Народный поэт Якутии В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап
презентация к уроку (11 класс) на тему
Презентазия к уроку, рассказывающая о жизни и творчестве народного поэта
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
novikov_v.m..pptx | 2.98 МБ |
Предварительный просмотр:
Подписи к слайдам:
Күн уотун сылааһа-куйаа´а, күн күүһэ окко-маска иҥэрин кэриэтэ, тылга былыр-былыргыттан норуот кута-сүрэ, өйө-санаата, норуот духовнай күүһэ иҥэн хаалбыт... Поэт, суруйааччы бэйэтин төөрөөбүт тылын кыайа-хото тутан имитиэхтээх-иэҕиэхтээх, элбэхтик эрчиллиэхтээх, үгүстүк үлэлиэхтээх... Итинник эрэйдээх, сыралаах түбүктээх үлэ түмүгэр эрэ уус-уран тыл дьиҥнээх ууһа, маастара буолуохха сөп! (Күннүк Уурастыырап «Хатаппын саҕабын»)
Оҕо сааһа Саппыйа алааска ааспыта 1907 сыллаахха ыам ыйын 9 к ү н ү гэр Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр төрөөбүтэ
1917 сыллаахха Абаҕа оскуолатыгар үө рэнэ киирбитэ. 1924 сыллаахха Эмис оскуолатын IV кылааһын бүтэрбитэ. 1924-25 сылларга Эмис нэһилиэгин Советын көмөлөһөөччү суруксутунан үлэлээбитэ. 1925 сыллаахха Дьокуускайга Совпартшколаҕа үөрэнэ киирбитэ. «Тимир чыычаах» диэн бастакы хооонун суруйбута. 1926 сыллаахха Дүпсүн уонна Мэҥэ улуустарыгар ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1927 сыллаахха Иркутскай рабфагар үөрэнэ барбыта. 1942 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педагогическай институту үөрэнэн бүтэрбитэ, саха тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта.
Б эчээккэ тахсыбыт бастакы хоһооно «Соҕотох хахыйах» В. Агз-и-и псевдонимынан «Чолбон» сурунаал 7¹-гэр б эчээттэммитэ
Соҕотох хахыйах Көстөрдөөх сирдэртэн тунаарар тардыылаах, Көнньүөстүүр тор ҕ олуу унаарар урсуннаах, Күөгэйэр сирэм күөх сибэкки симэхтээх Күтүрдүүр сыһыыкам чэлгиэрэн сытаахтыыр. Ү түөкэн дойдукам өнөрдүүр үөһүгэр Үү нээхтээн тураахтыыр үчүгэй бэйэлээх – Сул-ньаассын туостардаах, суугунас тыастардаах Солколоох-хампалаах соҕотох хахыйах...
К ү нн ү к Уурастыырап айар ү лэтэ 1925 с. са ҕ аламмыта . « У һ уктубут кыраайга » диэн 20-с сыллардаахха суруйбут хо һо оннорун хомуурунньуга 1932 с. бэчээттэммитэ . « Коммунист Сэмэн » диэн саха советскай поэзиятын б өдөҥ айымньыта ки н и б ө р үө т ү н анныттан тахсыбыта .
1934 с ахсынньы 2-11 к ү ннэригэр Саха сирин сэбиэскэй суруйааччылар I конференцияларыгар кыттыыны ылбыта
1935 с атырдьах ыйын 15 күнүгэр I Саха сиринээҕи тылга аналлаах конференцияҕа «Сахалыы уус-уран литература туруга уонна соруктара» дакылааты о²орбута
П.А. Ойуунускайга Эн, аҥар илиигэр кырыылаах ыстыыктаах, Аҥаргар – суруйар харандаас тайыылаах, Сарбыһар-дапсыһар саталаах-буурҕалаах Охсуһуу уотугар ыҥырар ырыалаах... Дьон-норуот иннигэр турбутуҥ, Дьол-соргу туһугар туойбутуҥ. Владимир Михайлович Ө ксөкүлээх Ө лөксөй, Алампа, Ойуунускай талааннарыгар сүгүрүйэрэ, кинилэртэн элбэххэ үө рэммитэ
Владимир Михайлович Новиков олоҥхону уонна тойугу ү рдүк таһымнаахтык толороро. «Нуоҕалдьын кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр» олоҥхото 1941 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыта
1937-39 сылларга Екатерина Захарова Күннүк Уурастыырап тылларыгар «Көлүкэчээн», «Уой да уой», «Бырастыы, эн, Кавказ», «Кэҕэ», «Түүл» ырыалары айбыта «Сырдык күммүт тыкпыт» «Кэҕэ» «Похуот» «Дуня» «Сааскыга» «Күөх нуоҕай мутукча» «Көлүкэчээн» «Үрүмэччи маҥан ат» «Долгунча» «Дьикти сэмэй Кууһума» Ырыа буолбут хо һ оонноро
Тиийдиннэр эһиэхэ Тиийдиннэр эһиэхэ бу ырыа тыллара, Дьиктилээх саас ийэ кыталык кыылыныы, Кэриэстиир алааскыт киэркэйбит тыаларын Киистэлээх күөхтэрэ тыалырар тыаһыныы. Элиэнэ эбэбит дьалкыллар бааллара Эһиэхэ да ҕ аны э ҥ силлэр бааллара... Эмискэ бу сэрии тэргэнэ күүрбүтэ, Эти ҥ нээх сата тыал сабыта сүүрбүтэ. Хотуттан, онуоха, эһиги турбуккут, Хотуулаах охсуулаах болоту туппуккут. Кыргыһы ҥ , сахалар, оргуйар уо ҕ унан, Кыйдаһы ҥ немеһи кытыастар уотунан! Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр
Сэрии са ҕ ана ү рд ү к к үү р үү лээх п атриотическай хо һ оо н норун хомуурунньу г ар киирбит « Хотугу кустук » диэн Советскай Союз Геройа Федор Попов хорсун бы һ ыытыгар анаммыт поэмата улахан билиниини ылбыта . Фёдор Кузьмич Попов 8.12.1921 - 10.10.1943 Советскай Союз Геройа
1942 сыллаахха сэтинньи ыйга Саха сирин делегациятын састаабыгар киирэн Арҕааҥы фроҥҥа сэриилэһэр Бэһис армияҕа республика ү лэһиттэрин ааттарыттан бэлэх илдьэн туттарбыта.
