конспект урока Саха тыла « Солбуйар аат сирэйинэн, ахсаанынан уларыйыыта..» 4 кылаас
план-конспект урока на тему

Ноева Сата Ивановна

« Солбуйар аат сирэйинэн, ахсаанынан  уларыйыыта..»

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл solbuyar_aat.docx24.32 КБ

Предварительный просмотр:

МБОУ «Хадарская средняя общеобразовательная »

Тема: Солбуйар аат сирэйинэн, ахсаанынан  уларыйыыта

Ноева Сата Ивановна

Учитель начальных классов

Саха тыла.

4 кылаас

Тема:« Солбуйар аат сирэйинэн, ахсаанынан  уларыйыыта..»

Уруок тиибэ:Сананы биллэрии уруога.

Уруок сыала-Солбуйар аат  сирэйинэн, ахсаанынан уларыйалларын арыйыы;

                         - Солбуйар ааты сирэйинэн, ахсааннарынан араара уѳрэнии;

                         - Кырдьа5астарга бол5омтолоох буолууну, олохторун чэпчэтэ сатааhыны иитии.

Уэрэх эйдэбуллэрин инэрии тумугэ:

- бэйэни салайынар, дьаьанар сатабыл: учуутал кэмэтунэн уруокка сана били сыалын-соругун таайыы, бэйэ санааны этэргэ уэрэнии;

- билэр-кэрэр сатабыл: сананы арыйыы, уруокка ылбыт сана билиини сэпкэ туьаныы;

- бодоруьар сатабыл: бэлэххэ арахсан улэлииргэ уэрэнии, бэйэ санааны этэргэ, атын араас сана баарын ылынаргр, бэйэ-бэйэни кытта субэлэьэргэ, сатаан кэпсэтэр буоларга уэрэнии.

Тустаах уэрэх биридимиэтин уэрэтии тумугэ: Солбуйар аат сирэйинэнэн, ахсаанынан уларыйыытын билии, аа5ар, суруйар уэруйэхтэри сайыннарыы.

Уруок хаамыыта:

Уруок этаптара

Учуутал дьарыга

Үөрэнээччи дьарыга

1 этап. Тэрээhин чааhа

Утуэ кунунэн! Бугун биhиэхэ ыалдьыттар  кэллилэр. Кинилэргэ кэрэни,  утуэну ба5аран э5эрдэлиэххэйин. Бугун  бэлэхтэрунэн улэлиэхпит. Онон бэйэ икки ардыгытыгар эбээьинэскитин быьаарсын

Дорооболоһоллор.

Бэлэ5унэн эбээьинэстэрин быьаарсыы.

2этап.  Сана теманы чопчулааһын

3 этап. Эрдэ барбыкка тирэ5ирэр үлэ

1)        Хаартыскалар.(Слайд)

-Бу кимий?(Нарыйаана)

- Нарыйаана, бу кимий? (Мин)

- Оттон бу кимий? (Биhиги.Коллективнай хаартыска)

- Бу кимий? (Эн)

- Бу кимнээ5ий? (Эhиги)

- Бу кимий? (Кини)

- Бу кимнээ5ий? (Кинилэр).

-  О5олор,бугун тугу уэрэтэрбит буолуой?

Эрдэ уэрэппити хатылааьын. (Актуализация знаний)-О5олоор, ааспыт уруокка биhиги туох сананы билбиппитий? (Солбуйар ааты)

1) Солбуйар аат  туьунан тугу билэллэрин чопчулааьын.

-  Дуоска5а о5олор эппиттэрин учуутал суруйар. (сана чааьа, аат тылы солбуйар, «ким?» ыйытыыга эппиэттиир). Слайдага кэрдэруу.

2)Аны билигин бэлиэтэммит аат тылы солбуйар аатынан уларытын.

Биhиэхэ ыалдьыттар кэллилэр. Учуутал эс хоhооннорун уэрэттэ. Эбэн сэhэнэ киhини ордук умсугутар. О5онньордоох эмээхсин туохтан эрэ олус уэрбуттэр.

Слайдка бэйэлэрин хаартыскалара.

