Доклад "Электроннай тургутугу туьаныы"
методическая разработка ( класс) на тему

Еримеева Саргылана Семеновна

Использование электронного тренирововчного тестирования на уроках якутского языка. Морфология: имя существительное, имя прилагательное, имя числительное, местоимения. 

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл doklad_elektronnay_turgutugu_tuttuu.docx62.41 КБ

Предварительный просмотр:

«Урок как педагогический феномен» улуустаа5ы НПК

МБҮѳТ «Сэргэ-Бэс оскуолата»

Электроннай тургутугу  оңоруу

(Саха тыла. Морфология. 6 кылаас)

Дакылааты суруйда: Сэргэ-Бэс оскуолатын

саха тылын, литературатын учуутала

Еримеева Саргылана Семеновна.

                                                                 2015

Иһинээ5итэ:

Киириитэ…………………………………………………………………………….. …...3

  1. Үѳрэнээччи билиитин тест ньыматынан тургутуу………………………………….… 4
  2. Тест технологиятын уруоктарбар туттуу.……………………………………………….6

Түмүк……………………………………………………………………………………  ...8

1№  сыһыарыы…………………………………………………………..…………………9

2№ сыһыарыы…………………………………………………………………………….10

3№ сыһыарыы…………………………………………………………………………….11

4№ сыһыарыы…………………………………………………………………………….14

Туһаныллыбыт литература……………………………………………………………...15

Киириитэ.

О5о тѳрѳѳбγт тыла γѳрэ5и - билиини кэбэ5эстик ылынар, ѳйѳ-толкуйа тобуллар, майгыта –сигилитэ олохсуйар, айар - тутар дьо5ура сайдар айыл5аттан айыллыбыт эйгэтэ буолар.

        Хайа да омук тѳрѳѳбγт тылын билэр, таптыыр, сыаналыыр кэнчээри ыччаттаах буолла5ына, тыыннаах буолар, салгыы сайдар, бар5арар кыахтанар. Тыл – бγтγн норуот национальнай баайа, кэлэр кэскилэ.

        Үѳрэнээччи тѳрѳѳбγт тылынан сатаан ыпсаран саңарара, кѳңγл баһылыыра, тѳрѳѳбγт тылын билэрэ, санаатын сааһылаан этэрэ инники оло5ор ситиһиилээх киһи буоларыгар наадалаах.

        Актуальноһа: Билиңңи γѳрэх стандартын ирдэбилинэн, дойду γрдγнэн биир кэлим экзамен, тγмγктγγр аттестация туттаралларынан сибээстээн тургутугу системалаахтык туттуохха наад, ирдэнэр.

Сыала: Саха тылын уонна литературатын γѳрэтиигэ тургутугу оңоруу уонна туһаныы.  

Υлэбэр маннык соруктары туруорабын:

  1. Тест араас кѳрγңγн оңоруу;
  2. О5о төрөөбγт тылын, литературатын ба5аран туран γѳрэтэрин кѳ5γлээһин;
  3. Тиһиктэммит билиини-кѳрγγнγ иңэрэн, бэйэ сайдыытыгар, олох араас тγгэнигэр сатаан туһанарга туһаайыы.
  4. Үѳрэнээччи билиитин кэтээн кѳрγγ.

Үлэ тутула: киирииттэн, 2 бастан, тγмγктэн, 4 сыһыарыыттан уонна туһаныллыбыт литература испииһэгиттэн турар.

I баһа. Үѳрэнээччи билиитин тест ньыматынан тургутуу.

Тургутук  билигин аан дойду γрдγнэн тэнийдэ.  Өссѳ былыр Египет, Вавилон, Индия, Китай са5аттан правительство салалтатыгар γлэ5э ылалларыгар тутталлар эбит. Гераклит, Аристотель, Гиппократ, Галена, Теофраст γлэлэригэр киһини γѳрэтэргэ араас психологическай тестэри туттубуттар.  XIX γйэ бγтγγтγгэр уйул5а γѳрэхтээхтэрэ аан бастаан айбыттара-арыйбыттара. (Ф. Голтон. Киһи тус кыа5ын, дьо5урун сайыннарыыны чинчийиилэр. 1883). Онтон сыыйа чочуллан-тупсарыллан, омуна суох олох бары эйгэтигэр кими-тугу эмэ туруктаахтык тургутуу, боччумнаахтык боруобалааһын ньыматыгар кубулуйда.

