Дьиэ кэргэн таптала
статья на тему

Карадчина Мария Романовна

 

  Билиҥҥи өй-санаа, майгы – сигили түргэнник сатарыйар кэмигэр дьиэ кэргэн туруктаах эрэ буоллаҕына быыһанар кэмэ кэллэ. Улаатан иһэр оҕолорго, эдэр дьоҥҥо, саҥа ыал буолар дьоҥҥо элбэх өйдөтөр – иитэр үлэ бардаҕына; олоххо, тапталга сөптөөх сыһыан, өйдөбүл үөскээтэ5инэ, төрөппүт таптала уҕараабакка оҕотун киһилии ииттэҕинэ омук быһыытынан хаалыахпыт.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл die_-_kergen_taptala.docx18.05 КБ

Предварительный просмотр:

         М.Т.Егоров аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи 2№дээх орто оскуола

                                 Дьиэ кэргэн таптала.

                                                    Карадчина  Мария  Романовна,

                                                                 М.Т.Егоров аатынан  Үөһээ  Бүлүүтээҕи

                                                                 2№дээх  орто  оскуола

                                                                 социальнай  педагога.

                                    Үөһээ Бүлүү, муус устар ый 2014сыл.

  Үлэм суолтата.

  Билиҥҥи өй-санаа, майгы – сигили түргэнник сатарыйар кэмигэр дьиэ кэргэн туруктаах эрэ буоллаҕына быыһанар кэмэ кэллэ. Улаатан иһэр оҕолорго, эдэр дьоҥҥо, саҥа ыал буолар дьоҥҥо элбэх өйдөтөр – иитэр үлэ бардаҕына; олоххо, тапталга сөптөөх сыһыан, өйдөбүл үөскээтэ5инэ, төрөппүт таптала уҕараабакка оҕотун киһилии ииттэҕинэ омук быһыытынан хаалыахпыт.

            Киһи аймах баарын тухары дьиэ кэргэн, оҕо иитиитин боппуруоһа общество сайдыытыгар  сүрүн миэстэни ылар. Дьиэ кэргэн олоҕо төһөнөн чэгиэн, доруобай да,                             соччонон общество олоҕо туруктаах. Аан дойдуну, киһи аймаҕы Таптал тутан олорор.                               Таптал киэҥ өйдөбүллээх. Саха киһитэ сэмэй, кини тапталын ыһа-тоҕо кэпсии сылдьыбат,                                ол эрээри таптал  кини майгытыгар, саҥатыгар көстөр. Ханнык баҕарар киһи оҕо эрдэҕинэ                    хайдах дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибитинэн инники олоҕор оннук дьиэ кэргэни оҥостор диэн мээнэҕэ этиллибэтэҕэ буолуо.                                                                                                                                                    Пренатальнай  валеология диэн наука билиҥҥи кэмҥэ куутуулээх оҕолору куутуулээх кэмҥэ баҕарар ахсааҥҥынан былааннаан оҕолонуохтааххын диэн этэр. Ийэ оҕотун үөскүөн инниттэн  таптыахтаах, оҕо тулалыыр эйгэни кытта ийэтин нөҥүө билсэр. Төрүөн иннинээҕи иитии улахан оруолу ылар. Былыргы цивилизацияҕа 1000 тахса сыллар анараа                   өттүлэригэр Кытай дойдутугар оннооҕор ийэлэри төрүөхтэрин иннинэ анал  клиникаларга сытыараллар эбит.  Аҕа оҕотун кытта билсиһэр церемониялаахтар:  кэргэнин иһин имэрийэ-имэрийэ бэйэтин олоҕун, туох интэриэстээҕин, көрүүлэрдээҕин туһунан оргууй аҕай наллаан  кэпсиир,  оҕотун таптыырын туһунан этэр, эрдэттэн сүбэлиир  кэриэтэ ыйар- кэрдэр. Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ кырдьаҕастар саҥа ыал буолбут дьоҥҥо оҕолорун, кэргэннэрин таптыахтаахтарын, күнү-дьылы харыһыйбакка оҕолоругар элбэх болҕомтону ууруохтаахтарын туһунан куруук этэ- үөрэтэ сылдьаллар, уоскутар намыын музыканы истэллэрин, үчүгэй эрэ туһунан саныахтаахтарын өйдөтөллөр.

