Саха тылын, литературатын уруоктарыгар үөрэх сатабылларын сайыннарыы
статья (9 класс)

Еримеева Саргылана Семеновна

Предварительный просмотр:

Үтүө күнүнэн. Мин темам “Төрөөбүт литература уруогар бэйэ үлэлиир тэтэрээтин туһанан үөрэх сатабылларын сайыннарыы” (6 кылаас “Төрөөбүт литература” уруогун холобуругар).

ФГОС программатынан уруок сүрүн ирдэбилэ – сатабылы сайыннарыы.

Актуальноһа: Билиҥҥи үөрэх стандартын ирдэбилинэн үөрэнээччигэ үөрэх дэгиттэр сатабылларын иҥэриэхтээхпит. 2016 с. тахсыбыт “Төрөөбүт литература” үөрэх предметигэр үөрэтэр-методическай кэмпилиэккэ  үөрэтиини сүрүннүүр бырагыраама, үөрэх кинигэлэрэ, бэйэ ааҕыытын кинигэтэ киирэ сылдьар. Россия издательстволарын үөрэтэр-методическай кэмпилиэгэр балар таһынан үөрэнээччи бэйэтэ үлэлиир тэтэрээтэ киирэ сылдьар. Ону үтүгүннэрэн 2014-2015 үөрэх сылыттан саҕалаан бастаан быстах, сорох темаларга анаан оҥорбутум. Онтон быйылгыттан теманы барытын хабан ситимнээн оҥордум.      

Саҥаны киллэрии: 6 кылааска төрөөбүт литература уруогар бэйэ үлэлиир тэтэрээтин оҥордум, туһанабын.

Сыала: Төрөөбүт литература уруогар үлэлиир тэтэрээт нөҥүө үөрэнээччи үөрэх сатабылларын иҥэриитигэр усулуобуйа тэрийии.  

 Сыалы ситиһээри үлэбэр маннык соруктары туруорабын:

Педагогическай   технологиялары үөрэтэн тиэкиһи ырытыыга, үөрэх сатабылларын иҥэрэргэ сөптөөх приемнары талан сорудах оноруу.

Үѳрэнээччи билиитин кэтээн кѳрүү.

О5о төрөөбγт тылын, литературатын ба5аран туран үѳрэтэрин кѳ5үлээһин;

Тиһиктэммит билиини-кѳрүүнү иңэрэн, бэйэ сайдыытыгар, олох араас түгэнигэр сатаан туһанарга туһаайыы.

Үлэм тутула: киирииттэн, 2 бастан, тγмγктэн уонна туһаныллыбыт литература испииһэгиттэн турар.

Киириигэ үлэм актуальноһын, саҥаны киллэриини, сыалын, соруктарын сырдаттым.

Бастакы баһыгар төрөөбүт литература уруоктарыгар үөрэх сатабылларын иҥэрии түмүгэ, иккис баһыгар 6 кылааска төрөөбүт литература уруогар үлэлиир тэтэрээти туттан оҕо үөрэх сатабылларын иҥэрии процеһа ойууланна.

Түмүкпэр бэйэ үлэлиир тэтэрээтин туһанан туох түмүккэ кэлбиппин суруйдум.

6 кылааска төрөөбүт литература уруогар бэйэ  үлэлиир тэтэрээтин оҥорон, ырытыыны, дьиэҕэ үлэни ол көмөтүнэн биэрэбин. Тэтэрээт хас барыллар тема, айымньы ахсын тус-туспа сорудахтаах.

        Сорудахтарын таҥарбар хас да технология приемнарын туһанным: критическэй мышление, бэйэ үлэлиир (самостоятельная деятельность), бырайыактыыр үлэ (проектная деятельность), педагогическай мастарыскыай.

        Критическэй мышление приемнара: “Кластер”, “Бортовой журнал”, “Синквейн”, “Общее-уникальное” тиэкиһи өйдүүргэ, ырытарга, уруок ханнык баҕарар этабыгар туттарга табыгастаахтар. Оҕо тэҥниир, ырытар, тиэкистэн наадалааҕы булан ылар, түмэр, наардыыр, чинчийэр, бэйэтин үлэтин сыаналанар сатабылларын сайыннарар, иҥэрэр.

        “Кластер” приемун тиэкис сүрүн санаатын, айымньы проблематын таһааран, онтон сиэттэрэн проблеманы быһаарар, анализтыыр, толкуйдуур, тэҥнээн көрөр, санаатын сааһылаан этэр сатабылларын сайыннарарга туттабын.  Холобур, Дмитрий Кононович Сивцев – Суорун Омоллоон “Чүөчээски ” кэпсээнигэр сорудах.

