технологическая карта интегрированного урока по родной литературе и литературному чтению
план-конспект урока по чтению (4 класс)
Предоставлена готовая технологическая карта интегрированного урока для 4 классов.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
integr._urok_rodnaya_literaturaliteraturnoe_chtenie_ug.docx | 35.23 КБ |
Предварительный просмотр:
Төрөөбүт литература уруогун технологическай картата
Д. А. Петров аатынан Ытык-Куел 2 №-дээх орто оскуолатын алын сүһүөх кылаастарын учуутала: Рахлеева Матрена Петровна
Үөрэх предметэ: төрөөбүт литература + нуучча литературата
Кылааьа: 4
Кунэ-дьыла:
Уруок темата: Нууччалыыттан тылбаас. И.А. Крылов «Саһыл уонна виноград»
Уруок сыала: айымньы нөҥүө оҕону сиэрдээх, духуобунай ис баайдаах киһи гына иитиигэ дьулуһуу . Литература киһини иитэр суолтатын оҕоҕо тиэрдии.
Соруктара:
1.Ытык өйдөбүллэри үөрэнээччигэ иҥэрии:
- Төрөөбүт дойдунан, дойду историятынан уонна норуоттарынан киэн туттуу санаатын олохсутуу;
- Атын омук историятыгар уонна култууратыгар убаастабыллаахтык сыһыаннаьыы;
- Үөрэнэр баҕаны, бэйэни сайыннарыы;
- Бииргэ үлэлиир сатабылы сайыннарыы, инэрии;
- Сиэрдээх быһыыны, атын дьоҥҥо амарах сыһыаны иитии;
2.Үөрэх сатабылларын сайыннарыы:
1) Үөрэх дьарыгын сыалын уонна соругун өйдөөһүн, сөптөөх ньымалары булан туттуу, туһаныы, үөрэх дьарыгар туруоруллубут соруктарга олоҕуран былаанныыр, хонтуруолланар уонна сыаналанар, ситиһиигэ тиэрдэр ордук көдьүүстээх ньымалары быһаарыы;
2) Атын биридимиэттэри үөрэтэргэ «төрөөбүт литература» төрүт буоларын уонна биридимиэттэр алтыһыыларын (бодоруһуу, култуура, айымньылаах үлэ; кинигэ, ааптар, айымньы ис хоһооно; уус-уран тиэкис); гуманитарнай хайысхалаах биридимиэттэр икки ардыларынааҕы сибээһи өйдөтүү;
3) Сэһэргэьэр киһитин болҕойон истии, кэпсэтэргэ бэлэм буолуу, кэпсэтиигэ араас саҥа үөскүүрүн өйдөөһүн, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллыы, дакаастааһын;
3.Тустаах үөрэх биридимиэтин үөрэтии:
1) Уус-уран айымньы омук уонна аан дойду култуурата, сиэр-майгы сыаннастара буоларын уонна баар угэстэр харыстаныахтаахтарын, кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдиллиэхтээхтэрин өйдөтүү;
2) Ааҕыы суолтатын, араас көруҥнээх тиэкис ( билиһиннэрэр, үөрэтэр, талар, көрдүүр, чинчийэр) уратытын уонна ис хоһоонун өйдөтүү, дьүүллэһиитигэр кыттыы, дьоруой араас быһыытын-майгытын сиэр- майгы өттүнэн ырытыы, сыаналааһын;;
3) Айар дьоҕуру сайыннарыы
Туттуллар тэриллэр:
- Тиэкис суруллубут карточкалара;
- проектор-компьютер;
- А-4 лиистэр;
- суруйааччы биографиятын толорор таблица, бөлөхтөр ааттарынан таблицалар, бэйэни сыаналаныы лиистэрэ.
