Открытый урок по родной литературе 10 класс "П.Н.Тобуруокап ырыа буолбут хоһоонноро"
план-конспект урока (10 класс) по теме

Васильева Эльза Устиновна

 

Урок внеклассного чтения с объяснительно-иллюстративным методом,  использованием  аудиопрослушивания и мультимедиа. Авторский образовательный ресурс «П.Н.Тобуруокап ырыа буолбут хоһоонноро» разработан с помощью программы Microsoft  Office PowerPoint 2007.  Вид ресурса – наглядная обучающая презентация. Ресурс прост в работе. Внутри слайда – тексты, ссылки  к медиафайлам. Анимация материала не ограничена временем.  Использование ЭОР служит активизации познавательной деятельности учащихся и является  педагогическим инструментом, способствующим достижению поставленных целей урока. На уроке предусмотрены задания творческого характера. У учащихся формируются навыки анализа текста стихотворения. Ресурс также можно использовать на уроках музыки, культуры народов Якутии.

Скачать:


Предварительный просмотр:

Учитель: Васильева Эльза Устиновна, учитель родного языка, литературы МБОУ «Оргетская СОШ им. Т.И.Петрова» МР «Верхневилюйский улус (район)» РС (Я)

Предмет: Родная литература (внеклассное чтение)

Тема: П.Н.Тобуруокап ырыа буолбут хоґоонноро

Класс: 10

Технологии: Творческая мастерская с использованием авторской презентации «П.Н.Тобуруокап ырыа буолбут хоґоонноро»

Аннотация: Урок внеклассного чтения с объяснительно-иллюстративным методом,  использованием  аудиопрослушивания и мультимедиа. Авторский образовательный ресурс «П.Н.Тобуруокап ырыа буолбут хоһоонноро» разработан с помощью программы Microsoft  Office PowerPoint 2007.  Вид ресурса – наглядная обучающая презентация. Ресурс прост в работе. Внутри слайда – тексты, ссылки  к медиафайлам. Анимация материала не ограничена временем.  Использование ЭОР служит активизации познавательной деятельности учащихся и является  педагогическим инструментом, способствующим достижению поставленных целей урока. На уроке предусмотрены задания творческого характера. У учащихся формируются навыки анализа текста стихотворения. Ресурс также можно использовать на уроках музыки, культуры народов Якутии.

Уруок тиэмэтэ: П.Н.Тобуруокап ырыа буолбут хоґоонноро.

Сыала: 1. П.Н.Тобуруокап ырыа буолбут хоґооннорун уонна самодеятельнай мелодистар айар µлэлэрин µірэтии.

2. Хоґоону иэйиилээхтик аа±ар µірµйэ±и, айар дьоҕуру сайыннарыы.

3. Кэрэни ійдµµргэ  иитии.

Уруок тэрилэ: П.Н.Тобуруокап ырыа буолбут хоґоонноро электроннай презентация, карточкалар.

Уруок хаамыыта:

- Тэрээґин чаас. (турукка  киллэрии)

У: 1. Бµгµн биґиги биир дойдулаахпыт,  саха норуодунай  поэта П.Н.Тобуруокап ырыа буолбут хоґооннорун µірэтиэхпит. Суруйааччы оло±ун µірэтиигэ урут бэчээккэ суох бэлиэ тµгэннэр бааллар. Ол курдук урут П.Н.Тобуруокап Ґіґээ Бµлµµ оройуонун Ороґу нэґилиэгэр тіріібµт диэн бэчээттэнэр буолла±ына, ол кінµіхтээх. То±о диэтэххэ, суруйааччы дьоно Тобуруо Ньукулайа аах Тыґакыыс кµілтэн бэттэх Јлікіін алааска уонна кинилиин атахтаґа сытар Кэгэдьээк эбэ±э кыстык, сайылык туттан олорбуттар. Эґэтэ Тобуруо Бµітµр ілбµтэ лоп курдук биир ый буолбутун кэннэ тіріібµтµн иґин Бµітµр диэн ааттаабыттар. Тіріібµт кµнµн чуолкайдаатахха, кыстык хаар  тµґэн, тыаґыттар сиргэ тахсыыларын са±ана ийэтэ о±олонон олоро𠵴µ диэн маннаа±ы кырдьа±астар ахталлар. Онон алтынньы ый 25 кµнэ буолара сіп, оттон сыла 1917 сыла чуолкай. 1922 сыллаахха а±алара µтµі-µтµі курдук, ыраа±ынан эІсэн толкуйдуур киґи эбит. О±олорун µірэттэрээри, бурдуктаах іІ сиргэ, ийэлэрин дойдутугар, Ороґуга кіспµттэр. Ол аата Бµітµр биэс саастаа±ар сурукка киирбит. Онон кинигэ±э барытыгар Ороґуга тіріібµт курдук суруллар. ДьиІинэн, Јргµіт сиригэр, ТоІуо Куунуга кµн сирин кірбµт эбит. Ол туґунан поэт бу курдук этэр:

