Развернутое тематическое планирование по якутскому языку в 5 классе МБОУ "Налимская средняя общеобразовательная школаСреднеколымского улуса (района) на 2017-2018 Среднеколымского улуса (района)
календарно-тематическое планирование (5 класс) на тему

Винокурова Екатерина Рафаэловна

5-9 кылаастарга саха тылыгар үөрэтиигэ үлэлиир программаны  Сахалыы оскуола программата,  Саха тыла,  5-11 кылаас,  Саха Республикатынааҕы Үөрэх министерствота 2000 сыллаахха бигэргэппит программатыгар олоҕуран оҥоһулунна.

Саха тылын орто оскуолаҕа үөрэтии маннык сыалы-соругу туруорар:

  1. Саха тылын барҕа баайын,тутулун,уратытын оҕо өйүгэр-сүрэҕэр тиийэр курдук арыйан көрдөрүү.
  2. Орто оскуоланы бүтэрэр үөрэнээччигэ араас эйгэҕэ араас наадаҕа сахалыы сатаан саҥарар,суруйар дьоҕуру иҥэрии.
  3. Саха тылын талыы- талба кэрэтин биллэрэн,ийэ тылын сөбүлүүр, харыстыыр,төрүт культуратын биһириир,омугун сыаналыыр,убаастыыр ыччаты иитэн таһаарыы.

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon 5_kylaas_saha_avtosohranennyy.doc190 КБ

Предварительный просмотр:

                                                                    Муниципальное бюджетное образовательное учреждение

                                                                               "Налимская средняя общеобразовательная школа"

"РАССМОТРЕНО"                                                                      "СОГЛАСОВАНО"                                                              "УТВЕРЖДАЮ"        

на заседании МО ГЦ                                                                  "___"_________2017г.                                                           "___"__________2017

протокол № __от "__"_____2017г.                                         Зам.директора по УМР:                                                            Директор:

Руководитель МО ГЦ:

         __________/_____________/                                   ___________/______________/                                                   ____________/Бубякина Л.Е./                                                                    

                                                                                                                                   

                                                                                                                                                                                       

                                                                                               

                                                          Развернутое тематическое планирование по якутскому языку в 5 классе

                                                                          МБОУ "Налимская средняя общеобразовательная школа"

                                                                                        Среднеколымского улуса (района)

                                                                                             на 2017-2018 учебный год

                                                                                               учитель: Винокурова Е.Р

                                                                               

                                                                                                                     с. Налимск

                                                                                                                              БЫһААРЫЫ СУРУК

                                                                                           

                                                                                          5-9 кылаастарга саха тылын үөрэтиигэ үлэлиир программа

5-9 кылаастарга саха тылыгар үөрэтиигэ үлэлиир программаны  Сахалыы оскуола программата,  Саха тыла,  5-11 кылаас,  Саха Республикатынааҕы Үөрэх министерствота 2000 сыллаахха бигэргэппит программатыгар олоҕуран оҥоһулунна.

Саха тылын орто оскуолаҕа үөрэтии маннык сыалы-соругу туруорар:

  1. Саха тылын барҕа баайын,тутулун,уратытын оҕо өйүгэр-сүрэҕэр тиийэр курдук арыйан көрдөрүү.
  2. Орто оскуоланы бүтэрэр үөрэнээччигэ араас эйгэҕэ араас наадаҕа сахалыы сатаан саҥарар,суруйар дьоҕуру иҥэрии.
  3. Саха тылын талыы- талба кэрэтин биллэрэн,ийэ тылын сөбүлүүр, харыстыыр,төрүт культуратын биһириир,омугун сыаналыыр,убаастыыр ыччаты иитэн таһаарыы.

БЫһААРЫЫ СУРУК

        5 кылааска барар темалара 5 сүрүн түһүмэххэ арахсар: лексика, синтаксис, фонетика, орфография, ситимнээх саңаны сайыннарыы.

Грамматика уруоктарыгар лексиканы үөрэтии саха тылын баайын билэргэ, кини байар-кэңиир төрүттэрин өйдүүргэ, үөрэнээччи тылын байытарыгар, чочуйарыгар, тылы сөпкө туттарыгар көмөлөһөр аналлаах. Үөрэнээччилэр тыл лексическэй уонна грамматическай суолталара диэни арааран өйдүүллэрэ наада. Төрөөбүт төрүт тылы билии атын тылы билэргэ-өйдүүргэ тирэх буолрын эттэринэн-хааннарынан ылыныахтаахтар. Манна кинилэр тыл суолтатын быһаарар, таба сурулларын улнна этиллэрин ыйар, тыл үөскээбит историятын кэпсиир араас тылдьыттар баалларын, кинилэр хайдах айыллалларын, туох туһалаах буолалларын туһунан бастакы сведениелары билиэхтээхтэр.

Синтаксис системаламмыт курса үөһээ кылаастарга үөрэтиллэр. 5 кылааска синтаксис бастааңңы курса барыллар. Киһи саңарар саңата, суруйар суруга синтаксиска тирэ5ирэр. Ол иһин үөрэнээччи 5 кылаастан ыла синтаксис өйдөбүллэрин билэн, уруккуттан баһылаабыт үөрүйэхтэрин өссө дириңник иңэринэн, тыл үөрэ5ин атын салааларын синтаксиска тирэ5ирэн үөрэтэригэр, билэригэр туһалаах буолар. Синтаксис сурук бэлиэлэрин туттууну үөрэтэр, ити үөрүйэхтэр үөрэнээччи күннээ5и оло5ор мэлдьи туттуллаллар. Онон синтаксис бастааңңы курса тыл үөрэһин бары салааларын иннинэ үөрэтиллэр, ол эрээри 5 кылааска үөрэтии синтаксис курса системалаах буоларыгар көмөлөөх. Үөрэнээччи синтаксис бастааңңы курсуттан маннык билиилэри ылыахтаахтар: этии тыл ситимиттэн уратыта, судургу уонна холбуу этиилэр уратылара; этии тутаах уона ойо5ос чилиэннэрэ; этии биир уустаах чилиэннэрэ, туһаан туһулууттан атына, сирэй саңалаах этии; сирэй саңа уонна диалог. Синтаксис бастааңңы курса үөрэнээччилэргэ күннээ5и олохторугар туттар уонна туһанар практическай үөрүйэхтэри иңэрэр.

