Ийэ кунугэр аналлаах кылаас чааhа
классный час (5 класс) на тему
Ийэ кунугэр аналлаах кылаас чааhа
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
iye_kunuger_anallaah_kylaas_chaahyn_stsenariya.docx | 36.63 КБ |
Предварительный просмотр:
Сэтинньи 2 күнэ, 2015 сыл
5 кылааска Ийэ күнүгэр аналлаах кылаас чааһын сценарийа.
Виолетта: Үүммүт үтүө күнүнэн, бииргэ үөрэнэр до5отторбут,
күңңэ тэңнээх истиң, иһирэх Ийэлэрбит!
Айтыына: Бүгүн биһиги кылааспыт иһинэн Ийэ күнүн бэлиэтээри муһуннубут.
Виолетта: Республикабыт маңнайгы президенин Михаил Ефимович Николаев ыйаа5ынан быйыл 22-с төгүлүн алтынньы үһүс өрөбүлүгэр Ийэ күнүн бэлиэтиибит.
Айтыына: Ийэ диэн - биһиэхэ оло5у бэлэхтээбит аанньал, сиргэ түспүт таңара буолар. Хас биирдиибитигэр Ийэбит – тыынар салгыммыт, өлбөт мэңэ уубут, сарсыңңы күммүт саһар5ата. Күндү ийэлэрбитигэр анаан Степан Тимофеев «Мин ийэм» диэн хоһоонун бэлэх уунабыт. (Кыргыттар хоһоон аа5аллар)
Виолетта: Күндү ийэлэрбит! Бүгүн биһиги эһиэхэ 5 түһүмэхтээх оонньууну бэлэмнээтибит. Оонньуубутугар көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыңырабыт!
Айтыына: Бүгүңңү оонньуубутун дьүүллүөхтэрэ Вика уонна Святослав. Күндү ийэлэрбитин жеребьевка5а ыңырабыт. Бастакы түһүмэхпит аата «О5о илиитэ» диэн. Биирдии-биирдии киирэн о5о5ут илиитин таайыахтааххыт. Түһүмэ5и ыытыа5а Феня.
(Феня ийэлэри харахтарын саарпыгынан баайан биир-биир киллэртээн таайтарар)
Виолетта: Күндү ийэлэрбит! Биһиги үчүгэй киһи буоларбыт туһугар өрүү кыһана5ыт, арыт-арыт мөхтөргүт да искитигэр аһына саныыгыт. Степан Тимофеев. «Ийэ5ин харыстаа». Аа5аллар Святослав уонна Денис. (Уолаттар хоһоон аа5аллар)
Айтыына: Иккис түһүмэхпитигэр киирэбит. «Суругунан оонньуу». Бу оонньууга сурукка туох суруллубутун толоробут.
(Айтыына оонньотор)
Виолетта: Аан бастаан төрөөбүт тылбытынан саңарарга үөрэппит дьоммутунан эһиги, күндү Ийэлэрбит, буола5ыт. Төрөөбүт тылбытынан санаабытын сайа этэбит, төрөөбүт сахабыт тылын туһунан хоһоону эһиэхэ бэлэх уунабыт. Семён Данилов «Саха саңата».
(О5олор бары хоһоон аа5аллар)
Айтыына: Үһүс түһүмэхпит аата «Сибэкки-сиэдэрэй симэх» диэн. Бу түһүмэххэ өңнөөх кумаа5ыттан кырыйан сибэкки оңоробут. (5 мүнүүтэ иһигэр)
(Денис оонньотор)
Виолетта: Күндү ийэлэрбит! «Киһиргэс куобахчаан» диэн өс хоһоонунан туруоруллубут сыаңканы көрөргүтүгэр ыңырабыт.
Айтыына: Төрдүс түһүмэхпит таабырын таайсыыта буолар. Бу түһүмэ5и оонньотуо5а Вика. (Вика таабырын таайтарар, Денис сөпкө эппиэттээбиттэргэ жетон түңэтэр)
Виолетта: Ийэ –саамай күндү киһи,
Ийэтэ суох – олох суох.
