххэ сөбүй?
  19.  Дэриэбинэттэн куоракка диэри 397 км. Маҥнай 82 км\ч түргэннээх поеһынан 4 ч, онтон ойуурдаах сиринэн массыынанан 2 ч айаннаабыттар. Массыына түргэнин бул?
  20.  Сайын отчут 32 км сири 6 чаас устата сатыы барбыт. Кини ити барбыт сирин атынан төһө өр айанныай, өскөтүн ат сатыы киһиттэн 4 км/ч-нан түргэн буоллаҕына?

 C:\Users\Мария\Desktop\сайт\images (2).jpg

     

                           

Доруобтар

  1.  Суол уһуна 30 км. Онтон  -гэр кумах куппуттар. Хас км суолу өрөмүөннээбиттэрий?
  2.  Кымыс састаабын –тэ биэ үүтэ буолуохтаах. 10 лиитирэ биэ үүтүттэн төһө кымыһы оҥоруохха сөбүй?
  3.  Эбэм пенсиятын –рин студент сиэнигэр ыытар. Эбэм сиэнигэр төһөнү ыытарый, өскөтүн пенсията 15000 солк буоллаҕына?
  4.  Кылааска 14 оҕо үөрэнэр. Онтон 5-һэ кыыс. Кылаас ханнык чааһа кыыһый; уолуй?
  5. Тэтэрээт сыаната 5 солк. Ол дневник сыанатын -гэр тэҥ. Дневник сыанатын бул?
  6.  Уруйдаана ааҕа сылдьар кинигэтэ 90 страницалаах. Бастакы күн кинигэ  -ин аахпыт. Иккис күн 25 стр аахпыт. Уруйдаана хас страницаны ааҕара хаалбытый?
  7.  Тэтэрээт 24 страницалаах. Маша тэтэрээт чиэппэрин суруйбут. Хас ыраас страница хаалбытый?
  8.  Уруок 45 мүнүүтэлээх. Уруок -гэр самостоятельнай үлэ, хаалбыт бириэмэ -гэр өйгө суот буолбут. Хас мүнүүтэ өйгө үлэ буолбутуй?
  9.  Кинигэ 275 страницалаах. Хартыыналар кинигэ  -ин ылаллар. Хас страницаҕа хартыына баарый?
  10.  Куорат олимпиадатыгар 48 оҕо грамота ылбыт. Ол бары кыттыбыт оҕо ахсаанын  һүн ылар. Олимпиадаҕа хас оҕо кыттыбытый?
  11.  Выпускниктар оскуола таһыгар мас олордубуттар. Олортон -һэ хатыҥ. Выпускниктар барыта хас маһы олордубуттарый, өскөтүн хатыҥ ахсаана 42 буоллаҕына?
  12.  Туристар 48 км автобуһунан айаннаабыттар, онтон барбыт сирдэрин  –рин саҕаны сатыы барбыттар. Туристар барыта хас км айаннаабыттарый?
  13.  Кинигэ атыылаһаары 60 солк уонна өссө кинигэ сыанатын -рин төлөөбүттэр. Кинигэ төһө сыаналаах эбитий?
  14.  Суолун аҥаарын айаннаан баран пассажир утуйан хаалбыт. Уһуктубутугар утуйбут суолун аҥаарын айанныыра хаалбыт эбит. Пассажир суолун ханнык чааһын утуйан айаннаабытый?
  15.  Сайыына чаас -гэр оҕуруокка уу куппут, онтон чаас -гэр сыыс от ыраастаабыт. Сайыына хас мүнүүтэ оҕуруокка үлэлээбитий?
  16.  Оҕуруот сирин -гэр моркуоп ыһыллыбыт, -гэр сүбүөкүлэ олорпуттар. Ханнык оҕуруот аһа киэҥ сиргэ ыһыллыбытый, өскөтүн оҕуруот иэнэ 35 м2буоллаҕына?
  17.  Икки тэҥ бааҥкаҕа толору уу куппуттар. Бастакы бааҥка -һин, иккис бааҥка -үн туттубуттар. Ханнык бааҥкаҕа элбэх уу хаалбытый?
  18.  Икки буочукаҕа толору 80-наах, 92-лээх бензин атыыласпыттар. Сотору кэминэн бастакы буочука -дэ, иккис буочука  -һэ хаалбыт. Ханнык бензинтэн элбэҕи туттубуттарый?
  19.  Үөрэнээччилэр 300 кг хортуоска хостуохтаахтарын оннугар сорудах  -рин толорбуттар. Үөрэнээччилэр хас кг хортуосканы хостообуттарый?
  20.  Ийэм 60 устуука бэрэски буһарбыт, онтон  -ин студент убайбытыгар ыыттыбыт. Хаалбыт бэрэски -тин эбиэккэ сиэтибит. Хас бээрэски хаалла?
  21.  Аня ийэтинээн бэрэски буһардылар. Бэрэски  –һэ эттээх, -тэ хортуоскалаах уонна 9 бэрэски хаппыысталаах. Барыта хас бэрэски буспутуй?
  22.  Помидор маассата кг, оҕурсуу маассата  кг. Помидор уонна оҕурсуу уопсай маассалара төһөнүй?
  23.  Икки күн устата   км суолу өрөмүөннээбиттэр. Бастакы күн суол  -н оҥорбуттар. Иккис күн төһө метр сири оҥорбуттарый?
  24.  Республикаҕа барыта 250 араас көтөр көрүҥэ баар. Онтон -һэ уйа туттар. Көтөр хас көрүҥэ уйа туттарый?
  25.  Хаһаайыстыбаҕа 56 ынах сүөһү баар. Онтон  -рэ субан,  -тэ туҥуй сүөһү. Барыта хас субан уонна туҥуй сүөһү баарый?
  26.  Бааһынай хаһаайыстыба 4 га сиргэ оҕуруот аһын үүннэрэр. Бааһына -гар хортуоска, -гэр хаппыыста үүннэрбиттэр. Онтон ордугар сүбүөкүлэ ыһыллыбыт. Төһө сиргэ хортуоппуй, хаппыыста уонна сүбүөкүлэ ыһыллыбытый?C:\Users\Мария\Desktop\сайт\images.jpg