        Фонетика морфологияны, синтаксиһы кытта быстыспат ситимнээх, онон төрөөбүт тыл фонетикатын билии тыл айылгытын өйдүүргэ көмөлөөх, таба суруйарга, сөпкө саңарарга наадалаах. Ол иһин сүрүн бол5омтону  саңа дор5оонноро үөскүүллэригэр, дьүөрэлэһэн турууларыгар, наарданыыларыгар, араастаан кубулуйан биэриилэригэр уонна ону таба суруйарга, сөпкө этэргэ ууруллар.

         Орфография тыл оло5ун өйдөбүлүн биллэриини сэргэ 1) сыһыарыылар этиигэ тылы ситимнииргэ туттуллалларын; 2) араас суолталаахтарын; 3) сыһыарыы дор5ооннор бөлөхтүн бэриллэрин уонна бэйэтэ анал суолталаах сор5отун били тылы сөпкө туттуу, таба суруйуу дьыалатыгар теоритическай төрүт буоларын өйдөтөр соруктаах

        Тескт, кини типтэрэ алын кылааска үөрэтиллэллэр. Бу өйдөбүллэр 5 кылааска өссө дириңэтиллэн барыллаллар, стиль 3 көрүңэ (кэпсэтии, научнай уонна уус-уран) үөрэтиллэр. Тескт этиилэрин сибээстэрин – Утум-ситим уонна кэккэлэһэр ситимнэри – эрчиллиилэри, текстэри ырытан өйдөтүллэр. Ситимнээх саңа туһунан билии о5олорго нуучча тылын үөрэтэллэригэр эмиэ көмөлөһөр, онон икки тылы сибээстээн үөрэтии ситиһиллиэхтээх. Тескттиптэрин начальгай кылаастарга билсэллэр, онон о5олор кини араас типтэрин айыыга үлэлиэхтээхтэр. Сэһэргээһин, ойуулааһын, толкуйдааһын уруоктарга системалаахтык туттуллуохтаахтар.

         

                                                                                               Ытык өйдөбүллэри иҥэрии түмүгэ.

  • Саха тылын оскуолаҕа үөрэтии кэмигэр оҕо маннык ытык өйдөбүллэри иҥэриннэҕинэ төрөөбүт тыла сайдарыгар бэриниилээх,эппиэтинэстээх буоларыгар,бэйэтин кыаҕын толору туһанарыгар эрэниэххэ сөп.
  • Төрөөбүт тыл-омугу сомоҕолуур тыл буоларын өйдүүр.
  • Төрөөбүт тыл төрүт айылгыта ,үйэлээх үгэһэ,этигэн кэрэтэ норуот тылынан уус-уран айымньытыгар уонна уус-уран литератураҕа сөҥмүтүн билэр.
  • Төрөөбүт тылын сайыннарар, кэлэр көлүөнэҕэ тириэрдэр ытык иэстээҕин,ийэ тыл үйэлэргэ чөл туруктаах буоларыгар тус оруоллааҕын өйдүүр.
  • Төрөөбүт тыл иитиллэр,үөрэнэр,айар-сайдар тыл буоларын итэҕэйэр.
  • Төрөөбүт тыл элбэх омук алтыһан бииргэ олорор кэмигэр икки эбэтэр элбэх тылланыы усулуобуйатыгар хас биирдии киһиттэн харыстабыллаах сыһыаны эрэйэрин өйдүүр.

Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ

Бэйэни салайынар –дьаһанар сатабыл.

Тылын сайыннарар сыалы-соругу таба туруорунар ,сатаан былаанныыр ,туох-ханнык түмүккэ кэлиэхтээҕин быһа холоон билэр.

Тылы сэрэйэр дьоҕуру сайыннарыы.Бэйэтин сааһыгар сөп түбэһэр тиэкиһи тылынан да суругунан да таҥар буолуохтаах.

Тылын сайыннарар баҕаны үөскэтии.

Хонтуруолланыы

Билэр-көрөр сатабыл.  Сүрүн үөрэнэр сатабыл.

Үлэ сыалын-соругун таба туруоруу.

Билиини-көрүүнү кэҥэтэр араас матырыйаалы туһаныы.

Билиини сааһылааһын

Тобулук өйү сайыннарар үөрүйэхтэр.Саха тылын лингвистическэй матырыйаалыгар тирэҕирэн ,өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик толорор:тэҥнээһин,ырытыы,холбооһун,түмүктээһин,ханыылатан сааһылааһын,майгыннатыы,сааһылаан ситимнээһин.

Рефлексия.

Бэлиэни-символы туһанар үөрүйэхтэр.

Бодоруһар сатабыл.

Бииргэ үлэлиир үөрүйэх-пааранан,бөлөҕүнэн,хамаанданан.

Кэпсэтэр үөрүйэх.

Кэпсэтии сиэрин тутуһар үөрүйэх. .

Төрөөбүт тылы үөрэтии предметин ис хоһооно

Төрөөбүт тылы үөрэтии ис хоһоонугар маннык сүрүн научнай хайысхалар киирэллэр:

1.Бодоруһуу култуурата.

