Тимофей Сметанин "Егор Чээрин" уруок
план-конспект урока (6 класс) на тему
Предварительный просмотр:
Уруок технологическай каартата.
Кылаас: 6
Уруок тиэмэтэ: Тимофей Сметанин «Егор Чээрин»
Уруок тиибэ: ааҕыы-ырытыы
Суруннуур технология:
Суруннуур методическай ньымалар:
Учуутал сыала:
1. Айымньыны ырытыыга тирэҕирэн, үөрэнээччилэр бэйэлэрин сайыннарар эйгэлэрин тэрийии.
2. Айымньы ис хоьоонугар тирэђирэн, үөрэнээччигэ төрөөбүт дойдуга таптал, ахтылҕан күүhүн өйгө-санааҕа иңэрии.
3.Оҕо дириңник толкуйдуурун тус санааларын аhаҕастык этэллэрин, дакаастыылларын, саңаны арыйалларын ситиhии.
4. Уус- ураннык аађыы үөрүйэхтэрин иңэрии.
Yөрэнээччи сыала:
1. Айымньы ис хоhоонун билии
2. Айымньыны ырыта үөрэнии
3. Айымньыны ырытыыга тирэҕирэн, бэйэлэрин тус санааларын аhаҕастык этэргэ, дакаастыырга үөрэнии.
Уруок тэрилэ: мультимедийнай презентация, компьютер, проектор, сорудахтаах карточкалар, ырыа.
Уруок хаамыыта | Учуутал дьарыга | Үөрэнээччи дьарыга | Туттуллар тэрил |
Тэрээhин | Үлэлиир турукка киллэрии | Үлэлиир турукка киирэр, сыал сорук туруорунар | |
Оҕолор сэрии алдьархайдаах сыллара хас биирдии ыалга ыар ыалдьыт буолан ааспыттара. Холобура биьиги нэһилиэкпититтэн... | Оҕолор эппиэттэрэ | ||
Сыал-сорук туруорунуу | Ол курдук биһиги ааҕа сылдьар айымньыбыт сүрүн геройа Егор Чээрин ээмиэ ийэ дойдутун көмүскүү сылдьар буойун буолар этэ. Кини кимий? | Егор Чээрин, Саха киhитэ, снайпер | Дуоска, презентация |
Хатылааhын | О5олорго карточка тунэтэр | Карточка ыйытыыларыгар эппиэттиир. Тута бэрибиэркэлэнэр | Карточка |
С.А.Саввин – Кун Дьирибинэ «Биэстэ эстэр бинтиэпкэм» - хоһоонун билиүиннэрэр. Эьиги санааҕытыгар суруйааччы тоҕо бинтиэпкэтигэр тапталга билинэрий? | - сэриилэһэ сылдьар киһиэхэ саа саамай наадалаах. - саалаах эрэ буолла5ына тыыннаах хаалар уо.д.а. | Презентация, Хоьоонноох карточка | |
Аа5ыы, айымньыны ырытыы | Бүгүн биһиги Снайпер саата диэн түһүмэҕи ааҕыахпыт. Карточка түҥэтэр. -Чээрин туох соруктаах кыргыһыы буолан ааспыт сирин кэрийдэ? -Чээрин өлбүт саллааты тоҕо көмтө? - «Эн миэхэ кынат биэрдиҥ» диэн снайперга туhаайбыт этиитэ туох суолталаа5ый. | Айымньыны ааҕар. Ыйытыыларга толору хоруйу биэрэр. | Карточка, кинигэ, «Журавли» ырыа |
Тэннээн коруу | Эьиги санааҕытыгар хайдах киһи снайпер буолар эбитий? Дьиҥ олоххо олорон ааспыт геройдар И.Н.Кульбертинов Ф.М.Охлопков Биһиги суруйааччыбыт эмиэ бу дьон курдук Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа… Егор Чээрини ааҕан баран эһиги хайдах киһи дии санаатыгыт? | Тулуурдаах, хорсун, бэргэн ытааччы. Айымньы геройын кытары сибээстиир. Хомуур уобарас буоларын ойдуур. Айымньы геройун уобараһын оҥорорго холонор | презентация |
Интэриэьи ко5улээьин | «Чээрин» уус-уран киинэ трейлерин коруу. Бу киинэни Сахафильм киинэ хампаанньата 2015 сыллаахха Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриитигэр Кыайыы 70 сылын көрсө таһаарбыттара. | ||
Рефлексия | - Бүгүн тугу биллим… - Туохха ыарырҕаттым… -Тугу эбии билиэхпин баҕардым… | Тугу билбитин, ыарырҕаппытын быһарар | Презентация |
Дьиэҕэ үлэ | Талан толорор сорудахтары биэрэр, быһаарар | Дьиэҕэ үлэни сурунар, өйдөөбөтөҕүн ыйытар |
Утуо кунунэн!
