А.Е.Кулаковскай “Саха интеллигенциятыгар” сүөһүнү иитиигэ көрүүлэрэ
творческая работа учащихся на тему

Сивцева Екатерина Дмитриевна

А.Е.Кулаковскай "Саха интеллигенциятыгар" сүөһүнү иитиигэ көрүүлэрэ

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл intelligentsiya5a_suruk.docx23.06 КБ

Предварительный просмотр:

МБОУ “Уһун-Күөл сүрүн оскуолата”

А.Е.Кулаковскай “Саха интеллигенциятыгар”

сүөһүнү иитиигэ көрүүлэрэ

                                        Толордо: Уһун-Күөл сүрүн оскуолатын

                                       9-с кылааһын үөрэнээччитэ

                                       Татаринова Люся

                                        Салайааччы: саха тылын учуутала                          

                                       Сивцева Е.Д.

Уһун-Күөл, 2012

Үлэ тутула:

  1. Киириитэ.
  2. Сүрүн чааһа. А.Е.Кулаковскай “Саха интеллигенциятыгар” сүөһүнү иитии туһунан көрүүтэ.
  3. Түмүк.
  4. Туһаныллыбыт литература.

  1. Киириитэ.

А.Е.Кулаковскай – саха литературатын төрүттээбит улуу поэт, наука араас көрүҥнэригэр маҥнайгы оҥкулу охсубут чинчийээччи, философ – норуотун өйө-санаата сайдарыгар сүҥкэн сабыдыаллаах.

Кини төрөөбүт норуота эстэн-симэлийэн хаалбакка өрүү баар буолуон, кыаҕырыан баҕарара. Сайдыы, тыыннаах хаалыы суола айымньыларыгар сүрүн тыын буолар. Ол курдук “Интеллигенцияҕа суругар” саха омук тыыннаах хааларын туһугар сүбэ-соргу биэрбитэ. Сурукка сири-уоту оҥоруу, сүөһүнү иитии, культура, үөрэхтээһин эйгэтигэр сайдыыны киллэрии хайысхалара ыйылла сылдьар.

Биһиги тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар нэһилиэк буоларбыт быһыытынан, Өксөкүлээх Өлөксөй сүөһү иитиитигэр биэрбит сүбэлэрин олус сэргээн аахтым уонна “А.Е.Кулаковскай “Саха интеллигенциятыгар” сүөһүнү иитиигэ көрүүлэрэ” диэн темаҕа доклад суруйдум.

Үлэ сыала: 1. А.Е.Кулаковскай сүөһүнү иитиигэ көрүүлэрин түмүү;

2. А.Е.Кулаковскай көрүүтүн дьиҥин дакаастааһын;

3. Бу сүбэлэри туттуу үтүө өрүтүн ырытыы.

Маннык сыал турар:

1. “Саха интеллигенциятыгар” үлэни билсии, ырытыы;

2. А.Е.Кулаковскай туһунан үлэлэри билсии;

3. Биһиги нэһилиэк историятын кытта тэҥнии тутуу.

Үлэ суолтата: саха сүөһү иитиитинэн былыр-былыргыттан дьарыктаммыта. Онон сүөһүни иитии – биһиги тыын боппуруоспут. Ол иһин А.Е.Кулаковскай суругар ыйбыт чахчылара саха омук баарын тухары туһалаах уонна суолталаах.

Үлэ тутула. Үлэм үс чаастаах

Сүөһү иитиитэ.

  1. Боруоданы тупсарыы.