        Урукку Сойууска туругутук ааспыт γйэ 20-с сылларыгар туттуллан иһэн, ситэ-хото γѳрэтиллибэтэ5э ѳтѳн, 30-с сс. педология диэн сыаналанан сириллэн тохтообута. Кэлин  γйэ бγтγγтγгэр олох-дьаһах тосту уларыйан,  тест кѳрγңэ хото туттуллар.

Үѳрэх систематыгар тест ньыматын  элбэх дойдуга тутталлар. Биһиги дойдубутугар 11 кылааска биир кэлим экзамен, 9 кылааска тγмγктγγр аттестация киирбитэ тест ньыматын туттууну кэңэтэр, ирдиир.

        Тургутук (англ. тest – испытание, мерило, критерий; проверочная, контрольная работа, психологический тест; медицинское, химическое исследование, анализ; проверка) – холуур-билгэлиир сорудах, чинчийии, бэрэбиэкэлээһин. Бэйэбитигэр чопчу сыһыаран кѳрдѳххѳ, бу γѳрэнээччи билиитин-кѳрγγтγн, таһымын тургутан кѳрѳргѳ аналлаах билии-кѳрγγ тиһигин γлэтэ.

Тест сыала-соруга:

- γѳрэнээччи бэйэтин билиитин-кѳрγγтγн, ѳйγн-санаатын таһымын билэригэр кѳмѳ;

- γѳрэнээччи толкуйдуур, ѳйдγγр  дьо5урун сайыннарарыгар кѳмѳ;

- γѳрэтии туругун билгэлээһин;

- γѳрэнээччини  программа5а, γѳрэх кинигэтигэр эрэ киирбит матырыйаалы γѳрэтиинэн муңурдаммакка, бэйэтэ хасыһан ѳссѳ дириңэтэн эбии дьарыктанарыгар кѳ5γлээһин, чинчийэр γлэ5э сыһыарыы;

- γлэ уус-уран айымньы проблематыгар дириңник киириигэ, суруйааччы оло5ун уонна айар γлэтин ситимнээн кѳрγγгэ кыа5ы биэрэр, аа5ааччы быһытынан культурата γрдγγрγгэр кѳмѳлѳһѳр.

Тургутугу туттуу:

- γѳрэх бириэмэтин кѳдьγγстээхтик туһанарга кѳмѳлѳһѳр;

- о5о билиитин таһымын таба сыаналааһыны хааччыйар;

- биирдиилээн о5ону кытта γлэни кѳдьγγстээхтик тэрийэргэ кыах биэрэр;

Тургутук табыгастаах уратыта:

- толоруллара судургу (бэлэм оңкулунан таба эппиэти – барыйааны булуу);

- анал ыйыллар нуорма5а оло5урара (барбыт теманы толору хабар, онон билии кырдьыктаах кытаанах ирдэбилигэр сѳп тγбэhэрэ);

- кылгас болдьоххо толоруллара;

- тѳhѳ ба5арар киhи бииргэ кыттара (биирдиилээн да, бѳлѳ5γнэн да γлэ5э туттуллар кыахтаа5а).

Онон тургутук практическай суолтата улахан. Бу – кѳстѳн турар суол: үѳрэнээччи билиитин хаачыстыбатын анал тупса5ай халыыпка (стандартка) киллэрэн толору бэрэбиэркэлиири хааччыйар.   Үѳрэнээччи бэйэтин тургутунарыгар, хонтуруолланарыгар кѳмѳ буолар.

Тургутук соруда5а 3 кѳрγңнээх буолла5ына  билии толору арыллар:

  1. Хоруйу талар сорудах (хас да бэлэм хоруйтан биир табатын талыы);
  2. Кылгастык, чуолкайдык хоруйдуур сорудах;
  3. Тэнитэн толорор сорудах.

