Олонхо педагогиката: алын кылаас о5олорун олонхонон иитии- уерэтии . (Алын кылаас учууталларын методическай холбоhугун улэтинэн).
учебно-методический материал на тему

Ноева Сата Ивановна

  Төрөөбүт тыл-киhи үөрэ5и билиини кэбэ5эстик ылынар, өйө санаата туругурар, майгыта сигилитэ ситэр, иhирэх иэйиитэ уhуктар,өлбөт үйэлээ5и айар- тутар дьо5ура тобуллар айыл5аттан бэриллибит эйгэтэ буолар.

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon alyn_kylaas_o5olorugar_olonhonu_ueretii.doc107 КБ

Предварительный просмотр:

                           МБОУ  Хадаар орто оскуолата.

           

             Олонхо педагогиката: алын кылаас о5олорун олонхонон иитии- уерэтии .

(Алын кылаас учууталларын методическай холбоhугун улэтинэн).

                                                                           

                                                                                                                                                                                       

 

Никонова Вера Викторовн

 алын кылаас учуутала,

Саха Республикатын уерэ5ириитин  

                                               туйгуна.

                                               

                                                       2012 с.                                                          

Иhинээ5итэ:

1.Киириитэ.

2.Олонхо наука эйгэтигэр дьуерэлэhиитэ.

3.Олонхо Аан дойдуга билиннэ.

4.Олонхо тутула.

5.Кыра кылаас о5олорун олонхо5о сыhыарыы.

6.Кылаастарынан наардаан уерэтии барыла.

7.Рефераттар темалара.

8. Туруоруллубут олонхолор.

9.Олонхону уерэтии теhе о5о5о теhе кедьуустээ5ин чинчийии тумугэ.

10.Тумук.

11.Туhаныллыбыт литература.

Киириитэ.

  Төрөөбүт тыл-киhи үөрэ5и билиини кэбэ5эстик ылынар, өйө санаата туругурар, майгыта сигилитэ ситэр, иhирэх иэйиитэ уhуктар,өлбөт үйэлээ5и айар- тутар дьо5ура тобуллар айыл5аттан бэриллибит эйгэтэ буолар.

            Норуот тыына-дьыл5ата, кини киhи аймах культуратыгар киллэрэр кылаата төрөөбүт тылыгар, тылынан уус-уран айымньытыгар иңэн сылдьар.Ол иhин төрөөбүт тылын, фольклорун билэр киhи бэйэтин норуотун ытыктыыр, таптыыр, кининэн киэн тута иитиллэр.

            Саха ыччата о5о эрдэ5иттэн төрөөбүт буоруттан силистэнэн- мутуктанан иитилиннэ5инэ, норуотун тылын бар5а баайын, үтүө үгэстэрин этигэр-хааныгар иңэриннэ5инэ, амарах сүрэ5ин, мындыр өйүн, уран тарба5ын утумнаата5ына Саха омук быhыытынан чэчирии сайдара саарба5а суох.(1).

  Саха норуотун уус-уран айымньытын саамай үрдүкү чыпчаала-олоңхо. Саха олонхото киhи аймах тылынан уус-уран айымньытын биир суол керунэ буолар. Кини ойуулуур дьуhуйэр тыла-еhе баайынан дэлэгэйинэн, ейдебуллэрэ дирининэн, киэнинэн сэхтэрэр. Ол да иhин былыр былыргыттан олонхоhут Саха дьонун ытыктабылын, сугуруйуутун ылар, уйэлэр усталарыгар киирэн уос номо5ор киирэн кэпсээннэ сылдьар.

              Олонхо наука эйгэтигэр дьуерэлэhииттэ.

Олонхо былыргы дьыл мындаатыттан, урукку дьыл уор5атыттан, ааспыт дьыл ар5аhыттан диэн тун былыргыттан туеhэн, аан дойду уескээhиниттэн Саха омук оло5ун кэпсиир. Кини ейдебуллэрин, киэннэрэ дириннэрэ бэрт буолан аныгы наука ситиhиилэрин кытта алтыhыннара тутан ырытан кердеххе эрэ, билинни киhи ейдуен-ырытыан, наука5а сана саба5алааhыннары оноруон сеп.  Олоңхо-бухатыырдар охсуhууларын хоhуйан көрдөрөр эпическай айымньы.