Нюта бэйэтин хаартыскатын “мин” диир

О5олор бэйэлэрин “биьиги”дииллэр

Учуутал хаартыскатынан – эн

Учуутал дьиэ кэргэнин хаартыскатынан-эьиги. Атын кылаас о5олорун хаартыскаларынан кини, кинилэр солбуйар аакка тахсаллар.

Солбуйар ааты салгыы уэрэтэбит

Аат тылы солбуйар аакка уларыталлар.

 4 этап. Сана билиини арыйыы.

- Солбуйар аат тугунан уларыйар дии саныыгытый? (субэлэьин, биэрбит материалбынан туьанын) 1 бэлэх биир ахсаанна турар солбуйар ааттары, иккис бэлэх элбэх ахсаанна турар солбуйар ааттары булар.(бэлэ5унэн улэ).

- Бэлэхтэн биир о5о тахсан хайдах араарбыттарын быьаарар.

2)Таблица.

Сирэй,        биир ахсаан, элбэх ахсаан, 1-гы, 2-с , 3-с. Бу тыллары солбуйар ааты кытта хайдах ситимниэххэ сэбуй? Таблицаны оноруу.  Сэпкэ онордубут дуу, сыыьа дуу? Ону хайдах бэрэбиэркэлиэххэ сэбуй? (Учебниктан). Кинигэбитин арыйдыбыт, бэрэбиэркэлэннибит.

Солбуйар аат сирэйинэн, ахсаанынан уларыйар эбит.        

Остуолга сытар карточкалары толорун.    

 

Солбуйар ааты бэлэхтууллэр.

Таблица онороллор.

Солбуйар аат сирэйинэн, ахсаанынан уларыйар эбит диэн быьаараллар.

Бэлэхтэрунэн булуу. Харандааьынан тардаллар.

5 этап. Ылбыт билиини инэрии

- Тексинэн улэ.

Алтынньы ыйга Сааhырбыт дьоннор куннэрэ ыытыллар. Ол кун кинилэргэ  бол5омто уурабыт. Биhиги кыhын оhох оттоллорун чэпчэтээри туос хомуйан биэрэбит. Маайа эмээхсин туос ылан уэрбут. Онтон Даайыс эмээхсиннэ  Толя туос хомуйбатах. Ону билэн Даайыhы уэрдээри Мичиллээх Нарыйа туос хомуйан биэрбиттэр. Даайыс кинилэргэ махтаммыт: «Эhиги утуэ санаалаах   о5олор эбиккит», - диэбит.

- О5олор, биhиги кырдьа5астарга хайдах сыhыаннаhыахтаахпытый?  

- Сорудах: Солбуйар ааты булан суруйун. Сирэйин, ахсаанын ыйын

 

Сынньалан мунуутэ.

Мин хаамабын. Биhигихаамабыт.

Эн суурэ5ин. Эhиги суурэ5ит.

Кини ойор. Кинилэр ойоллор.

Мин турабын. Биhиги турабыт.

Эн эргийэ5ин. Эьиги эргийэ5ит.

Кини олорор. Биьиги олоробут.

- Мин уэрэтэр оголорум эьиэхэ видеоыйытыылары ыыттылар. Баьаалыста, эппиэттииргитигэр кэрдэьэбун.

- Карточка5а баар этиилэри тэтэрээппитигэр устабыт. Сыыhаны кэннэрэбут.

Кинилэр хаар киhи оңордубут. Таhырдьа олус тымны буолбут. Биhиги саңа таас оскуола5а үөрэнэллэр. Халааңа дьүкээбил умайан тырымныыр.

 –Кэппут солбуйар ааттары туруоран  биэрин.

(мин)_____ ыраах   улэ5э барабын. _(биhиги)______ бугун улэбитин эрдэ бутэрдибит. ______ быйыл элбэх кунду  туулээ5и бултаатын. __(Эн)_____ куоталаhыыга бастаатыгыт. __(кини)_____ тэрдус кылааhы  хай5ал  лиистээх бутэрбитэ. __(кинилэр)___ быйыл кыhын элбэх кинигэни аахтылар.

