Таптал – киһи истиҥ иэйиитэ.
план-конспект урока (9 класс) на тему

Матвеева Венера Борисовна

9 кылааска саха литературатыгар ыытыллар аһаҕас уруок

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл ahagas_uruok_2.docx35.97 КБ
Office presentation icon otkrytyy_urok.ppt2.62 МБ

Предварительный просмотр:

Таптал – киһи истиҥ иэйиитэ.

Тапталы – таҥара оҥостон.

(9 кылааска саха литературатыгар ыытыллар аһаҕас уруок)

Матвеева В. Б.

Уулаах – Аан оскуолата, Хаҥалас улууһа.

Уруок көрүҥэ: Силлэһии

Уруок тиибэ: Саҥа теманы барыы

Уруок тэрилэ: Суруйааччылар кэргэттэрин хаартыскалардаах слайдалар, сорудахтаах карточкалар, быһаарыылаах тылдьыт,учебник, “Хатан” сурунаал.

Уруокка учуутал ситиһэр сыала:

1.Үөрэнээччилэргэ кэрэ, таптал өйдөбүллэрин суруйааччылар олохторугар, айымньыларыгар сыһыаран  өйдөтүү.

2.Саха киһитэ майгытынан, олоҕун сиэринэн  тапталы харыстыыр сиэригэр иитии

3.Үөрэнээччи ааҕар, кэпсэтэр, алтыһар, ырытар, айар дьоҕурун сайыннарыы.

Үөрэнээччи сыала:

1.Саха суруйааччылара олохторун, айымньыларын ис хоһоонун илдьиритэн таптал өйдөбүлүн ылыныы.

2.Саха тапталга сыһыанын өйдөөһүн.

3. Суруйааччылар хоһооннорун холобуругар айарга холонуу.

Уруок былаана:

1.Тэрээһин чаас.

2.Турукка киллэрии.

3.Бөлөҕүнэн үлэлээһин: хоһоону хоһоонноохтук ааҕыы, сорудаҕы толоруу.

4.Айар үлэ.

5.Оонньуу.

6.Уруок түмүгэ. Уруок сыалын сиппитин- сиппэтэҕин  оҕолортон ыйытыы. Оҕолорго махтаныы, хомуурунньугу бэлэхтээһин.

Уруок хаамыыта:

1.Тэрээһин чаас: Учуутал ырыата «Үрүҥ  туллук эрэ мөлбөстүүр » (4 мүн)

Ыйытыы:   1.Эһиэхэ бу ырыа туох иэйиини уһугуннарда,

2.бу ырыаны ким айбытын билэҕит дуо,

3.автор бу ырыаны кимиэхэ анаан айбытай,

4.бу ырыаҕа автор кэргэнигэр тугун хоһуйбутай,(тас көстүүтүн, кэрэтин,ис санаатын тапталын),

Бүгүҥҥү уруокпутун туохха анаары турабытый.(Таптал)

Онон бүгүн эһигини таптал туһунан кэпсэтээри турабын Матвеева венера борисовна

ханнык тылларынан ону дакаастыыгыт

дорооболоһуу,

Турукка киллэрии: Ыйытыы: Оҕолор,бу мин ыллаабыт ырыабын истибиккит дуо?

 кэрэ диэн тылы ким хайдах өйдүүрүй?

 Кэрэ – даҕ.1.Түүтүн төрдө саһаран көстөр маҥан (сылгыны дьүһүннүүргэ). Кэрэ ат. Үүт кэрэ. Саһыл кэрэ. 2.Киһи үөрэ көрүөн, санаата көтөҕүллүөн курдук үчүгэй, үчүгэйтэн үчүгэй. Кэрэ сибэкки. Кэрэ кэскил.(быһаарыылаах  тылдьыт 108 стр.)

