Күннүк Уурастыырап 110 сааһыгар аналлаах дьүһүйүү
материал (7, 8 класс)
“Күөх сааһы хайҕааммын, күн аннын таптааммын”
(Саха народнай суруйааччыта Владимир Михайлович Новиков – Күннүк Уурастыырап 110 сааһынан)
“Киэн туттабын ытык дьоммунан” (2017 сыллаахха үбүлүөйдээх
саха норуотун чулуу уолаттарын туһунан дьүһүйүү)
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
duhuyuu_saas_vmn.docx | 16.83 КБ |
Предварительный просмотр:
Саха республикатынүөрэҕин министерствота
Таатта улууһун үөрэҕин салаата
П.П.Кочнев аатынан Туора – Күөл орто оскуолата
“Күөх сааһы хайҕааммын, күн аннын таптааммын”
(Саха народнай суруйааччыта Владимир Михайлович Новиков – Күннүк Уурастыырап 110 сааһынан)
“Киэн туттабын ытык дьоммунан” (2017 сыллаахха үбүлүөйдээх
саха норуотун чулуу уолаттарын туһунан дьүһүйүү)
Дьүһүйүү сценарийын суруйдулар:
Таатта улууһун П.П.Кочнев
аатынан Туора – Күөл
орто оскуолатын саха тылын
уонна литературатын учууталлара:
Павлова В.Д., Гуляева А.И.
2017 с
( лирическэй музыка тыаһыыр)
Сыанаҕа 1 ааҕааччы киирэр.
1 ааҕааччы:
Олус да кэрэ
Олох диэн дьиҥэ!
Саас хаар ирэрэ,
Ньургуһун тиллэрэ
Олус да кэрэ!
“Мин хаар хараарыыта, көтөр кэлиитэ – кэрэ сааскы кэмҥэ төрөөбүппүн”- диэн саха народнай поэта Владимир Михайлович Новиков – Күннүк Уурастыырап айылҕа уһуктуута, сааскы ылааҥы кэмҥэ күн сирин көрбүтүн иэйиилээхтик бэлиэтиир.
(чыычаах ырыата иһиллэр)
2 ааҕааччы хоһоон ааҕа – ааҕа киирэр:
Сааскы күөх сарсыарда
Сүрэхпэр минньигэс.
Сааскы күн сарсыарда
Сүрдээх да ичигэс.
Күөрэгэй үөһэттэн
Салгыҥҥа тырымныыр,
Көстүбэт үрдүктэн
Ырыата дьырылыыр.
Саас кэлиитэ хайдах курдук кэрэтин, минньигэһин таба тайанан сөпкө да суруйбут норуот тапталлаах суруйааччыта Күннүк Уурастыырап. Киһиэхэ төрөөбүт дойдута хайдах курдук күндүтүн киһи иэйиитин уһугуннарар тылларынан эппит.
(2 ааҕааччы ааҕар кэмигэр 3,4 киирэллэр)
3 ааҕааччы ааҕар кэмигэр үлэ ырыата тыаһыыр
Поэт саас кэлиитэ, үлэһит норуоту күүрээннээх үлэҕэ ыҥыран, дьон өйүн – санаатын уһуктуутун өрө күүрүүлээхтик уруйдуур - айхаллыыр.
Сотору, сотору үлүгэр,
Ыам ыйа долгуйан кэлиэҕэ –
Көҥүллээх кыраайбыт түөһүгэр
Ырыалаах, былаахтаах элбиэҕэ.
Кэскиллээх олоҕу оҥорон,
Киэҥ дорҕоон суоллары тэлиэхпит.
Байҕаллыы барылаан, баалланан
Бассабыык ыһыыта барҕарыа.
Оччоҕо сэтэрэн тураммын,
Мин эбии ырыанан оргуйуом,
Оһуордаах тыллары буламмын,
Олоҕу ойуулаан хоһуйуом.
4 ааҕааччы:
Бэрдин даа сааскы кэм барахсан,
Быйаҥнаах сайыммыт эргийиэ.
Түүн ааһан, күлүмнүүр күн тахсан,
Күүрээннээх үлэбит ньиргийиэ.
Күөрэгэй ыллаата.
Күөх сааһы тыллаата,
Сүүрүктээх олоҕу алҕаата,
Сүрэҕи үөрүүнэн аҕаата.
Мин санаам уохтанна,
Мин тылым уоттанна.
Бары ааҕаллар:
Бу тыллар норуот сүрэҕэр иҥэн, үрүҥ күн дэлэгэй уотунан үөрүүнү, дьолу саҕаллар.
(сыанаҕа бааллар бары ааҕа турдахтарына 5,6,7 ааҕааччылар киирэллэр)
1 ааҕааччы:
Саха тапталлаах суруйааччыта Күннүк Уурастыырап батталлаах олох, кырыыстаах муҥ – сор ыарахан кэмнэрэ ааһан, көҥүл олох кэлбитин хоһоонноругар хоһуйар.
