Уол о5о-норуот эрэлэ.( "Эрчимэн Бэргэн" С.Васильев)
план-конспект урока (6 класс)
Олонхо очень богатое и сложное произведение для учащихся среднего возраста. Но текст олонхо " Эрчимэн Бэргэн" доступен по содержанию и по сюжету. Главный герой олонхо Эрчимэн Бэргэн красивый, отважный, отзывчивый юноша, он обладает такими качествами как смелость, доброта и отзывчивость.Родители его Эриэн тойон о5онньор, Эбириэлдьин хотун эмээхсин почтенные люди серединного мира.Данный олонхо способствует формированию духовно- нравственной ценности у обучающихся.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
erchimen.tk_.docx | 338.39 КБ |
Предварительный просмотр:
Уруок аата: Уол оҕо-норуот эрэлэ ( С.В. Васильев- Борогонскай Эрчимэн Бэргэн олоҥхотунан)
Уруок сыала.
Үөрэтэр: Олоҥхону ырытар, дакаастыыр сатабылы, үөрүйэҕи иҥэрии
Сайыннарар: Диалокка кыттар, дьарык соругун быһаарсар, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы
Иитэр: Олоҥхо сүрүн сыаннастарын билинэр, олоххо тутуһар сиэрдээх киһини иитэн –үөрэтэн таһаарыыга олугу ууруу
Туттуллар ньымалар бөлөҥүнэн үлэ, проблемнай ыйытыылар, ырыҥалыыр толкуйу сайыннарар технология ньымалара
Уруок тэрилэ электроннай дуоска, олоҥхоҕо аналлаах быыстапка.
Уруок түһүмэхтэрэ | Учуутал дьайыыта | Үөрэнээччи дьайыыта | Үөрэнии ньымалара |
I.Үөрэзи ылыныыга бэлэмнэнии. | Эзэрдэ тыл этии.Таһаарыылаах үлэ5э көзүлүүр Эйгэни үөскэтэр | Болзомтолоохтук үлэлииргэ бэлэмнэнэллэр. Олонхоттон быьа тардыыны истэллэр | Бодоруһар сатабыл: -үөрэнэр турукка киирэр -алтыһар, бодоруһар. |
II.Cыалы-соругу туруоруу | Нэьилиэстибэ диэн тылы хайдах өйдүүгүт? – диэн ыйытыы туруорар. Ыйытык көмөтүнэн уруок сыалын-соругун быһаартарар. Уруулуу омуктар эпостарын кылгастык билиьиннэрэр. Презентацияны көрөллөрүгэр көрдөьөр. | Нэьилиэстибэ диэн тыл суолтатын хайдах өйдүүллэрин этэллэр, дакаастыыллар Уруок сыалын ити ыйытыыттан тирэ5ирэн быьаараллар. Хоьоону аа5аллар | Билиини-көрүүнү ылынар сатабыл: -үлэ сыалын-соругун туруорунар -үлэтин былаанныыр. Ытык өйдөбүллэри үөрэнээччигэ иҥэрии түмүгэ -Үөрэнэр баҕаны, бэйэни сайыннарар. -Атын омук литературатыгар убаастабыллаахтык сыһыаннаһар. |
III. Бөлөҕүнэн үлэ | Үлэ хаамыытын тэрийэр, сөптөөхтүк аттарар. 2.Оҕолор санааларын болҕойон истэр, кэпсэтиини сүрүннүүр | 1. Сүбэни ( инструкцияны ааҕаллар) 2Сорудахтары болҕойон ааҕаллар, үллэстэллэр. 2.Бөлөх иһигэр дьүүлэьэллэр 3.Сыаналаныы кэриҥин көрөллөр, тугу өйдөөбөтөхтөрүн ыйыталлар 4. “Сөп”, “сыыһа” ыйытыыларга хоруйдууллар 5.Проблемнай ыйытыыларга эппиэттииллэр 6 Олоҥхо дьоруойдарыттан талан, синквейн айаллар. 7 Кластеры сүбэлэьэн онороллор, көмүскүүллэр. Бэйэ-бэйэлэрин истиһэллэр, мөккүһэллэр, санааларын дакаастыыллар.Айымньылаах алтыһыы туругар киирэр.Санаатын сааһылаан этэр үөрүйэзэ сайдар.Атын оҕо дакаастабылын тулуйан истэр, бэйэтин санааьын кытта тэҥниир.Мөккүөр сатабылын баһылыыр, алҕаһын көннөрүнэр | Бэйэни салайыныы Сыал-сорук туруоруу Бодоруһар, санаатын этэр, атыттары тулуйан истэр Толкуйдуур, тэҥниир, наардыыр, сабаҕалыыр. Дакаастыыр, быһаарар, холобурдарынан бигэргэтэр |
