сценарий конкурса "На ступеньках роста - 2023"
материал
сценарий конкурса "На ступеньках роста - 2023"
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
stsenariy_na_stupenkah_rosta_.docx | 17.34 КБ |
Предварительный просмотр:
Улуустааҕы “Үүнүү үрдэллэригэр”
эдэр учууталлар күрэхтэрин түмүк чааһын сценарийа.
1 ыытааччы: Үтүө күнүнэн күүтүүлээх ыалдьыттар, биир идэлээх доҕотторбут, эдэр кэскиллээх коллегаларбыт! Эһиэхэ, иитэр- үөрэтэр уустук үлэ маастардарыгар, бэйэтин идэтин таптыыр уонна сыаналыыр дьоннорго , бүгүҥҥү бырааһынньык ананар
2 ыытааччы: Бүгүн ахсынньы 12 күнүгэр – дойдубут конституциятын күнүгэр педагог уонна наставник сылыгар, Аиза Николаевна Миронова сырдык кэриэһигэр анаммыт педагогическай декада иһинэн “На ступеньках роста - Үүнүү үрдэллэригэр” диэн улуустааҕы эдэр учууталлар күрэхтэрин түмүктүүр чааһын саҕалыыбыт. Ыалдьыттар, күрэх кыттааччылара, минньигэс астаах остуолбутугар ыҥырабыт, күндүлүүбүт.
1 ыытааччы: Хас биирдии киһи олоххо, тус суолун тобулунуутугар, киһилии сиэргэ-майгыга иитиллиитигэр үөрэппит учууталларын сабыдыаллара сүҥкэн улахан буолар. Учуутал үлэтэ үгүс сыраттан, дьаныартан турар. Кини билиитэ –көрүүтэ күннэтэ кэҥээн, үксээн иһиэхтээх. Үөрэнээччини кытта таба сыһыан, араас толкуйдатар боппуруостары табатык уонна бириэмэтигэр туруоруу, оҕолору наука төрүттэригэр уһуйуу, интэриэһиргэтии онтон да атын бэрт элбэх сатабылы, үгүс сыраны, дьоҕуру эрэйэр. Билиҥҥи учуутал идэтэ олоҕу кытта тэҥ сайдыылаах, аныгы технологиялары баһылаабыт, эргиччи талааннаах, дэгиттэр дьоҕурдаах, барыга сатабыллаах буолууну ирдиир.
2 ыытааччы: Эдэр учууталлар учуутал үрдүк аатын сүгүөхтэриттэн үүнэр көлүөнэни иитиигэ, үөрэтиигэ кыһамньыларын, ис кыахтарын ууран үлэлэрин эрчимнээхтик саҕалаатахтарына, оҕо-аймах кутун тутар үтүө учуутал буолаллар. Иван Николаевич Гуляев аатынан Туора - Күөл орто оскуолата олохторугар аан бастаан билии дойдутугар кырачаан дьоннору арыаллаан эрэр эдэр учууталлары түмпүт « Үүнүү үрдэллэригэр» эбэтэр «На ступеньках роста» диэн күрэҕи сылын аайы үрдүк таһымнаахтык тэрийэр.
1 ыытааччы: Бүгүн эдэр учууталлар бэйэлэрин уруоктарын, оҕолорго араас творческай дьарыктарын бэрт сэргэхтик, солуннук ыыттылар. Күрэҕи улуустааҕы үөрэх управлениетын начальнигын солбуйааччы Луковцева Мира Николаевна бэрэссэдээтэллээх дьүүллүүр сүбэ сыаналаата: Ытык Күөл 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччы Васильева Саргылаана Григорьевна, Тааттатааҕы лицей алын сүһүөх оскуола учуутала Апросимова Эмма Пантелеймоновна, Уолба орто оскуолатын директоры иитэр – үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччы Баишева Сардаана Михайловна, Тыараһа орто оскуолатын история уонна обществознание учуутала Романова Уйгулаана Романовна, Чөркөөх орто оскуолатын история уонна обществознание учуутала Егоров Алексей Афанасьевич. Билигин эдэр коллегаларбыт араас талааннарын, дьоҕурдарын,сатабылларын көрүөхпүт.
(Кыттааччылар талааннарын көрдөрөллөр)
2 ыытааччы: Ыҥырабыт Даайа Амма орто оскуолатын биология уонна химия учууталын Попова Айталина Никифоровнаны.
1 ыытааччы: көрсүн Туора – Күөл орто оскуолатын физика учуутала Марков Николай Эдуардовиһы.
2 ыытааччы: ыҥырабыт Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугуттан физкультура учууталын Слепцова Татьяна Прокопьевнаны.
1 ыытааччы: сыанаҕа көрсүн Уус Таатта орто оскуолатын физкультура учууталын Потапов Христофор Герасимовыһы.
