айымньыны ейдеен аа5ыыга проблемнай ырытыыны туьаныы
статья
Билиҥҥи сайдыылаах олох ирдэбилинэн уус-уран литератураны оскуолаҕа үөрэтиигэ сыһыан уларыйда. Киһи ордук сиэр-майгы, өй-санаа өттүнэн сатарыйда уонна үөрэнээччи уус-уран литератураны, сахалыы кинигэни аахпат буолла диэн бэлиэтииллэр.Итинтэн сиэттэрэн, мин айымньы үөрэтиллэр кэмигэр оҕоҕо тиэкиһи өйдөөн –дьүүллээн (смысловое чтение), туһаайан ааҕыытыгар (направленное чтение) проблемнай ырытыы ордук көдьүүстээх диэн бу көрүҥү 5-6 кылаас үөрэнээччилэригэр саха литературатыгар сөбүлээн туттабын.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
ayymnyny_oydoon_aagyyga_problemnay_yrytyyny_tuhanyy.doc | 48.5 КБ |
Предварительный просмотр:
Айымньыны өйдөөн ааҕыыга проблемнай ырытыыны туһаныы
Данилова Венера Васильевна
Сулҕаччы орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала.
Билиҥҥи сайдыылаах олох ирдэбилинэн уус-уран литератураны оскуолаҕа үөрэтиигэ сыһыан уларыйда. Киһи ордук сиэр-майгы, өй-санаа өттүнэн сатарыйда уонна үөрэнээччи уус-уран литератураны, сахалыы кинигэни аахпат буолла диэн бэлиэтииллэр.Итинтэн сиэттэрэн, мин айымньы үөрэтиллэр кэмигэр оҕоҕо тиэкиһи өйдөөн –дьүүллээн (смысловое чтение), туһаайан ааҕыытыгар (направленное чтение) проблемнай ырытыы ордук көдьүүстээх диэн бу көрүҥү 5-6 кылаас үөрэнээччилэригэр саха литературатыгар сөбүлээн туттабын.
Туһаайан ааҕыы сыала: үөрэнээччи тиэкиьи сыаллаах-соруктаах (целенаправленно) ааҕар дьоҕурун олохсутуу. Проблемнай ыйытыылары туруоран кэпсэтиигэ көҕүлээһин, олоххо көрүүтүн-билиитин кэҥэтэн, дириҥэтэн, бэйэтин санаатын сааһылаан саҥара үөрэнэрин ситиһии
Соруктарым:
- Үөрэнээччи уус-уран айымньыны өйдөөн ааҕан тус бэйэтин иэйиитинэн, дууһатынан ылынарын ситиһии;
- Үөрэнээччи олох философскай ыйытыыларыгар эппиэти булаары, айымньыны бэйэтэ ырыҥалыы, сыымайдыы сатыырыгар эйгэни үөскэтии;
- Уус-уран литература оҕоҕо олох туһунан билиини биэрэр, араас санаалары үөскэтэр, өйү-санааны сытыылыыр, толкуй тобулар эйгэ буоларын өйдөтүү.
Оскуолаҕа уус-уран айымньыны ырытыы сүрүн көрүҥнэринэн буолаллар: уобараһы ырытыы, авторы батыһа ырытыы, проблемнай ырытыы. Бу көрүҥнэр бэйэ-бэйэлэрин кытта быстыспат сибээстээхтэр. Проблемнай ырытыы айымньы геройдарын ырытыыта суох кыайан ыытыллыбат. Проблемнай ырытыы диэн айымньы киһини үөрэтэр-иитэр ис номоҕор киирии, онно таба тайаныы. Биир айымньыга хас да проблемнай боппуруос үөскээн тахсыан сөп. Ол эрээри уруокка үөрэтиллэр айымньыга барытыгар проблемнай ырытыы оҥоһуллара кыаллыбат, ордук хоһоонунан айымньыга. Айымньыга үөскээн тахсыбыт проблема уруок сүрүн темата буолар. Холобур, маннык уруок темалара тахсаллар: «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» остуоруйаҕа «Уруу-саха норуотун былыргы үгэһэ»; Чурум-Чурумчуга ” “Аптаах тааһы мин булуум”; “Чүөчээскигэ ” “Арай Чүѳчээски аҕатын тыллаабатах буоллун?” эбэтэр “ Арай доҕоруҥ ким эмэ малын уорбут буоллун ?” ; “Икки суол төрдүгэр ” “Айдаар олоххо дьулуура”. “Кустукка” “Ыт- киһи доҕоро” “Аҕа диэн эмиэ күндү киһи” (“Сааскы кэм” романтан); "Тураах дьиҥнээх доҕор дуо?” ; “Ыстапааны аһынабыт дуу эбэтэр абаккарабыт дуу?” П.Ойууунскай «Оҕо куйуурдуу турара» кэпсээҥҥэ «Киһи күүһэ-тулуур уонна дьулуур», «Бу оҕоттон хайдах киһи тахсыаҕай?» “Нуоралдьыма чараҥар” “Ньургун Нуоралдьымаҕа төннүө дуо?” “Ийэ сир тоҕо киьиэхэ күндү, ытык сир буоларый?”
Проблемнай ырытыы тутула:
- Уус-уран айымньы тоҕоостоох;
- Үөрэнээччигэ проблемата чугас;
- Темата өйдөнөр, чаҕылхай;
- Ыйытыылар уонна сорудахтар тиһигэ биир сүрүннээх.
