Развернутое тематическое планирование по якутской литературе в 8 классе МБОУ "Налимская средняя общеобразовательная школа" Среднеколымского улуса (района) на 2016-2017 учебный год учитель: Винокурова Е.Р
календарно-тематическое планирование (8 класс) на тему

Винокурова Екатерина Рафаэловна

Саха литературатыгар 2 сүһүөххэ үлэлиир программа.

Үлэлиир программа “Норуот айымньыта уонна литература», 5-11 кылаас ,Дьокуускай,1996с. Саха республикатын Үөрэҕин министерствота бигэргэппит программатыгар олоҕуран оҥоһулунна.

     Төрөөбүт литератураны орто оскуолаҕа үөрэтии билиҥҥи кэмҥэ маннык сыалы-соругу туруорар:

  • сахалыы литератураны сэргээн,кэрэхсээн,сатаан,өйдөөн ааҕарга үөрэтии;аахпыты бэйэ сайдыытыгар туһанарга туһулааһын;
  • ийэ тыл уус-уран күүһүн,кэрэтин,тыл илбиһин,хомуһунун оҕоҕо кыра сааһыттан иҥэрии;
  • Уус-уран айымньыны,араас геройдарын туһанан төрөөбүт норуот олоҕун,историятын,култууратын,үгэстэрин,сиэрин-майгытын арыйыы;киһи аналын,олоҕу дириҥник,таба өйдүүргэ үөрэтии;
  • төрөөбүт тылынан уус-уран айымньы айыллар үгэһин,кистэдлэҥин,араас ньыматын билиһиннэрии;
  • үөрэнээччи айымньылаахтык толкуйдуур уонна айар дьоҕура тобулларыгар суол аһыы;
  • уус-уран айымньыны уран тыллаах,ураты дьоҕурдаах,талааннаах дьон айарын өйдөтүү.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл 8_kyl._saha_lit.docx41.22 КБ

Предварительный просмотр:

                                                                         Муниципальное бюджетное образовательное учреждение

                                                                               "Налимская средняя общеобразовательная школа"

"РАССМОТРЕНО"                                                                      "СОГЛАСОВАНО"                                                              "УТВЕРЖДАЮ"        

на заседании МО ГЦ                                                                  "___"_________2017г.                                                           "___"__________2017

протокол № __от "__"_____2017г.                                         Зам.директора по УМР:                                                            Директор:

Руководитель МО ГЦ:

         __________/_____________/                                   ___________/______________/                                                   ____________/Бубякина Л.Е./                                                                

                                                                                

                                                                        

                                                                                        

                                                             Развернутое тематическое планирование по якутской литературе в 7 классе

                                                                          МБОУ "Налимская средняя общеобразовательная школа"

                                                                                        Среднеколымского улуса (района)

                                                                                             на 2016-2017 учебный год

                                                                                               учитель: Винокурова Е.Р

                                                                                                             

                                                                                                                с. Налимск

                                                                                                   БЫЬААРЫЫ СУРУК

Саха литературатыгар 2 сүһүөххэ үлэлиир программа.

Үлэлиир программа “Норуот айымньыта уонна литература», 5-11 кылаас ,Дьокуускай,1996с. Саха республикатын Үөрэҕин министерствота бигэргэппит программатыгар олоҕуран оҥоһулунна.

     Төрөөбүт литератураны орто оскуолаҕа үөрэтии билиҥҥи кэмҥэ маннык сыалы-соругу туруорар:

  • сахалыы литератураны сэргээн,кэрэхсээн,сатаан,өйдөөн ааҕарга үөрэтии;аахпыты бэйэ сайдыытыгар туһанарга туһулааһын;
  • ийэ тыл уус-уран күүһүн,кэрэтин,тыл илбиһин,хомуһунун оҕоҕо кыра сааһыттан иҥэрии;
  • Уус-уран айымньыны,араас геройдарын туһанан төрөөбүт норуот олоҕун,историятын,култууратын,үгэстэрин,сиэрин-майгытын арыйыы;киһи аналын,олоҕу дириҥник,таба өйдүүргэ үөрэтии;
  • төрөөбүт тылынан уус-уран айымньы айыллар үгэһин,кистэдлэҥин,араас ньыматын билиһиннэрии;
  • үөрэнээччи айымньылаахтык толкуйдуур уонна айар дьоҕура тобулларыгар суол аһыы;
  • уус-уран айымньыны уран тыллаах,ураты дьоҕурдаах,талааннаах дьон айарын өйдөтүү.

