Айар дьо5уру сайыннарыы
учебно-методический материал по теме
Развитие творческих способностей учащихся
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
ayar_do5uru_sayynnaryy.doc2x.docx | 548.29 КБ |
Предварительный просмотр:
О5о айар дьо5урун сайыннарыы.
Слепцова Ирина Семеновна,
Сул5аччы орто уопсай уерэхтээьин оскуолатын
саха тылын, литературатын учуутала,
Амма
Хас биирдии киьи туохха эрэ дьо5урдаах буолар. Киьи кыа5а, айар дьо5ура мунура суох диэн этэллэр. О5о айар дьо5ура арылынна5ына, билэ-кере сатыыра, литература5а, уус-уран тылга умсугуйуута кууьурэр. Учууталга уруок көдьүүhүн, хаачыстыбатын тупсарыы соруга хаhан ба5арар бастакы миэстэ5э турар.
Аныгы сайдыылаах кэм ирдэбилинэн, уерэнээччи уерэ5эр ситиьиитин биир сурун кердеруутунэн санарар, суруйар уонна толкуйдуур о.э. айар дьо5урун сайыннарыы буолар. Санарар сананы хомо5ой гына сайыннарыы, айар улэ5э уьуйуу, бэйэ саныыр санаатын-толкуйун сааьылаан дьонно тириэрдии - утуе майгылаах, сытыы ейдеех, киэн билиилээх киьини иитиини кытта быстыспат ситимнээх. О5о бэйэтин санаатын сааьылаан уонна уус-уран тылынан-еьунэн этэригэр уерэтии – уустук уонна мындыр улэ. О5о аа5ар, ылынар дьо5урун сайыннарыан, о5о5о толкуйдуур, ырытар сатабылы иңэриэн, о5о билии ньыматын баhылыырын ситиhиэн, о5о санаатын, иэйиитин сатаан тылынан этэр-суруйар дьо5урун арыйыан, о5о сиэр-майгы өттүнэн үрдүк культуралаах буоларыгар иитиэн, о5о айар дьо5урун уhугуннарыан ба5арар учууталы айымньылаах үлэ күүтэр. Учуутал идэтин ылан оскуола5а улэлиэхпиттэн о5о айар дьо5урун сайыннарыыга бол5омтобун уурабын. Айымньылаахтык улэлээтэххэ уерэтэр предмеккэр интэриэс уескэтиэххин сеп.
Улэлиир хайысхам:
- суруйар-айар дьо5уру сайыннарыы,
- чинчийэр улэнэн дьарыктаныы,
- айар курэхтэргэ кыттыы,
- тэттик хомуурунньук оноруу,
- хаьыат, сурунаал таьаарыы.
Билинни уерэх стандартын ирдэбилин тутуьан айымньылаахтык улэлээтэххэ, уерэнээччи уруокка ылбыт билиитигэр оло5уран сатабылын, дьо5урун сайыннарыыга учуутал иннигэр турар соругу толоруохха сеп:
- саха тылын, литературатын уерэтиигэ о5олор ба5алара кууьурэрин ситиьии, уруокка улэ кедьууьун урдэтии;
- уерэтэргэ урдук хаачыстыбаны ситиьии;
- улуус, туелбэ, республика таьымынан ыытыллар курэхтэргэ кыайыылаахтары бэлэмнээьин;
- уерэнээччилэри айар, чинчийэр улэ5э ке5улээьин, дьо5урдарын уьугуннарыы;
- ситимнээх сананы сайыннарыы.
Хас биирдии учуутал бэйэтэ кыайа-хото тутар, уерэтэригэр табыгастаах ньымалаах буолар. Мин улэм биир сурун хайысхата - айар дьо5уру сайыннарыы. Бастатан туран, айар дьо5ур сайдыыта - ситиьиилээх буолуу биир терутэ буолар. Уруогунан эрэ мунурдаммакка Ийэ тыл сайдар усулуобуйатын тэрийэн, айар дьо5ур ненуе о5ону олоххо бэлэмниир, сахалыы сиэрдээх киьини иитэр сурун санаа тула улэлиибин.
Уус-уран литератураны о5о ситимнээх сацатыгар, айар дьо5уругар туьаайан, сыЬыаран уерэтиигэ уерэнээччи толкуйдуур кыа5ын сайыннарар улэ быЬыытынан, аахпыты ейге оцорон керен, ону ырытан, дьицнээх оло5у кытта дьуерэлии тутан уруокка элбэх ньымалары туЬаныахха сеп. Аныгы бириэмэ ирдэбилигэр сеп тубэьэр иитии-уерэтии араас ньыматын билэн-керен баьылааьын,сацаттан-саца хайысхалары,опыты булан бэйэ улэтигэр туьаныы уонна ону салгыы сайыннарыы –бугуццу улэм ирдэбилэ буолар.