2.Саҥа көрүҥэ:истии,саҥарыы,ааҕыы,суруйуу.

3.Тыл үөрэҕин тутаах салааларын туһунан уопсай өйдөбүлэ:фонетика,лексика,морфология,синтаксис

4.Сурук-бичик култуурата:таба суруйуу уонна сурук бэлиэтэ.

5.Ситимнээх саҥаны сайыннарыы-тиэкис туһунан сүрүн өйдөбүл.

Туттуллар үөрэтэр-методическай литература

  1. Сахалыы оскуола программата,2000с.
  2. Кылаастарынан үөрэнэр учебниктар.
  3. Саха тыла.Эрчиллии хомуурунньуга.Е.В. Сивцева, Ф.Н. Болдовская. 1996с.
  4. 6 кылааска саха тылын, литературатын үөрэтии.Н.Н.Неустроев,Е.М.Поликарпова,Т.И.Яковлева.
  5. 7 кылааска саха тылын үөрэтии.Н.Н.Неустроев.1993с.
  6. Ситимнээх саҥа.Г.М.Слепцова,М.А.Борисова,Т.К.Матвеева.1996с.
  7. Саха тылын синтаксиһын үөрэтии методиката.Н.Н.Неустроев.1990с.
  8. Саха тылыгар уонна литературатыгар тирэх бэлиэлэри туһаныы.В.В.Скрябин.1993с.
  9. Аахпыттан суруйуу уонна диктант тиэкистэрэ С.С.Семенова, Н.П.Парфенова, Н.Н.Васильева,С.Г.Хардарысов.2004с.
  10.  Саха тылын оскуолаҕа үөрэтии методиката.Г.И.Гурьев.2009с.
  11.  Көдьүүстээх үөрэххэ суолу тэлэн...2009с.
  12.  Саха тыла ,тургутук.М.С.Винокурова,И.П.Винокуров,М.Е.Филиппова.2007с.
  13.  Саха тыла, синтаксис.Г.Г.Филиппов,И.П.Винокуров.2007с.
  14.  Саха билиҥҥи тыла.И.П.Винокуров,Н.И.Винокурова. 2009с.
  15.  Аахпыттан  суруйуу текстэрэ.С.С.Семенова,Н.П.Парфенова.1999с.
  16.  Саха тылын үөрэтии методиката.Г.Г.Филиппов.1987с.
  17.  Төлкөнү түстүүр төрөөбүт тыл. П.А.Слепцов.1999с
  18.  Саха билиҥҥи тыла.Морполуогуйа.Н.К.Антонов,Е.И.Коркина,Г.Г.Филиппов...2009с.
  19.  Ийэ тылбыт эрчимэ эстибэтин: айымньыны уонна истиили ырытыы.Г.Г.Торотоев.2009с.
  20.  Оҕоҕо бэйэтигэр туһаайыылаах үөрэх.Шишигина В.Р,Кузьмина М.П,Кривошапкина В.С . 2004с.
  21.  Формирование ключевых компетенций: знание.опыт,личностное отношениеучащихся к образованию.  2010г.

                                                                                                                      Тылдьыттар

1.Саха тылын орфографическай тылдьыта.Л.Н.Харитонов,Н.Е.Петров.1975с.

2.Саха түөлбэ тылын тылдьыта.М.С.Воронкин,М.П.Алексеев,Ю.И.Васильев.1995с.

3.Сахалыы таба суруйуу тылдьыта.П.А.Слепцов...2002с.

4.Саха тылын антонимнарын тылдьыта.1969с.

5.Саха тылын синонимнарын кылгас тылдьыта.Н.А.Ааллааҕыскай,Х.Х.Луковцев.1982с.

6.Саха тылын омонимнарын тылдьыта.Н.А.Ааллааҕыскай.1979с.

7.Сомоҕо домохтор.И.К.Попов.2010с.

                                                                                                    Үөрэнээччилэр туттар пособиелара.

1.Ситимнээх саҥаны сайыннарыы.Н.Н.Неустроев,А.Г.Ядрихинская.1990.

2.Ситимнээх саҥа.Е.В.Сивцева,Ф.Н.Болдовская.1995с.

3.Ситимнээх саҥа. Г.М.Слепцова,М.А.Борисова,Т.К.Матвеева.1996с.

4.Аман өс.Н.И.Филиппова,М.Т.Гоголева.1994с.

5.Саха бэргэн тыла –өһө.И.И.Стручкова.1997с.

6.Тыл оонньуута.У.Ф.Кондакова.2002с.

7.Саха тылын грамматиката.Н.Н.Ефремов,С.С.Семенова.-ИКТ пособие.

                                                                                                                 Саха тыла 5 кылаас

Петров Н.Е., Иванов С.А., Неустроев Н.Н., Семенова С.С.

чаас

 Уруок темата

Пед. Ньыма

Үөрэнээччи үлэлиир көрүңэ

Уруок сыала- соруга

(билии кыа5а)

Туттуллар матырыйаал

Ыытыллар нэдиэлэтэ

былаан

Ыытылл.