 - Солбуйар аат этии ханнык чилиэнэ буолбутуй? (туhаан)

 (слайд) .Биhиги ол  кун кинилэргэ бол5омто уурабыт. Бу этиигэ солбуйар аат этии ханнык чилиэнэ буолла?

 -Таал-таал эмээхсиннэ  кэмэлэс.

Таал-таал эмээхсин туьунан остуоруйаны билэ5ит дуо? Билигин кини туьунан кэруэхпут.

- Таал-таал эмээхсиннэ кэмэлэьуэххутун ба5арар буоллаххытына этии аайы аат тыллары солбуйар аатынан уларытын уонна ахсаанын, сирэйин этин.

Слайдаттан аа5аллар.

Санааларын этэллэр. Туоьу кимиэхэ биэрбиттэрин кэпсииллэр.

Тэтэрээккэ суруйаллар, сирэйин, ахсаанын ыйаллар.

Видеоыйытыылар

Соруда5ы аа5аллар.

Сыыьаны кэннэрэллэр.

Атастаьан бэрэбиэркэлииллэр.

Солбуйар аат туьаан буолбутун быьаараллар.

“Таал-таал эмээхсин”видеоролигы кэруу.

6 этап. Рефлексия

-Бүгүннү уруоктан туохха үөрэннигит?

-Тугу сөбүлээтигит?

- Солбуйар ааты туттан бугунну уруок туhунан этиитэ толкуйдаан.

               - Бэйэ5итигэр сыана туруорун. Таблицаны толорун.

Уруокка актыыбынайдык кытынным

Бэлэ5унэн улэ5э кыттыым

Эйдээтум

Тумук

Бу уруокка о5олор тугу билбиттэрин, туохха үөрэммиттэрин, тугу сөбүлээбиттэрин, санааларын этэллэр.

Таблицаны толороллор.

7 этап. Түмүк

-Манан биһиги уруокпут түмүктэнэр. Аныгыс уруокка көрсүөххэ диэри. Көхтөөх кыттыыгыт иһин махтал!


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

конспект урока по русскому языку 4 класс " Имя прилагательное", конспект урока по математике 4 класс "Деление многозначного числа на однозначное"

Конспект урока по русскому языку ( 4 класс). Автор учебника - Рамзаева. Тема урока - " Имя прилагательное". Тип урока - открытие новых знаний.   Конспект урока по математике ( 4 класс). Автор -...

Конспект урока окружающий мир на тему "Равнины и горы". В конспекте указаны этапы урока и виды деятельности учителя и учащихся.

В конспекте урока расписаны этапы урока и виды деятельности учащихся на каждом из них. Знакомство с новым материалом подводится через решение проблемной ситуации. На уроке дети работают в парах, групп...

План-конспект урока по физической культуре для 4 класса. Конспект - урока: Использование современных танцевальных фитнес программ на уроке физической культуры

Цель: Повысить интерес к занятиям физическими упражнениями, через музыкально - двигательную деятельность учащихся, содействовать поддержанию и развитию их активности.Задачи:1.Формировать двигате...

. Конспект урока Буква Ё, ё. 1 класс ФГОС Подготовила Бондаренко Галина Васильевна, учитель начальных классов, МБОУСОШ № 23, г. Томмот, Республика Саха ( Якутия), Алданский район.

Цели:Образовательные: Формировать умение находить в словах букву Ё, знать, какие звуки она обозначает; читать слова с этой буквой. Совершенствовать навыки чтения, умения работать с текстом  (отве...

конспект урока по математике. тема: Столбигынан суоту хатылааьын 2 кылаас

ГБПОУ РС(Я) С.Ф.Гоголев аатынан Дьокуускайдаа5ы педагогичэскай колледж         Ахсаан уруогун ыытыы методикатаТиэмэ: «Столбигынан суоту хатылааьын. Задаача...

Конспект урока по "Национальной культуре народов Республики Саха (Якутия) " по теме "Якутская одежда"

      На этом уроке дети знакомятся с национальной одеждой народов саха. Наши предки жили в холодной земле. Зима длилась долго. И чтобы жить и работать в таком суровом климате на...