Бу кѳрγңнэр бэйэ-бэйэлэрин кытта сибээстээх буолаллара ирдэнэр. Холобура, саха тылын уруогар 1 кѳрγң сорудахха теорияттан ыйытыылар, 2 кѳрγң сорудахха толору эппиэт биэрэр сорудахтар, 3 кѳрγң сорудахха ырытыы, тиэкиһи кѳннѳрγγ, тэттик тиэкис айыы киириэн сѳп.

Тургутугу ыытан бэйэни салайынар-дьаһанар (сатаан былаанныыр, тγмγгγн сылыктыыр, тылын сайыннарар ба5аны γѳскэтэр, хонтуруолланар), билиини-кѳрγγнγ ылар  (сыалын-соругун таба туһанар, билиини-кѳрγγнγ хаңатар араас матырыйаалы туһанар, билиитин сааһылыыр), тобулук ѳйγ сайыннарар, бэлиэни-символы туһанан γѳрэнэр, санааны сааһылаан суруйар  γѳрэх  дэгиттэр γѳрγйэхтэрин  иңэрэбит.

     

II баһа. Тест технологиятын уруоктарбар туттуу.

        Саха тылын, литературатын γѳрэтэргэ билиңңи туругунан учууталга кѳмѳ методическай босуобуйа, эбии литература а5ыйах,  мультимедийнэй, электроннай сыһыарыылар суохтарын да кэриэтэ. Онон сибээстээн, уруоктарбар бэйэм оңорбут матырыйаалларбын туһанабын.

Саха тылыгар тыл γѳрэ5эр лексика, фонетика, морфология, синтаксис салааларын γѳрэтэбит. Бу улахан салаалары хатылааһыны тест ньыматынан ыытабын. Үксγгэр тестэрбин биир кэлим экзамеңңа чугаһатан А, В, С чаастан турар гына оңоробун.  А чаас 10-15 ыйытыктаах 3 эппиэттээх сорудахтар, В чааска барбыт темаларыттан кѳрѳн сорудахтара таңыллар. Сурук бэлиэлэрин туруоруу, схеманан этии толкуйдааhын, саңа чаастарын морфологическай бэлиэлэригэр, лексика5а тылы быhаарыыга теорияны уонна  практиканы дьγѳрэлээн оңоhуллар.  С соруда5ар этиини толору синтаксическай ырытыы, бэриллибит тема5а тэттик текст суруйуу, текст стилин уларытыы курдук сорудахтар киирэллэр.

6 кылааска аат тылы, да5ааһын ааты, ахсаан ааты, солбуйар ааты барабыт. Бу кылааска электроннай тест оңорбутум. Тест оңорорго Macromedia Dremweaver 8 программаны тутуннум. Хас биирдии тест 10 -16 ыйытыылаах. Ыйытыы аайы 4 барыйаан эппиэттээх.  Манна сөптөөх эппиэти бэлиэтииллэр. Тест бириэмэтэ суох, онон толкуйдуур көңγллэнэр. Эпиэттээн бγттэхтэринэ баалгын аах диэн кнопканы баттыыллар. Сөпкө эппиэттээбит бааллара уонна сыаналара тахсар. Тургутук  «Туйгун. Маладьыас», «Үчγгэй. Бэлэмнээх кэлбиккин», «Орто. Өссө биирдэ эппиэттээн көр», «Куһа5ан. Өссө хатылаан баран эппиэттээ» диэн сыаналанар. «Саңаттан эппиэттиибин» диэн кнопканы баттаатахтарына, инники γлэлэрэ сотуллар.

Холобур, аат тыл саңа чааhыгар морфологическай бэлиэтин арыйар, ону сэргэ бэлиэтэммит аат тыл этиигэ ханнык чилиэн буолбутун, саңа чааhын быыhыытынан ырытыы, ахсаана, сыhыарыыта сѳпкѳ суруллуутун тургутар ыйытыылар толкуйдаммыттара. Атын саңа чаастара эмиэ бары ѳттγнэн хабыллан оңоhуллубута.

