Төрөөбүт литература уруоктарыгар аађыыны көђүлүүр ньымалары туттуу.
методическая разработка

Сыала: Уус-уран айымньыны өйдөөн –дьүүллээн ааҕыы,  ааҕыы суолтатын урдэтии;

Соруктара:

  • Оҕо айымньыны өйдөөн ааҕарын туһугар, ааҕыы араас ньымаларын туһаныы.
  • Үөрэнээччи айымньыны ааҕар уонна ылынар кыаҕын сайыннарыы;
  • Олоххо бэлэм, өй-санаа  өттүнэн сайдыылаах личноһы иитэн таһаарыы;

Скачать:


Предварительный просмотр:

Төрөөбүт  литература уруоктарыгар аађыыны көђүлүүр ньымалары туттуу.

Слепцова И.С.

И.И.Константинов-ДэлэгээтУйбаан аатынан

Сулђаччы уопсай орто үөрэхтээһин оскуолатын

 саха тылын, литературатын учуутала

 Төрөөбүт литература уруогар айымньыны аађыы сүрүн миэстэни ылар. Кистэл буолбатах, билигин оҕо кинигэни аахпат буолла.

Ураты суолтата: Ханнык баҕарар айымньыны ырытан көрдөххө, ыччакка ураты күүскэ дьайар кыахтаах өрүтүн булуохха сөп. Уус-уран айымньы ис хоһоонун үөрэнээччи таба өйдүүрэ, ырытара, чинчийэрэ кини киһи быһытынан иитиллэн тахсарыгар улахан суолталаах. Онон айымньыны сонурҕатан аахтарыы, билиһиннэрии- ааҕыы уруогун биир сүрүн соруга.

Объект: Оҕо олохххо суолун таба булуута, киһи буолуута.

Предмет: Оҕону үөрэтии-сайыннарыы тиһигэ.

Саңалыыкөрүү: Аныгы олох ирдэбилинэн литератураны оскуолаҕа үөрэтиигэ сыһыан уларыйда. Уус-уран айымньы, тиэкис ааҕыллан бүппүтүн кэннэ ырытар, бэйэ санаатын үллэстэр дьоҕуру сайыннарыыга айымньылаах үлэ ирдэнэр. Учуутал оҕо тиэкиһи өйдөөн –дьүүллээн, сыаллаан-соруктаан туһаайан ааҕыытын көҕүлүүр буолуохтаах.

Сыала: Уус-уран айымньыны өйдөөн –дьүүллээн ааҕыы,  ааҕыы суолтатын урдэтии;

Соруктара:

  • Оҕо айымньыны өйдөөн ааҕарын туһугар, ааҕыы араас ньымаларын туһаныы.
  • Үөрэнээччи айымньыны ааҕар уонна ылынар кыаҕын сайыннарыы;
  • Олоххо бэлэм, өй-санаа  өттүнэн сайдыылаах личноһы иитэн таһаарыы;

Сана көрүнэ: истии, санарыы, аађыы, суруйуу- барыта аађыыттан тутулуктаах. ФГҮөС бырагырааммата 3 суолу тутуһар: аађыы уонна ырытыы, аађыы уонна сэһэргэһии, бэйэ аађыыта.Маны сэргэ үөрэнээччини сайыннарыыга сүрүн тускулунан: аађар дьођуру, саңарар саңаны, суруйар дьођуру, литературнай билиини сайыннарыы диэн бэлиэтиир. \

 Аађыыга көђүлээһин биир биллэр ньыматынан аађыы үлэтин көдьүүстээхтик тэрийии буолар. Айымньыны кытта үлэђэ, бастатан туран, аађыы араас ньымалара туһаныллаллар. Үөрэнээччи аа5ыы араас көрүңүн баһылыахтаах диэн этиллэр. Онтон аађыыттан араас сатабыл сайдар. Оҕо интэриэһиргээн аахтаҕына, айымньы ис хоһоонун толору өйдүүрэ саарбаҕа суох. Онон аађыы ис хоьоонун, суолтатын өйдөөн-төйдөөн аа5арыгар үөрэнээччи дьарыгын көђүлүүр араас  көрүңү туттабын:

- учуутал аађыыта. Уйулђа умсулђаннаах, өй-санаа күүрүүлээх түгэнин ођођо дьайар гына аађыахха сөп, оччотугар айымньыны ылынар, өйдүүр. Манна истэр дьођур сайдар. Истэр дьођура сайыннађына эрэ, ођо уус-уран тылга аһыллыан, айымньыга тардыһыан, аађар дьођура сайдыан сөп.

