Конспект открытого урока по родной литературе для 5 классов
план-конспект урока (5 класс) на тему

Павлова Мария Егоровна

Предмет: Якутская литература. Тема урока: "Поэзия - состояние души" («Хо´оон - дуу´а хамсаа´ынын таайыы») для 5-х классов. Учитель: Павлова Мария Егоровна, учитель якутского языка и литературы МБОУ-Кобяйская СОШ им. Е.Е.Эверстова Кобяйского улуса Республики Саха (Якутия).

Урок-повторение по стихотворениям нескольких поэтов. Урок проводится пл 5 этапам: 1) мой любимый поэт(исследовательская работа учащихся), 2) перевод (перевод стихов с якутского на русский и английский языки), 3) Поэзия в моих рисунках (работа d Moviemaker) 4) творческая работа и 5) поэзия и стихи.

 

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл urok_yakutskoy_literatury_v_5_klasse.docx24.65 КБ

Предварительный просмотр:

Предмет: Якутская литература. Тема урока: "Поэзия - состояние души" («Хо´оон - дуу´а хамсаа´ынын таайыы») для 5-х классов. Учитель: Павлова Мария Егоровна, учитель якутского языка и литературы МБОУ-Кобяйская СОШ им. Е.Е.Эверстова Кобяйского улуса Республики Саха (Якутия).

Урок-повторение по стихотворениям нескольких поэтов. Урок проводится пл 5 этапам: 1) мой любимый поэт(исследовательская работа учащихся), 2) перевод (перевод стихов с якутского на русский и английский языки), 3) Поэзия в моих рисунках (работа d Moviemaker) 4) творческая работа и 5) поэзия и стихи.

ПЛАН УРОКА

УРУОК БЫЛААНА

Кµнэ-дьыла: муус устар 30 кµнэ

Уруок: т³р³³бµт литература

Кылаас: 5 «а»

Тиэмэ: «Хо´оон - дуу´а хамсаа´ынын таайыы»

Сыала:

  • Үөрэтэр: хо´оон ки´и ис дуу´атын эгэлгэ хамсаа´ынын дири²ник арыйан, кини уйул±атыгар киирэргэ дьулу´ар к³стµµтµн µ³рэнээччилэргэ ³йд³тµµ;
  • Сайыннарар: Проблемнай тиэмэ±э биир эбэтэр хас да айымньыга оло±уран толкуйдаан, талбыт хо´ооннорун чинчийэн µ³рэнээччи бэйэтин санаатын олохтоохтук дакаастаан этэргэ, айар дьо±урга таобулларыгар суол а´ыы;
  • Иитэр: µ³рэнээччи т³р³³бµт дойдутун таптыырыгар, олоххо аналын буларыгар, майгыта-сигилитэ ситэригэр, хо´оону дири²ник таба ³йд³³н тус бэйэтин оло±ор ту´анарыгар иитии.

 ¥³рэнээччи сыала: Учуутал биэрэр ыйытыыларын н³²µ³ кэпсэтиигэ киирии, хардарыта бы´аарсыы.

Уруок ньымата: диспут, чинчийии, проектнай

Уруок тиибэ: барбыт тиэмэни түмүктүүр уруок

Уруок тэрилэ: экран, проектор, компьютер, сорудахтаах кэмбиэрдэр, учебник

О±о µлэлииригэр туттар тэрилэ: µлэлиир тэтэрээт, ыраас илиис, суруйар тэрил.

Межпредметнэй сибээс: нуучча тыла, живопись, музыка.

Эбии литература: саха тылын быһаарыылаах тылдьыта

Уруок хаамыыта

- Үтүө сарсыарданан, оҕолор.

Бүгүн биһиэхэ ураты уруок, биһиэхэ ыалдьыттар кэлэн олороллор. Бүгүҥҥү уруокка эһиги инники уруоктарга ылбыт билиигитин, үөрүйэххитин көрдөрүөххүт. Онон, бары кытаатан кыһаллан уонна көхтөөхтүк үлэлээҥ.

- Аттыгытыгар олорор доҕоргутугар хайыһыҥ, миэчээрдээн уонна искитигэр ситиһиини баҕарыҥ. Онтон миэхэ, учууталга мичээрдээдибит уонна эмиэ бэйэ-бэйэбитигэр ситиһиини баҕарыаххайыҥ.

- Тэтэрээппитин арыйдыбыт, чыыһыланы суруйдубут.

- Оҕолор, билигин бары экраны көрдүбүт эрэ. Уонна миэхэ маннык ыйытыыга хоруйдаан. бу видеоҕа туох айар куттаах, дьарыктаах киһи олороруй уонна кини тугу гынарый? (Видеоҕа поэт хоһоон суруйара көстөр.)

Бүгүҥҥү уруокпут тиэмэтин суруйабыт. Ити көрбүт видеоҕыт уонна уруокпут тиэмэтэ туох сибээстээҕэ буолуой?.

