«Дьөгүөрдээңңэ сурук» 6-с кылааска төрөөбүт литературађа уруок
план-конспект урока (6 класс)

Сүрүн тема: Ађа диэн эмиэ биир ийэ курдук тапталлаах киһи баар эбит.

Чопчу тема:  Дьөгүөрдээңңэ сурук суруйуу.

Уруок тиибэ: айар, айымньылаах үлэ уруога.

Технологията: Ођођо бэйэтигэр туhаайыылаах үөрэх

Сүрүннүүр методическай ньымалар: ырытыы, чинчийии, тэңнээн көрүү, үөрэнээччи уйулђатын уһугуннарар, айар турукка киллэрэр бэсиэдэ, сэһэргэһии, айар үлэ.

Уруок сыала:

Үөрэтэр сыала: 

1. Билэри  сатаан туттар дьођуру үөскэтии;                                                                                 

2. Билиини саңа, атын усулуобуйађа туттары ситиһии;                                                

Иитэр сыала:

1. Олох туллар тутаахтара төрөппүттэр буолалларын өйдөтөргө дьулуһуу;                                                

2. Ийэђэ-ађађа таптал, кинилэри убаастааһын;

Сайыннарар сыала:  

1. Уус-уран айымньы ис хоһоонун дириңэтэн өйдөөһүн, сүрүн санаатын булар сатабыл;

2. Толкуйдуур,  айар дьоҕуру сайыннарыы;

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл saha_lit_6_kylaaska_uruok_bylaana.docx28.42 КБ

Предварительный просмотр:

«Дьөгүөрдээңңэ сурук»

6-с кылааска төрөөбүт литературађа  уруок.

Сүрүн тема: Ађа диэн эмиэ биир ийэ курдук тапталлаах киһи баар эбит.

Чопчу тема:  Дьөгүөрдээңңэ сурук суруйуу.

Уруок тиибэ: айар, айымньылаах үлэ уруога.

Технологията: Ођођо бэйэтигэр туhаайыылаах үөрэх

Сүрүннүүр методическай ньымалар: ырытыы, чинчийии, тэңнээн көрүү, үөрэнээччи уйулђатын уһугуннарар, айар турукка киллэрэр бэсиэдэ, сэһэргэһии, айар үлэ.

Уруок сыала:

Үөрэтэр сыала:  

1. Билэри  сатаан туттар дьођуру үөскэтии;                                                                                  

2. Билиини саңа, атын усулуобуйађа туттары ситиһии;                                                

Иитэр сыала:

1. Олох туллар тутаахтара төрөппүттэр буолалларын өйдөтөргө дьулуһуу;                                                

2. Ийэђэ-ађађа таптал, кинилэри убаастааһын;

Сайыннарар сыала:  

1. Уус-уран айымньы ис хоһоонун дириңэтэн өйдөөһүн, сүрүн санаатын булар сатабыл;

2. Толкуйдуур,  айар дьоҕуру сайыннарыы;

Учуутал туруорунар соруга:

           1) Айымньы ис суолтатын быһааралларын ситиһии, тус санааны, тобулук өйү сайыннар үөрүйэ5и иңэрии.

           2) Υөрэнээччи уруокка айымньылаахтык үлэлииригэр сөптөөх үлэни, усулуобуйаны тэрийии, айар дьо5урдарын  сайыннарыы

           3) О5о бодоруьар, кэпсэтэр, ырытар үөрүйэ5ин сайыннарыы, сааһылыыр, толкуйдуур, саңарар дьођурун сайыннарыы, түмүгү оңорорго көђүлээһин.

Υөрэнээччи туруорунар соруга:

          1) Бэйэ өйүнэн айымньылаахтык тойоннуурга, санааны толору тиэрдэргэ дьулуьуу.

          2) Айымньы ис хоһоонун кытта үлэлиир үөрүйэ5и сайыннарыы.

          3) Бэйэни   салайынар-дьаьанар  үөрүйэ5и  тутуһуу.

Үөрэх дэгиттэр үөрүйэхтэрэ:

Билэр-көрөр: бэриллибит кэрчик тиэкистэн сүрүн санааны этэр күлүүс этиини  булар, ырытар, тэҥниир.

Бэйэни салайынар-дьаһанар: бэриллибит тирэҕинэн турбут сыалы быһаарарга үлэтин сүрүннүүр.

Бодоруһар: бэйэтин санаатын толлубакка этэр, атын дьону сатаан истэр .

Тус санааны, сыһыаны сайыннарар: айымньыга талан ылбыт сорудах көрүңүнэн  түмүк үлэни  оҥорор.

Уруок тэрилэ: үөрэнэр кинигэ, компьютер, Интернет, сотовай төлөпүөн,  кэмбиэр, кумаа5ы.

Уруок былаана:

  1. Тэрээьин, э5эрдэлэьии.

         2.  Сонур5атыы , турукка киллэрии,  сорук туруорунуу,

         3. Айымньы  ис хоьоонунан үлэ

         4. Айар улэ

         5.Улэ тумугун иьитиннэрии;

         6. Бэйэни сыаналаныы: Рефлексия.

          7.Уруок тумугэ. Дьиэ5э сорудах.

Уруок хаамыыта:

1. Тэрээьин

2. Сонур5атыы, турукка киллэрии, сорук туруорунуу, 

  • Интернетинэн учуутал эл.почтатын керер, сурук кэлбитин арыйан, бэчээттэтэн таьаарар-Маша, Дайаана грамоталара, туттарыы, э5эрдэлээьин.
  • Тирэх ыйытыылар
  • Дайаана сурук  туьатын туьунан кэпсээнэ
  • Уруок сыалын-соругун чопчулааьын

3. Ааспыт уруокка ылбыт билиини чинэтии, тирэ5ирии.

