Өйтөн суруйууга үөрэтии.
учебно-методический материал по теме
Саха оскуолатын орто үөрэђин бүтэрэр үөрэнээччи түмүк экзаменыгар саха тылыгар, литературатыгар билиитин хонтуруоллуур суругунан үлэнэн өйтөн суруйуу буолар. Саха литературатын программатыгар өйтөн суруйууга үөрэтии диэн анал чаас көрүллүбэт, онон үөрэтэр учууталтан аађыллар айымньыны дириҥэтэн ырытыыга айымньылаах сыһыан ирдэнэр. Үгүс үөрэнээччи өйтөн суруйууга ыарырђатар буолан, халыыпка киирбит бэлэм өйдөбүллэри уопсай тылынан суруйарынан муҥурданар. Онон орто уонна үрдүкү кылаас учууталларын сүрүн соруктарыттан биирдэстэринэн ођо аахпыт айымньытын дириҥник ырытан, бэйэтин санаатын чопчу сааһылаан хомоҕойдук тиэрдиигэ үөрэтии буолар.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
oyton_suruyuuga_uoretii.docx | 48.76 КБ |
Предварительный просмотр:
Өйтөн суруйууга үөрэтии.
Орто оскуоланы бүтэрэр ођо бэйэтин билиитин-көрүүтүн тылынан уонна суругунан кэпсиир, санаатын ханнык бађарар түбэлтэђэ көҥүллүк сааһылаан этэ-суруйа үөрэниэхтээх. Үөрэнээччи төрөөбүт тылын үчүгэйдик билэрэ, бэйэтин санаатын сатаан этэрэ, кини нуучча тылын, историяны, географияны, онтон да атын предметтэри баһылыырыгар кыађы биэрэр.
Саха оскуолатын орто үөрэђин бүтэрэр үөрэнээччи түмүк экзаменыгар саха тылыгар, литературатыгар билиитин хонтуруоллуур суругунан үлэнэн өйтөн суруйуу буолар. Саха литературатын программатыгар өйтөн суруйууга үөрэтии диэн анал чаас көрүллүбэт, онон үөрэтэр учууталтан аађыллар айымньыны дириҥэтэн ырытыыга айымньылаах сыһыан ирдэнэр. Үгүс үөрэнээччи өйтөн суруйууга ыарырђатар буолан, халыыпка киирбит бэлэм өйдөбүллэри уопсай тылынан суруйарынан муҥурданар. Онон орто уонна үрдүкү кылаас учууталларын сүрүн соруктарыттан биирдэстэринэн ођо аахпыт айымньытын дириҥник ырытан, бэйэтин санаатын чопчу сааһылаан хомоҕойдук тиэрдиигэ үөрэтии буолар.
Ођо бэйэтин санаатын сааһылаан уонна уус-уран хомођой тылынан-өһүнэн этэригэр үөрэтии – уустук уонна мындыр үлэ. Бу соругу ситиһэргэ ыытыллар үлэ биир көрүҥүнэн өйтөн суруйуу буолар.
Өйтөн суруйуу диэн тугуй? Маны билээри аан бастаан тылдьыт быһаарыытын көрүөђүҥ:
«Сочинение-самое произведение, что сочинено. Сочинять – изобретать, вымышлять, придумывать, творить умственно, производить духом, силою воображения»,-диэн В.Даль тылдьытыгар этиллэр. Онтон «Краткий толковый словарь русского языка» ыйылларынан, «сочинение-художественное, научное и тому подобное произведение. Сочинять – создавать произведение».