   Саха литературатын оскуолаҕа үөрэтии программатын сүрүн туһаайыылара:

  1. Норуот тылынан уус-уран айымньыта сахалыы уус-уран литература силиһэ,төрдө буоларын аахсан,уус-уран литератураны фольклору кытта ситимнээн үөрэтии.
  2. Айымньыны идейнэй тосхолунан эрэ буолбакка,уус-уран ситиһиитин,үөрэнээччигэ сайдыыны,литературнай үөрэҕириини төһө биэрэр кыахтааҕын сыаналаан талыы уонна таҥыы.
  3. Уус-уран айымньыны айар арааһын,литература теориятын өйдөбүллэрин түмэн,бөлөхтөөн биэрии.Ону үөрэнээччи болҕойоро,бэйэтэ туттарга эрчиллэрэ.
  4. Талан үөрэтии уонна талан ааҕыы хайысхатын тутуһуу.Оҕону баҕаран туран үөрэнэргэ,бэйэни бэйэ санаатын, сатабылын,дьоҕурун сыаналыырга уһуйуу.
  5. Үөрэнээччигэ айарга үөрэнэр, холонор кыаҕы биэрии,тэрийии.сөптөөх үөрүйэҕи, сатабылы иҥэрии, дьоҕура сайдарыгар ирдэбили туруоруу.

2-c сүһүөххэ үөрэтии ис хоһооно.

Уус- уран айымньыны ааҕарын таһынан,саха литературата үөскээбит уонна сайдан кэлбит суолун билиһиннэрэр соругу туруорабыт.Ол иһин уус-уран айымньы историзм принцибин тутуһан,литература сайдыытын (литературнай процесс) сүрүн түһүмэхтэринэн сааһыланна.Суруйааччы олоҕу көрүүтэ ,философията,эстетикэтэ,айар маастарыстыбата,ураты стилэ анаан-минээн үөрэтиллэр.

Ханнык баҕарар киһи үрдүк уус-уран таһымнаах айымньыны ааҕыыттан дуоһуйар,туох эмэ санааҕа тиийэр.Оттон үөрэнээччисыыйа сайдан иһэр оҕотук өйүгэр-санаатыгар,иэйиитигэр уус-уран айымньыттан сөптөөх хоруйу булан,дьону-сэргэни,олоҕу сылыктыы,быһаара,сыаналыы үөрэнэр.

8 кылааска саха литературатын үөрэтии түмүк ситииһитэ.

1.Үөрэнээччи билиитэ уонна сатабыла:

Саха мифологиятын; Дьыл о5уьа.

Уус –уран.наука,публицистика айымньыларын таба,өйдөөн,кудуччу ааҕар:

Алгыс суолтатын тутулун туттуллуутун

-булгуччу ааҕан билэр айымньылара:

И.М.Гоголев Кындыл «Хара кыталык» роман.

А.Е.Кулаковскай хоһооннорун, “Байанай алгыьа”1-2 поэматын талан;

Тереебут дойду туьунан хоьооннор; Эллэй, Алампа, С. Данилов, Леонид Попов, Н.Габышев, и.т.д

Сэрии уонна эйэ; кэпсээннэр Бырастыылаьыы, Анда5ар; хоьооннор и.т.д.

Айыл5а абылана; кэпсээннэр уонна хоьооннор

О5олор уонна а5алар; Степан павлович Ефремов драмата “Куорат кыыьа” уонна хоьооннор.

  1. Уерэнээччи аа5ан сайдыыта:

  • 10-ча хоһоону уонна 2-3 кэпсээнинэн айымньыттан быһа тардыыны өйтөн ааҕар;
  • уус-уран айымньы олоҕу хоһуйар искусство көрүҥэ,ааспыт,билиҥҥи,кэлэр кэмнээҕи олох уус-уран кэрэһитэ,туоһута буоларын өйдүүр;
  • саха классик суруйааччыларын олоҕун кэпсээниттэн сорох айымньытын хайдах айбытын билэр;
  • уус-уран  айымньы тиэмэтин,сүрүн санаатын,тутулун,геройдара туох уратылааҕын,майгыннаһарын көмөтө суох арааран билэр,сыаналыыр;
  • айымньы  литература хайа салаатыгар киирэрин(эпос ,лирика, драма),ханнык көрүҥэ буоларын арааран билэр;
  • эпическэй айымньы сюжета олохханнык  чахчытыгар олоҕуран  суруллубутун быһаарар;айымньы ис номоҕункэм-кэрдии ситимин,хоһуйар кэм бэлиэтин кытта ситимнээн өйдүүр;
  • айымньыга киһи ис дууһаиын,уйулҕатын майгытын- сигилитин ойуулуур ньымалары кэтээн көрөр.быһаарар,бэйэтэ айан холоноругар туһанар;
  • айымньы тус-туһунан олуга ситимнээҕин өйдүүр;хас олук айымньы ис номоҕо уонна харахтер арылларыгар туох суолталааҕын быһаарар;
  • уус-уран айымньыга,геройга ойууланар түгэҥҥэ авторхайдах сыһыаннааҕын кэтээн көрөр,быһаарар;
  • уус-уран айымньыныайар сүрүн үгэһи ,ойуулуур-дьүһүннүүр ньыма арааһын,истиилин арааран билэр,айымньыны ырытарга,бэйэтэ айан холоноругар,эрчиллэригэр туттар;
  • уус-уран айымньы туруорар сүрүн ,ойоҕос проблематын өйдүүр,автор ону быһаарар,сыаналыыр суолун сылыктаан болҕойор;
  • литература үөрэҕэр сыһыаннаах тылдьыты, ыйынньыгы ,энциклопедияны сатаан туһанар.

2. Үөрэнээччи тылын сайдыыта:

  • айымньыны эбэтэр быһа тардыыны,өйгй үөрэппити литература ханнык көрүҥэ буоларын өйдөөн,хоһоонноохтук,уус-ураннык ааҕар;
  • олоҥхону толорорго холонон эрчиллэр;
  • айымньыны уус-ураннык кэпсиир;
  • аахпыт тиэкискэ судургу эбэтэр уустук былааны оҥорор;
  • уус-уран айымньыга эбэтэр бэйэ билбитигэр олоҕуранөйтөн суруйар;сүрүн теройу харахтеристикалаан,тэҥнээн,геройдары түмэн эбэтэр утарыта тутан;суруйааччы айар үлэтин харахтеристикалаан,олоҕун кылгас кэпсээнин эбэтэр биир түгэнин бэйэ чинчийиитин түмүгүнэн;айымньы көтөҕөр проблематын,.тылын-өһүн ырытан;уус-уран уратытын,суолтатын быһааран;
  • өйтөн суруйуу араас ньыматыгар(ойууулаааһын,сэһэргээһин.тойоннооһун) эрчиллэр;
  • бэйэ санаатын тылынан уонна суругунан этэргэ былаан оҥорор;-аахпыт айымньы,көрбүт киинэ,спектакль,телевизорынан,радионан биэрии уонна искусство атын да көрүҥүн(хартыына,скульптура,уус-уран оноьук уо.д .а.)туһунан бэйэ санаатын этэр.суруйар,аннотация оҥорор;
  • кыра кээмэйдээх кэпсээни,хоһоону айарга холонор.

Ытык өйдөбүллэри үөрэнээччигэ иҥэрии түмүгэ:

  • киһи сайдыылаах уонна ситиһиилээх буоларыгар төрөөбүт тылынан ааҕыы суолтатын өйдүүр;уус-уран литератураны тылынан искусство ураты көрүҥүн быһыытынан сыаналыыр;
  • тулалыыр эйгэ туһунан билии-көрүүааҕыы көмөтүнэн кэҥиирин-дириҥиирин өйдүүр;
  • норуот айымньытауоннауус-уран литературатасаха төрүт олоҕун-дьаһаҕын,историятын.тылын-өһүн.култууратын көстүүтэ буоларынөйдүүр,сыаналыыр;
  • Саха сирин,Россия уонна аан дойду норуоттарын чулуу айымньыларын ааҕан,атын норуот култууратын,литературатын ытыктыыр;
  • үтүөнү-мөкүнү,сырдыгы-хараҥаны арааран,сиэри тутуһуу,амарах,аһыныгас,дьоҥҥо кыһамньылаах майгы үчүгэйгэ тиэрдэрин өйдүүр.

Кылаастарынан оҕолор үлэлэрин тэрийии араастара.

Бөлөҕүнэн,пааранан, тус туһаайыылаах дьарык.

Бэриллибит схеманан айымньыны ырытыы,инсценировка,бырайыактааһын.

