Норуот туһугар олох. (М.Е.Николаев төрөөбүтэ 80 сааһыгар ананар.)
план-конспект урока (9 класс) на тему

Матвеева Венера Борисовна

9 кылааска Саха Республикатын норуоттарын төрүт культуратыгар уруок былаана

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл uruok_bylaana_m.e.nikolaev.docx37.71 КБ

Предварительный просмотр:

Саха Республикатын үөрэҕин министерствота

Ханалас улууһа

«А.И.Притузов аатынан Уулаах-Аан орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата»

Муниципальнай бюджетнай уопсай үөрэхтээһин тэрилтэтэ.

Тема: Норуот туһугар олох.

(М.Е.Николаев төрөөбүтэ 80 сааһыгар ананар.)

(Саха Республикатын норуоттарын төрүт культуратыгар уруок былаана)

9 кылаас.

                                                                           

                                                                                   Оҥордо: Матвеева Венера Борисовна

                                                                                   1 категориялаах саха тылын, литературатын

                                                                                    уонна торут культуратын учуутала                                                    

                                                                                    Пед.ыстааһа: 15 сыл.

     

Уулаах-Аан, 2017 с.


Тема: Норуот туһугар олох..

(М.Е.Николаев төрөөбүтэ 80 сааьыгар ананар.)

( 9 кылааска Саха Республикатын норуоттарын төрүт культуратыгар уруок былаана)

Уруок тиибэ: Билиини, сатабылы чинэтэр уруок.

Уруок бэлиэ этиитэ:…Саха айыы саҥнаах

Санаатын астыннарар

Саргытын салай,

Дьокуут омук сордоох

Олоҕун толкуйдаан

Дьолун туругурт,

Үс дойду

Өйүн түмэн

Өрөгөйүн үрдэт! …     («Оттоку олук алгыһа» Өксөкүлээх Өлөксөй)

Уруок сыала:

  1. М.Е.Николаев төрөөбүт норуотун сайдыытыгар онорбут үлэтин туһунан билиини кэҥэтии.
  2. Саха Республикатын бастакы президенин М.Е.Николаев аатынан киэн туттуу, олоххо холобур оҥостуу.
  3. Үөрэнээччи төрөөбүт дойдутун таптыырыгар, олоххо аналын буларыгар, майгыта-        сигилитэ ситэригэр иитии.

Уруокка туттуллар тэрил:  диапроектор, слайдалар, хаһыат ыстатыйалара, кинигэлэр.

Уруок хаамыыта:

Тэрээһин чаас.7 мүн.

Учуутал үлэтэ

Үөрэнээччи үлэтэ

Экранна көстөр слайдалар

-Үтүө күнүнэн,оҕолоор!

-Оҕолоор, уруокпут бэлиэ этиитин ааҥын. Эһиги санааҕытыгар бу этии саха норуота  киэн туттар ханнык дьонугар ананарый?

-Тоҕо итиннэ дии саныыгыт, санааҕытын этиҥ.

Саха айыы саҥнаах

Санаатын астыннарар

Саргытын салай,

Дьокуут омук сордоох

Олоҕун толкуйдаан

Дьолун туругурт,

Үс дойду

Өйүн түмэн

Өрөгөйүн үрдэт! …

-Бу этии эһиги санааҕытыгар М.Е.Николаев олоҕор, үлэтигэр сыһыаннааҕын дакаастааҥ.

:…

 

-Оҕолоор, биһиги бүгүҥҥү уруокпут темата кими кытта сибээстээх эбитий, тоҕо?

(Уруок тематын, сыалын билиһиннэрии)

-Үтүө күнүнэн!

Оҕолор кими билэллэрин ааттыыллар, быһаараллар.

-Биһиги  биир дойдулаахпыт,

бастакы президеммит, Саха саарына М.Е.Николаев туһунан. Быйыл М.Е.Николаев сэтинньи 13 кунугэр  төрөөбүтэ  80 сааһын туолар үбүлүөйдээх күнэ.

(Тэтэрээттэригэр күнү-ыйы, уруок тиэмэтин суруналлар)

Уруок бэлиэ этиитэ  

Оҕолор билэр дьоннорун хаартыскалара (Республика, улуус, нэһилиэк биллэр дьоннорун хаартыскалара)

М.Е.Николаев портрета, Дьокуускай куорат баараҕай тутуутун хаартыскалара.

Сүрүн чаас. 35 мүн.

Учуутал үлэтэ

Үөрэнээччи үлэтэ

Экраҥҥа көстөр

  1. -Оҕолоор, М.Е.Николаев олоҕун историятыттан тугу билэҕит?  3 мүн.