«Өйтөн суруйуу – үөрэнээччи айымньыны ылыныытын таһымын, уратытын кэрэһэлиирин таһынан, ођо бэйэтин санаатын сатаан итэђэтиилээхтик сааһылаан сурук тылын таба туттан суруйар дьођурун көрдөрөр өй –санаа, уйулђа үлэтэ»,- диэн суруйар филологическай наука доктора, профессор, методист Е.М.Поликарпова. Методист М.А.Попова этэринэн, «өйтөн суруйуу - өй-санаа-толкуй үлэтэ тобулан таһаарар эргимтэтэ». Онтон СГУ преподавателэ В.Б.Окорокова санаата маннык: «Өйтөн суруйууга уус-уран айымньыны билии, сатаан ырытыы, сөптөөх теоретическай өйдөбүллэри туһаныы халбаҥнаабат ирдэбиллэр буолаллар».
Өйтөн суруйууга үөрэнээччи бэриллибит тема ис хоһоонун арыйар гына аахпыт айымньытын ырытан суруйуохтаах. Ол иһин бу үлэђэ өй күүрүүтэ, санаа харсыһыыта, мэйии үлэтэ, иэйии үөскээһинэ, уйулђа хамсааһына, айар үлэ абылаҥа, чинчийии, ырыҥалааһын таһыма барыта киирэр. «Киһи бэйэтигэр тута сылдьар өйдөбүлүн, толкуйун, олох философиятын уус-уран айымньыга сыһыаран, ол айымньыны ылынар, сыаналыыр, тойоннуур»,- диэн суруйар методист М.Попова. Бу айымньылаах үлэни тобулан таһаарыы түмүгэр тус өйтөн суруйуу тахсан кэлэр.
Өйтөн суруйууга тирэх быһыытынан толкуй сурук тутуллара ордук эбит. Кэтээн көрүү түмүгүнэн, үгүс үөрэнээччи улахан кээмэйдээх өйтөн суруйуу оннугар, бэйэтин санаатын, иэйиитин көрдөрөр толкуй суругу сөбүлээн суруйар. Ол иһин быһа тардыллан аађыллар айымньы, кэрчик тема да кэнниттэн араас проблемнай тема толкуйдаан, ођођо толкуй сурук суруйтарар быдан көдьүүстээх. Бу кылгас кээмэйдээх тойоннооһун суруктары ађаан, ырытан, илдьиритэн баран, бүтүн айымньыга өйтөн суруйууну тэрийдэххэ, ођо ыарырђаппат. Онон, биһиги санаабытыгар, толкуй сурук - өйтөн суруйууга бастакы хардыы, олук.
Өйтөн суруйуу көрүҥэ.
Өйтөн суруйуу көрүҥэ элбэх:
- проблеманы ырытыы.
- уобараһы ырытыы,
- уобарастары тэҥнээн, түмэн көрүү,
- биир түгэни ырытыы,
- айымньыны кэлимник ырытыы,
- айымньыны атын айымньыга тэҥнээһин,
- историческай-литературнай проблемађа өйтөн суруйуу.
Проблемнай өйтөн суруйуу айымньыны проблемнай ырытыыны кытта сибээстээх. Олох, киһи, сиэр-майгы курдук тутаах темаларга уус-уран айымньыга олођуран, билиини-көрүүнү түмэн, дириҥник толкуйдаан ырытан суруйуу ирдэнэр. Холобура:
-Саха прозатыгар ађа уонна ођо дьылђатын көрдөрүү.
-А.Е.Кулаковскай «Ойуун түүлэ» поэматын проблематиката.
-Н.Якутскай «Көмүстээх үрүйэ» сэһэнигэр эбэҥки норуотун дьылђата.
-«Чүөчээски» кэпсээни билиҥҥи ођо харађынан көрүү.
Уобараһы ырытыы, уобарастары тэҥнээн, түмэн көрдөрүү уус-уран айымньы биир геройун ырытан эбэтэр геройдар бөлөхтөрүн тэҥнээн, утарыта туруоран түмэн көрдөрүү буолар. Холобура:
-Олоҥхођо айыы бухатыырын уобараһа.
-Манчаары – норуот номођор.
-А.И.Софронов драмаларыгар киһи дьылђата.
-Далан «Дьикти саас» сэһэнигэр сүрүн герой уобараһа.
