Саха литературатуратын уруоктарыгар А5а дойду сэриитигэр аналлаах айымньылары уерэтии
методическая разработка на тему
А5а дойду Улуу сэриитигэр аналлаах айымньылар нецуе о5олорго а5а келуенэ5э дириц ытыктабылы, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууну иитиэххэ, айар дьо5урдарын ке5улуеххэ сеп.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
saha_literaturaturatyn_uruoktarygar_a5a_doydu_seriitiger_anallaah_literaturany_ueretii.docx | 30.42 КБ |
Предварительный просмотр:
Саха литературатуратын уруоктарыгар А5а дойду сэриитигэр аналлаах айымньылары уерэтии
Уус-уран литература о5олорго олох туьунан билиилэри биэрэр, араас санаалары уескэтэр, толкуйдатар. Дьон сыьыана уустугун, араас еруттээ5ин, ону тэцэ история бэлиэ тугэннэрин, дьон оло5ор, норуот ейугэр-санаатыгар тугу хаалларбытын о5олор уус-уран айымньыттан билэллэр. Аахпыт тугэннэрин оло5у кытта дьуерэлииллэр, дьицнээх оло5у уус-уран айымньы кестуулэринэн сыаналыыллар. Биллэрин курдук, о5о долгутар, токуйдатар боппуруостарга быьаарыыны, хоруйу улахан киьи кемете суох булбат.
1941-45 сс. А5а дойду сэриитэ саха литературатыгар тереебут дойдуга бэриниилээх буолууну, социалистическай оло5у туруулаьан кемускуур сиэри-майгыны, советскай норуоттар государстволарын харысыьыыга елертен куттаммат, ергестеех-кылааннаах героическай охсуьуу тыынынан байыппыта уонна онуоха холоонноох саца уратылары сайыннарбыта.
Орто оскуола программатыгар А5а дойду сэриитигэр аналлаах литература кылаастарынан аттарыллан, уерэнээччи 5 кылаастан са5алаан 11 кылааска тумуктээн уерэтэр.
5 кылааска маннык айымньылар уерэтиллэллэр:
Фронтовик-поэт Иннокентий Артамонов «Мин мантан сэриигэ барбытым» хоьооно. Кини бэрт эдэригэр Сов. Армия кэккэтигэр ыцырыллан, А5а дойду Улуу сэриитигэр японскай милитаристары урусхалласпыта. Кини айар улэтигэр сурун миэстэни сэрии темата, ыччат, комсомол оло5о, хотугу сир айыл5ата ылаллар. Угус хоьооно ырыа буолан таптаан ыллана сылдьаллар. О5олор поэт оло5ун, айар улэтин билсэн атын поэттар хоьооннорун кытта тэцнээн керуехтээхтэр. Айар улэ5э бэлэмнэнии быьыытынан биир эмэ аймахтарын сэриигэ кыттыбытын туьунан билсэн кыракый кэпсээн суруйарга холоноллор.
Иванов И.Г. – Уйбаан Нуолур «Саллаат о5ото Чооруона» кэпсээнэ. Сурун геройу, кини быьыытын-майгытын, олоххо, дьоццо, бэйэтигэр сыьыанын, ба5а санаатын, эрэлин ырыталлар. Сэрии о5о саастарын былдьаабыт келуенэ – тыыл о5олорун дьыл5аларын кытта билсэн, эбээлэригэр, эьээлэригэр, кинилэр келуенэлэригэр дириц ытыктабылы иитии. Чооруона дьыл5ата салгыы хайдах салаллыбыта буолуой диэн ырытан, айар улэ5э ке5улээн, ейтен суруйуу оцороллор.
Бу курдук о5олор 5 кылааска бу айымньылар нецуе сэрии а5албыт алдьархайын, таарыйбатах киьитэ суо5ун туьунан билсэллэр, бэйэлэрэ айар улэ5э холоноллор.
6 кылаас программатыгар 6 чааска уерэтиллэр буойун суруйааччы Тимофей Сметанин «Егор Чээрин» айымньытыттан «Булт», «Кимэн киирии», «Снайпер саата» диэн быьа тардыылар киирбиттэр.