5 ааҕааччы ааҕар кэмигэр курус музыка тыаһыыр
Дьон – сэргэ өйө – санаата уһуктан
“Кыһыммыт баранна,
Кыыдаана кыйданна,
Таҥара аһынна!” – дэһэрбит
Кырыыстаах муҥнары, кырыымчык саҥнары,
Үксүгэр, кыһыҥҥа көрөрбүт,
Үлүскэн тымныыны сөҕөрбүт.
Хараҥа күүһүттэн,
Хаалыыбыт сүрүттэн,
Баайдарга абарбат этибит
(Батталы быһаарбат эбиппит).
Сүр үгүс дьылларга,
Сүүһүнэн сылларга
Ол курдук “утуйан” олооппут,
Ол курдук, устубут олохпут...
(таптал туһунан лирическэй музыка тыаһыыр)
6 ааҕааччы:
Үлүскэн күүрээннээх үөрүүттэн
Өй – санаа үрдүккэ тардыста.
Сүүрүктүүр дьоллорбут бэрдиттэн
Сүрэх – быар тапталга баҕарда.
Үөрэхтээх дьоннор ыйаллар
Ый күн уотунан сырдыырын,
Тапсар сүрэхтэр таайаллар
Таптал олоҕу кыымныырын.
Бары ааҕаллар:
Саас аҕалар сайыны, саас аҕалар тапталы, саас аҕалар үөрүүнү, саас аҕалар саҥаны.
(сэрии курус музыката тыаһыыр)
7 ааҕааччы:
Эдэр кыыс доҕорум сэрииттэн
Эргиллиэ дии санаан,эрэнэр.
Сидьиҥнэр ийэ сир иэниттэн
Сиппиллэн – сотуллан эрэллэр.
Тиийдиннэр эһиэхэ бу ырыа тыллара
Дьиктилээх саас ийэ кыталык кыылыныы.
Кэриэстиир алааскыт киэркэйбит тыаларын
Киистэлээх күөхтэрэ тыалырар тыаһыыны.
(Вставай, страна огромная музыка тыаһыыр)
1 ааҕааччы:
Аҕа дойду улуу сэриитигэр кыргыһа сылдьар саха саллааттарыгар «Кыргыһыҥ, сахалар, оргуйан уоҕунан, кыйдаһыҥ, немеһи кытыастар уотунан”, - диэн талааннаах поэт дьиктилээх саас кыталык кыылыныы ырыатын тылларын аныыр.
(сааскы ырыа тыаҺыыр) 2 уонна 3 ааҕааччы:
Саха киһи санаатын
Сайаҕастай иэйиинэн
Сайа сайҕаан,
Саас иһэр!
3 ааҕааччы:
Күннүк Уурастыырап хоһоонноругар айылҕа биир дьикти, кэрэ көстүүтэ – сааскы кэм үрүҥ күн дэлэгэй уотунан үөрүүнү , дьолу аҕалар.
2 ааҕааччы:
Саас хоһооҥҥо хоһуйуллар, кэпсээҥҥэ киирэр, саҥаны, сырдыгы аҕалар дьыл кэмэ буолар.
Бары ааҕаллар:
Олус да кэрэ
Олох диэн дьиҥэ!
Өрүү үтүөҕэ, өрүү үрдүккэ
Өрө күүрэр өй,
Өлбөт өрөгөй – олус да кэрэ!
1 ааҕааччы:
Киэн туттар ытык киһибит Куннук Уурастыырап эппит тыллара олох күндүтүн, олох кэрэтин өрүү саната турдуннар.
(музыка улаатар, уолаттар сыанаттан тахсаллар)
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Народный поэт Якутии В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап
Презентазия к уроку, рассказывающая о жизни и творчестве народного поэта...
Саха литературатуратын уруоктарыгар А5а дойду сэриитигэр аналлаах айымньылары уерэтии
А5а дойду Улуу сэриитигэр аналлаах айымньылар нецуе о5олорго а5а келуенэ5э дириц ытыктабылы, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууну иитиэххэ, айар дьо5урдарын ке5улуеххэ сеп....
Ийэ кунугэр аналлаах кылаас чааhа
Ийэ кунугэр аналлаах кылаас чааhа...
Амма Аччыгыйын ааҕабыт (Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа төрөөбүт күнүгэр анаммыт нэдиэлэҕэ аналлаах 5-7 кылаастарга ааҕыы уруоктарын тэрийии)
Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатын сүгэр оскуола буоларбыт быһыытынан, суруйааччы төрөөбүт күнүгэр сөп түбэһиннэрэн 3 чиэппэргэ оскуола бүттүүнэ Амма Аччыгыйыгар аналлаах нэдиэлэни ыытар үтүө үгэстээхпи...
Норуот туһугар олох. (М.Е.Николаев төрөөбүтэ 80 сааһыгар ананар.)
9 кылааска Саха Республикатын норуоттарын төрүт культуратыгар уруок былаана...
Сценарий: Хоту кеьеруллуугэ сылдьыбыттарга аналлаах кутур5ан - кылаас чааьа.
Сценарий: Хоту кеьеруллуугэ сылдьыбыттарга аналлаах кутур5ан - кылаас чааьа....
геройдар күннэригэр аналлаах мероприятие
геройдар күннэригэр аналлаах библиотечнай урок отчуота...