    Олонхо5о айыылар уонна абааhылар Уордаах Уот кыргыhыытын кэнниттэн аан дойду уескуур. Бу кыргыhыыны ойуулааhын айыл5а5а буолбут улахан уларыйыыны кердерер. Ус дойду урдунэн биир дьаhалта-Дьыл5а тойон , Чыныс хаан, Одун биис «дьаhалтата» эбэтэр айыл5а уларыйбат кытаанах ыйаа5а уескуур.

 Саха омук фантазиялыыр күүҺэ –саха бухатыырдарын эрэйдээх-буруйдаах, түһүүлээх-тахсыылаах киэң сырыыларыгар, хараңа күүһү кытта охсуhан кыайыыларыгар-хотууларыгар, алын халлаан анныгар, орто, аллараа дойдуларынан сырыылара олоңхо буолан тахсыбыта бадахтаах.

   Олонхо биир сурун ейдебулунэн Ус дойду уеhээ, Орто ,Аллараа дойдулар ейдебуллэрэ буолар. Орто дойду киhи аймах олохсуйбут сирэ. Киhи олохсуйбут орто дойдута Сир планета.(солнечная система-Кун сирэ).Уеhээ, аллараа дойдулар атын планеталар буолуохтарын сеп курдук. Уеhээ абааhылар дойдулара «салбана кетер сатата, саккырыы кетер илбиhэ» бу сир улахан космическай сарданалаа5ын, онтон аллараа дойдуга «оо5уй о5ус батыллар о5уруктаах уот дьэбэрэ» баара манна олус куустээх магнит тардыыта баар буолуонн себун кердерер. Аллараа дойдуга «дьелеру утугэн тугэ5ин курдук чемеруйэ дьелеруйэн туспутунэн» киирэллэрэ уонна аллараа дойдуттан туох да кыайан теле кетен тахсыбата бу дойдуга Космос куйаарыгар баар «дьеле5ес» (черная дыра) ейдебулугэр чугаhатар. Улахан дэлби тэбиини («Большой Взрыв») , эрдэтээни куйаар олус итиитин(«Горячая Вселенная», аан дойду кэнээн иhиитин («Расширяющаяся Вселенная») уонна кэнээhин хаhан да тохтооботун («открытая модель космоса») туhунан улахан суолталаах ейдебуллэри уус-ураннык ойуулаан-оhуордаан хоhуйууну керуеххэ сеп.

     Олонхо атын сурун ейдебулунэн Аал-Луук масс ейдебулэ буолар. Кини Орто дойдуну «тобулу уунэн сир-дойду сиксигин устун силигилии сириэдийбит эбит», лабаалара уеhэ уунэн тахсан баран, аллараа намылыйан туhэр. Онтон силистэрэ аллараа туhэн иhэн ере уунэн е5уллэн тахсар. Онон, бу масс лабааларынан, силистэринэн орто дойдуну иилии эргийэр. Манна «сир-дойду сиксигэ» диэн Сир шарын полюстара этиллэр буоллахтарына уонна бу масс орто дойдуну эргитэр диэн ейдебулгэ киирдэххэ. Ебугэлэрбит бу маhынан сирэйдээн Сир шарын эргитэр Сир киинин (геомагнитная ось земли) уонна кини биомагнитнай сурааhыннарын (масс лабаалара , силистэрэ) кердербут буолуохтарын сеп. Ханнык ба5арар олонхо5о Аал-Луук –мас оло5у уескэтэр куус быhыытынан бэриллэр.

     Олонхо наука5а оло5урарын таhынан айыл5аны тыыннаа5ымсытан кердерер. Киниэхэ сугуруйууну, ытыктабылы уескэтэр.

                           Олонхо Аан дойдуга билиннэ.

     2005 сылга ЮНЕСКО комитетын улахан дьүүллүүр түмсүүтүн быhаарыытынан Олоңхо Аан дойду культуратын биир дьикти айымньытынан быhааран үйэтитэргэ уурдулар. Ол иhин да бу муус -хайың дойдуга суол солоон, эркээйи охсон,олохсуйан тыыннаах хаалары таhынан Үрдүк Айыылар үөрэхтэрин-Олоңхоту айан Саха норуотун историческай, культурнай олохторун этэн-тыынан биhиэхэ а5алан бэлэхтээбиттэрин өбүгэлэрбит барахсаттар биэрбит сүдү күүстэрин уо5а билигин да бу удьуордарын хааныгар уоста илик буолан, туруулаhан туруорсан Аан дойду ааттаахтарын кытта алтыhан Олоңхо Улуу айымньы буоларын дакаастаатылар.(8).