Кэрэни  кытта таптал диэн өйдөбүл ситимнэһэр дуо? (Оҕолор хоруйдара)

Таптал

Уруок бэлиэ хоһооно:Таптал туһунан хоһооннору, өс хоһооннору, бэргэн этиилэри билэҕит дуо? (Оҕону таһааран суруйтарабын)

Сүрүн чаас: 

Киирии тыл.   Учуутал: Дьэ чахчы, таптал туһунан төһөлөөх ырыа ылламмыта, хоһоон хоһуллубута буолуой? Ол гынан баран, хас биирдии киһи иэйиитэ ураты, туспа. Баҕар ол иһин буолуо, хас биирдии поэт тапталын лириката хатыламмат ураты суоллаах – иистээх. Кинилэр олохторугар көрсүбүт иэйиилээх тапталларын музалара кимнээҕий? Бүгүн биһиги ол сүрэх иэйиитин сабыытын сэгэтэн арыйан көрүөҕүҥ.Саха литер. Аҕа көлүөнэ сур. Уран тыл маастардара бэйэлэрин кэргэтт анаабыл хоһооннорун ааҕан көрүөҕүн

Оҕолоор, билигин бөлөхтөрүнэн үлэлиэхпит.(Бөлөхтөргө суруйааччылар хоһооннорун түҥэтэбин).

Бөлөҕүнэн үлэ. (5 мүн.)

  1 бөлөх: А.И.Софронов – Алампа. (1 оҕо иһитиннэрии оҥорор, 1-2 оҕо хоһоону ааҕаллар атыттар ырыталлар, сорудаҕы толороллор).

2 бөлөх: Виктор Михайлович Новиков – Күннүк Уурастыырап. (1 оҕо иһитиннэрии оҥорор, 1-2 оҕо хоһоону ааҕаллар атыттар ырыталлар, сорудаҕы толороллор).

3 бөлөх: Ефрем Степанович Сивцев – Таллан Бүрэ. (1 оҕо иһитиннэрии оҥорор, 1-2 оҕо хоһоону ааҕаллар атыттар ырыталлар, сорудаҕы толороллор).

4 бөлөх: Сэмэн Данилов. (1 оҕо иһитиннэрии оҥорор, 1-2 оҕо хоһоону ааҕаллар атыттар ырыталлар, сорудаҕы толороллор).

 5 бөлөх: Леонид Андреевич Попов. (1 оҕо иһитиннэрии оҥорор, 1-2 оҕо хоһоону ааҕаллар атыттар ырыталлар, сорудаҕы толороллор).

6 бөлөх: Петр Николаевич Тобуруокап. (1 оҕо иһитиннэрии оҥорор, 1-2 оҕо хоһоону ааҕаллар атыттар ырыталлар, сорудаҕы толороллор).

7 бөлөх: Иван Гоголев – Кындыл Уйбаан. (1 оҕо иһитиннэрии оҥорор, 1-2 оҕо хоһоону ааҕаллар атыттар ырыталлар, сорудаҕы толороллор).

8 бөлөх: Иннокентий Артамонов. (1 оҕо иһитиннэрии оҥорор, 1-2 оҕо хоһоону ааҕаллар атыттар ырыталлар, сорудаҕы толороллор).

9 бөлөх: Моисей Дмитриевич Ефимов. (1 оҕо иһитиннэрии оҥорор, 1-2 оҕо хоһоону ааҕаллар атыттар ырыталлар, сорудаҕы толороллор).

10 бөлөх: Рафаэль Ба5атаайыскай. 1 оҕо иһитиннэрии оҥорор, 1-2 оҕо хоһоону ааҕаллар атыттар ырыталлар, сорудаҕы толороллор).

11 бөлөх: Николай Афанасьевич Босиков – Босяк. 1 оҕо иһитиннэрии оҥорор, 1-2 оҕо хоһоону ааҕаллар атыттар ырыталлар, сорудаҕы толороллор).

12 бөлөх: Василий Сивцев. 1 оҕо иһитиннэрии оҥорор, 1-2 оҕо хоһоону ааҕаллар атыттар ырыталлар, сорудаҕы толороллор).

  (бөлөхтөр биир – биир тахсан )(2 мүн.)

 Саха поэзиятыгар тапталы хоһуйуу нарын иэйиилээх норуот ырыаларыгар, лирическэй хоһооннорго өрүү баар.Аныгы литератураҕа таптал кэрэ нарын иэйиитэ киһи олоҕун аргыһа буолар. Литературнай герой тапталга сыһыана кини уйулҕатын арыйар, олоҕун ис хоһоонун, суолтатын быһаарар, саха поэттарын үгүс лирическэй айымньылара бу темаҕа ананар, таптал уонна эдэр саас, айылҕа кэрэ көстүүлэрэ олох хатыламмат түгэннэригэр тэҥнэнэн хоһуйуллар.