Бу А5а дойду сэриитигэр аналлаах литература5а биир саамай ча5ылхай айымньынан буолар. Норуот муудараьын кэрэтин, киэцин-куоцун илдьэ сылдьар айымньы норуот биир сурун ерутун – эр санааны, киэц-куоц ке5устээх утуе-мааны майгыны, атын киьи алдьархайыгар киэр хайыспат буолууну кердербутэ. Суруйааччы атын-атын омуктар тыыннаах характердарын арыйан кердербутэ. Снайпер Гурьянов уобараьынан эрэллээх, модун эр санаалаах, чахчы нуучча патриотын кердербутэ. Саха саллааттарынан, Егор Чээрининэн, радист Николаевынан, кинилэр баай дьиц сахалыы тылларынан-естерунэн, тулуурдарынан, сытыы харахтарынан, бэргэннэринэн, киэц-холку майгыларынан, онноо5ор туттан-хаптан хаамалларынан дьиц саха уобараьын оцорбута. Сурун геройдар мэтириэттэрин таьынан разведчик Шагуров, повар Бычков, фашистар табыллыбыт уобарастарын айбыта. Сэьэн ча5ылхай, бэргэн тылынан суруллубут, хас биирдии персонаж тыла-еье ураты.[]
Т.Сметанин саха саллаатын уобараьынан оччотоо5у аныгы сайдыылаах эдэр киьини кердербутэ. Кини уерэхтээх, нууччалыы учугэйдик сацарар, бойобуой техниканы билэр, Ийэ дойдутугар, норуотугар бэриниилээх ХХ уйэ 40-с сыллардаа5ы эдэр ыччат биир типичнэй бэрэстэбиитэлэ. Кинини Н.З.Копырин Твардовскай Василий Теркинын кытта тэцнээбитэ. Кинилэр иккиэн рядовой байыастар, оло5у муцура суох таптыыллар, сытыы, бэргэн тыллаахтар-естеехтер. Бэйэлэрин норуоттарын майгыларын-сигилилэрин суегэйин-сумэтин хомуммут национальнай характердар.
Онон бу айымньыны о5олорго уерэтэргэ сэрии сылларыгар интернациональнай боппуруос, норуоттар до5ордоьуулара кыайыыга сирдиир сурун куус буолбутун тиэрдэр сурун сорук турар. О5олор сэьэн ейдэбулун, символ уобарастары, хомуур уобарастары, уус-уран уобарастары кытта билсиьэллэр.
7 кылаас учебнигар В.М. Новиков – Куннук Уурастыырап «Кыайыы кунэ» хоьооно уонна С.С.Васильев «Улуу Ильмень» балладата киирбиттэр.
О5олор сахалыы хоьоон иэйиитин куурээнин, этэр арааьын: лирика, анда5ар, ода, кутур5ан, элегия уо.д.а. кытта билсэллэр. «Улуу Ильмень» баллада5а А5а дойду Улуу сэриитин кэмигэр Новгород сиригэр, Ильмеццэ хорсуннук кыргыьан елбут саха буойуттарын долгутуулаахтык ахтан суруйуу, кинилэр елбет кэриэстэирн уйэтитии кестерун о5олорго итэ5этиилээхтик тиэрдэр сорук турар.
8 кылааска «Сэрии уонна эйэ туьунан» диэн 10 чааска уерэтиллэр анал тема киирбит. Манна сэрии алдьархайын уонна эйэлээх, иллээх олоххо тардыьыыны уус-ураннык хоьуйууну, сэрии героикатын, романтизмын уонна тыйыс тыынын уус-уран айымньыга хайдах кестерун кэтээн кереллер. Саха суруйааччыларын сэриигэ кыттыыларын уерэтэллэр. Саха норуотун тылга оло5ун уус-уран айымньыга кереллер.
Теманы Амма Аччыгыйа «Аймал5ан» диэн «Сааскы кэм» романыттан быьа тардыыннан са5алыыллар. Бу саха биир улахан айымньыта сэрии сылларыгар кун сирин кербутэ. Айымньыга хаан тохтуутун, биллибэт сэриини аьа5астык утарыы кестер. Суруйаачы стилин, уйул5а хамсааьынын арыйар сатабылын кэтээн кереллер.
Саха народнай поэта С.Р. Кулачиков – Эллэй 1942 сыллаахха суруйбут «Бырастыылаьыы» патриотическай хоьоон аа5аллар. Саха буойуна фашистары утары сэриигэ естее5ун кыайар, дойдутугар теннер эрллээх барар. Хоьоон былыргы анда5арга маарынныыр урдук куурээннээх, тэтимнээх. Кэргэниниин, о5олуун, тереебут кыраайдыын арахсыыга лиризм уонна хоодуот буойун бигэ тылын бар дьонугар, тереебут дойдутугар биэрэр потетиката хоьонун нарын уонна кыырыктаах, умнуллубат ис номохтуулар, сэрии кэмин хорсун тыынын тиэрдэллэр. Хоьоон кутуллубут курдук уус-уран формата, тыла-еье локаничнайа, куустээ5э.
Салгыы саха биир бастакы поэтын А.Г. Аба5ыынскай – А.Г. Кудрин «Кыайыы анда5ара» хоьооно уерэтэллэр. Эйэ ерегейдуурун иьин норуот охсуьуута, кыайыыга эрэл елбуттэргэ ейдебуннук хоьоон нецуе бэриллэр.
Талааннаах поэт, тупса5ай стиллээх журналист, сэрии кыттыылаа5а М.И. Кузьмин – Макаар Хара «Кыталык», «Саллаат суруктара» хоьооннорун аа5аллар. Кыталык – ил-эйэ уобараьа, ахтыл5аннах тереебут дойду символа. Поэт тыл ойуулуур эгэлгэ кырааскатын туттарын кэтээн кереллер. «Саллаат суруктарыгар» саха саллаатын фроннаа5ы оло5о хоьуллар.