«Улуу Октябрь суо±а буоллар

Ким буолуохпун билбэппин,

Арай маннык поэт буолар

Анал суо±ун билэбин.

Ба±ар дэІІэ, эриэн о±ус

Самыытыгар иґэммин

Эґиэкэйдии тарда со±ус

Ыллаан ылыах этим син.

Бука сохсо, туґах иитэн,

Айалаґан чааркааннаан

Саллар сааспын барыах этим.

Эґэ, бірі «ыаллардаах»

Арыт бултаан эґэкээни

Уруйдуурум быыґыгар

Иґиэх этим бэс µірэни

ТоІуо µрэ±ин баґыгар.», - диэн.

Бастакы кылааска 11 саастаа±ар Куорамыкыга (Ґіґээ Бµлµµ) киирэн, айа±ар сылга биирдии сылгыны биэрэн ыалга олорон µірэммит. Оскуолатын кэнниттэн Бµлµµтээ±и педтехникуму 1937 сыллаахха бµтэрэн, тіріібµт оройуонугар бастаан Дµллµкµгэ, онтон Јргµіккэ учууталынан онтон дириэктэринэн µлэлээбитэ. 1941 сыллаахха Евгения Васильевна Ноговицыналыын дьоллорун холбоон ыал буолбуттар. Поэт µйэ аІарын устата бииргэ олорон кэлбит, айар аартыктаах суолугар эрэллээх аргыґа, сµбэґитэ, до±оро, суруксута, республика биир кырдьа±ас учуутала. Бэйэтин туґунан маннык этэн турар: «Мин тіріібµт сирим – Ороґу, иитиллибит сирим - Јргµіт. Онон Јргµіттэри ордук билэбин, Јргµіттэр кыыстара да, кийииттэрэ да эбиппин». Эдэркээн Евгения адьас эрдэттэн, Бµітµр Ньукулаайабыґы хара±ар кірі да илигиттэн, кини оло±ун, µлэтин-хамнаґын туґунан билэр эбит. Ол кини балтын Пелагеяны кытары Бµлµµтээ±и педучилище±а бииргэ µірэммиттэриттэн, истиІ дьµігэлии буолбуттарыттан ситимнээх эбит. Кини дьµігэтин альбомугар, оччолорго кыыс кэрэ Бµітµр хаартыскатын аан бастаан кірііт: «Палаша, убайыІ адьас Бо±ороодьусса курдук эбит дии», - диэн саІа аллайбыт. Онон хара маІнайгыттан Бµітµрµн ыал да буолан баран, Евгения Васильевна µрдµкµ тутан, таІара курдук кірін сыґыаннаспыт. Поэт тапталлаах до±оругар бэрт элбэх лирическэй хоґооннору анаабыта.

1942 сыл сааһа — Туобуйаҕа партия райкомун уонна райисполкомун бэрэстэбиитэлинэн ананан 42 киһини армияҕа хомуйан киирбит уонна бэс ыйын 22 күнүгэр армияҕа ыҥырыллыбыт. Аҕа Дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыта, Сталинград фронугар сылдьыбыта, наводчик-пулеметчик этэ.