А.Е.Кулаковскай саха сүөһүтүн тупсарыы туһунан туспа тутан маннык бэлиэтиир: “Улахан болҕомтону саха сүөһүтүгэр ууруохха наада. Кини күүскэ отоҕурда, кэҕиннэ: уҥуоҕунан аччаата, дьүдьэх көрүҥнэннэ, эт-үүт биэрэрэ мөлтөөтө. Ону тэҥэ тарбыйах өлүүтэ элбээбитэ, сүөһү кыра да ыарыыга ылларар буолбута бэлиэтэннэ. Сүөһү отоҕуруутун курдук хомолтолоох көстүүнү кытта хайаатар да охсуһуохха.” Сүөһү кыччааһынын, ииниитин тохтотуу – сүөһүнү иитии биир сүрүн соругунан ааҕар. Сүөһү олус уруурҕастаҕына төрүөҕэ мөлтүүрэ дьиҥнээх суол. Мантан быыһанар суолу бу курдук ыйар: “Ол инниттэн уопсастыба сүөһүтүн фермаларын дьаһайар, бастыҥ боруода атыыр оҕустары, ынахтары суруйтаран ылар общиналары тэрийиэххэ”. Атыыр оҕустары анаан тутууга сэбиэскэй кэмҥэ улахан болҕомто ууруллара. Хас ферма аайы атыыр оҕуһу иитэллэрэ, со5урууттан анаан а5алаллара. Бу барыта хаан уларытан сүөһү туругун тупсарар сыаллаах этэ.  Оттон билигин  кэтэх хаһаайыстыбанан бытарыйан олоруу кэмигэр ол улаханнык кыаллыбат. Арай биир эмэ ыал атын улуустан оҕус аҕалан ииппитэ биллэр. Холобур Никитиннар Тааттаттан оҕус аҕалан туруораллар.

Сүөһү боруодатын тупсарыы биир бастыҥ холобурунан Бүөтүр Великэй дьаһалын аҕалар: “Былыр Бүөтүр Великэй Голландияттан икки ынаҕы уонна биир атыыр оҕуһу аҕалбыт. Ол сүөһү биир мөлүйүөҥҥэ тиийэ тэнийдэ уонна билигин Россия үрдүнэн бастыҥ боруоданан ааҕыллар (холмогорскай). Ити боруода ынаҕа күҥҥэ 25 бытыылкаҕа тиийэ үүтү биэрэр, оттон оҕуһа 50 букка тиийэ ыйааһыннаах. “боруоданы тупсарар” диэн итинник буолуохтаах (оттон биһиги ынахпыт 10-13 буут ыйааһыннаах).

  1. Үөнтэн-көйүүртэн хаххалыыр күкүрдэри тутуу.

  Сүөһү сайын көҥүлгэ, күөххэ мэччийэр кэмигэр уойар, төлөһүйэр. Ол эрээри тигэн, супту уулаан ыарытыннарар, инньэ гынан уойарын мэһэйдиир үөнтэн-көйүүртэн харыстаан, мэччирэҥ күлүк сирдэригэр сүөһү саһар киэҥ күкүрдэрин оҥоруохха диэн санаатын этэр. Маннык күкүрдэр биһиги эҥэр бааллара биллибэт. Сүөһүлэр үксүгэр эргэ өтөхтөргө үөнтэн-көйүүртэн саһаллар. Биһиги эҥэр хас алаас аайы өтөх тобоҕо баар.

  1. Кыһыҥҥы далы тыалтан хаххалааһын.

   Сүөһү этэ-сиинэ тымныыны кытта сыатын саппааһынан иэхсэр. Онон кыһын турар далларын тыалтан хаххалыахха наада диэн санааны А.Е.Кулаковскай эмиэ эппитэ. Билигин тымныы ыйдарга сүөһүнү таһырдьа далга аһаппаттар. Онон маннык далы туппаттар.