- Кинигэ быыстапката «Басни И.А.Крылова»
№ | Уруок этаптара | Учуутал улэтэ | Үөрэнээччи улэтэ | Үөрэх дэгиттэр үөрүйэхтэрэ |
1. | Тэрээьин чааьа | Слайд 1 - Сана кун үүммүтүнэн, оҕолоор! Үтүө санаа аргыстаах уруокпутун саҕалыаҕын! Күммүт ситиһиилээх, улэбит таһаарыылаах буолуохтун! | Уруокка бэлэм буолаллар | Ытык өйдөбүллэри инэрии: -сиэрдээх быһыыны, атын дьонно амарах сыһыаны иҥэрии Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: -айымньылаах улэҕэ баҕаны үөскэтии |
2. | Сыалы-соругу туруоруу а)айымньы иннигэр кини сурун идеятын көрдөрөр цитата - эпиграф | Слайд 2 «Смеясь, мы расстаёмся со своими недостатками». «Бэйэбит итэҕэстэрбитин күлэ-үөрэ туоратыахха!» (оҕолору кытта бэргэн этиини тылбаастааһын) Диалог: - Тоҕо мин уруокпутун маннык тыллартан саҕалаабытым буолуой? - Бу уруокка туох туһунан кэпсэтэрбит буолуой? - Дьон итэҕэһин ханнык уус-уран айымньыга ойуулаан көрдөрөллөрүй? -Оннук көрдөрөр дьону кимнээх диэн ааттыыбытый? - Кимнээҕи билэбитий? | Учууталы кытта бэргэн этиини тылбаастааһын. Диалог: - ………. - куһаҕан быһыы, итэҕэстэр тустарынан… - үгэ - басня. - үгэ суруйар дьон - баснописцы - Күн Дьирибинэ, Иван Андреевич Крылов… | Билэр-көрөр сатабыл: 1.Үөрэх сорудахтарын ырытыыга көхтөөхтүк кыттыы; Бодоруһар сатабыл: 1. Куннээҕи олоххо кэпсэтии ньыматын, тыл-өс култууратын баьылааьын; 2.Бэйэ санаатын уонна керуутун чопчулааьын: боппуруоьу биэрэ уерэнии, бэйэ санаатын тыл сиэрин-майгытын тутуьан көмүскээһин, бэйэ тус көрүүтүн туруорсуу Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: 1. Бэйэ билэр- көрөр сатабылыгар сыал туруорунуу уонна сыалы ситиһии |
3 | Билии суолтатын иҥэрии | Слайд 3 ( портрет) - Бары билэр киһибит – Иван Андреевич Крылов - Биһиги Крылов суруйбут хас да айымньытын аахпыппыт – нууччалыытын да, тылбаастаммытын да. - Өйдуугут дуо, оҕолоор? - Бу ханнык айымньылартан быһа тардыыный? Слайд 4 «Лето красное пропела...» Слайд 5 «По улицам слона водили...» Слайд 6 «Онтон таһаҕастара бугун да Оннугар турар сурахтааҕа…» Слайд 7 «Абатыттан кини ытыы сыспыт – Ачыкыларын тааска быраҕан бытарыппыт…» - Маладьыастар! Олус үчүгэйдик өйдүүр эбиккит! | - Билэбит - Өйдүүбүт - Стрекоза и муравей - Слон и Моська - Куба, сордоҥ уонна рак - Мартышка уонна ачыкы | Билэр-керер сатабыл: 1. Бэйэ күүһүнэн түмүк оҥоруу, матырыйаалы илдьиритээһин. 2.Айымньы ис хоһоонун кылгатыллыбыт презентация көмөтүнэн быһаарыы. Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: 1. Бэйэ сыыһатын сөптөөхтүк өйдөөһүн уонна ону көннөрөргө кыһаллыы, тулуурдаах буолуу. 2. Бэйэ билэр- көрөр сатабылыгар сыал туруорунуу уонна сыалы ситиһии. Ырыҥалаан көрүү |