Владимир Михайлович кэргэнинээн Надежда Гаврильевналыын
Доҕоруом, эн баар буола²²ын, Мин ыал буолан олоробун. Миэхэ суоҕу эн булаҥҥын Итэҕэспин толороҕун. Үөрэхтээх дьоннор ыйаллар Ый күн уотунан сырдыырын, Тапсар сүрэхтэр таайаллар Таптал олоҕу кыымныырын. Кэргэммэр Надяҕа
1967 сыллаахха ыам ыйын 10 күнүгэр Саха АССР народнай поэтын аата иҥэриллибитэ
«Перевод на великий русский язык — это единственный верный и реальный путь выхода наших литератур на всесоюзную и мировую арену». Күннүк Уурастыырап тылбаас туһунан
К ү ннүк Уурастыырап тылбаасчыт А. Романовтыын Күннүк Уурастыырап - талааннаах тылбаасчыт . Кини А.С. Пушкин, Т.Г. Шевченко, Джамбул Джабаев , Микола Бажан уонна да атын поэттар айымньыларын сахалыы саҥардыбыта .
Кы´ыҥҥы суол (А.С. Пушкинтан) Долгун, будул туманнарга Чомполонон, ый устар, Санньы-курус хонууларга, Санааргыы, уотун кутар... Сквозь волнистые туманы Пробирается луна, На печальные поляны Льет печально свет она.
Туваҕа, Казахстаҥҥа, Горноалтайскайга, Башкирияҕа ыытыллыбыт Саха литературатын уонна искусствотын күннэрин кыттыылааҕа
1938 с. ССРС суруйааччыларын Союһун чилиэнэ 1947 с. «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээлинэн наҕаарадаламмыта 1957 с. «Үлэ Кы´һыл Знамята» орденынан наҕараадаламмыта 1967 с. Саха АССР народнай поэтын аата иҥэриллибитэ 1967 с. «Бочуот Знага» орденынан наҕараадаламмыта 1969 с. «Дьокуускай куорат бочуоттаах гражданина» үрдүк аат иҥэриллибитэ 1977 с. «Норуоттар доҕордоһуулара» орденынан наҕарадааламмыта 1982 с. Саха АССР Верховнай Советын Почетнай грамотатынан наҕараадаламмыта
1990 с. муус устар ый 30 күнүгэр ыарахан ыарыыттан өлбүтэ Владимир Михайлович Новиков – Күннүк Уурастыырап
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Николай Шелепи - чувашский народный поэт (музыкально-поэтическая композиция)
У каждого народа своя история, язык и литература. Есть и были творческие личности, перед которыми мы преклоняем. головы. Среди известных чувашских поэтов таким почестям достоин Николай Полоруссов-Шеле...
Жизнь и творчество народного поэта Башкортостана Рами Гарипова.
Данную презентацию можно использовать при изучении биографии и творчества народного поэта Башкортостана Рами Гарипова. В даннай работе собраны очень много фотографий из жизни поэта, которые трудно най...
Устный журнал "Истинно народный поэт"
Внеклассное мероприятие посвящено жизни и творчеству Михаила Васильевича Исаковского....
Интеллектуальная игра "Счастливый случай", посвященная творчеству народного поэта М.Карима.
Игра проводится среди учащихся 7-10 классов....
Тест, посвященный биографии Народного поэта Бурятии Д.З.Жалсараева
Тест по литературе Бурятии составлен для учащихся 6 класса и посвящен биографическим фактам Народного поэта Бурятии Дамбы Зодбича Жалсараева...
Внеклассное мероприятие «Певец родного края», посвящённое творчеству народного поэта Дагестана Расула Гамзатова
Внеклассное мероприятие «Певец родного края», посвящённое творчеству народного поэта Дагестана Расула Гамзатова Цель: 1)повышение интереса к произведениям Р. Гамзатова, 2)расширение читательског...
Народный поэт Башкортостана Кадим Аралбай. Встреча с поэтом в лицее №9 г. Сибай.
Статья "Глоток чистой воды" о встрече с писателями Башкортостана Кадимом Аралбаевым и другими в стенах лицея №9 г. Сибай. Мероприятие проведено в сентябре 2016 года....