Киьи олох олороору теруур эбээт... ( Н.Заболоцкай "Мааппа" кэпсээнинэн)
план-конспект урока (9 класс) по теме

Описание заключительного урока в 9 классе по якутской литературе по рассказу Н.Заболоцкого "Мааппа". 

Скачать:


Предварительный просмотр:

Саха литературатыгар 9 кылааска  уруок барыла.

Уруок темата: «Киьи олох олороору теруур эбээт…»

Уруок керунэ: тумуктуур

Уруок  Н.М. Заболоцкай – Чысхаан «Мааппа» кэпсээнигэр проблемнай уруок

Учуутал сыала соруга:

1)        О5о олох туhунан санаатын баттаабакка санардан, араас санаа утахтарын бэлиэтээн, чорботон, харсыhыннаран, олох сырдыгар, ырааhыгар, кэскиллээ5эр о5ону тардыы, тускулааhын.

2)        Н.М. Заболоцкай «Мааппа» кэпсээнэ норуот олоххо, дьолго тардыhыыта ыраланан суруллубут айымньы буоларын ейдетуу.

Уерэнээччи сыала-соруга:

1)        Заболоцкай «Мааппа» кэпсээнин ылынан, ейдеен, тус бэйэ5э олох туhунан  толкуй керуу киириитэ уонна бэйэ ейунэн тойоннуурга холонуу.

2)        Олох туhунан тус санааны аhа5астык этии, дакаастааhын.

Уерэтии средствота:

Уерэнээччигэ: учебник, тэтэрээт, тунэтиллэр тирэх матырыйаал (карточка, тест);

Учууталга: уус-уран кинигэлэр, уруок былаана, компьютер, презентация;

Улэ керунэ:

  1. Тус улэ- бэйэ толкуй суругун аа5ан иьитиннэрии, айымньы ис хоьоонун теье ейдеебуттэрин бэрэбиэркэлиир тургутук, олох туьунан бэргэн этии толкуйдааьын.
  2. Пааранан улэ- тирэх карточканы (таблицаны) толоруу- диринэтэн ырытыы, чинчийии, санааны кемускээьин, дьонно иьитиннэрии-тиэрдии.
  3. Беле5унэн улэ- айар улэ-куолаан 4 строкалаах хоьоон айыы.
  4. Фронтальнай улэ-бэсиэдэ, ыйытыыларга хоруй, учебнигынан улэ.

Уруокка кеме матырыйаал:

1)        Учебник «Саха литературата» 9 кылаас.

2)        Эбии литература: Н. Заболоцкай «Мааппа» кинигэтэ

3)        Н. Заболоцкай «Уйэ анарыгар» кинигэтэ

4)        И.Т. Спиридонов «Ууммут уйэни керсе» кинигэтэ

5)        Нор.поэттар олох туьунан хоьоонноро

6)        Тирэх бэлиэ: карточкалар, таблица, тургутук, сыаналаныы лииьэ.

7)        учуутал онорбут презентацията

Уруок хаамыыта: 

Уруок туьумэхтэрэ

Учуутал улэтэ

Уерэнээччи улэтэ

Уеруйэ5и туттуу (УУД)

1. Тэрээhин

Сыалы–соругу тобулуу

Уруоккэ бэлэмнээьин.

Уерэнээччи сыалын-соругун чопчу ейдееьунэ, уруок тэтимигэр тэннэ киирсэн улэлээьинэ

Бодоруьуу- учуутал-уерэнээччи сыьыана.

Билэр-керер уеруйэх-толкуйдуур дьо5уру сайыннарыы

2.Турукка киллэрии

Уруок бэлиэ хоьоонун са5алаан аа5ыы.

«Олох»хоьоону биирдиилээн аа5ан  турукка киирии.

Билэр-керер уеруйэх-хоьоонноохтук аа5ыы сатабыла

3.Дьиэ5э улэни бэрэбиэркэ

Дьиэ5э бэриллибит сорудах ненуе улэни тэрийии. Уруогу салайыы

Олох туьунан толкуй сурук суруйан а5албыты доргуччу аа5ан иьитиннэрии.

Бэйэни салайынар-тус санааны аьа5астык тиэрдии, толкуйдуур дьо5ур.

4.Билиини тургутуу,

Билиини бэрэбиэркэлиир тургутук ыытыы.

Айымньыны аахпыты билгэлиир ыйытыкка эппиэт.