-Эрдэ хагдарыйбыт ньургуһун.(саха дьахталларын уобарастара)
Ханнык бађарар уус-уран айымньыттан эпизоду (биир түгэни) ырытыахха сөп. Манна сүрүн түбэлтэ кыттыылаахтарын майгыларын өрүттэрин бу түбэлтэђэ сыһыары тутан ырытыллар. Холобура:
-Эрилик Эристиин «Кэриэс туолуута» сэһэнигэр сир үллэстиитэ.
-«Сааскы кэм» ромаҥҥа сэриигэ ынырыллыы аймалђана.
-Киһи өйүн-санаатын, сиэрин-майгытын күүһэ. (Н.Якутскай «Төлкө» романынан)
Сорох өйтөн суруйууга айымньыны бүттүүнүн ырытыы оҥоһуллара эрэйиллэр. Бу үксүн хоһоонунан айымньыларга буолуон сөп. Оччотугар айымньы тематыттан, сүрүн санаатыттан сађалаан, тылыгар-өһүгэр тиийэ дириҥник, толору ырытыллар. Холобура:
-Семен Данилов лириката.
-Алампа драмаларыгар саха олођун көрдөрүү.
-«Сааскы кэм» - саха норуотун энциклопедията.
-Литература-олох сиэркилэтэ.
Олоххо туох буолбута литературнай айымньы нөҥүө тиэрдиллэр. Историческай быһыы-майгы туһунан суруллубут айымньыны эбэтэр уус-уран айымньыга историческай түгэн ойууланарын ырытан суруйуу.
-С.Данилов «От үрэххэ» сэһэнигэр сэрии тематын арыйыы уратылара.
-«Күкүр Уус» драмађа былыргы уонна аныгы алтыһыылара.
-Эргэ уонна саҥа үйэ охсуһуута (П. Ойуунускай «Кыһыл Ойуун» драматынан)
Өйтөн суруйууга киирии түһүмэђи тэрийии.
Өйтөн суруйуу тутула чуолкай:
1.Киирии.
2.Сүрүн чааһа
3.Түмүк.
Суругунан үлэ хайдах суруллара киирии түһүмэхтэн олус тутулуктаах. Өйтөн суруйуу киириитин хайдах сађалаатын да, үлэҥ оннук хайысханан салаллан барар. Ол иһин киирии тыл улахан суолталаах. Өйтөн суруйууга киирии түһүмэх тематтан быһаччы тутулуктаах. Киирии түһүмэх маннык арааһын оҥоруохха сөп:
- суруйааччы олођун, айар үлэтин сырдатыы,
- айымньы хайдах быһыылаахтык суруллубутун арыйыы,
- историческай түгэни суруйуу,
- иэйии,
- соһуччу түгэни ахтыы.
Мантан аллара өйтөн суруйуу киириитин хайдах сађалыахха сөбүн холобурдарга көрүөђүҥ.
* «Ытык киһи дьылђата»
Алампа – саха норуотун дэгиттэр талааннаах суруйааччыта, алыптаах тыллаах хоһоонньута, общественнай деятель, ытык киһи. Кинини атын уһулуччу биллиилээх дьонтон «үс мутук үрдүк турар» киһинэн сыаналыыбын. Алампа Софронов олорбут олођо олус уустуга: ођо сааһыгар төрөппүт ађатыттан тэйиччи сылдьан, харађа суох, кырыымчык олохтоох дьоҥҥо иитиллии, аччыктыыры-тоҥору тулуйуу, үөрэххэ-сырдыкка бэйэ бађатынан тардыһыы, тапталлаах дођоро арахсан, тус олоҕор табыллымыы, сымыйађа балыллан, репрессияђа түбэһии. Ол да буоллар талааннаах суруйааччы норуотугар өлбөт-сүппэт аналлаах айымньылары бэлэх ууммута.
«Сэрии темата саха литературатыгар».
