Ситимнээх сананы сайыннарыы
статья на тему
Предварительный просмотр:
Сахалыы саҥаны сайыннарыы хайысхалара
Амма улууьун Сул5аччы орто оскуолатын саха тылын уонна
литературатын учуутала Данилова В.В.
Билиңңи сайдыылаах үйэђэ биһиги тылбытыгар-өспутугэр, быһыыбытыгар-майгыбытыгар нуучча, омук тыла өтөн киириитэ ордук диринээтэ. « Билигин үөрэхтээх саха сахалыы толкуйдаабат, нууччалыы халыыбынан толкуйдуура судургу буолла» диэн суруйаллар. Билигин үөрэх сайдан, кинигэ, хаһыат дэлэйэн аныгы киһи кэпсэтэр халыыба кинигэ стилигэр чугаһаан, дьиҥ сахалыы кэпсэтии ураты бэлиэтэ иҥэн-сүтэн иһэр. О5олор кэпсэтиилэригэр саха тылын дэгэтэ, этигэн дьо5ура көстүбэт буолбута ыраатта. Дьон икки тылы булкуйан саҥарар, суруйар буолбута үгэскэ кубулуйда.Туох да диэн, хайдах да гынан билигин нуучча тылыттан күрүөлэнэр-быыһанар кыахпыт суох. Онон бэйэбит өйдөөн, нуучча тылын солуута суох туттары аҕыйатыахпытын, бэйэбит саҥабытын, сурукпутун-бичикпитин кэтэнэн көрүөхпүтүн сөп. Ол инниттэн тылбытын маннык сыыһырдар эбиппит диэн билэрбит наада.
Сахалыы кэпсэтиигэ киирии тылы кыбытыы инники да өттүгэр салҕанан бара турар туруктаах. Бу үөскээн тахсыбыт проблеманы хайдах быһаарыахха сөбүй? Ийэ тылбытын араҥаччылыыр, харыстыыр ханнык суол баарый? Ити инниттэн о5о ситимнээх саңатын сайыннарыыга үлэ араас хайысхаларын тутуһан бу кэккэ сылларга үлэлээн кэллим.
Олоҥхо тыла уолбат ойбон курдук баай кыаҕын туһаныы.
Тыл баайа сөңөн сытар сирэ олонхо уонна суруйааччылар уус-уран айымньылара буолар. Ол иһин бу хайысханы дириңэтэн, тылы-өһү байытар, сайыннарар сыаллаах 7-8 кылаастарга «Тыл алыба» элективнэй курстары ыыта сылдьыбытым. Манна о5олор олонхо киэбинэн суруллубут бэйэ айымньытын суруйаллар, эбии ис хоьоонугар сөп түбэһэр уруһуйунан киэргэтэллэр, тылын-өһүн чочуйаллар, сана олук эбэллэр, уус-уран ньымаларынан байыталлар, сана герой эбэллэр. Бу кылааска олонхону эттээн-сииннээн үөрэтии, олонхо тылын-өһүн, уларыйбат олуктарын, уус-уран уонна кэккэлэтии ньымаларын ырытыы оноьуллар. Ол түмүгүнэн сыл бүтүүтэ олоңхо канонунан суруллубут ођо айар үлэтэ суруллар. О5олор бу улэлэрин сыл бутуутэ кыра кылаас о5олоругар анаан олонхо кинигэлэрин бэчээттээн, уруьуйдаан таьаараллар.
Маны таьынан «Олоңхо эйгэтэ» диэн дьарык программатын онорон кыра кылаастарга ыыта сылдьыбытым Манна олоңхо тексинэн үлэ, аађыы, сэһэргээһин, уруһуйдааһын, хоһоону, олоңхо олуктарын, чабырђађы хоһоонноохтук аа5ыыга эрчийбитим. Кылаастарынан суруйааччылар о5олорго анаан суруйбут олонхолорун үөрэппитим.
Ођо айар дьођурун сайыннарыы.