Билэр-керер-билбити чинэтии,

Бэйэни салайыныы-билиини хонтуруолланыы, эрдэ ылбыт уеруйэ5и туьаныы

  1. Эбии матырыйаал билии

Суруйааччы туьунан эбии билиьиннэрии

Учуутал иьитиннэриитин бол5ойон истии. Эбии информация ылыы.

Айымньыттан ыйыллыбыт кэрчик текси дор5оонноохтук  аа5ыы, бол5ойон истии.

Сана термини ейдееьун.

Билэр-керер уеруйэ5и сайыннарыы. Сана билиини инэринии.

  1. Айымньыны ырытыы, чинчийии

Учуутал тирэх таблицата

Уерэнээччи тирэх бэлиэлээх карточканан диринэтэн ырытар, чинчийэр улэтэ

Бэйэни салайыныы-ылбыт билиигэ тирэ5ирэн диринэтэн ырытыы.

Бодоруьуу-пааранан улэлиир сатабылы сайыннарыы

  1. Улэни кемускээьин

Уруок тэтимин тутуу

Пааранан улэни кемускээьин, бэйэ-бэйэни бол5ойон истии, ырытар сатабылы сайыннарыы

Бэйэни салайынар, бодоруьар-чинэтэн ырытыыны тиэрдии, бол5омтолоохтук истии, сэнээрии.

8.Айар улэ

Тирэх тыл биэрэр

Беле5унэн Олох туьунан тэттик хоьоон куолаан суруйуу

Билэр-керер, бодоруьар уеруйэх-айымньылаахтык толкуйдуур дьо5уру сайыннарыы, беле5унэн улэлиир сатабылы инэрии

9.Рефлексия

Уруок табыллыбыт уонна табыллыбатах ерутун керуутэ. Инники сыалы туруоруу

Кылааска улэ туьунан бэйэ тус этиитэ, санаата.

- Мин туох сананы биллим-кердум?

- Уруок ханнык туьумэ5эр ордук табыллан улэлээтим?

- Ханнык тус санаа, толкуй уескээтэ

Бэйэни салайыныы-тус санааны толлубакка этии,санаа уллэстии

10.Дьиэ5э улэ

Талан толоро сорудах быьааран биэрии

Дьиэ5э улэни бол5ойон истии, бэйэ кыа5ынан, ба5атынан талыы.

Сурун уерэнэр уеруйэх-бол5ойон истии, бэйэ кыа5ынан талыы.

11.Тумук

Бэйэни сыаналаныы

Сыаналааьын таблицатын хомуйуу

Бэйэ5э, табаарыска сыана туруорар сатабыл.

Бэлиэни туьанар уеруйэх-бэйэни, табаарыьы септеехтук сыаналыырга холонуу

Уруок ис хоьооно:

  1. Тэрээьин.(1 мун)

        Утуе кунунэн!

      Бугунну уруокпут толкуй уруок, бэйэ санаатын аhа5астык этии уруога буолуо5а. Биhиги ааспыт уруокка Н.М. Заболоцкай «Мааппа» кэпсээнин билсиспиппит, аахпыппыт.

2. Турукка киллэрии(3 мун)

       Улэбитин са5алыахпыт иннинэ,  уруок бэлиэ хоhоонун истиэ5ин. Мин са5алыа5ым,  эьиги сал5ыаххыт. Хоьоон ситимэ быстыбатын туьугар кэрийэ сылдьан, аргыый биир-биир таарыйан бэлиэ биэрдэхпинэ, доргуччу дор5оонноохтук аа5ан иьиэххит.

1)        Олус да кэрэ

Олох диэн, дьинэ!

2)Саас хаар ирэрэ,

Кетер кэлэрэ,

Урэх суурдэрэ,

Ерус эстэрэ –

Олус да кэрэ! (Муся)

3)Тыцмыт хатара,

Куммут тахсара,

Тыа5а, аларга

Кунус буолара-

Олус да кэрэ! (Лена)

4)Этиц этэрэ,

Ардах туьэрэ,

Кэйэ, тэтэрэ

Дьэдьэн уунэрэ –

Олус да кэрэ!(Луиза)

5)Нарын кулуhун

Солко суугуна,

Саха хомуhун

Тохтор тойуга –

Олус да кэрэ!(Олеся)

6)Сырдык сэбэрэ

Сурэх сэгэрэ

Уунуу тэбэрэ,

Урдуу тэйэрэ –

Олус да кэрэ!(Савва)

7)Ахтар алааhым

Ацнар сылааhа

Ыраах далааhын

Ыра ырааhа –

Олус да кэрэ!(Настя)

8)О5о кулэрэ,

О5о билэрэ,

Истэ уерэрэ,

Ирэ иэйэрэ –

Олус да кэрэ!(Юля)

9)Еруу утуе5э

Еруу урдуккэ

Ере куурэр ей,

Елбет ерегей –

Олус да кэрэ! (Лия)

Олох диэн, дьинэ,

Олус да кэрэ!(бары бииргэ)

-О5олоор, бу хоьоону истибиккит, билэ5ит дуо?