1

ч

& 1 Саха тыла – төрөөбүт тылбыт

Бэсиэдэ уруок

уопсай

Төрөөбүт тылбыт омук тыыннаах буолар, салгыы сайдар, кэлэр кэмңэ чэчирии турар төлкөтүн үөрэнээччигэ тириэрдии

«Ийэ тылбыт этигэн кэрэтэ» анал таһаарыы 7 №-рэ

2

ч

Уопсай саха тылын тыына диэн хатылааьын толкуй улэтэ

Сананы билии керуу

Белегунэн улэ

О5о билиитин кэнэтии сайыннарыы

Уруок оскуола таьынан билии керуу

--

3

ч

& 2 Начальнай кылааска үөрэппити хатылааһын

Хатылааһын-уруок

уопсай

Алын кылааска ылбыт билиилэрин чиңэтии, хатылааһын

Саха тылыгар дидактич. Матырыйааллар (Н.Е. Саввинов)

4

5

6

7

ч

& 3 Лексика (түһүмэх)

Лексика өйдөбүлэ. Тылдьыт

&4,5 Тыл өйдөбүлэ. Тыл суолтата. Тыл лексическэй суолтата

Саңа теманы ырытыы уруок

биирдиилээн

Лексиканы үөрэтии саха тылын баайын билэргэ, кини байар-кэңиир төрүттэрин өйдүүргэ, үөрэнээччи тылын байытарыгар, чочуйарыгар тылы сөпкө туттарын өйдөтүү. Тылдьыты сатаан туһанарга үөрэнии. Тыл лексическэй, грамматическай суолталарын кытта билсии  

«Тыл оонньуута» У.Ф. Кондакова,

Саха тылыгар дидактич. Матырыйааллар (Н.Е. Саввинов)

8

9

10

ч

 &6,7 Элбэх, биир суолталаах тыллар. Тыл көнө, көспүт суолтата.

8 Уопсай хатылааьын

Саңа теманы ырытыы уруок

Уопсай

Тыл биир, элбэх, суолталаныытын билии, көнө, көспүт суолталаныытын арааран өйдөтүү.

Саха тылыгар дидактич. Матырыйааллар (Н.Е. Саввинов)

11

12

ч

& 8 Тыл көспүт суолтатын саңарар саңа5а туттуу

Хатылааьын уруок

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Тыл биир, элбэх, суолталаныытын билии, көнө, көспүт суолталарын саңарарга сөпкө туһанары ырытыы

Саха тылыгар дидактич. Матырыйааллар (Н.Е. Саввинов)

13

ч

& 9 Омоним

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Тус-туһунан өйдөбүллээх эрээри биирдик этиллэр тыллар омоним буолалларын билии. Араас саңа чааһа буолар тыллар омоним кэкэтигэр киирэллэрин ырытыы

Саха тылын омонимнарын тылдьыта

14

15

ч

&10 Антоним

Омоним Антоним хатылааьын сорудахтарынан улэ

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Утарыта суолталаах тыллар антоним буолалларын билсии, антоним кэккэтэ диэн термини билии.

Саха тылын антонимнарын тылдьыта

16

17

ч

&11 Синоним

Синоним Омоним Антоним бииргэ тутан хатылааьын уруок

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Биир эбэтэр майгыннаһар суолталаах тыллар синоним буолалларын ырытыы, сүрүннүүр тыл диэн термини кытта билсии, синоним кэккэтигэр биир саңа чааһа буолар тыллар эрэ киирэллэрин билии.

Саха тылын синонимнарын тылдьыта

18

19

ч

&12 Синонимы саңарар саңа5а туттуу

Эрчиллии толоруу

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Синоним суолтатынан, этиигэ туттуллуутунан 4 бөлөххө (толору, дэгэт, стиль, дэгэт суолталаах стиль синонима) арахсарын билсии, тылга сатаан туһанарга үөрэнии

20

ч

&12 Синонимы саңарар саңа5а туттуу

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Синоним суолтатынан, этиигэ туттуллуутунан 4 бөлөххө (толору, дэгэт, стиль, дэгэт суолталаах стиль синонима) арахсарын билсии, тылга сатаан туһанарга үөрэнии

21

22

ч

&13, 14 Синонимы текскэ туттуу. Текст синонима

Хатылааьын Ейтен суруйуу

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Синонимы текскэ сатаан туһанарга үөрэнии, текст синонима термини кытта билсии, бэриллибит текстэри ырытыы

23

24

ч

Сорудахтаах хонтуруолунай диктант

Билиини чиңэтэр  уруок

биирдиилээн

Лексика диэн түһүмэххэ ылбыт билиитин, олохсуйбут үөрүйэ5ин, сатабылын, суруйар дьо5урун  бэрэбиэркэ.

Аахпыттан суруйуу уонна диктант тиэкистэрэ

(С.С. Семенова, Н.П. Парфенова)

25

26ч

Синтаксис уонна сурук бэлиэлэрэ (түһүмэх)

& 15 Этии. Этии арааһа

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Синтаксис өйдөбүллэрин билэн, баһылаабыт үөрүйэхтэрин өссө дириңник иңэрии. Этии, этии араастарын кытта билсии. Этиини оңоро үөрэнии.

Саха тылыгар дидактич. Матырыйааллар (Н.Е. Саввинов)

27

28

ч

& 16 Тыл ситимэ

Оонньуу керуннээх уруок

(Хатылааьын)

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Тыл ситимин быһаарыы, сатаан этиини ситимңэ, тутаах, баһылатар тылы сатаан араара үөрэнии, тыл ситимэ этииттэн уратытын билии.

29

ч

 Чиэппэрдээ5и хонтулуонай үлэ5э бэлэмнэнии

Хатылааһын уруок

Биирдиилээн

Бу чиэппэргэ ылбыт биллиилэрин олохсуйбут үөрүйэхтэрин, сатабылын, суруйар дьо5урдарын хатылааһын, хонтуруолунай үлэ5э бэлэмнэнии

Саха тылыгар дидактич. Матырыйааллар (Н.Е. Саввинов)

30

ч

Чиэппэрдээ5и хонтулуонай үлэ

Суругунан үлэ

Биирдиилээн

1 чиэппэргэ ылбыт биллиилэрин олохсуйбут үөрүйэхтэрин, сатабылын, суруйар дьо5урдарын бэрэбиэркэ.