Бу электроннай тургутугу о5олор ортотунан 6-8 мγнγγтэ оңороллор. Бγппγттэрин кэннэ проекторынан тыктаран уопсай кылааhынан оңоробут. Ким ханна сыыспытын ырытабыт, сѳптѳѳх эппиэти кѳрѳбγт. Маннык тургутугу о5олор сѳбγлээн тутталлар. Онтон салгыы уруокка атын сорудахтары оңороллор.

Саха литературатын уруоктарыгар тургутугу биирдии айымньынан, салаанан ыытыахха сѳп. Манна бэйэм оңорорум таhынан, саха тылын учууталларын сайтарыттан, суруйааччыларга аналлаах викторина кинигэлэриттэн туhанабын.  

Билиңңи кэмңэ кинигэни аа5ыы мѳлтѳѳтѳ. Аныгы технологиялар кинигэ аа5ыытын γтγрγйэн иhэллэр. Араас таhымнаах сорудахтары толкуйдаан биэрии, толкуйдатыы уус-уран айымньыны интэриэhиргэтэргэ  то5оостоохтор. Былырыыңңыттан са5алаан сорох уруокка кѳүγл дьиэ5э γлэ биэрэбин.  Ким уруhуйдаан кэлэр, ким кроссворд оңорор, ким хоhоон, кэпсээн, остуоруйа айар, тест толкуйдуур. Оңорбут γлэлэрин кѳмγскγγллэр, таайтараллар.

О5олор тургутугу толкуйдуулларын, таайтаралларын сѳбγлγγллэр. Бэйэлэрэ толкуйдаатахтарына уус-уран айымньы ис хоhоонун, геройдарын, суруйааччы оло5ун, айар γлэтин γчγгэйдик билэллэр.

Тургутугу ыытан  γөрэх дэгиттэр γөрγйэхтэрин иңэриэххэ, сатабылларын сайыннарыахха сөп:

  • Ытык ѳйдѳбγллэри иңэрии тγмγгэ. Тѳрѳѳбγт тыл бар5а баайын сыаналыыр ийэ тылын сайыннарар, кэлэр кѳлγѳнэ5э тириэрдэр ытык иэстээ5ин ѳйдγγр. Тѳрѳѳбγт тыл γйэлэргэ чѳл, ыраас, этигэн буоларыгар тус оруоллаа5ын ѳйдγγр.
  • Бэйэни салайынар-дьаһанар: бириэмэтин сатаан былааннаан уруокка соруда5ы бγтэрэр, тγмγгγн сылыктыыр, тылын сайыннарар ба5аны γѳскэтэр, хонтуруолланар, бэрэбиэркэлэнэр.
  • Билиини-кѳрγγнγ ылар: сыалын-соругун таба туруорунар, туһанар, дьиэ5э бэриллибит сорудахха билиини-кѳрγγнγ хаңатар араас матырыйаалы туһанар (тылдьыттар, справочниктар, суруйааччы оло5ун, айар γлэтин арыйар кинигэлэр, уус-уран айымньылар), билиитин сааһылыыр, тобулук ѳйγн сайыннарар ѳй γлэтин араас дьайыыларын толорор: тэңнээһин, ырытыы, холбооһун, ханыылатан сааһылааһын, майгыннатыы, сааһылаан ситимнээһин. Рефлексия. Бэлиэни-символы туһанар γѳрγйэхтэр (этии чилиэннэрин, тиэкис анал бэлиэлэрин сатаан туһанар, модель оңорор, бэриллибит модельга, схема5а, таблица5а тирэ5ирэн тыл, этии, тиэкис суруйар).
  • Бодоруһар сатабыл: бииргэ γлэлиир γѳрγйэх.
  • Тустаах γѳрэх биридимиэтин γѳрэтии тγмγгэ. Уруокка барбыт тематын билии.

Тγмγк.