-Саха норуодунай поэта Куннук Уурастыырап «Олох» диэн хоhооно. 6 кылааска уерэппиппит.

- То5о бу хоьоонунан уруокпутун са5алаабыппыт буолуой? Ол эбэтэр бугунну уруокпут тиэмэтэ туохха ананар эбитий?

-Олох туьунан…

Ити курдук  уруокпут тиэмэтэ: «Киьи олох олороору теруур эбээт…»

Бугунну уруокка эhиги сыалгыт – соруккут:

1) Н. Заболоцкай «Мааппа» кэпсээнин ылынан, ейдеен, тус бэйэ5э олох туhунан  толкуй керуу киириитэ уонна бэйэ ейунэн тойоннуурга холонуу.

2) Олох туhунан тус санааны аhа5астык этии, дакаастааhын.

- Уруокка сыаналаныы 3 керунунэн барыа5а: бэйэ, табаарыьын уонна учуутал (бэйэни сыаналаныы таблицата)

–Олох киьиэхэ биирдэ бэриллэр. Хас биирдии бэйэбит биьиэхэ анаммыт оло5у сиэрдээхтик олоруохтаахпыт. Мин санаабын кытта  себулэьэ5ит дуо? Эьиги олох туьунан туох санаалааххытый? Ол туьунан дьиэ5э бэриллибит сорудахпытын –толкуй сурукпутун истиэххэйин.

3. Дьиэ5э улэни бэрэбиэркэ.(4 мун)

Уерэнээччилэр олох туьунан бэйэлэрин санааларын суруйан кэлбиттэрин аа5ан иьитиннэрэллэр.

4.  Билиини тургутуу, эбии матырыйаал билии (6 мун)

- Бугун ырытар сурун проблемабыт «Олох олоруу».

          -Биллэн туран, эьиги айымньы ис хоьоонун толору билэр эрэ буоллаххытына сатаан уобараьы онорор, диринэтэн ырытар, чинчийэр кыахтааххыт. Ол иьин билигин 3 керун улэни толоруохпут.

1) билиини бэрэбиэркэлиир тургутук (тургутук тунэтиллэр, о5олор толороллор)- 3 мун

Н.Заболоцкай «Мааппа» кэпсээнинэн билиини бэрэбиэркэлиир тургутук.

  1. Суруйааччы Н.Заболоцкай

А) поэт  

Б) драматург

В) прозаик

Г) тылбаасчыт

  1. Айымньы жанра

А) роман  

Б) сэьэн

В) кэпсээн

Г) драма

      3.  Ылдьаа ханна баран иьэрий?

А) дьонугар  

Б) тойонун кере, ыарыылыы.

В) улэлии

Г) кэргэн кэпсэтэ

      4.  То5о иччитэх етеххе хоно хаалла?

А) ата сылайан

Б) барар сирэ олус ыраах буолан

В) мунан эрэйдэнэн

Г) сынньана туьээри

       5. Ылдьаа сааьа?

А) 40-чата

Б) 16-лаах.

В) 30-чалаах

Г) 22-23-ьугэр тиийбит

       6. Ылдьаа киирэн кэлбит кыыьы бастаан туох дии санаата?

А) абааьы

Б) айыы

В) иччи

Г) киьи

       7. Мааппалаахха то5о ким да сылдьыбат буолбутуй?

            А) ыал ыраах олорор буолан

            Б) ыалдьытымса5а суох буолан

           В) дьоно елбутун иьин

           Г) себулээбэт буолан

       8. Чугас аймахтара тугу кердууллэрий?

           А) кыьыл кемус

           Б) харчы

           В) баай-дуол

           Г) ынах-суеьу

      9. Мааппа айма5а дьахтар тугу аьыйда?

            А) кыыьы

            Б) уолу

            В) биэрбит иьитин, аьын

            Г) иннэтин

      10. Мааппа дьин олоххо курдук тугу кердеьеруй

           А) оьо5у абырахтаан сыбаа

           Б) мууста а5алан туннуккэ уур

           В) маста киллэр           Г) дьиэни харбыы тус

2)  суруйааччы туьунан эбии матырыйаал билии.-3 мун

- О5олоор, биьиги  Н. Заболоцкайы суруйааччы, прозаик быhыытынан билэбит.