Урут сэбиэскэй былаас саҕана, совхоз хотонугар турбанан уу киирэ илигинэ, “сылаас ойбон” диэн баар эбит. Онон күөлгэ киирбит сүөһү хайа да тымныыга сылаас ууну иһэр эбит. Сылаас ойбон диэн – дьааһык иһигэр угуллубут тимир оһох. Ону отуннахха дьааһык иһинээҕи уу сылыйар. Дьааһыгын хаптаһынынан оҥороллор. Ол дьааһык киһи үрдүгүн эрэ кыайбат үрдүктээх. (1,5 м үрдүгэ, кэтитэ туорута – 3-түү м.)  Онно тимир оһох түһэрэллэр. (200 кг. тимир буочука) Үөһэ өттүгэр икки ааннаах буолар. Ынахтар уулуу киирдилэр да, ол ааны аһан биэрэн уулаталлар. Дьаа7ыгы муустан арыый да быгар гына угаллара. Тимир оһох турбатын таһынан хардаҕас быраҕар ааннаах, онон оттоллор. Партизан Заболоцкай аатынан совхозка маннык оһохтору оҕуһунан уу таһар үлэлээх тиистээх оҕонньор үлэлээбит. Аллараа күөлгэ хотонтон чугас икки сиргэ оннук сылаас ойбон баар эбит. Сылаас ойбону оҥостуу сүрүн сыала – сүөһү тоҥмокко-хаппакка сылаас уунун истин, туруга мөлтөөбөтүн диэн. Кэлин бу бэртээхэй ньыма умнуллубут.

4. Сиик тардар аһаҕастаах хотону туттуу.

А.Е.Кулаковскай бу туһунан маннык этэр: “Хотону киэҥ уонна сииктээх салгынын тардар аһаҕастаах гына оҥоһуллуохтаах. Көлөһүннүрбүт, инчэҕэй түүлээх сүөһү таһырдьа олус түргэнник титирээн ырар; тоҥмут сүөһү тымныы ойбонтон тото-хана уулаабат, ол, биллэн турар, уопсай туругар охсор”. Сүөһү туругун тымныыттан харыстаан, урут сэбиэскэй былаас саҕана, совхоз хотонугар турбанан уу киирэ илигинэ, “сылаас ойбон” диэн баар эбит. Онон күөлгэ киирбит сүөһү хайа да тымныыга сылаас ууну иһэр. Сылаас ойбон диэн – дьааһык иһигэр угуллубут тимир оһох. Ону отуннахха дьааһык иһинээҕи уу сылыйар. Дьааһыгын хаптаһынынан оҥороллор. Ол дьааһык киһи үрдүгүн эрэ кыайбат үрдүктээх. Онно тимир оһох түһэрэллэр. Үөһэ өттүгэр икки ааннаах буолар. Ынахтар уулуу киирдилэр да, ол ааны аһан биэрэн уулаталлар. Дьааһыгы муустан арыый да быгар гына угаллара. Быһа холоон 30 см. Быгар. Тимир оһох турбатын таһынан хардаҕас быраҕар ааннаах, онон оттоллор. Партизан Заболоцкай аатынан совхозка маннык оһохтору оҕуһунан уу таһар үлэлээх Иннокентий Иннокентьевич Макаров - Тиистээх оҕонньор үлэлээбит. Аллараа күөлгэ хотонтон чугас, билиҥҥи сөтүөлүүр сиргэ, оннук сылаас ойбон баар эбит. Сылаас ойбону оҥостуу сүрүн сыала – сүөһү тоҥмокко-хаппакка сылаас уунун истин, туруга мөлтөөбөтүн диэн. Кэлин бу бэртээхэй ньыма умнуллубут.

  1. Тэлгэхтиир үгэс.

“Сүөһүнү солуоманан, балаҕан ыйынааҕы хагдарыйбыт отунан, хомуһунан, хотуулунан тэлгэхтиир үгэһи олохтуохха наада. Ол соччо ороскуоттаах буолуо суоҕа, онуоха эбии сүөһү убаҕаһа иҥмит тэлгэх ото бааһынаҕа бэртээхэй уоҕурдуу буолар”, - диэн Өксөкүлээх Өлөксөй санаалааҕа. Ол эрээри бу ньыма билигин да, урут да туһаныллыбыта биллибэт. Арай саҥа төрөөбүт ньирэйгэ маннык тэлгэх, олбох оҥороллор.

  1. Сүөһү аһылыгын туһунан.