                                   

                                                Олоңхо тутула:

  1. Олоңхо киириитэ:бухатыыр төрөөбүт-үөскээбит төрдүн-ууhун, дойдутун-сирин, кини дьүhүнүн-бодотун, таңаhын-сабын, сэбин-сэбиргэлин хоhуйуу.
  2. Төрүөт:кини ол курдук үчүгэйдик олордо5уна, абааhы бухатыыра эмискэ саба түhэн, уоран талан былдьаан барара көстөр.
  3. Бухатыыр сырыыта –айана. Айыы бухатыыра абааhы бухатыырын кытта охсуhуута көстөр:охсуhуу араас сирдэринэн барар,араас көрүңнэнэр,араас быhылааннары, кирбиилэри туоруур. Ол да буоллар айыы бухатыыра кэнники геройдуу кыайар.
  4. Бухатыыр охсуhуута бүтэн, сырыытын айанын ситэн, атын дьонун быыhаан төрөөбүт дойдутугар-сиригэр кэлэр.
  5. Кинини дьоно айхаллыы көрсөллөр, ыhыах ыhан улуу үөрүү буолар, дьоллоох олох эргийэр, уоллаах кыыс холбоhон, киhи-сүөhү төрдө буолан олороллор.

       Олонхо ойуулуур дьуhуйэр тыла-еhе баайынан дэлэгэйинэн, ейдебуллэрэ дирининэн, киэнинэн сэхтэрэр. Ол да иhин былыр былыргыттан олонхоhут Саха дьонун ытыктабылын, сугуруйуутун ылар, уйэлэр усталарыгар киирэн уос номо5ор киирэн кэпсээннэ сылдьар. Олонхоhуттар ыалтан ыалга ынырыыга, кундугэ-мааныга сылдьаллара. Онтон олонхо умнулла быhыытыйа сылдьыбыта. Билигин олонхо сана тыыннанна.

                                   Кыра кылаас о5олорун олонхо5о сыhыарыы.

     О5отуттан улаханыгар диэри олонхону интэриэhиргиир буоллубут. Кыра кылаас о5олоро олонхону бэйэлэрэ аа5аллара ыарахан. Тылларын саппааhа, баайа тиийбэт буолан ейдеебеттере элбэх. Онноо5ор улахан киhи ейдеен-дьууллээн толкуйдаан эрэ аахта5ына сатанар.

   Кыра кылааска «Нуо5алдьын кугас аттаах Тойон Дьа5арыма бухатыыр» олонхоттон быhа тардыы 4 кылаас программатыгар баар. Ити о5ону олонхо5о сыhыарыам, интэриэhин тардыам диэтэххэ кэрэгэй. Онон, алын кылаастарга кылаас таhынан улэ ситимигэр киллэрэн утумнаах улэни ыыттахха эрэ сатанар диэн санаа5а кэлэммит бырайыак онорон улэлээбиппит  7 сылыгар барда.

Сыала: «Терут тылтан тустэнэн туспут Ийэ Тылбыт-бу урдук Айыылар орто дойду хас биирдии киhитигэр санаатын сай5аннын, толкуйун тобулуннун, ейун кууркэтиннин, кутун салайыннын, буор кутун бу5атытыннын диэн тус бэйэтигэр эрэ чуо анаан биэрэр суду бэлэхтэрэ буолар эбит,»-диэн Мандар Уус эппитигэр оло5уран  Ийэ тыл сумэтин, баайын алын кылаас уерэнээччилэригэр теhе кыалларынан инэрии.

Соруга:-Кыра кылаас уерэнээччилэрин олонхо ненуе ырыа5а-тойукка, ункуугэ-битиигэ,чабыр5ахха, оhуохайга, сахалыы угэстэргэ, сиргэ-туомна уерэтии.