Сэрии… Үгүс аймалђаны, өлүүнү-сүтүүнү ађалбыт Ађа дойду Улуу сэриитэ 1941 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр эмискэ этиҥ эппитинии ааҥнаабыта. Саха норуотун чулуу уолаттара ийэ дойду көмүскэлэригэр саа-саадах тутан, сэриигэ ыҥырыллыбыттара. История бу ааспыт алдьархайын үгүс суруйааччы уус-уран айымньы нөҥүө норуокка кэпсээбитэ.
«Дьикти саастаахтар» кэмнэрэ.
Оскуолабыттан дьиэбэр баран иһэбин. Сааскы чађыл күн уотуттан харађым саатар, чэбдик салгын илгийэр, сыыр быарыгар харалдьык тахсыбыт. Тулабар туллуктар көтөн «тир» гыналлар. Оо, саас, кэрэ саас! Саас диэн тылы кытта Далан «Дьикти саас» сэһэнин санаан кэллим.
Киһи олоххо анала
Олох… Олох диэн тугуй? Олох киһиэхэ биирдэ эрэ бэриллэр. Ол бэриллибит олођу туһалаахтык, бэйэ эрэ иннин көрүммэккэ, дьонуҥ-сэргэҥ туһугар олоруохтааххын. Эн олорон ааспытын кэннэ, үлэҥ-хамнаһыҥ, ођолоруҥ хаалаллар. Эн үтүө ааккын ааттата. Ол эрээри, былыр ыарахан батталлаах олоххо киһи төһө да үчүгэйдик олоруон бађарбытын иһин, ити кыаллыбат этэ. Киһи олођо, дьылђата, анала бэйэтиттэн эрэ тутулуктаммата.
Далан «Дьикти саас» сэһэнигэр сүрүн герой уобараһа.
Киһи өйүн-дууһатын үөһэ көтүтэр, олох үчүгэй да өрүттэрдээх буолар эбит диэн санаађа тириэрдэр В.С.Яковлев-Далан «Дьикти саас» сэһэнэ. Далан айымньытын 1974 сыллаахха суруйбута. Сэһэнигэр 70-с сыллардаах ыччат олоххо көрүүтүн, тулалыыр эйгэни кытта сыһыанын суруйар. «Дьикти саас» - оскуола олођун туһунан айымньы.
Өйтөн суруйуу өйдөбүнньүгэ.
ӨЙДӨӨҤ!
-өйтөн суруйуу темата кавычката суох суруллар;
-эпиграф темаҕа сөп түбэһиэхтээх;
-эпиграф баара ордук, ол эрээри хайаан да баар буолуохтаах диэн буолбатах;
-эпиграф кавычката суох суруллар, бүтэһигэр автор инициала, араспаанньата скобката суох суруллар;
-цитата кавычкаҕа суруллар, онуоха автора сөптөөх туохтуурунан ыйыллар (эппитэ, суруйуутунан, бэлиэтиир ), араспаанньата скобкађа ылыллыбат;
-хоһоонтон быһа тардыы кавычката суох суруллар;
- цитатађа көтүтүү элбэх туочуканан бэлиэтэнэр;
БОЛђОЙУҤ!
Өйтөн суруйуу маннык ирдэбилинэн сыаналанар:
-теманы сөпкө, толору арыйыы;
-матырыйаалы сөпкө таҥыы, туһаныы;
-суруйуу бэрээдэгэ утум-ситим, логичнай буолуохтаах;
-хатылааһын, логическай сыыһа, стилистическэй алђас суох буолуохтаах;
-бэйэ санаатын киллэрии;
-ойуулуур –дьүһүннүүр ньымалары, өс хоһооннору, бэргэн этиилэри табыгастаахтык туһаныы;
-таба суруйууга алђаһынан: орфографическай, пунктуационнай, стилистическэй, фактическай сыыһалар киирэллэр.
ТУТУҺУҤ!