И.Д. Винокуров – Ча5ыл5ан айар улэтигэр ананар уруогу уерэнээччилэр поэт лирикатыгар умсугуйар, кини айымньытын бэйэлэрэ аа5ыахтарын ба5аран кэлэр гына соруктанан уерэтиллиэхтээх. «Саха буойуцца», «Герой туьунан ырыа», «Мин улууьум киьитэ» хоьооннорун аа5аллар. Поэт тылын ис ноо5о кэцээн, эбилик ейдебуллэнэн кэлэр, ойуулуур, долгутар уратытын кэтээн кереллер.
Бу айымньылары таьынан кылаас таьынан аа5ыыга Г.Г. Колесов «Саллаат санаата», Н.А. Кондаков «А5ам сулуьа», Н.А. Лугинов «Ыьыах кун» айымньылара бэриллэллэр. Теманы тумуктуур улэнэн маннык сорудахтартан биир талбыттара буолуон сеп:
«Саллаат суруктара» айымньыны утугуннэрэн, хоьоонунан сурук суруйарга холонуу.
себулээбит быьа тардыыны ейтен аа5а уерэтии.
лирическэй герой оло5ун кэпсээнин оцоруу.
айымньыга киинэ сценарийын оцоруу.
«саха саллаата – фроцца» ейтен суруйуу.
фронтовигы кытта керсен интервью ылыы.
биир талбыт сурукка кэргэнин эппиэтин айан суруйуу.
снайпердар тустарынан эбии булан аа5ан реферат суруйуу.
сэрии биир эбит тугэнигэр уруьуй оцоруу.
лирическэй герой оло5ор атылыы нуучча суруйааччыларын аймньыларын эбэтэр кербут киинэлэрин туьунан кэпсэтиьии.
9 уонна 10 кылаастарга кетен баран 11 кылаас программатыгар «саха литературата А5а дойду сэриитин кэмигэр» диэн анал туьумэх быьыытынан уерэтиллэр. Туьумэх уопсай обзоругар о5олор А5а дойду улуу сэриитин, советскай патриотизм ча5ылхай кестуулэрин кытта билсэллэр.
Борогонскай – С.С.Васильев «Кылбацнаа эрэ, кылыьым», «Кылбаьыйар кыраан уута» поэмаларыттан быьа тардыылары аа5аллар. Поэт ийэ кутун, дириц иэйиитин, дууьатын теленун, патриот уьулуччулаа5ын быьыытынан тиэрдии сурун соруга турар.
Тимофей Сметанин оло5ун уонна айар суолун кытта билсэллэр, итиэннэ «Кырдьык иьин кыргыс», «Бырастыылаьыы», «Хааннаах хара баттах», «Саллаат», «Саллаат сурэ5э», «Учугэйин даа, тыыннаах буолар» срии кэминээ5и буорах сыттаах хоьооннору уерэтэллэр. Поэт куустээх ахтыл5анын, тереебут дойдутугар махталын, тапталын ырытан ейтен суруйаллар. Сэрии кэминээ5и литература тематын, аналын уратытын кэтээн кереллер.
Гавриил Макаров – Дьуон Дьацылы айар улэтин уонна «Лена тигинии устар», «Хаьан сэрии буттэ5инэ», «Тууйас», «Лена5а», «Биьиги иьэбит», «Елееру сытан» хоьооннорун кытта билсэллэр. Сэрии эрэйин этинэн-хаанынан билбит поэт лирикатыгар сэрии уонна кыайыыга эрэл, елуу уонна олох туьунан темалар алтыьыыларын, поэт туттар уус-уран ньымаларын ырыталлар.
Туьумэх тумугэр саха биллэр сэьэнньитэ Дмитрий Таас сэрии сылларыгар кун сирин кербут «Кыьыл кемус хоруоп» сэьэниттэн быьа тардыыны аа5аллар.
Программа5а ыйыллыбыт айымньылартан ураты уерэнээччилэр история чахчыларын, кыайыыга тыыл оруолун кытта билсиэхтээхтэр. История уруоктарын кытта интеграциялаан кылаас таьынан аа5ыы уруогун Чурапчы алдьархайыгар анаан ыытыахха син. О5олору чинчийэр улэ5э тардан дакылаат, иьитиннэрии, реферат бэлэмнэттэриэххэ сеп.
Оскуола5а уус-уран айымньыны уерэтии суруннээн туерт бэйэ-бэйэлэрин кытта быстыспат ситимнээх туьумэхтэн турар:
айымньыны уерэтиигэ бэлэмнээьин;
айымньыны аахтарыы;
айымньыны ырытыы;
айымньны уерэтиини тумуктээьин;
Бу олукка А5а дойду сэриитин туьунан айымньылары аа5ыыга бэлэмнээьин хайдах быьыылаахтык барыахтаа5ын кердеруехпут.
Уус-уран айымньыны уерэтиигэ бэлэмнээьинтэн эбэтэр уерэтиигэ киириини тэрийииттэн кинини салгыы аа5ыы, ырытыы улахан тутулуктаах.