Үѳрэнээччи тѳрѳѳбγт тылынан саңарар саңатын байытарга, тыл суолтатын сѳпкѳ ѳйдѳѳн туттарын эрчийэргэ, сахалыы уус-уран айымньыны аа5ар уонна ымпыктаан билэр кыа5ын сайыннарарга тургутугу туһаныы γчγгэй ѳрγттэринэн буолар:

- толкуйдуур, ырыңалыыр дьо5ура сайдар;

- тургутутукка эппиэт варианнара бэриллэр буолан, о5о сѳптѳѳх хоруйу тобула сатыыр;

- γѳрэнээччи билиитин тиһиктиир, чиңэтэр, хонтуруоллана γѳрэнэр;

- γѳрэтиллибит матырыйаал толору хабыллар;

- тγмγк тγргэнник тахсар;

ѳрэнээччи γлэтин бэйэтэ бэрэбиэркэлиэн, ал5аһын ырытан кѳрγѳн сѳп;

           - тургутук оңороругар, айарыгар бэлэмнэнэр, айымньыны сыныйан аа5ар.

                                                                                                                                   

                                                                                                                                 1 сыһыарыы

     Үѳрэнээччилэр саха литературатын уруогар кѳңγл дьиэ5э γлэ5э айан кэлбит тургутуктара:

Н.А. Лугинов «Нуоралдьыма чараңар»  Борисов Айтал γлэтэ.

1. Айымньы авторын толору аата:

А. Николай Алексеевич  Лугинов   б. Николай Николаевич  Лугинов   в. Иван Алексеевич Лугинов

2. Ньургун эбээтэ хас о5отун сэриигэ ыыппытай?

А. то5ус   б. сэттэ    в. биэс

3. А5ата Ньургуңңа «4», «5» сыана5а γѳрэннэ5инэ тугу биэриэх буолбутай?

А. оонньуур  б. кинигэ   в. саа

4. А5ата куһу ѳлѳрбγтγгэр то5о ытыырый?

А. куттанан  б. аһынан   в. эбээтин ахтар.

5. Ньургун а5атынаан ханнык кѳтѳр ырыатын арааран истэллэрий?

А. куба  б. чыычаах  в. кыталык

Эппиэтин бланкатын эрдэттэн бэйэлэрэ оӊорон а5алаллар. Эппиэттиир о5олор сѳптѳѳх эппиэти кырааскалыыллар.

Эппиэтэ:

1

2

3

4

5

А

Б

В

Тимофей Егорович Сметанин «Егор Чээрин» сэһэнэ.   Павлова Сайаана γлэтэ.

  1. Снайпер……

А. Николаев    б. Чээрин    в. Ирдонов

2. Егор Чээрин чугас табаарыһа кимий?

А. Шагуров  б. Николаев   в. Гурьянов

3. Повар аата кимий?

А. Ирдонов   б. Бычков   в. Офицер

4. Старшиналаах баран иһэн хас немеһи кѳрбγттэрэй?

А. 2  б. 4   в. 3

5. «Оборона5а сытар бириэмэ5э ѳстѳѳх кγγһγн γлтγ сахсыйыллыахтаах, ѳстѳѳххѳ биир да мγнγγтэлээх бокуойу биэриэххэ сатаммат», - диэн ким эппитэй?

А. полковник    б. Саллаат  в. Беляев

                         2 сыһыарыы.

                 8 кылааска 3 чиэппэри түмүктүүр хонтуруолунай үлэ.

32 б -  28 б = 5       27 б- 19 б = 4         18 б – 11 б = 3                        10 б =2

 

Сѳптѳѳх эппиэти булан холбоо:

  1. Этии арааһын арааран суруй:                                   1-дии баал = 4 б.

Кыһын.                                                                     быһаарыыта суох  сирэйдэммит  этии

 Бу алааһы эмиэ оттууллар.                                    сирэйдэммэтэх этии

Сахалыы аа5ар – суруйар буолуохха наада.         ааттыыр этии

Сарсын эрдэ кэлээрин.                                            быһаарыылаах сирэйдэммит этии

  1. Этии бγтэһигэр сурук бэлиэтин туруор, арааһын ый:                1-дии баал =4 б.