- сыныйан аађыы. Хас биирдии ођо тус бэйэтэ ыйыллыбыт кэрчиги аађан, айымньыны ырытарга, ис номођун быһаарарга үөрэнэр.

-  хоһоонноохтук аађыы. Аађыллыбыт тиэкиһи учуутал биитэр үчүгэйдик аађар ођо хомођойдук хос аахтађына, ордук суолталаах, айымньы сүрүн санаата түмүллэр түгэнин (айылђаны ойуулааһыны, персонаж уйулђата оонньуур кэмин, киирсиилээх кэпсэтиини о.д.а) ордук өйдүүр, айымньыны ылынар, ырытыыга толкуйа тобуллар.

- быһаарыылаах аађыы. Уус-уран айымньыга көстөр өйдөммөт, ыарырђаппыт тылларын аађыы кэмигэр суолтатын быһаарар тођоостоох..

- быһаарсыылаах аађыы. Айымньыны аађа олорон уустук, өйдөммөт тыллары учуутал үөрэнээччилэри кытта куолаан быһаарсаллар. Уус-уран тиэкиһи маңнайгы ылыныыны хайысхалыыр, ырытыыга бэлэмниир, кэпсэтиигэ тирэх буолар.

- сорудахтаах аађыы. Айымньыны ырытыыга туһаайан аађыыны тэрийиллэр. Аађыах иннинэ сорудах бэриллэр, оччођо ођо болђомтотун ууран аађар. Тиэкиһи маңнай аађар кэмңэ ођо болђомтотун ордук тардыахха сөп кэрчиги аађыах иннинэ чопчу санааны арыйарга тиэрдэр сорудађы биэриэххэ сөп.

- бэлиэтэниилээх аађыы. Айымньыны ырытыыга туһаайан аађыыны тэрийиллэр. Ордук суолталаах этиилэри сурунан бэлиэтэнэллэр. Биитэр схеманан, тирэх бэлиэнэн, эргономика  ньыматынан бэлиэтээһини туһаныахха сөп. Бу үлэ кэлин айымньыны ырытыыга, суругунан үлэђэ тирэх буолар.

 - дорђоонноохтук аађыы. Ођолор биирдиилээн доргуччу аађаллар, кылаас барыта истэр, онон  ођо сыыһата суох аађарга кыһаллар. Истэн олорооччулар аахпыт ођо туохха сыыспытын ыйыахтарын сөп. Манна ођо хайдах аађара, тыынара, туохха ордук сыыһара, аађар тэтимэ барыта көстөр.

- бүттүүн аађыы.  Тиэкиһи бары бииргэ улаханнык саңа таһааран тэңңэ аађаллар. Маннык аађыыга бытааннык аађар ођо түргэтиир, сатаан аађар ођолору батыһан, кинилэргэ тардыһан аађыыларын тэтимэ түргэтиир.

-тэңңэ аађыы. Учууталы кытта тэңңэ аађаллар. Хоһоону, чабырђађы аађарга туттуохха сөп.  Сүрүннээн дьиэђэ аађан кэлбиттэрин, биитэр искэ аахпыттарын кэннэ ыытарга тођоостоох.  Бу ньыма ођону сурук бэлиэтин тутуһарга, куолаһы уларытарга, сөпкө тыынарга, чуолкайдык саңарарга, дорђоонноохтук аађарга уһуйар, аађыы тэтимин эрчийэр.

- тохтобуллаах аађыы. Уһун кээмэйдээх тиэкиһи аађарга туттуохха сөп. Учуутал аађыыны сађалыыр, интэриэһинэй түгэнигэр тохтуур, салгыы ођолор бэйэлэрэ аађаллар. Эбэтэр олбу-солбу аахтарыахха сөп. Бу ньыма аађыан бађарбат, куттанар ођолору аађыыга көђүлүүр.