Уруокпут тиэмэтэ: "Хоһоон - дууһа хамсааһынын таайыы". Суруйабыт.

- СГУ профессора, доцент Борис Николаевич Попов - Барыл±ан «Поэзия - дуу´а хамсаа´ынын таайыы» диэн этэн турардаах.  Бу этии ис хо´оонун тула санаа атаста´ыахпыт (Учуутал чµмэчи уматар).

Хо´оону ки´и ха´ан ба±арар, ханна баҕарар ахтан-санаан кэлэр. Саха бастакы поэтессата Варвара Потапова хоһоонун мэлдьи ахтан-санаан кэлэбин:

Үчүгэйиэн бу Сиргэ

Үөрэ-көтө сылдьар.

Үгүс дьоннуун сэргэ

Олох дьолун сырсар.

Оргууй хааман иһэбин

Суоҕу баар дии саныыбын.

Дьоллоох дьонтон үөрэбин,

Дьоһуна суох ыллыыбын.

Бу хоһоон тыллара миэхэ олох туһунан өйдөбүлү кэҥэтэн, дириҥэтэн биэрэллэр.

 - Киһи ис санаата, дууһата, майгыта-сигилитэ барыта тэҥ дуо?

- Хас биирдии киһи тус-туһунан майгылаах-сигилилээх, өйдөөх-санаалаах, көрүүлээх буолар. Ол аата киһи киһиттэн уратылаах. Хас биирдии киһи сөбүлүүр поэттаах буолар. Кини айымньыталырн аахтаҕына дууһатынан чэпчэкитик ылынар.

 - Хоһоон диэн тугуй? Кэпсээнтэн туох уратылаа5ый? Ханнык хоһооннору аахпыппытый?

- Бүгүҥҥү Уруокпут 5 түһүмэҕинэн барыаҕа.

1 түһүмэх. Мин сөбүлүүр поэтым. Чинчийэр үлэ.

2 түһүмэх. Тылбаас.

3 түһүмэх. Мин уруһуйбар поэзия иэйиитэ

4 түһүмэх. Айар абылаҥа.

5 түһүмэх. Хоһоон уонна музыка.

Онон, бу түһүмэхтэринэн сирдэттэххэ, эһиги уруокка тугу гыныахтааххытый?

 - хоһоон туһунан тугу билбиккитин хатылааһын - саҥарар, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы

-  аахпыт хоһооннору тылбаастыырга холонуу - тылдьытынан үлэ үөрүйэҕин иҥэрии,

- сөбүлээбит хоһооҥҥо уруһуй оҥоруу - уруһуйдуур дьоҕуру таба көрүү,

- хоһоон айарга холонуу - айар дьоҕуру арыйыы,

-  ырыа буолбут хоһооннору кытта билсии - ыллыыр дьоҕуру сайыннарыы.

1 түһүмэх. Мин сөбүлүүр поэтым. Чинчийэр үлэ.

Үөрэнээччилэр таптыыр поэттарын олоҕун, айар үлэтин тула санаа атастаһаллар.

Стручков Вася. Фотомонтаж көмөтүнэн кэпсиир. А.И.Софронов  - Алампа.

Левин Сеня. Поэттар хос ааттарын чинчийбитин кэпсиир. Алампа уонна Өксөкүлээх Өлөксөй.

Түмүк. Учуутал оҕолортон тугу өйдөөбүттэрин ыйытар.

2 түһүмэх. Тылбаас.

 - Тылбаас - литературнай үлэ биир саамай уустук көрүҥэ. биһиги хоһоон аҕыйах строкаларын тылбаастыырга холонобут.

Үөрэнээччилэр биирдии-биирдии быйыл үөрэппит хоһоонноруттан биирдии строфаны нууччалыы, английскайдыы тылбаастаабыттарын ааҕан иһитиннэрэллэр.

Түмүк.Тылбаастыыр ыарахан этэ дуо? Туохха ыарырҕаттыгыт. Ким тылбааһын ордук сөбүлээтигит.

3 түһүмэх. Мин уруһуйбар поэзия иэйиитэ.

Сөбүлээбит хоһоонноругар иллюстрация уруһуйдаабыттарын көмүскүүллэр. Компьютерга Киностудия программатын туһаналлар.

Оҕолор уруһуйдарын тахсан көмүскүүллэр.

Түмүк. Тоҕо бу хоһоону таллыҥ. бу хоһоону ааҕарга туох иэйии үөскээбитэй.

Онон, оҕолор, уруһуй нөҥүө киһи ис дууһатын эгэлгэ хамсааһынын арыйыахха сөп эбит.

4 түһүмэх. Айар абылаҥа.