Бэйэ соҕотоҕун эбэтэр коллективы кытта сэргэ үлэлээһинин тэрийии

Тургутуктар

Экскурсиялар ,өйгө үөрэтии,өйтөн суруйуулар,рефераттар

Үөрэнээччи билиитин бэрэбиэркэлиир,хонтуруоллуур үлэлэр көрүҥнэрэ.

  • Күннээҕи хатылыыр сорудахтар, тиэмэни түмүктүүр семинар уруоктар, анал тиэмэҕэ диспуттар.
  • Чиэппэрдээҕи хатылыыр үлэлэр,тургутуктар,литературнай диктаннар.
  • Бырайыактыыр улэлэр,сыл аҥарынан ,сыл түмүгүнэн хонтуруоллуур үлэлэр,тургутуктар.

9 кылаастары саха литературатыгар үөрэтиигэ туттуллар литература.

Учебниктар:

1.Төрөөбүт литературабыт, 8 кылаас,С.К.Колодезников,В.Р.Шишигина,”Бичик»,2010с.

2.Төрөөбүт литературабыт,9 кылаас,В.Р.Шишигина, М.Е.Филиппова, ,”Бичик»,2010с.

3.Саха литературата,8 кылаас,Г.Р.Кардашевскай... Дьокуускай,1983с.

Методическай литературалар,тургутуктар:

1.Аман өс,Н.И.Филиппова,М.Т.Гоголева,”Бичик»,1994с,.

2.Саха тылыгар уонна литературатыгар тирэх бэлиэлэри туһаныы,В.В.Скрябин,Дьокуускай,1993с.

3.Хоһоонноохтук ааҕыы,Е.М.Поликарпова,Дьокуускай,1992с.

4.Төрөөбүт литератураны 4-7 кылаастарга үөрэтии, ,Н.И.ФилипповаДьокуускай,1985с.

5. Төрөөбүт литератураны 7 кылаастарга үөрэтии,А.М.Апросимов,Дьокуускай,1988с.

6.Саха литературатыгар уус-уран литератураны үөрэтии туһунан санаалар,Н.И.Бугаев, ,”Бичик»,1998с.

7.Олоҥхону оскуолаҕа үөрэтии, Н.И.Филиппова, Дьокуускай,1981с.

8.Саха фольклора, , Н.И.Филиппова, Дьокуускай,1986с.

9.Саха литературата үйэлэр кирбиилэригэр,В.Б.Окорокова”,Бичик”,2000с.

10.Саха литературатын уонна култууратын билиэн-көрүөн баҕалаахтарга,М.А.Попова,Дьокуускай,2000с

.11.Литература теорията,В.Б.Окорокова,Дьокуускай,2000с.

12.Саха литературатыгар тургутуктар,Дьокуускай,2010с.

13Хоһоонноохтук ааҕыыга уһуйуу,В.С.Кривошапкина,Ытык-Күөл,2010с.

Хаһыаттар:

1”.Кэскил”

2”.Саха сирэ.”

3”.Кыым.”

Сурунааллар:

1”.Чолбон.”

2”.Хатан.”

3”.Күрүлгэн”.

Салаа аата

Уруок ахсаана

Уорэтии

Сайыннарыы

Былаан

Күнэ, ыйа

Бэриллибит

күнэ

I

Киирии. Норуот тылынан уус – уран айымньы. Миф өйдөбүлэ.

«Дьыл о5уһа»

1

Саха литературатын сайдыбыт тирэ5э. Миф- норуот бүттүүн өйө, айбыт философията

Миф былыргы дьон тулалыыр эйгэ, аан дойду, киһи-аймах сыһыанын быһаарар анала.

Сыалы-соругу таба туруорунуу. Тобулук ойу сайыннарар үөрүйэх.

2

Норуот тылынан уус-уран айымньыта. Тойук

1

Тойук өйдөбүлэ уус-уран уратыта, арааһа, сюжета, тутула, сүрүн уобарастара.

Билэр-көрөр үөрүйэх.

3

Сергей Афанасьевич Зверев – Кыыл Уола

«Суоһалдьыйа Толбонноох»

1

«Суоһалдьыйа Толбонноох» туґунан номоҕу истии, тэҥнээґин

Тэҥнээһин.

4

«Суоһалдьыйа Толбонноох»

1

«Суоһалдьыйа Толбонноох» туґунан номоҕу истии, тэҥнээґин.