Υѳрγγ, дьол-соргу буолуохтун

Ол сыл А5а дойду Улуу сэриитэ са5аламмыта

Манна киирэн олорун, сѳрγγкээң

Бэйи эрэ, туох диэтэ5эй

  1. Сирэй саңа5а сурук бэлиэтин туруор:                                             2-лии баал = 6

Ол ирбэт тоңңо хайдах бурдук, от γγнэрий Филимонов сымыйыр5аары гыммыта.

Вася эттэ Сеня, эн Уоһук курдук омуннурума, марайа-марайа биэримэ.

Ээ, дьэ, имэннээх тыал тγспγт, быһыыта, бγгγн эһигини ыытыа суох быһылаах дии-дии оһо5ун отто дабдайан олордо. –Дьэ, алыс-алыс улахан тыал тγстэ.

  1. Этиигэ сурук бэлиэтин туруор:                                               1-дии баал = 4

Манчаары Баһылай кэлиэ5э сэгэрдээр.

Саха сирин киин куората Дьокуускай билигин лаппа улаатта.

Тахсан баран суола суох сир устун Чγѳчээски баран истэ.

Υлэтиттэн кэлээтин мара таңаһын уларыта охсоот мааны кѳстγγмγн кэтэр.

  1. Этии биир уустаах чилиэнигэр, тγмэр тылга  сурук бэлиэтин туруор:  1-дии баал = 2

Геройдары олох γлэ охсуһуу γѳскэтэр.

Кѳрсγһγγ, хардарыта куустуһуу кэнниттэн бары γһγѳн Аппатыыт эмээхсин кэһиитин сγѳгэйи дьэдьэни моонньо5ону отону массыына5а таһаардылар.

  1. Схеманы кѳрѳн этиитэ толкуйдаа. 2-лии баал = 6 б.

А) О,О,О – Т.т.

      Б) А.т: «С.с»?

      В) ______ , Т.

  1. Этиини чилиэнинэн ырыт:                                     6 баал

Тыа намыһах хотооллоругар хаар ууллубакка сытара элэң-сэлэң туртайан кѳстѳрѳ.

                                                          3 сыһыарыы

                                                  Саха тыла.   6 кылаас.

А.А.____________________________________

«5» - 20 – 17 б.       «4» - 16 – 13 б.       «3» - 12 – 9 б.                   «2» - 9 – 0 б.

Морфология. Тардыылаах аат тыл.

А 1  Тардыы сыһыарыылаах аат тылы бул.

1)  олохпун              

2)  илиини              

3)  а5атаа5ар            

 4)  остуолга

А 2  Бу тыллартан 3 сирэйгэ, элбэх элбэхтээ5э, таһаарыы падежка турар тардыылаах аат тылы бул.

1)  ырыаһыттары

2)  кынаттарыттан

3)  дьоннордуун

4)  о5оттон

Да5ааһын аат

А 3  Да5ааһын аат туохтууртан үөскүүр сыһыарыытын булан бэлиэтээ.

1)  -лаах

2)  -а5ас

3)  -мсах

4)  -гы

А 4  Көспүт суолталаах да5ааһын аат ситимин бул.

1)  күөх сэбирдэх

2)  тымныы кыһын

3)  сырдык санаа

4)  муус дьиэ

А 5  Аһа5ас эттээх да5ааһын аат ситимигэр антоним суолталаах тыл ситимин булан бэлиэтээ.

1)  эмис эттээх

2)  бүтэй эттээх

3)  сыалаах эттээх

4)  чэгиэн эттээх

Ахсаан аат

А 6  Барыллааһын ахсаан ааты ый.

1)  сэттэ-а5ыс, элбэх

2)  уончалыы, иккилии

3)  уонча, сүүһүнэн

4)  үһүс, чиэппэр

А 7  Бу этиигэ ахсаан аат сөптөөх ситимңэ турбутун булан бэлиэтээ.  М.Шолохов 23  “Чуумпу Дон” кинигэтин бүтэрбитэ.