- 1945сылтанССКП чилиэнэ.
- 1960 с. Москваҕа Литературнай институкка Үрдүкү литературнай курстары бүтэрэр. Онно үөрэнэр саха эдэр ыччатын суруйуу кистэлэҥнэригэр угуйар, творческай семинары салайан ыытар.
- 1976-79 сылларга Литературнай институкка старшай преподавателлиир, саха тылбаасчыттарын үөрэтэр.
- 1979 - сылтан идэтийбит суруйааччы

 

У: 2. Мантан салгыы П.Н.Тобуруокап ырыа буолбут хоґооннорун  кытта билсиэ±иІ

(Слайд №17)  "Уран тыллаах, эриэккэс тойуктаах Ырыа Бүөтүр" Наталия Бурцева - ф.н.к., Уус-Алдан Мүрү  "Уолан" гимназиятын  учуутала уонна Валентина Семенова - ф.н.к., СГУ доцена П.Тобуруокап туґунан маннык суруйаллар: «Петр Тобуруокап саха поэттарыттан биир саамай элбэх ырыалаахтара. Кини поэт быһыытынан стилин бэлиэлэрэ: сырдык, чаҕылыҥнас юмора, олоҕу бигэргэтэр, үрдүккэ көтүтэр пафоһа, айымньыларын музыкальноһа, кэрэ поэтическай уобарастааһына, уран чочуллуута, тылын-өһүн хомоҕойо, минньигэһэ ырыаларыгар ордук чаҕылхайдык көстөллөр. Биллэрин курдук, кини 350-ча хоһооно норуокка биһирэнэр ырыа буолан көппүттэрэ. Холобур, "Көтөн тахсыҥ, кыталыктар", "Таптыырга буруй суох", "Этимэ ый үөһэ устарын", "Маҥан мастар", "Чэмэлиинэ", о.д.а. хоһоонноро күн бүгүн ыллана сылдьаллар. Саха биллэр композитордара, мелодистара бука бары кэриэтэ кини хоһоонноругар ырыа айбыттара. Петр Тобуруокап лириката -- саха ырыатын классиката, норуот бары кэмҥэ эргэрбэт духуобунай баайа»

Самодеятельнай мелодистар:

(кылаастан биир оҕо билиһиннэрэр)

  1. (Слайд №18) Никифоров Георгий Максимович - самодеятельнай композитор.  Сахалыы бастакы, оҕолорго аналлаах  “Моруос оҕонньор” операны суруйбута. Ырыалара: “Көтөн тахсыҥ кыталыктар”, “Ытанньах герой буолбат”, “Биирдэ мэник туохтаабыт”, “Хоровод ырыата”, “Саҥа дьылбыт кэллэ”, “Чаай ырыата” о.д.а.

- Карточканан биир оҕо  “Биирдэ мэник туохтаабыт” ырыа тылын дорҕоонноохтук ааҕан иһитиннэрэр.

- “Биирдэ мэник туохтаабыт” ырыаны истии.

(кылаастан биир оҕо билиһиннэрэр)

  1. (Слайд №19) Максимов Христофор Трофимович - Саха АССР норуодунай артыыһа, самодеятельнай композитор, норуот ырыаһыта, Ньурба улууһун бочуоттаах гражданина. В.И. Никаноров. Народнай поэт Петр Тобуруокап ырыалара ыстатыйатыгар маннык ахтар: «Христофор Максимовы кытары көрүстэллэр эрэ, ол кэнниттэн кырата биир ырыа буола охсоро. Кинилэр бииргэ үлэлээһиннэриттэн үөскээбит ырыалар: «Доҕордоһуу тойуга», «Сир Эйигин төрөппүтэ», «Кырдал кыыһа», «Өрүүнэ», «Оҥхой кыыһа Ааныска», «Сардааналаах Ааныкчаан», «Ахтыбата буолуо диэмэ», «Күммүн көрдүүбүн» ,«Кэтириинэ», «Эт эрэ», «Билсиһиэххэ баар эбит», «Санатта», «Һай», «Өндүрүүскэ тиэтэйбэт», «Хаппытыан», «Үөдүгэй киһитэ Миитэрэй», «Маҥаачыйа», «Тугун баҕас абатай!» ,«Күнү кытта оонньуубут», «Билэр буукубаларым», «Табахсыт», «Танюша туһунан» о. д. а.»