Манна айар, суруйар дьођурдаах ођолору кытта биирдиилээн үлэ ыытыллар. Дьарык түмүмүгүнэн араас таһымнаах күрэхтэргэ кыттыннарабын. Уруокка ситимнээх саңаны сайыннарыыга айар үлэ араас көрүңүн туһанабын: ыстатыйа, дьүһүйүү, толкуй сурук, эссе, остуоруйа, хоһоон , рецензия, ырытыы суруйуу, хаһыат таһаарыы. Бу үлэлэри түмэн хаһыат таһаартарабын. Үөрэнээччилэр, төрөппүттэр интэриэстэрин, баҕаларын учуоттаан «Айар аартык» диэн айар дьоҕуру уһугуннарар эбии дьарыгы ыытабын. Манна баҕалаах, дьоҕурдаах оҕолор дьарыктаналлар. Саастарынан көрөн бөлөххө араарабын.
Дьарыкка уус-уран айымньы айыллар араас кистэлэнэр үөрэнэн литератураҕа бастакы хардыыларын оҥороллор. Айымньы киһи олоҕун арахсыспат аргыьа буоларын өйдөтүү, суруйааччы уонна ааҕааччы икки ардыгар иьирэх сыьыан олохтоноро, төрөөбүт тыл умсулҕана, айымньы киһиэхэ сабыдыала- бу дьарык уратыта. Манна оҕо литератураҕа бастакы холонууларын истээччилэринэн уонна сыаналааччыларынан дьарык кыттыылаахтара буолаллар. Кинилэр сыанабыллара оҕоҕо улахан суолталаах. Айыллыбыт айымньы тылын-өһүн көннөрүү, айымньыны ырытыы, ааҕыы, санаа атастаһыы, кэпсэтии маннык дьарыктарга көдьүүстээхтик барар. Маны таһынан оҕо өйүн сытыылыыр, билиитин кэҥэтэр кыра чинчийэр үлэлэри тэрийии манна ордук табыгастаах.
Ођону научнай- чинчийэр үлэђэ сыһыарыы.
Билигин үөрэх саҥа стандартыгар олоҕуран оҕо детсад, оскуола саҕаттан научнай-чинчийэр дакылааттарга кыттара ирдэбил буолла. Билиҥҥи оскуола үөрэнээччигэ научнай үлэ үөрүйэхтэрин баһылыыр уонна наукаҕа бастакы хардыылары оңороругар кыах биэрэр. Онон оҕо араас үөрэх кыһатыгар научнай үлэ төрүтүн иҥэриммит бэлэмнээх тиийэр.Литературнай-критическэй хабааннаах суругунан үлэлэргэ рецензия, реферат уонна оҕо дакылаата киирэллэр. Чинчийэр үлэ үөрэнээччилэр билии-көрүү араҥаларын, ньымаларын баһылыылларыгар, литература историятын, теориятын сиһилии билсэллэригэр кыах биэрэр. Оҕо чинчийэр, ырыҥалыыр, айар дьоҕура сайдар, толкуйдааһына дириҥиир, ситимнээх буолар. Литература теориятыгар билии үөрэнээччи бэйэтэ тутан-хабан, илдьиритэн, ырытан, чинчийэн көрдөҕүнэ эрэ иҥэр. Литература учуутала үгүс өттүгэр чинчийэр үлэ араас көрүҥүн уус-уран литератураны, айымньыны ырытыыга олоҕуран тэрийэр.
Суруйар, айар дьоҕура сайдыбыт үөрэнээччи чинчийэр үлэҕэ ылсара чэпчэки буолар. Литературнай айымньылары чинчийэн, ырытан суруйууларга уруокка биһиги үгүс өттүгэр өйтөн суруйууну уонна сыанабылы туттабыт. Манна үөрэнээччи айымньы уус-уран уратытын, жанрын, тутулун, тематын, проблематын, конфлигын, тылын-өһүн чинчийэр. Чинчийэр үлэ оҕо сааһыгар, өйүгэр-санаатыгар сөп түбэһэрэ эрэйиллэр. Чинчийэр үлэ-өй үлэтэ. Онон оҕо манна ыарырҕатара элбэх.Ол иһин эбии туһаныллар литератураны быһаарар, ыйан –кэрдэн биэрэр, үлэ тутулун, түһүмэхтэрин оҥорсон биэрэр наада.