Ол курдук саца педогагическай технологиялары, ИКТ-ны, интеграцияны туьаныы о5о суруйар, айар дьо5уругар, ситимнээх санатын сайыннарыыга сана хайысхаларынан буолаллар.Ол иьин хас биирдии уруокпар уерэнээччи интэриэьин тардар араас ньыманы киллэрэн, литература5а тапталы, умсугутууну тиэрдэ сатыыбын.
Кэрэхсэбили уескэтэр сыалтан табыгастаах уерэх технологияларын туьаныы. Аныгы технологиялары сепке туьаннахха, уерэх кедьууьэ улаатар, о5о уонна учуутал сайдарыгар, уунэригэр кыах бэриллэр. Биир оннук кедьуустээх технологиянан бырайыактааьын технологията буолар дии саныыбын. Бастакынан, бу технология5а проблеманы быьаарар, таба суолу кердуур, чинчийэр, ырытар, айар ньыма барыта тумуллэр. Уерэнээччи учуутал биэрэр бэлэм билиитин ылбакка, билиини бэйэтэ улэлээн булунар. Сыралаьан булбут билиитин олоххо туьана уерэнэр. Иккиьинэн, учуутал соруда5ы о5о тус уратытын, кыа5ын учуоттаан биэрэр. Холобур, уерэ5эр ыарыр5атар о5о киниэхэ туьаайыллан бэриллибит соруда5ы учугэйдик толорон санаата кете5уллэр, бэйэтин кыа5ар эрэлэ кууьурэр. Усуьунэн, бырайыактааьын о5о5о кэрэхсэбили уескэтэртэн са5аланар. О5о сонур5аабакка эрэ матырыйаалы интэриэhиргээбэт, оччо5о айымньылаахтык үлэлээбэт. Бырайыактааьынна о5о тус бэйэтин уратытыгар, дьо5уругар оло5уран уерэнэр буолан, учуутал билиигэ ке5улуур оруола улахан.
О5о бэйэтин таьымынан сайдар кыа5ар хас биирдии о5о5о туьаайыылаах уерэх технологиятын (личностно-ориентированное обучение) киллэрии билицци учуутал иитэр-уерэтэр улэтигэр ирдэбилинэн буолар. Ол иьин уруоктарга педагогическай технологиялар принциптэрин компетентноска оло5уран уерэтии олус туьалаах, уерэнээччи интэриэьин, кыа5ын урдэтэр.Хас биирдии о5о кыа5ын керен, учуутал уерэнээччи айымньылаах улэни аттаран таЬаарыытыгар, кини ол улэ5э дьулуЬуутугар ыйан-кэрдэн, тастан салайан биэриэхтээх.
Уерэтии ис хоьооно о5о5о дьайыытын кууьурдэр инниттэн уруокка араас таьымнаах улэни ыытылллыахтаах, о5о талан улэлиир усулуобуйата тэрийиллиэхтээх. О5о билиини-керууну бэйэтэ эт мэйиитинэн толкуйдаан, тебетун улэлэтэн ылыахтаах. Саха тылын, литературатын уруоктарыгар толкуй сурук, ейтен суруйуу, хоьоон, остуоруйа, кэпсээн айарга, айымньыны уруьуй кеметунэн тиэрдэргэ ситимнээх улэ ыытабын. Онон о5олор улэлэрин тумэн кыракый кинигэ онорон мунньабыт
О5о айар улэтин анардас уруокка эрэ уерэтии, сайыннарыы тутах дии саныыбын. Ол инниттэн кылаас таьынаа5ы уерэтиигэ элективнэй куурустарга суруйааччылары билиьиннэриигэ презентация оноруутугар, бэйэ оло5ор чугас проблема5а бырайыактааьынна, оскуола иьинэн хаьыат, сурунаал таьаарыытыгар дьарыктыыбын. Бу куурус тумугунэн хас биирдии уерэнээччи ылбыт билиитигэр оло5уран, сатабылын кердерен, бэйэ улэтин онорон туттарыахтаах.
О5о толкуйдуур, айар дьо5урун сайыннарар сыаллаах эдэр кэрэспэндьиэннэр куруьуоктарын улэлэтэ сылдьыбытым. Эбии уерэхтээьин куруьуогун ненуе о5о5о хаьыат жанрдарын билиьиннэриигэ, санааны сатаан сааьылаан суруйарга эрчийэбин. 2011-12 уерэх дьылыгар оскуола иьинэн сурунаал таьаарар сана уескээбитэ. Бу бырайыак олоххо киирэн быйылгы уерэх дьылыгар «Хардыы» сурунаал таьаарыытын са5алаатыбыт.