1)  сүүрбэ үс сааһыгар

2)  сүүрбэ үһүнэн сааһыгар

3)  сүүрбэ үстүү сааһыгар

4) сүүрбэ үстээх сааһыгар

Солбуйар аат.

А 8 Эйиэнэ солбуйар аат арааһын ый.

1)  тардыылаах

2)  сирэй

3)  быһаарыылаах

4)  ыйытар

А 9  Бу этиигэ көппүт солбуйар ааты булан ый. Киһи киэнигэр ба5арыма: ...  киэниттэн матыаң.

1)  бэйэң

2)  бэйэтэ

3)  бэйэм

4)  бэйэтин

А 10  Эһигиннээ5эр диэн солбуйар аат сөпкө ырытыллыбытын бул.

1)  үһүс сирэй, элбэх ахсаан, тэңнии падеж

2)  иккис сирэй, элбэх ахсаан, холбуу падеж

3)  иккис сирэй, элбэх ахсаан, тэңнии падеж

4)  үһүс сирэй, биир ахсаан, туттуу падеж

2чааһа

В 1. Бу этиини чилиэнинэн ырыт, саңа чааhын суруй.

 Үгүстэр кынаттарыгар төбөлөрүн уктан утуйаллар.

В 2.  Дьыала истиилигэр биир докумуон кумаа5ытын суруй.

6 кылааска 4 чиэппэри түмүктүүр хонтуруолунай үлэ аналиһа.

1

Ыытыллыбыт күнэ

27.05.2014 с.

2

О5о ахсаана

Толордо

5

5

3

Успеваемость

100%

4

Хаачыстыба

80%

«5» - 1 о5о.

«4» - 3 о5о.

«3» - 1 о5о.

5

Сыыһа оңорбуттар:

«А» сорудах.

1. Тардыы сыһыарыылаах аат тылы бул.

2. уларыйбыт тардыылаах аат тылы бул.

3. да5ааһын аат туохтууртан үөскүүр сыһ-та бэлиэтээ.

4. көспүт суолт-х д/а сыһыарыытын бул.

5. д/а ситимигэр антоним суолтх тыл ситимин бул.

6. барыллааһын ахсаан ааты бул.

7. а/а сөптөөх ситимин булуу.

8. солбуйар аат арааһын ыйыы.

9. этиигэ көппүт солбуйар ааты булан ыйыы.

10. солбуйар аат сөпкө ырытыллыбытын бул

80%  (4 о5о)

0%  

80% (4 о5о)

0%

40% (2 о5о)

60% (3 о5о)

20% (1 о5о)

40% (2 о5о)

20% (1 о5о)

20% (1 о5о)

6

«Б» сорудах.

  1. этиини ырытыы, саңа чааһын суруйуу.
  2. дьыала истиилигэр биир докумуон кумаа5ытын суруйуу.

 

Толору – 20%, анаарын – 80%

Толору – 80%, анаарын – 20%

7

Сыыһаны туоратарга үлэлэр: тардыылаах аат тылы, да5ааһын сыһыарыыларын, ахсаан аат арааһын, солбуйар аат арааһын хатылааһын. Этии чилиэннэрин чиңэтии.

    Сүрүн ыарыр5аппыт Б. Миша. А чааска 10-тан 5 бааллаах, В чааска 10-тан 4 бааллаах.

      Туйгуннук оңорбут С. Уйгу.

      Үчүгэйдик оңорбуттар: Б. Айтал, П. Сайаана, Л. Вова.

      Л. Вова В чааһыгар  уһун аһа5ас, хоһуласпыт бүтэй дор5ооңңо сыыһалардаах.

8

Учуутал: Еримеева С.С. 1 категория

           

                     

                                                                                                                                      3 сыһыарыы

                7 кылааска 2 чиэппэри түмүктүүр хонтуруолунай үлэ

А.А. ________________________________________________________

                          “5” – 45 – 38 б

                          “4” – 39 – 26 б

                          “3” – 25– 10 б.