Хас биирдии таптал тус туһунан, майгыннаспат остуоруйалаах. Хас биирдии суруйааччы бэйэтин хатыламмат тапталын ааҕааччыга арыйар.

Оонньуу:      Сорудах: Таптал туһунан өс хоһооннору, кынаттаах тыллары сааһылаа, таай.

Өс хоһоонноро:

талытап Һики батбул, талтап этэйэб ларбу.(Тапталы киһи булбат,таптал бэйэтэ булар).

тталап ахрахах бара.(Таптал харахха баар).

латпат Һысаа мэтлимби.(Таптал сааһы билиммэт).

Таатапхытахна тааҕыйахта һыаҥтыба.(Таптаатаххына тайахтааҕы батыһыаҥ).

Тантыыртап рахах рахапат .(...., таптыыртан харах арахпат).

Талтап байылтаатахлы рынбытаа.(Таптал таайыллыбатах таабырын).

Талтап – эхсүр иэтэйии.(Таптал – сүрэх иэйиитэ).

Айар үлэ: (5 мүн.) фон таптал туһунан ырыалар. тирэнэн  

                        Сорудах (талан): 1.4 строкаалаах таптал туһунан  хоһоонно айан көрүҥ.

                            2.Таптал туһунан кынаттаах тыллары толкуйдааҥ.

                         

                                               4.Таптал….

(Оҕолор хоһооннорун, кынаттаах тылларын, өс хоһооннорун ааҕаллар).(2)

     

                       

Ыйытыы: 

Эһиги эһэлэргит, эбэлэргит кэминээҕи дьон тапталга сыһыаннара билиҥҥи аныгы ыччат сыһыаныттан уратылаах дуо уратытын туохха көрөҕүтүй.

(Аҕа көлүөнэ дьон, орто саастаах  уонна билиҥҥи дьон, аныгы ыччат таптал туһунан өйдөбүллэрэ, сыһыаннара биир дуу, уратылаһар дуу?)

Кэргэннии дьон сыһыаныгар билигин туох уларыйда.(фиктивный, гражданский брак. Туохха тириэрдэллэр.)Ити көстүү саха ыалын олоҕор тоҕо, хантан кэллэ.

Саха киһитин төрүт майгыта көстөр дуо.

2.Саха киһитэ атын омук дьонуттан тапталга сыһыана уратылаах дуо?

(Оҕолор хоруйдарын истии)

Саха киһитэ  атын омук дьонуттан тапталга сыһыана уратытын туохха көрдүгүтүй?Саха киһитэ тапталын иэйиитин олус сэмэйдик, истиҥник тутан, ыспакка – тохпокко, улаханнык саҥарбакка, харыстаан илдьэ сылдьар идэлээх.

Түмүк:

Таптал араас буолар ... Онтон биһиги бүгүн киһи саамай истиҥ, сэмэй, нарын иэйиитин биһиги суруйааччыларбыт олохторугар, айымньыларыгар ааҕан, кыыс уонна уол, дьахтар уонна эр киһи икки ардыларыгар үөскүүр истиҥ иэйии туһунан кэпсэттибит.

Оҕолоор,бүгүҥҥү уруокпут эһиэхэ өйдөбүл буоллун диэн айбыт хоһоонноргут хомуурунньугун бэлэх хаалларабын.Уруокка кыттыыгыт иһин махтанабын.

Өс хоһоонноро:

талытап Һики батбул, талтап этэйэб ларбу.(Тапталы киһи булбат,таптал бэйэтэ булар).

тталап ахрахах бара.(Таптал харахха баар).

Тапталтан киһи харалҕан буолар.(харалҕан – близорукий, косой, косоглазый)

латпат Һысаа мэтлимби.(Таптал сааһы билиммэт).

Таатапхытахна тааҕыйахта һыаҥтыба.(Таптаатаххына тайахтааҕы батыһыаҥ).

(...., таптыыртан харах арахпат).

(Таптал таайыллыбатах таабырын).

(Таптал – поэзия тыына).

(Таптал лириката – поэзия чыпчаала).

А.Е.Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй. “Кырасыабай кыыс” (учуутал кэпсиир).

Сорудахтаах карточкалар

1.А.И.Софронов – Алампа.