Хас биирдии аа5ыллыбыт айымньы уерэнээччигэ тустаах санаалары олохсутуохтаах, септеех тумуктэри хаалларыахтаах. Ол туьуттан айымньыны аа5ыыга бэлэмнээьини учутал уерэтэр о5олорун бу айымньыга тумэ тардар соруктанан, мындырдык толкуйдаан ыытарга дулуьуохтаах. Киирии туьумэххэ о5олорго бэриллибит ей-санаа айымньыны уерэтиигэ салгыы сайдан, дирицээн, о5о бэйэтин ба5атынан ырытыыга кыттар кыа5ын уескэтиллиэхтээх. Киириигэ этиллибит санаалартан о5олору ханнык эмэ еттунэн долгуппут, интэриэстэрин тарпыт тугэннэрэ айымньыны салгыы уерэтиигэ сутэн, симэлийэн хааллахтарына, ырытыы хаачыстыбата мелтуур.
Уус-уран айымньыны уерэтиигэ киирии – уерэнээччилэр айымньыны ис-сурэхтэритэн долгуйан, аьыллан ылыналларыгар бэлэмнээьин. Онон кылааска уерэтиллиэхтээх айымньыга дьуерэ ис туругу уескэтии соруга турар. Ол эбэтэр суруйааччы айымньытынар этэр сурун санаатыгар, иэйиитигэр уерэнээччилэри чугаьатыы ситиьиллиэхтээх.
Орто кылаастарга суруйааччы оло5уттан ордук ча5ылхай тугэннэрин аа5ыллыахтаах айымньыга сыьыары тутан кэпсиир то5оостоох. Суруйааччы киьи, личность быьыытынан бэлиэ, ураты еруттэрин билиьиннэрии кини туьунан угус хронологическай даталардаах кэпсээннээ5эр о5олорго ордук тиийимтиэ буолар.
Т.Е. Сметанин «Егор Чээрин» сэьэнин уерэтиигэ бэлэмнээьиццэ суруйааччы А5а дойду Улуу сэриитигэр кыттыытын туьунан билиьиннэрэллэр. Хрестоматия5а киллэриллибит «Сирдээ5и дьолу билэбин» хоьоонуттан быьа тардыы ис номо5ун ырытыьан (Софрон Данилов этиитигэр тирэ5ирэн), суруйааччы, буойун кылгас ча5ылхай оло5ун сурун соругун – сыалын кэпсэтиьэн, киьи оло5ун урдук аналын быьаарсыьан ааьар наада. То5о Россия кииниттэн быдан ыраах уескээбит Саха норуотун чулуу уолаттара, елеллерун утуйарга холоон, ытык сэриигэ хорсуннук охсуспуттара буолуой? Норуоттар до5ордоьуулара ейдебулу о5олорго бэйэлэригэр толкуйдатан, ырыттаран кэпсэтиини, санаа атастаьыытын тэрийиэххэ.
Итини таьынан А5а дойду Улуу сэриитигэр аналлаах айымньылары уерэтиигэ кииригэ историческай быьаарыылары оцорор туьалаах. Историческай кэрдиис кэм, ей-санаа хайысхалара уратылара бол5омто5о ылы уерэнээччилэр бэйэлэрин кэмнэрин хара5ынан эрэ керен сыаналааьыннарыттан босхолуурга тиэрдиэ5э.
А5а дойду Улуу сэриитэ норуот оло5ун бэлиэ суостаах кэмнэрэ уус уран литература5а ойууланан, сор5о то5оостоох кэмигэр эрэ туьаныллан, соро5о елбет уйэлэнэн норуот суду баайа, еркен ейун, философиятын кылаата буолан уннэтэ тирэх буолан, кемелеье, урдуккэ, сырдыкка ыцыра, угуйа сырытта5а.
Кэм тыына – быьыы-майгы укулаата, ей-сурэх уйэлээх меккуерэ, утуе-меку туруулаьыыта, ейунэн елбет уйлэниигэ дьулуьуу. Сэрии – кэм ынырык чахчыта. Онтон А5а дойду Улуу сэриитэ – ытык сэрии, кецул иьин охсуьуу «Кемускээ ийэ5ин. Кемускээ о5о5ун. Кемускээ дьоццун-сэргэ5ин» диир А5а дойду Улуу сэриитигэр аналлаах уус-уран тыл айыылара. Ол иьин А5а дойду Улуу сэриитигэр анаммыт айымньылар норуоту тумэр, сомо5олуур, биир санаалыыр, кууьурдэр ис хоьоонноохтор. Туох туьугар уруц тыынын аныырын герой билэр, ол иьин санаата кытаанах.
Айымньы суруллубут кэмин уратытын керуу эмиэ суолталаах. Историческай быьаарыыларга ессе айымньы суруллубут теруетун, оло5уруутун билиьиннэриини киллэриэххэ сеп. Онно то5оостоо5 суруктары, ахтыылары, уураахтары уо.д.а туьанан айымньыга суруллар олоххо буолбут быьыы-майгы, суруйааччы онно кыттыытын туьунан ырытыыны биэрэр о5олор аа5ар ба5аларын кебутуе. «Улуу Ильмэн» балладаны уерэтиигэ уерэнэччилэри турукка киллэриигэ – ити куелгэ буолбут ынырык хаан тохтуутун туоьулуур историческай чахчылары сыыппараларынан бигэргэтэн биэрии быьаччы кемелеьуе.