-өйтөн суруйуу - бэйэ толкуйдаан, чинчийэн, ырытан санааны суруйуу;
-үлэ сыалын, былаанын тутуһуу;
- өйтөн суруйуу көрүҥүн быһааран тутуһуу;
- логичнай сибээстээх буолуу;
-ыраас, сыыс тыла суох, литературнай нуорманы, тыл культуратын тутуьуу.
Алын сүһүөх кылаас ођолоругар өйтөн суруйууну хайдах сађалыахха.
(методическай көмө матырыйаал)
Өйтөн суруйуу-айар үлэ. Ођо кыра эрдэђиттэн айар толкуй дьођуругар ылларыахтаах. Кыра ођо эрдэхтэн тыл баайын сайыннарбатахха, өйтөн айан суруйуу сыппах, тыла-өһө сымсах буолуо, биир тэҥ халыыптаах этиилэр баһыйыахтара. Кыра кылаас үөрэнээччитигэр өйтөн суруйууга айылђаны, тулалыыр эйгэни кэтээн көрүү айар үлэ тирэђинэн буолар. Сөптөөх усулуобуйа, үлэ тэрилиннэђинэ, ођо бэйэ тугу билбитин-көрбүтүн кэпсииргэ, санаабыт санаатын, иэйиитин тиэрдэргэ дьулуһуо. Бу түгэни мүччү туппакка, айан өйтөн суруйууга уһуйуохха наада.
Оскуолатаађы өйтөн суруйуу сэһэргээһин, ойуулааһын, толкуйдааһын (тойоннооһун) көрүҥэр арахсар. Алын сүһүөх кылаас үөрэнээччитин өйтөн суруйуутугар бу көрүҥнэр булкуһа туттуллаллар. Бу сөп. Кыра кылаас ођотугар биир көрүҥү тутуһан суруйтарыы, ирдээһин кыаллыбат.
Сэһэргээһин көрүҥэр туох түбэлтэ буолбутун сиһилээн суруйуу киирэр. Бу көрүҥү кыра кылаас үөрэнээччитэ сөбүлээн туттар. Ол курдук «Мин сайыны хайдах атаардым», «Тыађа сылдьан», «Саҥа Дьыл» диэн темађа суруйуулар киирсэллэр.
Ойуулааһыҥҥа предмет эбэтэр туох эмэ көстүү бэлиэтин ыйан суруйуу киирэр. Сүрүн сыала- предмет, көстүү туһунан толору уонна чуолкай өйдөбүлү биэрии. «Мин сөбүлүүр оонньуурум», «Таптыыр куоскам», «Күһүҥҥү тыа» темађа суруйуулар киирэллэр.
Тойоннооһун – бэйэ санаатыгар олођуран холобурдаан, тэҥнээн, дакаастаан, толкуйдаан ситимнээх текси суруйуу киирэр. «Улааттахпына ким буолуохпунуй?», «Арай мин аптаах буолуум», «Үөрэх тођо нааданый?» темађа суруйтарыахха сөп.
Алын сүһүөх кылаас ођотун өйтөн суруйуута ис хоһооно тематыгар этиллэ сылдьар. Айан суруйуу кэнниттэн ырытыы, көннөрөр үлэ хайаан да ыытыллара эрэйиллэр. Бэрэбиэркэлииргэ ођо айар, суруйар бађатын кэђиннэрбэт туһуттан кыһыл үөһүнэн көннөрөр сатаммат. Үчүгэй тылы, этиини, текси «+» , мөлтөх, чочуйуохха сөбү «-» бэлиэтиир ордук. Сыыһаны поляђа бэлиэтээбэккэ, аннынан тардан үөрэнээччи бэйэтэ көннөрүнэригэр кыах биэриэххэ наада. Оччођо ођо айар бађата уостубакка, салгыы суруйарыгар тирэх буолуон сөп.
Мантан аллара 1-3 кылаас үөрэнээччилэригэр суруйтарыахха сөптөөх темалары биэрэбит:
1.Самаан сайын кэллэ.
2.Сөтүөлүүр элгээним.
3. Балыктыахха эрэ.
4.Мин бастыҥ дођорум.