             Оттон билиҥҥи кэмҥэ Францияҕа төрөөрү сылдьар дьахталларга опрос оҥорбуттар, онно көстөрүнэн 30% дьахтар оҕолорун туһунан тугу да санаабаттара, наадыйбаттара биллибит – оҕолоро аһаах доруобуйалаах, ытанньах, олоххо үөрүйэҕэ суох буолан тахсаллар эбит. Оҕо ийэтин иһигэр 3 ыйыттан мэйиитэ сайдан барар, өскөтүн аҕата кэпсэтэр буоллаҕына, төрөөт аҕатын куолаһын тута араарар эбит.  Оҕо сайдыытыгар хоровой ырыа үчүгэйдик дьайар диэн быһаарбыттара биллэр. Ийэ оҕотугар таптала, истиҥ санаата ол буолар оҕо киһилии сайдар  эйгэтэ. Оҕо дьонун таптыы улаатар, олоҕун устата үтүө хаачыстыбалара баһыйар, олоххо ситиһиилээх буолар.

             Ийэтэ түһэттэрээри гыммытын  саҥа үөскээбит оҕо истэр эбит. Олоххо буолбут түбэлтэттэн: 30 сааһыгар тиийэн баран биир  эр киһи  туохтан эрэ куттана саныыр, эмискэ уу саккырыар диэри ыксыыр буолан психиатрга көрдөрөргө быһаарыммыт. Быраас гипнозтаан баран ийэтин кытта кэпсэтии түмүгэр, бу оҕону ийэтэ 7 ыйдааҕар итии ваннаҕа олорон түһэринэ сатаабыта кыаллыбатах, ону умнан кэбиспит, төрөөт оҕотун төһө да таптаабытын иһин ол быһыы-майгы оҕо клеточнай өйүгэр хаалан хаалбыт уонна уйэтин тухары батыһан эрэйдээбит. Ол иһин төрөөрү сылдьар дьахтар тулалыыр эйгэтэ кэрэҕэ тардыһарга, үтүөҕэ-сырдыкка угуйар аналлаах буолуохтаах.                            

                 Биир биллиилээх наука доктора, Нобелевскай бириэмийэ лауреата Кэррэл эппит эбит:  “Биһиги билигин даҕаны ситэри өйдөөбөппүт, таптал диэн туох эрэ күндү , таптата сатаан таптал буолбакка, кимиэхэ эрэ тиксиэхтээх, кимиэхэ эрэ суох буолуо суохтаах буолбакка; киһиэхэ барытыгар наада; ыалы, дьиэ кэргэни таптал эрэ тумэр, ситимниир кыахтаах, онтон атын холбуур туох да суох. Өскөтүн дьиэ кэргэн иһигэр таптал суох буоллаҕына, ол тас өттүгэр ханна да ол таптал суох. Таптал диэн хайдахтаах да бааһы оһорор, өйдөспөт былыты сайгыыр күүстээх.»

          Сыллата дьиэ кэргэн арахсыытын түмүгэр 18 сааһыгар дылы  сүүһүнэн тыһыынча оҕолор соҕотох төрөппүттээх хаалаллар, толору дьиэ кэргэнтэн маталлар. Өссө хомолтолооҕо баар -  быраҕан бараллара.  Маннык оҕолор обществоҕа, атын дьоҥҥо кырыктаах сыһыаннаах буола улааталлар.

           Аата эрэ толору дьиэ кэргэн эмиэ баар: күннэтэ оҕо истэригэр этиһии – охсуһуу, бэйэ- бэйэни тулуйсубат хаҕыс сыһыан, ону барытын оҕо дьарамай санна хайаан кыайан уйуоҕай?  Онтон иитиллэн таҕыстахтара эмиэ оннук дьиэ кэргэни тэринэр, эмиэ оннук дьылҕалаах, кыһалҕалаах олохтоох дьон, ол курдук баран иһэр  олох сатарыйыыта.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Дьиэ кэргэн уонна оскуола – о5ону иитиигэ

Бу улэлэр барыта о5ону иитиигэ суолтата улахана саарба5а суох. О5о иннигэр тереппуттэр, кырдьа5астар эппиэтинэстэрэ урдуур. Бу ытык иэс, утумнааьын, удьуордааьын, туйах хатарааччыны иитии. Оччо5уна эр...

Саха литературатын уруоктарыгар уус-уран айымньыны ааҕыыны дьиэҕэ сорудах быhыытынан тэрийии

Билигин оскуолаҕа уус-уран литератураны үөрэтиигэ үөрэнээччилэр айымньыны биир халыыптаахтык, тэҥ таhымнаахтык ылыныыларыгар дьулуhууттан аккаастанан, оҕо хас биирдии айымньыны тус бэйэтэ иэйиитинэн ы...

Таптал – киһи истиҥ иэйиитэ.

9 кылааска саха литературатыгар ыытыллар аһаҕас уруок...

"Аа5ар дьиэ-кэргэн" - проект

Актуальность. От того, что и как читают дети, зависит их сегодняшний успех и завтрашняя судьба. Все большее количество детей в настоящее время не любит  и не желает читать.    Суще...