Ийэ баар буолан
Биһиги баарбыт диир.
Ийэбин таптыыбын,
Күңңэ тэңниибин,
Ийэм баар буолан
Дьоллоохтук сананабын, - диэн туран Денис чабыр5а5ын бэлэхтиир.
Айтыына: Бүгүңңү оонньуубут бүтэһик түһүмэ5инэн буолар «Викторина». Бу түһүмэ5и оонньотуохтара Виолетталаах Святослав. (Виолетта, Святослав ыйытыылары биэрэллэр, Денис сөпкө эппиэттээбиттэргэ жетон түңэтэр.)
Виолетта: Күндү ийэлэрбит! Эһиги истиң, иһирэх сыһыаңңыт, у5араабат тапталгыт, муңура суох сүбэ5ит, өйөбүлгүт биһигини үгүс ситиһиигэ кынаттыыр.
Айтыына: Эһигини өссө төгүл Ийэлэр күннэринэн итиитик-истиңник э5эрдэлиибит! Ба5арабыт Сир үрдүгэр баар бары кэрэни, үчүгэйи, доруобуйаны, үлэ5итигэр ситиһиини!
Биһиги туспутугар ахсаабат кыһамньыгыт, сылаас тапталгыт, муударай сүбэ5ит иһин бар5а махтал тылларын этэбит!
Виолетта: Эллэй тылларыгар, Ольга Иванова мелодиятыгар «Таптыа5ың ийэни!»
(О5олор бары ыллыыллар)
Айтыына: Күндү ийэлэрбит! Эһиэхэ сэмэй бэлэхпитин туттарабыт.
Виолетта:Тыл бэриллэр дьүүллүүр сүбэ5э.(Дьүүллүүр сүбэ оонньуу түмүгүн таһаарар, бары ийэлэргэ сертификат туттарар)
Нүөмэрдэр:
- Кыргыттар хоһоонноро «Мин ийэм»
- Уолаттар хоһоонноро «Ийэ5ин харыстаа»
- «Саха саңата» бары хоһоон этэллэр
- «Киһиргэс куобахчаан» сыаңка
- Чабыр5ах
- «Таптыа5ың ийэни!» ырыа бары
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
"Кылаас аанын сэгэтэн"
статья...
Саха литературатуратын уруоктарыгар А5а дойду сэриитигэр аналлаах айымньылары уерэтии
А5а дойду Улуу сэриитигэр аналлаах айымньылар нецуе о5олорго а5а келуенэ5э дириц ытыктабылы, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууну иитиэххэ, айар дьо5урдарын ке5улуеххэ сеп....
Амма Аччыгыйын ааҕабыт (Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа төрөөбүт күнүгэр анаммыт нэдиэлэҕэ аналлаах 5-7 кылаастарга ааҕыы уруоктарын тэрийии)
Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатын сүгэр оскуола буоларбыт быһыытынан, суруйааччы төрөөбүт күнүгэр сөп түбэһиннэрэн 3 чиэппэргэ оскуола бүттүүнэ Амма Аччыгыйыгар аналлаах нэдиэлэни ыытар үтүө үгэстээхпи...
Күннүк Уурастыырап 110 сааһыгар аналлаах дьүһүйүү
ldquo;Күөх сааһы хайҕааммын, күн аннын таптааммын”(Саха народнай суруйааччыта Владимир Михайлович Новиков – Күннүк Уурастыырап 110 сааһынан)“Киэн туттабын ытык дьоммунан&rdquo...
Сценарий: Хоту кеьеруллуугэ сылдьыбыттарга аналлаах кутур5ан - кылаас чааьа.
Сценарий: Хоту кеьеруллуугэ сылдьыбыттарга аналлаах кутур5ан - кылаас чааьа....
геройдар күннэригэр аналлаах мероприятие
геройдар күннэригэр аналлаах библиотечнай урок отчуота...
Саха тылын кунугэр аналлаах викторина
Саха тылын кунугэр аналлаах викторина...