Ахсаан ааттыын аргыстаһан аартыктарынан айан… (Ахсаан ааты түмүктүүр уруок)
план-конспект урока (6 класс) на тему

Петрова Анна Ивановна

Технологическая карта урока по якутскому языку в 6 классе по теме "Ахсаан ааттыын аргыстаьан аартыктарынан айан"

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл uruok_stsenariya.docx31.04 КБ

Предварительный просмотр:

Саха Республикатын Үөрэ5ин министерствота

Бүлүү улууһун 1Күүлэт орто оскуолата

Ахсаан ааттыын аргыстаһан аартыктарынан айан…

(Ахсаан ааты түмүктүүр уруок)

Уруогу ыытта:

Бүлүү улууһун 1Күүлэт орто оскуолатын

cаха тылын уонна литературатын учуутала

Петрова Анна Ивановна  

Дьокуускай, 2014.


        Предметэ: саха тыла

        Кылааһа: 6

        Тиэмэтэ: Ахсаан ааттыын аргыстаһан аартыктарынан айан…

        Уруок тиибэ: түмүктүүр уруок

        Уруок көрүңэ: айан-уруок

Уруок ньымата: бөлө5үнэн оонньуу-күрэхтэһии

Сыала: 1) үөрэтэр – ахсаан ааты саңа чааһын быһыытынан хатылаан, үөрэнээччилэр кэпсэтиигэ уонна сурукка таба туттар, сыыһата суох суруйар, ахсаан ааттаах этиилэри, текстэри табатык аа5ар, саңарар үөрүйэхтэрин иңэрии.

2) иитэр - бэйэ-бэйэлэрин кытта сүбэнэн, көмөлөсүһэн үлэ арааһын таба уонна кэмигэр оңороллорун ситиһии, бэйэ-бэйэ5э бол5омтолоох буоларга иитии.

3) сайыннарар – Үөрэх дэгиттэр үөрүйэхтэрин сайыннарыы (Тус санааны, сыһыаны сайыннарар (личностные УУД); Бэйэни салайынар-дьаһанар(регулятивные УУД); Билэр-көрөр (познавательные УУД); Бодоруһар(коммуникативные УУД)

Уруок тэрилэ: компьютер, проектор, экран,  компьютернай презентация (MicrosoftPowerPoint), перфокарта, сорудахтаах кэмбиэрдэр, туос ынахтар

Үөрэнээччи үлэтин тэрийии:

  • Хардарыта үлэ
  • Бөлөх үлэтэ
  • Фронтальнай

Уруок технологическай картата

Уруок

түһүмэхтэрэ

Слай

далар

Учуутал үлэтэ

Үөрэнээччи үлэтэ

 Үөрэнээччи ханнык үөрүйэхтэри иҥэринэрэ

1.

Тэрээһин

1

Э5эрдэлэһии, билсиһии, турукка киллэрии. Аартыктарынан айан уруок буоларын иһитиннэрии. Бастакы аартыгы арыйар соруда5ы биэрэн сонур5атыы – уруок тиэмэтин суот суоттаан таһааралларын иһитиннэрии. Куолаан үлэлээһин бэрээдэгин билиһиннэрии.

Үөрэнэр турукка киирэн, бол5омтолорун учууталга хатыыллар. Уруок тиэмэтин суот суоттаан таһаараллар, айан бастакы аартыгын арыйаллар – уруок тиэмэтин кытары билсиһэллэр.

Бэйэни салайынар-дьаһанар
(регулятивные УУД):
сыалы-соругу таба туруорунуу;

Сатаан былааннаныы

2

Хатылааһын

2

Иккис аартык. «Тобул». Инники билбиккэ оло5уран, ахсаан ааты саңа чааһын быһыытынан хайдах өйдөөбүттэрин тургутар

Ахсаан ааты саҥа чааһын быһыытынан өйдөөбүттэринтургутук толорон чиҥэтэллэр

Бэйэни салайынар-дьаһанар
(регулятивные УУД):
Түмүгү сылыктааһын;

Бэйэни хонтуруолланыы; ал5аһы көннөрүнүү

3

Хатылааһыңңа түмүк

О5олор  хайдах өйдөөбүттэрин иһитиннэрэр

Истэллэр, ыйыталлар

Бэйэни салайынар-дьаһанар
(регулятивные УУД):
бэйэни сыаналаныы

4

Сүрун чаас

3

Норуот тылынан уус-уран айымньыларынан айаны салгыы ыытар.Сорудахтары биэрэр. Хас сорудах кэнниттэн түмүк оңорон иһэр

Куолаан соруда5ы  толорон билиилэрин чиҥэтэллэр

4

Үhүс аартык   “Өс хоhооно – сиэр-майгы суруллубатах сокуона». Кэмбиэрдээх соруда5ы биэрэр

Бөлө5үнэн кырыллыбыт өс хоһоонун наардыыллар

Билэр-көрөр (познавательные УУД): Сүрүн үөрэнэр үөрүйэх

Бодоруһар (коммуникативные УУД): бииргэ үлэлиири былаанныыр, бииргэ тапсан үлэлиир

5

Төрдүс аартык “Таабырын – өй гимнастиката».