Уус уран айымньы, биллэн турар, буолбут ис быьыланн тыыннаах дьуьунэ буолбатах. Айымньыга ойууланар историческай терут суруйааччы тус бэйэтин керуутунэн, сыьыанынан уус ураннык дьуьуйуллэр.
Уруьуй киьи керен ылынар кыа5ын нецуе дьайыыта эмиэ куустээх. Уерэнээччилэри уус уран эйгэ5э, турукка киллэрэр атын ньымалары сэргэ, ордук тылынан дьайыыга сыьыаран айымньыга дьуерэ ис номохтоох уруьуйу кердеруу о5о уйул5атын хамсатар кыа5а кууьурэр. Ацардас истэн, ейге оцорон керен ылынарын таьынан ессе керен оцоруу туругу уларытыыга кууьурэрэ чуолкай. Ол курдук «Егор Чээрини» аа5арга В. Захаров «Кимэн киирии» диэн чааска оцорбут уруьуйдарын туьаныахха сеп.
Онон искусства керуцнэрин литература уруоктарыгар туьаныы уус уран айымньы иитэр-уерэтэр кыа5ын кууьурдэр, уерэтии айымньылаахтык барарын хааччыйар кыа5ы биэрэр. Итини таьынан литература уруогар музыканы, уруьуйу туьаныы, театральнай искусство5а тирэ5ирии уерэнээччилэр искусства туьунан билиилэрэ-керуулэрэ кэцииригэр тиэрдэр, кинилэр уопсай эстетическэй сайдыыларын ке5улуур.
С.С Васильев «Улуу Ильмень» балладатын ырытыыга, Д.Ф. Салиман – Владимиров ити баллада5а оло5уран бэйэтин иэйиитин хамсааьынан сурйбут симфониятын фон быьыытынан иьитиннэрэн, айымньыга кестер хартыыналар, аьыы-аба, кутур5ан иэйиитин биэрэр туьумэтэрин сиьилииргэ туьаныы – уерэнээччилэр дирицник долгуйууларыгар, тылынан кыайан этиллибэт иэйии, санаа ейдеругэр-сурэхтэригэр ицэригэр тиэрдэр.
Суруйааччы оло5ун, айар улэтин билиьиннэриигэ айымньылаахтык сыьыаннаьыы эрийиллэр. Айымньыга о5олору киллэриигэ бу суруйааччылар тереебут норуоттарыгар оцорбут елбет-суппэт утуелэрин ессе тегул долгутуулаахтык бэлиэтээн, о5олор санааларын чицэтэн, улуу дьону кытта кэпсэтэн кэрэ тугэн ууммутун итэ5этэр наада. Санаалара киирдин, киэн туттуулара улааттын. Кинилэр олохторутан бугун аа5ыллыахтаах айымньыга сыьыаннаах бэлиэлэри, чахчылары умуру тутан ылан, айымньылаахтык тацан биэрии, айымньыны уерэтиии «тугэх сыалыгар» туьаайыы эрийиллэр.
Уус уран айымньыны аа5ыыга, ырытыыга бэлэмниир туьумэх, уерэнээччилри айымньы эйгэтигэр, тыыныгар чугаьатан, турукка киллэрэн, учуутал айымньыттан о5олорбор чугас, суолталаах диэн ойучу турар тематыгар (проблематыгар) хайысхалаах, дьулуьар, ааны аьар сыаллаах буолла5ына, улэ тэрээьиннээхтик, биир дьоьун суолунан хайысхаланан барар кыахтанар, улэ тумуктээх. Кедьуустээх буоларын хааччыйар. Онон айымньыны билсии аа5ыы, ырытыы сурун соруктаах, дьулуьар «тугэх сыаллаах» буолуохтаах.
Уус-уран айымньыны дирицник ылыныы терутунэн бол5омтолоохтук илдьиритэн аа5ыы буолар. Ескетун уерэнээччи уерэтиллэр айымньыны сиьилии аахпата5ына, айымньы кинини долгуппата5ына, ханнык эмэ санаа5а тиэрпэтэ5инэ, салгыы ырытар туьата кыра.
Учуутал айымньыга киириини аа5ыыта о5олору аа5ыыга ке5улуур ньыманан буолар. Айымньыны уерэнээччилэр аа5ыылара учуутал аа5ыытыгар тирэ5ирэн, айымньыны ылыналларын дирицэтэр, уескээбит санаалары, иэйиилэри чицэтэр, салгыы айымньыны кытта улэ кедьуустээхтик барарыгар терутунэн буолар.
