сценарий конкурса "на ступеньках роста "
материал

Гуляева Алина Ивановна

Сылын аайы ыытыллар улуустааҕы эдэр учууталлар күрэхтэрин сценарийа

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл stsenariy_na_stupenkah_rosta_.docx18.57 КБ

Предварительный просмотр:

1 ыытааччы:  Үтүө күнүнэн, күнду доҕоттор!

2ыытааччы: Үтүө кунунэн күүтүүлээх ыалдьыттар, биир идэлээх доҕотторбут, күннэтэ үөрэ көрсөр оҕолорбут, чугас дьоннорбут!

Эһиэхэ, иитэр- үөрэтэр уустук үлэ маастардарыгар, бэйэтин идэтин таптыыр уонна сыаналыыр дьоннорго , бу бырааһынньык ананар

1ыытааччы: Саҕалыыбыт сылын аайы ыытыллар  «Үүнүү үрдэллэригэр”  диэн  улуустааҕы  эдэр учууталлар күрэхтэрин түмүктүүр чааһын.

2 ыытааччы:  Хас биирдии киһи олоххо, тус суолун тобулунуутугар, киһилии сиэргэ-майгыга иитиллиитигэр үөрэппит учууталларын сабыдыаллара сүҥкэн улахан буолар. Учуутал үлэтэ үгүс сыраттан, дьаныартан турар. Кини билиитэ –көрүүтэ күннэтэ кэҥээн, үксээн иһиэхтээх. Үөрэнээччини кытта таба сыһыан, араас толкуйдатар боппуруостары табатык уонна бириэмэтигэр туруоруу, оҕолору наука төрүттэригэр уһуйуу, интэриэһиргэтии онтон да атын бэрт элбэх сатабылы, үгүс сыраны, дьоҕуру эрэйэр.

1 ыытааччы:   Эдэр учууталлар учуутал үрдүк аатын сүгүөхтэриттэн үүнэр көлүөнэни иитиигэ, үөрэтиигэ кыһамньыларын, ис кыахтарын ууран үлэлэрин эрчимнээхтик саҕалаатахтарына, оҕо-аймах кутун тутар үтүө учуутал буолаллар.  Иван Николаевич Гуляев аатынан Туора- Күөл орто оскуолата олохторугар аан бастаан билии дойдутугар кырачаан дьоннору арыаллаан эрэр эдэр учууталлары түмпүт « Үүнүү  үрдэллэригэр»  эбэтэр «На ступеньках роста» диэн күрэҕи  уон үһүс  сылын ыытар.

2 Ыытааччы: : Ытыс тыаһынан көрсүөҕүн бүгүҥҥү күрэх  кыттааччыларын:

  1. Старостина Эльмира Романовнаны Чычымах орто оскуолатын  уруһуй учууталын
  2. Васильева Ирина Александровнаны Тыараһа орто оскуолатын алын сүһүөх омкуола учууталын
  3. Гоголева Анастасия Ивановнаны Ытык – Күөл иккис нүөмэрдээх оскуолатын алын сүһүөх учууталын
  4. Элякова Мария Семеновнаны Туора – Күөл орто оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учууталын
  5. Бурмистрова Варвара Федоровнаны Игидэй орто оскуолатын математика учууталын
  6. Щукин Петр Ивановиһы Дьохсоҕон орто оскуолатын музыка учууталын
  7. Неустроева Валерия Петровнаны Чөркөөх орто оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын нуучча тылын учууталын
  8. Дорофеева Ирина Аркадьевнаны Харбалах образовательнай комплексын физика учууталын
  9. Миронов Андрей Александровиһы Тааттатааҕы лицей ОБЖ учууталын

10.Захарова Мария Дмитриевнаны Тааттатааҕы лицей биология учууталын

11. Петров Сергей Васильевиһы Харбалаахтааҕы образовательнай комплекс производственнай обученияҕа маастарын

1 ыытааччы: Билиһиннэрэбит  дьүүллүүр сүбэ састаабын:

  1. _______________________________________________________
  2. _______________________________________________________
  3. _______________________________________________________
  4. _______________________________________________________
  5. _______________________________________________________

2 ыытааччы: тылы биэрэбит оскуола директорыгар, күрэх авторыгар Российскай Федерация үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитигэр, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгунугар Гуляева Оксана Николаевнаҕа.

1 ыытааччы: Дорооболорун , бу мин!» ,- дииллэр бүгүн биһиэхэ эдэр учууталлар.

Дорооболорун, бу мин...

Мин учууталбын.

Иитэр үрдүк аналлаахпын,

Үөрэтэр ураты талааннаахпын.

Истин дуу, мин сэһэммин,

Олоҕум туһунан сэмэй кэпсээммин.

“Дорооболорун, бу мин...” диэн бэйэни билиһиннэрии түһүмэҕин саҕалыыбыт.

