Технологическая карта урока "Торообут сир, киьи, ийэ - олох тордо "
план-конспект урока (6 класс) на тему

Еримеева Саргылана Семеновна

Технологическая карта урока на тему "Торообут сир, киьи, ийэ - олох тордо". 6 класс.

Скачать:


Предварительный просмотр:

 Төрөөбүт литературабыт 6 кылаас.

Темата

Төрөөбүт сир, киһи, ийэ тыл – олох ситимэ

Сыала

Үөрэтэр: Хоһоон ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларын үөрэтии;

Сайыннарар: Санаабыт санааны сааһылаан этэри сайыннарыы, ырытар дьоҕуру сайыннарыы;

Иитэр: Төрөөбүт дойду, тыл киһи олоҕун ситимэ буоларын тиэрдии. Олоҕу сыаналыырга, харыстыырга, ситиһиилээхтик олорорго дьулуһары өйдөтүү.

Уруок тиибэ

 Саҥа тема

Тγмγк ситиhии:

Ытык ѳйдѳбγллэри иӊэрии тγмγгэ:  Ийэни, Ийэ дойдуну, Ийэ тылы билии, убаастааһын, үтүө киһи арахсыспат аргыстара буоларын иҥэрии.

Үѳрэх сатабылларын иҥэрии тγмγгэ:

 Билэр-кѳрѳр сатабыл: Бэриллибит тема5а тугу билэрин кэпсиир. Бэлиэни символы туһанар үөрүйэҕи сайыннарар. Өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик оҥорор.   Тылдьытынан сатаан туһанар, тылдьыт туһунан билэр билиитигэр тирэҕирэр;

Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: Соругун таба туруорунар, γлэтин былаанныыр. Туох ханнык тγмγккэ кэлиэхтээ5ин быhа холоон билэр. Итэ5эhин, ал5аhын быhаарар, кѳннѳрѳр, бэйэтин тылыгар-ѳhγгэр тыл нуорматын ирдэбилин тутуhарга дьулуhар. Тылын-ѳhγн бэйэтэ сатаан чочуйан, тупсаран, санаатын сиhилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуhар. Ал5аhа суох саӊарарга, санаатын ыпсаран, хомо5ойдук этэргэ кыhаллар. Бириэмэтин аттарынар.

 Бодоруһар сатабыл:  

Бииргэ үлэлиир үөрүйэх. Атын о5о санаатын истэр, бэйэтин санаатын этэр. Алтыhыы туругар кэбэ5эстик киирэр.

Кэпсэтэр үөрүйэх. Кэпсэтэр киhитин убаастыыр, сэӊээрэр, санаатын бол5ойон истэр, ылынар. Кэпсэтэригэр дьон бол5омтотун тардар, сэргэхситэр, сонуур5атар, кѳ5γлγγр сатабылы табан туhанарга дьулуhар. Кэпсэтэр кэмӊэ бэйэ кѳрбγтγн, истибитин, аахпытын сиһилии сэһэргиир.

Тустаах γѳрэх биридимиэтин γѳрэтии тγмγгэ:

- Төрөөбүт сир, киһи, ийэ тыл – олох ситимэ салааҕа тугу үөрэтиэхтээҕин быһа холоон билэр;

- Хоһоон ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларын (эпитет, метафора, хатылааһын, инверсия, тэҥнээһин, риторикалаах ыйытыы) билии.  

Туттуллар матырыйаал: Кинигэ, үлэлиир тэтэрээт, компьютер, проектор, презентация.

Үлэ кѳрүӊнэрэ:  бэйэ γлэтэ.

Уруок хаамыыта:

Уруок тγhγмэхтэрэ, сыала

Үлэ көрγӊнэрэ

Үѳрэнээччи γлэтэ

Учуутал γлэтэ

Тγмγк ситиhии

Тэрээhин тγhγмэ5э.

Сыала: о5ону γлэлиир турукка киллэрии.

Уруокка бэлэмнэнэллэр.

Уруокка бэлэмнэрин кѳрѳр, тэрийэр.

Бэйэни салайынар-дьаhанар: γлэлиир турукка киирэр.

Уруок тематын, сыалын туруоруу.

Сыала: Үѳрэнээччи сыалын-соругун туруорунар.

 Сыалы торумнууллар.

Уруок тематын этэр, сыалын чуолкайдыыр.

Бэйэни салайынар-дьаhанар: сыал-сорук туруорунар.

Саҥа теманы үөрэтэр түһүмэх.

Сыала: саҥа теманы билэллэригэр усулуобуйа тэрийии.

-Үлэлиир тэтэрээт 1 сорудаҕын толороллор. Тѳрѳѳбγт сир, киhи, ийэ тыл - олох ситимэ.  Бу этиини схема5а киллэрэн суруйуу. Биир хаалбыкка тугу суруйуоххунуй?   Стрелкаларын бэйэӊ хайдах саныыргынан тардан биэр.

 

- Толкуйдааннар этиини схемаҕа киллэрэллэр.  Биир хаалбыт ячейкаҕа бэйэлэрэ тыл суруйаллар. Стрелкаларын тардаллар. Үлэлэрин көмүскүүллэр.

- Быһаарар, көмүскүүр  үлэни тэрийэр.

Тустаах үөрэх сатабыла: Төрөөбүт сир, киһи, ийэ тыл – олох ситимэ салааҕа тугу үөрэтиэхтээҕин быһа холоон билэр.

Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: бириэмэтин аттарынар.

 Тыл нуорматын тутуһан саҥарарга дьулуһар.

Бодоруһар сатабыл: атын оҕону истэр, ырытыыга кыттыһар, алтыһар, кэпсэтии сиэрин тутуһар.

Билэр-көрөр сатабыл: бэлиэни символы туһанар үөрүйэҕи сайыннарар. Өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик оҥорор.

Ытык ѳйдѳбγллэри иӊэрии тγмγгэ:  Ийэни, Ийэ дойдуну, Ийэ тылы билии, убаастааһын, үтүө киһи арахсыспат аргыстара буоларын иҥэрии.

Аа5ыы

Аа5аллар. Тэӊнээн кѳрѳллѳр.

Тустаах γѳрэх сатабыла: сѳпкѳ аа5ыы.

Бодоруhар сатабыл: кэпсэтиигэ кыттар, бэйэтин санаатын тиэрдэн этэр.

Үлэлиир тэтэрээт 2 сорудаҕа:

Учебник кэннигэр баар литература тѳрγт ѳйдѳбγллэрин кылгас тылдьытыттан хоhоон ойуулуур-дьγhγннγγр ньымаларын булан  устуу.

- Учебник кэннигэр баар тылдьыттан хоһоон ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларын усталлар.

Соруда5ы быhаарар.

Тустаах γѳрэх сатабыла: хоһоон ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларын билии;

Билэр-кѳрѳр сатабыл: тылдьытынан сатаан туһанар; тылдьыт туһунан билэр билиитигэр тирэҕирэр;

Бэйэни салайынар-дьаhанар сатабыл: бириэмэтин аттарынар.

Бодоруhар  сатабыл: кэпсэтиигэ кыттар.

Физкультминутка

Учуутал этэрин оҥороллор.

Харах эрчиллиилэрин оҥоруу:

Харахпытын түргэнник чыпчылыҥнатабыт, сабабыт,  5 дылы ааҕабыт.(иккитэ)

Харахпытын күүскэ сабабыт, 3 дылы ааҕабыт, аһабыт ырааҕы көрөбүт. (иккитэ).

 Хоһоонтон быһа тардыыларга ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары булуу.

-Бэриллибит быһа тардыылары ырытарга холонор

Үлэни тэрийэр, быhаарар.

Тустаах γѳрэх сатабыла: билбитигэр тирэҕирэн ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары булан быһаарар.

Бэйэни салайынар-дьаhанар сатабыл: бириэмэтин аттарынар, былааннанар.

Рефлексия.

Сыала: уруок тγмγгэ.

-уруок уруокка тугу биллигит?

- тугу  ыарыр5аттыгыт?

-Уруокка тугу, хайдах γлэлээбиттэрин тэтэрээттэригэр сыаналаналлар.

-сыана туруорар.

Бэйэни салайынар-дьаhанар сатабыл: бэйэни сыаналаныы.

Дьиэ5э γлэ.

Ырытыыны ситэрии

-Дьиэ5э γлэни суруналлар.

-Дьиэ5э γлэни быhаарар.


Предварительный просмотр:


Подписи к слайдам:

Слайд 1

Төрөөбүт сир киһи ийэ тыл

Слайд 2

Төрөөбүт сир, киһи, ийэ тыл – олох ситимэ

Слайд 3

Ки h и Олох ситимэ Т ѳрѳѳбүт сир Ийэ тыл Дьоллоох ки h и Санаатынан к үүстээх ки h и Үтүѳ ки h и арахсыспат аргы h а, тирэ5э.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Технологическая карта урока по теме "Свободное время. Каникулы" (6 класс). Технологическая карта урока "Еда. Кафе"

В технологической карте урока представлена разработка урока по теме"Свободное время. Каникулы." и разработка урока по теме "Еда.Кафе" для 6 класса....

Методическая разработка "От технологической карты раздела к технологической карте урока"

Уровень образования: основное общее образованиеКласс: 5 классПредмет: биологияТип ресурса: технологические картыКраткое описание ресурса: технологические карты разделов по темам: "Введение в биологию"...

Технологическая карта мастер-класса по теме « Использование современных информационных технологий (МТК- мастер технологических карт) в обучении школьников в условиях внедрения ФГОС второго поколения НОО».

Технологическая карта мастер-класса по теме « Использование современных информационных технологий (МТК- мастер технологических карт)  в обучении школьников в условиях внедрения ФГОС вто...

«Технологическая карта - элемент современного урока. Виды универсальных технологических карт». Реферат на конференцию

«Технологическая карта - элемент современного урока. Виды универсальных  технологических карт». Реферат на региональную конференцию "Актуальные проблемы преподавания математики"...

Технологическая карта "Технологическая карта урока биологии в 6 классе по теме «Передвижение веществ в растении»

Цели урока:   сформировать представление о передвижении веществ по растениюЗадачи урока:Предметные: на основе знаний о строении стебля, сформировать представление о процессе транспорта вещес...

Последовательность изготовления деталей из древесины. Технологическая карта. Технологическая карта. Составление технологической карты известного технологического процесса. Алгоритм. Инструкция. Описание систем и процессов с помощью блок-схем. Апробация пу

Последовательность изготовления деталей из древесины. Технологическая карта. Технологическая карта. Составление технологической карты известного технологического процесса. Алгоритм. Инструкция. Описан...