4. | «И.А.Крылов үгэлэрэ» диэн темаҕа ылбыт билиилэрин, өйдөбүллэрин түмүү. | -Оҕолоор, этиҥ эрэ, хас биирдии угэ туох суолталаах айылларый? - Үгэ – диэн тугуй? - Ханнык айымньы форматыгар майгынныырый? - Сүрүн геройдара кимнээ5ий? -Түмүгэр туох сурулларый? - Оҕолоор, онтон нууччалыы суруллубут айымньыны биһиэхэ сахалыы суруйан биэрэр киһини ким диэн ааттыыбытый? - И.А. Крылов суруйбут басняларын ким сахалыы тылбаастаабыт эбитий? - Учебникка көрүҥ. - Оҕолоор, Александр Николаевич Николаев И.А. Крылов 55 үгэтин тылбаастаабыт киһинэн буолар. Кини бэйэтэ – поэт. | 1 бөлөх – интернет көмөтүнэн суруйааччы биографиятын туһунан материал хомуйуохтара. 2 бөлөх – тылдьыт көмөтүнэн билбэт тылларын быһаараллар 3 бөлөх – бэлэмнэнэн баран угэни – звукозапись 4 бөлөх – сахалыы бэриллибит угэни нууччалыы тылбаастыырга холонуохтара. ( тылдьыт) | Ытык өйдөбүллэри иҥэрии 1. Үөрэтии ытык ейдебуллэрин быhаарыы; салгыы уерэх сатабылын сайыннарар суолу –ииhи тобулуу. 2.Сиэрдээх билиилэргэ олоҕуран бэйэ майгытын салайыныы-дьаhаныы сатабылын таба туттуу. Атын дьон кыhалҕатын өйдүүр, аhынар, бэйэтин санаатын сатаан этэргэ үөрэнии. Билэр-көрөр сатабыл: 1.Учебнигынан сирдэтии, сабаҕалааьын, барбыт темаҕа тугу өйдөөбөтөҕүн иккистээн быһаарыы. 2.Үөрэх сорудахтарын ырытыыга көхтөөхтүк кыттыы Бодоруһар сатабыл: 1. Кэпсэтиигэ кыттыы, өйдөөһүн, бэйэ санаатын этии. |
5 | Ылыммыт билиилэрин, үөрүйэхтэрин, сатабылларын бэриллибит сорудахха таба туһаныы. | Кылаас 4 бөлөххө араарыллар. Бөлөх аайы ааттаах табличка ууруллар. - Бугунну уруокпутугар 4 бөлөх улэлиэҕэ: 1 бөлөх – биографтар; 2 бөлөх – чинчийээччилэр (исследователи); 3 бөлөх – звукооператордар; 4 бөлөх – тылбаасчыттар. - Хас биирдии бөлөх бэйэтигэр бэриллибит сорудаҕы толорон баран уруок бүтүүтэ кылаас иннигэр көмүскүөҕэ. Оччо5о биһиэхэ И.А. Крылов олоҕун, улэтин туһунан проект тахсан кэлиэ. Барыларыгар «Саһыл уонна виноград » үгэ суруллубут лиистэрэ түҥэтиллэр. | - Бөлөхтөрүнэн үлэ - Бөлөхтөр бэйэлэрин үлэлэрин көмүскүүллэр. | Билэр-көрөр сатабыл: 1.Билбэт матырыйаалы эбии билэргэ араас матырыйаалы сабаҕалаан көрөөһүн. 2. Тылдьыттан, справочниктан, интернеттэн ылбыт матырыйаалы тэцнээн септеех, туьалаах ерутун ылааьын Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: 1. Бэйэ күүһүнэн чопчулаан сорудаҕы оҥоруу: сыалын быһаарыы, сорудаҕы оҥорорго бэйэ үлэтин былааннааһын, түмүгү сылыктаан көрүү, улэ дьайыыларын сөптөөхтүк талыы, улэни толоруу кэмигэр ырытааһын уонна көннөрөөһүн. 2. Сорудахтары толорого араас өрүттээх матырыйааллары туһаныы: тылдьыттары, компьютеры, телефону туттуу Бодоруһар сатабыл: 1. Суругунан уонна тылынан саҥаҕа бэйэ санаатын үөрэх уонна олох - дьаһах холобуругар даҕатан санааны сааһылаан суруйуу, этии 2. Бэйэ санаатын уонна көрүүтүн чопчулааһын: боппуруоһу биэрэ уерэнии, бэйэ санаатын тыл сиэрин-майгытын тутуьан кемускээһин, бэйэ тус көрүүтүн туруорсуу 3. Бөлөҕүнэн улэҕэ кыттыы: улэлэри наардааһын, улэни былааннааһын, боппуруос ыйытыы, бэйэ-бэйэни хонтуруоллааһын, көмөлөсүһүү. 4. Бөлөҕүнэн үлэлээһиҥҥэ кэпсэтии ураты көрүҥүн баһылааһын |