Бугун эбии Н. Заболоцкай саха литературатын сайдыытыгар  киллэрбит суду кылаатын туhунан этиэхпин ба5арабын.

1)Н. Заболоцкай кэпсээннэрин уонна сэhэннэрин биир сурун уратытынан психологизмы табыгастаахтык туттуу буолар. Ол аата айымньы геройун ис дууhата хамсааhынын, уларыйыытын – тэлэрийиитин кердеруу. Герой ис туруга  олус итэ5этиилээхтик суруллубут буолан, аа5ааччыны наhаа долгутар, айымньы геройдарын саныыр санааларын, дууhаларын хамсааhынын аа5ааччы бэйэтигэр чугастык ылынар.

2) Маны таhынан Н. Заболоцкайы критик быhыытынан биллэр. Ол курдук «Уйэ анарыгар»  диэн критическай ыстатыйаларын, ахтыыларын хомуурунньуга 1984с. тахсыбыта.

3) Онтон бугун ырытар «Мааппа» кэпсээммит «Уран тыл уустара» сериянан хомуллан 2003 сыллаахха тахсыбыта.

4) Бу айымньынан «Мааппа» диэн уус-уран киинэ уьуллубута

Бу эбии билиигит бугунну уруокпутугар тирэх, кеме буолуохтара.

3) учебнигынан улэ- айымньы бутэьик кэрчигин аа5ыы.- 8-10 мун

 (стр.154 «…Олор, Ылдьаа, олох учугэй эбит…»

стр 154 «…Киьи олох олороору теруур эбээт…»  

стр 155 «… Сорох бу биьигинньик…»

стр 158 «Ылдьаа бу ханна барда…») уерэнээччилэр ыйыллыбыт кэрчиктэри доргуччу аа5аллар.

- Бу аахпыт кэрчик текстэрбит сурун санааларын арыйар этиилэри булуу

1. Олох киьиэхэ угустук бэриллибэт

2. «Киhи олох олороору теруур»

3. «Олох биир уеруунэн, биир хомойуунан  бутуен сатаммат»

             Ити курдук кэпсээн сурун санаатынан киьи дьыл5ата тулалыыр эйгэттэн, дьон-сэргэ сыьыаныттан тутулуктаа5ын бигэргэтии буолар. Олоххо сана чинник уктэнэн эрэр эдэркээн Мааппаны дирин хомолто. чугас дьоно суох со5отохсуйуу, мунурданыы ыар, кэрэгэй дьыл5алаабыттар. Мааппа олох туьунан анаарыыта киьи уйул5атын долгутуон долгутар. Икки дьоло суох эдэр дьон Ылдьаа уонна Мааппа дьуьулгэннэрин суруйааччы анардас кинилэр уйул5аларын ойуулаьынынан биэрэр. Манна дьиннээх кэм да, дьиннээх олох да суохтарын тэнэ: Ылдьаа туулэ. Мааппа хараллыбатах кута-сурэ аа5ааччыга дирин. араас еруттээх санааны уескэтэллэр. Олох туьунан толкуйдаан. сыаналаан керерге, тумуктэри онорорго терует биэрэллэр.

  1. Айымньыны ырытыы, чинчийии.(8-10 мун)

Билигин пааранан улэлиэхпит. Эьиэхэ тирэх таблица биэрэбин, манна бэриллибит соруда5ы учебниккытыгар баар айымньыны туьанан толоруохтааххыт

    I паара –«Олох киьиэхэ угустук бэриллибэт

Мааппалаах Ылдьаа сыьыаннара таптал буолуо дуо?

Мааппа Ылдьааттан маннык ыйытар:     «Эйигин таптыырым хата эбии эбиллэн иhиэ этэ… Кэргэннии дьон ол курдук олороллоро буолуо, эн санаа5ар?»

 Кэргэннии дьон оло5о хайдах буолуохтаа5ый?

Эьиги санаа5ытыгар дьол диэн тугуй?

2 паара - «Киhи олох олороору теруур»

Мааппа

Ылдьаа

Терде-ууьа

Иитиллибит эйгэтэ

Ыар дьыл5аларыгар буруйдаахтар кимнээ5ий?  Дакаастаа

3 паара - «Олох биир тугэнинэн буппэт»

«Абааьы? Айыы?»,- дии саныыр Ылдьаа.