Айымньыны аа5ыы кэмгэр быьаарыылары учуутал оцорор. О5олор бол5ойбокко ааьыахтарын септеех айымньы ис номо5ун ылыныыга суолталаах тугэццэ тохтоон, бэрт кылгастык илдьиритиьэн ааьыахха син. Аа5ыы кэмигэр суолтата ейдеммет тылы уонна тыл айымньы контексыгар ураты тугэццэ туттуллуутун быьаарсаллар. Холобур, «Хайыьар ырыата» уус-уран дьиктитэ. Хоьоон строфата ырыа5а куплет дэнэрин уерэнээччилэр билэллэр. Ырытыллар айымньы – ырыа. Мацнайгы куплет «хонно5унан», «хара тыанан, толоонунан» диэн тылларын алтыьыылара хотугу норуоттар буттуун ере турууларын, маассабай патриотизм киэц-куоц далааьынынан ыллааччы санаатын ере кете5ер. «Дайдылар» урэхтэринэн, хайаларынан эрчимник, сыыдамнык, бэрт элбэх буолан диэн ейдебулу этэр. Хос ырыата естееххе еьу, снайперскай сытыы буулдьаны, хотугу хайыьардьыттар естее5у ханна да куоттарбат сууьарыылаахтарын бигэргэтэн иьэр. Иккис куплет силлиэлии ытыллан, суостаах («тыйыс»), туундара бухатыырдара чугаьатылларын этэр. Уьус куплекка «ча5аан» куустэн фашистар кэьэйбиттэрин, «кыайыы сырдык дьаралыга биьигини кууспутун» «уеруутунэн» ерукутэр. Ырыа са5аланыа5ыттан бутуер дылы ерегей чувствотынан сайар. Ча5ыл5ан хоьоон, ырыа тыллары туттубут эйгэлэригэр ордук кууьурдэр, киэц санаалыыр дьикти уратытын учуутал тоьо5олоон бэлиэтиэхтээх. «Дьаралык» диэни тылдьыкка булларыллар уонна ырыа5а туттуллубут семантическай суолтатын биирдии уерэнээччи быьаарыыларын истиллэр. Олору тэцнэтэлээн, тус-туспатык ейденер дьикти поэтическай кууьун кердеруллэр.
Уруокка аа5ыыны уус-уран айымньыны ырытыы биир кеме ньыматын быьыытынан туьаныахха сеп. Манна ырытыыга этэр санааны бигэргэтэр соруктаах айымньыттан кэрчиги, биирдиилээн ойуулааьыннары, улахан суолталаах этиилэри аахтарыллар. Холобурга, 11 кылааска Тимофей Сметанин фроннаа5ы хоьооннорун аа5ыыга поэт куустээх ахтыл5анын, тереебут дойдутугар махталын, тапталын ханнык хоьооццо хайдах этэрин булан аа5ыц. Ол эбэтэр айымньыны ырытыы кэмигэр уус-уран текст тирэх буолар, наадалаах тугэццэ текси тургэнник туьанар уеруйэ5и о5олорго ицэриллэр.
Улахан кылаастарга быьаарсыылаах уонна бэлиэтэниилээх аа5ыылары ыытыахха сеп.
Дьиэ5э айымньыны аа5алларыгар сорудахтыырга ус керуцу туьаныахха сеп:
Чопчу сыал-сорук туруоран о5олор айымньыттан сацаны-сонуну билэн кэлэллэригэр сорудахтааьын. Холобур: С.Васильев «Кылбацнаа эрэ, кылыьым», «Кылбаьыйар кыраан уута» поэмаларыгар олоцхо тыла-еье, уобараьа кестер тугэннэрин булан устуц.
Айымньыга сыьыаннаах айар улэни талан ылан толоруу. Холобур:«Егор Чээрин» геройдарын мэтириэттэрин эбэтэр биир эмэ интэриэьиргэппит тугэни уруьуйдааьын, киинэ сценарийын оцоруу, саха биллэр снайпердарын тустарынан реферат суруйуу, Твардовскай В.Теркинын кытта маарыннаьар еруттэрин булуу уо.д.а.
Бэлиэ тугэннэргэ интэриэс кете5ен дьиэ5э аа5ан кэлэллэрин ситиьии. Холобур: С.Васильев «Улуу Ильмень» балладатыгар киирии уруокка дьицнээхтии буолбут саха трагедиятын кэпсээн салгыы поэманы аа5алларыгар тирэх ууруу.
Айымньыны ырытыыны тэрээьиннээхтик, айымньылаахтык ыытар туьуттан учуутал уерэтиллэр айымньы идейнэй ис номо5ун, иитэр-уерэтэр кыахтарын уерэнээччилэргэ тиэрдэр соруктаах улэтин аттаран былаанныахтаах. Уерэнээччилэр араас ис хоьоонноох улэлэри толорон, сацаны билэн, айымньы ис хоьоонун бары кэрэтин кэрэхсээн, туьалаахтык ылыналлара ситиьиллиэхтээх.