5.Амсат эрэ дьэдьэҥҥиттэн.
6.Тэллэйдии сылдьан
7.Мин улааттахпына
8.Дьокуускайым барахсан.(Сайын куоракка)
9.Мин туһа киһитэбин.
10.Күһүҥҥү айылђа кэрэтиэн!
11. Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн.
12.Саһарбыт сэбирдэх тугу кэпсиирий?
13.Күһүн кэлбит бэлиэтэ.
14.Дорообо, маҥнайгы хаар…
15.Кыс хаар түстэ
16.Кыһыҥҥы күн.
17.Кэрэтиэн, Сана Дьыл киэһэтэ
18.Кыһыҥҥы ойуур олохтоохторо.
19.Саас илдьиттэрэ-туллуктар.
20.Мутукча сыта дыргыйда.
21.Мин айылђа ођотобун.
22.Сардаана-Аммам күндү бэлэђэ.
23.Ньургуһун сибэкки тугу кэпсиирий?
24.Оскуола-биһиги иккис дьиэбит.
25.Ийэм бырааһынньыга.
26.Мин сөбүлүүр дьарыгым.
27.Кинигэ- билии төрдө.
28.Үтүө санаа диэн тугуй?
29.Сэрии диэн тугуй?
30.Күн уонна ийэм.
31.Киһи тођо олороруй?
32.Ыһыах-саха бырааһынньыга.
33.Арай аптаах буолуум
34.Эһэм кэпсээнэ.
35.Сулустар тугу кэпсииллэрий?
36.Мин тођо үөрэнэбиний?
37.Чэгиэн-чэбдик буолаары
38.Төрөөбүт тыл туохха нааданый?
39.Чыычаах кэпсээнэ
40.Мин дьиэм сыаналаах мала
41.Ыт-киһи дођоро.
42.Мин сөбүлүүр суруйааччым.(айымньым, малым)
43.Аптаах остуоруйа (остуоруйа дойдута)
44.Мин өрөбүл күнүм
45.Биһиги тиэргэммит
46.Төрөөбүт нэһилиэгим Сулђаччым
47. Дьиэ кэргэним
48.Дођорбор сурук
49.Дьиҥнээх түбэлтэ
50.Куорат уонна дэриэбинэ уратыта
51.От үлэтэ сађаланна
52.Күөрчэх хантан кэлэрий?
53.Ынах, сылгы иитии-саха киһитин дьарыга
54.Ыһыах оонньуулара
55.Ађам кустуу барда.
56.Тураҥҥа туулуубун (күөлгэ, үрэххэ)
57.Отоннуу сылдьан
58.Алдьаммыт кинигэ кэпсээнэ (тэтэрээт, дневник, паарта, аан, суумка, уруучука)
59.Ытыы турар хатыҥ
60.Үлэ киһини киэргэтэр
Өйтөн суруйууну тэрийии календарнай былаана.
1 кылаас.
Балађан ыйа-алтынньы
Тыл ситимин суруйуу:
А) хартыынанан, ойуунан
Б) кэтээн көрүү
В) ођолор, кыыллар ааттара
(нэдиэлэђэ 3-4 чаас)
Сэтинньи
Кыра кээмэйдээх этиилэри таҥыы (2-3 тыллаах)
А) ойуунан
Б) кэтээн көрүү, түбэлтэ
В) аахпыт айымньыттан
(нэдиэлэђэ 3-4 чаас)
Ахсынньы - тохсунньу
2-3 этиилээх тиэкиһи суруйуу
-Хаар түстэ.
-Оонньуу сылдьан
-Сыыртан сырылыыбыт
-Оскуолађа баран иһэн
(нэдиэлэђэ 1-2, 10-30 мүн)
Олунньу
Ођо төрөппүтүн кытта өйтөн суруйар. (30-40 мун)
-Мин ытым
Кулун тутар
Эђэрдэ сурук (ийэтигэр, эбэтигэр)
Өйтөн суруйуу «Куобах, куобах, барахсан»
Муус устар
«Саас кэллэ» өйтөн суруйуу (айылђаны кэтээн көрөн суруйуу, үлэ былаана оҥоһуллар)
-«Мин дьоммор көмөлөһөбүн».