2) - М.Е.Николаев президент буолуоҕуттан ыла дьон тылыгар-өһүгэр, телевидение, радио, хаһыат сирэйигэр Суверенитет диэн тыл баар буолбута.

-Бу тыл суолтатын тылдьытынан быһаарыҥ уонна суверенитет олоххо киириитин холобурдарынан  дакаастааҥ

(Республика былааҕа, гимнэ, төрөөбүт тыл государственнай статуһу ылыыта, национальнай оскуолалар, улахан, баараҕай тутуулар, Саха сирэ омук сиригэр, киэҥ эйгэҕэ тахсыыта уо.д.а.). 

-М.Е.Николаев республика олохтоохторун иннигэр оҥорбут үтүөтэ сөҕүмэр.

Оҕолоор, М.Е.Николаев саха норуотун олоҕун уйгутун, инники кэскилин туһугар ыыппыт үлэтин хайысхаларынан арааран көрүҥ.  8 мүн.

3) -Оҕолоор, билигин  М.Е.Николаев үлэтин араарбыт хайысхаларбытын сырдатан 3 бөлөҕүнэн  арахсан үлэлиибит (бөлөхтөргө көмө матырыйаал: кинигэлэр, хаһыат ыстатыйалара түҥэтиллэр) 15 мүн.

-Чэйиҥ эрэ, бөлөхтөр үлэлэрин истиэҕиҥ. 9 мүн.

Слайдаҕа баар хаартыскалары туттуҥ.

Оҕолор тугу билэллэрин эппиэттииллэр.

тылдьыттан тыл быьаарыытын булар, ааҕар, сурунар.(625 стр.)

Суверенитет-тус бырааптаныы (государство бэйэтин ис-тас политикатын атын государствоттан тутулуга суох бэйэтэ быһаарынара).

Үөрэнээччилэр экраҥҥа көстөр хаартыскалары көмөлөһүннэрэн тугу билэллэринэн хоруйдууллар.

-Суверенитет, Саха республиката бэйэтэ былаахтаах, гимнээх, сахалар омук быһыытынан уратыбытын өрө туппута

-Үөрэҕирии, оҕо-аймах сайдыытыгар үгүс үлэни ыыппыта.

-Доруобуйа харыстабылыгар, чөл олоҕу тутуһууну пропагандалыыр  хамсааһыны ыыппыта.

1 бөлөх: М.Е.Николаев саха норуот бэйэтин билиниитигэр ыыппыт үлэтэ.

2бөлөх:  М.Е.Николаев үөрэҕирии, оҕо-аймах  сайдыытыгар киллэрбит кылаата.

3бөлөх:  М.Е.Николаев чөл олоҕу пропагандалааһыҥҥа ыыппыт үлэтэ.

 (бөлөххө баар хас биирдии оҕо санаатын этэрэ ирдэнэр, бэлэмнэнии -15 мүн.)

 

1 бөлөх иһитиннэриитэ - 3 мүн.

2 бөлөх иһитиннэриитэ - 3 мүн.

3 бөлөх иһитиннэриитэ - 3 мүн.

М.Е.Николаев олоҕун хронологията.

Суверенитет-республика бэйэтин бэйэтэ салайыныыта.(илии баттааьын хаартыската)

Хаартыскалар слайдалара:

-Республика гимнэ

-Республика былааҕа

-Ыһыах

-Ийэ тыл күнэ

-Мед.центр

-«Туймаада» стадион, бассейн

-«Ленский край» форум

- Национальнай оскуолалар

 (Өктөмнөөҕү лицей)

- Музыка үрдүкү оскуолата

-«Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар түгэннэрэ  уо.д.а.

М.Е.Николаев үлэтин хайысхаларын суруйуу.

М.Е.Николаев үлэтин сырдатар хаартыскалар слайдалара.

Бөлөхтөр талбыт хаартыскалара.

Түмүк. 3 мүн.

Учуутал: М.Е.Николаев республика олохтоохторун иннигэр үтүөтэ сөҕүмэр. Республикабыт экономиката сайдыытыгар,  саха норуотун уонна Саха сирин бары олохтоохторо төрүт культуралара, тыллара-өстөрө, олохторо-дьаһахтара тупсарыгар сайдарыгар, норуот үөрэҕириитэ, доруобуйа харыстабыла, наука сайдарыгар кини олоҕун, үлэтин анаабыта, аныыр даҕаны. Михаил Ефимович үлэлиир кэмигэр саха норуотун улуу, бастыҥ дьоннорун А.Е.Кулаковскай, М.К.Аммосов, П.А.Ойуунускай, И.Н.Барахов үлэлээбит үлэлэрин ырытан, кэриэс кэриэтэ эппит тылларыгар тирэҕирбитэ.  Саха эдэр ыччата иннигэр эрэллээх, кэскиллээх буолуон баҕарара, ол туһугар туох баар күүһүн-уоҕун, өйүн-санаатын уурара. Биһиги биир дойдулаахпыт, М.Е.Николаев үрдүк аатынан киэн туттуохтаахпыт, олорбут олоҕунан, үлэтинэн сирдэтиниэхтээхпит.

