П.А.Ойуунускай "Александр Македонскай" айымньыта
статья по теме
Платон Алексеевич Ойуунускай «Алексаандыр Македуонускай» диэн айымньытын 1935 сыллааха суруйбута. Бу өй, тыл, кырдьык, күүс, эйэ, сэрии тустарынан дириӊ философскай санаалар сааһыламмыт дьикти айымньы.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
platon_alekseevich_oyuunuskay._aleksandyr_makedonsay.docx | 22.83 КБ |
Предварительный просмотр:
«Уһугун- өйдөн икки атахтаах»
Платон Алексеевич Ойуунускай «Алексаандыр Македуонускай» диэн айымньытын 1935 сыллааха суруйбута. Бу өй, тыл, кырдьык, күүс, эйэ, сэрии тустарынан дириӊ философскай санаалар сааһыламмыт дьикти айымньы.
Ойуунускай олорон ааспыт кэмэ элбэх эриирдээх, үгүс үтүрүһүүлээх, олох уларыйар утарсыылаах кэмэ этэ. 30- сылларга репрессия үгэннээн турара, буруйа суох дьон сымыйа балыырга тубэһэн үтүө ааттара хараарара, суорума суолланаллара. «Кырдьыгы эппит кырыыһа» буолар кытаанах кэмнэрэ кэлбиттэрин Ойуунускай бу айымньытынан ханарытан суруйбута.
«Алексаандыр Македуонускай» урут оскуола программатыгар киллэриллэн 8 кылааска үөрэтиллэрэ. Бу бэртээхэй айымньыны программатан устан кэбиспиттэр. Бу быдан былыр үөскээн-төрөөн албан аатырбыт, «хааннаах болотунан дьоллонон» бар дьон кырыыһыгар барбыт улуу ыраахтаа5ы туһунан номох биһиги бүгүӊӊү олохпутугар иитэр –үөрэтэр суолтата сүүнэ эбит.
Александр Македонскай олус эдэригэр ыраахтаа5ы буолбута. «Дьүһүннээх үчүгэйэ, өйдөөх үтүөтэ» эбит. Хаанынан уһуннаран, күлүнэн көмөн үгүс судаарыстыбалары баһылаабыта. Үлүгэр элбэх киһини өлөрөн, сир ийэни хаанынан утахтаан, ибили кэһэн, өлбүттэр ытык эттэрин сиргэ- буорга тэпсэн улахан алдьархайы оӊордо, аньыы-хара диэни умунна. Ол иэстэбилэ суох таах хаалбата. Тыыннаах киһиэхэ саамай ыар накаастабыл-дууһата моруу буолуута, бэйэттэн кэлэйии, бэйэни абааһы көрүү эбит. Алексаандыр сыыһатын кэлин өйдөөбүт. Хойутаабыт. «Мин дьолум хааннаах болот дьоло-ол оннук дьол суолтата тугуй? Аан дойду судаарыстыбаларын урусхаллааммын, бар дьон хааннарын то5оммун, дьоллоох уйаларын умсараммын, хааннаах, кырыыстаах бэлиэ хааллардым- кырыыска этилинним» диэн санаар5аан, сурэ5эр оспот баастанан эдэр сааһыгар өлбүтэ.
Ойуунускай айымньыларын актуальноһын литературовед В.Н Протодьяконов « кини айымньыларын кэрэхсэбиллээх миэстэлэрэ то5оостоох түгэннэргэ хаһан ба5арар иитэр, сэрэтэр, өйдөтөр суолталарын сүтэрбэттэринэн сыаналанар» диэн быһаарар.
«Алексаандыр Македуонускай» айымньыны кылаас таһынан аа5ыы уруоктарыгар кэпсэтэн баран, бу айымньыны бүгүӊӊү олохпутун кытта сэргэ тутан көрдүбүт. Олох балысханнык сайда, кимтэн туохтан да тутулуктаммакка иннин диэки көмүөл мууһунуу устан иһэр. Онно ким эрэ дьыл5ата эрэһэ долгуӊӊа олорсон доллоһуйа устуо, ким эрэ мас сыыһын курдук бурул5аӊӊа түбэһэн өрө ытыллыа, тимирэ-тимирэ күөрэйиэ, ким эрэ оло5о таастан тааска охсуллар кэриэтэ хампы ыстаныа. Олох өлөр- тиллэр, киһи дуу, кии дуу буолар улуу мөккүөр.
Билигин о5олор оскуоланы бүтэрэн, үөрэххэ киирэн төрөөбүт тэлгэһэлэриттэн тэлэһийэллэр. Бука бары олоххо бэлэмнээх «төрөөбүт уйаларыттан куорсун анньынан көтөллөр» диэ5и саарбахтыыбын. О5о үлэттэн-хамнастан тэйдэ, ийэ,а5а бэлэмигэр тараӊнаһаллара үксээтэ, бэрээдэги кэһии, буруйу оӊоруу элбээтэ, ыарахаттартан түргэнник сынтарыйаллар, майгылара-сигилилэрэ хабырсыйда диэн хаһыаттарга суруйаллар, сонуннарга кэпсииллэр. Күн аайы киһи сатаан өйүгэр батарбат дьулаан быһыылара тахса тураллар. Буруйу оӊорооччулар, суорума суолланааччылар барыта ыччаттар, эдэркээн о5олор. Буруйу оӊорбут, бүдүрүйбүт, көнөр суолга турара ыарахаттардаах. Македонскай курдук «дьону харахтарын уутунан сууннараммын, хааннарын то5оммун, дьоллоох уйаларын түӊнэрэммин» биирдэ бэриллэр олохпун киһилии олорботум диэн кэмсиниэхтэрэ, ыт үрбэт, ынах маӊыраабат киһитэ буолан баран. Өстөһүү, сэриинэн иирии, өлөрсүү ыар содулларын, түӊнэри төлкөлүүллэрин бу айымньы ырылхайдык көрдөрөр..
Туох барыта иэстээх, сэттээх -сэлээннээх буолар. Дьону кэлэппит, дьонтон тэйбит киһи «хоруорбут төӊүргэс курдук» аӊардас дьыл5аланарын, уота умулларын, имэ сүтэрин, удьуора быстарын Ойуунускай бу улуу айымньытынан сэрэппит, «кэхтибэт кэрэкэ кэриэьин» хаалларбыт эбит.
Кириэстээх орто оскуолатын саха тылын
уонна литературатын учуутала.