Чинчийэр үлэ биир саамай тэнийбит көрүҥүнэн рецензия буолар. Сыанабылы оҕо барыта сатаан суруйбат. Ол иһин сыанабылы суруйа үөрэтэргэ кыра кээмэйдээх айымньыттан эбэтэр хартыынаттан саҕалыыр ордук. Кини тутулун, тылын-өһүн, сүрүн санаатын, геройдарын ырытан сыанабыл оҥоро үөрэнэллэр. Биһиги сыанабылы үксүн талан толорор сорудахха киллэрэн салааны тумуктуур үлэҕэ туттабыт.
Литературнай-критическэй хабааннаах ырытан суруйуулар сиппит-хоппут көрүҥнэринэн реферат уонна дакылаат буолар.
Дакылаат иитэр-үөрэтэр ньыма быһыытынан сыала - үөрэнээччини научнай үлэҕэ сыһыарыы, тылын-өһүн сайыннарыы, араатардыырга уһуйуу. Бэриллибит темаҕа үөрэнээччи лоп-бааччы, кылгастык, чаҕылхайдык, өйдөнүмтүөтук уонна истээччилэрин интэриэһиргэтэр курдук иһитиннэрии оңоруохтаах. Дакылаат элбэх бириэмэни уонна үлэни эрэйэр буолан, манна оҕо кылаас таһынан эбии дьарыкка салайааччытын кытта ыкса бииргэ үлэлиир. Оҕо талан ылбыт тематыгар дьоһуннаан толкуйдууругар, суруйарыгар сүрүн болҕомтону ууруохха наада. Бу үлэҕэ научнай чинчийии бастакы олуктара ууруллар. Мин дакылаакка биирдиилээн оҕону кытта дьарыктанабын. Биир дьоһуннаах, инникилээх теманы таба тайанар учууталга да, үөрэнээччигэ да табыллыы, ситиһии буолар. Чинчийэр үлэҕэ сыһыарыы миэхэ бэһис-алтыс кылаастан саҕаланар.
Ити курдук дьарыктанна5ына оҕо чинчийэр, ырыҥалыыр, айар дьоҕура сайдар, толкуйдааһына дириҥиир, санарар саната , саныыр санаата ситимнээх буолар.
Аныгы сайдыылаах кэмнэ скуола5а үөрэнээччи ситимнээх саҥатын сайыннарыы саҥа суолларын киллэрэр бириэмэ кэлбитин олох бэйэтэ көрдөрдө. Мин бу хайысха5а хайдах улэлээн кэлбиппин санаабын үллэьинним уонна маннык түмүккэ кэллим.
-оҕо тылын-өһүн суруйааччылар уус-уран айымньыларын, олоҥхо баай тылын нөҥүө байытыы үлэтин тиһиктээхтик ыытыы;
-Оҕо айар, суруйар дьоҕурун сайыннарыыга үлэ араас көрүҥүн, ньыматын туьаныы;
-үөрэнээччини чинчийэр, суруйар, ырытар эйгэҕэ кыра сааьыттан сыһыарыы.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Презентация, правила по татарскому языку.Исемнең күплек саны (Множественное число имён существительных)
Правила по татарскому языку в виде презентации. Исемнең күплек саны (множественное число имён существительных)...
Конспект НООД детей с ФФНР подготовительной к школе группы "ЗвукС. Игрушки Сони и Сани" Автор : Учитель-логопед Пластинина Л.В.
Вашему вниманию предлагается конспект НООД детей с ФФНР подготовительной к школе группы .Автор: Учитель-логопед Пластинина Л.В."Звук С. Игрушки Сони и Сани"Тема: Звук [ С ]Це...
Новемология - билиигэ сана хайысха.
Новемология-билиигэ сана хайысха - значение новемологии в использовании педагогических технологиях. автор Ефимова Е.Д....
Айар дьо5уру сайыннарыы
Развитие творческих способностей учащихся...
Ођо суруйар үөрүйэђин сайыннарыы
Грамматиканы да, литератураны да үөрэтии биир сүрүн соругунан тылы сайыннарыы буолар. Ситимнээх саҥаны сайыннарыы диэн оҕо кэпсиир уонна суруйар үөрүйэххэ үөрэниитэ буолар.Ситимнээх саҥаҕа...
О5о оонньуунан айар дьо5урун сайыннарыы.
О5о оонньуунан айар дьо5ура сайдар. 5 кл. элективнэй куруьуок программата...
Саха тылын, литературатын уруоктарыгар үөрэх сатабылларын сайыннарыы
Дакылаат тезиһэ...