“2” – 10-0 б.  Хас биирдии сөпкө оңоһуллубут сорудах 5 б.

Тиэкиһи аах, соруда5ы оңор.

        Айта, киэң сир киһитэ, олус ыраастык нууччалыы саңарара, быһа-бааччы ылба5ай уонна көнө майгылаах этэ.  Маннаа5ы кыргыттар курдук билэ-билэ билбэтэх, көрө-көрө көрбөтөх буолан кубулуммат. Онуоха эбии көрсүө, киһини бол5ойон истэр. Киһини кытта оттомноохтук кэпсэтэр кыргыттар үчүгэйдэр. Оскуолаттан аргыстаһан иһэн Айта биһикки тапсан кэпсэтэбит. Аахпыт кинигэлэрбит, көрбүт киинэлэрбит туһунан. Кини сылдьыбыт сирэ, үөрэммит оскуолата, билсибит оҕолоро олус үгүс этэ. Кинини кытта кэпсэтэрбин сөбүлүүбүн.

Сорудах:

  1. Тиэкистэн икки туохтууру бул. Бэйэ5иттэн  үһү холобурдаа.
  2. Тиэкистэн аат туохтууру бул. Оло5ун. Буолар, буолбат форматын ый. Бэйэ5иттэн үһү холобурдаа.
  3. Тиэкискэ аат туохтуур этиигэ ханнык чилиэн буолбутун быһаар.
  4. Ыйытыы туруоран ааспыт, билиңңи, кэлэр кэмнээх аат туохтууру булуң.
  5. Тиэкистэн сыһыат туохтууру бул. Оло5ун, буолар, буолбат форматын ый. Бэйэ5иттэн үһү холобурдаа.
  6. Этиигэ сыһыат туохтуур ханнык чилиэн буоларын ый.
  7. Тур, кэл туохтууртан сыһыат туохтууру, аат туохтууру буолар, буолбат форматын үөскэт.
  8. Аат туохтууру, сыһыат туохтууру саңа чааһынан ырыт.
  9. Эйэҕэс майгыннаах эдэркээн Манчаары эйээрэр куолаһа эймиирэ маардары. – толору синтаксическай ырытыы оңор.  

                                                          Туhаныллыбыт литература:

  1. Винокурова М.С., Винокуров И.П., Филиппова М.Е. Саха тыла. Тургутук. – Саха государственнай университета, 2007. – 74 с.
  2. Игнатьева С.С., Саха тылыгар тестэр: 1-4 кылаас. – Дьокуускай: Бичик, 2009. – 40 с.
  3. Попова М.А., Саха литературата: биир кэлим эксээмэн тургутуга: (ЕГЭ тестэрэ). – Дьокуускай: ИПКРО изд-то, 2003 – 109 с.
  4. Семенова С.С., Васильева Н.Н. Саха оскуолатыгар (сахалыы γѳрэнэр уопсай γѳрэхтээhин оскуолатыгар) тѳрѳѳбγт тылы γѳрэтэргэ аналлаах γѳрэх программатын баhылааhыңңа тγмγк ирдэбил.//Тѳрѳѳбγт тыл уонна литература. – 2008. - № 4 (12) – С. 17-24.
  5. Семенова С.С., Саңа кѳлγѳнэ γѳрэх стандарта: саха оскуолатыгар тѳрѳѳбγт тылы γѳрэтии саӊа кэрдиис кэмңэ.// Тѳрѳѳбγт тыл уонна литература. – 2010. - №3 (19) – с. 30-34.
  6. Семенова С.С., Тѳрѳѳбγт тыл: γлэлиир бырагыраама: 1-4 кылаас. – Дьокуускай: Бичик, 2013. – 56 с.  


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

айымньыны ейдеен аа5ыыга проблемнай ырытыыны туьаныы

     Билиҥҥи сайдыылаах олох ирдэбилинэн уус-уран литератураны оскуолаҕа үөрэтиигэ сыһыан уларыйда. Киһи ордук сиэр-майгы, өй-санаа өттүнэн сатарыйда уонна үөрэнээччи уус-уран ли...