Кылаас чааhын темата: «А5а дойдуну кѳмүскээччилэр»
материал на тему
Кылаас чааhын темата:
«А5а дойдуну кѳмүскээччилэр»
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
aga_doydu_komuskeechchileriger_anallaah_kylaas_chaahyn_stsenariya.docx | 19.82 КБ |
Предварительный просмотр:
С. Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуола
Кылаас чааhын темата:
«А5а дойдуну кѳмүскээччилэр»
Тэриллибит кылааhа:
Алын кылаас сүhүѳҕүн
үѳрэнээччилэригэр
Салайааччы:
Ноева Сата Ивановна
4 кылаас
кылаас салайааччыта
Үрүҥ Күөл, 2015 с
Иитии үлэ сыала:
- Ийэ дойдуга тапталы иҥэрии;
- Тѳрѳѳбүт тѳрүт дойдуну харыстыырга, убаастыырга иитии;
- Ытык иэhи тѳлүүргэ бэлэмнээх буолууну, патриот буолууга иитии;
- Саллаат хайдах хаачыстыбалаах буолуохтааҕын ѳйдѳтүү.
Киирии чааhа:
-Дорооболоруҥ, оҕолоор! Аҕа Дойдуну кѳмүскээччи күнүгэр аналлаах кылаас чааспытын саҕалыыбыт. Биhиэхэ ыалдьыттыы кэллэ оскуолабыт учуутала интернационалист буойун, лейтенант Берёзкин Илья Сергеевич.
Кэпсэтии:
- Аҕа дойдуну кѳмүскээччи күнэ хаhан буоларый?
-Тоҕо Олунньу 23 күнүгэр буоларый?
1918 с. Олунньу 23 күнүгэр Кыhыл Армия бастакы полкалара сэриигэ киирэн ѳстѳѳхтѳрүн кыайбыттара. Ол иhин ити күн-Армия күнүн бэлиэтиибит.
Слайд №1
Бастаан Кыhыл Армия күнэ диэн этэ. Онтон Советскай Армия уонна Военнай Морской флот күнэ диэн ааттаммыта. Билигин Аҕа Дойдуну кѳмүскээччи күнэ диибит. Биhиги дойдубутун уолаттар, эр дьон кѳмүскүүллэр. Ол иhин уолаттар бырааhынньыктара дэнэр. Россия дьоно Тѳрѳѳбүт сирбитин, дойдубутун наhаа таптыыбыт. Ол да иhин кѳмүскүүргэ мэлдьи бэлэммит. Ити туhунан ырыата истиэхэйиҥ, Антон уонна Андрей Ноевтар толорууларыгар: «Солдатушки».
Слайд №2 -1941-1945 сс.
-Бу туох даататай? Ким билэрий?
1941 с. Фашисткай Германия биhиги дойдубутугар сэриинэн түспүтэ. Түѳрт сылы быhа алдьархайдаах ыарахан, элбэх сүтүктээх сэрии буолбута.
Слайд №3
Саха сириттэн сэриигэ 63 тыhыынчаттан тахса буойун барбыта. Аҥардас Чурапчы улууhуттан 2085 киhи баран сэриилэспиттэрэ.
Слайд №4
ОнтонХадаартан 136 буойун сэриигэ барбыта. 66 сэриигэ ѳлбүтэ.
Слайд №5- Кыайыыкүнэ
КЫАЙЫЫ ѳрѳгѳйдѳѳх күнэ 1945сыллаахха 9 Маайга буолбута. Быйыл Кыайыы 70 сыла туолар.
Слайд №6 -С. Д. Флегонтов
Флегонтов Семён Дмитриевич-Чѳкѳѳ уола. 1918 сыллаахха Υрүҥ Уулаах диэн алааска тѳрѳѳбүтэ. Кини 16 саастаа5ар, 1934 с. дойдутугар Хадаарга-нэhилиэк сэбиэтин секретарынан үлэлээбитэ. Оттон 1941 сыл атырдьах ыйыгар армия5а ыҥырыллыбыта. Кини 5 бойобуой орденнаах, оскуолабыт кини аатын сүгэр.
Слайд №7
Онтон биhиэхэ сэрии ветерааннарын кимнээ5и билэ5итий?
Софронов Пётр Павлович уонна Филиппов Николай Николаевич.
Слайд №8
Онтон билигин, аныгы кэмҥэ сорох сирдэргэ эмиэ сэрии буолар дии. Холобур террористары утары сэриилэспитт саллааттары интернационалист буойун диибит. Хадаартан туѳрт киhи сылдьыбыт.
Слайд №9
Ноев Николай Николаевич - Антоннаах Андрей убайдара, Сидоров Мичил Еримеевич, Давыдов Иван Иванович- Владик аҕата уонна Берёзкин Илья Сергеевич.
Тылы биэрэбит Илья Сергеевичка.
(Берёзкин Илья Сергеевич ахтыыта)
-Оҕолоор, Илья Сергеевичка махтаныахайын, биhиэхэ бүгүн кэлэн ыалдьыттаабытыгар, саллаат хайдах буолуохтааҕын эппитигэр, анны билигин кыратык оонньуохпут, күрэхтэhиэхпит.
Уолаттар күрэхтэhиилэрэ:
- «Бэргэн» - сыалы табыы
- «Ким болҕомтолооҕуй?»-хараҕа баайыылаах хааман тиийэн мээчиги тэбэр
- «Ким сымсаный?»-үтүлүк ылыы.
Кыайыылаахтары эҕэрдэлээhин.
Хоhоон ааҕыыта.
Түмүк:
-Оҕолоор, оччоҕуна хайдах киhи Аҕа дойдуну кѳмүскүүр буолуой?
Хаартыскаҕа түhүү.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
календарно-темат планирование 3 класс Биболетова
в помощь учителю...
Статья «Кыра кылаас о5отун терут дьарыкка сыhыаран сайыннарыы»
«Кыра кылаас о5отун терут дьарыкка сыьыаран сайыннарыы»Яковлева Е.Г. , М.Н. Турнин аатынан Тыараґа орто оскуолатын алын суьуех оскуола учуутала. Норуот педаг...
основы религии кален-темат план
основы религ-planirovanie...
Николай Якутскай "Дьукаахтыылар" остуоруйа. Аа5ыы уруога 3 кылаас
Аа5ыы уруогаУруок темата: Николай Якутскай «Дьукаахтыылар»(остуоруйа) УМК (учебник аата, автора): Захарова Л. В., Избекова Л. К. «Кустук». 3 кылааска аа5ар кинигэУруок тиибэ:Учуутал сыала: Николай Яку...
Алын кылаас о5отун олонхону аа5арга уьуйуу
Билинни кэмнэ о5олорбутугар телевизор, компьютер, видео, сотовай телефон сабыдыала улаатан иьэр. Бу аныгы тэриллэргэ аралдьыйан о5о сахалыы уус–уран кинигэлэри аахпат, фольклору билбэт буолан иьэр, са...
Олонхо педагогиката: алын кылаас о5олорун олонхонон иитии- уерэтии . (Алын кылаас учууталларын методическай холбоhугун улэтинэн).
Төрөөбүт тыл-киhи үөрэ5и билиини кэбэ5эстик ылынар, өйө санаата туругурар, майгыта сигилитэ ситэр, иhирэх иэйиитэ уhуктар,өлбөт үйэлээ5и айар- тутар дьо5ура тобуллар айыл5аттан бэриллибит эйгэт...
Букубаар. Кронникова М.Ф. 1 кылаас. Темата: Сүһүөх
Уруок былаана. Букубаар. 1 Кылаас. Тема Сүһүөх....