Анемподист Иванович Софронов – Алампа саҥа төрүттэммит национальнай поэзияҕа таптал туһунан бастакы айымньылары дьоһуннаахтык айбыта.Кини сүрэҕи ууллара уйадытар, дууһаны ытатар – ыллатар истиҥ – иһирэх айымньыларынан саха поэзиятыгар бастакынан лириканы киллэрбит умнуллубат үтүөлээх – өҥөлөөх.

Алампа тапталын лирикатын бары хоһооннорун анаабыт дьахтарын аадырыһа чопчу: ол 14 сыл бииргэ олорбут кэргэнэ, саха бастакы актрисата Евдокия Константиновна Яковлева – Гоголева буолар. Алампалыын 4 сыл кэриҥэ билсэн 1913 с. холбоспуттар.

Дуняны көрбүт дьон бары кини үрдүк көнө уҥуоҕун, маҥан, толуу бэйэтин, сайаҕас майгытын бэлиэтииллэр.

Киһиэхэ киһилии сыһыаҥҥа, тапталга эр санааланыыга Алампа хоһоонноро үөрэтэллэрэ.

“Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр” хоһоон.

( быһа тардыы)

Сорудах: 1.Хоһоону болҕойон аах.

               2.Хоһоонноохтук аах.

               3.Поэт тапталын ханнык тылларынан хоһуйарый, туохха тэҥниирий? Эһиги

                 санааҕыт.                              

                  (Билбэт тылларгын тылдьыттан көр)

2. Күннүк Уурастыырап.

Саха народнай суруйааччыта Виктор Михайлович Новиков - Күннүк Уурастыырап уһун олоҕун устатыгар биир тапталы хоһуйбут поэт. Кини 17 саастаах Надя Иванованы көрөөт таптаабыта, эдэр кыыс Туйаарыма Куо курдук кэрэ, нарын этэ. Поэт таҥарата – Иванова – Новикова Надежда Гаврильевнаны кытта 50 сыл өйөһөн – өйдөһөн дьоллоохтук олорбуттара. Олоҕун эрэллээх аргыһыгар, тапталлаах кэргэнигэр элбэх кэрэ тыл анаммыта.Поэт үйэлээх таптала дириҥ, сырдык ыраас буолан дьону кэрэҕэ угуйар.

Сорудах: 1.Хоһоону болҕойон аах.

               2.Хоһоонноохтук аах.

               3.Поэт тапталын ханнык тылларынан хоһуйарый, туохха тэҥниирий? Эһиги

                 санааҕыт.                              

                  (Билбэт тылларгын тылдьыттан көр)

 3.Таллан Бүрэ

Ефрем Степанович Сивцев – Таллан Бүрэ таҥарата, тапталлаах кэргэнэ, сэттэ оҕотун ийэтэ, эрэлээх доҕоро, музата – Марфа Николаевна Харитонова. Бастакы килбик, ыраас тапталын поэт маннык истиҥник хоһуйбут:

Ол курдук биир кыыс оҕоҕо

Мин санаабын мунчаартым,

Оҕотук сааспар киниэхэ

Ыллыырым дуу тапталбын.

Кинилэр иккиэн үөрэхтээһиҥҥэ улахан кылааты киллэрбит дьон. Биир идэлээх, биир санаалаах буолбуттара кинилэр тапталлара бөҕөргүүрүгэр олук буолбута саарбаҕа суох. Марфа Николаевна поэт олоҕор, дьылҕатыгар, айар үлэтигэр сүүнэ улахан оруолу оонньообута. Кини туһунан Николай Рыкунов суруйар: «Саха норуотугар Таллан курдук таланы бүөбэйдээн бэлэхтээбит дьиҥинэн, кини буолар. Кини ырыаны – хоһоону ырыҥалыырын, литератураны ис сүрэҕиттэн таптыырын,бэйэтэ эмиэ суруйар дьоҕурдааҕын, айылҕаттан сахалыы амарах тылын – өһүн бүгүн долгуйа ааҕабыт»

4.Семён Данилов

Үрүҥ дьиэм үрүмэччитэ.