Кэпсээҥҥэ туох проблемата көстөрүй? Бу проблемалар хайдах быһаарыллыахтарын сөбүй? Кластер ньыматынан көрдөр.

“Общее-уникальное” айымньыны, уобарастары тэҥнээн көрөргө туһанабын. Манна биир темаҕа суруллубут айымньылары, атын атын айымньы геройдарын, эбэтэр геройу бэйэлэрин кытта, урукку билиҥҥи кэми туох биирдээхтэрин, туох атыннаахтарын тэҥнээн көрөн көмүскүүллэр. Холобур,  Дмитрий Кононович Сивцев – Суорун Омоллоон “Чүөчээски ” айымньытыгар: Тэҥнээн көр.   Айымньы сүрүн геройун Чүөчээскини  атын айымньы геройдарыгар эбэтэр бэйэҕэр тэҥнээн көр. Төгүрүк быһа охсуһар сиригэр туох уопсайдааххытын суруй.        

Мастарыскыай диэн үөрэнээччи бэйэтин билиитин, үөрүйэ5ин, сатабылын, сайдыытын оңорон таhаарар дьарыга (уруога). Мастарыскыай технологиятыттан  маннык приемнары туһанабын: “Ассоциации”, “Ключевые слова”, “Самостоятельное конструирование определений понятий”, “Символ образ”, “Сравнение версий”, “Формулирование вопросов”, “Если бы...”. Бу сорудахтары оҥорон үөрэнээччилэр билэр-көрөр, бодоруһар, тэринэр-дьаһанар сатабыллара сайдар.

Бырайыактыыр үлэ технологията кыра бырайыактартан саҕалаан оҕо улахан бырайыактары оҥороругар көмөлөөх. Остуоруйа, кэпсээн салҕыытын ситэрии, айымньы ис хоһоонунан уруһуй, комикс, пазл оҥоруу, кроссворд толкуйдааһын, презентация оҥоруу бырайыактарыгар технология этаптарын билсиһиннэрэн, кэнники үлэлэригэр бэйэлэрэ ол этаптарынан үлэлииллэрин ситиһии.

Ырытар, саҥаны айар дьоҕура сайдыбыт киһи олох ыарахаттарыттан толлубат. Кини ханнык баҕарар идэҕэ, эйгэҕэ умсугуйан туран таһаарыылаахтык үлэлиир, саҕалаабыт үлэтин тиһэҕэр тиэрдэр бигэ, чиҥ санаалаах буолар.

        Бу тэтэрээти  туһанан сыл түмүгэр хас биирдии оҕо үөрэх сатабылларын иҥэриитин түмэн таһаарыахтаахпын. Мин толкуйдуурбунан, бу сорудахтарбын ытык өйдөбүллэр, үөрэх сатабылларын иҥэрии, үөрэх биридимиэтин үөрэтии  сыл түмүгэр оҕо хайдах сайдан испитэ, туох проблемалааҕа, туохха ыарырҕатара, таһыма тахсыан сөп.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Саха литературатуратын уруоктарыгар А5а дойду сэриитигэр аналлаах айымньылары уерэтии

А5а дойду Улуу сэриитигэр аналлаах  айымньылар нецуе о5олорго а5а келуенэ5э дириц ытыктабылы, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууну иитиэххэ, айар дьо5урдарын ке5улуеххэ сеп....

Воспитательное занятие Моя родина – Республика Саха (Якутия) Воспитательное занятие Моя родина – Республика Саха (Якутия)

1) формировать понятие о любви к родине как одной из главных нравственных ценностей;2) развивать мышление, коммуникативные качества личности;3) воспитывать патриотические чувства к родному краю....

Саха литературатын уруоктарыгар уус-уран айымньыны ааҕыыны дьиэҕэ сорудах быhыытынан тэрийии

Билигин оскуолаҕа уус-уран литератураны үөрэтиигэ үөрэнээччилэр айымньыны биир халыыптаахтык, тэҥ таhымнаахтык ылыныыларыгар дьулуhууттан аккаастанан, оҕо хас биирдии айымньыны тус бэйэтэ иэйиитинэн ы...

Методический семинар “Саха тылын уонна литературатын үөрэтиигэ бөлөҕүнэн үлэ суолтата”

ldquo;Саха тылын уонна литературатын үөрэтиигэ бөлөҕүнэн үлэ суолтата&rdquo...

Саха тылын уерэтии историятыттан.

Саха тылын уероэтии историята....

Саха тылын уонна литературатын уруоктара. Учууталга көмө матырыйаал

Саха тылын уонна литературатын уруоктара 3,5,6,7 кылаастарга...

Саха тылын кунугэр аналлаах викторина

Саха тылын кунугэр аналлаах викторина...