                                 

Бырыһыан

  1.  Балыксыттар 85 т балыгы туттарбыттарыттан 40% -на чыыр, онтон ордуга уомул. Хас тонна уомулу туттарбыттарый?
  2.  Кыайыы күнүгэр Сардаана фабрика 2500 сувениры бэлэмнээбититтэн  24% сэрии ветераннарыгар, 65% тыыл ветераннарыгар, онтон ордуга лотерея сүүйүүтүгэр анаммыт. Хас сувенир лотерея сүүйүүтүгэр анаммытый?
  3.  Күннэй ааҕа сылдьар кинигэтин 50% ааҕан бүтэрбит, ол 46 страницаҕа тэҥ. Кинигэ хас страницалаах эбитий?
  4.  Маҕаһыыҥҥа 25% чэпчэтии буола турар кэмигэр телевизор сыаната 9000 солкуобай. Телевизор инники сыанатын бул.
  5.  Ыйдааҕы хамнас 13%-нын нолуокка туталлар. Мария Ивановна хамнаһын 15660 солк илиитигэр ылар буоллаҕына, нолуога төһө эбитий?
  6.  Өлүөнэ өрүс уһуна 4400 км. Урал өрүс уһуна Өлүөнэ уһунун 50% тэҥ. Урал уһуна төһөнүй?
  7.  Сардаана кинигэ 43% аахпыт, ол 129 стр тэҥ. Кинигэ хас страницалааҕый?
  8.  5 кылаас үөрэнээччилэрэ математикаҕа хонтуруолунай үлэлэрин 100% оҥорбуттар, 75% хаачыстыбаҕа оҥорбут. Кылааска хас оҕо үөрэнэрий, өскөтүн хаачыстыбаҕа 12 оҕо үлэлээбит буоллаҕына?
  9.  Сон сыаната 15000 солк. Күһүн сон сыанатын 20% ыараппыттар, онтон саас 20% түһэрбиттэр. Сон инники сыаната уларыйбыт дуо? Хас солк буолбутуй?


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Урок якутского языка "Сахалыы уут астара. Якутская молочная пища"

Цель: Создать условия для восприятия и ознакомления с особенностями якутской пищи на якутском языке....

Мин сахалыы тыыннаах оскуолам

Барыл автора: Кутукова ВераБарыл төрүтэ:-Оскуолам ис-тас көстүүтэ, суруга-бичигэ үгүс өттө нууччалыы ааттаах;-оскуола оҕото бары үөрэх тээбиринин, малын-салын нууччалыы а...