Букубаар. Кронникова М.Ф. 1 кылаас. Темата: Сүһүөх
план-конспект урока (1 класс)
Уруок былаана. Букубаар. 1 Кылаас.
Тема Сүһүөх.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
suhuoh_teh_karta.docx | 14.76 КБ |
Предварительный просмотр:
Саха тылыгар - Букубаарга уруок. 1 кылаас.
Учуутал: Давыдова Ньургуйана Николаевна
Темата: «Сүһүөх».
Сүрүн сыала: Сүһүөх өйдөбүлүн кытта билсиһии, тыл икки, эбэтэр хас да сүһүөхтээх буоларын билии, тылы сүһүөххэ араара үөрэнии.
Ытык өйдөбүллэри иӊэрии түмүгэ (личностные результаты): төрөөбүт тыл төрүт айылгыта, үйэлээх үгэһэ, этигэн кэрэтэ норуот тылынан уус – уран айымньытыгар уонна тылыгар иӊмитин – сөӊмүтүн билэр.
Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ (метапредметные результаты): тылын сайыннарар сыалы – соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох ханнык түмүккэ кэлиэхтээҕин быһа холоон билэр. Тугу билэрин – билбэтин өйдүүр. Бииргэ алтыһан үөрэнэр, үлэлиир араас ньыманы баһылыыр (пааранан үлэ). Кэпсэтэр үөрүйэҕин, кэпсэтии сиэрин тутуһар.
Тустаах үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ (предметные результаты): фишкананан сатаан үлэлиир: кылгас, уһун аһаҕас дорҕооннор, бүтэй дорҕооннору билэр. Дорҕооннору сатаан истэр, сөпкө этэр, булар, араарар. Саныыр санаатын сааһылаан, өйдөнүмтүөтүк, тиийимтиэтик этэр.
Уруок хаамыыта:
- Киирии чааһа.
- Дорооболоруӊ, оҕолоор! Настарайыанньаҕыт хайдаҕый? Уруокка улэлиир турукка, бэлэмӊэ киирдибит дуо? Таҥаспытын көннөрүннүбут. Бэйэ бэйэбитигэр истиӊ мичээрбитин бэлэхтиэҕиӊ уонна уруокка көхтөөхтүк кыттыыны ылыаххайыӊ. Сөбүлэһэҕит?
- Барбыты хатылааһын.
Мадьыалынан этиитэ толкуйдаан. (дуоскаҕа мадьыаллар)
- Саха тылыгар ханнык дорҕооннор баалларый? Ааттаталаан.
- Аһаҕас дорҕоон диэн тугуй?
- Бүтэй дорҕоон?
- Дьуптуон?
- Теманы, уруок сыалын таһаарыы.
Слайдаҕа ойуулары көрөн, тыллары фишканан оҥороллор. (оҕо, таба
- бу тылы биһиги хайыахпытын сөбүй? (саҥарабыт, истэбит,
- өссө тугу гыныахпытын сөбүй? (араарыахпытын)
- ону хайдах араарабыт? (дуоскаҕа биир оҕо тахсан көрдөрөр)
- Ол аата, оҕолоор, тылы биһиги араарыахпытын сөп эбит. Холобур, килиэби биһиги быһан аҥаардыыбыт. Ол курдук тылы эмиэ хас да чаастарга аҥаардыахха син. Бу араарыыны ааттыыллар эбит – СҮҺҮӨХ диэн.
- Эһиги санааҕытыгар, бүгүӊӊү уруокка туох туһунан кэпсэтиэхпитий? Тугу гыныахпытый?
- Тугу билэн барыахтаахпытый дии саныыгыт? (Оҕолор бэйэлэрин санааларын этэллэр.) - - Туох сыалын бүгүӊӊү уруокка туруорабыт? (Бэйэлэрэ сыал туруораллар, сабаҕалааһыннарын этэллэр.)
- Физ. тохтобул
Сөпкө тыына үөрэн.
Муннугунан дириӊник күүскэ эҕирийэн, искэр тыын ыла – ыла, хаста да «һуу-у, һуу-у» диэн үргүлдьү үрэр курдук таһаар. 3-4 хатылаа.
Айаххын киэӊник ат, күөмэйиӊ ис өттүттэн, түөһүӊ иһигэр баар салгыны «а-а-а-а» дорҕоонунан тыыныӊ бүтүөр диэри таһаар.
Тылгын имит.
Тылгынан тииһиӊ ис өттүн ыраастыыр курдук хамсат.
Чуолкайдык саӊар.
Ноннох – ныннах
Ноннох – нуннух
Нэннэх – нинник
Ноннох – нүннүк.
Топпороӊноон, толлороӊноон,
Хааман – сиимэн туллараӊнаан,
Тугу барытын токкоолоон,
Туһа киһи, кыра киһи
- Фишканан үлэ.
Дьэдьэн, сугун, отон.
- Бэйэни сыаналаныы. Рефлексия. Түмүк.
Бүгүӊӊү уруокка мин биллим…
Тугу интириэһиргээтим…
Туохха ыарырҕаттым…
Бэйэбин хайдах сыаналыыбын…
- Сөп, маладьыастар, туруоруммут сыалбытын ситтибит. Барҕа махтал актыыбынай кыттыыгыт иһин!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
календарно-темат планирование 3 класс Биболетова
в помощь учителю...
основы религии кален-темат план
основы религ-planirovanie...
Сценарий "Букубаар, быраьаай"
Ханнык багарар бырааьынньыгы ыытарга бэлэм сценарий баара учууталга улахан кеме тирэх буолар. Оголорго бырааьынньыкка анаммыт сахалыы хоьооннор, ырыалар хомуурунньуктара суога ыарахаттары уксэтэ...
Саха тылын уруогар календарно-тематическай былаан. 1 кылаас (1-4) учебник «Букубаар» автор (Кронникова М.Ф.), «Төрөөбүт тыл» (Семенова С.С., Васильева Н.Н.), «Литература ааӄыыта» (Захарова Л.В., Флегонтова У.М.)
Саха тылын уруогар календарно-тематическай былаан. 1 кылаас (1-4) учебник «Букубаар» автор (Кронникова М.Ф.), «Төрөөбүт тыл» (Семенова С.С., Васильева Н.Н.), «Литература ааӄыыта» (Захарова Л.В.,...
Кылаас чааhын темата: «А5а дойдуну кѳмүскээччилэр»
Кылаас чааhын темата:«А5а дойдуну кѳмүскээччилэр»...
Олонхо педагогиката: алын кылаас о5олорун олонхонон иитии- уерэтии . (Алын кылаас учууталларын методическай холбоhугун улэтинэн).
Төрөөбүт тыл-киhи үөрэ5и билиини кэбэ5эстик ылынар, өйө санаата туругурар, майгыта сигилитэ ситэр, иhирэх иэйиитэ уhуктар,өлбөт үйэлээ5и айар- тутар дьо5ура тобуллар айыл5аттан бэриллибит эйгэт...
рабочая программа по букварю 1 класс Кронникова
Кронникова Мария Филипповна "Букубаар" 1 кылааска уорэнэр кинигэ Бичик 2015 с. "Букубаар" диэн бастакы уорэнэр кинигэ . Ийэ тылы ааьарга , суруйарга уорэнэргэ комолоьор кинигэ. ...