6 | Тумук. Рефлексия. | Кушнир. «Лиса и виноград» - аудио истии. - Диалог. - И.А.Крылов «Саһыл уонна виноград » үгэтэ туохха үөрэтэрий? - Киһи ханнык хаачыстыбаларын күлүү-элэк гынарый? - Ханнык хаачыстыбаны иитинэргэ үөрэтэрий ? Слайд -Этиилэри ситэрин: Бүгүҥҥү уруокка мин ………. биллим Бүгүҥҥү уруокка саамай интэриэһинэйэ - ……………….. Бүгүн мин ……………соһуйдум. | - Диалог. Түмүк оҥостоллор | Бэйэни салайынар-дьаьанар сатабыл: 1. Бэйэ уонна хардарыта бэрэбиэркэлээһини үөскэтии. 2. Толоруллубут үлэ төһө сөпкө оҥоьуллубутун сыаналааһын. 3. Сорудаҕы төһө ситиһиилээхтик толорбуттарын сыаналаныы. Ытык өйдөбүллэри иҥэрии 1.Айылҕа уонна киhи быстыспат ситимнээхтэрин өйдөтүү, куhаҕан дьаллыктары олоххо сыhыары тутан тэҥнээн көрөргө, чөл туруктаах буолууга үөрэтии. 6.Оҕо ис, тас эйгэ кэрэтин таба көрөн сөпкө сыаналыырын ситиhии. |
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Технологическая карта интегрированного урока-проекта "Зимние краски" (литературное чтение, русский язык, изо) в 4 классе по УМК "Школа России"
Данный интегрированный урок способствует развитию коммуникативности, умению работать в группах; развивает творческие способности детей, умение строить монологическую речь, самостоятельно творчески раб...
Технологическая карта комбинированного урока в 4 классе по литературному чтению и технологии по теме:" Эр кижинин чангыс состуу" для учителей с родным (тувинским) языком обучения по УМК "Школа России"
Технологическая карта комбинированного урока в 4 классе по литературному чтению и технологии по теме: "Эр кижинин чангыс состуу" для учителей с родным (тувинским языком) обучения....
Технологическая карта урока русского языка в 3 классе на тему "Род и число имён существительных" (интегрированный урок с окружающим миром и литературным чтением" (УМК "Начальная школа 21 века")
Данная технологическая карта будет интересна учителям, заинтересованным в проведении интегрированных уроков. Закрепляя материал, полученный на уроках русского языка, учащиеся вспомнят времена правлени...
Технологическая карта интегрированного урока по литературному чтению и литературе по теме: «Мама - главное слово в каждой судьбе…»
Проблема преемственности между начальной и основной школой актуальна всегда, так как осуществляется переход к новым условиям деятельности, к новым взаимоотношениям со сверстниками, с учителями. Часто ...
Технологическая карта интегрированного урока литературного чтения и музыки в 3-4 классах малокомплектной школы
Тема урока: "Что за прелесть эти сказки".3-4 класс, малокомплектная школаУрок - обобщение...
Технологическая карта интегрированного урока: литературное чтение 4 класс и «Мир музея». Тема: Мифы Древней Греции. Деревянный конь. Боги, герои и люди."
В технологической карте предствлен интегрированный урок( чтение +музей) по программе УМК "Перспектива" для 4 класса по теме "Мифы и легенды Древней Греции.Урок способс...
Технологическая карта интегрированного урока по литературному чтению ( обучение грамоте) и русскому языку (письму)
Согласные звуки [ д],[ д ], буквы Д д...