Алын кылаас о5отун олонхону аа5арга уьуйуу
статья на тему

Федорова Анастасия Алексеевна

Билинни кэмнэ о5олорбутугар телевизор, компьютер, видео, сотовай телефон сабыдыала улаатан иьэр. Бу аныгы тэриллэргэ аралдьыйан о5о сахалыы уус–уран кинигэлэри аахпат, фольклору билбэт буолан иьэр, санааларын сааьылаан сахалыы уустаан-ураннаан сатаан эппэт буоллулар. Онон о5о саныыр санаатын, тугу билбитин-кербутун сааьылаан, уустаан ураннаан кэпсиир саха тылыгар интэриэьи уескэтии, куедьутуу курдук улахан соруктар тураллар.

Олонхону аа5ыы, хайаан да олонхоьут киьи буолуу диэн буолбат. Олонхону ким ба5арар аа5ан ис хоьоонун ейдуен, билиэн сеп. Оттон олох интэриэьиргээтэхтэринэ, анаан дьарыктанан олонхону ыллыырга уерэниэхтэрин сеп. 

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл alyn_kylaas_o5otun_olonkhonu_aa5arga_uuyuu.docx26.6 КБ

Предварительный просмотр:

Федорова Анастасия Алексеевна

учитель начальных классов

МБОУ – Кырыкыйская основная общеобразовательная школа

Алын кылаас о5отун олонхону аа5арга уьуйуу

(дакылаат)

Саха норуотун тылынан айымньытын саамай кылаан чыпчаала – олонхо. Кини суолтата анардас тыл уус-уран айымньыта буоларынан эрэ буппэт. Кини саха норуотун историятын, философиятын, итэ5элин, тереебут айыл5атын уерэтэргэ суолтата эмиэ улахан.

Олонхону саха норуота уйэлэргэ уьаарыллыбыт еркен ейунэн айыллыбыт оло5ун философиятын, кыра о5олорго уерэтэр, тириэрдэр ыарахан, ол эрэн олус улахан суолталаах. Билинни кытаанах кэмнэ, бутуурдаах олоххо эдэр киьи бэйэтин суолун, тирэ5ин булунар сахалыы эйгэ, олонхо кута-сурэ эрэ туьалыан сеп.

Билинни ыччат терут омугун, историятын, культуратын учугэйдик табан ейдуур эрэ буолла5ына, бэйэтин сэнэммэккэ, туьунан улуу омук курдук сананыа5а. Норуот кууьэ – ейугэр, ейун кууьэ – тылыгар диэн этэллэр. Тыл бары бастына, сумэтэ фольклорга, олонхо5о баар. Ол иьин олонхону кытта билиьиннэриини кыра эрдэхтэн са5алыахха наада.

Билинни кэмнэ о5олорбутугар телевизор, компьютер, видео, сотовай телефон сабыдыала улаатан иьэр. Бу аныгы тэриллэргэ аралдьыйан о5о сахалыы уус–уран кинигэлэри аахпат, фольклору билбэт буолан иьэр, санааларын сааьылаан сахалыы уустаан-ураннаан сатаан эппэт буоллулар. Онон о5о саныыр санаатын, тугу билбитин-кербутун сааьылаан, уустаан ураннаан кэпсиир саха тылыгар интэриэьи уескэтии, куедьутуу курдук улахан соруктар тураллар.

Олонхону аа5ыы, хайаан да олонхоьут киьи буолуу диэн буолбат. Олонхону ким ба5арар аа5ан ис хоьоонун ейдуен, билиэн сеп. Оттон олох интэриэьиргээтэхтэринэ, анаан дьарыктанан олонхону ыллыырга уерэниэхтэрин сеп.

Кыра кылаас о5ото билиини аа5ан, оонньоон, толкуйдаан ылынар. Бу кэмнэ аа5ар, суруйар, тылы байытар, санарар сананы, толкуйдуур дьо5уру сайыннарыыга тирэ5ирэн сайдар кэм. Бу кэмнэ олонхо сыаннастарынан оло5уран о5о кутун-сурун иитэр, ейун-санаатын сайыннарар сыалы-соругу ситиьиэхпитин сеп. Онон о5ону кыра сааьыттан са5алаан олонхо5о кэрэхсэбили уескэтэн, салгымтыата суох уруоктар, дьарыктар кемелерунэн олонхо сурун санаатын тирэх оностон сиэрдээх майгыга, ейге санаа5а, сиэргэ–туомна иитиэхтээхпит, уйул5а хамсааьынын сааьылыахтаахпыт.