- оруолунан аађыы.  Сүрүннээн драматическай  айымньыны, үгэни аађыыга туһаныллар. Персонажтар оруолларын үллэстэн аађыыны таба тэрийдэххэ, ођолор сөбүлээн, умсугуйан аађаллар, герой уобараһын арыйарга кыһаллаллар. Бу аађыы ньымата уус-уран истэр, көрөр, айар дьођурдара арыллыбыт ођолорунан аахтарар көдьүүстээх.

- сыабынан аађыы. Биир ођо кэрчиги аађан бүппүтүк кэннэ,  салгыы атын ођођо аахтарыллар. Үөрэнээччи  айымньыны аађар кэмңэ болђомтолоох буолуутугар туһуланар. Биитэр кылгас тиэкис буоллађына, биирдии этиинэн аахтарыахха сөп. Маннык ньыманан биир уруокка кылаас ођотун бүтүннүүтүн аахтарары ситиһиллэр.

- талан аађыы. Айымньыны аађан бүтэн баран ордук суолталаах кэрчиккэ болђомтолорун туһаайан хос аахтарыахха сөп. Эбэтэр

- иһийэн аађыы. Искэ аађыы айымньыны, суруйааччыны кытта биир бииргэ буолууга тиэрдэр. Ођолор аађан баран, истэригэр толкуйдуу, ырыта үөрэнэллэр. Маны таһынан маннык харађынан  аађыыга түргэнник аађар сатабыл эмиэ сайдар;  

- доргуччу аађыы. Сурук бэлиэтин тутуһан улаханнык, доргуччу аахтарыы.

Ити курдук, айымньы ис хоһоонун өйдүүргэ сөп түргэннээхтик, таба интонациялаан аађар наадалаах.  Бытааннык аађар ођо айымньы ис хоһоонун ситэ өйдөөбөт, кини аађа сатыырыгар сырата барар, сорох тыл өйдөбүлүн быһаарбат буолан, аађыан бађарбат, аађыыга тардыспат буолар. Сөп түргэннээхтик, өйдөөн аађар ођо айымньы ис хоһоонун, сүрүн санаатын түргэнник өйдүүр, аађар айымньыга интэриэьэ үрдүүр, кэпсэтэр тыла байар, суруйар дьођура сайдар, иңнигэьэ суох саңарар атын да предметтэргэ чобуотуйар, ситиһиилээх буолар.

Маннык үлэ көрүңэ сыалын ситтэҕинэ:

  • оҕо ааҕыыга интэриэһин көҕүлүүр,
  • үөрэтиллэр матырыйаалы сэргээн истэр, өйдүүр,
  • үөрэх дэгиттэр үөрүйэхтэрин  баһылыыр кыахтанар,
  • ааҕар, ырытар, кэпсиир, айар дьоҕура сайдар,
  • билиитэ-көрүүтэ кэңиир, дьулуура үрдүүр,
  • санаатын сааһылаан этэр, суруйар, айымньылаахтык толкуйдуур буолар,
  • сыал –сорук туруорунан үлэлии үөрэнэр.


Предварительный просмотр:


Подписи к слайдам:

Слайд 1

Төрөөбүт литература уруогар аађыыны көђүлүүр ньымалары туттуу . Слепцова И.С. И.И.Константинов-Дэлэгээт Уйбаан аатынан Сулђаччы уопсай орто үөрэхтээһин оскуолатын саха тылын , литературатын учуутала

Слайд 2

Аађыы араас көрүңүн туһаныы : - учуутал аађыыта . - сыныйан аађыы . - хоһоонноохтук аађыы . - быһаарыылаах аађыы - быһаарсыылаах аађыы . - сорудахтаах аађыы . - бэлиэтэниилээх аађыы . - дорђоонноохтук аађыы . - бүттүүн аађыы . -тэңңэ аађыы тохтобуллаах аађыы . - оруолунан аађыы . - сыабынан аађыы . - талан аађыы - иһийэн аађыы . - доргуччу аађыы .