5

«Суоһалдьыйа Толбонноох»

1

«Суоһалдьыйа Толбонноох» туґунан номоҕу истии, тэҥнээґин.

6

«Суоһалдьыйа Толбонноох»

1

«Суоһалдьыйа Толбонноох» туһунан номоҕу истии, тэҥнээґин.

7

Норуот тылынан уус – уран айымньытын ойуулуур – дьүһүннүүр ньымата

Холобурдары булуу

1

Норуот тылынан уус – уран айымньытын ойуулуур – дьүһүннүүр ньыматын тутта үөрэнии.

Майгыннатыы, ханыылатан сааґылааґын.

8

Саха уус-уран литературата. Фольклор угэстэрэ, матыыптара уус-уран литература5а

1

Норуот тылынан уус – уран айымньытын үгэстэрэ, матыыптара уус – уран литература5а туттуллуута.

Билэр-көрөр үөрүйэх.

9

А.Е. Кулаковскай “Байанай алгыьа”

1

А.Е. Кулаковскай – айар тыл а5ата. Поэт норуот үгэґин, итэҕэлин

хоґоонунан этиитэ. Хоһоон баай-талым тыла, сиэр-туом тойугун үрдүк истиилин туттуу.

Билэр-көрөр үөрүйэх.

10

И.М. Гоголев – Кындыл “Хара кыталык” романа

1

Хоґоон баай-талым тыла, сиэр-туом тойугун µрдµк истиилин туттуу.

Тэҥнээн көрүү, ырытыы.

11

“Хара кыталык” романа

1

Ураты дьыл±алаах дьон. Айымньы сµрµн геройдара бэйэ-бэйэлэрин кытта ситмнэрэ. Ойууттар уобарастара роман тутулугар оруола.

Ырытыы, холбооґун, түмүктээһин

12

“Хара кыталык” романа

1

Ураты дьылҕалаах дьон. Айымньы сүрүн геройдара бэйэ-бэйэлэрин кытта ситмнэрэ. Ойууттар уобарастара роман тутулугар оруола.

Ырытыы, холбооһун, түмүктээһин

13

“Хара кыталык” романа

1

Ураты дьылҕалаах дьон. Айымньы сүрүн геройдара бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнэрэ. Ойууттар уобарастара роман тутулугар оруола.

Ырытыы, холбооһун, түмүктээґин

14

“Хара кыталык” романа

1

Ураты дьылҕалаах дьон. Айымньы сүрүн геройдара бэйэ-бэйэлэрин кытта ситмнэрэ. Ойууттар уобарастара роман тутулугар оруола.

Ырытыы, холбооґун, түмүктээґин

15

“Хара кыталык” романа

1

Сүрүн геройдар уобарастарын оҥоруу. Ромаҥҥа дьиҥ олох хартыыната, олох-дьаһах көстүүтэ, ромнтическай тыын, символика элеменнэрин туттуллуута.

Билэр-көрөр үөрүйэх.

16

Чиэппэрдээ5и хатылааьын

1

17

“Хара кыталык”

1

18

“Хара кыталык”

1

19

Түмүк уруок

Санаа атастаьыыта

Хобороос – кыһал5алаах олох сиэртибэтэ

1

Бэйэ санаатын сааһылаан толору этэргэ үөрэтии.

Санаатын сааһылаан саҥарар үөрүйэх.

20

Төрөөбүт дойду туһунан саха суруйааччыларын айымньыларыгар

1

Төрөөбүт дойду туґунан саха поэттарын, суруйааччыларын истиҥ иһирэх айымньылара.

Билэр-көрөр үөрүйэх.

21

«Төрөөбүт – дойдубар»

хоһоон уус – уран уратыта

1

Хоһооҥҥо этии араас формата: инверсия, перифраз, хатылааґын, риторическай этии.

Ырытыы, майгыннатыы.

22

С.Р. Кулачиков – Эллэй

«Төрөөбүт дойдубар»

Мойуона алаас хоһооІІо ойууланыыта

1

Айылҕа уонна олох тыыннаах хартыыната силбэґиитин лириканы уонна публицистиканы дьµірэлээн тиэрдэр сатабыл.

Билэр-көрөр үөрүйэх.

23

С.П. Данилов «Кии сыта»

Рецензия диэн тугуй?

1

Аҕыйах тылынан төрөөбүт дойду умнуллубат хартыынатын биэрэр сатабыл.