Семен Данилов поэзиятыгар биир саамай дириҥ ис хоһоонноох, истиҥ иэйиилээх уобараһынан нарын, симик саха кыыһын, холку, номоҕон саха дьахтарын хоһуйуу буолар.Бу уобарас, 30–40-с сыллардааҕ лирикаттан саҕаланан баран, кэлиҥҥи хоһооннорго диэри поэт олоҕун дьиҥ–чахчы эрэллээх тапталлаах аргыһыгар, сүгүрүйэр ытык өйдөбүллэриттэн биирдэстэригэр кубулуйар.Поэт айар үлэтин Музатынан буолбут кэргэнэ Анна Семёновналыын 1944 сыллаахха холбоспуттара. Анна Семёновна, поэт таптала, кэргэнэ, олоҕун аргыһа Улахан поэт, общественнай деятель түбүктээх олоҕор, айар үлэтин олоҕун усталаах туоратыгар араҥаччылыы, тэҥҥэ үллэстэн кэлбитэ.

Поэт кэргэнигэр, Анна Семёновнаҕа, анаабыт хоһоонноро  ханнык да айымньыларыттан ураты нарын иэйиилээхтэр, истиҥ, холку тыллаахтар.

Атын кыһалҕаны билбэккэ

Айанныыр эрэ айдааннаах

Сөрүүн үрүйэчээн сибэкки

Силигин ситэрэр аналлаах.

Ол кэриэтэ эн, мин доҕорум,

Бэйэҥ билиминэ сылдьаҥҥын

Бу мин суруйар хоһооммун

Сырдык тыыннааччынан буолаҕын.

4.Леонид Попов

Норуот талааннаах поэта Леонид Андреевич Попов таптал туһунан ураты кырааскалаах,стиллээх, баай интонациялаах, ураты уйан лириканы айбыта. Ол иһин даҕаны кини хоһооннорун нуучча биллиилээх дьахтар поэттара Анна Ахматава, Римма Казакова иэйэн-туойан тылбаастаатахтара. Кини хоһоонноругар судургутук, ол гынан баран, дириҥник таптал иэйиитэ, киһини кынаттыыр күүһэ арыллар.

Леонид Андреевич Попов олоҕун ыарахан кэрдиис кэмэ кини олоххо дьулуурун, сырдыкка, ырааска тардыһыытын булгуруппатаҕа.Кини сүрэҕэр таптал уота саҥаттан үйэлээх уотун күөдьүппүтэ. Олоххо иккистээн эргиппит анала Лариса Егоровна уобараһа Леонид  Попов лирикатыгар тиһэх, муҥур таптала буолан, өлбөт үйэлэнэ сылдьар.

5.Пётр Тобуруокап.

Пётр Тобуруокабы үгүстэр «тапталы төкүнүтэ сылдьан туойбут» поэтынан ааҕаллар. Кырдьыга да оннук.Эдэр килбик уол сэмэй иэйитин, долгуйуутун, сүрэҕин кистэлин арыйар тылларыттан:

Этимэ ый уөһэ устарын,

Этимэ сулустар тустарын,

Эт миэхэ сүрэҕин кисэлин,

Эдэркээн  саастарын тапталын.

Оччоҕо мин кистээн сэрэнэн,

Хардатын сүрэхпин аһыаҕым:

80 сааһын ааһыар дылы кырдьаҕас суруйааччы хоһоонноро таптал уота уҕараабатын кэпсииллэр. Поэт «үйэлээх сааһын үоруутугэр, үрүн күнүн күндүтүгэр»-кэргэнигэр Евгения Васильева Ноговицынаҕа анаабыт хоһооннорун уүйэлээх таптал формулатынан аатыахха сөп.

 

 

6.Иван Гоголев-Кындыл Уйбаан.

Иван Гоголев-Кындыл Уйбаан холоонноох доҕоро, «хара харах хараначчыта» Мария Алексеевна Черткова-поэт айар талаанын тыынаах Музата. Поэт «100 сыл кэннэ» хоһооноругар андаҕар кэриэтэ эппит:

Аҕал поэт бэргэн тылын,

Мин түүнэри хоһоон айыам,

Сахам сирин, таптыыр кыыспын

Өлбөт-суппэт албан аттыам.

-диэн тылларын чиэстээхтик толорбута. Кини кэргэнигэр анаан 20-чэ хоһоону,50-ча сонеты суруйбута биллэр. Поэт тапталлааҕар «Саамай күндү сибэкки миэхэ бэйэн эбиккин», «Миэхэ эн бэйэн маайгын, маай бараммыт дууһаҕар» диэн билиннэр. Доҕотторо уйбааннаах Маарыйа курдук бэйэ-бэйэлэригэр истинник, сылаастык сыһыаннаһар, ытыктаһар кэргэн аҕыйах буолуо диэн ахталлар.