Слайд 3

Айымньыны аађыыга ыытыллар үлэ көрүңнэрэ. • В.Зайцев ньыматынан аађыы . Уруок саҕаланыыта ханнык бађарар уус -уран айымньыны , тиэкиһи 5 мүнүүтэ устата ботугураан аађаллар . Манна түргэнник аађар сатабыл сайдар ; • Ыйга биирдэ мүнүүтэђэ аађыы . Түргэнник аађар сатабыл сайдар . Бытаанык аађар ођо атыттарга тардыһан , дьарыктанан аађыытын тэтимин түргэтэтиэн , курдурђаччы аађыыга тардыһыан сөп ; • Аахпыт айымньытын кэпсииргэ үөрэтии , аахпыты сиһилии , кылгатан , талан кэпсэттэрии ; • Айан суруйар үөрүйэхтэргэ уһуйуу ; • Аахпыт айымньыга бэйэ санаатын , сыанабылын этии ; • Оонньуу-сорудахтары туһаныы ; • Аахпыт тиэкискэ ыйытыы толкуйдааһын ; • Айымньы ис хоһоонуган сөп түбэһэр ох тыллары , өс хоһооннору булуу ; • Айымньыга сөптөөх иллюстрация көрүү , кэпсэтии ; • Айымньы аађан баран кроссворд, викторина, тест, ребус,инсценировка оңоруу . • Өйгө , сүрэххэ баары уһугуннарыы . Өй уйулђатын үлэтэ , ођо ис туругун санаатын этэргэ дьулуһар ; • Күлүүс тыл. Бэлиэтик этиллибит тыл ођођо туох эмит санааны , өйдөбүлү , иэйиини үөскэтэр ; • Сонурђатыы . Ођо уйулђатын уһугуннарыы ; • Өйгө оңорон көрүү . Ођо өйүгэр толкуйдаан , айан оңорон көрбүт иэйиитигэр куустарар ; • Историческай быһаарыы . Аађыллар айымньыга сиһилэнэр история кэрдиис кэмин туһунан кэпсээһин , иһитиннэрии ; • Суруйааччы олођо . Учуутал матырыйаал хасыһан , булан суруйааччы тус олођуттан сонуну иһитиннэриитэ ; • Олох-дьаһах туһунан проблемнай ыйытык . Дьиң олоххо көстөр быһыыны-майгыны айымньыга сыһыары тутан проблемнай ыйытыы туруоруу ; • Аађыыга көђүлүүр , уһугуннарар кэпсэтии . Ођођо чугас , кини ылынар эйгэтин туһунан кэпсэтии ; • Айар сорудахтаах үлэ : тэттик кэпсээн , остуоруйа , хоһоон , үгэ , алгыс , чабырђах , таабырын , өс хоһооно айан суруйуу ; • Суругунан үлэ : толкуй сурук , өйтөн суруйуу , айымньыны ситэрэн салгыы суруйуу , айымньы геройугар , ааптарыгар сурук суруйуу о.д.а .

Слайд 4

Төрөөбүт литература уруогар айымньыны аађыыга көђүлүүр ньымалар Гаврил Угаров «Ба h ырђас » кэпсээнэ ( аађыыга көђүлүүр, уһугуннарар кэпсэтии ). - Кимиэхэ ыттаађый ? - Ыт ки h и дођоро диэххэ сөп дуо? - Ханнык түгэңңэ ыт киһиэхэ дођор , абырал , көмө буолуон сөбүй ? Чүөчээски , Күкүр Уус , Куорат кыыһа . ( олох-дьаһах туһунан проблемнай ыйытык ). - Билиңңи олоххо ођо төрөппүтүн кытта сөпсөспөккө дьиэттэн барыыта баар дуо, тођо оннук түгэн тахсарый ? - Ођо ханнык түбэлтэђэ төрөппүтүн утары барыан сөбүй ? - Ођолор уонна төрөппүттэр өйдөспөт түбэлтэлэрэ эбэтэр мөккүөрдэрэ , эһиги санаађытыгар , сүрүннээн туох буоларый ? Н.Неустроев « Куһађан тыын » ( Күлүүс тыл-« уоруу ») - Уоруу диэн тугуй ? - Дьон тођо уорарый ? - Уоруу дьол төрдө буолуон сөп дуо? - Киһи дьолу хайдах булуон сөбүй ? Амма Аччыгыйа « Атађастабыл ». ( Күлүүс тыллар -« атађастаныы , атађастабыл , сэнээһин ») - Ођолоор , « атађастабыл » диэн э h иги санаађытыгар тугуй ? Бу тылы и h иттэххитинэ туох санаа , өйдөбүл үөскүүрүй ?