Аахпыттан суруйуу уонна диктант тиэкистэрэ

(С.С. Семенова, Н.П. Парфенова)

31

32

ч

& 17 Этии тутаах чилиэннэрэ. Туһаан уонна кэпсиирэ

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Туһааны, кэпсиирэни хатылааһын, билиилэрин чиңэтии, этии грамматическай оло5о буолалларын быһаарыы, тэнийбит, тэнийбэтэх этиини  билии.

Саха тылыгар дидактич. Матырыйааллар (Н.Е. Саввинов)

33

ч

& 18 Этии ойо5ос чилиэннэрэ. Быһаарыы

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Туһаантан, кэпсиирэттэн ураты  чилиэннэр ойо5ос буолалларын билии, быһаарыы предмет бэлиэтин көрдөрөрүн билэн билиини чиңэтии

Саха тылыгар дидактич. Матырыйааллар (Н.Е. Саввинов)

34

ч

& 19 Толоруу

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Ойо5ос падежтар ыйытыыларыгар хоруйдуур чилиэн толоруу буолар диэн билии, билиини эрч. Толорон чиңэтии

Саха тылыгар дидактич. Матырыйааллар (Н.Е. Саввинов)

35

ч

& 20 Сиһилии

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Хайааһын бириэмэтин, миэстэтин, хайдах оңоһулларын көрдөрөр ойо5ос чилиэн сиһилии буолар диэн билии, билиини эрч. Толорон чиңэтии

Саха тылыгар дидактич. Матырыйааллар (Н.Е. Саввинов)

36

ч

Хатылааһын. Сорудахтаах диктант

Суругунан үлэ

биирдиилээн

Ылбыт билиилэрин, суруйар дьо5урдарын бэрибиэркэ

Аахпыттан суруйуу уонна диктант тиэкистэрэ

(С.С. Семенова, Н.П. Парфенова)

37

ч

Этии ойо5ос чилиэннэригэр хатылааьын уруок

Суругунан улэ

биирдиилээн

Этиини ырытыы

--

сорудахтар

38

ч

& 21 Биир уустаах чилиэннэрдээх этии

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Б.у.ч хатылааһын, киниэхэ туттуллар сурук бэлиэтин ырытыы

Саха тылыгар дидактич. Матырыйааллар (Н.Е. Саввинов)

39

40

ч

& 22 Туһулуулаах этии .

Этиини ырытыы (ырытыы бэрээдэгэ)

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Кими, тугу эрэ аатын ааттаан ыңырар тыл туһулуу буоларын билии, сурук бэлиэтин сатаан туһаныы, этии схематынан сатаан үлэлээһин

Саха тылыгар дидактич. Матырыйааллар (Н.Е. Саввинов)

41

42

ч

& 23 Судургу уонна холбуу этиилэр

Этиини

ырытыы

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Судургу этиини хатылааһын, холбуу этии хайдах буоларын билсии, киниэхэ туттуллар сурук бэлиэлэрин, ситим тылларын кытта билсии, судургу, холбуу этиилэри сатаан араара үөрэнии.

Саха тылыгар дидактич. Матырыйааллар (Н.Е. Саввинов)

43

ч

Холбуу этиини ырытыы

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Холбуу этиини ырытыы бэрээдэгин кытта билсии, тылынан, суругунан ырытыы.

44

45

ч

& 24 Сирэй саңа

Литературнай кинигэни кытта улэ

(Хатылааьын)

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Сирэй саңаны били, киниэхэ туттуллар сурук бэлиэлэрин ырытыы, схеманан этиини оңоро үөрэнии

Саха тылыгар дидактич. Матырыйааллар (Н.Е. Савинов)

46

47

ч

& 25 Диалог

Литературнай кинигэни кытта улэ

(Хатылааьын)

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Диалог, реплика терминнэри кытта билсии, киниэхэ туттуллар сурук бэлиэлэрин сатаан туһана үөрэнии.

48

ч

Хатылааһын

Хатылааһын уруок

уопсай

Бу түһүмэххэ барбыт темаларынан ыйытыыларга эппиэттээн, сорудахтарын толорон билиилэрин бэрибиэркэлээһин

49

ч

 «Сорудахтаах диктант «Сэдэх тубэлтэ»

Билиини чиңэтэр  уруок

биирдиилээн

Синтаксис түһүмэххэ ылбыт билиитин, олохсуйбут үөрүйэ5ин, сатабылын, суруйар дьо5урун  бэрэбиэркэ.

Аахпыттан суруйуу уонна диктант тиэкистэрэ

(С.С. Семенова, Н.П. Парфенова)

50

ч

 Чиэппэрдээ5и хонтулуонай үлэ5э бэлэмнэнии

Билиини чиңэтэр  уруок

биирдиилээн

2 чиэппэргэ ылбыт билиилэрин хатылаан, хонтуруолунай үлэ5э бэлэмнэнии

51

ч

Чиэппэрдээ5и хонтулуонай үлэ

Суругунан үлэ

Биирдиилээн

2 чиэппэргэ ылбыт билиилэрин олохсуйбут үөрүйэхтэрин, сатабылын, суруйар дьо5урдарын бэрэбиэркэ.

Аахпыттан суруйуу уонна диктант тиэкистэрэ

(С.С. Семенова, Н.П. Парфенова)

52

ч

Хонтуруолунай үлэни ырытыы

Хатылааһын, ырытыы уруок

уопсай

Хонтуруоланай үлэ5э оңорбут ал5астарыгар үлэ

53

54

55

ч

Фонетика уонна графика (түһүмэх)

& 26, 27 Саңа дор5оонноро үөскүүр усулуобуйалара. Алфавит

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

 Саңа дор5оонноро хайдах үөскүүллэрин, этиллэллэрин, иһиллэллэрин, дор5ооннор тылга хайдах дьүөрэлэһэн, аттарыллан киирэллэрин, наарданыыларын  билии. Сахалыы алфавит историятын билсии, тыл букватын, дор5оонун ырыта үөрэнии.