IV.Рефлексия | Сыаналаныы илииьин түнэтэр. Бөлөх үлэтин көҕүлүүр, сүрүннүүр | 1.Сыаналаныы илииьин толороллор 2.Туох сананы билбиттэрин, тугу ордук ыарырҕаппыттарын чопчулууллар. Уруок ханнык түһүмэҕин ордук сөбүлээбиттэрин быһаарсаллар, санааларын этэллэр. | Бодоруһар сатабыл Кэпсэтии сиэрин тутуһар. Уруокка бэйэтин дьайыытын таба сыаналанар үөрүйэзэ сайдар, олохсуйар |
V.Дьиэтээзи үлэ | Дьиэзэ үлэни быһаарар.Кэлэр уруогу кытта ситимниир. | Дьиэҕэ сорудаҕы бэлиэтэнэр. Үлэни сыаналаныы кэринин ( баалы) ыйыталаьар, тэтэрээккэ бэлиэтэнэр | Бэйэни салайына-дьаһана үөрэнэр үөрүйэх. -үлэтин былаанныыр, тугу гыныахтааҕын былааннанар. |
Уруок тэнийбит былаана
Учуутал: Романова С.В.
Предметэ: төрөөбүт литература
Кылаас 6
Уруок принцибэ сайыннарыылаах үөрэх методиката
Уруок сыала :
Үөрэтэр 1) Олонхону ырытар, дакаастыыр уоруйэ5и инэрии
Сайыннарар 2) Диалокка кыттар, дьарык соругун быһаарсар, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы).
Иитэр 3). Олонхо сүрүн сыаннастарын билинэр, олоххо тутуһар сиэрдээх киһини иитэн- үөрэтэн таһаарыыга олугу ууруу
Туттуллар ньымалар бөлөҕүнэн үлэ, проблемнай диалог, ырыҥалыыр толкуйу сайыннарар технология ньымалара.
Туттуллар ньымалар компьютернай презентация, анал сорудахтар
Уруок тиэмэтэ : Уол о5о- норуот эрэлэ
- Тэрээьин. Учуутал : Нөрүөн нөргүй!!Бүгүн литература уруога, ол аата айымньыны ааҕабыт, ырытабыт, санаабытын дакаастыыбыт.
.II Соругу туруоруу.Бугунну уруокпутун мин маннык ыйытыыттан са5алыахпын бв5арабын. Нэьилиэстибэ диэн тугуй? Хайдах ойдуугут?
Биьиги өбүгэлэрбит тылынан уус-уран нэһилиэстибэни хаалларбыттар, ол аата тугуй? Саамай сөп.Ити эппит жанрдаргытыттан саамай бөдөҥнөрө- ОЛОҤХО.Ол аата бугунну уруокпутугар обугэлэрбит тылынан нэьилиэстибэлэрин Олонхо туьунан кэпсэтиэхпит.
Дыырай Бэргэн, Батастаан Баатыр, Эрчимэн Бэргэн, Ньургун Боотур, Элэс Хара, Мөҥүрүүр Бөҕө.Бу кимнээхтэрий? Кинилэр бары айыы бухатыырдара, орто дойду олохтоохторо, уолаттар.Дуоска диэки көрөбүт.Бу хоһоону дорҕоонноохтук ааҕабыт.
Уол оҕо-норуот кэскилэ!
Уол о5о- эр бэрдэ Эн буола5ын!
Дойдугун, дьоҥҥун араҥаччылыыгын,
Нус-хас олохтуһугар туруулаһаҕын
Эн- Эр киһи буолаҕын!
Учуутал:Эьиги санаа5ытыгар бу хоьоон бугунну дьарыкпытыгар туох сыьыаннаах буолуой?
Уруок тиэмэтин бары комолоон таьаарыа5ын.
Дьарыкпыт тиэмэтэ” Уол о5о-норуот эрэлэ”. /С.Васильев. Эрчимэн Бэргэн/
/Уруок тиэмэтин тэтэрээккэ суруйуу/
Түүр норуоттарыгар олоҥхоҕомайгынныыр эпическэй айымньылар эмиэ бааллар.