Бу туһунан Кулаковскай маннык суруйар: ”Уопсайынан, сүөһү аһылыгын тупсарар наада. Чопчу ыллахха, аһылыгар тууһу эбиэххэ, ол оһоҕос-куртах үлэтигэр уонна этигэр-хааныгар туһалаах веществолар иҥэллэригэр көмөлөһөр, утатыннарар, уотар, сүөһү бородууксуйаны биэриини үрдэтэр, итиэннэ ыарыыны тулуйумтуо оҥорор. Күҥсүйбүт, никсийбит оту тууһаатахха, үөнүн-көйүүрүн, үөскэхтэрин өлөрөр, ону сүөһү сирбэккэ сиир. Ол курдук, кэпсээҥҥэ киирбит уу сут дьыл Дьокуускай уокуругар никсийбит оту сиэн үгүс сүөһү өлбүт буоллаҕына, бүлүүлэр сүөһүлэрин тууһунан тумалаан аһатан быыһаабыттар: туус убаҕас сурадаһынын кинилэр кыыбыга сүөкэммит окко сиидэнэн ибиирэн куппуттар”. Сүөһүгэ тууһу сиэтэр туһатын дьон бэркэ диэн билэр уонна урукку өттүгэр хото туһаммыт. Ол курдук сэбиэскэй саҕана, совхоз сүөһүтүгэр анаан куулунан тууһу хаһааналлара. Билигин биһиги нэһилиэккэ хас да ыал сүөһүтүгэр анаан туус сиэтэрэ биллэр.

  1. Үүтүү астааһын.

Хайаан да арыылааһыны, мыыла оргутуутун, сыыры, иэдьэгэйи уонна үрүмэни астааһын боппуруостарын ырытыахха наада. Бу үлэ хас биирдии көрүҥэ сүөһүнэн иитиллэн олорор дьоҥҥо сүҥкэн суолталаах, байытар, олохторун уйгулуур кыахтаах.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Роль педагогического потенциала творчества А.Е.Кулаковского в формировании патриотических чувств и гражданского сознания обучающихся на интегрированный уроках по истории

Проблема переизбытка информации, обилие недостоверной информации с которыми в век информации сталкивается каждый школьник является одной из самых важных. Ведь не правильное использование информа...

Дьиэ кэргэн уонна оскуола – о5ону иитиигэ

Бу улэлэр барыта о5ону иитиигэ суолтата улахана саарба5а суох. О5о иннигэр тереппуттэр, кырдьа5астар эппиэтинэстэрэ урдуур. Бу ытык иэс, утумнааьын, удьуордааьын, туйах хатарааччыны иитии. Оччо5уна эр...

Воспитательное занятие Моя родина – Республика Саха (Якутия) Воспитательное занятие Моя родина – Республика Саха (Якутия)

1) формировать понятие о любви к родине как одной из главных нравственных ценностей;2) развивать мышление, коммуникативные качества личности;3) воспитывать патриотические чувства к родному краю....

О5ону иитиигэ Николай лугинов айымньыларын көдьүүһэ (Доклад)

Роль произведений Николая Лугинова в воспитании учащихся...

А.Е.Кулаковскай “Саха интеллигенциятыгар” сүөһүнү иитиигэ көрүүлэрэ

А.Е.Кулаковскай "Саха интеллигенциятыгар" сүөһүнү иитиигэ көрүүлэрэ...

А.Е.Кулаковскай «Ойуун түүлүн» айымньытынуонна «Саха интеллигенциятыгар суругун» сүрүн санааларын алтыhыыта.

Статья о произведениях А.Е.Кулаковского "Ойуун түүлэ"  и "Письмо к якутской интеллигенции"...

Программа элективного курса "Саха терут аьа" (Традиционная кухня саха) в 5 классе

Программа "Традиционная кухня саха" знакомит учащихся 5 класса с кухней народа саха сезонно. Программа рассчитана на 24 часа, в месяц по 2 часа. Каждый месяц занятие посвящается одному ...