-Оҕолоор, бүгүҥҥү уруокпутун  А.Е.Кулаковскай-Өксөкулээх Өлөксөй эдэр дьоҥҥо, эһиэхэ, анаабыт «Оттоку олук алгыһа» диэн хоһоонунан  түмуктүүрбүн көҥүллээҥ

(быһа тардыы)

Аныгылыы албастаах сахха

Айхалы тардыһан

Алҕаатаҕым буоллун

Саҥа ыччаппын…

Субу кубулҕаттаах үйэҕэ

Уруйу тосхойон

Туойдаҕым буоллун

Оҕолоох доҕорбор!

Түскэ сүбэлиибин

Томторго соргулуубун!

Нуучча ньургунун кытта

Туруулаһар доҕор буол,

Саха талыытын кытта

Самдайдаһар атас буол.

Үрдүк үөрэхтээхтэри кытта

Өйөнсөн үөскээ,

Бэрт мэйиилээхтэри кытта

Тэҥнэһэн сэргэстэс.

…Бар дьоҥҥор

Баттанар күннэригэр,

Баараҕай баҕана буол.

Суон норуоккар

Солбонуйар күнүгэр,

Суон дурда буол.

Хара норуоккар

Хаалар күнүгэр

Халыҥ хахха буол!...

…Бардамы бахтат,

Дохсуну тохтот,

Көлдьүнү күөй!

Үчүгэй үрдүгэр

Мөкүнү көбүтүмэ,

Кырдьык үрдүгэр

Сымыйаны ытыарыма!...

Үгүс үөрүүлээх күннэн,

Уһун уруйдаах олохтон,

Салпат саргылаах саастан!

Манан уруокпут түмүктэнэр, үлэҕит иһин махтанабын.

Туттуллар литература:

1. В.Пестерев История Якутии в лицах.- Якутск,- 2001г.  387 стр.

2. М.Е.Николаев Мой народ и моя республика.

3. К.Г.Скрябина История в лицах.-Покровск, -2011 г.  96 стр.

4. Русско-якутский словарь.

5. Нууччалыы-сахалыы кылгас тылдьыт.

6. Хаһыат ыстатыйалара. уо.д.а.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Норуот утуо угэстэригэр тирэ5ирэн о5ону иитии ньымалара.

Норуот утуо угэстэригэр тирэ5ирэн о5ону иитии ханнык да кэмнэ кодьууьэ улахан буолуо5а ....

Киьи олох олороору теруур эбээт... ( Н.Заболоцкай "Мааппа" кэпсээнинэн)

Описание заключительного урока в 9 классе по якутской литературе по рассказу Н.Заболоцкого "Мааппа"....

Технологическая карта урока "Торообут сир, киьи, ийэ - олох тордо "

Технологическая карта урока на тему "Торообут сир, киьи, ийэ - олох тордо". 6 класс....

Майа5атта Бэрт Хара норуот сэhэнигэр тургутук.

Норуот сэhэнин ис хоhоонун билиигэ тургутук ыйытыылар. Эппиэттээх....

Доруобуйатынан хааччахтаах о5о олох инники күɵнүгэр сылдьар усулуобуйатын тэрийии

Билиҥҥи кэмҥэ аан дойду үрдүнэн инвалид о5о ахсаанаэлбии турар. Кэнники сылларга  Россия5а доруобуйатынанхааччахтаах (инвалид) о5о ахса...

Уол о5о-норуот эрэлэ.( "Эрчимэн Бэргэн" С.Васильев)

Олонхо очень богатое и сложное  произведение для учащихся среднего возраста. Но текст олонхо " Эрчимэн Бэргэн"   доступен по содержанию и по сюжету.  Главный герой олонхо...

Күннүк Уурастыырап 110 сааһыгар аналлаах дьүһүйүү

ldquo;Күөх сааһы хайҕааммын, күн аннын таптааммын”(Саха народнай суруйааччыта Владимир Михайлович Новиков – Күннүк Уурастыырап 110 сааһынан)“Киэн туттабын ытык дьоммунан&rdquo...