Oбүгэлэрбит айыл5аны харыстыыр ньымалара
статья по теме

Ксенофонтова Саргылана Алексеевна

 Саха - айыл5а о5ото. Ɵбүгэлэрбит аар айыл5аларын ийэбит диэн ааттыыллар, харахтарын харатын курдук харыстыыллара. Сиргэ уокка дойдуга тапталларын, харыстабылларын, үтүѳ үгэстэрин ыччаттарыгар  иҥэрэн хаалларан иһэллэрэ.

      

 

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл obugelerbit_ayyl5any_kharystyyr_nymalara.docx19.75 КБ

Предварительный просмотр:

                   Ɵбүгэлэрбит айыл5аны харыстыыр ньымалара

        Саха - айыл5а о5ото. Ɵбүгэлэрбит аар айыл5аларын ийэбит диэн ааттыыллар, харахтарын харатын курдук харыстыыллара. Сиргэ уокка дойдуга тапталларын, харыстабылларын, үтүѳ үгэстэрин ыччаттарыгар  иҥэрэн хаалларан иһэллэрэ.

      О5о кыра сааһыттан тѳрѳппүттэрин батыһа сылдьан куруук айыл5а5а сылдьара. Окко о5ус сиэтэрэ, бугул түгэ5э харбыыра, ньирэй үүрэн, ынах хомуйан чугастаа5ы алаастарынан сүүрэрэ, куобахха туһахтаан куруҥ тыаны кэрийэрэ. Ол сылдьан мастар үрдулэринэн саһар5а сандаара тыгарын, күн күлүмнүү ойорун, аар тай5а суугунун, сүүрүк мѳлбѳйѳ устарын, чыычаах чуопчаарар тойугун долгуйа истэллэрэ, сэргии кѳрѳллѳрѳ.

      Ол санаалара иитиэхтэнэн айыл5а харыстабылыгар  сыһыаннаах үтүѳ үгэстэр үйэтийбиттэр.

     Айыл5а5а үтүѳ сыһыан тэлгэһэттэн са5аланар.Урут сахалар үс сиринэн көһө сылдьан олороллоро: кыстыкка,сайылыкка, отордуур сиргэ.Маннык олорууга биир сиргэ бөх-сах мунньуллубат, дьиэ-уот салгылыыр, ыарыы тар5аммат. Олорор сирдэрин алаастарын тулатын харыстаан сүѳһүгэ- сылгыга тэбистэрбэт наадатыттан  эргиччи күрүѳлээн кэбиһэллэрэ.Бѳ5ү- сыыһы тэлгэһэ5э муспат этилэр.

     Ойуур – саха киһитин ампаардаах аһа. Маһы -оту саха курдук таптыыр, харыстыыр, үҥэр танара оҥостор омук суо5а буолуо. Сир дойду иччитэ Аан Алахчын хотун хатыҥ маска уйаланар. Ойуур тыа иччитэ Баай Байанай, от мас иччилэрэ Эрэкэ-дьэрэкэ о5олор диэн барытын тыыннаа5ымсытан кѳрѳрѳ. Со5отох үүммүт баара5ай маһы ытыктыыллара, бэлэх туһах биэрэллэрэ. Ɵрүс , күѳл кытыытыгар үүнэр маһы харыстыыллара, кэрдибэттэрэ. Маһа кэрдилиннэ5инэ, ууту уолан хаалар диэн о5олору ѳйдѳтѳллѳрѳ.

    Уута суох- олох суох. Ыраас ууну харыстыырга элбэх үлэни ыыталлара. Ойбоннонор сирдэрин күн аайы ыраастаан чэбэрдик туталлара. Ууга бѳ5ү кутары кытаанахтык боболлоро. Уу иччилээх. Ууга уһуктаа5ы, биилээ5и туһэрдэхтэринэ тута хостуу охсуохтаахтар. Кыайан ылбатахтарына айыыр5ыыллар. Уу иччитин бааһыртыбыт диэн буруйдана саныыллар.

    Кѳтѳрү- сүүрэри харыстыыры о5о кыра эрдэ5иттэн билиэхтээх. Булду бэйэ туһанарыгар сѳптѳѳ5ү эрэ ѳлѳрѳллѳр. Аҥаар кырыытыттан кыдьыгыран кыдыйар сэттээ5ин о5олоругар үѳрэтэллэрэ. Чыычаах уйатын тѳрүт тыыттарбаттар. Чыычаахха о5о кута баар диэн ѳйдүүллэрэ. Чыычаа5ы ѳлѳрѳр, уйатын алдьатар о5о кэнэ5эһин о5ото -уруута суох буолара үһү.

     Балыгы ыыр кэмигэр аймаабаттар, күѳл таҺыгар айдаарбаттар.

     Кыылга кырыктаах буолар аньыы. Булду булт сиэринэн эрэйдээбэккэ ѳлѳрүѳхтээххин. Баай Байанайга махтаныахтааххын. О5олоох кыылы, кѳтѳрү тыыппаттар.

    О5ону кыра эрдэ5иттэн айыл5а кэрэтин бол5ойон көрөргө, харыстыырга үөрэтэр өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин умнубакка көлүөнэттэн көлүөнэ5э тиэрдэн иһиллиэхтээх.О5о  айыл5аны харыстыыр үтүѳ үгэстэри үѳрэтэн, билэн- кѳрѳн, этигэр хааныгар иҥэриннэ5инэ, айыл5а5а, тулалыыр эйгэбитигэр сыһыаммыт уларыйыа, оту –маһы алдьатарбыт, кыылы-көтөрү кыргарбыт а5ыйыа этэ.

                                              С.Ксенофонтова, Кириэстээх орто оскуолата,

                                              Сунтаар улууһа, Саха Республиката


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Норуот утуо угэстэригэр тирэ5ирэн о5ону иитии ньымалара.

Норуот утуо угэстэригэр тирэ5ирэн о5ону иитии ханнык да кэмнэ кодьууьэ улахан буолуо5а ....

Төрөөбүт литература уруоктарыгар аађыыны көђүлүүр ньымалары туттуу.

Сыала: Уус-уран айымньыны өйдөөн –дьүүллээн ааҕыы,  ааҕыы суолтатын урдэтии;Соруктара:Оҕо айымньыны өйдөөн ааҕарын туһугар, ааҕыы араас ньымаларын туһаныы.Үөрэнээччи айымньыны ааҕар уонна ы...