Слайд 5

А.Е.Кулаковскай «Өй-сүрэх икки мөккүөрэ» хоһооно (өйгө, сүрэххэ баары уһугуннарыы ). -Өй уонна Сүрэх. Хайалара баһылыыр күүстээђий? - Сүрэх бађата , санаа дьулуура киһи үрдүк аатын алдьатар эбэтэр үтүө аатын сырдатар дуу ? - Биирдэ бэриллэр олоххо бары үтүөнү-мөкүнү билэргэ киһиэхэ дьулуур наада дуо? -Өйүнэн олорор киһи ордук дьоллоох буолуо дуу , сүрэђин этиитинэн салайтарар киһи дуу ? - Эһиги тугу ордук истэђит : Өйгүтүн дуу сүрэххитин дуу ? С.Данилов «От үрэххэ ». - Кырдьык диэн тугуй ? - Олоххо кырдьыгы кистиир , сымыйаны этэр түгэн баар дуо? Тођо ? Алампа « Олох оонньуура » драмата - Дьол диэн тугуй ? - Дьоллоох олох диэн хайдађый ? - Баай-дьол дуо? - Олох оонньуура диэн тугуй ? -Киһи олох оонньуура буолуон сөп дуо?

Слайд 6

Николай Якутскай « Көмүстээх үрүйэ » ( Сонурђатар ньыма ) - Бүгүн мин эһиэхэ кэһиилээх кэллим . Көмүс ађаллым . ( ытарђа , биһилэх көрдөрүү ). - Тођо маны ађалан көрдөрбүтүм буолуой ? У . Нуолур « Саллаат ођото Чооруона » - Үс муннуктаах сурук көрдөрүү . - Былаат муннугар сууламмыт саахар , ас Н.Заболоцкай « Мааппа » Олус да кэрэ Олох диэн , дьинэ ! Саас хаар ирэрэ , Көтөр кэлэрэ , Үрэх сүүрдэрэ , Өрүс эстэрэ – Олус да кэрэ ! - Тођо бу хоһоонунан уруокпутун сађалаабыппыт буолуой ? Ол эбэтэр бүгүңңү уруокпут тиэмэтэ туохха ананар эбитий ?

Слайд 7

Аа5ыы Уруогун түгэннэрэ


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Саха литературатуратын уруоктарыгар А5а дойду сэриитигэр аналлаах айымньылары уерэтии

А5а дойду Улуу сэриитигэр аналлаах  айымньылар нецуе о5олорго а5а келуенэ5э дириц ытыктабылы, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууну иитиэххэ, айар дьо5урдарын ке5улуеххэ сеп....

Норуот утуо угэстэригэр тирэ5ирэн о5ону иитии ньымалара.

Норуот утуо угэстэригэр тирэ5ирэн о5ону иитии ханнык да кэмнэ кодьууьэ улахан буолуо5а ....

Торообут литература уруоктарыгар фрактальнай методы туттуу

Торообут литература уруоктарыгар, элективнэй куурустарга  фрактальнай методы туттуу. автор Ефимова Е.Д....

Oбүгэлэрбит айыл5аны харыстыыр ньымалара

Саха - айыл5а о5ото. Ɵбүгэлэрбит аар айыл5аларын ийэбит диэн ааттыыллар, харахтарын харатын курдук харыстыыллара. Сиргэ уокка дойдуга тапталларын, харыстабылларын, үтүѳ үгэстэрин ыччаттарыгар...

Саха литературатын уруоктарыгар уус-уран айымньыны ааҕыыны дьиэҕэ сорудах быhыытынан тэрийии

Билигин оскуолаҕа уус-уран литератураны үөрэтиигэ үөрэнээччилэр айымньыны биир халыыптаахтык, тэҥ таhымнаахтык ылыныыларыгар дьулуhууттан аккаастанан, оҕо хас биирдии айымньыны тус бэйэтэ иэйиитинэн ы...

технологическая карта урока родного языка "Ахсаан ааты санарар сана5а туттуу"

Саха тылыгар уруок технологическай картатаУчуутал Данилова Венера ВасильевнаУруок Саха тылаКылаас, оскуола 6 кылаас, Сулҕаччы орто осколатаУруок тематаАхсаан ааты санарар сана5а туттууБуолар кэмэКулун...