7.Иннокентий Артамонов.

 Иннокентий Артамонов 17 сааһыттан поэт буолар анала төлкөлөммүтэ. Эдэр уолчаан уоттаах сэрииттэн тыыннах эргиллэн кэлэн үөрэх, үлэ үөһүгэр төбөтүнэн түспүтэ. Сэрии суоһа кини чараас, нарын дууһатын чэрдиппэтэҕэ. Ураты ыраас таптал нарын иэйиитэ уһуктубута:

Баһыыба, бу чуумпу киэһэ

Эдэр сүрэхпин үөрпүккэр,

Миигин кытары кэпсээтэ,

Килбик кыысчааныам, кэлбиккэр.

Бу нарын лирика ананар киһитинэн ааттыын ураты нап-нарын  Муза Шевелева буолбута. Ыраас иэйии, истин сыһыан дьиннээх тапталы араначчылаан уһун уйэлиирин поэт доҕоругар анаабыт хоһоонноругар этэр:

Киэн Лена кытылын үрдүгэр билигин

Ньургуһун, Лоокуут уол тапталын биллибит.

Ол таптала үйэлээх буолуоҕун тустуур:

Эйигин кытары барыаҕым

Олоҕум ыллыгым устунан,

Ойоһон-ойдоһон кырдьыаҕым

Эн намчы санныгар тайанан.

Бу нарын лирикаҕа хоһуйуллубут таптал, кырдьык, саха сырдык номоҕунуу кэрэ.

8. Моисей Дмитриевич Ефимов.

Моисей Дмитриевич Ефимов поэзиятыгар таптал лириката уһулуччу миэстэни ылар.

Тыһыынчаннан тырымнас сулустартан таланнын

Дьолун сулуһунан биири эрэ ааттыыгын.

Төһө да атыттары сэргээ-сэргээмэ-

Ол сулус эрэ арчылыыр эн дьылҕаҕын.

Сүргүн-куккун киниэхэ туттарбыт буоланнын

Ол сулус эрэ аннынан эн тыыннаах сылдьаҕын.

Киниттэн туоруон-олоҕун огдолуйуо,

Силискин быһыныан, кэхтиигэ барыаҕын.

Хаһан да таннарыма ол соҕотох Сулускун,

Кэлэтимэ Урдук Айыыгын, Унэр Танараҕын.

Поэт соҕотох тырымнас сулуһа, Үрдук Айыыта, Үнэр Танарата Марфа Петровна,

Кырдьык да, дьоллоох киһи, эрэллэх доҕор, уҕараабат Муза буолан, уйэлээх таптал лирикатын уматтаҕа.

 9.Рафаэль Баҕатаайыскай

Рафаэль Баҕатаайыскай аатын сатираны эрэ кытта ситимниир ситэтэ суох, кини талаанаах лирик-поэт. «Олоххо саҥалыы эргиллии», «тапталтан дьоллонуу»-поэт олоҕун кэнники кэминээҕи темата. Бу темаҕа суруллубут поэмалар лирическай геройунан поэт кэргэҥэ Светлаеа Сергеевна Васильева-Донская буолар. Саха биир улахан поэтын, общественнай деятелин Сергей Степанович Васильев-Борогонскай улахан кыыһа уус-уран литератураны ааҕар, киэн билиилэх аһаҕас уйан дууһалаах киһи поэт кутун туттаҕа. « Араҥаччылыыр аанньалбар» диэн лирическай уобарас биир кэрэ прототибыгар поэт этэр махтал тыллара уһун үйэлээх таптал саамай үрдүкү сыанабылыгар тэҥнэһэр:

Сулуһуом, эн бэйэн бүтүннүү

Суруллар поэмалар буолаҕын.

Доҕоруом, эн ыраас тапталгын,

Эгэлгэ уон намчы иэйиигин.

10. Николай Афанасьевич Босиков.

 Николай Афанасьевич Босиков лириката судургу баҕайы тыллаах курдуктарын иһин ис киирбэхтэр киһини тардар күүстээхтэр. Эдэр студент кэмиттэн кини хоһоонноро биһирэммиттэрэ, ааҕааччы уоһуттан түспэтэхтэрэ. Поэт таптал, олох туһунан хоһооннорун уларыйбат анабылларынан кэргэнэ Любовь Иннокентьева Босикова(Акимова) буолар.