Холобура, кыргыс омуктарга манас диэн аан дойдуга биллэр айымньылаахтар.Манас 3 чаастаан турар, Манас, Семетей, Сейтек.Уһунунан Гиннес рекордугар киирбит.Калмыктарга Джангар диэн айымньылаахтар.Казахтар Алпамыс, бурээттэргэ-гэсэр.Бу олонхолор ааттара бухатыырдар ааттарынан эбит.Кинилэр бухатыырдара дойдуларын остоохтортон комускууллэр.Онон олонхобут бу уруулуу омуктар эпическэй айымньыларын кытта сурун санаатынан, ис хоьоонунан, тутулунан майгыннаьар.
Бүгүҥҥү дьарыкка тугу гынабыт? Үлэбитин быһаарсабыт
- Олонхону болоххо арахсан ырытабыт
- Бэйэбит санаабытын дакаастыыбыт, атыттары тулуйан истэбит.
- Уруок түмүгэр үлэбитин сыаналыыбыт
.2 боло5унэн улэлиэхпит, 1 болох”Дуолан боло5у салайан улэлэтиэ Матвей Яковлев, 2 боло5у салайар Радомир Игнатьев. 2 болох аата “Хатан”.Ситиьиилэри ба5арабыт
Ырытыыга субэлэри, ыйыыны аа5абыт, билсиьэбит.
Улэ5э ыйыылар:
1.
- Бөлөҕүнэн үлэ
Ыйытыылары, сорудахтары болҕойон ааҕабыт. Олоҥхобутун булабыт.
Бөлөхтөргө үлэлиэх иннинэ ыйыылар-кэрдиилэр суруллубуттар, өссө биирдэ билсиьэбит.Эппиэттэрбитигэр баал туруоран иьэбит.Сыаналаныы кэриҥнэрин ылан көрөбүт.
1 бөлөх .Дуолан. Матвей) , 2 бөлөх Хатан. (Радомир)
“Дуолан” бөлөххө.Матвей
1 сорудах Сөп, сыыһа 5 –тии ыйытыыны биэрэбин.Хас биирдии сөптөөх эппиэккэ1 дии баал.
1.Эрчимэн Бэргэн аҕатын аата Саха Саарын тойон. сыыһа
2.Арсан Дуолай диэн аллараа дойду абааһыларын баьылыга. Сөп
3.Эрчимэн Бэргэн оонньуу сырыттаҕынаКүкүрүүр Бөҕө кэлэн илдьэ барбыта. Сөп
4.Чункунуур Чуура бухатыыр бастаан Араат Мохсоҕолго кэлэр.Сыыһа
5.Эрчимэн Бэргэн Араат Мохсоҕолу өлөрөөрү гыммытыгар Кыыда Тугуттай тохтотор.Сыыһа.
2 бөлөх.Хатан.Радомир
1.Күкүрүүр Бөҕө Үрүҥ Аар тойон ыйааҕынанЭрчимэн Бэргэни илдьэ барар.Сөп
2.Уот урбалдьын үөһэ дойду абааһыта. Сыыһа
3.Хаачылаан Куо Араат Мохсоҕол балта. Сөп
4.Уот Урбалдьын ата сур дьүһүннээх. Сыыһа
5. Кыыда Тугуттай тоҥус бухатыыра. Сөп
2 сорудах. Проблемнай хабааннаах ырытыы
Учуутал. 2 сорудахпыт олонхо ис хоьоонун диринэтэн ырытыы.Болохторго 8-тыы ыйытыы бэриллэр.