Саха тылыгар дидактич. Матырыйааллар (Н.Е. Саввинов

56

57

ч

& 28,29  Аһа5ас, бүтэй дор5ооннор. Кылгас, уһун аһа5ас дор5ооннор.

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Сахалыы саңа5а хас аһа5ас, бүтэй дор5оон баарын билии, кылгас, уһун аһа5ас дор5ооннор уратыларын ырытыы.

Саха тылыгар дидактич. Матырыйааллар (Н.Е. Саввинов

58

ч

& 30 Дифтоннар

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Дифтонг-уустук дор5оон буолар, онон кини састаабын кулгаа5ынан истэн араарар уустугун билии, этиллиитин, суруллуутун ырытыы

59

ч

& 31 Аһа5ас дор5ооннору наардааһын

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Саңарарга тыл хайдах хамсыырын көрөн аһа5ас дор5ооннору илин, кэлин, киэң, кыара5ас, уос айах диэн араарыахха сөбүн билии, наардааһын таблицатынан ырытарга үөрэнии.

60

ч

& 32 Аһа5ас дор5ооннор дьүөрэлэһэр сокуоннара

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Аһа5ас дор5ооннор сахалыы тылга дьүөрэлэһэн, наардаһан туралларыгар 2 быраабыла баарын, ону аһа5ас дор5ооннор дьүөрэлэһэр сокуоннара буолалларын билии, бу быраабыланы сөпкө туһана үөрэнии.

Саха тылыгар дидактич. Матырыйааллар (Н.Е. Саввинов

61

62

ч

& 33 Ньиргиэрдээх, ньиргиэрэ суох бүтэй дор5ооннор

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Бүтэй дор5ооннору хайдах үөскүүллэриттэн көрөн ньиргиэрдээх уонна ньиргиэрэ суох диэн араара үөрэнии. Диэрийэр, мурун бүтэй дор5ооннор диэн то5о арааралларын билэн ырытыы.

63

64

ч

& 34 Бүтэй дор5ооннор аһа5ас дор5ооннор сабыдыалларынан солбуллуулара

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Ньиргиэрэ суох бүтэй дор5ооннор аһа5ас дор5ооннор сабыдыалларынан ньиргиэрдээх дор5ооңңо кубулуйалларын били, №1 быраабыланы билсии.

Саха тылыгар дидактич. Матырыйааллар (Н.Е. Саввинов

65

66

ч

& 35,36 Бүтэй дор5ооннор дьүөрэлэһэн туруулара. Төттөрү ассимиляция

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Дьүөрэлэһии (ассимиляция) кытта билсии, өрө, төттөрү ассимиляция араастарын ырытыы, тыл оло5ун н,т дор5оонноро төттөрү ассимиляциянан уларыйалларын сөпкө суруйуу (№2 быраабыла), билиини чиңэтэргэ эрчиллиилэри толоруу.

67

ч

& 37 Бүтэй дор5ооннор хоһулаһан туттуллуулара

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Сахалыы тылга сорох бүтэй дор5ооннор хоһулаһан туттуллуларын билии, 3 №-дээх быраабыланы ырытыы, үөрэтии.

Саха тылыгар дидактич. Матырыйааллар (Н.Е. Саввинов

68

ч

Хатылааһын

Хатылааһын, ырытыы уруок

уопсай

Фонетика уонна графика түһүмэххэ барбыты уопсай хатылааһын, билиини чиңэтэргэ эрчиллиилэри толоруу.

69

ч

 Чиэппэрдээ5и хонтулуонай үлэ5э бэлэмнэнии

Хатылааһын уруок

уопсай

3 чиэппэргэ ылбыт билиилэрин хатылаан, хонтуруолунай үлэ5э бэлэмнэнии

70

ч

Чиэппэрдээ5и хонтулуонай үлэ

Суругунан үлэ уруога

биирдиилээн

3 чиэппэргэ ылбыт билиилэрин, олохсуйбут үөрүйэхтэрин, сатабылын, суруйар дьо5урдарын бэрэбиэркэ.

Аахпыттан суруйуу уонна диктант тиэкистэрэ

(С.С. Семенова, Н.П. Парфенова)

71

72ч

Тыл састааба уонна орфография

(түһүмэх)

& 38 Тыл оло5ун уонна сыһыарыытын өйдөбүлэ

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

1)Сыһыарыылар этиигэ тылы ситимнииргэ туттуллалларын; 2)араас суолталаахтарын; 3)сыһыарыы дор5ооннор бөлөхтөрү бэриллэрин уонна бэйэтэ анал суолталаах тыл өлүүскэтэ буоларын,; 4)онон тыл бу наһаа наадалаах суолталаах сор5отун билии тылы сөпкө туттуу, таба суруйуу дьыалатыгар төрүт буоларын өйдөтүү

Саха тылыгар дидактич. Матырыйааллар (Н.Е. Саввинов, орфографическай, быҺаарыылаах тылдьыттар

73

ч

& 39 Саха тылын орфографията. Үөрэтэр-эрчийэр диктант

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Саха орфографиятын сүрүн төрүтэ фонетическай принцип, ол аата хас биирдии тылы саңарарбыт уонна истэрбит курдук суруйуу буоларын өйдөтүү. Билиини чиңэтэргэ диктант суруйуу уонна ырытыы

Аахпыттан суруйуу уонна диктант тиэкистэрэ

(С.С. Семенова, Н.П. Парфенова)

74

ч

& 40 Орфографическай тылдьыттарынан сатаан туһаныы

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Орфографическай тылдьыт таба суруйуу быраабылаларыгар сөп түбэһиннэрэн оңоһулларыгар тирэ5ирии, сатаан туһана үөрэнии.