    -киhилии киhини олонхо геройдарын айыл5а5а, тереебут дойдуга, норуокка, аймахха- хаанна бэриниилээх буолууларын холобурунан иитии;

-олоххо керсер ыарахаттары толлубакка туоруурга бе5е санааны инэрии;

Сананы киллэрии: Сахалыы тыл-ес, ырыа-тойук эгэлгэтэ барыта олонхо5о баар. Олонхолуон ба5арар о5о дьарыктанна5ына эргиччи куускэ сайдар. Онон, кыра кылаас о5олорун олонхону уерэтиинэн сайыннарыы.

Саба5алааhын:о5о тереебут тылын баайын баhылыырыгар, санаатын толору тиийимтиэтик этэ уерэнэригэр, ис санаатын суругунан тиэрдэ уерэнэригэр, салгыы бэйэтэ чинчийэригэр олук уурууллуо5а. Тыла сайынна5ына уерэ5ин да чэпчэкитик ылыныа. О5о сыана5а холкутук тута-хапта уерэннэ5инэ кута-сурэ кууhурэр, дьонтон толлугаhа суох буола уерэниэ.

Алын кылаас о5олоругар олонхону уерэтии бырайыага.

(3 туhумэхтээх).

1.Кылаастарынан уерэтиллэр темалары наардааhын:

кылаас

1кылаас

2 кылаас

3 кылаас

                           4 кылаас

темаларн

1.Олонхо-уус-уран айымньы.

2.Ус дойду.

3.олонхо тутула.

4.Олонхо геройдара.

5.Спектакльга кыттыы.

1.Олонхо сирэ-уота.

2.Олонхо геройдарын танастара-саптара.

3.Олонхо геройдарын сэптэрэ-сэбиргэллэрэ.

4.Олонхо5о сахалар дьарыктара,келелере.

5.Спектакльга кыттыы.

1.Олонхо5о кыыс о5о анала.

2.Олонхо5о уол о5о анала.

3..Олонхо5о кестер си эр-туом.

4.Олонхо5о кестер угэстэр.

5.Спектакльга кыттыы.

1.Олонхону аа5ыы.

2.Олонхо тематыгар рефераттар.

3.Толорорго холонуу.

4.Кестуумнэргэ эскиз оноруу.

5.Спектакльга кыттыы.

2.Ыытыллар дьарыктар сыллаа5ы былааннара (практическайа).

     кылаастар

ыйдар

1кылаас

2 кылаас

3 кылаас

4 кылаас

Бала5ан ыйа

уруhуйдааhын

Саха ункуутэ.

Уруhуйдааhын

Эрэкэ-дьэрэкэ

ункуутэ.

Уруhуйдааhын

Дьеhегей ункуутэ.

Кестуумнэри уруhуйдааhын

Бухатыырдар ункуулэрэ.

Алтынньы

Бэйэни билиhиннэрии

Бэйэни хоhуйуу

Бэйэни билиhиннэрии

Бэйэни хоhуйуу

Бэйэни билиhиннэрии

Бэйэни хоhуйуу

Бэйэни билиhиннэрии

Бэйэни хоhуйуу

сэтинньи

Кыталыктар ункуулэрэ

Ыhыах ункуутэ.

Уда5аттар ункуулэрэ.

Сайылык о5олоро ункуу

Ахсынньы

быhа тардан аа5ыы керуутэ

быhа тардан аа5ыы керуутэ

быhа тардан аа5ыы керуутэ

быhа тардан аа5ыы керуутэ

Тохсунньу

Тойук

Тойук

Тойук

Тойук

Олунньу

Оhуохай

Оhуохай

Оhуохай

Оhуохай

Кулун тутар

Уеруу ункуутэ.

Оноhуктар выставкалара

Абааhылар

ункуулэрэ. Оноhуктар выставкалара

Чыычаахтар

ункуулэрэ. Оноhуктар выставкалара

Оhуор ункуутэ. Оноhуктар выставкалара

Муус устар

Рефераттар

Дьиэ кэргэнинэн уруhуй конкурса

Рефераттар

Дьиэ кэргэнинэн уруhуй конкурса

Рефераттар

Дьиэ кэргэнинэн уруhуй конкурса

Рефераттар

Дьиэ кэргэнинэн уруhуй конкурса

Ыам ыйа

Спектакль

Спектакль

Спектакль

Спектакль

Рефераттар барыллааhын темалара:

1.Олонхо ус дойдута.

2.Олонхо кынаттаах ата.

3.Олонхо бухатыыра.

4.Абааhы бухатыыра.

5.Орто дойду кыыhа.

6.Аллараа дойду кыыhа.