-  Карточканан биир оҕо  «Өндүрүүскэ тиэтэйбэт» ырыа тылын дорҕоонноохтук ааҕан иһитиннэрэр.

- «Өндүрүүскэ тиэтэйбэт» ырыаны истии.

- Карточканан биир оҕо «Хаппытыан» ырыа тылын дорҕоонноохтук ааҕан иһитиннэрэр.

- «Хаппытыан» ырыаны истии кэмигэр «Ай-тут» Јргµіттээ±и модельнай библиотека айар білі±µн «Хаппытыан»  мультфильмын  көрүү.

 (кылаастан биир оҕо билиһиннэрэр)

  1. (слайд №20) Константинова Светлана Афанасьевна – учуутал, самодеятельнай мелодист. Ырыалара: «Эйэ туругуруо», «Биирдэ мэник туохтаабыт», «Күнү кытта оонньуубут»,  «Маама күнэ», «Моруос кэллэ»,  «Танюша туһунан» о.д.а.

- Карточканан биир оҕо  «Күнү кытта оонньуубут» ырыа тылын дорҕоонноохтук ааҕан иһитиннэрэр.

- «Күнү кытта оонньуубут» ырыаны истии.

(кылаастан биир оҕо билиһиннэрэр)

4. (Слайд №21) Стручков Тимофей Тимофеевич - Саха АССР  үтүөлээх үлэһитэ, самодеятельнай композитор, учуутал, пропогандист. Ырыалара: «Ньургуһунна бэлэхтээ», «Күөрэгэйдиин көрсүһүү», «Костер тула олорон», «Кырдал кыыһа», «Умай-умай сүрэҕим» (акапелла -  хоровой ырыа)

 - Карточканан биир оҕо «Ньургуһунна бэлэхтээ» ырыа тылын ааҕан иһитиннэрэр.

- «Ньургуһунна бэлэхтээ» ырыаны истии.

(кылаастан биир оҕо билиһиннэрэр)

5. (слайд №22) Аркадий Михайлович Алексеев - Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СР народнай артыыһа, Дьокуускай куорат, Мэҥэ Хаҥалас, Кэбээйи улуустарын бочуоттаах гражданина. Аркадий Алексеев тапталлаах поэтын Петр Тобуруокап туһунан маннык этэр: «Мелодистар Тобуруокабы музыкальнай поэт диэн ааттыыллар, ол курдук кини хоһоонноро ырыаҕа тахсымтыа, тыллара-өстөрө чочуллубут, сүһүөхтэрэ, рифмалара чуолкай буоланнар, бэйэлэрэ музыканы ааҕаллар». Ырыалара: «Мутукча сыта», «Күөх солко былааттаах кыргыттар”, “Улахан тапталы умнумуох”, “Сүрэхтэр кэпсэтэр кэмнэрэ”, “Таптаатым, эйигин таптаатым”,“Кыһыҥҥы ырыа”, “Алаас уҥуор”, “Ыччат ырыата”, “Күөрэгэйдиин көрсүһүү”, “Күөгэһэр лабаалар”, “Маҥан мастар”, “Ньургуһунна бэлэхтээ”, “Таптыырга буруй суох”,”Тула өттүм тула хаар”, “Чараҥ ырыата”, “Чэмэлиинэ”,”Эйигин кыыһырыа диэбэккэ”, “Этимэ ый үөһэ устарын”  о.д.а.

 - Карточканан биир оҕо  “Күөрэгэйдиин көрсүһүү” ырыа тылын дорҕоонноохтук ааҕан иһитиннэрэр.

- “Күөрэгэйдиин көрсүһүү” ырыаны истии.

- Карточканан биир оҕо ”Этимэ ый үөһэ устарын” ырыа тылын дорҕоонноохтук ааҕан иһитиннэрэр.

У:3.  ”Этимэ ый үөһэ устарын” хоһоону ырытыы. (Ырытыы кэмигэр «Этимэ ый µіґэ устарын» ырыа иґиллэр)

1. Хоһоон лирическэй геройа кимий? – уол

2. Туох туһунан хоһоонуй? – таптал

3. Хоһоон сүрүн санаата. – уол  эрэлэ, тапталын күүһэ

4. Хоһоону ааҕа, ырыатын истэ олордоххуна өйгөр ханнык өйдөбүллэр µіскүүллэрий? (ассоциация) 6 тылы суруй – түүн, сулус, уоллаах кыыс, атаарыы, эдэр саас, кыһыҥҥы түүн.