Саха тылын орфографическай тылдьыта

75

ч

& 41 Сыһыарыы аһа5ас дор5оонун таба суруйуу

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Нууччалыы суруллар тыллар сыһыарыыларын аһа5ас дор5ооно олохторун аһа5ас дор5оонугар дьүөрэлэһэн уларыйарын билии, 4,5,6 №-дээх быраабылалары ырытыы, үөрэтии, билиини чиңэтэргэ эрчиллиилэри толоруу.

76

77

ч

& 41 Сыһыарыы аһа5ас дор5оонун таба суруйуу. Хатылааһын

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Нууччалыы суруллар тыллар сыһыарыыларын аһа5ас дор5ооно олохторун аһа5ас дор5оонугар дьүөрэлэһэн уларыйарын билии, 4,5,6 №-дээх быраабылалары ырытыы, үөрэтии, билиини чиңэтэргэ эрчиллиилэри толоруу

Саха тылыгар дидактич. Матырыйааллар (Н.Е. Саввинов)

78

79

ч

& 42 Аһа5ас дор5оонунан са5аланар сыһыарыы иннигэр тыл оло5ун уларыйыыта

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Тыл оло5ун сорох бүтэһик дор5оонноро аһа5ас дор5оонунан са5аланар сыһыарыы иннигэр кубулйалларын билии, 7,8№-дээх быраабылалары ырытыы, үөрэтии, билиини чиңэтэргэ эрчиллиилэри толоруу.

Саха тылыгар дидактич. Матырыйааллар (Н.Е. Саввинов)

80

81

ч

& 43 Киирии тыл оло5ун бүтэһик дор5оонун түһүүтүн таба суруйуу

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Нууччалыы суруллар үгүс тыллар икки эбэтэр хас да5аны бүтэй дор5ооннор кэккэлээһиннэринэн бүтээччилэр сыһыарыы эбиллиитигэр саңарыыга сөп түбэһэн уларыйалларын билии, 9 №-дээх быраабыланы ырытыы, үөрэтии, эрчиллиилэри толоруу.

82

ч

& 44 Тыл оло5ор аһа5ас дор5оон эбиллиитин таба суруйуу

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Тыл бүтүүтүгэр турар бүтэй дор5ооннор иккиэн чуолкайдык уонна биир кэлимник этиллэр буоллахтарына, сыһыарыы холбоноругар тыл оло5ор аһа5ас дор5оон эбиллэрини (№10) билсии, быраабыла5а бас бэриммэт тыллары били, эрч. Толоруу.

83

ч

& 45 Бүтэй дор5оонор сэргэстэһиилэринэнн бүтэр тыллар олохторун уларыппакка суруйуу

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Тыл бүтүүтүнээ5и бүтэй дор5ооннор чуолкайдык уонна икки ардыларыгар биллэр-биллибэттик аһа5ас дор5оон кыбытыллан этиллэр тылларга сыһыарыы эбиллиитигэр тыл оло5о уларыйбат диэн билии (№11)

Саха тылыгар дидактич. Матырыйааллар (Н.Е. Саввинов)

84

85

ч

& 46 Сымнатар бэлиэ түһэр уонна түспэт түбэлтэлэрэ

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Сымнатар бэлиэ түһэр уонна түспэт түбэлтэлэрин кытта билсии, билиини чиңэтэргэ эрч. Толоруу (№12)

Саха тылыгар дидактич. Матырыйааллар (Н.Е. Саввинов)

86

ч

Хатылааһын. Чиэппэрдээ5и хонтулуонай үлэ5э бэлэмнэнии

Хатылааһын уруок

уопсай

4 чиэппэргэ ылбыт билиилэрин хатылаан, хонтуруолунай үлэ5э бэлэмнэнии

87

ч

Чиэппэрдээ5и хонтулуонай үлэ

Суругунан үлэ уруога

биирдиилээн

4 чиэппэргэ ылбыт билиилэрин, олохсуйбут үөрүйэхтэрин, сатабылын, суруйар дьо5урдарын бэрэбиэркэ.

Аахпыттан суруйуу уонна диктант тиэкистэрэ

(С.С. Семенова, Н.П. Парфенова)

88

89

ч

& 47, 48 Холбуу тыллар. Тылы көһөрүү. Үөрэтэр-эрчийэр диктант

Улэни бэрэбиэркэлэнии

Саха тылыгар икки тылтан үөскэтиллибит олохтоох тыллары кытта билсии, кинилэр хайдах үөскэтиллибиттэрин ырытыы, тылы сөпкө көһөрүү быраабылаларын билии (№13,14)

90

91

ч

Ситимнээх саңаны сайыннарыы (түһүмэх). &49, 50 Текст өйдөбүлэ, тутула. Тескт тутула

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Текст өйдөбүлүн, тутулун кытта билсии, холобурдарынан текси ырытыы

92

93ч

&51, 52 Текскэ этии ситимэ. Текскэ этиилэри ситимниир ньымалар. Айар сорудахтаах аахпыттан суруйуу

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Текскэ этиилэр субуруччу уонна кэккэлэһэр икки араас ситиминэн холбоһоллорун билии, этиилэр схемаларын ырытыы. Субуруччу ситимңэ этиилэри ситимниир сүрүн ньымалар (лексическэй, грамматическай) баалларын билсии.