7.Олонхо5о  Аан Алахчын.

8.Олонхо кетере-суурэрэ.

9.Олонхо5о ийэ анала.

10.Олонхо5о а5а оруола.

11.Бухатыыр дойдута.

12.Олонхо5о а5а саастаахтарга сыhыан.

           Тереппуту кытта улэ:

-тереппуттэргэ уерэх;

-Тереппуттэр реферат суруйуутугар кемелере;

-Кестуумнэри тигии;

-уруhуй конкурсугар кыттыы;

-декорация, бутафория оноhуутугар кеме.

-дьиэ кэргэнинэн олимпиада;

 

Туруоруллубут олонхолор:

1.2006с.П.А.Ойуунускай «Тунал5аннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо» (куукуланан).

2. 2007с.П.А.Ойуунускай «Тунал5аннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо».

3. 2008с.«Халын Хадаар Боотурдара».

4.2009с. П.Ядрихинскэй «Дьырыбына Дьырылыатта».

5.2010с. С.Васильев «Ус Кырыылаах Ме5уруур Бе5е».

Куолаан уерэтии:

-«Саhар5а» фольклорнай куруhуок;

-«Олонхо хамсаныылара» ритмика куруhуога;

-«Мэнигийээн» куукула театра;

-Этнориторика.

Олонхону уерэтии туох кедьуустээ5ин чинчийии тумугэ:

Ыйытыкка барыта 51 уерэнээччи кытынна. % кылаас-9 о5о, 6 кылаас-13 о5о, 7 кылаас- 6 о5о, 8 кылаас-10 о5о, 9 кылаас-7 о5о, 10 кылаас-6 о5о. Бу о5олор начальнай кылааска уерэнэ сылдьан бу проекка хабыллыбыт о5олор. Ыйытык бу улэ тее кедуустээ5ин, сал5анара теhе наадалаа5ын, о5о5о теhе инэ сылдьарын быhаарар сыаллаах ыытылынна.

Анкета боппуруостара:

1.Олонхо тутулун билэ5ин дуо?

2.Олонхо туруоруутугар кыттыбытын дуо?

3.Онтон астына5ын дуо?

4.Сатаан туойа5ын дуо?

5.Оhуохай тылын этиэн этэ дуо?

6.Хомуска оонньуугун дуо?

7.Ессе олонхону туруорууга кыттыан этэ дуо?

8.Олонхону аа5а5ын дуо?

9.Ким оруолун толоруон этй?

10.Олонхо олоххо уерэттэ дуо?

11.Олонхоhуттары билэ5ин дуо?

ыйытыы

кылаас

билэ-

5ин

дуо

кыт-тыбы-

тын?

асты-

на-5ын?

то-

йук

оhуо-

хай

хо-

мус

ессе

кытт

аа5а-

5ын?

уерэт-

тэ

олонх-ры

билэ

5ин?

5 кл -9

9/0

9/0

9/0

9/0

4/5

5/4

9/0

4/5

5/4

4/5

6 кл-13

13/0

9/4

9/4

6/7

6/7

7/8

8/5

1/12

9/4

3/10

7 кл-6

6/0

13/0

7/6

2/4

3/3

2/4

4/2

2/4

6/0

2/4

8 кл-10

10/0

9/1

9/1

5/5

3/7

4/6

8/2

4/6

9/1

4/8

9 кл-7

7/0

7/0

7/0

2/5

4/3

7/0

7/0

3/4

5/2

2/5

10 кл-6

6/0

2/0

2/0

2/4

6/0

6/0

3/3

0/6

6/0

1/5

51 о5о

51/0

46/5

40/11

26/25

31/20

25\26

36/15

14\37

44/7

17/34

Ханнык оруолу оонньуон этэй?

Айыы киhитэ-9;

Кэрэ Куо-5;

Кыталык-1;

Уда5ан, ойуун-2;

О5онньор-5;

Бухатыыр-11;

Любой-5;

О5о-1

Кыттааччы ахсаана:

2006с.-54 о5о

2007с.-48 о5о

2008с.-46 о5о

2009с.-42 о5о

2010с.-38 о5о

Тумук: Алын кылаас о5олоругар олонхону уерэтиини Саха норуотун фольклорун уерэтиини кытта сибээстээн, таба туhаннахха, олонхо тыла-еhе о5о5о судургутук тиийэр уонна о5ону бары еттунэн сайыннарарга уонна киhилии киhини иитэргэ, Ийэ тылы сайыннарарга  олонхону оонньоон кердеруу олус туhалаах. Онон, маннык улэни тиhигин быспакка утумнаахтык ыытыахха наада.