Мааппа5а киьи итэ5эйэрэ уонна дьиксинэрэ туох баарый?

Ылдьаа туулун дуу илэтин дуу ейдеебекке олордо. Оттон эьиги ейдеетугут дуо? Олоххо маннык баар буолуо дуо?

4 паара - «Олоххо тардыhар куус»

Мааппа олоххо тардыьыытын кууьун дакаастаа

Киhи туох иhин олороруй?

Норуот дьолго-сорго тардыhыыта бу айымньыга киминэн кеhуннэ?

 О5олор пааранан олорон  тирэх бэлиэлэрдээх карточканан соруда5ы толороллор.

6. Улэни кемускээьин(5 мун)

а) паара  тематын кемускуур.

б) Тумук санаатын этэр.

7. Айар улэ (3 мун)

Билигин олорор эрээккитинэн 4-туу буолан беле5унэн куолаан,  Олох туьунан 4 строкалаах тэттик хоьоон айа5ыт:

Олох-…

Олох-…

Олох-…

Олох-…

(аа5ан иьитиннэрэллэр)

8.  Рефлексия.(2 мун)

О5олоор, бугун биhиги Н.М.Заболоцкай «Мааппа» кэпсээнинэн киьиэхэ биирдэ бэриллэр олох туhунан  кэпсэттибит, ырытыстыбыт, санаабытын эттибит, тэттик  хоьоон айдыбыт

- Туох тумуккэ кэллибит?

-Ханнык улэ ордук сатанна?

-Хайдах улэлээтибит?

1.        Олох ыарахан, уустук.

2.        «Олох биир уеруунэн, биир хомойуунан бутуен сатаммат эбит. Кини бэлэ5ин ситэри туhанарга киhи бэйэтэ киэц не5устээх, бе5е туруктаах буолуохтаах.» - диэн айымньы  геройа Мааппа этиитин кытта толору  себулэhэбит.

9.Тумук (2 мун)

Олох туьунан биир этиинэн бэргэн этии суруйун (дуоска5а сыьыараллар)

Кырдьык да5аны,  киьи олох олороору теруур эбээт. Бу санаабытын чинэтэн, уруокпутун норуодунай поэт Сэмэн Данилов хоьоонунан тумуктуеххэйин:

Кун аайы санатык

Олохтон уеруеххэ,

Кун аайы, сир аайы

Чахчыны кердуеххэ,

Кербуту сонуннук

Диринник ейдуеххэ,

Кун аайы салпакка

Оло5у таптыахха.

-Улэлэрбитин барытын тумэн, «Киьи олох олороору теруур» диэн тэттик кинигэ онорон кабинекка матырыйаал быьыытынан хаалларабыт.

10. Дьиэ5э улэ (1 мун)

Кэпсээн тумугун айан суруйуу

- Кэпсээн бутуутун аах. Ылдьаа тойонугар теннуе дуо? Тай5а5а кемус сиригэр туhуе дуу? Саба5алаа.

11. Сыана туруоруу.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Яраткан әкият геройларыбыз" "Our favourite characters of fairy-tales" (инглиз һәм татар теленең берләштерелгән ачык дәресе)  

МАКСАТ: Укучыларның инглиз hәм татар телендә сүз байлыкларын арттыру.Фикерне ике телдә бәйләнешле, төгәл, ачык итеп әйтә белүләрен ирешү.Балаларның логик hәм иҗади фикерләү дәрәҗәләрен үстерү.Әк...

Кичке Яңа ел

Этот материал предназначен для проведения Новогоднего мероприятия для старшеклассников....

Көзге әкият

Балалар белән үткәрү өчен кичә эшкәртмәсе...

Шалкан (Әкият)

Рус халык әкиятенә презентация...

Технологическая карта урока "Торообут сир, киьи, ийэ - олох тордо "

Технологическая карта урока на тему "Торообут сир, киьи, ийэ - олох тордо". 6 класс....

Норуот туһугар олох. (М.Е.Николаев төрөөбүтэ 80 сааһыгар ананар.)

9 кылааска Саха Республикатын норуоттарын төрүт культуратыгар уруок былаана...

Доруобуйатынан хааччахтаах о5о олох инники күɵнүгэр сылдьар усулуобуйатын тэрийии

Билиҥҥи кэмҥэ аан дойду үрдүнэн инвалид о5о ахсаанаэлбии турар. Кэнники сылларга  Россия5а доруобуйатынанхааччахтаах (инвалид) о5о ахса...