отзыв о мастер классе Сорокоумовой Саргы Ивановны
статья (7 класс) на тему
отзыв коллеги Белолюбской Кюннэй Спиридоновны, руководителя МО учителей якутского языка
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
sorokoumova_s.i._maastar-kylaaa.doc | 433.5 КБ |
Предварительный просмотр:
Саха тылын, литературатын учуутала Саргы Ивановна Сорокоумова маастар-кылааһа
Кулун тутар 16 күнүгэр Сорокоумова Саргы Ивановна сомоҕо домоҕу үөрэтиигэ туттуллар оҕону көҕүлүүр уонна тылын сайыннарар үлэ тиһигин көрдөрөр үрдүк таһымнаах маастар-кылааһы ыытта. Үөрэнээччи сомоҕо домоҕу ыарырҕатар, сэдэхтик туттар, суолтатын өйдөөбөт. Онуоха учуутал хайдах кэрэхсэбили уһугуннарыахха диэн үлэлээбит үлэтин кэрэхсэбиллээхтик көрдөрдө.
- Уруок саҕаланыытыгар тылдьыкка үлэни тэрийиитэ
- Сомоҕо домох суолтатын биллэрэр үлэтэ
- Оҕо дириҥэтэн үөрэтэрин көҕүлээһинэ
Маннык соруктаах үлэ хайысхата тутуһуллан, 7з кылааска сомоҕо домоҕу үөрэтии ситимэ көһүннэ. Учуутал тоҕоостоох тиэмэлэринэн наардаан, оҕо тылын-өһүн байытыыга ыытар үлэтин, эрчиллиилэр тиһиликтэрин сатабыллаахтык арыйда.
Уруокка туттуллар судуругуттан уустукка туһаайыллар сорудахтар, онуоха уруһуйунан көмөлөһүннэрии олус бэркэ сүүмэрдэммиттэр. Маастар-кылааска кыттыбыт үөрэнээччилэр интэриэстээхтэрин, баҕалаахтарын, чопчу сыаллаахтарын, билэ-көрө, ырыта-чинчийэ сатыыр кыахтарын учууталлар да, оскуола салалтата да астынан бэлиэтээтилэр.
Филиппова Валя, Шумилова Нина «Кыыл аата киирбит сомоҕо домохторо» диэн тиэмэнэн чинчийэр үлэ оҥорон, дакылаатынан, оҥорбут ойуулаах тылдьыттарынан куорат «Инникигэ хардыы» НПК кыттыбыт бырайыактарын билиһиннэрдилэр. Ноева Аня «Сомоҕо домох өс хоһоонтон уратыта» оскуола иһинээҕи НПК кыттыбыт үлэтин кэпсээтэ. Татаринова Юлена сомоҕо домоҕу таайтарар ребус-уруһуйдарын сэргээтибит. Манан оҕолор дириҥэтэн үөрэтэр таһымнара көстөр.
Маастар-кылаас түмүгэр, дуоскаҕа уруһуйдаммыт киһи омоонугар бэриллибит сомоҕо домохтоох илиистэри наардаан сыһыартаатылар. Итиэннэ тыл киһиэхэ араастык дьайар, тылынан омук тугу сөбүлүүрүн, сирэрин быһаарыахха сөп диэн түмүккэ кэллилэр.
Саргы Ивановна ыыппыт маастар-кылааһа методика өттүнэн үрдүк таһымнаах. Кэллиэгэлэр туһаналларыгар түөрүйэлээх, быраактыкалаах матырыйаал буолла.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Портфолио учителя начальных классов Андреевой Ольги Ивановна
Раздел 1: «Официальные документы»Раздел 2: Данные о повышении квалификации и профессиональной подготовкеРаздел 3: Работа учителя по обобщению и распространению собственного педагогического опыта...
Программа элективного курса по химии «Решение задач повышенной сложности» для учащихся 10 класса, Сысоева Татьяна Ивановна - учитель химии высшей категории
Программа элективного курса по химии «Решение задач повышенной сложности» для учащихся 10 класса, Сысоева Татьяна Ивановна - учитель химии высшей категории...
Филиал МБОУ ТСШ № 1 в с. Полетаево Классный руководитель 6 класса Семенова Елена Ивановна Родительское собрание на тему «Семья»
Цель:· сплотить с помощью игры родительский коллектив, чтобы каждый мог почувствовать радость общения; призвать к самостоятельному творчеству;·...
Мастер-класс .Отзыв о деятельности учителя
Укытучы! Тиңләп булмый аны б...
Рабочая программа по химии для 8 класса Ениной Валентины Ивановны
Рабочая программа по химии для 8 класса...
Тема урока: «Возникновение искусства и религиозных верований 5 класс Богородицкая Татьяна Ивановна, учитель истории
Курс: история Древнего мираКласс: 5Цели урока: Образовательная: Обеспечить усвоение учащимися понятий «религия», «искусство», причины их появления.Развивающая: Продолжить форми...
Мастер – класс учителя математики МОУ «Средняя общеобразовательная школа с углублённым изучением отдельных предметов №30» Игнатьевой Светланы Ивановны
Тема мастер-класса: «Мини – проект как метод формирования ключевых компетенций обучающихся на уроках математики»...