Улэлэммит улэлэрин, суруллубут айымньыларын улуустаа5ы, республикатаа5ы курэхтэргэ ыытан кытыннаран истэххэ, уерэнээччи санаата кууьурэр, айар-улэлиир ба5ата урдуур. Теьенен элбэх практическай улэ ыытыллар да, соччонон о5о тереебут тылынан санарар, суруйар тыла-еье, кэпсиир дьо5ура сайдар. Ону таьынан кылаас таьынаа5ы улэ5э, оскуола иитэр-уерэтэр улэтигэр биир сурун теьуу куус буолаллар. Кэнники 4 сылга уерэнээччилэр оскуола, нэьилиэк, улуус, сеть, республика таьымыгар кыттыыларын бу диаграмматтан керуеххэ сеп:
Улахан ситиьиилэр:
2009-2010сс-Улуустаа5ы «Хотугу сулус» курэх «Литература» номинация5а-лауреат,
Республикатаа5ы «Живые мысли» хаьыат курэ5эр- биьирэнэн сайынны
слекка ынырыллыы
Республикатаа5ы «Тулалыыр эйгэ» айар улэ курэ5эр-2 миэстэ
Республикатаа5ы «О5устаах о5олор» айар улэ курэ5эр-махтал грамота
2010-2011сс- Улуустаа5ы «Хотугу сулус» курэх «Литература» номинация5а-1 миэстэ
Улуустаа5ы «Кыраайы уерэтии» НПК-2 степеннээх диплом, «Тереебут
туелбэни билээччи» номинация
Улуустаа5ы «Инникигэ хардыы» НПК-3 степеннээх диплом
Улуустаа5ы «Аман ес» курэх-хай5ал сурук
Сетевой «Тереебут дойдум» курэх-Добун сурук
Республикатаа5ы «Мин дойдум» курэххэ-хай5ал сурук
Республикатаа5ы «Каракановскай аа5ыы» НПК-1 степеннээх диплом, «Суду
аакка сугуруйуу», «Уйэлээх ейдебулу уйэтитии» номинациялар
2011-2012сс- Улуустаа5ы «Хотугу сулус» курэх «Литература» номинация5а-лауреат 1,2
степенэ, «Эдэр поэт» номинация
Улуустаа5ы «Инникигэ хардыы» НПК-3 степеннээх диплом
Улуустаа5ы «Гольдеровскай аа5ыы» - махатал сурук, публикация
Сетевой «Саха тыла»курэх -1-2 миэстэ
Сетевой «Дойдум суруйааччылара» курэх-1 миэстэ
Республикатаа5ы С.Новгородовка аналлаах викторина-3 миэстэ
Республикатаа5ы «Сууйуулээх календарь» курэх-2 миэстэ, хай5ал сурук
Республикатаа5ы «Дьо5ур» гуманит.оскуола ынырыытынан - 2 уерэнээччи
уерэниитэ
2012-13 сс- улуустаа5ы «Живые мысли» пресса курэ5э- «Оригинальное издание», «За
высокий лит-художественный уровень публикаций». «Бастын
кэриспэндьиэн», «Бастын ыстатыйа» номинациялар
Улуустаа5ы СМИ курэ5э-1 миэстэ
Сетевой «Амма аа5ыылара» НПК айар улэ курэ5э-1,2,3 миэстэлэр
2013-14сс- Республикатаа5ы «Живые мысли» СМИ курэ5э- «За лучшее освещение школьной жизни» номинация кыайыылаа5а.
Улэм тумугунэн маннык тумук оноруохха сеп:
- Айар дьо5уру сайыннардахха, о5о билиитэ-керуутэ кэниир, интэриэьэ кэниир, дьулуура урдуур.
- Сатаан сааьылаан суруйар, чинчийэр, айымньылаахтык толкуйдуур буолар
- О5о улэлии уерэнэр. Интэриэс уескээн, сыал –сорук туруорунан улэлиир.
- Олоххо актыыбынай керуулээх, бэйэ санаатын сааьылаан, толлубакка этэр буола уунэллэр.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Творческие работы на якутском языке воспитанников юнкорпоста Дьо5ур
статьи, рассказы, стихотворения......
Ођо суруйар үөрүйэђин сайыннарыы
Грамматиканы да, литератураны да үөрэтии биир сүрүн соругунан тылы сайыннарыы буолар. Ситимнээх саҥаны сайыннарыы диэн оҕо кэпсиир уонна суруйар үөрүйэххэ үөрэниитэ буолар.Ситимнээх саҥаҕа...
А.И. Софронов-Алампа олоҕо уонна айар үлэтэ
Презентация о жизни и творчестве А.И. Софронова-Алампа...
О5о оонньуунан айар дьо5урун сайыннарыы.
О5о оонньуунан айар дьо5ура сайдар. 5 кл. элективнэй куруьуок программата...
А.Е.Варламова-Айысхаана айар үлэтин ырытыы
А.Е.Варламова-Айысхаана айар үлэтин ырытыы. Т.Находкина прозатын кытта ырытыы...
Саха тылын, литературатын уруоктарыгар үөрэх сатабылларын сайыннарыы
Дакылаат тезиһэ...