Майгыннатыы, ырытыы.

24

Л.А. Попов хоһоонноро

«Хоптолор» «Саныыбын төрөөбүт алааспын»

1

Ийэ дойдуга, төрөөбүт дойдуга таптал, ахтылҕан иэйиитэ. Ханалытан уобарастааґын, кубулутан хоґуйуу.

Билэр-көрөр үөрүйэх.

25

Н.А. Габышев

«Төрөөбүт буор»

1

Кэпсээн лирическэй сүүрээнэ, киґи уйулҕатын иҥэн-тоҥон ойуулааґын.

Тобулук өйү сайыннарыы.

26

«Төрөөбүт дойдубун олус таптыыбын»

1

үөрэппит айымньыларга олоҕуран торообут дойдуга таптал, ахтыл5ан, киэн туттуу туьунан кэпэстиьэн ырытыы

Майгыннатыы.

27

Н.А. Лугинов «Айгылла»

1

Айымньыга төрөөбµт сир-уот, кэриэстэбил, кутурҕан, олох салҕаныыта.

Тэҥнээһин.

28

И.В. Мигалкин хоһоонноро.

ХоһооІІо этиини оІоруу араас ньымата

1

Хоһооҥҥо этиини оІоруу араас ньыматын туґаныы.

Ырытыы, тэҥнээһин.

29

Хоьоонно этиини оноруу араас ньымата

1

30

Сэрии уонна эйэ..

1

Сэрии алдьархайын уонна эйэлээх, иллээх олоххо тардыһыытын уус – ураннык хоһуйуу.

Билэр-көрөр үөрүйэх.

31

Н.Е. Мординов – Амма Аччыгыйа

«Аймал5ан»

1

Н.Е. Мординов – Амма Аччыгыйа – саха народнай суруйааччыта.

32

Чиэппэрдээ5и хатылааьын

1

33

«Аймал5ан»

Соһумар сурах

1

Сэрии героиката, романтизма уонна тыйыс тыына уус-уран айымньыга. Олох уонна өлүү туґунан санаа. Эйэ, доҕордоґуу күүһүн хоһуйуу.

Билэр-көрөр үөрүйэх.

34

С.Р. Кулачиков – Эллэй

«Бырастыылаһыы»

хоһоон ураты стилэ, күүрээнэ

А.Г. Кудрин – Аба5ыыныскай – саха биир бастакы поэта.

«Кыайыы анда5ара»

1

Буойун поэт кэс тыла. Хоһоон уратыта, үрдүк истииллээх тыла-өґө, күүрээнэ.

Эйэ өрөһөйдүүрүн иһин норуот охсуһуута. Кыайыыга эрэл. өлбүттэргэ пааматынньык.

Ырытыы, тэҥнээн көрүү.

35

С.С. Васильев –Борогонскай “хоьоонноро

1

36

Ча5ыл5ан – талааннаах поэт, сэрии кыттылаа5а.

Хоһоонноро

1

Ийэ дойдуга ытык иэс, чиэс өйдөбүлн үрдктүк тутуу.

өйһө тутар үөрүйэх.

37

Макар Хара – М.И. Кузьмин – талааннаах поэт, тупса5ай стиллээх журналист, сэрии кыттыылаа5а

«Кыталык», «Саллаат суруктара»

1

Кыталык - ил-эйэ уобара, ахтылҕаннаах төрөөбүт дойду символа. Тыл ойуулуур эгэлгэ кырааскатын туттуу.

Ырытыы, чинчийии.

38

«Саллаат суруктара»

1

39

«Саллаат суруктара»

1

40

 Айыл5а абылана.Күннүк Уурастыырап – В.М. Новиков – саха народнай поэта.

Хоһоонноро

1

Айылҕа сµдµ кµµґµгэр, сиэдэрэй симэҕэр сүгүрүйэр санаа, иэйии.

41

Улахан поэт, утуо киьи. Айыл5а уонна олох хартыыната Уурастыырап хоһоонноругар

1

Пейзажнай уонна гражданскай лирика жанрын алтыґыыта.

Билэр-көрөр үөрүйэх.

42

Иван  Егорович Федосеев – Доосо

хоһоонноро

1

Айылҕаны хоґуйуу киһини тардар, абылыыр күүґэ уобарастввр уратыта.

Бодоруґуу.