Ол инниттэн о5ону кыра сааьыттан олонхо эйгэтигэр уьуйар «Олонхо дойдута» диэн уруоктаьынан эбии дьарык программатын бырайыагын суруйдум. Оскуолаларга ФГОС киирэн, о5о эбии дьарыктанарыгар 10 чаас керулубутугэр, онно киллэрэн бупрограмманы улэлэтиэххэ сеп.

Бу дьарыкка о5олорго олонхону толотторор сорук  турбат. Манна о5о олонхону аа5ан, кыра сааьыттан олонхону чугастык ылынарыгар, олонхо5о сене сылдьар ийэ тыл баайын инэринэригэр кемелеьер аналлаах.

Бу программаны алын кылаас о5олоругар анаан, биир сылга аттаран оноьулунна.

Программа сыала:

Олонхону аа5ыыга о5о интэриэьин тардыы,  о5о айар дьо5урун, сатабылын сайыннарыы, олонхо дойдутун кытта билиьиннэрии, сиэри-туому тутуьуннарыы.

Соруга:

- «Кулун Кулустуур» медиа диск, «Олонхо дойдута» кинигэ кеметунэн уерэнээччи олонхо туьунан билиитин керуутун кэнэтии;

- о5о дор5оонноохтук, чуолкайдык аа5ар, сахалыы толкуйдуур дьо5урун сайыннарыы;

- сахаулууолонхотун, олонхоьуттарынуерэтии, чинчийии;

- олонхо сурун санаатын олоххо–дьаьахха туьаныы, сиэрдээх майгыга, ейге-санаа5а, сиэргэ-туомна уьуйуу.

Дьарыкпыт теоретическай, практическай уонна сынньалан чаастартан турар. Теоретическай чааьыгар Е.П. Чехордуна «Олонхо дойдута» кинигэнэн, И. Теплоухов «Кулун Кулустуур. Олонхо» диискэнэн улэлиибит. Уран тылынан олонхо сирин-дойдутун, геройдарын ойуулаан аа5арга уерэнэллэр. Практическай чааьыгар олонхону аахтарыы, ис хоьоонун кэпсээьин, уруьуйдааьын, пластилининынан оноьуктары оноруу ыытыллар. Сынньалан кэмигэр остуол оонньууларын оонньооьун, олонхо5о сыьыаннаах таабырыннары, ребустары таайыы, бэйэлэрэ толкуйдаан таайтарыылара ыытыллар.  Уруок оонньуу быьыытынан барара ордук интэриэьинэй буолар. Сыл тумугунэр олонхоттон быьа тардан оонньоон кердеруу уонна уруьуйдар, оноьуктар выставкаларын тэрийии буолар.

Бу дьарыкка сылдьан сыл тумугэр о5о сатыахтаах:

- олонхону ейдеен истэр, дор5оонноохтук аа5ар, ырытар;

- олоххо-дьаьахха сиэри-туому тутуьар;

- айыл5аны харыстыыр;

- а5а саастаах дьонно убаастабыллаахтык сыьыаннаьар;

- учугэйгэ, кэрэ5э тардыьар сиэрдээх киьи буолуохтаах.

Алын кылаас о5олоро олонхо сирин-дойдутун, халлаан эттиктэрин, дьонун-сэргэтин олук хоьоонноруттан са5алаан уерэтэн, уус-уран тылга сыыйа киирдэхтэринэ, олонхо5о о5о санарара, аа5ара, толкуйдуура сайдарыгар туохха да тэннэммэт кылаат буолар. Ханнык ба5арар норуот терут культуратын, искусствотын билэр, киэн туттар, сайыннарар буолла5ына, бу норуоту атыттар кэрэхсиир, ытыктыыр буолаллар.