2 ыытааччы: сыанаҕа ыҥырабыт Ытык Күөл 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын математика учууталын Будикина Айталина Никифоровнаны.
1 ыытааччы: көрсүн Хара Алдан орто оскуолатын история уонна обществознание учууталын Мигалкин Геннадий Валериевыһы.
2 ыытааччы: ыҥырабыт Уолба орто оскуолатын музыка учууталын Егоров Леонид Арсеньтевыһы.
1 ыытааччы: ыҥырабыт Чөркөөх орто оскуолатыттан алын сүһүөх оскуола учууталын Дьяконова Влада Владимировнаны.
2 ыытааччы: сыанаҕа көрсүн Чычымах орто оскуолатын омук тылын учууталын Малышева Евгения Альбертовнаны.
1 ыытааччы: сыанаҕа ыҥырабыт Тааттатааҕы лицейтан история учууталын, педагог – организаторы Миронов Артур Евгеньевыһы.
2 ыытааччы: көрсүн Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугуттан физкультура учууталын Терентьева Кэрэчээнэ Егоровнаны.
1 ыытааччы: көрсүн Дьохсоҕон орто оскуолатын физкультураҕа учууталын Кириллин Владимир Алексеевыһы.
2 ыытааччы: ыҥырабыт Тыараһа орто оскуолатын музыка учууталын Борисова Милена Адамовнаны.
1 ыытааччы: Чахчы даҕаны эдэр учууталлар бары олус талааннаах, араас дьоҕурдаах эбиттэр. Күрэхпит саамай долгутуулаах түгэнэ чугаһаата. Кыттааччыларбытын барыларын сыанаҕа ыҥырабыт. Тылы биэрэбит оскуола директорыгар Гуляева Оксана Николаевнаҕа.
2 ыытааччы: тылы биэрэбит дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлигэр улуустааҕы үөрэх управлениетын начальнигын солбуйааччы Луковцева Мира Николаевнаҕа.
(Кыттааччылары эҕэрдэлээһин)
1 ыытааччы: Махтал эһиэхэ, учуутал ыччаттар!
Өркөн өй, киэҥ билии,талаан баар дьонноро!
Холобур буолуҥ, туланы сырдата
Бар дьоҥҥут ыратын күннэтэ толорон.
Үлэҕит үтүөтэ өрүүтүн ааттаннын,
Тыа сирин оҕото –эһиги кэскилгит.
Махтал тыллара сыллата ананнын,
Сып сырдык үөрүүнэн олоххут киэркэйдин.
2 ыытааччы: Саха омук сардаҥалаах сарсыҥҥытын туһугар өйдөрүн-санааларын, күүстэрин-уохтарын, билиилэрин-көрүүлэрин ууран, иитии-үөрэтии түбүктээх үлэтигэр, учуутал буолуу эппиэтинэстээх идэтигэр буһар-хатар эдэр коллегаларбытыгар баҕарабыт: эдэрдии эрчимҥит уҕараабатын, амарах сүрэххит сылааһа намыраабатын, баҕа санааҕыт барыта туолуохтун!
1 ыытааччы: Саҥаттан саҥаны айыҥ - тутуҥ, үгүһү ситиһиҥ, үрдүктэн үрдүккэ дьулуһуҥ, үтүөттэн-үтүөҕэ талаһыҥ, кэрэттэн-кэрэҕэ тардыһыҥ!
.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
РАБОЧАЯ ПРОГРАММА КЛАССНОГО РУКОВОДИТЕЛЯ «СТУПЕНЬКИ РОСТА»4 класс
РАБОЧАЯ ПРОГРАММА КЛАССНОГО РУКОВОДИТЕЛЯ «СТУПЕНЬКИ РОСТА»4 класс...
Индивидуальная образовательная траектория как инновационная модель профессионального развития педагога «Ступеньки роста»
Первостепенными задачами учителя являются обеспечение качественной подготовки обучающихся в соответствии с требованиями федеральных государственных образовательных стандартов, формирование у них готов...
Сценарий конкурса «Дангына - 2023»
Сценарий конкурса «Дангына - 2023»...
Сценарий конкурса красоты и мужества "Дангына и Тажы - 2023"
Конурс красоты и мужества...
сценарий конкурса "на ступеньках роста "
Сылын аайы ыытыллар улуустааҕы эдэр учууталлар күрэхтэрин сценарийа...
Сценарий школьного этапа Всероссийского конкурса "Живая классика " 2023 г.
разработка сценария школьного этапа всероссийского конкурса "Живая классика" и презентацияhttps://cloud.mail.ru/public/CWYE/xTztU5QJc...
Сценарий новогоднего конкурса "Мисс Снежинка-2023" для 5-7 классов
Сценарий новогоднего конкурса "Мисс Снежинка-2023" для девочек 5,6,7 классов содержит полное описание конкурсных испытаний. Фонограммы подбираются самостоятельно, они должны соответствовать ...