Айымньыны уобарастарынан ырытыы кини сурун сыалын ситэр соруктаах ыытыллар. Айымньы этэр ис номо5ун сырдатарыгар суруйаачы уобарастары тацан биэриитин, сурун санаа арыллыытыгар хас биирдии герой суолтатын – барытын айымньыны ырытыыга учуоттаныллыахтаах. 6 кылааска «Егор Чээрини» аа5арга снайпер Гурьянов эрэллээх, модун эр санаалаах, чахчы нуучча патриота буолара, саха саллааттара Егор Чээрин, радист Николаев, кинилэр баай дьиц сахалыы тыллара-естере, тулуурдара, сытыы харахтара, бэргэннэрэ киэц-холку майгылара, онноо5ор туттан-хаптан хаамаллара дьиц саха уобарастара булаллара ырытыллар, Сурун геройдар мэтириэттэрин таьынан разведчик Шагуров, повар Бычков, фашистар табыллыбыт уобарастара ырытыллар.
«Авторы батыьа» ырытыы уус-уран айымньы ис хоьоонун ситимин батыьа, автор санаатын ута5ын тутуьан ырытыы буолар.
Хоьоонноохтук аа5ыы ньыматынан ырыттарыы. Холобур, Дьуон Дьацылы «Лена тигинии устар», «Хаьан сэрии буттэ5инэ», «Тууйас», «Лена5а», «Биьиги иьэбит», «Елееру сытан» хоьооннорун аахпыт кэннэ учуутал: «Сэрии эрэйин этинэн-хаанынан билбит поэт тереебут Сахатын сирин кундутук, истицник саныырын, ахтарын туохтан керебутуй?» диэн ыйытыыны биэрэн айымньылары бастакы ылыныыларын билгэлиир. Ол кэннэ поэт туттар уус-уран ньымаларын кердетер ыйытыылары биэрэн уобарастары арыйтарар.
Уус-уран айымньыны ырытыы биир айымньылаах суолунан айымньыны киинэ5э устарга эбэтэр сыана5а туруорга анаан сценарийын суруйуу буолар. Бу ньыманы «Егор Чээрин» айымньыны уерэтэргэ табыгастаахтык туттуохха сеп.
О5олор интэриэстэрин тардар айымньылаахтык улэлииргэ ке5улуур уус-уран айымньыны ырытыы ньыматынан араас санаалары уескэтэн меккуеру тардарга проблемнай ис хоьоонноох сорудахтары биэрэн диспуту тэрийии буолар. Проблемнай ырытыы кулуус тылтан таьааран о5ону толкуйдатар, ейдерун сынньар тугэни таба тайанан, проблемнай тугэни, эйгэни уескэтэн ыытыллар.
А5а дойду Улуу сэриитигэр аналлаах айымньылары тумуктээьин – ырытыллыбыт айымньылары чицэтии, кинилэр иитэр суолтларын, уерэнээччигэ дьайар куустэрин дирицэтии буолар. Ол курдук бу туьумэххэ ейтен хоьоонноохтук аа5арга (С.С.Васильев «Улуу Ильмень» балладата, Т.Сметанин «Кырдьык иьин кыргыс», «Бырастыылаьыы», «Хааннаах хара баттах», «Саллаат», «Саллаат сурэ5э», «Учугэйин даа, тыыннаах буолар»), уус-ураннык кэпсииргэ бэлэмнэнии (Уйбаан Нуолур «Саллаат о5ото Чооруона»), ейтен суруйуу (6 кыл. «Егор Чээрин хайдах дьуьуннээх, быьыылаах-тутуулаах киьи буолуой?», 8 кыл. «Саха саллаата –фроцца», 11 кыл. «Буорах сыттаах хоьооннор», «Саха саллаатын уобараьа сэрии кэминээ5и литература5а»), уруьуйдатыы (Макар Хара «Кыталык», «Саллаат суруктара»), айымньы сценарийын суруйуу (Тимофей Сметанин «Егор Чээрин»), ырыа буолбут хоьооннору (Иннокентий Артамонов «Мин мантан сэриигэ барбытым», И.Ча5ыл5ан «Хайыьар», », «Герой туьунан ырыа») ыллыырга бэлэмнэнии ыытыллар.
А5а дойду сэриитин унньуктаах туерт сыла саха норуотугар алдьархайынан аацнаабыта. Дьон саамай чулуута, кыайыылаах-хотуулаах етте, эдэрэ, чэгиэнэ сэриигэ ыцырыллыбыта, угустэр кыргыьыы хонуутугар охтубуттара. Саха сирин 20-чэ суруйааччыта: Эллэй, Архыып Аба5ыыныскай, Дьуегэ Ааныстыырап, Тимофей Сметанин, Кун Дьирибинэ, П.Тобуруокап, И.Артамонов, И.Эртюков, И.Никифоров уо.д.а. саа-саадах тутан А5а дойдуларын кемускэспиттэрэ.