94

95

ч

&53, 54 Текст темата. Кэрчик тема. Абзац

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Текст темата, кэрчик тема, абзац өйдөбүллэрин ырытыы, бэриллибит тиэкистэри ырытыы

96

97

ч

&55,56 Текст былаана. Текст сүрүн санаата. Эпиграф

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Текси хайдах былаанныыры үөрэтии, текст сүрүн санаатын сөпкө буларга үөрэнии, эпиграф өйдөбүлүн кытта билсии.

98

99

ч

&57, 58 Сэһэргээһин. Ойуулааһын  

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Саңарар саңабыт 3 тиипкэ арахсарын билии, сэһэргээһин, ойуулааһын тиэкистэрин, тутулларын ырытыы.

100

   ч

&59 Тойоннооһун. Хатылааһын

Саңа теманы ырытыы уруок

уопсай

Тойоннооһун тиэкис тутулун билсии, бэриллибит тиэкистэри ырытыы.

101

102

ч

Сыллаа5ы хатылааһын. Сыллаа5ы хонтуруолунай үлэ5э бэлэмнэнии

Хатылааһын уруок

уопсай

Сылы быһа ылбыт билиилэрин хатылаан, хонтуруолунай үлэ5э бэлэмнэнии

103

ч

Сыллаа5ы хонтуруолунай үлэ

Суругунан үлэ уруога

биирдиилээн

Ылбыт билиилэрин, олохсуйбут үөрүйэхтэрин, сатабылын, суруйар дьо5урдарын бэрэбиэркэ.

Аахпыттан суруйуу уонна диктант тиэкистэрэ

(С.С. Семенова, Н.П. Парфенова)

104

ч

Уопсай түмүктүүр уруок

Уопсай түмүк оңоруу, сайыңңы сорудахтарын ырытыы

          Сыл түмүгүнэн уопсайа, саха тылыгар алта хонтуруолунай үлэ ыытыллар. 4 хонтуруолунай үлэтэ чиэппэр түмүгэр ыытыллар. Иккитэ бэйэни бэрэбиэркэлэнэр үлэ түмүгүн таһаарыыга ыытыллар. Саҥа технологияннан ыытыллар уруоктарга презентация бары уруоктарга оҥоһуллар, сайыннарар үлэ (УДД) араастара уруок технологическа картатыгар киирэр. Бөлөҕүнэн үлэлэр ыытылаллар, ону таһынан тылдьытынан үлэ тоҕоостоох уруоктарга киирэн биэрэр. Хонтуруолунай үлэ суругунан буолар (тест эбэтэ сорудахтаах диктант). Сыл түмүгэр үөрэнээччи  


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Развернутое тематическое планирование по русскому языку 9 класс по программе М.М.Разумовской

Развернутое  тематическое планирование по русскому языку 9 класс по программе М.М.Разумовской...

Развернутое тематическое планирование по якутской литературе в 6 классе МБОУ "Налимская средняя общеобразовательная школа" Среднеколымского улуса (района) на 2016-2017 учебный год учитель: Винокурова Е.Р

Оскуола5а литература уруогун сурун анала- уорэнээччи торообут тыл, фольклор уонна литература норуот духуобунай баайа, киьи ойо-санаата тобуллар, туругурар, майгыта-сигилитэ ситэр, арыллар, истин, иьир...

Развернутое тематическое планирование по якутскому языку в 6 классе МБОУ "Налимская средняя общеобразовательная школа" Среднеколымского улуса (района) на 2016-2017 учебный год учитель: Винокурова Е.Р

5-9 кылаастарга саха тылыгар үөрэтиигэ үлэлиир программаны  Сахалыы оскуола программата,  Саха тыла,  5-11 кылаас,  Саха Республикатынааҕы Үөрэх министерствота 2000 сыллаахха бигэр...

Развернутое тематическое планирование по якутской литературе в 7 классе МБОУ "Налимская средняя общеобразовательная школа" Среднеколымского улуса (района) на 2016-2017 учебный год учитель: Винокурова Е.Р

Саха литературатыгар 2 сүһүөххэ үлэлиир программа.Үлэлиир программа “Норуот айымньыта уонна литература», 5-11 кылаас ,Дьокуускай,1996с. Саха республикатын Үөрэҕин министерствота бигэргэппи...

Развернутое тематическое планирование по якутскому языку в 7 классе МБОУ "Налимская средняя общеобразовательная школа" Среднеколымского улуса (района) на 2016-2017 учебный год учитель: Винокурова Е.Р

7-9 кылаастарга саха тылын үөрэтиигэ үлэлиир программа5-9 кылаастарга саха тылыгар үөрэтиигэ үлэлиир программаны  Сахалыы оскуола программата,  Саха тыла,  5-11 кылаас,  Саха Респу...

Развернутое тематическое планирование по якутскому языку в 8 классе МБОУ "Налимская средняя общеобразовательная школа" Среднеколымского улуса (района) на 2016-2017 учебный год учитель: Винокурова Е.Р

5-9 кылаастарга саха тылын үөрэтиигэ үлэлиир программа5-9 кылаастарга саха тылыгар үөрэтиигэ үлэлиир программаны  Сахалыы оскуола программата,  Саха тыла,  5-11 кылаас,  Саха Респу...

КАЛЕНДАРНО-ТЕМАТИЧЕСКОЕ ПЛАНИРОВАНИЕ (УМК:Русский язык: 6 класс: учебник для общеобразовательных организаций, реализующих адаптированные основные общеобразовательные программы/ Н.Г. Галунчикова, Э.В. Якубовская – М.: Просвещение, 2023 г.)

КАЛЕНДАРНО-ТЕМАТИЧЕСКОЕ ПЛАНИРОВАНИЕ(УМК:Русский язык: 6 класс: учебник для общеобразовательных организаций, реализующих адаптированные основные общеобразовательные программы/ Н.Г. Галунчикова, Э.В. Я...