Хатан. ( Радомир)
1.Олоҥхо 1 чааьыгар туох ойууланарый? 1 баал |
2.Күутуулээх оҕо диэн хайдах оҕону ааттыылларый Ити санааҕытын тиэкистэн булан дакаастыырга холонуоҕун 2 баал |
3.Кун туллубатаҕа буолуо, куьэнэ быстыбатаҕа буолуо диэн этии туох ис хоьооннооҕуй? 2 баал |
4.Олонхоҕо биир сүрүн мөккүөрэ ыал олоҕо-дьаһаҕа.Эрчимэн Бэргэн төрөөбөтөҕө буоллар, Эриэн Тойон оҕонньор Эбириэлдьин хотун эмээхсин оҕото суох эбитэ буоллар, олохторо хайдах буолуо этэй? 2 баал |
5 Оҕонньордоох эмээхсин бастар бараммат баайдахтар диэн этиллэр.Бараммат баай диэн баар дуо? 2 баал |
6.Эрчимэн Бэргэн ийэлээх аҕатын ытыктыыра, убаастыыра олоҥхо ханнык кэрчигэр көстөрүй? Дакаастыыбыт. 2 баал |
7. Оҕонньордоох эмээхсин бастар бараммат баайдахтар диэн этиллэр.Бараммат баай диэн баар буолуон соп дуо? 2 баал |
8.Уол о5ону ханнык ба5арар омукка ордук кундургэтэллэр.Бу тоьо соптоо5уй?Эьиги санаа5ытыгар ? |
Дуолан.Матвей
1.Олонхоҕо хас дойду ойууланар? |
2 Эриэн тойон о5онньор, Эбириэлдьин хотун эмээхсин баайдык олорбуттар эбит, ону ханнык тыллартан билэбитий?Тиэкистэн буландакаастаабыт |
3 Кинилэр дьоллоох олохторун кимнээх аймыыр эбиттэрий? Тоҕо? Тиэкистэн булабыт |
4.Чункунуур Чуура Бухатыыр икки айыы бухатыырдарын туох сыаллаах –соруктаах утарыта туруортууруй |
5. Кинилэр дьоллоох олохторун кимнээх аймыыр эбиттэрий? Тоҕо? Тиэкистэн булабыт |
6 “Тимир у7аарыллан тимир буолар,уол о5оэриллэнэр киьи буолар”диэн ос хоьоонун хайдах ойдуугут? |
7.Саргы талаан сап са5аттан сал5анардаах эбит, олбот орогой ситим са5аттан силбэьэрдээх эбит.Сап са5аттан, ситим са5аттандиэн тылларсуолталарын хайдах ойдуугут? Олоххо киьи дьыл5ата сап са5аттан сал5аныан соп дуо? |
8.Эрчимэн Бэргэн дьонугар-сэргэтигэр,торообут дойдутугар иэьин толордо дуо |
Уч: Хамаандалар улэ5итин сыаналана5ыт.
3 сорудах Олонхо геройдарыттан талан, синквейн айан таьаарабыт.
4 сорудах. УЧ: Бутэьик сорудахпыт маннаык ис хоьоонноох.”Дуолан” болоххоЭрчимэнБэргэн хаачыстыбаларын, майгытын кластерга киллэрэ5ит.” Хатаннар”аныгы уол эьиги санаа5ытыгар хайдах буолуохтаа5ын, кини майгытын, характерын оноро5ут.
УЧ: Эбии боппуруос болохторго.Олонхо бухатыыра уонна аныгы уол туох майгыннаьар оруттээхтэрий? Тэннээн коробут.Санаабытын этэбит.
IV туьумэх.Улэни сыаналаныы.Лиистэри толоробут.Тумук санааны этэбит.
V туьумэх.Дьиэҕэ улэ.Дьиэҕэ улэни талан толороҕут.
2 сорудахтан биирин.1 сорудах. Олонхоттон саамай собулээбит тугэннитин уруьуйдуугут.
Сыанабыл.1) Киирии тыл.2-3 этиилээх 1б
2) Тоҕо бу тугэни талбыккытын көмүскүүгүт.3 6
3)Уруьуйу хайдах толорбуккутун билиьиннэрии.( улэ табыллыбыт уонна итэҕэс орут
тэрин быьаарыы) 3 б
3).Боппуруостарга толору эппиэтиигит.3 б
2 сорудах.Айар сорудах. Жанра: хоьоон ( формата хаачча5а суох)
Тиэмэ:Төрөөбүт дойду. Киьи уонна Айылҕа. Төрөөбүт дойдуга-ытык иэс.
Сыьыарыы 1
Туьаныллыбыт литература
1. Иевлев.Е.К.Махтан, таптаа, эрэн.Дьокуускай.Бичик,2002с114
2.Илларионов В.В.Искусство якутских олонхосутов.- Якутск: Книжное изд-во, 1982 с114
3.Поликарпова Е.М, Гоголева М.Т.Олонхону- ыччакка.Дьокуускай: Кудук, 1998 с 62.
4. « Сана уорэх технологияларын торообут тылы уонна литератураны уорэтиигэ туттуу».Дьокуускай 2009
5.Саха литературатын оскуола5а уорэтии методиката.Якутск:Бичик, 2006с 188.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Норуот утуо угэстэригэр тирэ5ирэн о5ону иитии ньымалара.
Норуот утуо угэстэригэр тирэ5ирэн о5ону иитии ханнык да кэмнэ кодьууьэ улахан буолуо5а ....
Майа5атта Бэрт Хара норуот сэhэнигэр тургутук.
Норуот сэhэнин ис хоhоонун билиигэ тургутук ыйытыылар. Эппиэттээх....
Норуот туһугар олох. (М.Е.Николаев төрөөбүтэ 80 сааһыгар ананар.)
9 кылааска Саха Республикатын норуоттарын төрүт культуратыгар уруок былаана...