«Литература – олох сиэркилэтэ. Олох тугунан тыынарый да, литература ону сырдатар, тыктарар. Ол кини темата буолар. Биьиги сахабыт литературата, сунньунэн, 1900 с. са5аламмыта. Онон кини сааьа биир киьи уйэтин эрэ са5а. Оттон бу кэм устата норуот ейе-санаата саца социалистическай оло5у тутуу идеятынан ере куурбут, онно туьаайыллыбыт буолан, бастыц ба5ата бу оло5у тутааччы уобараьын айарга дьулуьуу этэ. А5а дойду Улуу сэриитэ ити эйэлээх, саца социалистическай идеяны олоххо киллэриигэ туора туспут моьол курдук кестубутэ», - диэн 11 кылаас хрестоматиятыгар суруллар.[]
Бу кэм айымньылара маннк сурун уратылаахтара:
Урдук ере кууруулээх, естее5у кыайарга-хоторго ыцырар хоьооннор, драма, проза наада этэ. Маныаха саха тылынан уус-уран айымньытын поэтическай уобарастара, ойуулуур ньымалара ордук табыгастаах буолбуттара уоран-талаан туспут естеех абааьы бухатыырын уобараьыгар тэцнэммитэ, оттон айыы бухатыыра советскай киьи мессуенэ буолан кестубутэ. Алгыс, кырыыс, анда5ар илбистээх, саталаах тыллара этиллэн барбыттара С.Васильев, М.Тимофеев-Терешкин норуокка биьирэммит маннык тосхоллоох айымньылара бэчээттэммитттэрэ.
Норуот история чахчытыттан куустээх уобарастары, бигэ характердары ейдеен-санаан кэлбитэ. Ол кини кууьугэр куус эппитэ, санаатыгар бигэ тирэх буолбута, кыайыыга эрэл уескууругэр кемелеспутэ. Нуучча литературата, искусствота Александр Невскэй, Садко, Иван Грознай уобарастарын арыйар суду айымньылары айбыта. Чугастаа5ы историяттан Ектееп революциятын, гражданскай сэрии героикатын хоьуйбута. Сэрии иннигэр норуот естее5ер холбоммут, реакционнай куустэринэн ааттаммыт бастыц дьонтон сорохторун аата тиллибитэ. Саха бастакы суруйааччыларын А.Е.Кулаковскай, А.И.Софронов, Н.Д.Неустроев ааттара норуокка хаттаан эргийбитэ. Саха литературатын бу кэмнээ5и сурун ситиьиитинэн Эрилик Эристиин «Маарыкчаан ыччаттара» (1942), Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» (1944) диэн норуот историятын туьунан романнара, сурун омоллоон «Сайсары» (1943) драмалара бэчээттэниилэрэ буолар.
Бу кэмцэ ордук хото гражданскай лирика, эпическэй хоьоон жанра куускэ сайдыбыта. Сэрии, улэ геройдарын, норуоттар до5ордоьууларын, олох кэрэ идеалларын туьунан ча5ылхай талаанннаах эдэр поэттар Тимофей Сметанин, Дьуон Дьацылы, Илья Ча5ыл5ан суруйбуттара.
Уус-уран суруйуу бэйэтэ туспа эйгэ. Айар уобарастара, жанрдара, керуцнэрэ сэрии алдьархайыттан тутулуга суох салгыы сайдыахтаах этэ. Проза5а сэрии кэмигэр суду ситиьии баар буолбута: новеллалар, очеркалар, Д.Таас быьылааннаах сэьэнэ уонна уеьэ ааттаммыт икки роман кун сирин кербуттэрэ. Бу романнар эпическэй таьымнарынан, саца уобарастарынан, композицияларынан саха литературатын сайдыытын тустээбиттэрэ.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Воспитательное занятие Моя родина – Республика Саха (Якутия) Воспитательное занятие Моя родина – Республика Саха (Якутия)
1) формировать понятие о любви к родине как одной из главных нравственных ценностей;2) развивать мышление, коммуникативные качества личности;3) воспитывать патриотические чувства к родному краю....
«Меня, поэта, ты всегда поймёшь…» (Урок – мастерская по сборнику Айсена Дойду «Соло для белого ангела»)
АЙСЕН ДОЙДУ (Сивцев Айсен Дмитриевич) — г.р. 1941. Старший сын писателя Суорун Омоллоона. Один из первых якутских стиляг. В 1968 г. окончил ВГИК (киноведческий факультет). Драматург, поэт, прозаик, ху...
П.А. Ойуунускай айымньылара билинни кэмнэ суолталара
Плато́н Ойу́нский (Плато́н Алексеевич Слепцо́в; 30 октября 1893, Ойун-Усовский наслег, Таттинский улус, Якутская область — 31 октября 1939, Якутск)...
Саха литературатын уруоктарыгар уус-уран айымньыны ааҕыыны дьиэҕэ сорудах быhыытынан тэрийии
Билигин оскуолаҕа уус-уран литератураны үөрэтиигэ үөрэнээччилэр айымньыны биир халыыптаахтык, тэҥ таhымнаахтык ылыныыларыгар дьулуhууттан аккаастанан, оҕо хас биирдии айымньыны тус бэйэтэ иэйиитинэн ы...
Саха тылын, литературатын уруоктарыгар үөрэх сатабылларын сайыннарыы
Дакылаат тезиһэ...
Саха тылын уерэтии историятыттан.
Саха тылын уероэтии историята....
Саха тылын кунугэр аналлаах викторина
Саха тылын кунугэр аналлаах викторина...