Проблемнай ситуацияны үөскэтии биэс сүрүн ньымалаах:
- Үөрэнээччи иннигэр туруоруллбут проблема олохторун опытыгар, урут билибит-көрбүт, баһылаабыт билиилэригэр, үөрүйэхтэригэр тирэҕириэхтээх;
- Проблема оҕо өйүн-санаатын толкуйдуур кыаҕын таһымыгар эппиэттиэхтээх;
- Туруоруллар проблема күлүүс, тирэх тылларын таба туһаныллыахтаах;
- Проблемнай ырытыы темата олох темата буолуохтаах.
Тиэкиьи өйдөөн ааҕыыга мин стратегиям ( направленное чтение) туьаайан ааҕыы буолар.
- Актуализация. Ассоциация. Тирэх эбэтэр күлүүс тылы суруйабын эбэтэр этэбин. Үөрэнээччилэр бэйэлэрин санааларын этэллэр (ассоциации). Оҕолор этиилэрин дуоскаҕа суруйабыт. Бу ньыманан уруокка санаабытын сааьылыыбыт. Мотивация үөскэтэбин. Оҕону сэҥээрдэбин. Уруокка үлэлииргэ бэлэмниибин. Холобур: Уруок күлүүс тыла «Эьиги бастыҥ баҕаҕыт тугуй?» эбэтэр «Тулуурдаах, дьулуурдаах киьи хайдах киьиний?» Бу П.Ойуунускай «Оҕо куйуурдуу турара» кэпсээн тирэх ыйытыылара буолаллар.
- Айымньыттан суолталаах кэрчиги талан аахтарабын.
- Проблемнай боппуруос туруорабын. Холобур: С.А.Саввин -Күн Дьирибинэ «Тураахтаах Күүдээх» үгэҕэ «Тураахтаах Күүдээх доҕордоьууларын дьиҥнээх доҕордоьуу диэххэ сөп дуо?» эбэтэр дьон «Υтүө майгыҥ- көтөр кынатыҥ» диэн тоҕо этэллэрий. Уруок күлүүс тыла манна «Дьиҥнээх доҕор диэн кимий? Доҕордоьуу диэн тугуй?» буолар.
- Оҕолор эппиэттэрин истэбит, кэпсэтии таьаарабыт, ырытабыт
- Оҕолор салгыы айымньыга түбэлтэ хайдах сайдыбытыгар, герой хайдах буолбутугар санааларын этэллэр.
Проблемнай ырытыыга учуутал бэйэтин санаатын соҥнуура, сыанабыл биэрэрэ эбэтэр герой куһаҕан, биһирэмнээх диэн этэрэр сатаммат. Оччоҕо оҕо учуутал этиитигэр хаайтарар. Бэйэтэ тугу саныырын, дууһатын ис иэйиитин сыыһа саныыыр эбиппин диэн куттанан эппэккэ хаалар. Эбэтэр толкуйдуу, ырыҥалыы барбакка учуутал сыанабылынан муҥурданар. Оччоҕо айымньыны ис сүрэҕиттэн ылыммат, көннөрү сюжеты батыһа ааҕар.
Айымньыны өйдөөн аахтара, айымньы түгэх сыалын булан, проблемнай ырытыыга бэйэтин санаатын, олоххо тугу билбитин-көрбүтүн этэ үөрэттэхпитинэ:
- Айымньыны ис сүрэҕиттэн ылынан, кэпсэтиигэ кыттар;
- Мөккүөрдээх боппуруоска тугу саныырын, сыанабылын дьоҥҥо тиэрдэр;
- Толкуйдуур, ырытар, ырыҥалыыр дьоҕура сайдар;
- Дьон иннигэр саҥара-иҥэрэ үөрэнэр;
- Мантан саҕалаан кини айымньыны салгыы ааҕарыгар интэриэһэ улаатар;
- Литература уруогар үөрэх хаачыстыбата үрдүүр.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Использование проблемно-диалогических методов обучения на уроках математики Использование проблемно-диалогических методов обучения на уроках математики
Использование проблемно-диалогических методов обучения на уроках...
Уус-уран айымньыны аа5ыыны дьиэ5э сорудах быhыытынан тэрийии.
Статья для учителей якутского языка и литературы. ...
Методический семинар по теме "Проблемное обучение. Создание проблемных ситуаций на уроке."
Проблемное обучение. История. Проблемные ситуации и вопросы на уроках химии....
Технология проблемного обучения и методика создания проблемных ситуаций на уроках физики и географии.
Теория и понятие проблемного обучения, подробное описание методов и приёмов создания проблемных ситуаций на уроках физики и географии....
Доклад "Электроннай тургутугу туьаныы"
Использование электронного тренирововчного тестирования на уроках якутского языка. Морфология: имя существительное, имя прилагательное, имя числительное, местоимения....
Саха литературатын уруоктарыгар уус-уран айымньыны ааҕыыны дьиэҕэ сорудах быhыытынан тэрийии
Билигин оскуолаҕа уус-уран литератураны үөрэтиигэ үөрэнээччилэр айымньыны биир халыыптаахтык, тэҥ таhымнаахтык ылыныыларыгар дьулуhууттан аккаастанан, оҕо хас биирдии айымньыны тус бэйэтэ иэйиитинэн ы...