    Бу бырайыагынан улэлээбиппит тумугэр алын кылаас о5олоро хомо5ойдук санарар , истээччигэ тиэрдэр, уустаан-ураннаан санарар, ейтен суруйар, ейге онорон керер, толкуйдуур, бол5омтолоох буолар, тэннээн керер сатабыллара  кууhурдэ диэн билинэбит.

   О5олор ункуулуургэ, чабыр5ахтыырга, уус-ураннык аа5арга, туойарга, хомустуурга, оhуохай тылын таhаарарга, алгыска, сиэргэ-туомна, угэстэргэ уерэннилэр.

  Олоххо сырдык санаа баhыйарыгар итэ5эллээх буоллулар.

Туhаныллыбыт литература:

1.Саха фольклора. Оскуола иннинээ5и саастаах о5олорго. Дьокуускай 1993с.

2.Саха фольклора. Хрестоматия. Дьокуускай 1986с.

3.Төрүт култуура. Г.С. Попова-Санаайа. Программа.Дьокуускай 2007 с.

4Олоңхо тыла. Н.И.Филиппова.Дьокуускай 2005с.

5.Олоңхо5о кэпсэтии сиэрэ. Н.И.Филиппова. Дьокуускай 2006 с.

6.Олоңхо педагогиката:олоххо киллэрии, суола-ииhэ, ньымалара. Е.П.Чехордуна, Н.И.Филиппова. Дьокуускай 2007 с.

7.Фонд сюжетных мотивов и музыка олонхо в этнографическом констексте. Якутск 2005г.

8.Чолбон 2006с №8 «Олоңхо –этнопедагогика уонна культура чыпчаала» К.В.Павлов

9.Чолбон 2006 №11 Н.И.Филиппова «Олоңхону оскуола5а үөрэтии историятыттан».

10. «Олонхону философия наукатыгар киллэрэн» А.С. Попова «Орто дойду хаhыат 26.11.09.

11.Н.П.Тимофеев «О5ону олонхолуурга уерэтии».Дьокуускай 2009с.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Дьиэ кэргэннэ о5олору сахалыы ньыманан иитии

Воспитывать детей на традициях народа Саха...

Алын кылаас о5отун олонхону аа5арга уьуйуу

Билинни кэмнэ о5олорбутугар телевизор, компьютер, видео, сотовай телефон сабыдыала улаатан иьэр. Бу аныгы тэриллэргэ аралдьыйан о5о сахалыы уус–уран кинигэлэри аахпат, фольклору билбэт буолан иьэр, са...

Оҕону өй-санаа, майгы-сигили өттүнэн уонна төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууга иитии ПРОГРАММАТА. “Төрөөбүт алааскын эн таптаа “

Оҕону өй-санаа, майгы-сигили өттүнэн уонна төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууга иитии ПРОГРАММАТА. “Төрөөбүт алааскын эн таптаа &ldquo...

Организация нетрадиционных уроков по родной литературе как средство оценивания умений младших школьников. Методическое пособие для учителей «Алын сүһүѳх кылаастарга саха литературатыгар түмүктүүр уруоктар»

АннотацияСистематический контроль знаний и умений учащихся - важнейшее условие повышения качества обучения. В настоящем пособии рассматриваются разнообразные формы контроля, применяемые на уроках лите...

Алын сүһүөх кылаас оҕолоругар ааҕыы уруоктарыгар туттуллар ньымалар

Алын сүһүөх кылаас оҕолоругар ааҕыы уруоктарыгар туттуллар ньымалар...

Устный журнал "Алын кылаас ,быраьаай!" (на родном языке)

Сценарий устного журнала  на якутском языке "Алын кылаас,быраьаай!"...

Алын кылаас үɵрэнээччилэрин ааҕыыга уhуйуу

Аныгы олох тэтимэ олус түргэнник сайдар. Интернет, смартфон, телевидение баһылыыр кэмигэр ааҕыыга интэриэс намтааhына бэлиэтэнэр.        Кинигэ- билии төрдө. Үчүгэй ...