"Хоhоон" салааны түмүктүүр уруок
план-конспект урока (5 класс)
5 кылааска саха литературатыгар аһаҕас уруок технологическай каартата.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
5 кылааска саха литературатыгар аһаҕас уруок технологическай каартата. | 23.11 КБ |
Предварительный просмотр:
Уруок технологическай картата. (Саха литературата 5 кылаас)
Уруок тиэмэтэ: Хоһоон салааны түмүктүүр уруок.
Уруок тиибэ: хатылааһын уруок.
Сүрүннүүр методическай ньымалар: ырытыы, тэңнээн көрүү, сэһэргэһии.
Уруок сыала:
Хоһоон салааны үөрэтиигэ ылбыт билиини тургутан көрүү.
Үөрэх дэгиттэр үөрүйэхтэрэ:
Билэр-көрөр(познавательные УУД): хоһоонтон ойуулуур-дьүһүннүүр ньыма арааһын булар, тэңниир, ырытар, рифма арааһын билэр, хоһоонтон булар.
Бэйэни салайынар-дьаһанар(регулятивные УУД) : бэриллибит сорудахтары сыал туруорунан үлэтин толорор, сүрүннүүр.
Бодоруһар(коммуникативные УУД): бэйэтин санаатын толлубакка этэр, атын дьону сатаан истэр .
Тус санааны, сыһыаны сайыннарар(личностные УУД): атын киһи дьайыытын, үлэтин кэтээн көрөр, ырытар, сыаналыыр.
Уруок хаамыыта | Үлэ ис хоһооно | Учуутал дьарыга | Үөрэнээччи дьарыга |
1.Тэрээһин (1 мүн) | Тэрээһин, улэлиир усулуобуйаны тэрийии. | Эҕэрдэлэһии.
| Эҕэрдэ хоһоонун этии. Уруокка бэлэмнээх буолуу. |
2. Дьиэҕэ үлэни бэрэбиэркэлээһин. (10 мүн) | Степан Тимофеев «Мин ийэм» хоһоонун өйтөн этии. | 1. Хоһоону дорҕоонноохтук ааҕан иһитиннэрэр. 2. Оҕолортон биир-биир ыйыталыыр, сыана туруорар. Айтыына- Виолетта- Феня- Денис- Вика- Святой- | Учуутал ааҕарын истэллэр. Өйтөн ааҕаллар. |
3.Уруок сыалын таһаарыы, уруогу ааттааһын. | Хоһоон салааны түмүктээһин. | Учуутал: Бүтэһик хоһоону үөрэттибит. Билигин тугу гынарбыт буолуой? Хоһоон салааны түмүктүүргэ ханнык сорудахтары толоруохха сөбүй? | Учуутал ыйытыытыгар хоруйдууллар, таайаллар, бэйэлэрин санааларын этэллэр. Уруок аатын, сыалын таһаараллар. |
4. Поэттар тустарынан билиини тургутан көрүү. | Кылгас хатылааһын. | Ыйытыылары биэрэр: 1.Саха лит-тын төрүттээбит поэт. (Өксөкүлээх Өлөксөй) 2. Аан маңнайгы айымньыта. («Байанай алгыһа») 3. Үс жанрга (лирика, поэзия,драматургия)ситиһиилээхтик үлэлээбит суруйааччы (Алампа) 4.Кыһыңңы күн хоһоон автора(С.Данилов) 5.Эдэр сааһыгар Советскай Армия кэккэтигэр ыңырыллыбыт поэт.(И.Артамонов) 6.200-тэн тахса хоһооно ырыа буолан ыллана сылдьар ырыанньык поэт. (Б.Тобуруокап) 7.Ленинград куорат көмүскэлигэр сылдьыбыт поэт.(С. Тимофеев) | Ыйытыыга эппиэти урут билбиттэригэр олоҕуран этэллэр. |
5. Хоһооннортон ойуулуур-дьүһүннүүр ньыма арааһын булуу, рифманы ырытыы, хоһоон туһунан бэйэ санаатын суруйуу. | О.Д.Нь. (эпитет, тыыннааҕымсытыы, тэңнээһин, метафора) холобурдарын булуу Рифма арааһын булуу Мин сөбүлээбит хоһоонум.(өйтөн суруйуу) | Оҕолоор, хоһооннорбутугар ханнык түмүк үлэни оңоруоххутун баҕара5ыт? | Санааларын этэллэр. Ким туох үлэни оңоруон баҕарарынан үлэлииллэр. |
6.Сыаналаныы, бэйэни ырытыныы | Уруок түмүгүн таһаарыы. | Оҕо бэйэтин сыаналанарыгар, түмүк оңосторугар усулуобуйа тэрийэр. | Тугу ситиспитин, билбитин, кэрэхсээбитин сыаналанар, санаатын этэр. |
«Хоһоон» салааны түмүктүүр сорудахтар.
- Талбыт хоһоонноргуттан рифма арааһын бул, ритмин быһаар.
- Сытыары уонна туруору аллитерация5а холобурда бул.
- Ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларга холобурдарда бул.
Эпитеккэ
Тыыннаа5ымсытыыга
Тэңнээһиңңэ
Метафора5а
- Сөбүлээбит хоһоонуң туһунан кылгас өйтөн суруйуута суруй.

По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Ахсаан ааттыын аргыстаһан аартыктарынан айан… (Ахсаан ааты түмүктүүр уруок)
Технологическая карта урока по якутскому языку в 6 классе по теме "Ахсаан ааттыын аргыстаьан аартыктарынан айан"...
А.Е.Кулаковскай.Аһаҕас уруок
А.Е.Кулаковскай "Кэччэгэй баай"хоһоонунан аһаҕас уруок...
И.М.Гоголев "Санньыар санаам сэргэтэ"сэһэнинэн аһаҕас уруок.
Сэргэ уобараһа...
Этии чилиэннэрин хатылааhын. ( 5 кылааска уруок былаана)
Cаха тылыгар уруок былаана Уруок тиэмэтэ: Этии чилиэннэрин хатылааhынЛексическэй тема: саха олонхотоУруок тиибэ: хатылааhын. Билиини, үөрүйэ ҕ и уонна сатабылы чи ҥ этэр, сайыннарар уруокУру...
Тимофей Сметанин "Егор Чээрин" уруок
Егор Чээрин 2 уруок...
Аьа5ас уруок " Ексекулээх Елексей "Уруйэ" хоьооно
А.Е.Кулаковскайга аналлаахаьа5ас уруок технологическай каартата." Уруйэ" хоьоонунан....
«Дьөгүөрдээңңэ сурук» 6-с кылааска төрөөбүт литературађа уруок
Сүрүн тема: Ађа диэн эмиэ биир ийэ курдук тапталлаах киһи баар эбит.Чопчу тема: Дьөгүөрдээңңэ сурук суруйуу.Уруок тиибэ: айар, айымньылаах үлэ уруога.Технологията: Ођођо бэйэтигэр туhаайыылаах ү...