2 ыытааччы: сыанаҕа ыҥырабыт ____________________________________

1 ыытааччы: көрсүн _______________________________________________

2 ыытааччы: ыҥырабыт ____________________________________________

1 ыытааччы: сыанаҕа көрсүн ________________________________________

2 ыытааччы: сыанаҕа ыҥырабыт ____________________________________

1 ыытааччы: көрсүн _______________________________________________

2 ыытааччы: ыҥырабыт ____________________________________________

1 ыытааччы: ыҥырабыт ____________________________________________

2 ыытааччы: сыанаҕа көрсүн ________________________________________

1 ыытааччы: сыанаҕа ыҥырабыт: ____________________________________

2 ыытааччы: көрсүн _______________________________________________

1 ыытааччы: Билиҥҥи учуутал идэтэ олоҕу кытта тэҥ сайдыылаах, аныгы технологиялары баһылаабыт, эргиччи талааннаах, дэгиттэр дьоҕурдаах, барыга сатабыллаах буолууну ирдиир.  Күрэхпит бүтэһик түһүмэҕэ талаан көрүүтэ буолар. Эдэр коллегаларбыт  араас талааннарын, дьоҕурдарын,,сатабылларын көрүөхпүт.

2 ыытааччы: сыанаҕа ыҥырабыт ____________________________________

1 ыытааччы: көрсүн _______________________________________________

2 ыытааччы: ыҥырабыт ____________________________________________

1 ыытааччы: сыанаҕа көрсүн ________________________________________

2 ыытааччы: сыанаҕа ыҥырабыт ____________________________________

1 ыытааччы: көрсүн _______________________________________________

2 ыытааччы: ыҥырабыт ____________________________________________

1 ыытааччы: ыҥырабыт ____________________________________________

2 ыытааччы: сыанаҕа көрсүн ________________________________________

1 ыытааччы: сыанаҕа ыҥырабыт: ____________________________________

2 ыытааччы: көрсүн _______________________________________________

1 ыытааччы: манан бүгүҥҥү курэхпит түһүмэхтэрэ  түмүктэнэллэр. Билигин дьүүллүүр сүбэни  түмүк таһаарар уустук үлэҕэ дохсун ытыс тыаһынан атаарыаҕын уонна долгуйа, тулуурдаахтык кэтэһиэҕин.

(муз номердар )

2 ыытааччы: Күрэхпит саамай долгутуулаах  чааһыгар киирэбит. Тылы биэрэбит дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлигэр _______________________________________________________________

1 ыытааччы: Махтал эһиэхэ, учуутал ыччаттар!

Өркөн өй, киэҥ билии,талаан баар дьонноро!

Холобур буолуҥ, туланы сырдата

Бар дьоҥҥут ыратын күннэтэ толорон.

Үлэҕит үтүөтэ өрүүтүн ааттаннын,

Тыа сирин оҕото –эһиги кэскилгит.

Махтал тыллара сыллата ананнын,

Сып сырдык үөрүүнэн олоххут киэркэйдин.

2 ыытааччы: Саха омук сардаҥалаах сарсыҥҥытын туһугар өйдөрүн-санааларын, күүстэрин-уохтарын, билиилэрин-көрүүлэрин ууран, иитии-үөрэтии түбүктээх үлэтигэр, учуутал буолуу эппиэтинэстээх идэтигэр буһар-хатар эдэр коллегаларбытыгар баҕарабыт: эдэрдии эрчимҥит уҕараабатын, амарах сүрэххит сылааһа намыраабатын, баҕа санааҕыт барыта туолуохтун!

1 ыытааччы: Саҥаттан саҥаны айыҥ - тутуҥ,  үгүһү ситиһиҥ, үрдүктэн үрдүккэ дьулуһуҥ, үтүөттэн-үтүөҕэ талаһыҥ, кэрэттэн-кэрэҕэ тардыһыҥ!

.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

РАБОЧАЯ ПРОГРАММА КЛАССНОГО РУКОВОДИТЕЛЯ «СТУПЕНЬКИ РОСТА»4 класс

РАБОЧАЯ ПРОГРАММА КЛАССНОГО  РУКОВОДИТЕЛЯ «СТУПЕНЬКИ  РОСТА»4 класс...

Работы учеников 6-ых классов на конкурс "Ступеньки к творчеству"

В 2013-2014 учебном году региональный конкурс Ступеньки к творчеству проходил по теме : « Абажур».  Здесь представлены работы школьного этапа конкурса в различных техниках декоративно- прик...

Урок -конкурс "Ступеньки мастерства"

В увлекательной форме обобщить и систематизировать теоретические и практические знания по теме "Юбка"....

Открытый урок-конкурс: «Ступеньки мастерства» 8 класс (профильное обучение)

Открытый урок - конкукрс для учащихся 8 класса. Цель:  проверка знаний по пройденным темам....

Индивидуальная образовательная траектория как инновационная модель профессионального развития педагога «Ступеньки роста»

Первостепенными задачами учителя являются обеспечение качественной подготовки обучающихся в соответствии с требованиями федеральных государственных образовательных стандартов, формирование у них готов...

Сценарий открытия Точки роста

Сценарий открытия Точки роста...

сценарий конкурса "На ступеньках роста - 2023"

сценарий конкурса "На ступеньках роста - 2023"...