-«Мин туһа киһитэбин» (кэпсээн суруйуу)
Ыам ыйа
«Мин тэтэрээтим» ойуулаан суруйуу
«Күүлэйдии сылдьан» сэһэргээн суруйуу.
2 кылаас
Балађан ыйа
«Күһүн бэлэхтэрэ» (оҕуруот, сир аһа)
«Күөх сайын быраһаай!»
Алтынньы
«Күhүн кэлбит бэлиэтэ» тойонноон өйтөн суруйуу
«Сайын уонна күhүн» тэҥнээн ɵйтɵн суруйуу
Сэтинньи
«Күhүҥҥү кɵстүүлэр»хартыынанан уруhуй
«Кыс хаар түстэ» ойуулаан ɵйтɵн суруйуу
Ахсынньы
«Кыhыҥҥы ойуур олохтоохторо»
«Кэрэтиэн, Саҥа дьыл киэhэтэ»
Тохсунньу
«Таҥха киэhэтэ» эбэтэр «Сынньана сытан» (Көрдөөх каникул)
«Күhүн, кыhын уратылара» тэҥнээн суруйуу
Олунньу
«Кыhыҥҥы күн» айылҕаны ойуулааhын
«Сэрии диэн тугуй?»,«Ийэ тылым», «Ађам дьарыга» талан суруйуу
Кулун тутар
«Ийэм бырааhынньыга»
«Саас илдьиттэрэ-туллуктар»
«Муус чопчулар»
Хартыынанан үлэ (талан 2 өйтөн суруйуу)
Муус устар
«Чыычаах кэпсээнэ» айар үлэ
«Мин дьиэ кэргэним» сэһэргээн суруйуу.
Ыам ыйа
«Ньургуһун сибэкки тугу кэпсиирий»
«Кинигэ-билии төрдө».
3 кылаас
Балађан ыйа
«Сайын куоракка»
«Оскуола-биһиги иккис дьиэбит»
«Саһарбыт сэбирдэх тугу кэпсиирий?» айар үлэ.
Алтынньы
«Күhүҥҥ киhи күлбүтүнэн»(тойоннооhун)
«Күhүҥҥү айылђа кэрэтиэн!»
Сэтинньи
«Мин дьиэм сыаналаах мала» тойонноон ɵйтөн суруйуу
«Үтүө санаа диэн тугуй?»
Ахсынньы
«Мин улааттахпына»
«Кыһыҥҥы ойуур»
Тохсунньу
«Остуоруйа дойдута»
«Мин сɵбүлүүр суруйааччым».
Олунньу
«Мин тэлгэhэм» ойуулаан суруйуу.
«Мин улааттахпына…»
Кулун тутар
«Тураах, тураах, дорообо!» эбэтэр А.Н Саврасов хартыынатынан өйтөн суруйуу. (Грачи прилетели)
«Дьүɵгэбэр, дођорбор сурук» (сурук суруйуу, сонуну үллэстии, эђэрдэ)
Муус устар
«Алдьаммыт кинигэ кэпсээнэ» (фельетон)
«Арай аптаах буолуум…» айар үлэ.
Ыам ыйа
«Эһэм кэпсээнэ» истэн өйтөн суруйуу (ыстатыйа, очерк, кэпсээн).
«Ыһыах-саха бырааһынньыга» сэһэргээн суруйуу
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Эрилик Эристиин “Буура Дохсун” олоҥхотун оскуолаҕа үөрэтии
Семен Степанович Яковлев – Эрилик Эристиин - саха литературатын талааннаах прозаига. Эрилик Эристиини классик суруйааччы быһыытынан эрэ буолбакка, олоҥхоһут- суруйааччы быһыытынан үөрэтии олус н...