Бөлөхтөн биир о5о таабырыны аа5ар, иккис о5о таабырыны таайар, үһүс  о5о ахсаан ааты булар, төрдүс  о5о  ахсаан аат арааһын быһаарар

Билэр-көрөр  (познавательные УУД): Тобул(ук)  өйү сайыннарар үөрүйэх

6

Бэhис аартык. «Остуоруйа – олох муудараһа». Соруда5ы билиһиннэрэр

Саха норуотун остуоруйала-рыттан быһа тардыыны аа5аллар, ахсаан ааты булаллар,  ыйыллыбыт падежка туруораллар

Бэйэни салайынар-дьаһанар
(регулятивные УУД):):
бэйэни сыаналаныы, ал5аһы көннөрүнүү

7

Алтыс аартык. Сынньана таарыйа.Перфокартанан үлэ. Перфокартаны түңэтэр, үлэ бэрээдэгин быһаарар

Перфокартанан ахсаан аат араастарын быһааран сөптөөх графигы оңорор

Билэр-көрөр (познавательные УУД): Бэлиэни-символы туһанан үөрэнэр үөрүйэх.

Бодоруһар (коммуникативные УУД): бииргэ үлэлиири былаанныыр, бииргэ тапсан үлэлиир

8

Сэттис аартык. «Чабыр5ах – тыл гимнастиката»

Бэриллибит тыллары туһанан, ахсаан чабыр5а5ын лабыгыраччытүргэнник аа5ар

Билэр-көрөр (познавательные УУД):сүрүн үөрэнэр үөрүйэх-саңарар үөрүйэх

9

Ахсыс аартык. Олоңхо – норуот тылынан уус-уран айымньытын муңутуур чыпчаала.

Олоңхоттон быһа тардыыны аа5ан, талар диктант суруйтарар

Тиэкиһиистэр, ахсаан ааты талан суруйар

Билэр-көрөр (познавательные УУД): сүрүн үөрэнэр үөрүйэх-суруйар үөрүйэх

5

Түмүк оңоруу

Ханнык бөлөх кыайбытын иһитиннэрэр. Уруокка тугу билбиттэрин, сатаабыттарын ыйытар. Ситэ өйдөммөтөх түбэлтэ5э хат быһаарар. Ким тугу сөбүлээбитин, тугу ыарыр5аппытын ыйытар. Кыһаллан үлэлээбиттэри бэлиэтиир. Сыана туруорар.

Бөлөх билиитинэн хомуйбут туос ынахтарын аа5ан түмүк оңостор. Бу уруокка тугу билбиттэрин, сөбүлээбиттэ

рин этэллэр (рефлексия)

Бэйэни-салайынар-дьаһанар

(регулятивные УУД): ):түмүгү сылыктааһын, бэйэни сыаналаныы, ал5аһы көннөрүнүү

6

Дьиэ5э үлэ

Дьиэ5э үлэни биэрэр (Таайбараң «Ахсаан аат»). Уруокка көхтөөхтүк кыттыбыттарыгар махтанар. Уруогу түмүктүүр.

Дьиэ5э үлэни дневниктэригэр суруналлар, өйдөөбөтөх

төрүн ыйыталлар


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

А.Е.Кулаковскай.Аһаҕас уруок

А.Е.Кулаковскай "Кэччэгэй баай"хоһоонунан аһаҕас уруок...

Ахсаан аат биhиги олохпутугар

Саха тылыгар 6 кылааска ахсаан ааты хатылыыр уруок....

Разработка урока по якутскому языку и литературы на тему: Ахсаан аат-сана чааьа (Имя числительное)

Разработка урока по якутскому языку на тему: Имя числительное. На уроке ученики учатся распознавать имя числительное среди других частей речи, имеющих числовое значение. Усваивают нормы употребления ч...

технологическая карта урока родного языка "Ахсаан ааты санарар сана5а туттуу"

Саха тылыгар уруок технологическай картатаУчуутал Данилова Венера ВасильевнаУруок Саха тылаКылаас, оскуола 6 кылаас, Сулҕаччы орто осколатаУруок тематаАхсаан ааты санарар сана5а туттууБуолар кэмэКулун...

Ахсаан аат сорудахтара

6 кылааска саха тылын уруогар ахсаан ааты хатылааьынна сорудахтар тиьиликтэрэ...

Технологическая карта Ахсаан аат 6 кылаас

Технологическая карта урока по родному (якутскому) языку для 6 классов по теме "Имя числительное"...