43

Г.С. Угаров – фантаст суруйааччы

«Долбор сулуһа»

1

Фантастика айымньытын туспа ураты бэлиэтэ. сэһэҥҥэ айылҕа эйгэтин быґаарыыга наука көрүүтэ уонна фантастика далааһына.

Сүрүн үөрэнэр үөрүйэх.

44

«Долбор сулуһа»

1

Фантастика айымньытын туспа ураты бэлиэтэ. сэһэҥҥэ айылҕа эйгэтин быґаарыыга наука көрүүтэ уонна фантастика далааһына

45

«Долбор сулуһа»

1

Фантастика айымньытын туспа ураты бэлиэтэ. сэһэҥҥэ айылҕа эйгэтин быґаарыыга наука көрүүтэ уонна фантастика далааһына

46

«Долбор сулуһа»

1

Фантастика айымньытын туспа ураты бэлиэтэ. сэһэҥҥэ айылҕа эйгэтин быґаарыыга наука көрүүтэ уонна фантастика далааһына

47

«Долбор сулуһа»

1

Фантастика айымньытын туспа ураты бэлиэтэ. сэһэҥҥэ айылҕа эйгэтин быґаарыыга наука көрүүтэ уонна фантастика далааһына

48

Суруйааччы фантазията

Фантастика айымньытын туспа ураты бэлиэтэ. сэһэҥҥэ айылҕа эйгэтин быґаарыыга наука көрүүтэ уонна фантастика далааһына

49

Н.А. Лугинов «Суор»

Саха киһитэ айыл5аны кытта ситимин символ уобараһынан көрдөрүү

1

Саха норуота айылҕаны кытта ситимин символ уобараґынан көрдөрүү. Кэпсээҥҥэ диалог уонна ис монолог – характеры арыйар сүрүн ньыма.

Норуот µгэстэрин утумнааґын.

50

«Суор» кэпсээІІэ олоххо киһи анала

1

Саха норуота айылҕаны кытта ситимин символ уобараһынан көрдөрүү. Кэпсээҥҥэ диалог уонна ис монолог – характеры арыйар сүрүн ньыма.

Норуот үгэстэрин утумнааһын.

51

Хатылааьын

52

Тест толоруу

53

Ийэ айыл5абытын харыстыа5ыІ, айыл5алыын алтыһыа5ыІ.

Диспут уруок

1

үөрэппит айымньы тылын-өґүн туһанан диспукка кыттыы.

Санааны сааһылаан саҥарыы.

54

Амма Аччыгыйа – «Ийэ»

1

Ийэҕэ сыґыаннаах эпитеттэр, ойуулуур-дьүһүннүүр тыллар.

Ырытыы, сааһылаан ситимнээһин.

55

С.Р. Кулачиков«Таптыа5ын ийэни»

1

Ийэ таптала уостубат күүґүн истиҥ, намыын тылынан хоґуйуу. Рифма арааґа.

Бэлиэни-символы туґанан µірэнэр µірµйэх.

56

С.П. Ефремов – талааннаах драматург

«Куорат кыыһа»

1

Аҕа көлүөнэ уонна оҕолор олоҕу көрүүлэрин уратыта. Драмаҕа киһи тас бодотун, характерын арыйар ньымалар.

Сиэр-майгы сыаннастарын өйдөөһүн.

57

«Куорат кыыһа»

1

Аҕа көлүөнэ уонна оҕолор олоҕу көрүүлэрин уратыта. Драмаҕа киһи тас бодотун, характерын арыйар ньымалар.

58

«Куорат кыыһа»

1

Аҕа көлүөнэ уонна оҕолор олоҕу көрүүлэрин уратыта. Драмаҕа киһи тас бодотун, характерын арыйар ньымалар.

59

«Куорат кыыһа»

ДириІэтэн ырытыы

1

Аҕа көлүөнэ уонна оҕолор олоҕу көрүүлэрин уратыта. Драмаҕа киһи тас бодотун, характерын арыйар ньымалар.

60

Егор Петрович Неймохов – эдэр, талааннаах прозаик

«Бастакы хаар»

1

Сиэр-майгы түгэх өрүттэрин арыйан көрдөрүү, төрөппүт уонна оҕо уустук сыґыана, иэс, чиэс өйдөбүлэ.

Сиэр-майгы сыаннастарын өйдөөһүн.

61

«Бастакы хаар»

1

Сиэр-майгы түгэх өрүттэрин арыйан көрдөрүү, төрөппүт уонна оҕо уустук сыһыана, иэс, чиэс өйдөбүлэ.