 

 

У:4. (слайд №23) Ырыаҕа ананар хоһоон бэйэтин иһигэр музыкальнай тактаах, ритмнээх буолар. Хоһоону поэт бэйэтэ мелодиялыыр, атыннык син биир ылламмат: хоһоон бэйэтэ мелодиялаах - диэн  үгүс киһи бэлиэтиир. Онон уруокпут бүтэһик түһүмэҕэ айар үлэ. Билигин бары черновик ылынан таптал туһунан хоһоон айан холонуохпут. Эһиги маннык тыллары туттуоххутун сөп: тапталлааҕым, кыталык, мохсоҕол, ыйдаҥа түүн, сулустаах халлаан, сүрэх уота, доҕорум, туллугум, истиҥ мичээр, эдэр саас, дьол, үөрүү, санаар, умнумаар, дууһам сырдыа, күүтүү, атаарыы, долгуйуу, үөрдүүй, манньытыый, бэлэхтээ, мичээрдээ о.д.а. (айар үлэ кэмигэр “С8рэхтэр кэпсэтэр кэмнэрэ” ырыа иһиллэр)

  1. Айар үлэ (эрдэ хоһоонун суруйан бүтэрбит оҕо ааҕан иһитиннэрэр)

У: 5. Уруок тµмµгэ.  П.Н.Тобуруокап ырыа буолбут хоґоонноруттан µіскээбит санаалар, уґуктубут иэйиилэр туґунан  кэпсэтии. (Онон П.Н.Тобуруокап ырыа буолбут хоһоонноро олус элбэх уонна чахчы норуокка киэҥник биллибит, кыра оҕотуттан саҕалаан эдэр ыччакка, аҕа саастаах дьоҥҥо биһириэммит эбиттэр.)

 У: 6. Дьиэ±э сорудах. Айар үлэни ситэрии.

- Аныгыскы уруокка кірсµіххэ диэри!


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Конспект открытого урока по родной литературе для 5 классов

Предмет: Якутская литература. Тема урока: "Поэзия - состояние души" («Хо´оон - дуу´а хамсаа´ынын таайыы») для 5-х классов. Учитель: Павлова Мария Егоровна, учитель якутского языка и литературы МБОУ-Ко...

Разработка открытого урока по родной литературе

привить любовь к родному языку;пробудить интерес к языку как учебному предмету;повысить общую языковую культуру;стимулировать познавательную активность учащихся...

Открытый урок по родной табасаранской литературе

Открытый  урок  по  родной  табасаранской  литературе  на  тему   "Шубуб  ц!адликан  баллада"  Шамиль  Казиев...

Открытый урок по родной (осетинской литературе) в 8 классе на тему "Мады харзтан бафидан най"-историон-хъайтарон зараг "Задалески Нана"-ма гасга

Открытый урок по родной (осетинской литературе) в 8 классе на тему "Мады харзтан бафидан най"-историон-хъайтарон зараг "Задалески Нана"-ма гасга....

Открытый урок по родной (осетинской литературе) в 8 классе. Тема урока: Кочысаты Мухарбек "Фыдыбаста"

Открытый урок по родной (осетинской литературе) в 8 классе. Тема урока: Кочысаты Мухарбек "Фыдыбаста".Интегрированный урок...

Открытый урок по родной литературе, посвященный творчеству Расула Гамзатова (к 100-летию со дня рождения)

Открытый урок по родной литературе,  посвященный творчеству Расула Гамзатова (к 100-летию со дня рождения) в музыкальном колледже. На уроке студенты познакомиятся с особенностями творчества ...

Открытый урок по родной литературе в 6 классе: "К.Г. Паустовский. «Заботливый цветок» "

К.Г. Паустовский. «Заботливый цветок»Цели: приобщать к миру литературы посредством расширения читательского опыта, опоры на социальный опыт; воспитывать экологическую культуру поведения; р...