“А5а”  («Сааскы кэм» романтан быьа тардыы) ис хоьоонунан үлэ.

1. «Билэри билгэлээһин» толкуйдатар ыйытыылары биэрии-фронтальнай үлэ

1. Айымньыга хаһааҥҥы кэм ойууланарый?

2. Лэглээр о5онньор  кыһыны туоруур атах аңаара эттэрин тоҕо үлтү сабаата?

3.  Ађалара куулугар уган туох кэһии илдьэ кэлбитий?

4. Лэглээр о5онньор  килиэбин уураат, то5о «аны көрүөм диэбэтэ5им» диирий?

5. Лэглээрдэр аттыларыгар кимнээх кыстыылларый?

 6. Микиитэлээх а5алара ханна барар, тугу үлэлиир эбитий?

7. Амма Аччыгыйа  «Сааскы кэм» романыттан “А5а”  диэн быьа тардыыга киһи ханнык истиң иэйиитэ ойууланарый?

2. «Суруйааччы а5а5а  истиң  тапталы ханнык тылынан-өһүнэн биэрэрий?» айымньы а5а5а таптал  күүһүн тиэрдэр уус-уран уратылара-пааранан үлэ

1 паара.

1. 110 сирэйи хатылаан аах, көр.

2. Тиэкистэн Микиитэ а5атын Дьөгүөрдээн туһунан тугу  билбиккитин иһитиннэрэргэ бэлэмнэниң.

2 паара.

1. 111-112 сирэйи хатылаан аах, көр.

2. Тиэкистэн Микиитэ а5атын Дьөгүөрдээн туһунан тугу  билбиккитин иһитиннэрэргэ бэлэмнэниң.

3 паара.

1. 113-114 сирэйи хатылаан аах, көр.

2. Тиэкистэн Микиитэ а5атын Дьөгүөрдээн туһунан тугу  билбиккитин иһитиннэрэргэ бэлэмнэниң.

- паара улэтин кемускээьин;

 - атын паараны истии;

 - уопсай тумугу оцоруу.

Тумук «Ађа диэн эмиэ биир ийэ курдук тапталлаах киһи баар эбит»

3. Дьөгүөрдээн  уобараһа. Уобараьы оңоруу-тэтэрээккэ улэ

Дьүһүнэ-бодото

Таңаһа-саба.

Υлэтэ-дьарыга

Тумук.  А5а-олус да кунду буолар эбит. Саас биирдэ эргиллиэх буолан, ыраах сиргэ айанныыра тиийэн кэллэ5инэ, улахан хомолто буолар эбит.

4. Айар улэ «Дьөгүөрдээңңэ сурук» айымньыны түмүктүүр үлэ-биирдиилээн үлэ.

  • Олоххо туттуллар ханнык көрүңнээх суруктар баалларый? Суругу хайдах, тугунан ыыталларый? (былыр, билигин)

(киьи киьиэхэ ыытара, биэрэрэ, Муора5а бытыылка суруга, А5а дойду сэриитин кэминээ5и суруктар: ус муннук сурук, хара сурук,, почтанан кэмбиэрдээн, электр почта,ватсап, Смс,)

  • Саха литературатыгар 5 кылааска сурукка сыьыаннаах ханнык айымньыны аахпыккытыный?
  •   Сурук анала (сонун, э5эрдэ, биллэрии, ынырыы, махтал суруктар уо.д.а.)
  • Сурук суруйарга сурук тутула, бэрээдэгэ, быраабылата диэн баар буолуо дуо?

Сурук тутула. (кэмбиэргэ ыьылла сылдьары сааьылаан сурук тутулун оноруу)-куолаан улэ

  • 1.Дорооболоһуу.
  • 2. Сонуну кэпсээһин.
  • 3. Υөрүүнү үллэстии.
  • 4. Ыйыталаһыы.
  • 5. Ба5а санааны этии
  • 6.Түмүк.
  • 7. Ким суруйбута, чыыһылата

Сурук тутулун биллибит,  билигин бэйэбит сурук суруйан холонон керуехпут. Микиитэ аатыттан Дьегуердээннэ  анаан сурук суруйуохпут. Ким ханнык керунунэн суруйан ыытарын бэйэ5ит талын (кэмбиэр, бук тутуллубут, ус муннуктуу сууламмыт, ватсап, электр почта, )

5.Улэ тумугун иьитиннэрии

6. Бэйэни сыаналаныы: Рефлексия

Бу уруокка тугу биллибит, туохха уерэннибит?

Бугунну  уруокпут сыалын ситтибит дуо?

Тумук. Дьиэ кэргэн тирэђэ-ађа.  Ађа барахсан ийэ курдук эмиэ биир күндү киһи буолар. Ийэни кытта тэбис-тэңңэ ођолорун туһугар кыһаллар, сынньанар диэни билбэккэ күүскэ үлэлиир.

          7.Уруок тумугэ. Дьиэ5э сорудах. 115 сирэйгэ баар «Тыыннаах тыл» соруда5ынан аныгы кэм а5аларын-эьэлэрин улэлэрин-тубуктэрин туьунан кэпсииргэ бэлэмнэнэн кэлии


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Этии чилиэннэрин хатылааhын. ( 5 кылааска уруок былаана)

Cаха тылыгар уруок былаана Уруок тиэмэтэ: Этии чилиэннэрин хатылааhынЛексическэй тема: саха олонхотоУруок тиибэ: хатылааhын. Билиини, үөрүйэ ҕ и уонна сатабылы чи ҥ этэр, сайыннарар уруокУру...

Доклад "Сэрии иннинээ5и сурук-бичик, докумуоннар, хаьыат, бэчээт".

доклад о содержит о якутской письменности после ВОВ...