Сиэр-майгы сыаннастарын өйдөөһүн.

62

«Бастакы хаар»

1

Сиэр-майгы түгэх өрүттэрин арыйан көрдөрүү, төрөппүт уонна оҕо уустук сыґыана, иэс, чиэс өйдөбүлэ.

Сиэр-майгы сыаннастарын өйдөөһүн.

63

“Бастакы хаар”

1

Сиэр-майгы түгэх өрүттэрин арыйан көрдөрүү, төрөппүт уонна оҕо уустук сыґыана, иэс, чиэс өйдөбүлэ.

Сиэр-майгы сыаннастарын өйдөөһүн.

64

Ѳйтѳн суруйуу "Маннайгы хаар"

1

Боппуруостары толкуйдааґын.

Тус санааны сыґыаны сайыннарар өйдөөһүн.

65

Хоьоон айарга холонуу

1

Литературнай оонньуу.

Тус санааны сыґыаны сайыннарар өйдөөһүн.

66

Аахпыт айымнһынан презентация кѳмускээһины хатылааһын

1

Сыллааҕы хатылыыр тиэс.

Бэйэни хонтуруолланыы.

67

Сыллааҕы хатылааһын

1

Сыллааҕы хатылыыр тиэс.

Бэйэни хонтуруолланыы.

68

Хатылааьын

69

Сыллаа5ы билиини бэрэбиэркэлиир тест

70

Тумуктуур уруок


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Развернутое тематическое планирование по якутскому языку в 5 классе МБОУ "Налимская средняя общеобразовательная школаСреднеколымского улуса (района) на 2017-2018 Среднеколымского улуса (района)

5-9 кылаастарга саха тылыгар үөрэтиигэ үлэлиир программаны  Сахалыы оскуола программата,  Саха тыла,  5-11 кылаас,  Саха Республикатынааҕы Үөрэх министерствота 2000 сыллаахха бигэр...

Развернутое тематическое планирование по якутской литературе в 6 классе МБОУ "Налимская средняя общеобразовательная школа" Среднеколымского улуса (района) на 2016-2017 учебный год учитель: Винокурова Е.Р

Оскуола5а литература уруогун сурун анала- уорэнээччи торообут тыл, фольклор уонна литература норуот духуобунай баайа, киьи ойо-санаата тобуллар, туругурар, майгыта-сигилитэ ситэр, арыллар, истин, иьир...

Развернутое тематическое планирование по якутскому языку в 6 классе МБОУ "Налимская средняя общеобразовательная школа" Среднеколымского улуса (района) на 2016-2017 учебный год учитель: Винокурова Е.Р

5-9 кылаастарга саха тылыгар үөрэтиигэ үлэлиир программаны  Сахалыы оскуола программата,  Саха тыла,  5-11 кылаас,  Саха Республикатынааҕы Үөрэх министерствота 2000 сыллаахха бигэр...

Развернутое тематическое планирование по якутской литературе в 7 классе МБОУ "Налимская средняя общеобразовательная школа" Среднеколымского улуса (района) на 2016-2017 учебный год учитель: Винокурова Е.Р

Саха литературатыгар 2 сүһүөххэ үлэлиир программа.Үлэлиир программа “Норуот айымньыта уонна литература», 5-11 кылаас ,Дьокуускай,1996с. Саха республикатын Үөрэҕин министерствота бигэргэппи...

Развернутое тематическое планирование по якутскому языку в 7 классе МБОУ "Налимская средняя общеобразовательная школа" Среднеколымского улуса (района) на 2016-2017 учебный год учитель: Винокурова Е.Р

7-9 кылаастарга саха тылын үөрэтиигэ үлэлиир программа5-9 кылаастарга саха тылыгар үөрэтиигэ үлэлиир программаны  Сахалыы оскуола программата,  Саха тыла,  5-11 кылаас,  Саха Респу...

Развернутое тематическое планирование по якутскому языку в 8 классе МБОУ "Налимская средняя общеобразовательная школа" Среднеколымского улуса (района) на 2016-2017 учебный год учитель: Винокурова Е.Р

5-9 кылаастарга саха тылын үөрэтиигэ үлэлиир программа5-9 кылаастарга саха тылыгар үөрэтиигэ үлэлиир программаны  Сахалыы оскуола программата,  Саха тыла,  5-11 кылаас,  Саха Респу...