- Хас биирдии киһи туохха эрэ дьоҕурдаах, талааннаах буолар. биһигини эмиэ айар абылаҥар ылларан, дуоһуйуу минньигэһин боруобалыаҕыҥ.

Үөрэнээччилэргэ айылҕа, төрөөбүт дойду, хоту дойду туһунан көмө тыллар уонна Кэбээйи улууьун хаартыскалара бэриллэллэр. Ону туһанан хоһоон айарга холоноллор.

Көмө тыллар:

Хоту дойду, хара тыа, толоон,

сыыдам хайыьар, сыыдам хайыһар, табалар, муус маҥан табалар, дайдылар, дьүкээбил суһумнуур.

Туналыйар ыйдана, аралыйар сырдык, Саха сирин таптыыбын, сандаара тыгар, күлүмнүү күлэр, тугун бэрдэй, кэрэтэй

Үөрүүлээх күммүт үүннэ, илгэ быйаҥ дэлэйдэ, аралыйа сырдааннар,

Үүнэ, чэчирии турдун,  налыы сыһыы, чараҥ алар, үчүгэй да дойду.

Кэҕэ эттэ, чыычаах туойда, сандал саас, самаан сайын.

5 түһүмэх. Хоһоон уонна музыка.

 - Хоһоон уонна киниэхэ суруллубут музыка - искусство тус-туспа айымньылара. Хоһоону ырыа гынан көтүтүү олус судургу дьыала буолбатах. Мелодист поэт хоһоонун дууһатынан, өйүнэн-санаатынан ылынан мелодия айар.

Саха оҕуһун мииннэ да ырыаһыт. Онон, оҕолор, ырыаҕа-хоһооҥҥо ананан айыллыбыт тыллаах дьон сахалар оҕуспутун мииниэхпит.

Быйыл аахпыт ырыа буолбут хоһооннору ыллаан иһитиннэрэллэр.

Кэбээйи улууһун поэттарын ырыа буолбут хоһооннорун ааттыыллар.

Түмүк

Чэ, эрэ оҕолор, уруокпутун түмүктүүбүт. Бүгүҥҥү уруокка эһиги тугу ситистигит? Уруок сыалынан сирдэтэн эппиэттииллэр.

1 түһүмэх. Мин сөбүлүүр поэтым. Чинчийэр үлэ.

2 түһүмэх. Тылбаас.

3 түһүмэх. Мин уруһуйбар поэзия иэйиитэ

4 түһүмэх. Айар абылаҥа.

5 түһүмэх. Хоһоон уонна музыка.

Ким тугу с³бµлээбэтэ±ин, тугу ыарыр±аппытын ыйытар.

-Хайа б³л³х тиэмэни толору арыйда?

-Тµмµктэри т³´³ с³пк³ о²ороллоруй?

-Саныыр санааларын сатаан саа´ылаан этэллэр дуо?

Кы´аллан µлэлээбиттэри бэлиэтиир.

Бэйэ-бэйэлэригэр сыана туруоруналлар. Тоҕотун быһаараллар.

Дьиэҕэ үлэ.

Төрөөбүт дойдуга таптал тиэмэтигэр хоһоон айыы


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Открытый урок по родной литературе 10 класс "П.Н.Тобуруокап ырыа буолбут хоһоонноро"

Урок внеклассного чтения с объяснительно-иллюстративным методом,  использованием  аудиопрослушивания и мультимедиа. Авторский образовательный ресурс «П.Н.Тобуруокап ырыа буолбут хоһоон...

План-конспект открытого урока по родному языку (кумыкский) в 6 классе на тему:"Склонение имён существительных по падежам","Атлыкъланы гелишлеге гёре тюрлениши"

План-конспект открытого урока по родному языку (кумыкский) в 6 классе на тему:"Склонение имён существительных по падежам","Атлыкъланы гелишлеге гёре тюрлениши"...

Разработка открытого урока по родной литературе

привить любовь к родному языку;пробудить интерес к языку как учебному предмету;повысить общую языковую культуру;стимулировать познавательную активность учащихся...

конспект открытого урока пр родному (татарскому) языку в 5 классе

приложение к открытому уроку  "Иҗек. Иҗек калыплары" 5 класс...

Конспект открытого урока по родному русскому языку "Язык художественного литературы"

На примере лирического отступления в 11 главе поэмы Н.В.Гоголя "Мертвые души" рассматривается особенности языка художественной литературы. Домашнее задание направлено на повторение функциона...

Конспект открытого урока по родному языку 5 класс

Конспект открытого урока по родному языку 5 классТема: "Культура речи (на примере речи военных)"...

Открытый урок по родной литературе в 6 классе: "К.Г. Паустовский. «Заботливый цветок» "

К.Г. Паустовский. «Заботливый цветок»Цели: приобщать к миру литературы посредством расширения читательского опыта, опоры на социальный опыт; воспитывать экологическую культуру поведения; р...