Олонхону истэ, аа5а, толкуйдата, ырыттара, оруолларынан толотторо уерэтэри ситиьиллиэхтээх. О5о аа5ар дьо5урун, кыра кылаастан са5алаан сайыннарар наадаттан, олонхо айымньыларынан эбии аа5арга дьарыктаан о5о интэриэьин тардыахха, ке5улуеххэ наада. Олонхо уруоктарыгар о5о5о тиийимтиэ, интэриэьинэй буоллун диэн электроннай пособиелары, презентациялары туьаныллар.

Олонхону истэ, сэргии, аа5а уерэттэххэ о5о тылын саппааьа байар, толлон турбакка санаатын сааьылаан этэр, тереебут дойдутунан, дьонунан – сэргэтинэн киэн туттар. Итинэн алын кылаас о5олорун уустаан-уранннаан санаралларыгар, атын омук да ортотугар сырыттахтарына, саханы саха дэтэр санаа5а иитиллэригэр олук буолар.

Туьаныллыбыт литература:

  1. Олонхо дойдута – Земля Олонхо. П.А. Ойуунускай олонхотунан кырачааннарга ойуу кинигэ /Н.Е. Ябловская ойуулара; [хомуйан онордо Е.П. Чехордуна]. – Дь.: Бичик, 2006.
  2. Олонхо ойуулаах тылдьыта кыра оҕо, иитээччи, тереппут туьанарыгар аналлаах /хомуйан онордулар: В.В. Аммосова, Н.И. Филиппова, Е.П. Чехордуна; худуоьунньук С.Е. Старостина, И.Ю. Пестряков/. – Дьокуускай: Якут.край, 2009
  3. Оросин К.Г. Дьулуруйар Ньургун Боотур: олонхо: алын кылаас о5олоругар/К.Оросин.- Дь.: Бичик, 2008
  4. Олонхо: ебугэ уерэ5э уонна билинни кэм: олонхону сырдатааччылар форумнара/ СахаРесп. Уерэ5ин мин-та, Терут омуктар оскуолаларын чинчийэр  институт / ред. белех: Н.И. Филиппова, Е.П. Чехордуна, У.М. Флегонтова/ - Дьокуускай: Офсет, 2006
  5. О5о уонна олонхо: респ.науч.-практ.семинар матырыйааллара, ахсынньы 3-4 куннэрэ, 2008 с /хомуйан онордо А.Д. Софронова/ . – Дьокуускай: Компания «Дани Алмас», 2009


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Статья «Кыра кылаас о5отун терут дьарыкка сыhыаран сайыннарыы»

«Кыра кылаас о5отун терут дьарыкка сыьыаран сайыннарыы»Яковлева Е.Г. , М.Н. Турнин аатынан Тыараґа орто оскуолатын алын суьуех оскуола учуутала.        Норуот педаг...

Олонхо педагогиката: алын кылаас о5олорун олонхонон иитии- уерэтии . (Алын кылаас учууталларын методическай холбоhугун улэтинэн).

Төрөөбүт тыл-киhи үөрэ5и билиини кэбэ5эстик ылынар, өйө санаата туругурар, майгыта сигилитэ ситэр, иhирэх иэйиитэ уhуктар,өлбөт үйэлээ5и айар- тутар дьо5ура тобуллар айыл5аттан бэриллибит эйгэт...

Организация нетрадиционных уроков по родной литературе как средство оценивания умений младших школьников. Методическое пособие для учителей «Алын сүһүѳх кылаастарга саха литературатыгар түмүктүүр уруоктар»

АннотацияСистематический контроль знаний и умений учащихся - важнейшее условие повышения качества обучения. В настоящем пособии рассматриваются разнообразные формы контроля, применяемые на уроках лите...

Алын сүһүөх кылаас оҕолоругар ааҕыы уруоктарыгар туттуллар ньымалар

Алын сүһүөх кылаас оҕолоругар ааҕыы уруоктарыгар туттуллар ньымалар...

Устный журнал "Алын кылаас ,быраьаай!" (на родном языке)

Сценарий устного журнала  на якутском языке "Алын кылаас,быраьаай!"...

Алын кылаас үɵрэнээччилэрин ааҕыыга уhуйуу

Аныгы олох тэтимэ олус түргэнник сайдар. Интернет, смартфон, телевидение баһылыыр кэмигэр ааҕыыга интэриэс намтааhына бэлиэтэнэр.        Кинигэ- билии төрдө. Үчүгэй ...