- О5олор биьиги ааспыт уруоктарбытыгар А5а дойдуну комускуур Улуу сэриитин тематыгар суруллубут айымньыны аа5а сылдьабыт. Бу айымньыны ким суруйда этэй? Сурун герой кимий? (Егор Чээрин, саха киьитэ, снайпер) Дуоска5а о5олор эппиэттэрин суруйуу
- Ааспыт уруоктарга биьиги „булт“, „старшина шагуров“, „орус унуор“, „синиэлим быраьаай“ диэн быьа тардыылары аахпыппыт. Хатылаан ылыаххайын эрэ? Карточка тунэтии. О5олор тута бэрибиэркэлэнэллэр
- Бугун биhиги айымньыбытын салгыы аа5ыахпыт. Аа5ыах инньинэ кылгас хоьоону коруо5ун. Бу Степан Афанасьевич Саввин – Кун Дьирибинэ эмиэ саа-саадах тутан а5а дойду улуу сэриитигэр ийэ дойдутун комускээбит суруйааччыбыт „Биэстэ эстэр бинтиэпкэм“ диэн хоьоонун коруо5ун.
- Хоьоонно автор биэстэ эстэр бинтиэпкэтигэр тапталга билинэр. То5о? (О5олор эппиэттэрэ)
- Чэйин эрэ мин эьиэхэ мээнэ бинтиэпкэ туьунан хоьоону кордорботум бу хоьоон тыллара биьиги бугун аа5ыахтаах чааспытыгар эпиграф быьыытынан киирэ сылдьар. Эпиграф диэн туох этэй 5олор? (Тиэкис ис хоьоонугар сыьыаннаах кылгас этии) Соп маладьыастар эпиграф хайаан да тиэкис ис хоьоонугар хайаан да дьуорэ буолуохтаах. Ол эбэтэр бугун биьиги туох туьунан аа5ыахпытый? (Снайпер саатын туьунан)
- Айымньыны аа5ыахпыт инньинэ мин эьиэхэ карточка тунэтэбин бу карточканы мин аа5ар кэммэр тута толорорго кыьана5ыт. Эппиэттэргит кылгас, чуолкай буолуохтаахтар. (аа5ыы, тута эппиэттэр, ситэрбэтэх о5олорго бары куолаан комолоьобут)
- О5олор аа5ыылаара.
- Эьиги санаа5ытыгар хайдах киьи снайпер идэтин баьылыан собуй? (Бэргэнник ытар, тулуурдаах, хорсун)
- А5а дойду Улуу сэриитигэр аатырбыт саха снайпердарын билэ5ит дуо? (Федор Охлопков, Иван Кульбертинов)
- Ол эбэтэр бу корор дьоннут Бэргэн ытааччылар, Тулуурдаах, Хорсун санаалаах дьон эбит буолбат дуо?
- Биьиги суруйааччыбыт Тимофей сметанин эмиэ а5а дойду улуу сэриитин кыттыылаа5а. Улуу сэрии бастакы күннэригэр республика радионан биэриилэри тэрийэр комитет иhинэн фроңңа сэриилэhэр суруйааччылары кытары ыкса сибээhи тутуhан үлэлиир айар бөлөх тэриллибитэ. Онно Тимофей Сметанин эмиэ баара. Ити курдук үлэлии сылдьан Тимофей Сметанин 1942 сыллаахха атырдьах ыйын 28 кунугэр Кыhыл Армия кэккэтигэр ыңырыллыбыта. Кини Орловскай-Курскай туhаайыыга Хотугулуу-Ар5ааңңы 2-с Прибалтийскай фроңңа сэриилэспитэ. Тимофей Сметанин сэрии толоонуттан дойдутугар «Хааннаах хара баттах», «Босхоломмут дэриэбинэ», «Саллаат ахтыл5ана» диэн буорах сыттаах хоhооннору суруйан ыыппыта. Сметанин Ийэ дойдутун муңура суох таптыырын, кѳңүлүн, дьолун иhин, оло5ун толук уурартан дьулайбат буоларын, бу сурук хоhоонноро да туоhулууллар.
Эрдэ кырдьыбыт иhин кырдьыбат
Эрдээх саллаат сүрэ5э тэбэр буолла5ына,
Сааспын сэрии сарбыйбытын да иhин,
Сардаңалаах күн кѳрѳн турда5ына,
Син биир этиэ5им:
Сирдээ5и дьолу билэбин диэн.
- Егор чээрини аа5ан баран эьиги хйдах киьи дии санаатыгыт? (о5олор эппиэттэрэ)
- Трейлер коруу.
1.
2. Сурун тылларын сурун
3.
10. мин иhигэр
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Герой Советского Союза Тимофей Степанович Горячкин
Участник ВОВ. Герой Советского Союза, Наш земляк Тимофей Степанович Горячкин. Его именем названа улица в поёлке Чамзинка....
«Праздничные открытки» проект по технологии, автор - Васютин Тимофей, 5 класс
Сегодня популярны многие виды hand müde, в том числе и скрапбукинг (создание и декорирование фотоальбомов, открыток, альбомов с помощью различных материалов). В этой технике можно изготовить открытку ...
Герой Советского Союза Тимофей Алексеевич Почтарёв.
Эа статья посвящена памяти замечательного человека, офицера флота, Героя Советского Союза и просто моего любимого учителя Тимофея Алексеевича Почтарева....