Арай Люба,күндү Люба

Манна кэлсибит буоллун,

Кырдьаҕас ийэбин мин Любам

Корсүө этэ булгуччу.

Кийиит оҕо диэннэр ыаллар

Кэпсээн гыныах эбиттэр....

Хаһан эрэ дьикти ырыалар

Кини туһунан көтүөхтүннэр.

«Бүтэйдии өйдөһөр үөрүүтэ» олоҕун улахан тапталыгар тиэрдэрин саарбахтаабаппыт.

11. Василий Сивцев

Поэт Василий Сивцев олоҕун устатыгар тапталы хоһуйарыгар, тус бэйэтигэр дьоллоох олоҕу  биэрбит улахан таптала тирэх буолар.Тапталлаах кэргэнэ кини уустук дьылҕатын арчылаабыт, сылааһын угутаабыт саха сэмэй дьахтара-дьылҕатын хотуна-Надежда Алексеевна Дмитриева Сивцева уобараһа «Күрүлгэн» сонеттарын кинигэтин анабылынан буолар.

Кэргэн сылаас мичээригэр

Өйөбүлү ыламмын,

Мунчаарыыбын кыйдыыбын,

Көхсүм кэҥиир, дэгдьийэр.


Предварительный просмотр:


Подписи к слайдам:

Слайд 1

А.И Софронов кэргэнэ Е.К Яковлевалыын. 1913 с.

Слайд 2

1 .Бу ырыаны ким айбытын билэҕит дуо? 2 . Автор бу ырыаны кимиэхэ анаан айбытай?

Слайд 3

Таптал- ки һи истиҥ иэйиитэ.

Слайд 4

Өс хоһоонноро: талтап ахрахах бара. латпат Һысаа мэтлимби. Тантыыртап рахах рахапат . Талтап – эхсүр иэтэйии.

Слайд 5

Таптал харахха баар.

Слайд 6

Таптал сааһы билиммэт.

Слайд 7

...таптыыртан, харах арахпат.

Слайд 8

Таптал – сүрэх иэйиитэ.

Слайд 9

Айыы һыт- таптал таҥарата. Киһиэхэ саамай чугас айыы.

Слайд 10

Ыалы тэрийээччи, Урууну олохтооччу, Биири биэс гынар, Биэһи биэс уон гынар Айыыһыт ийэ Хотун!

Слайд 11

Надежда Гавриловна уонна Владимир Михайлович. 1939 с.

Слайд 12

Семен Петрович Данилов кэргэнинээн Анна Семеновналыын олоҕун тиһэх сылларыгар. Семен Данилов кэргэнинээн Анна Семеновналыын

Слайд 13

Евгения Васильевна, Петр Николаевич Тобуруокаптар. 1978 с.

Слайд 14

Мария Алексеевна Черткова , Иван Михайлович Гоголев.

Слайд 15

Моисей Дмитриевич, Марфа Петровна Ефимовтар.

Слайд 16

Сорудах (талан): 1. 4 строкаалаах таптал туһунан хоһоонно айан холон. 2. Таптал ту һ унан кынаттаах тыллары, өс хоһооннору толкуйдаа. 3. Истибит, аахпыт айымньыларгар, кынаттах тылларгар өс хоһоонноргор олоҕуран тапталы уруһуйунан көрдөр. 4. Кумааҕынан кырыйан, килиэйдээн таптал бэлиэтин оҥор. 5. Таптал туһунан билэр ырыа5ын ыллаа.

Слайд 17

Тумук: Саха айыл5атынан тапталын сэмэйдик, кистии тутан туора киьи хара5ыттан харыстыыр.

Слайд 18

Айыыһыккыт аартыга арылыннын, Иэйэхсиккит суола тэлэлиннин, Үс саханы үөскэтиҥ, Түөрт саханы төрүттээҥ, Тоҕус үйэ тухары тулхадыйбат түһүмэҕи олордуҥ! Дом!!!


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Дьиэ кэргэн таптала

Билиҥҥи өй-санаа, майгы – сигили түргэнник сатарыйар кэмигэр дьиэ кэргэн туруктаах эрэ буоллаҕына быыһанар кэмэ кэллэ. Улаатан иһэр оҕолорго, эдэр дьоҥҥо, саҥа ыал буолар дьоҥҥо элбэ...